Иһинээҕитигэр көс

Күн таҥара үөрэҕэ (Каженкин И.И.-Хааһах Уйбаан)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

КҮН ТАҤАРА ҮӨРЭҔЭ Дьокуускай 2016

Айылҕа Күнтэн тутулуктаах. Күн айылҕаны үөскэтэр. Саха дьоно бу тутулугу билэннэр Күнү таҥара оҥостубуттар. Сир үрдүгэр туох барыта уларыйар, эргийэр, саҥаттан үөскүүр кэмэ хайаан да, кэмиттэн хойутаабакка тиийэн кэлэрин сахалар өй-санаа үөрэҕин былыр-былыргыттан билэннэр олохторугар туһаналларын “Үчүгэй уонна куһаҕан аргыстаһан сылдьаллар”, «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этиилэрэ бигэргэтэр.

Бары ааҕааччыларга ананар.

Высшим богом у народа саха является Солнце. В природе все изменяется, заново возрождается в данное природой време.

Для широкого круга читателей.

Иван Иванович Kаженкин – Хааһах Уйбаан

ААН ТЫЛ

Саха дьоно айылҕаттан быһаччы тутулуктаахтарын, кыраларын, оҕолоро эрэ буолалларын билинэннэр бэйэлэрин “Айылҕа оҕотобут” диэн этинэллэр, саамай үрдүкү таҥараларынан Күнү ааттыыллар. Сандаарыччы сырдатар, сылааһынан угуттуур Күн айылҕаны айбытын сахалар билинэллэр.

Айылҕа хаһан даҕаны биир кэмҥэ, уларыйбакка эрэ турбат. Туох барыта үүнэр, улаатар, уларыйар. Кыра оҕо улаатар, киһи буолан киһи быһыылаахтык олоҕун олорор, кэлэр көлүөнэлэри үөскэтэн бэйэтин кэнниттэн хаалларар. Бу тутулугу сахалар билэн “Туох барыта кэмнээх-кэрдиилээх” диэн этиини оҥорбуттар.

Сырдык, сылаас күммүт хараҥа, тымныы түүнүнэн солбуллар, самаан сайын кэнниттэн кырыалаах тымныы кыһыммыт син-биир тиийэн кэлэрэ айылҕаҕа туох барыта эргийэн кэлэрин үөскэппит. Сир хаһан да тохтообокко бэйэтин киинин тула эргийэриттэн күн түүҥҥэ уларыйар уонна Күнү тула эргийэ көтөрүттэн сыллар кэлэн, бииртэн биир ааһан, солбуйсан иһэллэр.

Дьон олоҕор үчүгэй уонна куһаҕан солбуйсан биэрэллэрэ сахалыы «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этиинэн бэриллэр. Бу этии Сир уонна Күн халбаҥнаабат тутулуктарынан, бэйэ-бэйэлэриттэн сөптөөх ыраахха тэйэн сылдьалларынан дакаастанар. Ол курдук Сир Күҥҥэ чугаһаан хааллаҕына уотунан умайыан, онтон тэйиччи барыыта космос тымныыта хаарыйарыгар тириэрдиэн сөп.

Сир үрдүгэр туох барыта уларыйар, үүнэр, эргийэр, саҥаттан, хаттаан үөскээн олоҕун булунар кэмэ кэмиттэн кэмигэр тиийэн кэлэн иһэр. Арай бу уларыйыылар кэлэр кэмнэрэ эрэ тус-туспаларын сахалар бэлиэтээн “Туох барыта кэмнээх-кэрдиилээх” диэн этэллэр. Олох көнөтүк, аҥардастыы аҥар өттүн диэки кыайан барбат, халыйыы, кэлтэйдии барыы үөскээн тахсара төттөрү барыыны түргэнник саҕалыыр. Барыны бары көнөтүк, биир өттүн диэки баран иһэр диэн быһаарыы олус улахан сыыһа. Сир саара төгүрүгүттэн, тохтоло суох бэйэтин киинин уонна Күнү тула эргийэриттэн туох барыта кэмиттэн кэмигэр саҥалыы уларыйан, эргийэн кэлэн истэҕинэ эрэ олох сайдыытыттан хаалан хаалбат буолуу ситиһиллэр. Ол курдук саҥа, үһүс омук үөскээһинигэр икки кырдьаҕас, олохторун оҥкулун, үгэстэрин, тылларын төрүт уларыппатах, былыргыларынан хаалларбыт омуктар туоратыллан, хаалан хаалыылара сайдыыны ситиһии омук тылын уларытарыгар, саҥа сайдыыны биэрэр тылларынан байытарыгар иҥэн сылдьар.

«Туох барыта икки өрүттээх» диэн этиини ордук чопчулаан быһаарарынан “Туох барыта кэмнээх-кэрдиилээх” диэн этии сахаларга ордук элбэхтик туттуллар. Бу этии туох барыта эргийэн биэрэр кэмнээх диэн быһаарар. Сир үрдүгэр туох барыта эргийэн биэрэр кэмнэрдээхтэрэ үксүлэрэ ааҕыллан, бэлиэтэнэн сылдьаллар. Ону тэҥэ үчүгэй кэнниттэн хаһан эрэ куһаҕан диэн эмиэ эргийэн тиийэн кэлиэхтээҕэ биллибэтинэн олоххо уустуктар үөскүүллэр. Дьон өйдөрүнэн-санааларынан салаллан эргийэн кэлэн иһэр куһаҕаны эрдэттэн билэн, дьайыытын кыччатарга кыһаннахтарына эрэ үчүгэй элбиир кыахтанар.

Биһиги кылгас олохпутугар өй-санаа уларыйан биэрэр кэмигэр түбэһэммит урукку үчүгэй диэн ааттыырбыт тосту эргийэн, куһаҕаҥҥа кубулуйар уларыйыытын бэйэбит билэр, араарар дьон буоллубут. Ол курдук сэбиэскэй былаас саҕана дьадаҥы буолуу үчүгэй диэн хайҕанар, өрө тутуллар эбит буоллаҕына, билигин ол тосту уларыйан, төттөрү эргийэн баай буолуу үчүгэй диэн ааттанар кэмигэр кэлэн олоробут. Бу уларыйыы, өй-санаа эргийэн биэриитин сүрүн суолтатын өссө арааран өйдүү, олоххо туһана иликпит эрээри, аан бастаан үлэҕэ-хамнаска сыһыаны төрдүттэн уларытарын табан туһаныа этибит. Ол курдук сэбиэскэй былааска бүтүн Сэбиэскэй Сойуус туһугар үлэлээбит эбит буоллахпытына, билигин, ырыынак олоҕун кэмигэр, хас биирдии киһи бэйэтин баайа-дуола элбиирин туһугар аан бастаан үлэлиирин билиниэ, харыстыыр, ыскайдаабат өйүн-санаатын сайыннарыа этэ.

Дьон өйө-санаата уларыйыыта эмиэ кэмиттэн кэмигэр кэлэн иһэр. Ол курдук олус улахан алдьатыылаах Аан дойду иккис сэриитин кэнниттэн дьон бары сэрииттэн, өлөрсүүттэн саллыбыттара, кэһэйбиттэрэ бэрдиттэн эйэлээх олоҕу ордук сөбүлүүр, сыаналыыр кэмнэрэ кэлбитэ. Аан дойду дьоно эйэлээх олоҕу, кэпсэтиини, сөбүлэһиини тутуһаллара элбээбититтэн Африкаҕа уонна атын да сирдэргэ араас элбэх кыра, тутулуга суох государстволар үөскээбиттэрэ.

Хас да уонунан сыллар усталарыгар дьон эйэлээх, сымнаҕас, сайдыылаах олоххо олоруулара өйдөрүн-санааларын эмиэ сымнатан, оҕолорун атаах гына иитиилэриттэн туруга, тулуура суох өйдөөх-санаалаах эдэрдэр, бу кэмҥэ бары омуктарга элбээтилэр. Ол аата сайдыыны ситиспит омуктарга өй-санаа туруга суох буолуута улаатта, уулуссаҕа тахсан охсуһаллара элбээтэ.

Саҥа сайдан иһэр омуктар экономикаҕа сайдыыны ситиһэ сатааһыннарыгар ахсааннара лаппа эбиллиитэ холбоһон сайдыыны ситиспит омуктарга хамсааһыны, баттааһыны үөскэтэрэ аныгы олоххо уларыйыылары киллэрэр кыахтаах. Ол курдук элбэх ахсааннаах үлэһит дьон ахсааннара аҕыйаан иһэр үлэһиттэрдээх сайдыылаах дойдуларга тиийэн үлэлээһиннэрэ, сыыйа сыҕарыйыылара, көһөн тиийиилэрэ салҕанан баран иһэрэ дьон олоҕор хамсааһыны үөскэтэр.

Уһун үйэлээх саха дьонун былыргы билиилэрин сөхсүтэн олоххо киллэрии аныгы кэмҥэ ирдэнэр көрдөбүл буолла. Ол курдук олус уһун үйэлээх сахалар билиилэрэ, өйү-санааны сайыннарар Күн таҥаралара, туох барыта эргийэн кэлэр уратылааҕынан, өй-санаа уратыларын табатык быһаарарынан, айылҕа уларыйан иһиитэ дьону барыларын хаарыйарынан билиҥҥи кэмҥэ туһата улаатан иһэр. Автор бары биир санаалаахтарыгар бу үлэтин бэчээттээн таһаарыыга кыахтара баарынан көмөлөспүттэрин иһин истиҥ махталын биллэрэр.

КҮН ТАҤАРА ҮӨРЭҔЭ

Таҥара дьоҥҥо баар буолуута өйтөн-санааттан, баҕа санаа үөскээһиниттэн уонна үгэскэ кубулуйбутуттан тутулуктанар. Ханнык баҕа санаа үөскээбититтэн, үгэскэ кубулуйбутуттан, үлэтиттэн-хамнаһыттан тутулуктанан киһи хас да таҥаралаах буолуон сөп. Саха киһитэ кыһынын бултууругар Байанай таҥараны өрө тутар буоллаҕына, сайын ат көлөнү миинэн, көрөн-истэн Дьөһөгөй таҥараттан көмө көрдүүр.

Киһи айылҕа улаханын, кыаҕын-күүһүн билиниитэ Күнү таҥараҕа кубулуппут уонна “Киһи – Айылҕа оҕото” диэн этиини үөскэппит. Саха дьоно бары бу быһаарыыны тутуһаллар. Ол курдук кырыалаах кыһын кэнниттэн күн уоттанан, сылыйан саас тоҕо анньан кэлиитэ күнтэн тутулуктааҕын билинии Күн таҥара буоларыгар тириэрдибит.

Хараҥа түүн кэнниттэн халлаан сырдаан, Күн тахсан сылыйан барыыта киһи өйүгэр-санаатыгар үөрүүнү, өрө көтөҕүллүүнү аҕалара, үчүгэйи оҥорууга баҕа санааны үөскэтэрэ Күнү таҥара оҥостоллоругар тириэрдибит.

Тимир ууһа төрүттээх сахалар былыргы кэмҥэ кыһа уотун “Сах” таҥараны итэҕэйиилэрэ Күн таҥараттан тутулуктаах уонна билигин уоту аһатыыга көһөн сылдьар. Уот Күн таҥараны солбуйар. (1,22).

Күн киһи өйө-санаата сайдыытыгар, үчүгэйи уонна куһаҕаны билэн араарарыгар аналлаах маҥнайгы таҥара буолар. Саха дьоно киһи сиргэ үөскээн өйө-санаата сайдан истэҕинэ баалларын, өйдөрө-санаалара сайдыбытын Күн таҥаралаахтара биллэрэр.

Таҥара ханнык эрэ баҕа санаа үөскээһинигэр тириэрдэн киһи өйүн-санаатын сайыннарар, тупсарар аналлаах. Сырдыгынан, сылааһынан сыдьаайар Күн таҥара быһаччы дьайыытынан дьоҥҥо маннык өй-санаа сайдыыларын үөскэтэр:

1. Үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран олоххо туһаныыны. Сарсыарда халлаан сырдааһына, Күн тахсан сири-дойдуну сылааһынан, сырдыгынан угуттааһына айылҕаҕа сылдьар киһиэхэ дьайыыта ураты үчүгэй, хара, хараҥа түүн ааспытын кэнниттэн санаа өрө көтөҕүллүүтүн үөскэтэр. Күнтэн үчүгэй, сырдык, сылаас кэлиитэ, киһи үчүгэйи билиниитэ Күн сырдыгыттан үөскээн Күн таҥараҕа кубулуйбут.

Сахалар үчүгэйи үрүҥ диэн сырдык, сылаас буолуутугар тэҥнээн этэллэр. Онтон куһаҕаны хараҕа, хараҥаҕа тэҥнииллэр. Киһи өйө-санаата сайдыытын, олоххо уопута элбээһинин “Үрүҥү-хараны араарыы” диэн ааттыыллар. (2,117).

Бука бары үчүгэйи саныыр, үчүгэйи оҥоро сатыыр буоллахпытына куһаҕан санаалар, дьон куһаҕаны оҥоруулара аҕыйах да буоллар син-биир бааллар. Дьон үтүө санаалаах өттүлэрэ куһаҕан быһыылар аҕыйыахтарын чахчы баҕараллар. Куһаҕан быһыылар аҕыйыылларын туһугар киһи куһаҕан санаалары санаабакка, умнан, хаалларан иһэрэ ирдэнэрин сахалыы таҥара үөрэҕэ ирдиир.

Сырдыгынан, сылааһынан сыдьаайар Күн үчүгэй буолууга, үчүгэйгэ баҕарыыга ыҥырар бэлиэ. Сахалар былыр-былыргыттан үчүгэйи, үрүҥү арааран билэннэр Күнү таҥара оҥостубуттар, Үрүҥ Күн таҥара диэн ааттаабыттар. Биһиги бу үлэбитигэр бу арахсыыны быһаарыахпыт. Киһи үгэс буолбут санааларынан, үгэстэринэн, ийэ кутунан салаллан олоҕун олорор. Оҕоҕо, киһиэхэ үчүгэй санааны киллэрэн, үгэс оҥорон иҥэрэн биэрии ийэ кута иитиллэригэр тириэрдэр уонна олоҕор сыалын булунарыгар, үчүгэйи элбэхтик оҥороругар туһалыыр. Күн таҥара үөрэҕин туһата итиннэ саһан сылдьар.

Сахалар таҥараларын дьиэтин үрдүгэр туруоруллар төгүрүк күн бэлиэтэ – сайдан иһэр өйү-санааны биллэрэр. Таҥара үөрэҕэ оҕо сайдан иһэр өйүн-санаатын сайыннарыыга аналлааҕа Күн бэлиэтиттэн биллэр. Төгүрүк иннэ-кэннэ биллибэти, киэҥи-куоҥу, муҥура суоҕу биллэрэринэн сайдан иһэр өйү-санааны быһаарыыга, көрдөрүүгэ ордук сөп түбэһэр.

Сахалар айылҕа күүһүн итэҕэйэллэр, бэйэлэрин “Айылҕа оҕолорунан” ааттаналлар. Айылҕаны барытын баһылыыр Күн таҥара саха дьонун холбуур, түмсүүлээх оҥорор кыаҕа улахан. Күн таҥара үөрэҕэ сайдан тарҕаннаҕына сахалар биир санааланыылара үөскүөҕэ. Ол курдук бары атын таҥаралары баһыйар соҕотох Күн таҥара биир санааланыыны олохтуурга аналланар.

Бары таҥарабыт дьиэлэрин үрдүгэр Күн бэлиэтин, төгүрүгү ыйыырбыт өйбүт-санаабыт сайдыытыгар туһата улахан буолуо. Бу бэлиэ атын таҥаралары барыларын баһылыыр кыаҕы сахаларга биэриэ. Ол курдук дьон бары кэриэтэ үчүгэй киһи буолууну Будда, Христос, Магомет таҥаралар көмөлөрүнэн ситиспит буоллахтарына, аныгы үйэҕэ айылҕаны харыстааһын санаата күүһүрэринэн Күн таҥара сайдыаҕа.

Омугу сомоҕолуур, бииргэ түмэр күүс төгүрүк бэлиэҕэ иҥэн сылдьар. Төгүрүк бэлиэ сыалай биир, холбоммут диэн өйдөбүлү дьоҥҥо биэрэр. Сахаларга былыр-былыргыттан баар төгүрүк ойуу, Үрүҥ Күн билигин олоххо киирэр кыахтанна.

Онон, биһиги сахалар таҥараларбыт дьиэлэрин үрдүлэригэр Күн таҥарабыт бэлиэтин, төгүрүгү оҥорон, кылбатан туруорарбыт сайдан иһэрбитин, өйбүт-санаабыт үчүгэй, Күн диэки тардыһыылааҕын, кими да туораппатын биллэрэр.

2. Сырдык Күн уонна хараҥа түүн солбуйса сылдьан дьайыылара “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини үөскэппит. Сырдык, ыраас күнүс кэнниттэн хараҥа түүн сабардаан кэлиитэ эбэтэр самаан сайын кэнниттэн кырыалаах кыһын тиийэн кэлэрэ үчүгэйбит куһаҕаҥҥа, ыарахаҥҥа уларыйыыта тиийэн кэлэрин биллэрэр.

“Туох барыта икки өрүттээх” диэн этии айылҕаҕа үөскүүр туохха барытыгар, киһи оҥорор быһыыларыгар барыларыгар дьайыыта тиийэр. Ол курдук икки аҥы арахсыылар сүрүннэрэ манныктар:

- Киһи бэйэтэ. Этэ-сиинэ айылҕаттан тутулуктаах биир өрүтэ буоллаҕына өйө-санаата, үс куттара иккис өрүтэ буолаллар. Бу арахсыыны кут-сүр үөрэҕэ быһаарар. (2,77).

Эт-сиин диэн киһи айылҕаттан, өбүгэлэриттэн бэриллэн иһэр киһи тутаах чааһа буолар. Манна киһи уҥуоҕа, этэ-сиинэ барыта киирсэллэр.

Сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ киһи өйө-санаата сайдыытын үс кукка арааран олус таба быһаарар. Бу куттартан үөрэҕи-билиини ылынааччы, ону олоҕор туһана сатааччы салгын кут буолар. Онтон ийэ уонна буор куттар киһи өйүгэр-санаатыгар биллибэттэрин да иһин оҥорор быһыыларыгар быһаччы дьайаллар. Ол курдук ийэ кут оҕо кыра эрдэҕинэ үөскээн үгэс буолан иҥэн баран улахан киһи оҥорор быһыыларын салайар кыахтаах.

Буор кут диэн киһи этин-сиинин хамсатар кыаҕа, өйө-санаата ааттанар. Оҕо саҥа илиитин-атаҕын хамсатарыттан сайдан-үүнэн баран иһэр өй-санаа түмсүүтэ буолар. Буор кут сайдан иһэрин бэлиэтинэн киһи санаатынан этин-сиинин, быччыҥнарын хамсатар кыахтаныыта буолар. Буор кут төрүттэрэ төрөппүттэриттэн оҕолоругар бэриллэн иһэллэр.

Киһи өйө-санаата, оҥорор быһыылара үс кутуттан быһаччы тутулуктаахтар. Манна салгын кут дьайыыта киһиэхэ бэйэтигэр биллэр буоллаҕына, ийэ уонна буор кут дьайыылара быһаччы биллибэттэр. Былыргы кэмнэргэ бу дьайыылар биллибэттэрин иһин «таҥара биэрэр» диэн этэллэр эбит.

- Дьон икки аҥы арахсаллар. Эр киһи биир өрүт буоллаҕына иккис өрүтэ дьахтар буолар. Бу арахсыы эт-сиин уратыларын тэҥэ, өй-санаа уратыларынан эмиэ биллэр.

- Баай уонна дьадаҥы диэн арахсыы. Дьон баайдарыттан-малларыттан, өйдөрүттэн-санааларыттан, үлэни-хамнаһы кыайалларыт-тан тутулуктанан икки аҥы арахсаллар.

Дьон бары тус-туһунаннар, бэйэ бэйэлэригэр маарыннаабаттар; эттэрэ-сииннэрэ уратылаахтарын таһынан өйдөрүн-санааларын ураты-лара ордук элбэхтэр. Аныгы ырыынак олоҕор киирбит баай-мал өйгө-санааҕа киллэрэр элбэх уратылара өйгө-санааҕа дьайыылара эмиэ улахан, бэйэни билиниигэ тириэрдэллэр.

Бары баай, кыахтаах дьон буолуохпутун олуһун баҕарабыт. Былыргы кэмнэргэ баай буолуу «Таҥараттан бэриллэр» диэн этэллэрэ, ханнык эрэ биллибэт күүс чахчы баарын билинэллэрэ. Билигин байыы аҥардас өйтөн-санааттан тутулуктаах диэн санаа баһыйан сылдьар эрээри үгүс үрдүк үөрэхтээхтэр тиэтэйэллэриттэн, ычалара кыратыттан, харыстыыр санаалара аҕыйаҕыттан байыыны кыайан ситиспэттэр.

Байыыны ситиһэ сатыыр, үтүө диир баҕа санаабыт туоларыгар туох эбии көрдөбүллэр баалларын билэрбит туһалаах буолуо этэ: а. Киһи этин-сиинин туруга. Киһи төрүттэриттэн, өбүгэлэриттэн бэриллэн иһэр буор кутун уратыта.

б. Өйө-санаата сайдыыта. Оҕо кыра эрдэҕиттэн сахалыы өйү-санааны, киһи таҥараны итэҕэйэн улааттаҕына киһи буолууну ситиһэн киһи быһыылаахтык олоҕун олороро кыаллар.

Сэбиэскэй былаас кэмигэр «Дьон бары тэҥнэр» диэн этиини тутуһан дьон былыргы төрүттэрин уратыларын туһунан букатын да билбэт буола сылдьыбыттара. Дьадаҥылар өйдөрө-санаалара киэҥник тарҕаныы-тыттан сэбиэскэй дьон бары дьадаҥы буолуу ыарыытынан ыалдьар буолбуттарыттан, ханнык да үлэ-хамнас кыаттарбат буолуута үөскээби-титтэн бу былаас эйэлээхтик эстибитэ, ырыынак олоҕунан солбуллубута.

Олох салгыы баран истэҕинэ былыргы үчүгэй төрүттээхтэр аныгы, ырыынак олоҕор инники күөҥҥэ тахсан иһэллэрэ биллэр буолла. Ол курдук урукку ыраахтааҕы баарын саҕана кыанар ыаллар сиэннэрэ, хос сиэннэрэ билигин кыанар, үлэни-хамнаһы кыайар ыалларга киирсэллэр.

Дьон мөлтөх, дьадаҥы, ыарыһах, үлэни-хамнаһы кыайбат өттүлэрэ ким эрэ, атын киһи дуу көмөтүгэр кырдьык наадыйаллар. Атын ким да көмөлөспөт буоллаҕына, таҥараны итэҕэйэн, ол көмөлөһүө дии саныыллар, таҥараҕа элбэхтик үҥэллэр, таҥараны аһара улаатыннаран кэбиһэллэр.

Таҥараттан «Тугу эмэ аҕал, биэр» диэн көрдөһөр туһата суох. «Хантайан баран айаххын да аттаххына туох да ас түһэн кэлиэ суоҕа» диэн этии халлаантан бэлэми кэтэһии суох буолара ордугун биллэрэр.

Таҥара көмөтө диэн киһи бэйэтин өйүн-санаатын түмүнэн, кытаатыннаран, күүһүрдэн биэрэр уратылааҕын билиэ этибит. Ол аата таҥара тугу да бэйэтэ биэрбэт, арай киһи бэйэтин санаатын күүһүрдэн биэрэринэн дьулуурун, тулуурун улаатыннаран кыайыыга, ситиһиигэ тириэрдиэн сөбүн итэҕэйиэ этибит.

Үчүгэй тыллардаах алгыһы, мэлииппэни элбэхтик хатылааһын туһаны аҕалар диэни билигин бары билэр буоллубут. Ол курдук элбэхтик үчүгэй тыллары хатылааһынтан алгыска, мэлииппэҕэ этиллэр үчүгэй санаа киһиэхэ бэйэтигэр, өйүгэр-санаатыгар үгэс буолан иҥэринэн, өйүн-санаатын үчүгэйгэ уларытарынан, үчүгэй майгыны олохтуурунан туһата улаатар. Сахалар алгыһы мэлииппэ оннугар туһаналлар. Төрөөбүт тылынан этиллэр алгыс үтүө тыллара киһиэхэ тиийимтиэлэрэ, ол аата соннук санаалары үөскэтэллэрэ ордук табыллар.

Үөрэҕи аҥардастыы эккирэтии буолбакка кыайыылаах үлэ-хамнас эрэ омугу сайыннарарын, күүһүрдэрин билэн үлэни-хамнаһы оҥорууну бастакы күөҥҥэ таһаарыа этибит.

- “Туох барыта кэмнээх-кэрдиилээх” диэн үөрэҕи тутуһуу. Айылҕаҕа туох барыта кэмэ кэллэҕинэ уларыйан, саҥанан солбуллан биэрэрин сахалар бары билэн олохторугар туһаналлар, уларыйыы кэллэҕинэ соһуйбаттар. Ол курдук хараҥа түүн кэнниттэн сырдык күнүс эбэтэр кырыалаах кыһын кэнниттэн самаан сайын тиийэн кэлэрэ хаһан да уларыйбаттар.

- Уҥа уонна хаҥас диэн арахсыы. Бу арахсыы дьон бииргэ муһунналлар эрэ үөскүүр. Ким эрэ олоххо түргэнник уларытыылары киллэрэ сатыыр буоллаҕына атыттар олус тиэтэйбэттэр, уруккуларын ордороллор, ол иһин хайдыһыы, сөп түбэһиспэт буолуу үөскүүр.

- Итэҕэл икки өрүттээҕин арааран билэн олоххо таба туһаныы. Итэҕэл икки өрүттэрэ манныктар:

А. Таҥара итэҕэлэ. Оҕо сайдан, үүнэн иһэр өйүн-санаатын киһи буолуу суолунан салайан сайыннарыыны, көрсүө, сэмэй буолууну үөскэтэн сыыһа-халты туттунууну суох оҥорууну, сиэри тутуһан олоҕу уһуннук киһи быһыылаахтык олорууга тириэрдиини таҥара үөрэҕэ оҥорор.

Б. Үрүҥ айыы итэҕэлэ. Инники олорон ааспыт көлүөнэлэр билиилэрин олоххо туһаныыны, саха тылын харыстааһыны, уларыппат буолууну Үрүҥ айыы итэҕэлэ оҥорор.

- Үлэ уонна үөрэх киһи куттара сайдыытын икки өрүтүн үөскэтэллэр. Үлэ эти-сиини уонна буор куту эрчийэр, сайыннарар буоллаҕына, үөрэх салгын куту сайыннарара уһун үйэтэ суох сайдыыны үөскэтэр. Сэбиэскэй былаас кэмигэр үөрэҕи үчүгэйтэн үчүгэй диэн аһара хайҕааһын дьон бары үөрэҕи эккирэтиилэрин үөскэтэн үлэни-хамнаһы куһаҕаҥҥа кубулутан билигин кэлэн үлэлиэн баҕалаахтар быста аҕыйаатылар.

- Икки омук тылын билии икки өрүттээх буолууну үөскэтэр. Киһи мэйиитин күүһүн-кыаһын толору туһаммат диэни наука эмиэ билинэр. Төрөөбүт тылын, омук олоҕун үөрэҕин билии мэйии хайа эрэ чааһын ылар буоллаҕына иккис омук тылын, олоҕун үөрэҕин билии мэйии элбэх чааһа үлэлииригэр тириэрдэн өй-санаа сайдыытын күүһүрдэр.

Сахалар ыган-хаайан кэриэтэ иккис, нууччалыы тылы билэргэ үөрэммиттэрэ таайан, ол аата элбэх билиини мэйиилэригэр киллэрэннэр, билигин өй-санаа сайдыытын ситиһэр кыахтара лаппа улаатта. Олоххо икки өрүттээх буолууну сахалар туһана сылдьалларын бэлиэтинэн икки утарыта өйдөбүллээх тыллары туһаналлара буолар. Ол курдук айыы диэн тылбыт киһи оҥорор быһыытын, саҥаны айыытын быһаарар. Ол иһин бу тылбыт киһи үчүгэйи, туһалааҕы оҥорорун тэҥэ, сыыһаны-халтыны, куһаҕаны эмиэ оҥорон кэбиһэрин биллэрэн икки өрүттээх өйдөбүллээх.

Сахалар Күн таҥара итэҕэллээхтэрин маннык этиилэрэ бигэргэтэллэр:

- Күн туллуута, күһэҥэ быстыыта.

- Күн киһитэ көмүскэс, айыы киһитэ аһыныгас.

