Иһинээҕитигэр көс

Күн киһи (Күннүк Уурастыырап)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Хара тыа киил маһын кэрдэммин,
Эбэтэр Хаҥалас таас чоҕун
Оһохпор толору симэммин
Алгыстаах аал уоппун оттобун.

Ол аата, сир-халлаан тутааҕа,—
Күн күүһэ, күн сырал сылааһа,—
Ол маска, ол чоххо иҥпитэ
Күөдүйэн мин дьиэбин ититэр.

Тоҥ үүтү ириэрэн иһэбит.
Өссө да истээх сон кэтэбит.
Толоону халыҥ хаар бүрүйэр.
Өрүһү модун муус үллүйэр.

Сотору маай кэлиэ! Хаар ууллуо
Көҥүстэр уулара суккуллуо.
Ол аата, сир-халлаан күлүүһэ,—
Күн уотун сыдьаайа, күн күүһэ,—

Аар кыһын булууһун бурайыа,
Айылҕа кэрэтин арыйыа.
Күн курдук — Лениммит биһиэхэ —
Миэхэҕэ, эйиэхэ, киниэхэ!

Үрдүккэ кынаттыыр үерэҕэ —
Үүнүүбүт, сайдыыбыт тирэҕэ.
Хаалларбыт кэскиллээх кэриэһэ —
Хас биирбит толорор тус иэһэ.

Санаатын киртийбэт ырааһа —
Бар дьоммут, норуоппут суобаһа.
Сүрэҕин тымныйбат сылааһа —
Олохпут тыыннанар күөх сааһа.

Ленин баар — күн киһи, күн аҕа —
Күн аннын дьылҕатын тутааҕа!