- Күн сирэ көҥдөй, айыы суола аһаҕас.

Күнэ суох сиргэ олох суох. Бу быһаарыыларбытын барыларын түмнэхпитинэ Күн таҥара үөрэҕэ сахалар түмсүүлэригэр, биир санааланыыларыгар улахан көмөнү оҥоруо.

Күн таҥара үөрэҕэ Айылҕа күүһүн-кыаҕын билиниигэ тириэрдэрэ дьон бары холбоһон биир санааланыыларын, Айылҕаны харыстыырга бары кыахтанын ууралларын ситиһиигэ тириэрдэр кыахтаах. Будда, Христос, Магомет таҥаралар киһи кыаҕын, өйүн-санаатын сайыннарыыга аналлаахтара. Бу таҥаралар билигин бэйэлэрин сыалларын ситистилэр, дьон бары үчүгэй киһи буолууну ситиһэр кыахтаннылар.

Билигин Айылҕа уларыйан дьон Айылҕа күүһүгэр баһыттаралларын билиниилэрэ Айылҕа тутулуга Күн таҥара үөскээһинигэр тириэрдиэҕэ. Манна баһылыыр оруолу бэйэлэрэ Күн таҥаралаах сахалар ылар кыахтара улаатыа.

КҮН ТАҤАРА ЫМЫЫТА

Сибиир истиэптэрин олохтоохторо түүр омуктар олус былыргы төрүттээхтэр. История чахчылара бигэргэтэллэринэн кинилэр 2,5 тыһыынча сыл анараа өттүгэр тимири уһаарыыны уонна тимиртэн уһа¬ныыны саҕалаабыттар. Бу дьон-аймах олоҕор олус улахан суолталаах арыйыыларын түүр омуктар аан бастаан бэйэлэрин олохторугар, үлэлэ¬ригэр-хамнастарыгар туһаммыттар, ону тэҥэ саҥа сэрии сэбин оҥос¬тууну баһылааннар, киэҥ сирдэри сэриилээн ыланнар ааттарын-суолла¬рын киэҥник тарҕаппыттар.

Тимири уһаарыыны баһылаабыт түүр омуктар сүрүн итэҕэллэринэн кыымынан ыһыахтанар, сандаарар кыһа уота буолара. Кинилэр үлэлэрэ¬-хамнастара уонна кыайыылара-хотуулара быһаччы кыһа уотуттан туту¬луктааҕа. Ити иһин кыһа уотун атылыыта, аламай маҥан Күн тимир ууһа идэлээх түүр омуктара сүгүрүйэр таҥараларыгар кубулуйбут. Итини тэҥэ кинилэр оччотооҕу кэмнэртэн ыла, Күнү Сир үрдүгэр үөс¬күүр тыынар-тыыннаахтар уонна тыыннаах күөх Айылҕа суос-соҕотох туллубат тутааҕынан ааҕаллар. Саха дьоно Сир үрдүгэр тэнийбит туох баар олох барыта, кыратыттан улаханыгар тиийэ, соҕотох Күнтэн эрэ тутулуктаахтарын толору өйдүүллэр эбит. Ол иһин “Kүһэҥэ быстыыта”, “Kүн туллуута” диэн этиилэр өлүүгэ-сүтүүгэ тэҥнэнэр эбиттэр.

Күн туһунан өйдөбүллэрин түүр омуктар ымыы бэлиэ оҥостон бары бэйэлэрин кытта илдьэ сылдьаллар эбит. Бу ымыылара түөрт тэҥ, кэ-тирээн тахсан иһэр салаалардаах, ортотугар төгүрүктээх кириэс буо-лара. Түүр омуктар маннык кириэстээхтэрин былыргы историяны үөрэ-тээччилэр уруккуттан элбэхтик суруйаллар, ол курдук Г.В.Ксенофон¬тов «Шаманизм. Избранные труды». диэн үлэтигэр маннык кириэс туһу¬нан бу курдук суруйар: «Равноконечный крест, по данным самобытного орнаментального искусства якутов и их бытовых суеверий, является символом солнечного света и летнего творческого тепла, а также графическим изображением древнего степного бога солнца Сах». (3,120). Кириэс харыстаныы уонна быыһаныы бэлиэтэ. Былыргы саха-ларга «Кириэстэтэр» диэн өйдөбүл баар эбит. Бу өйдөбүл үөскээһини-гэр араас ыарыылартан көмүскэнээри дьон сүүстэригэр кириэс оҥосту-наллара олук буолбут. (3,109).

Былыргы түүрдэр былаахтара кириэс ойуулаахтар. Кэрэй улууһун эмэгэтэ тэҥ салаалардаах кириэс эбит. Аатырбыт Аттила былааҕа улахан кириэстээх. Түүрдэр өбүгэлэрэ бэйэлэрин «Кириэстээхтэр» диэн ааттаналлар этэ диэн Мурад Аджи суруйар.(4,138,217).

Биһиги эрабыт иннинэ 5-3 үйэлэргэ Алтай хайаларыттан көстүбүт малларга тэҥ салаалардаах «Бараан муоһун» курдук кириэстэр элбэх-тик ойууламмыт эбиттэр. Итинник кириэстэри түүр омуктара элбэхтик ойуу-бичик оҥостон туһаналлара биллэр. (5,17).

Түүр омуктар кириэстэригэр маарынныыр көрүҥнээх үгүс тус-туспа матырыйааллартан оҥоруллубут кириэстэри элбэх омуктар араас сыал¬ларга барыларыгар туттубуттара уонна билигин да тутта сылдьаллар. Кинилэр бу кириэс дьиҥнээх суолтатын дириҥник билбэттэриттэн, ситэ өйдөөбөттөрүттэн кыра-быстах сыалларга туһаммыттара да элбэх.

Индия - элбэх норуоттар үөскээн тахсыбыт дойдуларынан биллэр. Онно кириэһи ваджра диэн ааттыыллар. Ваджра диэн биир киинтэн тарҕанан тахсар сардаҥалар эбиттэр. Былыргы тенгрианецтар сардаҥа ки¬риэс ортотугар төгүрүк күнү оҥороллоро индиецтэр ваджра кириэстэ¬ригэр маарынныыр буолан тахсар. (4,272).

Ити быһаарыыларбытын хомуйдахпытына бу кириэс дьиҥнээх, бастакы суолтатынан, Күнү таҥара оҥостор уонна сүгүрүйэр түүр омуктар аналлаах ымыы бэлиэлэрэ буо¬лар. Ол курдук бу кириэс ортотугар баар томтоҕор төгүрүгэ Күнү бэйэтин, онтон кэҥээн тахсан иһэр кылгас түөрт салаалара, Күн сар¬даҥаларын олус чуолкайдык көрдөрөллөрө быһаарыллар.

Билигин Россия түүр омуктарыттан биһи¬ги сахалар эрэ Күнү таҥара оҥостон сүгүрүйэбит, ол иһин бу кириэс ымыы бэлиэбитин бэйэбитигэр хаттаан ылынан, былыргы аар-саарга аатырбыт улуу уус өбүгэлэрбит курдук араас суол олох ыарахаттарыттан көмүскүүр уонна араҥаччылыыр бэлиэ оҥостуо этибит.

Маннык аналлаах ымыы бэлиэ биһиги аҕыйах ахсааннаах кыра омук дьонун улахан омуктар быыстарыгар симэлийэн сүтэн хаалыыттан ула¬ханнык көмүскүөҕэ, сайдыыны ситиһэрбитигэр, биир санааланан түмсүүлээх буоларбытыгар тирэх буолуоҕа. Бэйэбит туспа омук буоларбытын билинэн саҥалыы сайдыы суолугар киирэрбитигэр былыргы улуу төрүттэрбит сүгүрүйбүт аламай маҥан Күн таҥаралара хайаан даҕаны көмөлөһүө.

ӨЙ - САНАА САЙДЫЫТЫН ТАҺЫМНАРА

Аныгы, сайдыылаах наука быһаарарынан Сир үйэтин уһуна 10 млд. сыл буолуон сөп. Кинилэр аахпыттарынан Сир үөскүөҕүттэн 4 млд. сыл ааспыт буоллаҕына, Сирбит өссө да өр кэмҥэ баар буолуох курдук. Сахалар үөрэхтэринэн Сиргэ айылҕа Күн баар эрэ буоллаҕына сайдар. Күн өлүүтэ туох баар айылҕа барыта өлүүтүгэр тириэрдэр.

250 мөл. сыл анараа өттүгэр Сиргэ олус улахан вулкан тоҕо тэбиитэ буола сылдьыбытын үөрэхтээхтэр дакаастаабыттар. Бу быһыы буолан ааспыта Арҕаа Сибииргэ ордук биллэр эбит. Ол курдук бу кэм түбэһэр бэлиэ сирдэригэр вулкан лавата халыйбыта хос сулуой, хаттык буолан көстөр эбит.

33 мөл. сыл анараа өттүгэр киһи хараҕын оҥоһуута уларыйбыт.

7 мөл. сыл анараа өттүгэр киһи курдук быһыылаах хас да тус-туспа көрүҥнэрдээх харамайдар сиргэ бааллар эбит.

200 тыһыынча сыллар анараа өттүлэригэр киһи саҥарар саҥата сайдыбыт. Бу кэмтэн саҕалаан киһи мэйиитэ олус улаатан, өйө-санаата биллэрдик эбиллибит. Бу кэмҥэ киһиэхэ маарынныыр харамайдартан неандертальскай диэн ааттанааччы эмиэ баар эбит. Бу харамай күөмэйин оҥоруута билигин баар эбисийээнэлэр киэннэрин курдук буолан, кыайан саҥара үөрэммэтэҕиттэн сайдыыны кыайан ситиспэккэ киһиэхэ кыаттаран, баһыттаран симэлийэргэ барбыт. Бу кэмтэн саҕалаан киһиэхэ маарынныыр бары атын харамайдар суох буола эстибиттэр. (6).

Саха дьоно чугастааҕы кэмҥэ диэри билэр хайаларга олохтоох чучунаалара кыайан саҥарбат киһиэхэ маарынныыр кыыллар ордуктара буолуон сөп. Чучунаа олус күүскэ иһиирэрин истибит уонна тааһынан быраҕарын билбит дьон суруйууларыттан ону билэбит.

Кэлин археологтар булбут неандерталецтарын күөмэйин оҥоһуутун уратытынан кыайан саҥарбат буолуон сөп эбит диэн быһаарбыттара. Кыайан саҥара үөрэммэтэх киһи курдук кыыллар сатаан саҥарааччы-ларга, өйдөрө-санаалара түргэнник сайдааччыларга лаппа баһыттаран, туоратыллан, симэлийиигэ барбыттар. Билигин хайаларга көрдүү сатыыр чучунаалара, “хаар киһилэрэ”, ол кыыллар тобохторо буолуон сөп.

Улахан мууһуруу (ледниковый период) 10 тыһыынча сыл анараа өттүгэр бүппүтүн кэннэ дьон-аймах сайдыылара саҕаламмыт. Араас цивилизациялар бииртэн биир сайдыы үктэллэрин ситиһэннэр, бу олохпутугар тиийэн кэллибит. Олох салгыы сайдыыта дьон биир тылы булунууларыттан, биир санааланыыларыттан ордук улахан тутулуктаах буолбута билигин билиннэ. Ол курдук улахан атомнай, термоядернай сэрии сэптэрэ аһара күүһүрбүттэрэ, мунньуллубуттара, бары тоҕо тэптэхтэринэ сир саара барыта күүстээх радиациянан сутулларын тэҥэ, күдэҥҥэ көтөр кыахтааҕа, дьон сэрэхтээх, бэйэ-бэйэлэригэр тулуурдаах буолууларын улаатыннаралларын эрэйэр.

Өй-санаа сайдыытын туһунан араас үөрэхтэр тус-туспа билиилээхтэр уонна бары олору тутуһа сылдьаллар, уларыталлара уустук, уһун кэми ылыан сөп. Биһиги өй-санаа сайдыытын быһаарыыбыт атыттартан ураты. Ол курдук сиргэ улахан, киһиэхэ маарынныыр кыыллар үөскээн, сайдан истэхтэринэ Сиргэ Марстан космическай хараабыллар кэлэн түһүтэлээн, аҕыйах ахсааннаах дьон бөлөҕө сайдан, ахсааннара эбиллэн барбыт. Биирдиилээн да буоллар, бу кэлии дьон олохтоохтору кытта холбоһууларыттан бааһынайдар үөскээн тарҕаммыттар.

Кэлии дьон төһө да өйдөрө-санаалара сайдыылааҕын иһин бэйэлэрин кылгас үйэлэригэр экономиканы кыайан сайыннара охсубаккалар олохтоохтор таһымнарыгар таҥнары түспүттэрэ сабаҕаланар. Урал өрүс таас хайаларыгар олус былыргы кэмнэргэ араас химическэй элеменнэр, бензол эҥин структураларыгар сөп түбэһэр уруһуйдар бааллара, ону бигэргэтиэхтэрин сөп курдуктар.

Онон кэлиилэр Сиргэ дьон олоҕун тосту сайыннара охсубаталлар даҕаны сайдыылаах буор куттарын биэрэннэр, дьон күөмэйдэрин үлэтэ тупсан саҥара үөрэнэннэр салгын куттарын сайыннараннар, өй-санаа сайдыыны түргэнник ситиһэр кыаҕын үөскэппиттэр. Киһиэхэ буор кута сайдыыта сахалар кут-сүр үөрэхтэринэн дакаастанар. Ол курдук киһиэхэ эрэ салгын кута сайдарын сахалар билэллэр уонна куттары үөрэтэн кут-сүр үөрэҕин олохтообуттар.

Кэлиилэр өйдөрө-санаалара олохтоохторго бэриллиитин биллэр холобурунан сайдыылаах буор куттаах, өйө-санаата, салгын кута түргэнник сайдар, сатаан саҥарар киһи үөскээһинэ буолар. Наука үлэһиттэрин быһаарыыларынан бу кэм икки сүүс тыһыынча сыллар-даахха буолбут курдук. Биһиги быһаарыыбытынан сайдыылаах буор куту уонна түргэнник сайдар салгын куту кэлиилэр олохтоохторго иҥэрбиттэ-риттэн өй-санаа сайдыыны ситиһэр кыаҕа биллэрдик улааппыт. Бу түргэнник сайдар салгын кут көмөтүнэн билигин дьон-аймах өйдөрө-санаалара түргэнник сайдан үлэҕэ-хамнаска ситиһиилэри оҥорор кыахтаннылар. Ол быһаарыытынан олус былыргы кэмнэртэн сыыйа сайдан иһэр улахан эбисийээнэлэр билигин даҕаны бананы хастаан сииртэн ордук өйдөнө иликтэрэ буолар.

Олох тупсан, үлэ-хамнас сайдан, тэнийэн иһиитэ сыыйа-баайа дьон өйүн-санаатын улахан кыыл өйүттэн-санаатыттан сайыннаран, бу кэмнээҕи таһымҥа тириэрдибитин өй-санаа уһун үйэлэргэ уларыйан, таһымтан-таһымҥа тахсан иһиитин ырытыы быһаарар. Өй-санаа сайдан иһиитин таһымнара манныктар:

1. Киһи уонна сүөһү өйө-санаата арахсыылара. Киһи буолуу өйүн-санаатын дьон ситиһэр буолуулара.

2. Бэйэ киһитэ уонна атын киһи өйө-санаата арахсыылара. Олоҥхо кэмигэр дьон айыы уонна абааһы диэн икки аҥы арахсаллара. Тыыннаах уонна өлбүт дьон өйдөрө-санаалара икки аҥы арахсара быһаарыллан ол, анараа дойду уонна бу дойду үөскээһиннэрэ.

3. Сайдыыны ситиһии үрдүкү таһымынан киһи үчүгэйи уонна куһаҕаны айан оҥорон кэбиһэрэ арыллыыта буолар. Киһи сайдыыны оҥорор өйө-санаата икки аҥы арахсара биллиитэ. Үөһээ, Орто уонна Аллараа дойдулар үөскээниннэрэ уонна олоххо киириилэрэ ону быһаарар. Дьон үчүгэй киһи буолар баҕа санааланыыларыттан үчүгэй киһи таҥара - Христос таҥара үөскээһинэ өй-санаа салгыы сайдыытын быһаарар.

Өй-санаа бу уларыйан, тупсан иһэр таһымнарын биир-биир ыламмыт ырытыахпыт:

1. Киһи атын өйдөрө-санаалара кыайан сайдыбат кыыллартан, сүөһүлэртэн өйүн-санаатын, бэйэтин туспа араарыныыта, киһи буоларын билиниитэ олус былыргы кэмнэргэ үөскээбит. Бу кэмтэн ыла саха тылыгар киһи уонна сүөһү диэн тыллар үөскээн олоххо киирбиттэр. Олус былыргы, былыргы дьыллар мындааларыгар дьон ахсааннара букатын аҕыйах эрдэхтэринэ, киһи эмиэ кыыл курдук тайҕаҕа мэнээк сылдьара, хайа хаспахтарын булан, онно саһара, олохсуйара. Бэйэтин санаатыгар көҥүлүнэн, талбытынан сылдьара. Хайа хаспаҕын ааныгар олорон халлаан ыйын уларыйыыларын, улаатарын-кыччыырын кэтээн көрөн үөрэтэрэ уонна ыйар, көрдөрөр диэн өйдөбүлү иҥэрэн ый диэн ааттаабыта сахабыт тылыгар киирэн иҥэн сылдьар.

Кэлин дьон ахсааннара элбээн истэҕинэ киһи бэйэтин билинэн, өйө-санаата сайдан, илиитигэр мас тутан көмүскэнэр кэмиттэн ыла кыыллартан туспа арахсан, бэйэтин киһи диэн ааттанан туспа бөлөҕүнэн сылдьар буолбута. Дьиикэй кыыллары тутан дьиэтитиэҕиттэн, үүнээйилэри үүннэрэн, хомуйан сиир буолуоҕуттан ыла, аҥардастыы бултаан аһыыра уларыйан, бэйэ-бэйэлэрин сиэспэт буолуулара сайдан барбыта. Кыыллары тутан дьиэтитиитэ, олору аһылыкка сиир буолуута киһи диэн ааттанан туспа араарыныытын, бэйэтин уратытын билиниитин сайыннарбыта. Бу кэмҥэ өйдөрө-санаалара сайдыбакка хаалбыт киһи курдуктары сүөһү диэн ааттааһын олохсуйбута, олору туораппыттара.

Киһи диэн икки сүһүөхтээх саха тыла хаһан үөскээбитэ өссө чуолкайдана илик. Сомоготто суруйарынан олус былыргы кэмнэргэ үөскээбит. Өй-санаа үөрэҕин сайыннарыы бу тылбыт киһи өйө-санаата саҥа сайдан, кыыллартан бэйэтин туспатын, уратытын билиниититтэн үөскээн олоххо киирбитин быһаарар.

Киһи улахан кыыллары тутан дьиэтитэн, көлө оҥостор кэмигэр бу кыыллартан өйүн-санаатын туспа араарынан, ордугун билинэн, олору сүөһү диэн ааттаабыта, бэйэтин киһинэн билиммитэ. Бу кэмтэн саҕалаан таҥара, киһи буолуу үөрэҕэ сайдан барбыта. Киһи бу кэмҥэ өйө-санаата сайдыбыта, үлэни-хамнаһы кыайара улааппыта, сүрэҕэ суох киһи «Сүөһү курдук сытар», куһаҕаннык быһыыланар киһи «Сүөһү курдук» диэн араарыллан ааттанар кэмнэрэ кэлбитэ.

2. Дьон атыттары кытта сэриилэһэллэрэ, бултуур сирдэрин былдьаһаллара. Киһи атын дьонтон бэйэтин көмүскэниитэ, арахсыыта, үчүгэй, айыы уонна куһаҕан, абааһы дьонноро баар буолууларыгар тириэрдибитэ. Дьон ахсааннара элбээн истэхтэринэ, аны бэйэлэригэр маарынныыр киһилэртэн көмүскэнэр кэмнэрэ тиийэн кэлбитэ. Эмиэ икки аҥы арахсыы үөскээбитэ.

Дьон ахсааннара эбиллэн, сотору-сотору көрсүһэр, атааннаһар, сир былдьаһар кэмнэрэ кэлиитигэр бэйэ дьоно уонна атын дьон диэн икки аҥы арахсыылара үөскээбитэ. Сахаларга бу кэми айыы дьоно уонна абааһылар, адьарайдар диэн арахсыы үөскээбититтэн быһаарыллар. Бу олус былыргы кэм, олоҥхо үөскээбит кэмэ буолар.

Олох салҕанан истэҕинэ өй-санаа үөрэҕэ сайдан испитэ. Тыыннаах уонна өлбүт дьон өйдөрүн-санааларын уратылара арыллыбыттара. Бу кэмҥэ дьон олорор сирдэрин-дойдуларын икки аҥы араарыы; бу дойду уонна ол дойду диэн арааран ааттааһын үөскээбитэ. Билигин элбэх сыыһалардаах “айыы үөрэҕин” тутуһааччылар “айыы үчүгэй” диэн этиилэринэн өйдөрө-санаалара бу, олус ыраах, хаалбыт таһымҥа эрэ сылдьарын биллэрэллэр.

Бу кэмҥэ былыргы араас кыыл, көтөр таҥаралар туһаларыттан тахсаннар атын, олоххо туһаны аҕалар дьиэ кыыллара; таба, дьөһөгөй, ынахсыт таҥаралар үөскээн барбыттара, үлэ-хамнас сайдыбыта, тус-туспа көрүҥнэргэ арахсыылара баһылыыр үлэ көрүҥүн арааран таһаарбыта. Киэҥ сири-дойдуну баһылыыр кыаҕы дьоҥҥо биэрбит тимири уһаарыы, тимиринэн уһаныы сайдыыта дьоҥҥо “Сах” таҥараны үөскэппитэ.

“Сах” таҥара сайдыыта тимири уһаарыы, уһаныы туспа үлэ көрүҥэр кубулуйуутугар тириэрдибитэ. Бу ураты, саҥа үлэ көрүҥүн салгыы сайыннарыы уоттан тутулуктаах “Сах” таҥара сайдыытын, киэҥ сирдэргэ тарҕаныытын төрүттээбитэ. “Сах” таҥаралаах саха омук үөскээбитэ, бу таҥара саха омугу сомоҕолуур күүс буолбута.

Улуу уустар ахсааннара эбиллэннэр экономикаҕа сайдыыны киллэрбиттэр киэҥ сирдэри баһылааннар улахан омуктары үөскэппиттэрэ. Омуктар үөскээн, бэйэ-бэйэлэриттэн тус-туспа арахсан, сирдэрин-дойдуларын бэлиэтэнэн, көмүскээн олохсуйан олорор кыахтаммыттара.

Айыы уонна абааһы, адьарай диэн арахсыы сэриигэ, өлөрсүүгэ тириэрдэр кыаҕа улахан. Куһаҕаннык, үөҕэн ааттаһыы эйэлэспэт буолууну үөскэтэр. Хардары-таары абааһыларынан ааттаһан баран, абааһылары барыларын суох оҥоруохха диэн кыахтара баарынан өлөрүстэхтэринэ, кыайбыт кыаттарбыты сиик гына симэлитэрэ, күл гынан күдэҥҥэ көтүтэрэ. Былыргы, олоҥхо кэмин саҕана дьон айыы уонна абааһы диэн икки аҥы арахсыылара элбэхтик сэриилэһиини, эйэлэспэт буолууну үөскэтэрэ.

Билиҥҥи сайдыылаах дойдулар өй-санаа үөрэхтээхтэрэ бу кэми өй-санаа өссө сайда илик, язычество, сэрии, өлөрсүү кэмэ диэн туспа арааран ааттыыллара, ол кэмҥэ дьон оҥорор быһыылара куһаҕана элбэҕинэн бигэргэтиллэр, айыылар уонна абааһылар диэн арахсыы охсуһууга, абааһы көрсүүгэ тириэрдэрэ, бэйэ-бэйэлэрин симэлитэ, суох оҥоро сатыыллара элбэхтик сэриилэһиилэрин, өлөрсүүлэрин үөскэтэрэ.

Олох салгыы баран сайдан, тупсан истэҕинэ бэйэ дьоно элбээн испиттэрэ. Кинилэр бэйэлэрин истэригэр тус-туспа санаалаахтар икки аҥы арахсыыларын үөскэппиттэрэ уһун кэмҥэ олоххо киирбитэ.

3. Өй-санаа салгыы сайдыыта киһи бэйэтин өйө-санаата икки аҥы арахсыытын, үчүгэй уонна куһаҕан санаалара баалларын быһаарбыта. Дьон айылҕа төрүт тутулуктарын арыйан билиилэрэ «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этиини үөскэппитэ, олоххо үһүс хайысха, сөп түбэһэр буолуу бу икки хайысха икки ардыларынан, ортолорунан баарын арыйан таһаарбыта. Бу билии дьоҥҥо Үөһээ, Орто уонна Аллараа дойдулар диэн ааттарынан биллэр буолбута, сыыйа-баайа олоххо киирбитэ.

Бу тупсубут өй-санаа икки тыһыынча сыллар усталарыгар дьон олоҕор үчүгэй киһи, Христос таҥара буолан киирбитэ. Биһиэхэ билигин даҕаны өй-санаа бу курдук икки аҥы арахсыытын уонна үһүс хайысханы үөскэтэллэрин билбэт суруйааччылар, тыл үөрэхтээхтэрэ, оннооҕор учуонайдар бааллар.

Онон өй-санаа өссө сайдыыта киһи бэйэтин өйө-санаата икки аҥы арахсарын быһаарбыта. Ол аата киһи үтүө, үчүгэй санаата киирдэҕинэ үчүгэйи оҥороро, онтон хара, куһаҕан санааланнаҕына куһаҕаны оҥоруон сөбө арыллыбыта. Киһи оҥорор быһыыларыгар санаа олус улахан сабыдыаллааҕа быһаарыллыбыта.

Саҥа таҥара, үчүгэй киһи, Христос таҥара үөскээн киэҥник тарҕаммыта. Өй-санаа үс аҥы арахсыытыттан сири-дойдуну үс аҥы араарыы үөскээбитэ; үчүгэй, үтүө санаалар дойдулара Үөһээ дойду, куһаҕан, хара санаалар мунньуллар дойдулара Аллараа дойду, онтон бу икки дойдулар икки ардыларыгар дьон бэйэлэрэ олорор сирдэрэ Орто дойду диэн баар буолбуттара.

Өй-санаа сыыйа-баайа сайдан иһиитин таһымнара уонна дьон олохторо уларыйыыта, тупсуута үлэ-хамнас ситиһиититтэн тутулуга сөп түбэһэллэрэ өй-санаа хантан эрэ атын сиртэн кэлбитэ диэн этии сыыһатын быһаарар. Ол аата халлаантан туох эмэ эбии кэлбитэ диэн этии дьон олоҕор, өйүгэр-санаатыгар туһата суоҕун биллэрэр.

Киһиэхэ баҕа санаата элбэҕин курдук былыргы таҥаралар эмиэ элбэхтэр. Олус былыргы кэмнэртэн дьон бултуур, улахан сиэмэх кыыллар, көтөрдөр курдук буола сатыыр баҕа санааларыттан сайдан тахсыбыт улахан таҥаралар Будда, Христос уонна Магомет үөскээн киэҥ сирдэргэ тарҕаннылар, бу таҥаралары элбэх омуктар итэҕэйэллэр.

Билигин айылҕа уларыйан иһэр кэмигэр бу таҥаралар эргэрдилэр, өй-санаа сайдыытыттан, айылҕаны көмүскүүр санаа улаатыытыттан хаалан иһэллэр, тус-туһунан омуктар үөрэхтэрин өрө туталларыттан бары дьоҥҥо биир санааланыыны кыайан үөскэппэттэр.

Онон олох сайдан иһиитэ дьоҥҥо биир санаалаах буолууну ирдиир кэмэ кэлэн иһэр. Сахалар Күн таҥаралара ол сыалы ситиһэргэ туһалыыр кыаҕа улаханын туһаныа этибит. Дьон бары Күн таҥараны итэҕэйдэхтэринэ, тутустахтарына айылҕаны харыстыыр санаалара күүһүрүө, эйэлээх буолуулара улаатыа этэ.

ӨЙ – САНАА ҮӨРЭҔИН БУККУЙУУ

Ааспыт үйэлэртэн, былыргы кэмнэртэн кэлэн испит өйбүт-санаабыт үөрэҕин, үгэстэрин сэбиэскэй былаас уһун кэмҥэ суох оҥоруутуттан билигин, таба суолу булан тутуспакка, буккуллууга киирэн сылдьар. Өй-санаа бастаан иһэринэн өйбүт-санаабыт көннөҕүнэ, урукку, ол аата ыраахтааҕы баарын саҕанааҕы оннугар түстэҕинэ, тубустаҕына, сэбиэскэй былаас оҥорбут араас токурутууларын, тылбытыгар киллэрбит уларытыыларын көннөрдөхпүтүнэ эрэ олохпут, өйбүт-санаабыт, үлэбит-хамнаспыт көнүө этэ диэн баҕа санаалаахпыт.

Улуу Өктөөп өрө туруута, үлэһиттэр, дьадаҥылар былааһы ылыылара Россия, аан дойду дьонун олохторугар олус улахан саҥаны айыы уонна ону, тугу да аахсыбакка, былыргыны үлтү сынньан олоххо киллэрии буоллаҕына, билигин кэлэн, бу быһыы дьон олоҕор амырыын улахан сыыһаны оҥорбутун көннөрө сатыы, былыргы ыраахтааҕы кэмин саҕанааҕы ырыынак олоҕор төннө сатыы сылдьабыт.

Ыраахтааҕы салайар кэмигэр аһара баттанан, туоратыллан олорбут үлэһиттэр олохторун көннөрөөрү, тупсараары, былааһы ылаары өрө туран кыайыылара, саҥа олоҕу олохтуу сатааһыннара, айыы диэн сахалыы өйү-санааны быһаарар төрүт тылбытын үчүгэй эрэ курдук санааһыннара билигин даҕаны өйү-санааны буккуйа сылдьар. Сэбиэскэй былаас кэмигэр “айыыны оҥоруу үчүгэй” диэн сыыһа өйдөбүлү иҥэрбиттэрин билигин салҕаан иһээччилэр, оччотооҕу кэмҥэ мааныламмыт; тыл үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылар, учууталлар, учуонайдар оччотооҕу өйдөрө-санаалара уларыйбакка эрэ оҕолорбутун, саҥа олох, ырыынак олоҕор олоруохтаах дьону үөрэтэ сатыы сылдьаллар. Дьон олоҕор олус улахан сүтүктэри, өйгө-санааҕа халыйыыны үөскэппит бу сыыһаны таба өйдөөн көннөрүү аныгы, сайдыылаах дьонтон ирдэнэр көрдөбүл буолар. Дьон олоҕор айыыны оҥоруу куһаҕан содула элбэҕин быһаарыы биһиги айыы диэн тылбытын урукку, куһаҕан өйдөбүлэ улахан өттүгэр көннөрүө этэ.

Дьадаҥылар, үлэһиттэр былааһы ылан, сэбиэскэй былаас туругуран, саҥа олоҕу айхаллааһын, сөбүлээһин үөрүүтэ-көтүүтэ саҥаны, айыыны оҥоруу үчүгэй эбит диэн өйү, саҥа үөрэҕи-билиини баһылаан эрэр хараҥа дьоҥҥо киллэрбитэ, урукку олоххо сибээстээҕи барыларын куһаҕанынан ааҕан, үлтү сынньан, тэпсэн туораппыттара. Ол кэнниттэн салгыы баран саҥаны айыылар бары үчүгэйдэр эбит диэн санааҕа ылларбыттарын тэҥэ, биһиги “ураты үчүгэйбит” диэн өйү-санааны дьоҥҥо иҥэрбиттэрэ.

Бэйэтин үчүгэйбин, мин бэрпин, уратыбын диэн сананар киһи айыы диэн саҥаны айыыны биллэрэр тылы икки аҥы араара сатыыр санаата улаатар. Ол курдук мин, үчүгэй киһи, үчүгэйи эрэ оҥоробун, айабын-тутабын диэн санаата баһыйан барарыттан итинник сыыһаны оҥорор. Ол иһин куһаҕаны айыыны атыттар, куһаҕан дьон оҥороллор диэн араара сатыылларыттан, атын тылы, “грех”, “харам”, “аньыы” диэни булан куһаҕаны оҥорууну туспатык ааттыыр санааланаллар. “Грех” уонна “харам” диэн тыллары былыргы хараҥа, үөрэх-билии суох кэмигэр салайааччылар баһыйа тутан, хам баттаан туһаныыга киллэрбит буоллахтарына, аныгы сайдыылаах кэмҥэ дьону албыннаан сахаларга суох “аньыы” диэн тылы киллэрии кыаллыа суоҕа. Дьон өйө-санаата сайдыбытынан, үөрэх-билии тарҕаммытынан сымыйаны тутуһар үөрэх сыыйа хаалан, олохтон туоратыллан барыаҕа.

Сэбиэскэй былаас саҕана саҥаны оҥоробут, саҥа олоҕу тутабыт диэн айаҕаланыы бөҕө, былыргыны, уруккуну барыларын куһаҕанынан, хаалынньаҥынан ааттаан, үөҕэн, үлтү сынньан туораппыттара. Биһиги үчүгэй дьон үчүгэйи, айыыны оҥоробут диэн айыы диэн тылбытын үчүгэй эрэ өйдөбүллээх оҥороору, онтон куһаҕаны атын тылынан, сахаларга букатын суох, “аньыы” диэн былыргы нуучча православнай таҥаратын үөрэхтээхтэрэ булбут тылларын туһанан икки аҥы араарбыттарын, билигин даҕаны сэбиэскэй былаас тобохторо; суруйааччылар, тыл үөрэхтээхтэрэ, учуонайдар салҕаан иһэллэр.

Киһи таах сыппат, тугу эмэ оҥорбокко эрэ сылдьыбат. Баһын иһэ араас; үчүгэй эбэтэр куһаҕан санааларынан толору, таһынан таһымныыр. Тугу эмэ оҥоро, айа-тута, уларыта, тупсара сатыыр, үчүгэй санаата киирдэҕинэ, элбээтэҕинэ, үчүгэйи эмиэ оҥоруо этэ эрээри, куһаҕан санаа ханна да сүтэн хаалбат. Элбэх кыахтаах киһи элбэҕи; үчүгэйи да, куһаҕаны да оҥоруон сөбө куруук баар. Биир киһи ханна эмэ өрүтэ ыстаҥалаатаҕына, тугу эмэ саҥаны оҥордоҕуна даҕаны, омугу барытын сайыннара охсубат. Кини тугу оҥорбута барыта элбэх дьонунан хаттаан сыаналанан, элбэхтик боруобаланан үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана тус-туспа араарыллан биллибитин кэнниттэн үгүс дьоҥҥо туттуллан бардаҕына эрэ, туһалааҕа быһаарыллан олоххо уларытыылары киллэриэн сөп. Ол курдук бары сэбиэскэй былаас саҕана биир сирдьит В.И.Ленин, биир партия салайара үчүгэй диэбиппит кэлин, барыта куһаҕана биллэн тахсыбытыттан билигин хаалларан сылдьабыт.

Өй-санаа үөрэҕэ киһи саныыр санааларын үөрэтэр. Бэйэтин үчүгэйбин диэн сананар киһи үчүгэйи эрэ оҥоробун диэн санаалаах буолуута өй-санаа үөрэҕэр уустуктары, буккууру киллэриэн сөп. Билигин биһиги, сахалар өй-санаа үөрэхпит оннун була илик. Ол барыта сахалары нууччаларга кубулута сатыыр, быһаччы “грех” диэн куһаҕаны оҥорууну биллэрэр тылларын туруору “аньыы” диэн тылбаастаан олоххо киллэрэ сатааһын сэбиэскэй былаас тобохторун үлэлэрин салгыыта буоларын өссө да арааран өйдүү иликпититтэн тутулуктаах.

Сэбиэскэй былаас өр кэмҥэ өй-санаа үөрэхтэрин суох оҥорбута дьайыыта тиийэн, билигин Россия олохтоохторо өй-санаа, таҥара үөрэҕин туһатын туһунан букатын да билбэт буолбуттар. Итини тэҥэ, ол кэмҥэ аһара мааныламмыт суруйааччылар, тыл үөрэхтээхтэрэ, учууталлар, учуонайдар анаан-минээн буккуйууларыттан сахалар былыргы билиилэрэ букатын да умнулла быһыытыйдылар.

Сэбиэскэй былаас саҕанааҕы учуонай С.Сомоҕотто «Айыы! Не делай это!», «Айыыны оҥорума» - диэн этии сахаларга былыргыттан баарын син билинэн бэйэтин үлэтигэр киллэрбит. (7,67). Ол эрээри сахалыы айыы диэн тылы өй-санаа өйдөбүллэринэн көнөтүк, үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны айыы буолар диэн быһаарарын оннугар «Ай йи» - «Великий человек» диэн сахаларга хаһан да суох тылга илдьэн сыбаан кэбиһэр. Билигин тыл үөрэхтээхтэрбит бэйэлэрэ айыы диэн тыл толору өйдөбүлүн букатын билбэттэриттэн, бу Сомоҕотто сыыһа этиитин булан ылан тарҕата сатыы сылдьаллар.

«Ай» диэн сахалыы саҥаны ай, оҥор, тут диэн икки өрүттээх өйдөбүллээх; үчүгэйи уонна куһаҕаны айары быһаарар соҕотох тылбыт. Киһи тугу эмэни, куһаҕаны даҕаны санаталаан ыларын уонна оҥорорун эмиэ биллэрэр аналлаах. Саныыр санаабытын илэтигэр оҥорон таһаардахпытына, куһаҕана элбээн, “ыы” диэн ытааһын сыһыарыыта эбиллэн айыы диэҥҥэ тылбыт уларыйар. Бу тыл «великий» диэн өйдөбүллээх буолбатах. «Ыы» диэн сахалыы ытааһын дорҕооно буоларын атыҥҥа, «йи» диэҥҥэ буккуйа сатааһын сахалыы өйү-санааны букатын билбэттэн эбэтэр соруйан буккуйа сатааһынтан үөскээбит.

Сомоҕотто нууччалыы «грех» диэн тылы «грек» диэҥҥэ туох да быһаарыыны биэрбэккэ эрэ быһалыы кубулутара сөптөөх дакаастабылга наадыйар. Ол курдук нууччалар гректэртэн үөрэҕи-билиини ылынан сайдыбыттара, онтон кэлин күүһүрэн бараннар гректэртэн арахсыыларыгар, туспа омук буолан барыыларыгар, атын омуктарын билиниилэригэр грек омук куһаҕан диэн өйдөбүлү нуучча дьонугар киллэрээри, бу тылы “грех” диэн уларытан туттубуттарыгар, куһаҕаҥҥа кубулуппуттарыгар сөп. Омук омуктан арахсыытыгар, туспа омугун билиниитигэр, эйэтэ суохтук араҕыстахтарына, үөхсэр эбэтэр куһаҕан өйдөбүллээх тылларынан бэйэ-бэйэлэрин хос ааттаһаллара былыр-былыргыттан биллэр. Манна сурукка киирбит холобуру ыллахпытына «илээт» диэн тылы сахалар үөхсүүгэ туттар буоллахтарына, бу тыл олет диэн калмык омуктар былыргы ааттара буолар. (8,162). Ол аата урут сахалар былыргы калмыктары кытта Байкал күөл эҥэринэн бииргэ олоро сылдьан баран этиһэн арахсыбыттара быһаарыллар.

Төһө да айыы диэн тылы таба быһаарбатар Сомоҕотто сорох тыллары оруннаахтык быһаарар. От угро-самодийского «аба» (мертвец) и «чи» (человек). Отсюда, «абачи» или по якутски «абааһы» - «иччи мертвого человека. (7,99). Бу быһаарыы сахабыт тылыгар угро-самодийскай тыллар киирэ сылдьалларын биллэрэр. Билигин даҕаны илэ көстүбэт эбэтэр субу баар араас куһаҕаннары барыларын абааһынан ааттыыбыт, сирэбит, туоратабыт.

Өй-санаа сайдан, уларыйан, тупсан иһэр. Былыргылар билиилэрэ аныгы олох таһымыттан хаалан иһэллэрэ ханнык да хос быһаарыыга наадыйбат. Былыргылар, ол аата олоҥхо кэминээҕи дьон билиилэрин аһара тутустахха, кинилэр эрэ этиилэринэн, билиилэринэн салайтардахха, олоххо сайдыыны ситиһии кыаллыбат, атыттартан хаалан хаалыы үөскүүрүн билиэхпит этэ.

Үрүҥ айыы итэҕэлэ улахан, өйдөрүн-санааларын туппут дьону үөрэтиигэ туттуллара эрэ туһалаах. Былыргы, үөрэх-билии сайда илигинэ дьон өйдөрө-санаалара намыһах, элбэхтик өлөрсөр, өссө бэйэ-бэйэлэрин сиэһэр этилэр. Былыргылар билиилэриттэн ол куһаҕаннарын барыларын талан ылан быраҕан, үчүгэйдэрин, аҕыйах үрүҥ айыыларын талан ылан аныгы олоххо туһаныы Үрүҥ айыы итэҕэлэ диэн ааттанарын таба өйдүөхпүт этэ.

Сахалыы өй-санаа тутулуга «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этиигэ олоҕурар. Аҥар өрүтү суох оҥоруу олоххо хаһан да кыаллыбат. Ол курдук аҥардастыы үчүгэй буолуу диэн, аҥар өттүгэр халыйыыны үөскэтэн кэлин барытын куһаҕаҥҥа кубулутуон сөп. Киһи өйдөөх-санаалаах буоларынан туох барыта үчүгэйдээҕин уонна куһаҕаннааҕын арааран билэн олоҕор туһаныа этэ. Ол курдук арыгыны аҥардастыы куһаҕан диэһин сыыһа. Бу ас киһиэхэ туһалаах битэмииннэрэ элбэҕин таһынан элбэх эньиэргийэни биэрэрин кэмнээн иһэн, сатаан таба туһаныы эрэ ирдэнэр. Ол аата киһи быһыылаах буолуу, үчүгэйи уонна куһаҕаны биирдик, биир өйдөбүллээхтик арааран быһаарыы биир санааланыыны үөскэтэрин билэн туһаныа этибит.

«Туох барыта икки өрүттээх» диэн этии киһи оҥорор быһыыларыгар быһаччы сыһыаннаах. Ол курдук субу оҥорор быһыыбыт икки өрүттээх буолан тахсарыттан, үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран билэн олоххо туһаныы хас биирдии киһиттэн ирдэнэр олох көрдөбүлэ буолар. Олох ханнык эрэ кэрдиис кэмнэригэр, бу икки өрүттэр хардары-таары бэйэ-бэйэлэрин солбуйсан биэриэхтэрин сөп. Ол курдук сэбиэскэй былаас кэмигэр дьадаҥы дьон үчүгэй диэн ааттанар эбит буоллахтарына, билигин, ырыынак кэмэ кэлэн дьадаҥылар куһаҕаҥҥа кубулуйан хааллылар, онтон баай буолуу үчүгэйгэ уларыйда.

Онон былыргыттан икки өрүттээх өйдөбүллээх, өй-санаа сайдыытын, уларыйыытын табатык быһаарар айыы диэн тылбытын уларыппакка бэйэтинэн, үчүгэйдээх уонна куһаҕаннаах өйдөбүллэрин холбуу тутан олоххо туһанар буолуу ирдэнэр көрдөбүл буолла уонна сахалыы өйү-санааны харыстааһын диэн ааттанар.

ТУОХ БАРЫТА ИККИ ӨРҮТТЭЭХ

«Туох барыта икки өрүттээх» диэн олус дириҥ, эт-сиин, өй-санаа, айылҕа, Күн уонна Сир төрүт тутулуктарын арыйар этиибитин арҕаа дойдулар үөрэхтэрин өрө тутарбытыттан туһаммакка, хаалларан сылдьабыт. Билигин Күн уонна Сир бэйэ-бэйэлэрин кытта тутулуктара науканан арыллыбыттарын кэнниттэн, бу этии дьиҥнээх дакаастабыла арылынна. Күнтэн Сир бу билигин сылдьарын курдук тэйэн сырыттаҕына эрэ, күнтэн кэлэр итии уонна космос тымныытын охсуһуулара тэҥнэһэр сиригэр тыыннаах күөх айылҕа, тыынар-тыыннаахтар Сиргэ үөскүүллэр, дьон үөскээн сайдыыны ситиһэр кыахтаналлар.

Уһун үйэлэр, мөлүйүөнүнэн сыллар усталарыгар Сир Күнтэн тэйэн, ыраатан иһэр. Бу кэмҥэ Сир сылдьар балаһыанньатыгар Венера планета чугаһаан кэллэҕинэ, онно эмиэ айылҕа үөскээн чэчирии сайдар кыахтанар. Күн систиэмэтигэр олох быстан хаалбакка салгыы сайдар.

Айылҕа төрүт тутулуктарынан аҥардастыы биир өттүн диэки барыы табыллыбат, туох барыта эргийэн кэлэн иһэр. Аҥардастыы биир өттүн диэки барыы халыйыы диэн ааттанар уонна хайа да өттүгэр аһара бардаҕына үчүгэйгэ тириэрдибэт, кэлин куһаҕаҥҥа кубулуйар уратылаах. Аҥар өттүн диэки барыы эргийэн биэрэр уратылааҕыттан аһара үчүгэй буоллаҕына, кэрэ диэҥҥэ тиийдэҕинэ куһаҕаҥҥа кубулуйара чугаһаабыта быһаарыллар. Ол курдук олоххо ханнык эрэ кээмэйи аһара барыы уларыйыы кэлэрин түргэтэтэн биэрэр уратылааҕын сахалар туһана сылдьалларын икки өрүттээх өйдөбүллээх алдьархай, ынырык диэн тылларбытын туһанарбыт биллэрэр.

Киһи оҥорор быһыылара икки өрүттээх буолан тахсалларын айыы диэн тылбыт үчүгэйи уонна куһаҕаны оҥорууну холбуу ылан быһаарара биллэрэр. Ол курдук дьон билбэт, оҥорбот быһыыларын оҥоруу айыыны оҥоруу буоларын бары билэбит, итини тэҥэ айыыны оҥоро сатааһын туга эмэ табыллыбатаҕына, сатамматаҕына, кыаллыбатаҕына куһаҕаҥҥа кубулуйар уратылааҕын, куһаҕаны элбэтэрин билиэхпит этэ. (9,16).

«Туох барыта икки өрүттээх» диэн өй-санаа үөрэҕин төрүтэ биһиги айыы диэн икки өрүттээх өйдөбүллээх тылбытыгар иҥэн сылдьарын харахпыт харатын курдук, аһара элбээн хаалбыт тыл үөрэхтээхтэриттэн, суруйааччылартан харыстыыр кэммит кэллэ.

Сахабыт тылын үлэһиттэр эрэ харыстыыр кыахтаахтар. Айыы диэн тылбыт үчүгэйдээх уонна куһаҕаннаах өрүттэрин, тугу эмэ сыыһа-халты тутуннахха куһаҕаҥҥа уларыйар уратытын үлэһиттэр, оҥорор-тутар дьон үчүгэйдик билэллэр.

Киһи оҥорор быһыытын табатык быһаарыыга, үчүгэйи уонна куһаҕаны оҥорорун тус-туспа араарыыга киһи бэйэтин өйө-санаата баһылыыр оруолу ыларын айыы диэн тыл соҕотох буолара эрэ табатык быһаарар. Ол курдук биир киһи үчүгэйи да, куһаҕаны да оҥорон кэбиһэр кыаҕа хаһан да хаалан хаалбатыттан, биир мэйиилээҕиттэн өйү-санааны быһаарар айыы диэн тылбыт соҕотох буолара табыллар.

Киһи мэйиитэ биирин курдук бу тылбыт соҕотох буоллаҕына эрэ, киһи оҥорор; үчүгэй уонна куһаҕан быһыыларын табатык быһаарар. Ол курдук киһи биир мэйиитинэн салайан үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны оҥорор кыахтааҕын умнар, суох оҥоро сатыыр сыыһа, өй-санаа халыйыытыгар, икки аҥы арахсыытыгар, куһаҕанынан ааттаммыт дьон туспа барыыларыгар, омук үрэллиитигэр, ыһыллыытыгар тириэрдиэн сөп.

«Туох барыта икки өрүттээх» диэн этиини сахалар олохторугар туһаналларын холобурунан икки өрүттээх өйдөбүллээх тыллар тылбытыгар киирэн туттуллаллара буолар. Саха тылыгар иккилии өйдөбүллээх тыллар элбэхтэр. Ол курдук икки өрүттээх өйдөбүллээх тыллар туох барыта кэмэ кэллэҕинэ уларыйарын, атынынан солбулларын быһаараллар. Ынырык уонна алдьархай диэн олус куһаҕаны быһаарар тылларбытын сороҕор аһара үчүгэй буолбуту быһаарыыга эмиэ туһанан ынырык үчүгэй эбэтэр алдьархай үчүгэй диэн этэн кэбиһэбит. Бу сыыһа саҥарыы буолбатах, аһара үчүгэй буолбуппут сотору кэминэн куһаҕаҥҥа кубулуйан эрэрин биллэрэр быһаарыы буоларын өйдүөхпүтүн, билиэхпитин сөп этэ. Холобурга, алдьархайдаах эбэтэр ынырык киһи диэтэхпитинэ, бу киһибит тугу эмэ аһара үчүгэйи эбэтэр аһара куһаҕаны, ол аата алдьархайы эбэтэр ынырыгы оҥорор кыахтаах киһи буоларын биллэрэр. (10,49).

Саха омуга олус уһун үйэлээх буолбута «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этиини таба туһанан олорбуттарын бэлиэтэ буолар. Манна биллэр холобурунан нууччалар аан бастаан кэлиилэригэр сахалар бары сэрии суолун тутуспуттара эбитэ буоллар сайдыылаах сэрииһиттэргэ, казактарга кыаттараннар, хайалаах сирдэргэ үүрүллэннэр кыайан сайдыбакка хаалыа этилэр. Төһө да ыараханын, хомолтолооҕун иһин иккис суолу, эйэлээхтик бэринии суолун тутуһаннар, нууччалары кытта кыттыһа охсон, киэҥ сирдэри баһылааннар билигин Россия алта гыммыт биирин бас билэн олоробут.

Олох ханнык баҕарар уларыйан биэрэр балаһыанньатыгар «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этиини тутуһуу аһара улаханнык сүүттэрбэккэ, ночоотурбакка эрэ үөскээбит балаһыанньаттан тахсыыны, сөптөөх быһаарыыны булууну үөскэтэрин таба сыаналыахпыт этэ.

Өй-санаа аҥар өттүгэр халыйыытын үөскэппит омуктар эбэтэр государстволар эстиилэригэр, симэлийиилэригэр тиийэллэр. Олус күүскэ аһара, аҥар, үчүгэй диир өттүлэригэр барааччылар ордук түргэнник суох буола эстэллэр. Ол курдук Гитлер аһара “үчүгэйдэрин” билиммит националистары үөскэппитэ, арбаабыта киһи быһыытын сиргэ-буорга тэпсэннэр, олус аһара барыылары оҥороннор, атыттары сэриилээн ылан суох оҥоро сатааһыҥҥа кытта тиийэннэр, салайар былааһы ылан баран 12 сылтан ордугунан эстибиттэрэ.

Үлэһиттэр былааһы ылбыттарынан туһаммыт коммунистар олус “үчүгэйбит”, биһиги эрэ бэппит диэн санааҕа оҕустарыыларыттан, аҥардастыы баһылаабыттарыттан уонна дьон барылара тэҥнэр, барыта үчүгэй буолла диэн дьону албыннаабыттарыттан, аан дойдуну 74 сыл устата тилэри киэптээн баран билигин ыһыллан, мөлтөөн, эстэн, Россияҕа былаастарын былдьатан сылдьаллар.

Дьон өйө-санаата икки өрүттээхтик, икки өттүттэн тутулуктаахтык сайдарын билиммэт, олоххо туһаммат государстволар эстэллэрэ, симэлийэллэрэ ордук түргэн. Дьон олоҕор аҥардастыы биир өттүн, салайааччылар эппит, ыйбыт “үчүгэй” диэн хайысхаларын хоту барыы хайдах да табыллыбата ити быһаарыыларынан дакаастанар.

Бары-барыта “үчүгэй” диэн буоллаҕына куһаҕан диэн суох буолар, симэлийэр курдук эрээри, сотору субу кэмнээҕи бу үчүгэйбит барыта куһаҕаҥҥа кубулуйар кэмэ эргийэн кэлэрин киһи бэйэтэ өйүнэн-санаатынан салайтаран арааран билэрэ олох ирдэбилэ буоларын умнубатахпытына табыллар. Ол курдук сэбиэскэй былаас эстэрин, симэлийэрин саҕана туох барыта “үчүгэй” буолла, барыта “оҕолор тустарыгар” диэн салайааччылар, коммунистар ыйыыларын толоро, ыҥырыыларын итэҕэйэ сылдьыбыппыт баара, атын омуктар олохторугар тэҥнээтэххэ барыбыт барыта куһаҕаҥҥа кубулуйбута быданнаабыт, ырааппыт этэ.

Олоххо сайдыы киирэн иһиититтэн сыыйа-баайа да буоллар уларыйар, тупсар буоллаҕына, өй-санаа эмиэ уларыйар, дьоҥҥо ордук туһалааҕы оҥоруу диэки салаллар. Арай бу уларыйыы сорох кэмигэр олус түргэтээн биэрэр кэмнэрдээҕин арааран билии киһиттэн ирдэнэр.

Олоххо үчүгэй куһаҕаҥҥа уларыйан биэрэр кэмэ биирдэ эмэтэ да буоллар тиийэн кэлэр. Бу уларыйыыга киһи улаханнык оҕустарбатын, иэдэйбэтин туһугар өйүн-санаатын күүһүнэн ону быһааран, улаханнык оҕустарбат курдук олоҕун оҥосторун туох барыта икки өрүттээҕин билэрэ, тутуһара үөскэтэр. Ол курдук сэбиэскэй былаас кэмигэр дьадаҥы буолуу үчүгэйинэн ааҕыллар эбит буоллаҕына, билигин кэлэн олох тосту уларыйан, аны баай буолуу үчүгэй, туһалаах диэн ааттанар кэмэ тиийэн кэлбитин, урукку, ыраахтааҕы баарын саҕанааҕы кэмҥэ төннө, ону холобур тутта сатыырбытын бары билинэбит.

Өй-санаа бу тосту уларыйбытын кэннэ уруккуттан олорон хаалбыт салайааччылар уонна ол кэмнээҕи суруйааччылар, тыл үөрэхтээхтэрэ, учуонайдар бэйэлэринэн олорон хаалбыттарынан ырыынак сыһыаннара олоххо киириилэрэ олус уһаан хаалла. Коммунистар салайар кэмнэригэр өйгө-санааҕа киллэрбит сыыһаларын, халыйыыларын бу дьоммут билигин даҕаны салҕаан иһэллэр.

Сахаларга көрсүө, сэмэй киһи диэн өйдөбүл баар. Туох барыта икки өрүттээҕин олоҕор таба тутуһар киһи сэмэй киһи диэн ааттанар. Ол курдук сэмэй киһи, киһи быһыытын хаһан да аһара барбат, сыыһа-халты туттубат киһи буоларынан тугу барытын, икки өрүтүн тэҥҥэ тутан сыаналаан сөптөөх быһаарыыны ылынарынан, үлэни-хамнаһы кыайарынан, сыыһаны оҥороро аҕыйаҕынан элбэх туһалааҕы, үчүгэйи оҥорор уонна сыыһа-халты туттубатыттан олоҕун уһуннук олорор кыахтанарын арааран билиэ этибит.

Төрөппүттэр оҕолорун кыра эрдэҕиттэн көрсүө, сэмэй буолууга ииттэхтэринэ эрэллээх, олоххо сыыһа-халты туттубат, киһи быһыытын, сиэри тутуһар кэлэр көлүөнэлэннэхтэринэ бэйэлэрэ абыраныахтара, аймахтара сайдан, элбээн иһэллэрин ситиһиэхтэрэ этэ. Онон «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этиини тутуһан олоҕу олоруу уонна бу этиини харыстааһын, ол аата уларыппат буолуу сахалыы өйү-санааны харыстааһын, сахалары харыстааһын буолар.

Биһиги бары үлэлэрбитинэн киһини санаата салайарын дакаастыыбыт. Төрөппүттэрэ оҕолоругар кыра эрдэҕиттэн ханнык санаалары үгэс оҥорон иҥэрэн биэрбиттэриттэн тутулуктанан кини олоҕун оҥостон олорор, хайа омук тылларын саҥара үөрэппиттэриттэн, өйүн-санаатын иҥэрбиттэриттэн хайа омук буоларын ылынар, үгэстэргэ үөрэнэн өйө-санаата сайдар.

Хас биирдии киһи санаата, тугу оҥороро барыта иккилии өрүттээхтэр, үчүгэй уонна куһаҕан диэннэргэ арахсаллар. Хас киһи барыта үчүгэй санаалара элбээтэхтэринэ – үчүгэйи, онтон куһаҕан санаалара баһыйдахтарына – куһаҕаны оҥоруон сөп, оҥорор кыаҕа хаһан да хаалбат. Киһи оҥорор быһыыларын үчүгэй уонна куһаҕан диэн арааран быһаарыы барыта, киһи бэйэтэ бу быһыыны хайдах диэн саныырыттан, өйдүүрүттэн тутулуктаах уонна атыттар туох диэн саныылларыттан, өйдүүллэриттэн үчүгэйэ уонна куһаҕана быһаарыллар. Киһи өйө-санаата икки өрүттээх, икки аҥы арахсар. Ол арахсыы киһи оҥорор быһыылара, дьыалалара барылара үчүгэйи оҥоруу эбэтэр куһаҕаны оҥоруу диэннэргэ арахсалларыттан тутулуктанар. Үчүгэйи оҥоруу - үрүҥ айыыны оҥоруу буолар, онтон куһаҕаны оҥоруу - хара айыыны оҥоруу диэн сахалыы ааттанар. Ханнык айыы буолбута, оҥоруллубута быһаарыы тылы туһанан этиллэрэ эрэ табыллар. Ол курдук айыы үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана уларыйыыта бу оҥоруллубут айыыны уларыппатын тэҥэ, айыы төһө эмэ өр кэмҥэ үчүгэйэ уонна куһаҕана кыайан быһаарыллыбакка эрэ сылдьыан сөп.

Өй-санаа бу курдук икки аҥы арахсыыта дьон өйдөрө-санаалара сайдан, оҥорор быһыылара тупсан, үчүгэй, туһалаах быһыылары оҥороллоро элбээн истэҕинэ үөскээбит уонна 2 тыһыынча сыллар анараа өттүлэригэр үчүгэй киһи, Христос таҥара диэн ааттанан олоххо киирбит. Өй-санаа бу уларыйыыта, үчүгэйи, туһалааҕы оҥоруу элбээһинэ үчүгэй киһи, Христос таҥара үөскээһинигэр тириэрдибит.

Элбэх үчүгэйи оҥоруон баҕарар киһи үчүгэй киһи буолар баҕа санааны иҥэринэригэр үчүгэй киһи таҥара көмөлөһөр. Ол курдук «Киһини санаата салайар» диэн этиигэ сөп түбэһэринэн аан маҥнай үчүгэй санааны үгэс оҥостон иҥэринэргэ үчүгэй киһини үтүктүү туһалыырын бары төрөппүттэр оҕолорун иитиигэ, үөрэтиигэ туһаныахтара этэ. Ол аата төрөппүт оҕото кыра эрдэҕинэ, ийэ кута иитиллэр кэмигэр кини таҥаратыгар, үтүктэр, батыһар киһитигэр кубулуйарын таба өйдөөн туһаныы ирдэнэр.

“Туох барыта икки өрүттээх” диэн этии айылҕаҕа туохха барыларыгар сыһыаннаһар. Киһи өйө-санаата сайдарынан туохха барытыгар иккис өрүтэ баарын арааран билэн тугу оҥорорун барытын икки өрүт икки ардыларынан түбэһэр гына оҥоро сатыа этэ. Ол курдук киһи хаанын баттааһына аһара үрдүк эбэтэр аһара намыһах буоллаҕына киһи доруобуйата куһаҕан буолар. Ол иһин хаан баттааһына хайа да өттүгэр аһара барбакка икки ардыларынан буолара табыллар. Айылҕа бу сокуона бары тыынар-тыыннаахтарга сыһыаннаах.

Онон айылҕа икки өттүттэн тутулуктааҕа “Туох барыта икки өрүттээх” буолуутун үөскэтэринэн дьон олорор, сайдар сирдэрин сахалар Орто дойду диэн ааттаабыттар.

ИККИ ӨРYТY АРААРЫЫ

Күн таҥара баар буолуута киһи “Туох барыта икки өрүттээх” диэн үөрэҕи айылҕа уларыйыытыттан булан иҥэринэригэр үөрэтэр. Сахалар өй-санаа, таҥара үөрэхтэрэ бу үөрэҕи халбаҥнаабакка эрэ тутуһар уонна икки өрүтү; үрүҥү уонна хараны, үчүгэйи уонна куһаҕаны туһааннаах кэмигэр таба быһааран, арааран олоххо туһанарга ыҥырар.

Олоххо икки өрүтү араарыы, таба быһаарыыны ылыныы олус уустуктары үөскэтэр. Сахалар ону билэн «Олоҕу олоруу уустук» диэн этэллэр. Киһи буолуу сүрүн сыалынан ханнык баҕарар дьыалаҕа, бу дьыала икки өрүттээҕин билэн, олору арыйан, ол аата бу икки өрүтү дириҥник билэн, хайа да диэки халыйбакка эрэ ортотунан, икки өрүт икки ардыларынан барар курдук быһаарыыны ылыныы буолар. Сахалар дьон-аймах олорор, үөскүүр дойдуларын Орто дойду диэн ааттааһыннара ити быһаарыыга олоҕурар. Ол аата таба быһаарыы ортотунан, икки өрүт икки ардыларынан барыахтааҕын кэмнээн ылыныы бэйэтэ тэҥнэһиини үөскэтэр. Икки өрүт икки аҥы тардыһар, икки өттүттэн тутулуктаах буоллахтарына, таба быһаарыыны ортотунан кэмнээн ылыныы ханнык эрэ балаһыанньаҕа, бу икки өрүттэр икки ардыларыгар бэйэ-бэйэлэрин көрдөбүллэрин аҕыйатан, кыччатан сөбүлэһии, тэҥнэһии баар буоларын ситиһэллэригэр аналланар.

Ханнык баҕарар быһаарыыга икки өрүттэр икки ардыларыгар тэҥнэһии баар буолуутун ситиһии Айылҕа төрүт сокуонугар сөп түбэһэр. Ол курдук биһиги айылҕабыт, Сирбит уһун үйэлэргэ үөскээбит олус күүстээх тэҥнэһии балаһыанньатыгар икки өттүттэн кытаанахтык тутуллан, Күн уонна планеталар икки ардыларынан киэҥ куйаарга көтө сылдьар. Хайа да өттүн диэки халбаҥныыра, сыҕарыйара табыллыбат, куһаҕаҥҥа тириэрдиэн сөп. Ол курдук Сир, Күн диэки чугаһаан хааллаҕына сир дойду уотунан умайар, онтон тэйиччи барыы космос тымныыта дьайан Айылҕа чоҥкуччу тоҥоругар, тыыннаах харамайдар эстиилэригэр тириэрдэрин билигин үөрэхтээх дьон үчүгэйдик билэллэр.

Айылҕа тутулуктарын сокуоннарыгар аҥар өттүн диэки барыы хайа да өттүнэн көҥүллэммэт, табыллыбат, кэлин тиһэҕэр эстиигэ, Айылҕа тутулуктара уларыйыыларыгар, алдьаныыларыгар тириэрдэр. Ол иһин өй-санаа аҥар өттүгэр халыйыытын, аҥар өрүтү мөлтөтүүтүн өйдөөх-санаалаах, үөрэхтээх дьон үөскэтимиэхтэрин сөп этэ.

Эр киһи уонна дьахтар дьон икки өрүттэрин үөскэтэр буоллахтарына сэбиэскэй былаас кэмигэр оҥоруллубут халыйыылары, аҥар өттүн диэки баран хаалыыны билигин ырыынак кэмигэр көннөрүү эрэйиллэр. Ол курдук дьахталлар аһара үчүгэйдэрин билиниилэрэ, хайҕаныылара аналлаах бырааһынньыктаныылара эр дьону мөлтөтөн, аанньа ахтыбат буолууларын үөскэппитэ.

Үөрэх уонна үлэ киһи дьарыгын икки өрүтүн үөскэтэллэр. Үөрэҕи аҥардастыы өрө тутуу, бары үөрэҕи эрэ ситиһэ, эккирэтэ сатааһыннара үлэни хаалларан, куһаҕан диэн өйдөбүлү киллэрэн билигин үлэһиттэр быста аҕыйаатылар. Тыабыт сирин элбэх үлэлээх сирдэриттэн дьон барыылара эбиллэн, кэлии үлэһиттэр элбээн иһэллэр.

Өй-санаа хайа эрэ аҥар өттүгэр халыйыытын айыыны оҥоруу уонна олору олоххо киллэрэн иһии үөскэтэрин билэн ханнык да айыыны оҥорорго олус улахан сэрэхтээх буолуу өйдөрө-санаалара сайдыбыт, үөрэҕи-билиини баһылаабыт дьонтон ирдэнэрин таба өйдүөхпүт, ол-бу, буолар-буолбат, куһаҕаҥҥа тириэрдиэхтэрин сөптөөх саҥаны айыылары оҥорууттан туттунуохпут этэ.

Киһи өйө-санаата биир төрүттээх, биир мэйииттэн үөскээн, сайдан тахсаллар эрээри, киһи оҥорор быһыылара икки аҥы; үчүгэй, туһалаах уонна куһаҕан, туһата суох, буортулаах диэннэргэ арахсалларыттан икки өрүттэнэрин үөскэтэллэр.

Туох барыта икки өрүттээҕин киһи бэйэтин өйүн-санаатын, билиитин көмөтүнэн субу бириэмэҕэ сөп түбэһэринэн көрөн быһаарыа уонна олоҕор туһаныа этэ. Ол аата бу икки өрүтү; үчүгэйи уонна куһаҕаны иккиэннэрин тус-туспа арааран билэр буолуу өйдөөх-санаалаах дьонтон хайаан да ирдэнэр уонна субу бириэмэтигэр, субу кэмҥэ эрэ сөп түбэһэр уратылааҕын билиниэхпит этэ.

Аҕыйах ахсааннаах куһаҕаны чуолкайдык арааран билэр буоллахха эрэ үчүгэй диэн туспа араарыллан биллэр кыахтанарын умнан сылдьабыт, олохпутугар туһаммаппыт. Аҥардастыы үчүгэйи эрэ билии олох кэлтэйдии сайдыытын, халыйыытын үөскэтэр. Бары барыта үчүгэй буолан хааллаҕына, куһаҕан диэн суох буолан, симэлийэн, сүтэн хаалар курдук эрээри, олох барыта ханньары баран аҥар өттүн диэки халыйан барыыта, бары-барыта куһаҕаҥҥа кубулуйуута саҕаланар.

Үчүгэйи уонна куһаҕаны араарыы олох субу тирээн турар кэмигэр эрэ сөп түбэһэр уратылаах. Атын, уларыйбыт кэмҥэ субу үчүгэй диэн этэрбит уларыйан, аны куһаҕан буолан хаалыан сөп. Ол иһин үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа араарыы, атын атын тылынан этиллэн бэриллэрэ букатын табыллыбат, өй-санаа уһун кэмнээх өйдөбүллэрин буккуйара быһаарыллар. Сахалар өй-санаа бу уратытын олус былыргы кэмнэртэн, өй-санаа сайдан уларыйбытыттан ыла билэллэрин ай диэн тылбыт икки өрүттээх өйдөбүллэммитэ биллэрэр. Ол курдук киһи үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны айан, оҥорон кэбиһэр кыаҕа быһаарыллан үчүгэй киһи таҥара Христос үөскээбитин кэнниттэн бу быһыы олоххо киирбитэ. Киһи үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны оҥорон кэбиһэр кыаҕа тыыннааҕын тухары хаһан да хаалан хаалбатын билиэ этибит.

Ай диэн өй-санаа баспыт иһигэр, мэйиибитигэр үөскүүрүн быһаарар тылбыт. Бу тыл санааны быһаарар буолан куһаҕан өрүтэ араарыллан биллэрэ уустук. Ол эрээри хайа баҕарар киһи араас, ол-бу санаалары саныыра баа буолан бобуллар, тугу саныыра биллэр кыаҕа билигин суох. Ол иһин сахалар «Киһи эриэнэ иһигэр, ынах эриэнэ таһыгар» диэн киһи ханнык санаалардааҕа биллибэтин быһааран этэллэр. Араас элбэх куһаҕан да санаалардаах киһи олорун атыттарга биллэрбэккэ, бэйэм үчүгэйбин диэн этинэ сылдьар кыахтаах. Баспыт иһигэр, мэйиибитигэр санаабыт санааларбытыттан талан ылан, бу туһалаах дии санаабыппытын илэтигэр оҥорон таһаардах-пытына бу оҥорбуппут ким да оҥорон көрө илик быһыыта буоллаҕына айыы буолан тахсар. Бу оҥорон таһаарбыт быһыыбыт, айыыбыт дьоҥҥо туһалаах, үчүгэйи оҥорор буоллаҕына, үрүҥ айыы, онтон туһата суох, куһаҕаны оҥоруу буолан хааллаҕына, куһаҕан, хара айыы буола уларыйан тахсар.

Элбэх айыылар аан маҥнай оҥоруллалларын кытта үчүгэйдэрэ эбэтэр куһаҕаннара кыайан быһаарыллыбат кыахтаахтар эбэтэр бэйэбит үчүгэй диэн быһаарыыны үрдүттэн биэрэн кэбиһэбит. Онтон төһө эрэ кэминэн бу айыыбыт куһаҕана биллэн, быһаарыллан кэлиэн сөп. Сэбиэскэй былааһы бары үчүгэй дии сылдьыбыппыт 74 сыл кэнниттэн үлэбит-хамнаспыт сатарыйан, экономикабыт быста дьадайан, бу былаас куһаҕана биллэн тахсан эйэлээхтик эстибитэ.

Айыы диэн тыл бэйэтэ куһаҕана элбэҕин «ыы» диэн ытааһын дорҕоонунан бүтэрэ быһаарар. Бу тыл киһи куһаҕаны, буруйу оҥорор майгынын, кыаҕын холбуу ылан быһаарарын тэҥэ, киһи айыыны оҥороору сыыһа-халты туттунара эбиллэринэн куһаҕан өрүтэ элбиир. Бу тыл куһаҕан дьайыытыттан оҕолор, эдэрдэр ордук эрэйдэнэллэр. Кинилэр үгүстүк саҥаны айыыны, уратыны, дьон билбэттэрин, оҥорботторун оҥоро охсоору сыыһа-халты туттуналлара элбээн хааларыттан куһаҕаны оҥороллоро элбииригэр тиийэн хаалыахтарын сөп.

Биһиэхэ маннык кэм кэлэн эрэр. Ол курдук эдэр оҕолор бэйэлэригэр тиийинэллэрэ элбээһинэ “айыы үчүгэй”, “айыы буолуҥ” диэн этииттэн, үөрэтииттэн быһаччы тутулуктаах. Өлбүт дьон өйдөрө-санаалара Үөһээ дойдуга үөр, айыы буолан сылдьаннар, туруга суох өйдөөх-санаалаах эдэрдэри түүллэригэр киирэн ыҥырар, угуйар кыахтаахтар. Айыы буола сатаан эдэрдэр онно киирэн биэрэр, быстах быһыыны оҥорон кэбиһэр кыахтара улаатар.

Бэрээдэктээх дьон бары сокуоннары, сиэри, киһи быһыытын тутуһар буоллахтарына айыыны, куһаҕан быһыыны оҥорботтор, онтон балары кэһэр, толорбот киһи киһи оҥорбот, билбэт быһыытын оҥорор, ол аата уратыны, урут суоҕу, саҥаны айыыны оҥорор. Онтубут куһаҕан, хара айыы буолан тахсара элбиир. Сокуоннары, сиэри тутуспат, дьон оҥороруттан уратытык оҥорор майгылаах оҕо, киһи, кырата куһаҕан быһыылаах киһи буолар, онтон улааттаҕына ыар, хара айыылары оҥоруон сөп.

Өй-санаа үөрэҕин бассабыыктар, коммунистар суох оҥоруулара киһи өйө-санаата сайдыытын сыыһа сыаналыыр буолуубутугар тириэрдэн кэбистэ. Ол курдук оҕо тугу барытын үчүгэй киһи оҥорорун курдук оҥорор буолууга, үчүгэй майгыга аан бастаан иитиллиэхтээҕин, ол аата аан маҥнай үчүгэй майгылаах, үчүгэй киһи буола улаатыахтааҕын умнан, хаалларын кэбиһэр, аҥардастыы арҕааҥҥы омуктар үөрэхтэрин эккирэтэр, иҥэрэ сатыыр буоллубут.

Оҕо төрүт өйө-санаата, ийэ кута үөскүүр кэмигэр тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥоро үөрэнэн, соннук үгэстэри кыра эрдэҕинэ үөскэтэн иҥэриннэҕинэ, улаатан баран сыыһа-халты, аһара туттубат киһи буолара олоҕор ордук улахан үчүгэйи, туһалааҕы оҥорорун туһаммакка сылдьабыт. Киһи буолууну, ол аата сыыһа-халты туттубат буолууну ситиспит эдэр киһи өйө-санаата өссө сайдан саҥаны айыылары оҥордоҕуна элбэх киһи быһыылаах саҥаны айыылар үөскээннэр үгүс туһаны аҕалыахтарын сөп.

Омук сайдыыны ситиһиитэ элбэх туһаны оҥорор саҥаны айыылары олоххо туһаннаҕына эрэ кыаллыан сөбүн бары билэбит. Сайдыыны ситиһэ охсоору элбэх саҥаны айыылары оҥоро сатыыбыт. Сэбиэскэй былаас үөскээһинэ омук олоҕор олус улахан саҥаны айыыны оҥоруу буоллаҕына, 74 сыл кэнниттэн ону төттөрү, урукку оннугар түһэрэ сатыы сылдьарбытын таба өйдүөххэ, олус элбэх саҥаны айыылартан туһалааҕа, үчүгэйэ биир эмэ буоларын сэбиэскэй былаастан кэһэйии кэнниттэн билиэххэ сөп буолла.

«Туох барыта икки өрүттээх» диэн этии өйгө-санааҕа быһаччы сыһыаннаах, айылҕаҕа туох барыта эргийэн кэлэн иһэрин быһаарар. Ол иһин сир-дойду үрдүгэр аҥардастыы үчүгэй диэн букатын суох. Үчүгэй аһара үчүгэйгэ кубулуйан, алдьархай эбэтэр ынырык үчүгэй диэҥҥэ уларыйдаҕына, куһаҕаҥҥа кубулуйара тиийэн кэлиэн сөп. Икки өрүттээх өйдөбүллээх бэйэбит тылларбыт ити уларыйыы кэлэн иһэрин быһаараннар биһиэхэ тириэрдэллэр.

Элбэх буолар-буолбат саҥаны айыылар сыыһа-халты буолуулара элбээһиниттэн куһаҕан быһыыга кубулуйаллара үксүүр. Ол иһин айыыны оҥоруу кэмнээх-кэрдиилээх, туспа араарыылаах буолуохтаах, үрүҥ эбэтэр хара айыы диэн туспа быһаарыылаах этилиннэҕинэ эрэ табыллар. Ол аата дьоҥҥо туһаны аҕалар саҥаны айыы үрүҥ айыы диэн ааттанар. Онтон куһаҕаны айыыны хара айыы диэн туспа арааран ааттаан өйтөн-санааттан ыраастанан, умнулларын ситистэхпитинэ эрэ өй-санаа сайдыыта урукку оннугар түһэн, үчүгэйи оҥоруу элбээһинэ дьэ үөскүүр кыахтанар.

Сахалар нууччалар буолбатахпыт. Биһиги сахалыы өйбүт санаабыт «Туох барыта икки өрүттээх» диэн айылҕа төрүт тутулугун билинииттэн, олоххо тутуһууттан үөскээбит. Ол иһин ай диэн тылбыт бэйэтэ икки өрүтү, үчүгэйи уонна куһаҕаны иккиэннэрин холбуу иҥэринэн сылдьар тыл буоларын уларыта сатаабакка харыстыахпыт этэ.

Билигин биһиги итэҕэлбитин сыыһа үөрэтээччилэр, тыл үөрэхтээхтэрэ уонна нууччалары үтүктэр учууталлар киһи куһаҕаны оҥорор быһыытын үчүгэйи оҥороруттан туспа арааран «аньыы» диэн сахаларга суох тылынан ааттаары оҥостоллор, онно-манна суруйаллар. Бу бэйэлэрин олус үчүгэйбит дии сананар, биһиги эрэ таба суолу тутуһабыт дэнээччи сэбиэскэй былаас тобохторо тыл үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылара былыргы православнай таҥара үөрэхтээхтэрэ булан туттубут “аньыы” диэн тылларын туһана сатыыллар. Бу тылы аан маҥнай П.А.Ойуунускай үлэлэрин репрессия кэнниттэн бэчээттээн таһаарыыларыгар туттубуттара, ону билигин сахаларга аҕалан аны ордук нууччатымсый-быттарын көрдөрөөрү соҥнууллар.

Нууччалар өйдөрүн-санааларын, үчүгэйи уонна куһаҕаны оҥорууну икки аҥы араарбыттар, өйдөрө-санаалара буккуллубут. Кинилэр үчүгэйи – “хорошо”, онтон куһаҕаны – “грех” диэн тус-туспа тылларынан ааттыыллара гректэртэн арахсыыларын кэмигэр үөскээбит. Өй-санаа икки аҥы арахсыыта үчүгэйгэ тириэрдибэт. Омук арахсар, саҥалыы үөскүүр кэмигэр аһара күүстээх хайдыһыыны, эйэлэспэт буолууну үөскэтэн, букатын эстэригэр тиийэн хаалыахтарын сөп. Биһиги тылбыт үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылар уонна учууталлар сахалыы өй-санаа уратыларын билбэттэриттэн быһалыы нууччалары үтүктэн «грех» диэн тыл оннугар ити «аньыы» тылы булан туһана сатыыллара сахалыы өйгө-санааҕа, «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этиини, айылҕа төрүт тутулугун тутуһууга сөп түбэспэт.

Сахалар олус былыргы үөрэхтэрин, билиилэрин бу кэмҥэ диэри уларыппакка, бэйэтинэн илдьэ сылдьар бэлиэлэринэн айыы диэн тылбыт биирэ, соҕотоҕо буолар. «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этиигэ сөп түбэһэн бу тыл үчүгэйи уонна куһаҕаны оҥорууну холбуу ылан быһаарара хаһан да уларыйбат. Киһи баһа, мэйиитэ биир буоларынан тугу өйдөөн-санаан оҥороро биир мэйииттэн айыллан тахсарын чопчу бэлиэтээн айыы диэн тылбыт соҕотох эрэ буоллаҕына табыллар. Ол аата ханнык баҕарар киһи үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны оҥорор кыахтааҕын бу айыы диэн тылбыт быһаарара өй-санаа уратыларыгар сөп түбэһэр уонна хайа да өттүгэр аһара барыыны, халыйыыны суох оҥорор кыахтааҕын таба өйдүөххэ.

Сахаларга «аньыы» диэн тыл суох, былыр да суох этэ. Сахабыт тылын былыргы үйэлэргэ чочуйан оҥорбут, өй-санаа үөрэҕин баһылаабыт ойууннарбыт «аньыы» диэн тылы киллэрбэтэхтэрин биир да тыл үөрэхтээҕэ булан этэ илик. «Ан» диэн тылтан өйү-санааны быһаарар, хамсааһыны биллэрэр тыл сахаларга үөскээбэт.

Айыы диэн тылы сатаан саҥарбатаҕа буолан «аньыы» диэҥҥэ уларыта сатааһын сахалыы өй-санаа тутулуктарын билбэт буолууттан үөскүүр. Бу тылы тутта сатыыр дьон сахалыы өй-санаа тутулуктарын үрэйэ, алдьата, биир киһи өйүн-санаатын икки аҥы араара сатыыллар. Ол иһин «аньыы» диэн тылы төрүт туттумаҥ диэн сүбэлиибит.

Айыы диэн тылбыт бэйэтэ куһаҕаны уонна үчүгэйи оҥорууну бэлиэтиирин холбуу иҥэринэ сылдьар тыл буолар. Ол иһин бу тылы туһанарга үчүгэй буоллаҕына үрүҥ айыы, онтон куһаҕаны бэлиэтииргэ хара айыы диэн быһаарыылаах туһанар сахалыы өйгө-санааҕа, туох барыта икки өрүттээҕин таба туһаныыга сөп түбэһэр.

Өй-санаа икки аҥы арахсыытын үөскэтии олус улахан сыыһа. Олох ханнык эмэ ыарахан, уустук кэмигэр өй-санаа икки аҥы арахсыыта ордук күүһүрэн, букатын эйэлэспэт буолууга тириэрдэн омук икки аҥы арахсыытын үөскэтиэн сөп. Ол иһин өй-санаа арахсыытын үөскэтиини, «аньыы» диэн тылы тутта сатааһыны, бу кэмтэн ыла тохтотуохха.

Биһиги сэбиэскэй былаас саҕана мааныламмыт учуонайдар, тылбыт үөрэхтээхтэрэ уонна сэбиэскэй суруйааччыларбыт нууччалары быһаччы үтүктэллэриттэн үчүгэйи – айыы, онтон куһаҕаны – «аньыы» диэн тус-туспа тылларынан ааттаан олоххо киллэрэн туһаннара сатыыллара олус улахан сыыһата ити быһаарыынан толору дакаастанар.

Тыл олус уһун кэмнэргэ уларыйбакка эрэ бэйэтин тутаах өйдөбүлүн иҥэринэн илдьэ сылдьар уратылаах. Ханнык эрэ киһи оҥорор быһыытын, бу куһаҕан быһыы эбит диэн уһун үйэлэргэ уларыйбат гына дьаралыктаан, туспа тылынан этэн, аат-суол иҥэрэн кэбиһии элбэх табыллыбат өрүттэрдээх.

Холобурга, сэбиэскэй кэмҥэ баай киһи куһаҕан буолара, билигин уларыйан үчүгэй буолан сылдьар. Ол кэмҥэ куһаҕан диэн ааттаммыт билигин үчүгэйгэ уларыйда. Биирдэ элбэхтик арыгы испит киһи куһаҕан киһи буола түһэн баран, аны испэтэҕинэ көнүөн, эмиэ үчүгэй киһи буолуон сөбүн син билэрбититтэн үөрэтэ, көннөрө, улахан да арыгыһыттары эмтэтэ сатыыбыт. Биир киһи үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны да оҥорорун син арааран билэбит эрээри, кини оҥорор быһыыларын тус-туспа тылларынан ааттата сатыылларыгар өй-санаа, таҥара үөрэҕин туһаммаппытыттан киирэн биэрэбит.

Арыгыны аһара иһэр олус куһаҕан, арыгыһыт да, ыарыы да буолуохха сөбүн бары билэбит. Арыгыны аһара испит киһи куһаҕаннык быһыыланар. Арыгы куһаҕана элбэх буолан арыгыны испэт буолуу үчүгэйэ быһаарыллар кыахтанар. Ол иһин арыгыны испэт үчүгэй. Оччоҕо арыгыны иһэр киһи оҥорор быһыытын туспа тылынан этэн дьаралыктыыбыт дуу? Арыгыһыт диэнтэн ураты? Арыгыны куруук испэттэр, быраҕан да кэбиһээччилэр бааллар. Арыгы испит кэмнэригэр куһаҕан буола түһэн баран, испэтэхтэринэ үчүгэй киһи буолар дьон элбэхтэр. Олору хайдах гынабыт, туохтар диэн ааттыыбыт? «Аньыы» буолан ылла диибит дуу?

Арыгыны кыратык, кэмнээн иһэр үчүгэй. Элбэҕи истэххэ итирии, куһаҕан буолар. Ол эбэтэр арыгыны аһара иһэн кэбиспэт, итирбэт эбитэ буоллар, бука бары арыгы үчүгэй дииллэрэ сөптөөх буолан тахсыа этэ.

Киһи үчүгэй уонна куһаҕан быһыылары оҥорор кыаҕын, уратыларын быһаарыы үчүгэй киһи таҥара, Христос таҥара үөскээһинигэр тириэрдибитэ икки тыһыынча сыллартан орто эрээри биһиги тылбыт үөрэхтээхтэрэ, сорох суруйааччыларбыт, учууталларбыт, учуонайдарбыт ону арааран билэ иликтэрэ хомолтону эрэ үөскэтэр.

Yчүгэйи уонна куһаҕаны, ол аата икки өрүтү араарыы барыта киһи ханнык үөрэҕи-билиини кыра эрдэҕиттэн иҥэриммитинэн, баһылаабытыттан, кини иитээччилэриттэн, үөрэтээччилэриттэн, ол аата төрөппүттэриттэн быһаччы тутулуктаах. Бу тутулугу «Төрүт уус ыал», «Яблоко от яблони недалеко падает» диэн өс хоһоонноро олус чуолкайдык быһаараллар.

Биһиги суруйааччыларбыт, тылбыт үөрэхтээхтэрэ, учууталлар уонна учуонайдар сэбиэскэй былаас ииппит, үөрэппит дьонноро туохтара да уларыйбакка ордон сылдьаллар, өссө оҕолору, студеннары үөрэтэллэр. Кинилэр сэбиэскэй былаас “айыыны оҥорор үчүгэй” диэн сыыһа үөрэҕи тарҕаппытын билигин даҕаны салҕаан иһээччилэр буолаллар. Бу ырыынак кэмигэр кинилэр үөрэхтэрэ улаханнык уларыйыа, көнүө этэ.

Өй-санаа аҥардастыы биир өттүн диэки барыыта халыйыыны, олох икки өрүттээҕин умнууну үөскэтэр, олоххо аҥардастыы үчүгэй быһыы эрэ баарын курдук өйдөбүлгэ тириэрдэр. Ол аата аҥардастыы олох үчүгэй өттүн эрэ билии, куһаҕан диэн тугун билбэт буолууга тириэрдэн, аны киһи ол куһаҕаны бэйэтэ билбэтиттэн оҥорон кэбиһэригэр тириэрдэрэ ордук кутталлаах, улахан куһаҕаны оҥорууга тириэрдиэн сөп.

Сахалар киһи өйө-санаата уларыйан биэрэр кэмнэрдээҕин былыр үйэҕэ быһааран билэннэр «Үчүгэй уонна куһаҕан солбуйсан биэрэллэр» диэн этэллэр. Арай киһи бэйэтэ өйдөөх-санаалаах буоларынан, бу солбуйсан биэрэр кэм кэлбитин билэн өйүн-санаатын уларытан, онно сөп түбэһиннэрэн биэрэрэ эрэйиллэр.

Ким эрэ булан-талан «бу үчүгэй», «бу куһаҕан» диэн быһааран биэрэрэ субу кэмҥэ эрэ туһалыыр, кэмэ аастаҕына кыайан уларыйбакка, сайдыбакка хаалан хаалыан сөп, ол иһин үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа тылларынан ааттааһын өй-санаа үөрэҕэр букатын сөп түбэспэт.

Тылбыт үөрэхтээхтэрэ субу тирээн турар кэмҥэ эрэ үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа араартаан дьоҥҥо быһааран биэрэр оннугар атын, «аньыы» диэн тылы булан куһаҕаны барытын туспа арааран уһун кэмҥэ ааты иҥэриини олохтуу сатыыллара, бу дьоммут өйдөрө-санаалара татымын, арыыйда тэйиччини, ырааҕы, кэлиэхтээҕи кыайан ырыҥалаан быһаарбаттарын биллэрэр.

Айыы диэн былыр-былыргыттан бэйэтэ икки өрүттээх өйдөбүллээх тылбытын буккуйан аҥардастыы үчүгэй эрэ өрүттээн туһаҕа киллэрэ сатааһын саха тылын өйтөн-санааттан тутулуктарын букатын билбэт буолууттан тахсар олус улахан сыыһа быһыы буолар. Ол курдук айыы аан маҥнай үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана араарыллан биллибэт уратылааҕа уустуктары үөскэтэрин билиэ этибит. Улуу Өктөөп өрө туруута кыайыыта, былааһы үлэһиттэр, саллааттар ылыылара олус улахан саҥаны айыы эбит буоллаҕына, куһаҕана, олоххо халыйыыны үөскэппитэ 74 сыл кэнниттэн биллэн тахсан, бу былаас эстибитэ үөрэх буолуо этэ.

Бу айыы диэн тылы буккуйуу, аҥардастыы үчүгэй эрэ өйдөбүлүнэн туһана сатааһын, айыыны элбэхтик оҥор диэн оҕолору үөрэтиини киэҥник тарҕатыытыттан эдэрдэр элбэх быстах быһыылары оҥоруулара, сыыһа-халты туттунуулара, ол иһигэр бэйэлэригэр тиийиниилэрэ элбииригэр тириэртэ. Итини тэҥэ үчүгэйи уонна куһаҕаны кыайан араарбат буолуулара үөскүүрүттэн үгүстүк сыыһа-халты туттунууга киирэн биэрэллэригэр тиийэллэр.

Айыы үөрэҕин алҕастара кэлэр көлүөнэлэри үөрэтиигэ олус улахан буортуну оҥорор куттала үөскээтэ. Эдэрдэр, өйдөрө-санаалара ситэ, киһи буолууну баһылыы иликтэринэ, элбэхтик айыыны оҥордохторуна, үгүс быстах быһыылары, ситэ толкуйдамматах, быһаарыллыбатах дьыалалары оҥоруохтарын сөп. Ол иһин өй-санаа үөрэҕэ эдэрдэри сыыһа-халты туттуналларыттан харыстаан, «Айыыны оҥорума» диэн сахалар таҥараларын үөрэҕин тутуһара эрэ табыллар.

Саха дьонун өйдөрө-санаалара билигин ыһыллан сылдьар, чөл оннугар түһэ илик. Ол барыта анаан-минээн сэбиэскэй былаас саҕаттан буккуйар дьон баалларыттан, сахалары үрэйэ, ыһа сатааччылар элбэхтэриттэн, бу быһыы салҕанан баран иһэр. Киһи кэһэйдэҕинэ, кыһалҕаҕа ыллардаҕына эрэ түргэнник уонна умнубат буола үөрэнэрин билиэ этибит. Өссө биир, коммунистар кэһэппиттэрин курдук улахан кэһэйии Россия олохтоохторун күүтэр курдуга сабаҕаланар.

Араас өй-санаа үөрэхтэрэ үчүгэйтэн куһаҕаны арааран, тус-туспа тылларынан ааттаан биэрэллэрэ дьоҥҥо быстах эрэ, субу кэмнээх туһаны аҕалыан сөп. Маннык араарыы өй-санаа кэлтэйдии сайдан барыытыгар, аҥардастыы биир эрэ өрүт үөрэҕин, билиитин ылыныыга тириэрдэрэ халыйыыны, хаалыыны үөскэтэрэ куһаҕан.

Өйө-санаата тутулуктаах, бэйэтэ үчүгэйи куһаҕаны араара үөрүйэҕэ суох буола, бэлэми кэтэһэ, ким эрэ эппитин аҥардастыы үтүктэн толоро үөрэммит киһи атын дьон баһылааһыннарыгар киирэр. Өй-санаа маннык олус күүстээх тутулуктаах сайдыыта бэйэтэ диктатура көрүҥүн үөскэтэн олох сайдыыта уларыйар эбэтэр омук саҥалыы үөскүүр кэмигэр олус күүстээх охсууну оҥорон омук ахсаана лаппа аҕыйыырыгар тириэрдиэн сөп. Ол курдук Чечня сэриитигэр ваххабиттар «джихад» өйүн-санаатын киллэрэннэр олус күүскэ утарсыбыттара. Ваххабиттар итэҕэллэрэ баара олус күүстээх утарсыыны оҥорорго көмөлөспүтүн иһин, бу сэрии түмүгүнэн, ол аата кыаттарыы кэнниттэн ваххабиттар итэҕэллэрэ букатыннаахтык туоратылларыгар тириэрдибитэ.

Билигин Россияҕа ваххабиттар олус куһаҕаннар диэн өйдөбүлү дьоҥҥо киллэрэн кинилэри туората, саа-сэп күүһүнэн суох оҥоро сатыыллар. Ол эрээри Саудовскай Аравия диэн ваххабиттар салайар государстволара атыттары кытта син тапсан ыаллыы олороллор. Дьон бэйэ-бэйэлэрин кытта эйэлээх буолуулара итэҕэл хайдаҕыттан тутулуга суоҕун ити быһаарыы бигэргэтэр.

Өйү-санааны үчүгэйгэ уонна куһаҕаҥҥа эрдэттэн тус-туспа арааран бэлэмнээһин, аналлаах үөрэхтэри айан тутуһар буолуу быстах, күннээҕи эрэ дьыалаларга үчүгэйи оҥорбут курдугун иһин, өр кэмнээх, уһун үйэлээх дьайыылаах дьыаларга өй-санаа халыйыытын, аҥардастыы биир эрэ өттүн диэки барыыны үөскэтэн олоххо ордук улахан куһаҕаны, эйэлэспэт буола хайдыһыыны оҥорор.

Холобурга, арыгыны аҥардастыы куһаҕан, адьас иһимэ диир дьон арыгы эмиэ туһалаах өрүттээҕин, элбэх эньиэргийэни киһиэхэ биэрэрин аахсыбаттарыгар тириэрдэр. Икки өрүттээх боппуруоска икки өрүтүн тэҥнээн, икки ардыларынан түбэһиннэрэн сыһыаннаһар сөптөөҕүн аҥардастыы куһаҕан диэччилэр өйдөөбөттөрүгэр тэптэрэн билиммэттэр.

Айылҕа тутулуктара барылара тэҥнэһии балаһыанньатыгар тутуллан турар гына уһун үйэлэргэ үөскээбиттэр. Дьон-аймах өйдөрө-санаалара сайдан күүстээх тиэхиникэлэри оҥостоннор, ол аата аһара сайданнар, бу үөскээн турар тэҥнэһии балаһыанньатын хамсатан кэбиһэр кыахтаннылар. Ол иһин билигин, сайдыылаах үйэҕэ барыга-бары, саҥаны айыыларга олус сэрэхтээхтик сыһыаннаһар сөбүн табан өйдүөхпүт, олохпутугар туһаныахпыт этэ.

Айылҕаҕа туох барыта уларыйан, эргийэн биэрэн иһэринэн өй-санаа эмиэ уларыйан, эргийэн биэрэр кэмнэрдээҕин табан сыаналыа этибит. Өй-санаа уларыйбакка биир көрүҥүнэн хаалан хаалыыта олоххо хойутаан хаалыы, «застой» кэмэ кэлиитигэр тириэрдэр. Маннык “застой” кэмэ кэлиитэ Сэбиэскэй Сойууска үлэ-хамнас сатарахсыйыытын үгүс дьон сөбүлэспэт буолууларын, араас хамсааһыннары үөскэтэн сэбиэскэй былаас эстиитигэр тириэрдибитэ.

Туох барыта икки өрүттээҕин быһаарыы олох субу тирээн турар кэмигэр сөп түбэһиэхтээх. Сахалар «Yчүгэй уонна куһаҕан сэргэстэһэ сылдьаллар» диэн этиилэрэ икки өрүт солбуйсан биэриилэрин ордук табатык быһаараллар. Олох уларыйан истэҕин аайы өй-санаа, үчүгэй уонна куһаҕан уларыйан биэриилэрэ олох тутаах көрдөбүлүгэр киирсэрин умнуо суоҕа этибит.

Олох сайдан иһиитигэр өй-санаа сөп буола-буола уларыйан биэриитэ олох уустуктарын үөскэтэр. Улуу Өктөөп революциятын кыайыытын кэнниттэн баай дьон куһаҕан дьонунан ааттанан туоратыыга түбэспит эбит буоллахтарына, билигин ырыынак кэмигэр өй-санаа төттөрү өттүгэр уларыйан баай дьон эмиэ үчүгэйгэ кубулуйдулар, атыттар бары байа-тайа сатааһыннара сайынна.

Таҥара, өй-санаа үлэһиттэрин сыаллара диэн дьоҥҥо үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааралларыгар, олору үчүгэйдик билэн олохторугар туһаналларыгар көмөнү оҥоруу, үтүө санаа баһыйарыгар үөрэтии буолар. «Yрүҥү уонна хараны», «Yчүгэйи уонна куһаҕаны» хас биирдии киһи бэйэтин өйүнэн-санаатынан субу кэмҥэ сөп түбэһэринэн арааран билэрин ситиһии өй-санаа үөрэҕэ сайдыбытын, дьоҥҥо туһалыырын биллэрэр. Онтон өйү-санааны икки аҥы тылынан; үчүгэйин уонна куһаҕанын тус-туспа тылларынан арааран ааттааһын, уһун кэмҥэ дьаралык иҥэрии, өй-санаа уларыйарын суох оҥоруу, өйгө-санааҕа «застой» үөскээһинэ буолар.

Олох устан, иннин диэки баран истэҕинэ, күнүс кэнниттэн түүн, сырдык кэнниттэн хараҥа кэлэрин курдук үчүгэй кэнниттэн куһаҕан тиийэн кэлэр. Бу кэм тиийэн кэллэҕинэ өй-санаа эмиэ уларыйан биэрдэҕинэ эрэ табыллар. Таҥара, өй-санаа үлэһиттэрэ омукка маннык кэм кэлбитин быһааран билэн, киһи бэйэтин өйүн-санаатын уларытыыга үлэлииллэрэ ирдэнэр. Ол курдук биһиги сэбиэскэй кэм өйүн-санаатын дьайыыларын умнар, уларытар кэммит кэлэн, онно үлэлэһиэ, саҥалыы диэн ааттаах өйү-санааны сайыннарыыбыт, урукку ыраахтааҕы баарын саҕанааҕы кэмтэн тирэх ыларын таба сыаналыа этибит. Ол аата олоххо үчүгэй уонна куһаҕан эргийэн биэриитэ кэлэн ааспытыгар биһиги өйбүт-санаабыт уларыйбакка хаалбытын көннөрүөхпүт этэ.

Билигин 21-с үйэ саҕаланыытыгар Россияҕа, Саха сиригэр өй-санаа уларыйар, нуучча омук саҥалыы үөскүүр быһаарыылаах кэмэ кэлиитигэр бэлэмнэнии баран иһэр. Бу кэм улахан хамсааһыннарынан саҕаланан баран, биһиги быһаарыыбытынан, омук олоҕун үс гыммыттан биирин үс сүүс сылтан итэҕэһэ суох кэми ылыан сөп.

Омукка өй-санаа маннык уларыйар кэмэ сайдыыны ситиһии кэнниттэн мөлтөөһүн кэмэ кэлиитигэр үөскүүр. Омук бэйэтин аһара көмүскэнэн, арбанан атыттартан ордуктук сананыыга киирдэҕинэ национализм, онтон фашизм өйө-санаата үөскээн сайдан тахсыан сөбүн 20-с үйэҕэ ньиэмэстэр дакаастаан тураллар. Омукка өй-санаа уларыйыыта кэлиитин тохтото, туормастыы сатааһынтан омук ордук күүстээх хамсааһыҥҥа, өйө-санаата түргэнник уларыйыытыгар тиийиэн сөп.

Туох барыта икки өрүттээҕин таба быһааран олоххо туһаныы хаһан баҕарар ирдэнэр. ВСТО ньиэби хачайдыыр уһун турбатын Саха сиринэн ыытарга, бу турба үлэҕэ киирдэҕинэ биэриэхтээх бары барыһын уонна турбаттан тахсар бары ньочооту ааҕан-суоттаан тэҥнээн көрөн быһаарыы ылыналлара эрэйиллэр. Манна турба үчүгэйэ уонна куһаҕана барыта ааҕыллан, суоттанан сахалар итэҕэллэринэн ыйааһын хараҕынан тэҥнэнэн көрөн быһаарыллара ордук таба буолуо этэ.

Турбаны үрдүк хаачыстыбалаахтык, тиэтэйбэккэ эрэ оҥорон туһаҕа таһаардахха элбэх барыс киирэн бары ночооту барытын баһыйдаҕына турбалаах дьон олохторо тупсуу диэки сыҕарыйыан сөп этэ.

Онон үчүгэйи уонна куһаҕаны араарыы, олоххо туһаныы барыта сахалар итэҕэллэринэн, тэҥнэһиини үөскэтэринэн, ыйааһын хараҕынан тэҥнээн көрүүнэн ааҕан оҥоруллара өй-санаа көрдөбүллэригэр сөп түбэһэр.

ИККИ ӨРҮТ АРАХСЫЫТЫН ТУҺАНЫЫ

Дьон бары бэйэ-бэйэлэригэр үчүгэйи баҕараллар дии саныыбыт. Ол эрээри хас киһиэхэ барыларыгар кэриэтэ үчүгэй диэн өйдөбүллэрэ тус-туһунаннар уонна олохторун таһымыттан ордук тутулуктаахтар. Ол курдук хас биирдии омуктарга баайдар уонна үлэһиттэр, дьадаҥылар баалларыттан үчүгэйи уонна куһаҕаны араарыы икки өрүттэнэр.

Баай уонна дьадаҥы дьон өйдөрүн-санааларын үөрэтииттэн дьон бу икки тус-туспа бөлөхтөрүн өйдөрө-санаалара, тугу үчүгэй, тугу куһаҕан диэн сыаналыыллара букатын тус-туспаларын таһынан, өссө утарыта турар өйдөбүллээхтэрэ быһаарыллар. Ол курдук баай киһи дьадаҥыны күүскэ үлэлэттэҕинэ, аҕыйах хамнаһы биэрдэҕинэ баайа ордук эбиллэрин куруук билэ сылдьар.

Баай уонна дьадаҥы дьон бааллара сахалар «Туох барыта икки өрүттээх» диэн кынаттаах этиилэригэр эмиэ сөп түбэһэр. Баайа уонна дьадаҥыта суох олох суох буолуон сөбүн, дьону барыларын тэҥнии сатаабыт Сэбиэскэй Сойуус үйэ аҥарыттан ордук тулуктаһан баран эстиитэ бигэргэтэр.

Yчүгэйи уонна куһаҕаны араарыыга дьон бу икки бөлөхтөрүттэн биирдэстэриттэн, ордук элбэхтэриттэн, үлэһиттэр, дьадаҥылар быһаарыыларыттан таҥара итэҕэлэ тирэх ылынар. Ол курдук таҥара үөрэҕин сүрүн салаата, киһи буолуу үөрэҕэ үлэһиттэри, көрсүө, сэмэй дьону улаатыннарарга, иитэргэ аналланар. Ол аата таҥара итэҕэлэ диэн элбэх ахсааннаахтар, үлэһиттэр туһанар итэҕэллэрэ буолар.

Таҥара үөрэҕэ элбэх ахсааннаах үлэһиттэр олохторун үөрэхтэриттэн хомуллан үөскээбит. Ол курдук киһи буолуу үөрэҕэ, олоҕу киһи быһыылаахтык олоруу аан бастаан үлэһиттэри иитэргэ, үөрэтэргэ аналланарын умнаммыт аҥардастыы үөрэҕи эрэ өрө тутаммыт тыабыт сирин сайыннарбакка сылдьабыт.

«Туох барыта икки өрүттээх» диэн этиини кытаанахтык тутуһан икки өрүтү иккиэннэрин үөрэтэн, боруобалаан билэн, тэҥнээн көрөн сыаналаан эрэ баран хайалара ордугун; үчүгэйин эбэтэр куһаҕанын киһи быһаарар кыахтанар. Ол курдук киһи бэйэтэ эмиэ икки аҥы арахсарынан эт-сиин баҕата быстах быһыылары оҥорууга тириэрдэр буоллаҕына, өй-санаа баҕа санаата үөрэххэ, үлэҕэ-хамнаска сыһыаннаахтар, олору сайыннарарга, тупсарарга аан бастаан кыһанар.

Киһи ханнык баҕарар быһыытын туохха эрэ, биллэр кээмэйгэ тэҥнээн көрөн оҥорорун ордорор. Тугу эмэ үчүгэй диэн быһаараары сананнахха, бу быһаарыы утары өттүн, ол аата туох куһаҕан буоларын аан бастаан билии ирдэнэр. Бу куһаҕан эбит диэн биллэххэ, онно тэҥнээн көрөн сыаналаатахха үчүгэй диэн туга дьэ быһаарыллар, арыллар. Бу быһаарыыны сахалыы таҥара үөрэҕэ тутуһан оҕону кыра эрдэҕиттэн “Тоҕус айыыны оҥорума” диэн үөрэтэр.

Холобур, оҕо кыра эрдэҕинэ баттаҕы тардыалыыр куһаҕанын билбэт, ийэтин баттаҕын имэрийэ, туппалыы оонньуу сытан бобуччу тута-тута күүһэ баарынан тардыалаан ылаттыыр кэмнэрдээх. Бу куһаҕан быһыытын ыарыыны билэр ийэтэ эрэ тохтотор. Куһаҕан, кыыһырбыт сирэйин көрдөрдөҕүнэ, сабыччы көрөн эбэтэр хамсанан сөбүлээбэтин биллэрдэҕинэ эрэ оҕото биирдэ бу куһаҕан, ыарыылаах эбит диэн дьэ билэр, бу быһыытын тохтотор, аны хаһан да тардыалаабат буолар. Онтон бу кэмҥэ өссө дэбдэтэн, үөрбүтэ буолан киһиргэтэн биэрдэххэ тардыалыыра ордук эбиллэр. Тардыалыы үөрэнэн хаалбытын кэнниттэн тохтотор күүс эмиэ соччонон улаатан биэрдэҕинэ эрэ табылларын таба өйдүөххэ, оҕону кыра эрдэҕинэ үчүгэй быһыыларга үөрэтэр, оннук үгэстэри иҥэрэр ордугун туһаныахха.

Оҕо оҥорор быһыыта уларыйыытын ийэтэ кэтэ сылдьар ытарҕатын сөбүлүүрүттэн, тардыалыы сатыырыттан эмиэ быһаарыахха сөп. Манна ытарҕаны тардыалааһын ордук ыарыылааҕа уонна кутталлааҕа быһаарыы түргэн соҕустук кэлэригэр тириэрдэр. Yгүс ийэлэр оҕолоро кыра эрдэҕинэ ымсыырар, ыла сатыыр санаатын суох оҥороору ытарҕаларын кэтэллэрин тохтотоллор.

Аныгы киинэлэргэ куруук охсуһаллар. Охсуһан төйөн хаалбыт киһи туох да буолбакка, баһын булкуйан, хамсатан кэбиһэ-кэбиһэ ойон туран баран салгыы охсуһа барарын элбэхтик көрөбүт. Бу көстүү улаатан эрэр оҕолору төттөрүгэ үөрэтэриттэн дьону кырбааһыннар элбээтилэр.

Киһи төйөн, өйүн сүтэрэн баран өйдөнөрө олус ыарахан. Төйүүттэн элбэх киһи ыарыы буолаллар, үгүстүк эмтэнэ сатаан баран урукку оннуларыгар кыайан түһүмүөхтэрин сөп. Боксер накаут бардаҕына квалификациятын өр кэмҥэ сүтэрэр, күрэхтэһэрэ төһө эмэ кэмҥэ тохтууругар тиийэр. Оройго охсууттан төйүү кэнниттэн үгүс киһи нэһиилэ өйдөнөр, өйө-санаата буккуллар, сорохтор өлүөхтэрин да сөп.

Оҕо кыра эрдэҕиттэн оройго охсуллар куһаҕанын, ыарыылааҕын биллэҕинэ эрэ бэйэтэ киһини оройго охсубат, сэрэнэр киһи буола улаатар. Ол аата аан маҥнай куһаҕан, ыарыы диэн тугун бэйэтэ биллэҕинэ эрэ, атыттарга куһаҕаны оҥорбот киһи буола улаатара кыаллар. Олоххо аан маҥнай куһаҕаны киһи арааран биллэҕинэ эрэ онтон сэрэнэрэ, оҥорбот буолара үөскүүр, онтон онно тэҥнээн көрөн үчүгэй диэн баара быһаарыллар.

Олоппостон оҕуннаҕына, кэһэйдэҕинэ оҕо олоппоско турар куһаҕанын дьэ билэр, аны сэрэнэр буолара улаатар. Ол иһин аан маҥнай аналлаах, түөрэкэйэ суох кыра олоппоско ытыннара үөрэтии сүһүөҕүн булунарыгар ордук туһалаах. Кыраттан улахан саҕаланан сыыйа салгыы баран иһэрэ үөрэнии олохтоохтук, төрүттээхтик баран иһэрин бэлиэтиир.

Оҕо ыарыыны билиитэ этэ-сиинэ баарын, уратытын билэн харыстыыр өйүн-санаатын сайыннарар. Төһө кыра эрдэҕиттэн этигэр-сиинигэр үөскүүр ыарыыны билэрэ өйө-санаата сайдыытыгар туһаны оҥорор.

Оҕону киһи быһыылаах буолууга үөрэтии сүрүн төрүтэ кыра эрдэҕинэ тугу барытын улахан киһи оҥорорун курдук оҥорорго үөрэтии, ол быһыыларын элбэхтэ хатылаан үгэс оҥорон иҥэрии буолар. Кыра эрдэҕиттэн тугу барытын улахан киһи оҥорорун курдук оҥорор буоллаҕына, оҕоҕо өйүгэр-санаатыгар соннук үгэс үөскээн ийэ кутугар олохсуйар, иҥэр. Кэлин улааттаҕына даҕаны, бу үгэһэ бэйэтин салайар, ол иһин киһи быһыылаах киһи буола улаатар кыахтанар.

Киһи быһыыта суох эдэрдэри төрөппүттэрэ иитэн-аһатан, көрөн-истэн атаахтатан, ол аата сыыһа иитэн улаатыннараллар. Бу уустук, сайдыылаах диир олохпутун аймаан эрэр боппуруоһу быһаарыыга биһиги бары үлэлэрбитин аныыбыт. Оҕону кыра, өссө бэйэтэ өйдөөбөт кэмигэр киһи быһыытын кэспэт буоларга, тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥорорго үөрэттэххэ эрэ, соннук үгэс үөскээтэҕинэ, ол аата ийэ кута иитилиннэҕинэ улаатан баран киһи быһыылаах киһи буоларын төрөппүттэргэ тириэрдэ сатыыбыт.

Кыра эрдэхтэринэ атаахтык, аһара мааныланан улааппыт оҕолорун төрөппүттэрэ эккирэтэ сылдьан бары баҕатын толоро үөрэттэхтэринэ, оҕолоро киһи быһыыта суох, бэлэмҥэ үөрэммит киһи буола улаатар. Кини баҕа санаатын тохтотор майгыга үөрэммэтэҕиттэн, тулуура тиийбэтиттэн тугу барытын, баһыгар туох көтөн түспүтүн оҥорон иһиэн сөп киһиэхэ кубулуйар. Бу майгы олус кутталлаах, сыыһа-халты туттунууга, аһара барыыга, быстах быһыыны оҥорууга тириэрдиэн сөп. Итини тэҥэ маннык майгылаах оҕо туох өйүгэр көтөн түспүтүн, саҥаны айыыны оҥоро сатыыра сыыһа-халты буолуута элбиириттэн куһаҕан быһыылары элбэтэр.

Билигин эдэр оҕолор туттунар, тохтотунар күүстэрэ суоҕуттан аһара туттаннар араас буруйу оҥороннор, үгүстүк хаайыыга түбэһэллэр. Ол курдук охсуһан кыаттаран баран, эйэлэһэр диэни билбэккэ, араас сэптэри туһанан эбэтэр элбэх буолан көмөлөөн киһини эчэтиини оҥорон хаайыыга түбэспиттэр элбэхтэр.

Ити курдук оҕону куһаҕаны оҥорбокко үчүгэйи эрэ оҥорор буолуутугар, ол аата үчүгэй үгэстэр өйүгэр-санаатыгар иҥэн олохсуйалларын төрөппүттэр кыра эрдэҕинэ үөрэтэллэрэ оҕо ийэ кутун иитии диэн ааттанар. Кинилэр оҕолоро улаатан, бэйэтин өйө-санаата сайдан истэҕинэ, аны үчүгэйи оҥорор сыыһа санааларыгар дьон оҥорор куһаҕан быһыыларын кинилэргэ кэпсээбэттэр, кистии сатыыллар. Маннык кистээһини, куһаҕаны букатын суох оҥоро сатааһыны оҕо улаатан иһэн син-биир билэр, төрөппүттэрин сымыйыаччылар дии саныан сөп. Оҕо улаатан иһэн, өйө-санаата сайдан истэҕинэ куһаҕан быһыыны арааран билбэтиттэн, олору бэйэтэ оҥорор кыаҕа улаатан хаалара ордук куһаҕаҥҥа тириэрдиэн сөп.

Улаатан иһэр оҕону кыра оҕо курдук саныыр куһаҕан, оҕону сэниир, намтатар, өйүн-санаатын сайыннарбат. Куруук өрө тардан, улаатан иһэҕин диэн өйү-санааны иҥэрии ирдэнэр. Оҕо өйө-санаата эрдэ сайдар, бу кэмҥэ үчүгэйи уонна куһаҕаны бэйэтэ билэн, араара үөрэммитэ үгэс буолбута кэлин улааппытын да кэннэ туһалыы сылдьар.

Онон оҕо кыра эрдэҕиттэн бэйэтин кыаҕынан куһаҕаны уонна үчүгэйи арааран билэ үөрэнэрэ олоҕор олус улахан туһаны оҥорорун төрөппүттэр билиэ этилэр. Ол иһин сахалар таҥараларын үөрэҕэ оҕону “Тоҕус айыыны оҥорума” диэн этэрин, аан бастаан куһаҕан быһыылары арааран билэргэ үөрэтэрин таба өйдөөн олохпутугар туһаныахпыт этэ.

ҮЧҮГЭЙ уонна КУҺАҔАН

Киһи туохха барытыгар үчүгэй, туһалаах эбэтэр куһаҕан, туһата суох диэн сыанабылы биэрэр кыахтаах. Киһи оҥорор быһыылара барылара “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэллэриттэн үчүгэй уонна куһаҕан диэҥҥэ хаһан баҕарар арахсаллар. Үчүгэйи уонна куһаҕаны араарыыга күнтэн кэлэр сырдык оруола олус улаханынан Күн таҥараҕа кубулуйбут. Сырдык, сылаас күнүс кэнниттэн хараҥа, тымныы түүн сабардаан кэлиитэ киһи үчүгэйи уонна куһаҕаны билэн араарарыгар олук буолбут.

Өй-санаа сайдыыта үчүгэй уонна куһаҕан хардары-таары солбуйсан биэриилэрин билииттэн, олору олоххо туһаныыттан үөскүүр. Оҕо өйө-санаата сайдыытыгар үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа арааран олоҕор таба туһанар буолуута киһи буолууну ситиһэригэр тириэрдэр диэн сахалар үөрэхтэрэ быһаарар уонна “Үрүҥү хараны араарыы” диэн этиинэн бигэргэтэр. Киһи олоҕор субу кэмҥэ тула өттүттэн дьайар үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа арааран билии, олору олоххо таба туһаныы олус улахан суолталаах уонна киһи буолууну, киһилии быһыыланыыны үөскэтэр аналлаах. Ол курдук киһи өйдөөх-санаалаах буоларынан, оҥорор быһыытын атыттарга тэҥнээн көрөн оҥорорунан үчүгэйи, туһалааҕы элбэхтик оҥорор, онтон куһаҕаны, буортулааҕы анаан-минээн оҥороро аҕыйах, арай сыыһа-халты туттунуутуттан үөскүүр куһаҕан быһыылар элбээн хаалыыларыттан айыы диэн тылбыт куһаҕан өрүтэ элбээн хаалар.

Оҕо ону-маны, буолары-буолбаты саҥаны айыыны оҥоро сатыыра табыллыбатыттан үөскүүр элбэх куһаҕан быһыылары аҕыйатарга сахалар таҥаралара “Айыыны оҥорума” диэн үөрэҕэ төрөппүттэргэ көмөлөһөр. Оҕо өйө-санаата ситэ сайда, үчүгэйи уонна куһаҕаны өссө арааран билэ илигинэ оҕону сыыһа-халты туттунарыттан “Айыыны оҥорума” диэн үөрэх харыстыыр аналлаах.

Улаатан иһэр оҕо үчүгэй диэн санаата минньигэһи сиириттэн ордук биллэр буоллаҕына, минньигэһи биэрэр киһи үчүгэй, сөбүлүүр киһитигэр кубулуйар. Оҕо төрөппүтүн кимэ да буоллар сөбүлүүр, ону элбэхтик минньигэһи сиэтэринэн, араас туһата суох оонньуурдарынан ситиһэ, улаатыннара сатааһын кэрэгэй, оҕону минньигэһи элбэхтик сииргэ уонна бэлэмҥэ үөрэтэн кэбиһиэн сөбүттэн сэрэниэххэ сөп этэ.

Үчүгэй диэн олус киэҥ өйдөбүл. Халлаан сырдааһына, Күн тахсыыта киһи көрөрүн тупсарарынан хас биирдии киһиэхэ сырдык буолуута үчүгэйигэр кубулуйбут. Сырдыгы бэлиэтииринэн үрүҥ дьүһүн бар дьоҥҥо барыларыгар үчүгэйи биллэрэр дьүһүн буолар. Аан дойду дьоно бары холбоһууларыгар, айылҕаны харыстыы сатыырга биир санааланыы-ларыгар Күн таҥара ылар оруола итинник быһаарыллар.

Хас биирдии киһиэхэ олоҕун таһымыттан тутулуктанан үчүгэй диирэ тус-туспа буоларынан уратылаах уонна киһи барыта үчүгэйи, бэйэтигэр туһалааҕы ситиһэ сатыырынан, баҕа санааны салайар, сирдиир кыахтаах. Ол курдук туох барыта; киһиэхэ туһалаах, санаатын тупсарар, барыһы киллэрэр буоллаҕына, үчүгэй диэн буолуон, ону ситиһэ сатыан сөп. Уоруйах “үчүгэйэ” элбэхтик уордаҕына улаатар буолан үгүс дьон, үлэһиттэр өйдөрүгэр-санааларыгар сөп түбэспэт, уоруйах ханнык баҕарар дойдуга туоратыллар.

Элбэх киһи үчүгэй диэн санаата биир буоллаҕына, бу үчүгэй сайдар, элбиир, күүһүрэр кыахтанар. Христос диэн үчүгэй киһи таҥара үөскээһинэ дьон өйдөрө-санаалара өссө сайдан, тупсан, үчүгэй киһи буола сатыыр баҕа санааны үөскэтинэр буолбуттарыттан уонна бу үчүгэй баҕа санаа киэҥ сирдэргэ тарҕаныыта өй-санаа үөрэҕин салайааччылар баһылаабыттарыттан быһаччы тутулуктаах.

Билигин Аан дойду үрдүнэн Күн таҥара үөскээн тарҕанан сайдарыгар айылҕаны харыстааһын күүһүрүүтэ ылар оруола үрдүк. Манна Күн таҥаралаах сахалар ылар оруоллара улаатыаҕа. Ол курдук айылҕа сүрүн тутааҕа Күн буоларын уонна сырдык буолуута киһи үчүгэйи арааран билэрин үөскэтэрин саха киһитэ барыта билэр.

Хас киһи бэйэтин үчүгэй диэн өйдөбүлэ олоҕун таһымыттан тутулуктанан сайдар. Былыргы аас-туор кэмнэргэ киэһэ тото аһаан баран сылаас балаҕаҥҥа утуйууттан киһи баар-суох баҕа санаата туолар буоллаҕына, билигин олох сайдыбытыттан үчүгэй буолуу көрдөбүллэрэ диэн улаханнык кэнээн, тупсан, элбээн тураллар.

Олох тупсан, сайдан истэҕинэ үчүгэй эмиэ эбиллэн иһэр. Киһи баҕата салгыы баран саҥаттан саҥа үчүгэйи арыйан, туһаҕа таһааран иһэр кыаҕа эбиллэ турар. Үчүгэй тохтоло суох үксээн, үчүгэйтэн үчүгэй үүнэн тахсан иһэр. Ол курдук соторутааҕыта субу-субу туоҕа эрэ алдьанан иһэр, хаахыныыр, Россияҕа оҥоруллар массыыналарынан эрэ сылдьар эбит буоллахпытына, билигин бөҕө-таҕа, үчүгэй көрүҥнээх, оҥоруулаах, сымнаҕас, араас мааркалаах омук массыыналарынан айанныыбыт. Урукку сэбиэскэй кэмнээҕи үчүгэйбит уларыйан билигин омук массыыналарын үчүгэйдэр диибит.

Киһи сөбүлүү, таптыы көрөрө санаатын тупсарарынан үчүгэй диэн ааттанар. «Үчүгэй, үчүгэй, үчүгэй даҕаны» диэн ырыаҕа ылланарын курдук үчүгэй муҥура суох салгыы баран иһэр, олох сайдыыта үчүгэйтэн үчүгэйи аҕалан иһэр курдук. Киһи олоҕор үчүгэйи элбэхтик оҥоро сатыырынан үчүгэй кырдьык да ахсаана биллибэт элбэх. Арай Сир үрдүгэр туох барыта эргийэн тиийэн кэлэринэн үчүгэйбит аһара баран кэрэ диэҥҥэ тиийдэҕинэ, кэрэтэ, кыйыата биллэн тахсарынан, уларыйара чугаһаабытынан сэрэнэр кэм кэлбитэ сахабыт тылынан быһаарылларын таба өйдүөхпүт, олохпутугар туһаныахпыт, үчүгэйи аһара барыыга сэрэхтээх буолуохпут этэ.

Үчүгэй диэн туох сөбүлүү саныырбытын, туһалааҕын барытын ааттыыбыт уонна олору оҥоро сатыыбыт. Дьон бары үчүгэй дии саныыр быһыыларын оҥоро сатыылларыттан олор олус, киһи кыайан ааҕан ситэр кыаҕа суох курдук элбээбиттэр.

«Что не запрещено, то можно» диэн арҕааҥҥы үөрэхтээхтэр этиилэрэ, туох бобуута суоҕу барытын оҥоруохха сөп диэн өйдөбүллээх уонна сахалыы таҥара үөрэҕин “Тоҕус айыыны оҥорума” диэн этиитигэр сөп түбэһэр. Бу этии туох быһыы куһаҕан диэн ааттанан бобулларын, дьон оҥорботторун, туох иһин куһаҕан диэн ааттаммытын киһи барыта билиэхтээҕин уонна толоруохтааҕын биллэрэр. Ол аата киһи өйө-санаата сайдыбытынан туһанан тугу эмэ оҥоруон иннинэ туох бобуулаахтар, куһаҕаннар баалларын хайаан да билэрин эрэйэр.

Оҕо улаатан иһэн куһаҕан диэн ааттанар быһыылары аан бастаан арааран билэ үөрэннэҕинэ өйө-санаата туруктаахтык сайдарын сахалар таҥара үөрэхтэрэ эмиэ билинэр. Ол курдук “Тоҕус айыыны оҥорума” диэн сахалар таҥараларын үөрэҕин этиитэ оҕону үчүгэйгэ үөрэтии сүрүн төрүтэ буолар.

Оҕону үчүгэй быһыылары оҥорорго үөрэтиини «Кут-сүр үөрэҕэ» диэн үлэбитигэр саҕалаабыппыт. (2,49). Ону бу үлэбитигэр салгыы сайыннарабыт.

Туох быһыы үчүгэйин эбэтэр куһаҕанын арааран быһаарарга оҕо кыра эрдэҕинэ төрөппүттэрин көрөн үтүктэн оҥорон, быһаарар этиилэриттэн үөрэнэр. Төрөппүтэ, иитэр-үөрэтэр киһитэ тугу үчүгэй диэбитэ, киниэхэ эмиэ үчүгэйгэ кубулуйар. «Уоруйаҕы кытта олордоххо уоруйах буолуоҥ» диэн этии үчүгэйи быһаарыыга уонна төрөппүт үтүгүннэрэн үөрэтэр үөрэҕэр быһаччы сыһыаннаах.

Төрөппүттэр бу быһыы куһаҕанын, туһата суоҕун билэллэриттэн оҕолоро сыыһа туттан оҥорботторун туһугар аналлаах бобуулары, хааччахтары оҥордохторуна, эрдэттэн сэрэттэхтэринэ, бу быһыы куһаҕан, маны оҥорума диэн үөрэтиилэрин туһата улаатар. Оҕоҕо төрөппүтүн тас көрүҥэ үчүгэй көрүҥ диэн өйдөбүлүн үөскэтэр, иҥэрэр. Оҕо төрөппүтүгэр маарынныыр киһини сөбүлүү көрөрө, кыыс оҕо аҕатыгар маарынныыр киһиэхэ кэргэн тахсара, уол ийэтигэр маарынныыр дьахтары ойох ылара элбэх.

Төрөппүт оҕотугар тугу үчүгэй диирин анаан-минээн биллэрэрэ ордук. Оҕо барыта үчүгэйгэ, бэйэтэ үчүгэй дии саныырыгар тардыһарыгар сирдьит буолар кыахтанар. Үчүгэй дии саныырын кыаҕа баарынан ситиһэ сатыыр. Үлэни үчүгэй диэн оҕолоругар этэр, бэйэлэрэ үлэлээн көрдөрөр, үтүгүннэрэр төрөппүттэр оҕолоро үлэһит буола улаатар кыахтаналлар. Төрөппүт сыыһа үөрэтэн үчүгэй диирэ оҕо этин-сиинин баҕа санаата буолан хааллаҕына сытыы, элбэхтик, минньигэстик аһааһын диэки салаллар кыахтанара кэлин куһаҕаҥҥа, этэ-сиинэ, буор кута дьадайыытыгар тириэрдиэн сөп. Бу оҕо улааттаҕына даҕаны оҥорон, тутан туһалааҕы оҥоруута аҕыйыыр кыахтанар.

Хас киһи аайы үчүгэй диэн өйдөбүлэ тус-туһунан. Оҕо кыра эрдэҕиттэн үөскээн, иҥэн хаалбыт, ийэ кутугар кубулуйбут өйдөбүлүн илдьэ сылдьар, ол өйдөбүллэрэ кини баҕа санаатын төрүттүүллэр, үөскэтэллэр.

Үчүгэй диэн тугуй? Үчүгэйи таба быһаарыы олус улахан суолталаах. Бэйэтэ үчүгэй көрүҥнээх киһи, үчүгэйи аҕалар уонна үчүгэйинэн түмүктэнэр быһыылары оҥорор буоллаҕына эрэ үчүгэй киһи диэн ааттанар. Ол курдук бэйэтэ олус үчүгэй көрүҥнээх киһи буолан баран куһаҕаннык быһыыланан куһаҕаны аҕаллаҕына, үчүгэй кыайан буолбакка хааларыгар тиийэр. “Таҥаһынан көрсөллөр, өйүнэн-санаатынан атаараллар” диэн этии ити быһаарыыттан үөскээбит.

Үчүгэй биир киһиэхэ сыһыана эмиэ ураты. Киһиэхэ туһалаах, туһаны аҕалар, олоҕун чэпчэтэр буоллаҕына, үчүгэй диэн ааттанар. «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этии үчүгэйи быһааран олоххо туһаныыга улахан суолталаах. Үчүгэй үлэҕэ-хамнаска сыһыана эмиэ икки өрүттээҕин арааран билии уонна олоххо туһаныы хас биирдии киһиттэн хайаан да ирдэнэр көрдөбүл буолар. Ол курдук уоруйах тугу эмэ уорбутуттан туһаннаҕына, барыһырдаҕына уоруу үчүгэй эбит диэн санааҕа киириэн уонна өссө уора барыан сөбө үгүстэр, үлэһиттэр үчүгэй диэн өйдөбүллэригэр сөп түбэспэт.

Үлэһит киһи үлэттэн барыс, туох эмэ туһалааҕы киллэринэр буоллаҕына, үлэ үчүгэй эбит диир уонна элбэхтик үлэлиэн, оҕотун үлэҕэ үөрэтиэн сөп. «Айахпытыгар эрэ үлэлиибит», «Хамнас диэни билбэппит» диэн этиилэр үлэ оҥорон таһаарыыта намыһаҕын, туһата кыратын быһаараллар. Үлэ маннык уларыйыыта үлэни үлэлиир дьон билигин аҕыйаан, эдэрдэр тыа сиригэр олохсуйа хаалбат буолууларын үөскэтэрэ ити быһаарыылартан быһаччы тутулуктаах.

Элбэх хамнастаах үлэ, чахчы үчүгэй үлэ буолар. Үлэ уонна хамнас биир тутулуктаахтарын умнумуохха. Элбэхтик үлэлиир, туһалааҕы оҥорор киһи ылар хамнаһа үрдүк буоларын өйдүөхпүт этэ. Ол курдук элбэх хамнастаах буолан баран тугу да дуоннааҕы оҥорбот үлэ элбэҕэ эбитэ буоллар дьон бары үөрүөхтэрин сөп курдук. Өссө босхо биэрэллэрин кэтэһээччи син-биир аҕыйаабат.

Билигин үөрэхтээх буолуу «үчүгэй» диэн ааттанар кэмэ кэлэн турар. Ол эрээри элбэх үөрэхтээх киһиэхэ барыларыгар сөп түбэһэр үрдүк хамнастаах үлэ биһиги сайдыыта суох дойдубутугар кыайан көстүбэккэ эрэйдиириттэн ханна үөрэнэри талыы уустугуран турар. Үчүгэй киһини быһаарыы билигин олус уустугурда. “Ынах эриэнэ таһыгар, киһи эриэнэ иһигэр” диэн этии ону биллэрэр. Үчүгэйи быһаарыы араастара олус элбэхтэр:

- Үчүгэйдик көстүү. Үчүгэйдик көстүү бастаан иһэр буолла. Манна ордук дьахталлар баһылаатылар. Сайдыылаах дойдуларга үлэ оҥорон таһаарыыта лаппа үрдүгүнэн киһи иллэҥ бириэмэтэ элбээбитинэн бэйэни үчүгэйдик көрүнүү-истинии баһыйа сайдан иһэр.

- Үчүгэй быһыылаах. Киһи үчүгэй быһыылаах буолуохтаах диэн сахалар таҥараларын үөрэҕин сүрүн көрдөбүлэ буолар. Манна киһи өйө-санаата туруктааҕа, хайдах тутта-хапта сылдьара, хайдах саҥарара, майгылааҕа, тугу оҥороро барыта киирсэр.

- Үчүгэй үлэһит. Бары саха омукпутун харыстыы, уһун үйэлээх оҥоро сатыыбыт. Үлэни кыайбат омук эстэр диэни бары билиэхпит этэ. Ол курдук “Хоро салаҥ” диэн этии үөскээбитин кэннэ хоро омуктар эстибиттэрин итэҕэйиэхпит этэ.

Билигин сайдыылаах диэн ааттыыр омуктарбытыгар киһи тас көрүҥэ ордук улахан суолтаны ылар курдук буолла. «Таҥаһынан көрсөллөр, өйүнэн-санаатынан атаараллар» диэн этии киһиэхэ тас көрүҥ суолтата аҕыйаҕын, көрсүһүүгэ эрэ туһалааҕын, олоххо, үлэҕэ-хамнаска соччо туһата суоҕун быһаарар. Ол да буоллар үчүгэйдик көстүү киһи киһиэхэ сыһыаныгар аан маҥнайгы умнуллубат өйдөбүлү киллэрэринэн суолтата син-биир хаалан хаалбат.

«Сирэйигэр суорат кутан салыаҥ суоҕа» диэн былыргы сахалар этиилэрэ киһи тас көрүҥэ уонна өйө-санаата уратыларын быһаарар олус дириҥ суолталаах этии билигин хаалан сылдьар. Бу этиини ордук кэргэни талан ылыыга анаан төрөппүттэр уол оҕолоругар кыыс оҕо туһунан быһааран биэриилэригэр туһаналлара. Ол аата бу этиинэн киһи тас көрүҥэ өйүн-санаатын, олоххо сыһыанын, тулуурун, дьулуурун, үлэһитин кыайан таба быһаарбатын ордук чуолкайдаан биэрэллэр эбит. Манна Эллэй Боотур Омоҕой Баай көйгө кыыһын кэргэн ылан сахалары сайыннарбытын, ахсааннарын элбэппитин таба өйдүөхпүт, өбүгэбит бу үчүгэй быһыытын үтүктэн бары уолаттарбыт туһаныахтара этэ.

Үчүгэй киһиэхэ туһалаах буоллаҕына эрэ үчүгэй диэн ааттанар. Араас элбэх аныгы муоданы көрдөрөөччү дьахталлар улахан конкурсу аастахтарына эрэ улахан хамнастаах, көстүүлээх, сынньалаҥ үлэҕэ тиксэллэр. Ол аата бу конкурстар түмүктэринэн аҕыйах киһи туһанар, туһа таһаарынар, атыттар, мөлтөхтөр бары туоруулларыгар тиийэллэр.

Улахан артыыстарга конкурс эмиэ элбэх. Үлэни биэрээччилэр конкурстары тэрийэннэр элбэх сөп түбэһэр дьонтон талан ылыыны туһаналлар. Үлэһиттэри талан ылыы үлэ хаачыстыбата тупсарын үөскэтэр кыаҕын таба туһаныахха, үлэ биэрээччилэр конкурстары тэрийиэхтэрэ этэ. Омук дойдуларыгар үлэ миэстэтэ үлэлиэн баҕалаахтарга барыларыгар тиийбэт, аҕыйах буоллаҕына, үлэһиттэр кыахтара баарынан үлэлээннэр үлэ-хамнас тупсарын, оҥорон таһаарыыта улаатарын ситиһэллэрин киэҥник туһаналлар.

Киһи сөбүлүү көрөрө үчүгэй диэн буоллаҕына, сөбүлээбэт көстүүтэ куһаҕан диэн буолар. Олох сайдан истэҕинэ куһаҕан эмиэ эбиллэр, күүһүрэр. Ол курдук урут дэлби тэбии биир эмэ дьиэни алдьатан аҕыйах киһини өлөрөр кыахтаах буоллаҕына, билиҥҥи дэлби тэбии улахан куораттары күл-көмөр оҥорор кыахтанна. Ол иһин улаханнык күүһүрбүт куһаҕан быһыыттан сэрэхтээх буолуу эмиэ күүһүрэн, улаатан биэрдэҕинэ эрэ табыллар кэмэ кэлэн турарын билиэ этибит.

Киһи оҥороруттан атыннык, тиэрэтик, айыыны оҥорор оҕо куһаҕан быһыыны оҥороро элбээн хаалар. Ол курдук оҕо саҥа оҥоро үөрэнэр быһыыларын улахан дьон бары билэллэриттэн, урут, кыра эрдэхтэринэ боруобалаан көрбүттэринэн, ханнык быһыылар үчүгэй, онтон атыттара куһаҕан буолалларын арааран билбиттэринэн туһанан, оҕону, бэйэлэрин үтүгүннэрэн киһи быһыылаах буолууга үөрэтэр кыахтара улаатар.

Оҕо аһаан баран чааскыны муостаҕа быраҕан кэбиһэрэ чахчы куһаҕан, сотору чааскылара суох хаалыахха сөп. Оҕо маннык быһыытын хайдах эмэ туоратар, суох оҥорор сыалтан аан маҥнай, бу куһаҕан диэн этэн көрүү, онтон, аны “Чааскыны быраҕыма” диэн бобуу, онтон тохтооботоҕуна бырахтахха да алдьаммат чааскыны булан биэрдэххэ эрэ табыллар. Быраҕа сатаан баран алдьамматыттан оҕоҕо чааскыны бырахпат буолуу үгэһэ үөскүөн сөп.

Олоххо куһаҕан билигин да элбэх. Ол иһин үчүгэйи куһаҕантан арааран билэр туһугар аҕыйах ахсааннаах куһаҕан өттүн урутаан билии ордук туһалаах. Сахалар «Айыыны оҥорума» диэн үөрэхтэрэ куһаҕан быһыыны оҥорума диэн быһаччы суолталаах уонна аҕыйах ахсааннаах куһаҕан быһыылары аан маҥнай билэн оҥорбот буолууга аналланар. Куһаҕан диэн тугун арааран биллэххэ эрэ үчүгэй диэн баара биллэн, араарыллан, чуолкайданан тахсар кыахтанар. Ол иһин оҕо аан маҥнай аҕыйах ахсааннаах куһаҕаны, бобуулааҕы билэрэ өйө-санаата туруктаахтык сайдарыгар туһата улахан.

Айылҕаҕа «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этиигэ сөп түбэһэринэн, икки өрүттээх тутулуктааҕыттан киһи оҥорор быһыылара кыайан аҥардастыы үчүгэй буолар кыахтара суох. Аҥардастыы үчүгэйи эрэ билии, ону эрэ туһаныы өй-санаа аҥар өттүгэр халыйыытын үөскэтэр, куһаҕан диэн суох буолбутун курдук сыыһа санааҕа дьону киллэрэр, барыта куһаҕаҥҥа кубулуйуутун үөскэтэр.

Айылҕаҕа, Сиргэ аҥардастыы үчүгэй диэн суох. Үчүгэй куһаҕан баар буоллаҕына эрэ, биирдэ үчүгэйэ биллэр буолар. Киһи өйдөөх-санаалаах буоларынан үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран олоҕор туһанара хайаан да ирдэнэр. Үчүгэйи уонна куһаҕаны кыайан араарбат киһи киһи быһыыта суох киһиэхэ кубулуйар, «Үрүҥү, хараны араарбат» диэн ааттанар уонна олох ханнык эрэ кэмигэр сыыһа туттунуон сөбө улаатар.

Бэйэлэрэ тугу да оҥорбот, бэлэм үчүгэйинэн туһанааччылар үчүгэй хайдах оҥорулларын билбэттэр, ол иһин кинилэр санааларыгар барыта үчүгэй курдук көстөр. Холобурга, ырыаһыты ыллахха кини ыллаабыта барыта үчүгэй курдук. Хоһоону айааччы, суруйааччы эмиэ тугу айбыта, суруйбута үчүгэй буолар курдук саныыр. Табыллыбатах ырыаны, хоһооннору холбуу тутан ылан бөххө быраҕан да кэбистэххэ улахан ночоот, куһаҕан тахсыбатыттан итинник сыыһа санаа үөскүүр. Билигин биһиэхэ маннык сыыһа санаалаахтар мустаннар айыы диэн тылбытын аҥардастыы үчүгэй эрэ оҥоро сатыыллар.

Киһиэхэ туһалаах, үчүгэйи оҥорор быһыы үчүгэй быһыы диэн буолар. Бэйэлэрэ тутан-хабан, үлэлээн үчүгэйи оҥорор дьон үчүгэйи оҥоруу олус үлэлээҕин, уустугун билэллэр, кыратык да сыыһа-халты туттунуу куһаҕаҥҥа тириэрдиэн сөбүттэн сэрэнэллэр. Үлэ-хамнас киһитин куһаҕанын дьайыыта улахан ночоокко тириэрдиэн сөп. Холобурга, повар аһылык бэлэмнээбитэ амтана табыллыбатаҕына, барыта хаалар кутталлаах, обургу ночоот тахсыан сөп.

Тутуу үлэһитэ куһаҕаннык туттаҕына аны тутуута сууллан түһүө. Олус улахан ночоот тахсыаҕа. Тутуу үлэһитэ тутууну куһаҕаннык тутара букатын табыллыбат быһыы буолар. Онно эбии урут оҥоруллубатаҕы, айыыны оҥороро олус сэрэхтээх, кутталлаах, сыыһа-халты буолан хааллаҕына, тутуута сууллуон сөп. Ол иһин хас биирдии тутуу эрдэ оҥоруллубут проектаах буоларын, аналлаах бэрэбиэркэни эрдэттэн ааһарын тутууну хонтуруоллааччылар хайаан да ирдииллэр.

Үчүгэй уонна куһаҕан бэйэ-бэйэлэрин кытта хардары-таары дьайсыыларыттан олох сайдыыта тутулуктанар. Үчүгэйи оҥороору сыыһа-халты тутуннахха, бу быһыыбыт соҕотохто куһаҕаҥҥа кубулуйар уратытын киһи өйдөөх-санаалаах буоларынан арааран, таба өйдөөн туһаныа этэ. Ол курдук оҥоро-тута үөрэнэ илик оҕо, эдэр киһи сыыһа-халты туттунара элбэҕиттэн үчүгэйи оҥоро, саҥаны айыыны оҥоро сатаан, онтун кыайан оҥорбокко куһаҕаҥҥа кубулутара ордук элбэх. Ол иһин үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билэ илигинэ куһаҕан быһыылары аҕыйатаарылар оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ сахалар «Айыыны оҥорума» диэн үөрэҕи туһаналлар.

«Туох барыта икки өрүттээх» диэн быһаарыы үчүгэйи уонна куһаҕаны араарыыга, бу икки хайысха икки ардынан барар тэҥнэһии балаһыанньатын булууга туһалыыр кыаҕа олус улахан. Оҕо киһи буолууну баһылааһына диэн үчүгэйи куһаҕантан арааран, быһааран олоххо таба туһанарга үөрэниитэ буоларын билиэхпит этэ.

Олох сайдан, бары-барыта тупсан иһиитэ үчүгэй элбээн иһэрин курдук сыыһа санааны дьоҥҥо үөскэтэр. Ол курдук билигин саҥаны айан, айыыны оҥорон олоххо киллэрэ охсуу кэнниттэн сотору кэминэн онтубут куһаҕана арыллан тахсыан сөбө дьону сэрэхтээх буолууга үөрэтиэ этэ. Саҥаны айан, айыыны оҥорон соторутааҕыта олоххо киллэриллибит атомнай уот биэрэр станция сир хамсааһыныттан алдьаныыта, радиация тарҕаныыта саҥаны айыыга олус сэрэхтээх буолуу наадатын быһаарар.

Дьон үчүгэй диэн баҕа санаалара элбэх харчылаах, баай буолуу диэки салаллыыта, ол баҕа санааларын хайдах толороллоруттан олус улахан тутулуктаах. Үлэттэн-хамнастан олох тупсуута, баай-мал эбиллиитэ үөскүүрэ билиннэҕинэ дьон үлэни кыайа-хото үлэлииргэ үөрэниэ этилэр. Билигин биһиэхэ үлэлээбэт, кыратык үлэлиир буолуу, аҥардастыы үөрэҕи эккирэтэллэриттэн үөскээн, олохсуйан сылдьар. Үлэни үчүгэй диир дьон бэрт аҕыйахтар.

Онон оҕо кыра эрдэҕиттэн, ийэ кутугар үчүгэй диэн өйдөбүлэ үгэс буолан иҥмит, оннук баҕа санаа үөскээн олохсуйбут буоллаҕына, олоҕун устата ол баҕа санаатын толороору элбэх үчүгэйи оҥорор кыахтанарын таба өйдөөн оҕону иитиигэ кут-сүр үөрэҕин туһаныахпыт этэ.

ҮЧҮГЭЙИ уонна КУҺАҔАНЫ АРААРЫЫ

Олох хаһан даҕаны биир кэмҥэ хамсаабакка, уларыйбакка эрэ туран хаалбат. Олох устан, баран истэҕинэ өй-санаа эмиэ хаалсыбакка уларыйан биэрдэҕинэ эрэ табыллар. Өй-санаа уларыйбакка хаалан хаалыыта “застойу” тохтоон хаалыыны үөскэтэр.

Үчүгэйи уонна куһаҕаны араарыыга, үчүгэй уонна куһаҕан солбуйсан биэриилэрин билиигэ Күн таҥара үөрэҕэ туһалыыр. Ол курдук сырдык, сылаас күнүс кэнниттэн хараҥа, тымныы түүн сабардыыра үчүгэй куһаҕаҥҥа уларыйыытын дьоҥҥо биллэрэр.

Билигин сайдыылаах, демократия тутулуктаах дойдулар өй-санаа уларыйыыта эмискэ, араас өрө туруулар түмүктэринэн буолбакка сыыйа-баайа, олохтоох дьон бары бүттүүн куоластааһыннарын түмүгүнэн кэлэн олоххо киирэн иһэллэригэр баҕараллар. Бэйэлэрэ бу олоҕу 200-тэн тахса сыллар усталара боруобалааннар олоххо сайдыыны ситистилэр уонна ону атыттар тутуһалларыгар туруорсаллар. Үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран олоххо туһаныыны биһиги “Киһи таҥара” диэн үлэбититтэн булан эбии туһаныахха сөп. (11,45).

Үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран быһаарыы субу тирээн турар кэмигэр, субу бириэмэҕэ эрэ сөп түбэһэр уратылааҕын билиэхпит этэ. Атын, уларыйбыт кэмҥэ, түүн уонна күнүс уларыйалларын курдук, субу үчүгэй диэн этэрбит уларыйан аны куһаҕан буолан хаалыан сөп. Ол иһин үчүгэйи уонна куһаҕаны оҥоруу былыр-былыргыттан сахалыы биир айыы диэн тылынан этиллэрэ эрэ табыллар, оччотугар өй-санаа уларыйыытыгар, солбуйсан биэриитигэр сөп түбэһэр.

Нууччалар киһи оҥорор быһыытын икки аҥы араараннар өй-санаа икки аҥы арахсыытын үөскэппиттэр, «хорошо» диэн үчүгэйи оҥорууну этэр буоллахтарына, «грех» диэн куһаҕаны этэллэр. Биһиэхэ тылбыт үөрэхтээхтэрэ ону быһалыы үтүктэн, куһаҕаны оҥорууну туспа арааран «аньыы» диэн эттэрэ сатыыллара өй-санаа үөрэҕэр, уларыйан, солбуйсан биэриитигэр сөп түбэспэт. Биир киһи оҥорор үчүгэй эбэтэр куһаҕан быһыылара тус-туспа тылларынан этиллэрэ букатын табыллыбат, өй-санаа өйдөбүллэрин буккуйууну үөскэтэр.

Холобур, сэбиэскэй былаас кэмигэр баай киһи куһаҕан буолара, дьадаҥы үчүгэй этэ. Бары салайааччылар дьадаҥы төрүттээхтэринэн киэн тутталлара, өҥнөллөрө. Бу өйдөбүл билигин ырыынак кэмэ кэлэн, уларыйан, таҥнары эргийэн аны баай үчүгэй, дьадаҥы куһаҕан буолан сылдьар. Биирдэ элбэхтик арыгы испит киһи куһаҕан киһи буола түһэн баран, аны өйдөннөҕүнэ, иһэн бара турбатаҕына көнүөн, үчүгэй киһи буолуон сөбө хаһан да хаалан хаалбат.

Кэмэ кэллэҕинэ субу үчүгэй диирбит куһаҕаҥҥа кубулуйан хаалар кэмнээҕин киһи өйдөөх-санаалаах буоларынан бэйэтэ арааран билэрэ ирдэнэр. Айыы диэн тылбыт соҕотоҕо сахалар өй-санаа уларыйыытын, солбуйсан биэриитин билэллэрин, олоххо туһаналларын биллэрэр. Биһиги, билигин баар сааһырбыт дьон олоххо өй-санаа тосту уларыйыыта Сэбиэскэй Сойуус эстэригэр киирбитин кэтээн көрөр кыахтанныбыт. Үчүгэй диэн ааттыырбыт куһаҕаҥҥа уларыйыытын билэммит үчүгэйи уонна куһаҕаны араарыыга лаппа бэлэмнээхпит.

Киһи оҥорор быһыытыгар анаан-минээн бу үчүгэй-айыы, бу куһаҕан-“аньыы” диэн дьаралык иҥэрии өй-санаа кэмэ кэллэҕинэ уларыйан биэрэр өйдөбүлүнэн кыайан табыллыбат. Айыыны оҥоруу урукку суруйааччылар тутталларын курдук үрүҥ эбэтэр хара диэн эбии быһаарыы тыллаах буоллаҕына эрэ табыллар. Ол курдук үчүгэйдэрэ, куһаҕаннара өссө кыайан быһаарыллан биллэ илик саҥаны айыылар эмиэ элбэхтэр. Бу кэмҥэ айыы ханнык да эбиискэ быһаарыыта суох бэйэтинэн сылдьарыгар тиийэр. Итини тэҥэ куһаҕаны айыыны да оҥорбут киһи сороҕор көнөн үчүгэй быһыылары, үрүҥ айыылары оҥоруон сөбүн хаһан да буккуйумуохха.

Сахалар киһи өйө-санаата уларыйан биэрэр кэмнэрдээҕин былыр үйэҕэ быһааран билэннэр «Үчүгэй уонна куһаҕан аргыстаһан сылдьаллар» диэн этэллэр. Арай киһи бэйэтэ өйдөөх-санаалаах буоларынан, үчүгэй куһаҕаҥҥа солбуйсан биэрэр кэмэ кэлбитин билэн өйүн-санаатын эмиэ уларытан биэрэрэ эрэйиллэр.

Ким эрэ булан-талан «бу үчүгэй» эбэтэр «бу куһаҕан» диэн быһааран биэрэрэ субу кэмҥэ эрэ туһалыырын уонна кэмэ ааһарын кытта уларыйан хааларын хаһан да умнумуохха. Ким эрэ эппитэ кэмэ кэллэҕинэ, бу быһыылар солбуйсан биэриилэригэр уларыйан, аны сыыһа буолан хаалыан сөп. Бука бары В.И.Ленин үөрэҕэ эрэ сөп, үчүгэй, атыттар бары сыыһалар диэн этэ сылдьыбыппыт аны уурайан, бу үөрэх сыыһата биллэн, хаалан турар. Үчүгэй уонна куһаҕан быһыылары тус-туспа тылларынан ааттааһын өй-санаа уларыйан биэрэр кэмигэр ордук улахан буккууру, тус-туспа барыыны, арахсыыны, эйэлэспэт буолууну киллэриэн сөбүттэн эрдэттэн сэрэниэхпит этэ. Тылбыт үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылар субу тирээн турар кэмҥэ үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа араартаан дьоҥҥо быһааран биэрэр оннугар, атын, “аньыы” диэн сахаларга суох тылы булан куһаҕаны туспа ааттааһыны олохтуу сатыыллара кэрэгэй, бу дьон өйдөрө-санаалара татымын, арыыйда тэйиччини, өй-санаа уларыйарын кыайан ырыҥалаан быһаарбаттарын биллэрэр.

Саха тыла олус былыргы кэмҥэ үөскээбит тыл диэни уонна нуучча тылыттан уратыларын бары билэн итэҕэйэн сылдьабыт. Айыы диэн тыл былыр-былыргыттан икки өрүттээх өйдөбүллээх; үчүгэйи уонна куһаҕаны оҥорууну холбуу ылан быһаарар уратытын илдьэ сылдьар. Ол барыта киһи биир мэйиитинэн, төбөтүнэн толкуйдаан, быһааран үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны оҥорор кыаҕын табатык быһаарарга аналланар. Айыы диэн былыр-былыргыттан бэйэтэ икки өрүттээх өйдөбүллээх тылбытын буккуйан, аҥардастыы үчүгэй эрэ өрүттээн туһаҕа киллэрэ сатааһын саха тылын өйтөн-санааттан тутулуктарын билбэт буолууттан тахсар быһыы диэххэ сөп. Тыл үөрэхтээхтэрэ өй-санаа үөрэҕэр кыра да сыһыаннара суохтарын ити буккулла сылдьаллара биллэрэр.

Бу тылы буккуйуу, айыыны элбэхтик оҥор диэн өйдөбүлү киэҥник тарҕатыытыттан эдэрдэр үчүгэйи уонна куһаҕаны араарбат буолуулара үөскүүрүттэн, элбэх быстах быһыылары, сыыһа-халты туттунуулары оҥорууларыгар тириэрдэр. Ити иһин “айыы үөрэҕин” алҕастара кэлэр көлүөнэлэри үөрэтиигэ олус улахан буортуну оҥорор кутталлара улаатан иһэр. Эдэрдэр элбэхтик айыыны оҥордохторуна, үгүс быстах быһыылары, ситэ толкуйдамматах, быһаарыллыбатах дьыалалары оҥоруохтарын сөбүн уонна бэйэлэрэ айыы буола сатаан бэйэлэригэр тиийиниилэрэ элбээһинигэр тириэрдэрин, бу сыыһа хайысхалаах үөрэх табан сыаналаабат.

Саха дьонун өйдөрө-санаалара билигин ыһыллан сылдьар, чөл оннугар түһэ илик. Ол барыта анаан-минээн буккуйар дьон баалларыттан, сахалары үрэйэ, ыһа сатааччылар элбэхтэриттэн, сэбиэскэй былаас саҕаттан салҕанан баран иһэрэ билигин да тохтуу илигиттэн тутулуктаах.

Нууччалыы «грех» диэн куһаҕаны быһаарар тылы быһаччы үтүктэ сатааһыннарыттан тылбыт үөрэхтээхтэрэ «аньыы» диэн саҥа тылы булан саха тылыгар киллэрэ сатыыллар. Сахаларга «аньыы» диэн тыл төрүт суох. «Ан» диэн төрүттэн сахаларга өйү-санааны быһаарар тыл төрүт үөскээбэт. Арай анаа, аны, анал, анньыы диэн өйгө-санааҕа ханнык да сыһыана суох тыллар үөскүүллэр. «Ын» диэн ыгыллар дорҕоон өйгө-санааҕа ханнык да сыһыана суох дорҕоон буолар.

Үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа арааран атын-атын тылларынан ааттааһын өйгө-санааҕа сөп түбэспэт. Өй-санаа кэмиттэн-кэмигэр уларыйыытыгар тус-туспа тыллары туһанар дьон ордук улахан охсууну ылыахтарын, ол охсууттан кыайан өрүттүмүөхтэрин да сөп. Ол курдук икки аҥы арахсыыга абааһыларынан ааттаммыттары суох оҥорууну бары да сөбүлүөхтэрин сөп.

Аһара үчүгэй утары өттө аһара куһаҕан диэн буолара эмиэ биллэр. Ол иһин үчүгэй куһаҕаҥҥа эргийэн биэрэр кэмигэр ордук ыарахан, уустук буолан тахсара хомолтолоох. «Аһара үөһээ ытыннахха, ыарыылаахтык охтуохха сөп» диэн этии киһи бэйэтин кыаҕыттан аһара барбата үчүгэйин, туһалааҕын быһаарар.

«Үчүгэй уонна куһаҕан аргыстаһан сылдьаллар» диэн этии үчүгэй куһаҕанныын бииргэ сылдьалларын, үчүгэйи куһаҕантан булан араарыы уустугун, киһи өйдөөх-санаалаах, тугу барытын тэҥнэбилинэн туһанан сыаналыыр кыахтаах буолан уонна куһаҕаны аан бастаан арааран быһаарарыттан таба араарарын биллэрэр. Төрөппүт бэйэтэ тугу үчүгэй дииригэр оҕотун ииттэҕинэ, үөрэттэҕинэ, соннук үгэстэри иҥэрдэҕинэ оҕотун бэйэтин курдук өйдөөх-санаалаах оҥорорун сахалыы таҥара үөрэҕэ туһанар.

Киһи буолуу сүрүн сыалынан, тутулугунан үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран олоххо таба туһаныы буолар. Сахалар үөрэхтэринэн “Үрүҥү, хараны араарар буолуу” диэн этиллэр. Оҕо улаатан иһэн хайаан да ситиһиэхтээх биир кэрдиис кэминэн ааҕыллар уонна киһи буолууну ситиһии диэн ааттанар. Ол иһин сахалар киһи таҥараларын үөрэҕэ оҕо куһаҕан быһыылары кыра эрдэҕиттэн билэн оҥорбот буоларыгар үөрэтэри ирдиирэ, өйө-санаата туруктаахтык сайдарыгар, киһи буолууну ситиһэригэр тириэрдэрин туһаныахпыт этэ.

ҮЧҮГЭЙ УЛАРЫЙАН ИҺЭР

Олох сайдан, тупсан иһиитэ дьон ситиһэ сатыыр баҕа санаалара, таҥаралара кэмэ кэллэҕинэ саҥа таҥаранан уларыйарыгар тириэрдэр. Олус былыргы кэмнэргэ дьон бултаан эрэ аһыыр эрдэхтэринэ, булду кыайа-хото бултуур араас улахан кыыллар курдук бултаары, ол кыыллар курдук буолар баҕа санааны иҥэринэн, улахан кыыллар, көтөрдөр таҥаралардаах этилэр. Өй-санаа сайдыыта таҥаралар уларыйан, тупсан иһэллэрин үөскэтэриттэн былыргы таҥаралар хааланнар, аны киһи, үчүгэй киһи таҥара туттуллар кэмигэр билигин кэлэн олоробут.

Билигин дьон бары үчүгэй киһи буолууну ситиһэр кыахтаммыттарынан уонна айылҕаны харыстааһын инники күөҥҥэ тахсыбытынан дьон айылҕаны харыстыыр санаалара улаатарын ситиһиигэ аналлаах сахалар Күн таҥаралара сайдар кыахтанна.

Былыргы кэмнэргэ дьон үчүгэй диэн сыаналаабыттара билигин кэлэн уларыйан хаалбыта элбэх. Ол курдук биһиги олохпутугар урут сэбиэскэй кэмҥэ үчүгэй диэн ааттанар дьадаҥылар, бу ырыынак олоҕор, капитализмҥа киирэр кэммитигэр аанньа ахтыллыбат буоллулар, ким да эппэтэҕин иһин, куһаҕаннарын билинэн эрэллэр. “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн баайдар үчүгэй буолуулара дьадаҥылар куһаҕаннарын биллэрэн дьоҥҥо тириэрдэр.

Үчүгэй куһаҕаҥҥа уларыйар кэмин сабыдыалын биһиги көлүөнэлэр илэ биллибит, олохпутугар буолан ааспыт тосту уларыйыылары кэтээн көрөр кыахтанныбыт. Ырыынак сыһыаннара олоххо киириилэрэ сэбиэскэй кэм саҕана туоратыллар сүүлүктэр, “спекуляннар” атыыны-эргиэни баһылаан салайыыларыттан саҕаламмыттара, сыыйа олоххо киирбиттэрэ, харчы уонна мал сыһыаннарын үөскэппиттэрэ.

Урукку ыраахтааҕылаах Россияҕа ырыынак сокуоннара туттуллаллара. Билигин ол кэмҥэ төннүү кэмэ кэллэ. Былыргылар билбит билиилэрин, ураты өйдөрүн-санааларын биһиги айыы диэн ааттыыбыт, айыылар Үөһээ дойдуга баалларын билэбит. Үрүҥ айыылартан ылынар, олоххо туһанар билиилэрбитигэр өс хоһоонноро киирсэллэр.

Саҥаны айыыбыт эмиэ икки өрүттээх; үчүгэйдээх уонна куһаҕаннаах буолан тахсар уратыларын таба быһааран олоххо туһаныы ирдэнэр. Ити уратыларын иһин былыргылар билиилэрин хаттаан сыаналаан, үчүгэйин, үрүҥүн эрэ талан ылан, аныгы олоххо сөп түбэһэр тупсарыыны хайаан да барбытын кэнниттэн, үрүҥ айыы диэн ааттаан, оҕолорго үөрэтиллэрэ табыллар. Ол аата ырыынак сыһыаннаһыыларыгар төннүү билигин үрүҥ айыылартан кэлэр билии буолан оҕолорго үөрэтиллэрэ сөп.

Манна өссө былыргы кэм олус элбэх охсуһуулаах, өлөрсүүлээх эбитин санатыахпыт этэ. Ол ыарахан, сайдыыта суох кэмнэргэ күрэхтэһии курдугу тэрийэн киһини өлөрүү кыайыыны ситиһиинэн ааҕыллар кэмнэрэ кытта бааллара. Билигин киһини өлөрбүт киһи, өлөрүөхсүт буолан хаайыыга, туоратыыга барар кэмэ кэлэн турарын умнубаппыт, былыргылар оҥорбут куһаҕан, хара быһыыларын оҕолорго быһааран тириэрдэрбит, өйдөтөрбүт буоллар, өлөрсүүлэр чахчы аҕыйыа этилэр.

Үчүгэй куһаҕаҥҥа эбэтэр куһаҕан үчүгэйгэ уларыйан эрэр кэмэ кэлиитэ сахабыт тылыгар араарыллан сылдьарын дьон-аймах сайдыылаах, инникини өтө көрөн билээччилэрэ маҥнайгынан арааран билэн үгүстэргэ тириэрдэллэрэ ордук буолуо этэ. Ол курдук туох барыта үчүгэйтэн үчүгэйи ааһа баран, кэрэттэн кэрэҕэ кубулуйуута, кэрэтэ, кыйыата, уларыйыытын кэмэ тиийэн кэлбитин сахабыт тыла биллэрэрин таба өйдүөхпүт, олоххо туһаныахпыт этэ.

Дьону барыларын сэбиэскэй былаас кэмигэр үлэлэтэллэр этэ. Былаас үлэһиттэри чахчы өйүүрэ, элбэх көмөнү оҥороро. Үгүстэр кырдьык сөбүлээн үлэлиир эбит буоллахтарына, сорохтор ыгыы-хаайыы күүһүнэн иппэй-туппай үлэни үлэлээбитэ эрэ буолаллара. Перестройка кэнниттэн ырыынак кэмэ кэлиитигэр элбэхтэр, күүһүлэнэн үлэлии сатаабыттар баһыйаннар үлэбит-хамнаспыт сатарыйбыта. Бу быһаарыы нууччалар тыһы ыты ааттыыр уонна хаайыылаахтар үөхсэр “сука” диэн тыллара “девочка” диэҥҥэ уларыйан эрэринэн дакаастанар.

Дьон ханнык баҕарар араҥаларын күүһүлээһин, ыгыы-хаайыы үчүгэйгэ тириэрдибэт. Төһө эмэ кэминэн бу үчүгэйбит уларыйан куһаҕаҥҥа кубулуйан биэриитигэр тириэрдэр.

Сэбиэскэй былаас көрөн-истэн, үлэ булан биэрэн, хамнастаан, бэлэмҥэ үөрэтэн үлэһиттэри атаахтатан кэбиһиитэ уонна киһи барыта үрдүк үөрэхтээх эрэ буолуохтаах диэн этиини аһара тарҕатан өйдөрүн-санааларын чэпчэки үлэни көрдөөһүҥҥэ тириэрдэн буорту оҥоруута үлэни-хамнаһы аанньа ахтыбаттарын үөскэппитэ. Дьону барыларын үлэлэтэ сатаан буолар-буолбат үлэҕэ хамнас төлүүллэрэ. Билигин сэбиэскэй былаас кэнниттэн төрдүс көлүөнэ дьон олох даҕаны үлэлиэхтэрин баҕарбат буола улааттылар. Эдэрдэр үлэлиир санаалара аҕыйаҕыттан кэлии үлэһиттэр элбээн иһэллэр.

Киһиэхэ үчүгэйи оҥоруу диэн кини ханнык эрэ баҕа санаатын толоруу буоларынан үчүгэйи оҥотторууга киһи түргэнник үөрэнэр. Баҕа санаа туолуута киһиэхэ астыныыны, дуоһуйууну, дьоллонууну аҕалар. Дьол диэн баҕа санаа туолуутуттан астыныы, дуоһуйуу кэлиитэ буолар.

Киһиэхэ атыттар үчүгэйи оҥоруулара хаһан баҕарар үчүгэй. Үчүгэйи оҥорторбутуттан киһи санаата көтөҕүллэрин тэҥэ, үчүгэй санаата элбиэн сөп. Арай бу тиийэн кэлэр үчүгэйгэ, бэлэм кэлэн биэриитигэр үөрэнэн хаалыыта, өссө элбэх бэйэтэ кэлэн биэрэр үчүгэйи көрдүүрүгэр тириэрдэрэ аһара баран куһаҕан буолан тахсыан сөбө “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этии хаһан баҕарар дьайарын биллэрэр.

Киһи хаһан даҕаны биир баҕа санаатынан сөп буолан тохтообот. Барыта баҕа санаа хайдах туоларыттан эрэ тутулуктаах. Түргэнник саныыры кытта эбэтэр “Этэн баран эҕирийиэх иннинэ” туолан иһэр баҕа санаата эмиэ итинник, түргэнник улаатар, уларыйар кыахтанар. Уһуннук эрэйдэнэн туолар баҕа санаа аҕыйах буолар уратылаах. Баҕа санаата туоллаҕына киһи дьоллонор, онтон баҕата өссө улаатар, эбиллэн биэриэн сөп. Ол иһин баҕа санаа диэн ааттанар.

Дьол төһө улахана киһи баҕа санаата төһө улаханыттан, хайдах туолбутуттан тутулуктаах. Уһуннук ситиһиллэр баҕа санаа туолуута дьол улаатыытыгар тириэрдэр. Быстах дьол диэн туох эмэ быстах, кыра, суолтата суох дьыалаттан санаа туолуута ааттанар.

Оҕо бары баҕа санаатын толорууга төрөппүттэр “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини тутуһуо этилэр. Улаатан иһэр оҕо бэйэтин баҕа санаатын бэйэтэ толорорун ситиһэ сатааһын уонна төрөппүт көмөтө холбостохторуна оҕо бары баҕа санаалара туолаллара кыаллыа этэ. Ол курдук оҕо ону-маны көрдүүрэ элбээн, улаатан иһэринэн, ол көрдөөбүтүн төһө уһун кэминэн төрөппүттэрэ толоруулара баҕа санаата улаатан биэрэригэр тириэрдэр. Кэтэһии баҕа санааны улаатыннарарынан хаһан туоллаҕына дьолу улаатыннанар.

Аҥардастыы үчүгэйи эрэ баҕарар, үчүгэйи эрэ этэр дьону үчүгэйдэр дии саныыбыт. Туох эмэ сыыһаны оҥорорбутун булан этэр киһини сөбүлээбэт курдукпут. Ол эрээри ханнык баҕарар сыыһаны көннөрдөхпүтүнэ, тупсардахпытына эрэ үчүгэй буоларын таба сыаналаатахпытына, куһаҕаны этэр киһи ордук туһалаах эбитин билиниэхпит этэ.

Быстах санаабытыгар барыта үчүгэй буолан хаалыан кырдьык да баҕарабыт. Пиибэ, арыгы иһээри харчы көрдүүр аймах уолгар харчы биэрбэтэххинэ эйигин куһаҕан киһи диэҕэ. Тулуйа сатыахха. Киһиэхэ барыларыгар үчүгэй буола сатааһын барыта кыаллыбат, сахалыы “Сирэй көрбөх” буолууга тириэрдиэн сөп.

Эн биэрбит харчыгынан бу уол арыгы ылан истэҕинэ бүгүн үөрүө, итириэ. Эйигин үчүгэй киһи диэҕэ, хайҕыаҕа. Сарсын эмиэ харчы көрдүү кэлиэн сөп. Үгүстүк дьонтон көрдөөн ылан арыгы иһэргэ үөрэнэн хаалара ордук улахан куһаҕаҥҥа тириэрдэр кыахтаах. Элбэхтик арыгы иһэн арыгыһыт буолан хаалыа. Сөбүлүүр киһиҥ буоллаҕына, харчы көрдөөн ылан арыгы иһэргэ үөрэтимиэххин, харчыны биэрэ турумуоххун сөп. Субу бүгүн харчы ылан арыгы испэтэҕинэ, бу уол эйигин сөбүлүө суоҕа, баҕар сылдьыбат да буолуон сөбүн иһин арыгы иһэргэ үөрэммэтэ ордук туһалаах буолуо этэ.

Харчы биэрбэтэххинэ билигин баҕар мөхпүтүн, сөбүлээбэтэҕин да иһин кэнники арыгыһыт буолбатаҕына, үчүгэйдик саныаҕа, арыгыга үөрэппэтэх эбит диэн сыаналыыра хойутаан да буоллар кэлиэн сөп. Эн биэрбит харчыгынан, бу уол бүгүн аһара элбэх пиибэни, арыгыны иһэн итирэн хааллаҕына, сыыһа-халты туттунуулары оҥорон араас дьыалаҕа түбэһиэн эмиэ сөп. Ол иһин итирик киһиэхэ арыгы истин диэн харчы биэрбэт буолуу кинини харыстааһын буоларын таба өйдүөхпүт этэ.

Арыгы иһэр киһиттэн туох эмэ үлэни үлэлэтэн туһаны таһаарынаары гыннахтарына арыгынан күндүлүүр дьон билигин да элбэхтэр. Биир эмэ үрүүмкэ арыгыны иһэн эбинээри эдэрдэр киирэн биэрбэттэрэ буоллар.

Сөбүлээн көрөн арыгы иһиитэ киһиэхэ үчүгэйи аҕалар курдук буоллаҕына, элбэхтик иһэн арыгыһыт буолан хаалыы, куһаҕан тиийэн кэлбитин биллэрэр. Бары улахан арыгыһыттар, ыарыһахтар бэйэлэрин арыгыга ылларбыттарынан хаһан да ааҕымматтар. Кинилэргэ атын дьон көмөлөрө хайаан да наада буолар. Бэйэлэрэ эрэйи, кыһалҕаны билэн туораабыт дьон көмөлөрө улахан туһалаах буолуон сөп. Эрэйи, кыһалҕаны билбэтэх киһи атыттар туохтан эрэйдэнэллэрин табан өйдөөбөт, өйүгэр-санаатыгар ылыммат, ханнык эрэ ыраах кинини таарыйбат курдук саныан сөп. Оннук көмө биллэр туһата аҕыйах.

Онон үчүгэй куһаҕаҥҥа уларыйара хаһан баҕарар тиийэн кэлэр. Арай үгүстэрин кэлэр кэмнэрэ эрэ биллибэт буолан уустуктары үөскэтэр. Киһи өйдөөх-санаалаах, тугу барытын тэҥнээн көрөн сыаналыыр кыахтаах буоларынан үчүгэй куһаҕаҥҥа уларыйар кэмин билэн олоҕор таба туһанара эрэйиллэр. Саха дьоно үчүгэй куһаҕаҥҥа хаһан эрэ уларыйарын билэн айыы диэн өйү-санааны быһаарар тылбыт соҕотох эрэ уонна киһи үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны оҥорорун холбуу ылан биллэрэр.

YЧYГЭЙ ЭМИЭ КУҺАҔАННААХ

Сырдык үтүө, мааны күн киирдэҕинэ хараҥа түүн халыйан кэлэн аан дойдуну сабардыы бүрүйэр. Араас элбэх биллибэт кистэлэҥнэрдээх хараҥа, тымныы түүн аастаҕына, сырдык, сылаас күммүт эмиэ сандаарыччы тыган тахсар. Ити курдук Сир үрдүгэр Күн таҥараттан тутулуктанан үчүгэй уонна куһаҕан солбуйсан биэрэллэр.

Сырдык үчүгэй, онтон хараҥа куһаҕан диэн утарыта өйдөбүллээх икки өрүттэр хардары-таары солбуйсан биэрэн иһэллэринэн доҕуһуоллатан, икки өттүттэн тутулуктанан олох иннин диэки сайдан, тупсан баран иһэр. Аан дойду бу курдук икки өрүттээх тутулуктааҕыттан дьон оҥорор быһыылара үчүгэй уонна куһаҕан диэҥҥэ икки аҥы арахсалларын саха дьоно былыр үйэҕэ быһаараннар «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этиини үөскэппиттэр.

Олох эмиэ икки өрүттээҕин үчүгэй уонна куһаҕан буолан ылар кэмнэрдээҕин биһиги ычабыт кыра, күннээҕинэн эрэ олорорбутуттан уонна сэбиэскэй былаас бары-барыта “үчүгэй” буолла диэн сыыһа үөрэҕин билигин да тарҕата сатааччылар баалларыттан умна, уларыта иликпит. Ол аата төһө эмэ кэминэн билигин баар үчүгэйбит эмиэ солбуллан куһаҕаҥҥа кубулуйан биэриэхтээҕин тыл үөрэхтээхтэрэ аахсыбакка сылдьаллара кэлэр көлүөнэлэрбитин иитиибитигэр куһаҕан өттүгэр улахан халыйыыны оҥорор.

Саха дьоно «Yчүгэй уонна куһаҕан аргыстаһан сылдьаллар», «Ытыыр уонна күлэр аҕас-балыстыылар», «Үрүҥү уонна хараны араарыы» диэн этиилэрэ былыр-былыргыттан үчүгэй уонна куһаҕан диэннэри таба өйдөөн арааралларын уонна кэмэ кэллэҕинэ солбуйсан, уларыйан биэрэллэрин билэллэрин, олохторугар туһаналларын биллэрэр.

Дьон баҕа санааларынан үчүгэйгэ, үтүөҕэ, ол аата бэйэлэрэ тугу үчүгэй дии саныылларыгар дьулуһаллар, ол баҕа санааларын олохторугар ситиһэ сатыыллар. Бу баҕа санаа туоларын туһугар үчүгэй уонна куһаҕан диэннэри субу кэмигэр, чуолкайдык арааран билии уонна олоххо таба туһаныы эрэйиллэр. Yчүгэй диэн тугу эмэни быһаара сатыыр буоллахха, аҥар өттүгэр куһаҕан диэн хайаан да баар буолуохтааҕын умнубатахха, хаалларан кэбиспэтэххэ сатанар. Ол аата элбэх ахсааннаах үчүгэй диэни туспа арааран билиэххин баҕардаххына, аан маҥнай аҕыйах ахсааннаах куһаҕанын биллэххинэ эрэ, үчүгэйин туспа арааран билэрин кыаллар. Олох уустуга итиннэ саһан сылдьар.

Биһиги көнө санаабытыгар аҥардастыы үчүгэйи эрэ санааммыт, ону эрэ кэпсээн оҥостоммут улаатан эрэр оҕолорбутун үчүгэй быһыылаах дьон оҥоро сатыыбыт. Онтубут баара аҥар өттүгэр халыйыыны, бары-барыта үчүгэй диэн санааны үөскэтэн оҕолорбут куһаҕан диэни билбэттэриттэн, аны олору элбэхтик оҥорор буолууларын үөскэтэрбитин аахайбакка сылдьабыт.

Хас биирдии бөлөх дьоҥҥо үчүгэй диэн өйдөбүллэрэ тус-туспалар. Ол курдук олус баай киһи Канарскай арыыларга тиийэн сынньанан, дуоһуйа сөтүөлээн кэллэҕинэ, үчүгэй диэни билэн баҕата туолар буоллаҕына, көннөрү үлэһит киһиэхэ ол дойду көрүҥэ, айылҕата, баайа-дуола хаһан да туолбат ыра санаатыгар кубулуйар. Ол аата демократия диэн хас киһи бэйэтин кыаҕынан оҥостор олоҕор баай киһи баҕа санаата үлэһит баҕа санаатыттан олус улаханнык уратылаһар, сөп түбэспэтэ аһара элбэх буолан тахсар.

Онон хас киһи бэйэтэ үчүгэй диэн санаатын сайдан иһэр өйүн-санаатын күүһүнэн салайан, бэйэтин кыаҕынан, олоҕун таһымыттан көрөн тэҥнээн биэрэн иһиэ этэ. «Бытие определяет сознание» диэн этии олус таба, дьоҥҥо барыларыгар сөп түбэһэр уонна сахалыы «Өй-санаа олохтон тутулуктаах» диэн өйдөбүллээх. Киһи баҕа санаата олоҕун таһымыттан тирэх ылан үрдүккэ, сайдыыга дьулуһар, ситиһэ сатыыр санаалаах буоллаҕына, бу киһи саҥаны оҥорор, арыйар, олоҕун тупсарар күүһэ улаатар.

Хас киһи барыта байыан-тайыан, кыахтаахтык олоруон, араас баҕа санааларын толоруон баҕарар. Дьон үгүстэрин үчүгэй диэн санаалара олорор олохторун тупсаран иһии диэки салаллар. Хамнаска үлэлиир киһи, хамнаһа үрдүк, үлэтэ сымнаҕас буолуон баҕара саныыра кэмнээх буолуо дуо?

Манна кэлэн икки өрүт арахсыытын эмиэ таба туһаныы эрэйиллэр. Ол курдук сымнаҕас, кылгас кэмнээх, сылаас сиргэ үлэлэнэр үлэ үрдүк хамнастаах буолара аҕыйах, арай биир эмэ салайааччылар эппиэтинэстэрэ үрдүгүнэн эрэ хамнастара үрдүүр кыахтаах. Yгүс эдэрдэр ханнык эмэ соччо туһата суох үөрэҕи бүтэрэн бараннар, бу икки өрүт арахсыытын табан сыаналаабаккалар чэпчэки, кылгастык үлэлэнэр үлэни көрдүү сатыыллар уонна хамнаһа аҕыйаҕын мыыналлар.

Элбэхтик ыарахан, барыы-кэлии үлэтин үлэлиир киһи элбэх туһалааҕы оҥорон хамнаһа үрдүүрэ биллэр. Маннык ыарахан, барыылаах-кэлиилээх, уһуннук үлэлэнэр үлэлэргэ эр дьон ордук сыһыамахтар, кыайаллара-хотоллоро элбэх.

Үлэни-хамнаһы кыайа-хото, уһуннук үлэлиир, барар-кэлэр эр дьон сайыннараллар. Ырыынак сыһыаннаһыылара салгыы сайдан истэхтэринэ, үлэни-хамнаһы кыайар эр дьон сыыйа-баайа дьахталлары баһыйан баралларыгар тириэрдиэ этэ.

Билигин саха дьонун биир баҕа санааларынан куоракка таас, барыта бары бэлэм хааччыллыылаах дьиэ ылан сынньалаҥнык олоруу буолла. Тыа сирин олохтоохторо баар-суох баайдарын барытын мунньан, атыылаан куоракка дьиэ атыылаһан көһөн киирэллэрэ элбээтэ. Бу баҕа санаа тыа сирин олоҕо ыараханыттан, үөрэхтээх дьон үгүстэрэ куоракка мунньустубуттарыттан үөскээтэ эрээри, “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини таба туһаныыга сөп түбэспэт, халыйыыны үөскэтэн эрэр.

Кырдьык, биһиги ыарахан, уһун тымныылаах усулуобуйабытыгар толору хааччыллыылаах сылаас дьиэҕэ олоруу олус улаханнык сынньатар, сылааска, сымнаҕаска үөрэтэр. Бу быһаарыыга кэлэн киһи сылааска сытар, сынньанар өйө-санаата айылҕа тутулуктарын кытта харсыһар, сөп түбэспэт өрүттээҕэ биллэн тахсар.

Тымныы дьоҥҥо туох туһалааҕый? Тымныыттан киһи этэ-сиинэ күүһүрэр, ыарыыларга ылларбат кыахтанар, өйө-санаата тымныыны хайдах тулуйары, кыайары ырытан, быһааран, сайдыыны иҥэринэрэ түргэтиир. Киһи куруук тымныыга сырыттаҕына этэ-сиинэ үөрэнэн улахан да тымныыга кыһаммат, быстах ыарыыларга ылларбат буола эрчиллэр, тулуура, өсөһө күүһүрэр.

Айылҕаҕа, космоска олус улахан тымныы сабардыыр. Маннык улахан абсолютнай тымныыга биологическэй эттик олус уһун кэмҥэ харайыллар кыахтааҕа арыллыбыта ыраатта. Айылҕа бэйэтэ улахан тымныытынан тыынар-тыыннаахтары харыстыыр аналлааҕа итинэн быһаарыллар.

Сайын халлаан куйаас кэмигэр киһи этэ-сиинэ итиини тулуйарга үөрэнэр, эрчиллэр, тымныы дьайыытын умнар. Тымныынан дьарыктаныы халлаан күһүн тымныйан барыытыттан ыла саҥалыы саҕаланар. Киһи этэ-сиинэ бу кэмтэн сыыйа-баайа халлаан тымныытын тулуйарга үөрэннэҕинэ табыллар.

Тыаттан маҥнай куоракка киирбит киһи куорат дьиэтэ сылааһын тулуйбакка өр кэмҥэ эрэйдэнэр. Ол да буоллар, аҕыйах ыйынан этэ-сиинэ онно үөрэнэн хаалан аны, тыаҕа таҕыстаҕына дьиэ иһигэр тоҥо сылдьар киһиэхэ кубулуйар. Биэс-алта сыл кэнниттэн бу киһи, аналлаах эрчиллиилэринэн дьарыктамматаҕына, тымныйан ыалдьара элбээн, эмтэнэ мээрик киһиэхэ сыыйа кубулуйан барар. Куорат сылаас дьиэтэ киһи тымныыны тулуйар күүһүн аҕыйах сылынан мөлтөтөр, ыалдьан иһэр киһиэхэ кубулутар.

Элбэх үөрэхтээх дьон бары чэпчэки, сылаас дьиэҕэ олорор үлэни көрдүү сатыыллар. Эт-сиин сынньалаҥнык сылдьары, сытары сөбүлүүрүттэн итинник баҕа санаа дьоҥҥо барыларыгар баар. Ол эрээри куруук олорон эрэ үлэлииртэн сис тоноҕосторо ситэ хамнаабаттарыттан ыалдьар буолан баралларын дьон сааһыран, ыарыылара олохсуйбутун кэннэ билэн эмтэнэллэриттэн ордубат кэмнэрэ кэлэрэ ордук эрэйдээх.

Элбэхтик сытар, сынньанар киһи хас да сылынан этэ-сиинэ мөлтөөн-ахсаан ыалдьан иһэр киһиэхэ кубулуйар. Бу этии сүрүн төрүтүн билэр киһи сытыы диэн киһиэхэ сөп түбэспэт быһыы буоларын билэн олоҕун устата аҕыйахтык сыта сатыырга, элбэхтик үлэлииргэ-хамсыырга, этин-сиинин хамсатарга дьулуһара олоҕор туһата улахан буолуо этэ.

Итии дьиэттэн кыра оҕо ордук эмсэҕэлиир, тымныынан дьарыктанара суох буоларыттан этэ-сиинэ кэбирэх, ыалдьан иһэр оҕоҕо кубулуйар. Бэйэлэрэ тымныынан дьарыктамматах дьахталлар элбэхтик ыалдьаллар эрээри оҕолорун тымныынан дьарыктаабаттар, тымныы уунан кутан эрчийбэттэр, соло суоҕунан сабынан оҕону куруук таһырдьа сырытыннараллара кыаллыбатын этэллэр.

Арыгыны элбэхтик иһэ сылдьыы иһэр киһи санаатыгар олус үчүгэй. Санаата көнөр, бэйэтэ киһиргэс соҕус киһи киһиргиирэ, дэбдэйэрэ ордук табыллар. Онтон арыгыны куруук иһэ сылдьыы арыгыһыт буолууга тириэрдэрин киһи барыта билэр эрээри, кыратык иһэ сылдьабын диэн санаатын кыайан бырахпакка эрэйдэнэр. Арыгыны элбэхтик иһэ сылдьар киһи эрдэ арыгыһыт буолар, кыралаан да иһэр киһи, арыый хойутаан син-биир ылларан барыан сөп.

Минньигэс аһы элбэхтик аһааһын, сыаны-арыыны сиэһин эмиэ үчүгэй курдук. Эт-сиин тото аһыаҕын, куруук минньигэһи сиэҕин чахчы баҕарар. Иҥэмтэлээх аһы элбэхтик аһыыр доруобай киһи уойан-тотон барар. Аһара уойбут киһи аһыыра өссө эбиллэн иһэриттэн уойара түргэтиир. Аһааһын бэйэтэ үчүгэй, туһалаах буоллаҕына, аһара аһааһын эмиэ куһаҕаҥҥа, эт-сиин уойуутугар, ыарыы буолуутугар тириэрдэрин өй-санаа билэн тохтото, араас диеталары тутуһуннара сатыыр.

Yгүс үчүгэй диэн баҕа санааларбыт кэлин тиһэҕэр куһаҕаҥҥа, буортулаахха кубулуйан хаалалларын табан сыаналаан сөптөөхтүк туһаныы өйдөөх-санаалаах дьонтон эрэйиллэр көрдөбүл буолар.

Бу үчүгэй диэбиппитин, хаһан да уларыйбата буолуо диэн санааҕа биһигини сэбиэскэй былаас үөрэтэн кэбиспитин билигин да умна иликпит ордук санаарҕатар. Кинилэр дьон бары “үчүгэйдэр” диэн санааҕа, киһини барытын үөрэппиттэрэ билигин да хаала илик. Ол эрээри дьон бары тус-туһунан өйдөөхтөр уонна санаалаахтар диэҥҥэ кэлин, перестройка кэмин кэнниттэн син үөрэнэн эрэбит.

Сахалар үөрэхтэрэ «Сүөһү эриэнэ таһыгар, киһи эриэнэ иһигэр» диэн этэрин олоххо, киһи киһиэхэ сыһыаныгар туһаныы хайаан да ирдэнэрин билэрбит ордук буолуо этэ. Ол курдук үлэһит, дьадаҥы уонна баай киһи өйдөрө-санаалара уратыларын, сөп түбэспэт өрүттэрин билии уонна олоххо таба туһаныы аныгы ырыынак кэмигэр дьоҥҥо туһата ордук улаатыа этэ.

Yчүгэй куһаҕаҥҥа кубулуйарын курдук олоххо куһаҕан үчүгэйгэ кубулуйара эмиэ элбэх. Ол курдук киһи этэ-сиинэ тымныынан эрчийэри аан маҥнай сөбүлээбэт, сирэр, куһаҕан диир, тоҥор. Эмискэ тымныы хаарыйарын эт-сиин сөбүлээбэт. Онтон тымныынан куруук эрчилиннэххэ эт-сиин үөрэнэн үөрүйэх буоларын, тупсарын, ыарыыларга кыаттарбат буола бөҕөргүүрүн, билигин киһи барыта билэр, үгүстэр эрчиллэн туһанар буоллулар.

Киһиэхэ аһаабакка сылдьара ордук эрэйдээх, куһаҕан курдук. Ол эрээри сааһырбыт киһи аһаабакка сылдьарыттан этэ-сиинэ ыраастанан өссө үчүгэйдик үлэлиир буолара, тупсара билигин дакаастанан эрэр.

Сахалар былыр-былыргыттан олоххо туох барыта икки өрүттээҕин билэн, олору олохторугар таба туһанан, туохха эмэ суолталаах быһаарыыны ылыналларыгар ханан эрэ ортотунан, ол аата, икки өрүтү тэҥнээн, үчүгэйи кыччатан, куһаҕаны тупсаран, хайа да диэки аһара барбат быһаарыыны ылынан олохторугар туһаналлара.

Олоххо туох барыта икки өрүттээҕэ таба, икки өрүккэ сөп түбэһэр быһаарыы ханна эрэ ортотунан, икки ардыларынан буолуохтааҕын чуолкайдыыр. Сахалар дьон-аймах олорор сирдэрин Орто дойду диэн ааттаабыттара ити быһаарыыга сөп түбэһэр. Ол аата хайа да диэки аһара барбакка, халыйбакка эрэ, бары быһаарыыны ортотун көрөн ылыннахха ордук табыллар кыахтанарын олоххо хаһан баҕарар туһана сылдьыы эрэйиллэр.

ҮЧҮГЭЙИ ОҤОРУУ

«Олох ыарахан» диэн этиини билигин, сэбиэскэй былаас эстибитин кэннэ, син сыаналыыр буолан эрэбит. Олох ыарахана үчүгэйи уонна куһаҕаны икки аҥы арааран билииттэн, олоххо туһаныыттан ыла саҕаланарын таба өйдүө этибит. Ол курдук сахалар үөрэхтэринэн «Киһини санаата салайар» диэни билэн, кытаанахтык тутуһан, оҕо аан бастаан элбэх үтүө санаалары санаан, олору үгэс оҥостон иҥэринэн, кыра эрдэҕиттэн ийэ кутун үөскэтинэн эрэ баран, атын араас санаалары санаталаатаҕына даҕаны, өйө-санаата уларыйа-тэлэрийэ сылдьара суох, туруктаах буоларын, оҥорор быһыыларыттан үчүгэйдэрэ элбиирин туһаныахпыт этэ.

Бука бары араас элбэх баҕа санааларбытын, санаабытыгар оҥорон көрүүбүтүн кимиэхэ да эппэккэ илдьэ сылдьабыт. Үчүгэйи уонна куһаҕаны ситэ арааран билбэт оҕо, үгүс куһаҕан да санаалары санаталыы сылдьарыттан, сахалыы таҥара үөрэҕин тутуспаппытыттан кыайан ыраастаммакка үгэскэ кубулутан кэбиһэргэ тиийэр. Ол иһин куһаҕан быһыылары оҥорооччулар элбииллэр.

Баҕа санаата киһиэхэ баар буоллаҕына уонна ол баҕа санаата үгэскэ кубулуйан киһини бэйэтин салайарын таҥарабыт үөрэҕин хаалларан сылдьарбытыттан таба өйдөөн туһана иликпит. Кыра оҕоҕо төрөппүтэ туох баҕарбытын, көрдөөбүтүн барытын «тук» курдук толорон, була охсон биэрэн истэҕинэ, бу оҕо төрөппүтүн бэлэмигэр, куруук үчүгэйи оҥороругар үөрэнэн хаалан тугу барытын төрөппүтүттэн көрдүүргэ уонна ыларга үөрэнэн, тугу эмэ оҥороругар букатын өйөнөн хаалыан сөп.

Үчүгэйи, туһалааҕы куруук оҥорторо сылдьарга бары да баҕара саныыбыт. Үчүгэйи оҥорторуу олоҕу чэпчэтэр курдук санааһын сыыһа. Биирдэ эмэтэ туһалаабытын да иһин киһи үчүгэйи оҥорторо сылдьарга үөрэнэн хаалыыта бэйэтэ үчүгэйи оҥорор кыаҕын кыччатара кэлин куһаҕаҥҥа тириэрдиэн сөп. Киһиэхэ үтүөнү оҥоруу диэн олус киэҥ, туох барытын курдук икки өрүттээх өйдөбүлү аҥардастыы киниэхэ туһалааҕы, үчүгэйи, санаатын тупсарары оҥоруу курдук өйдүүрбүт сыыһа.

Ас көрдүүр киһиэхэ ”Күөгүтэ биэр” диэн этии бэйэтэ үлэлээн-хамсаан аһылыгын булуннун диэн быһаччы өйдөбүллээх. Ас биэрэн истэххэ бэлэмҥэ үөрэнэн хаалыы үөскүүрүттэн бу этии сэрэтэр.

Туора киһи оҥорор быһыыларыгар бары бэйэбит кыахпытынан, өйбүтүнэн-санаабытынан сөп түбэһэринэн сыана быһан, үчүгэй дуу, куһаҕан дуу буоларын быһаарабыт. Үчүгэй буоллаҕына хайгыыбыт, бэйэбит үтүктэ сатыыбыт, куһаҕан буоллаҕына умнабыт, хаалларабыт, “Бу сыыһа” диэн этиэхпитин сөп.

Олоххо сыыһаны оҥорооччулар билигин да элбэхтэр. Ол да буоллар сыыһаны оҥорбуту көннөрөн биэрэр туһунан эттэххэ ким да сөбүлээбэт курдук. Бу быһаарыы кириитикэни, куһаҕаны булан этэри сөбүлээбэттэр, бэйэлэрин аһара үчүгэйдэр курдук сананааччылар сэбиэскэй былаас кэмиттэн элбэхтэринэн быһаарыллыан сөп.

Сыыһаны оҥорбот киһи диэн суох. Ол аата киһи оҥорор сыыһаларын булан, олору көннөрөргө кыһаныы, көмөлөһүү, этэн биэрии ордук улахан туһаны аҕалар кыаҕын олоххо куруук туһана сылдьыахпыт этэ. Сахалар “Кырдьаҕаһы хааһахха сүгэ сылдьан сүбэлэт” диэн этиилэрэ итини биһиэхэ тириэрдэр.

Киһиэхэ үчүгэйи этии диэн аҥардастыы арбааһын, хайҕааһын буолбатах. Сахалыы үөрэҕинэн киһини хайҕааһын, арбааһын диэн “Быһа этии” буолар. Ол иһин бу быһыы эмиэ «Туох барыта икки өрүттээх» диэн быһаарыыга сөп түбэстэҕинэ эрэ табыллар. Үчүгэйи этиини сыыһа саныы сылдьарбытыттан, тойоттор, баайдар өйдөрүнэн-санааларынан барбыппытыттан, билигин аҥардастыы арбааһын, хайҕааһын курдук өйдүүбүт уонна барыны-бары була-була хайҕаа да, хайҕаа буолабыт. Хайҕааһынтан, арбааһынтан киһи өйө-санаата уларыйан мин эрэ ордукпун, ураты үчүгэйбин диэн санааҕа киирэрэ түргэтиирэ куһаҕаҥҥа тириэрдиэн сөбүн умуннубут.

Улахан салайааччылар уһуннук салайар үлэҕэ олордохторуна атыттар аһара арбыылларыттан, хайҕыылларыттан сотору кэминэн бэйэлэрин «күн» курдук сананаллара үөскээн олохсуйар кыахтанар. Сайдыылаах дойдулар киһи өйө-санаата ити курдук уларыйарын билэн сокуоннарыгар киллэрэн, улахан салайааччы быыбарга икки төгүлтэн ордук талыллыбатын ситиһэллэр. Бу быһаарыы салайар былаас эйэлээхтик, кэмиттэн-кэмигэр уларыйан биэриитин ситиһэринэн уларыйан, түргэнник сайдан иһэр олоххо ордук сөп түбэһэр.

Аныгы сайдыылаах олоххо үөскүүр уустуктары таба быһаарарга толору кыах баар буолла. «Ытаабат оҕону эмсэхтээбэттэр» диэн этиини таба өйдөөн туох эмэ ыарахан, бэйэ кыаҕынан кыаттарбат баар буоллаҕына, атын дьоҥҥо этэн, билиһиннэрэн биэрдэххэ, баҕар ким эмэ өйдүөн, көмөлөһүөн сөп.

Тыл киһиэхэ өйү-санааны тириэрдэр күүһэ улахан. Сатаан саҥарыы, араастаан дэгэттээн этии сахаларга элбэх. Үчүгэй да суолталаах тылы хайдах эрэ саҥаран, куһаҕан өйдөбүллээн кэбиһиэххэ сөп. Тыл киһиэхэ дьайыыта хайдах этэртэн, ол аата дорҕооннорун дьайыытыттан ордук күүһүрэр, тиийимтиэ буоларын табан туһаныахха сөп.

Сахалыы саҥаны таба өйдүүргэ «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этиини хайаан да тутуһуу, олоххо туһаныы туһалыыр. Ол курдук хаһан баҕарар туох барыта икки өрүттээҕин билэн олохторугар, саҥаларыгар куруук туһаналларыттан саха тылыгар иккилии, утарыта турар өйдөбүллээх тыллар элбэхтэр. Ынырык диэн олус куһаҕаны этэр буоллахпытына, биирдэ эмэ ынырык үчүгэй диэн аһара үчүгэйин биллэрээри этэн кэбиһэбит. Ол аата бу үчүгэйбит уларыйан ынырыкка кубулуйара чугаһаабытын биллэрэбит.

Киһиэхэ үчүгэйи, туһалааҕы оҥоруу санаата көнөрүн, тупсарын үөскэтэр кыаҕа элбэх. Бары бэйэ-бэйэбитигэр үчүгэйи эрэ оҥоруохпутун баҕарабыт, үчүгэй дии санаабыппытын оҥоро сатыыбыт.

Үчүгэйгэ киһи олус түргэнник үөрэнэр. Ордук атын дьон оҥорон биэрэр үчүгэйдэригэр. Көрдөөтөххө үчүгэйтэн үчүгэй куруук кэлэ туруох курдук. Санаа ханнык да муҥура суох аһара бара туруон баҕарар. Киһи кыахтааҕа буоллар, бары баҕа санаатын толоруо этэ. Ону баара эт-сиин кыаҕа суоҕа эрэ киһи араас элбэх баҕа санаата туоларын хааччахтыыр. Кыайан толорбот баҕа санааларбыт ыра санааҕа кубулуйалларын, олоххо туох да туһаны аҕалбаттарын сахалар былыр-былыргыттан билэн, тылларыгар киллэрэн олус табатык ааттаабыттар.

Дьоҥҥо үчүгэйи оҥордоххо, үгүстэр өссө үчүгэйи оҥотторор санаалара биллэрдик улаатар. «Урут ону оҥорбута, билигин маны кэлэн хайдах оҥорбот буолуой?» диэн санаалара, көрдүүллэрэ аһара барара баар суол. Эдьиийэ ыалдьыбытыгар эмп ыларыгар 5 тыһыынча харчыны биэрбитин кэнниттэн, аны 450 солкуобайдаах кинигэ атыылаһаары харчы көрдөөбүт уонна: «Маны кэлэн ылан биэрбэт буолуоҥ дуо?» - диэн балтыгар эппит.

Ийэлэр оҕолоругар үчүгэйи оҥорор санаалара аһара баран тугу баҕарбытын барытын ылан, тук курдук толорон истэхтэринэ, оҕолоро онно үөрэнэн хаалан, улаатан да баран бары баҕа санааларын толотторо сатыыллара баар суол. Оҕо туох баҕарбытын кэтэһиннэрэ түһэн баран толордоххо тулуурдаах буолуута үөскүүрүн таһынан баҕа санаата үөскээн кэлин бэйэтэ оҥорор буолуутугар туһалыыр.

Оҕо улаатан истэҕинэ иитии ньымата уларыйан, бэйэтэ үөрэниитигэр кубулуйан биэриэхтээҕин аныгы, аһара иллэҥ ийэлэр таба өйдүөхтэрэ этэ. Ол курдук оҕо сатаабат, сыыһа-халты туттар диэн туораппакка барыга-бары көмөлөһүннэрэ, оҥотторо үөрэтии оннук үгэстэри үөскэтэн бэйэтин кыаҕын улаатыннарарын умнумуохха. Сахалар бу үөрэҕи “Туһа киһитэ буолуу” диэн ааттаан оҕо кыра эрдэҕиттэн саҕалаан туһаммытынан бараллара үлэҕэ-хамнаска туһалаах үгэстэр үөскээн олохсуйалларыгар, ийэ кута иитиллэригэр тириэрдэр.

Оҕо барыны бары бэйэтэ оҥоро үөрэниитэ, онтун үгэс оҥостуута өйө-санаата сайдыытын төрүттүүрүн, ийэ кута иитиллэрин төрөппүттэр билиэхтэрэ эрэ. “Үлэ киһини айбыта” диэн этии хаһан да уларыйбат. Эт-сиин араас хамсаныылартан үөрэнэн үөрүйэх буолуута буор кута сайдыытыгар тириэрдэрэ үлэни-хамнаһы кыайарыгар олук буолар.

Дьон өйө-санаата сайдыыта олох тупсуутун үөскэтэрэ үчүгэй элбииригэр тириэрдэр. Биһиги санаабытыгар үчүгэй куһаҕаннааҕар лаппа элбэх. Үчүгэй төһө да элбээһинэ куһаҕаны суох гынар, букатын симэлитэр кыаҕа суох. Ол курдук Сир уонна Күн икки өттүлэриттэн хардарыта тутулуктаахтара хайдах да уларыйбат. Онон үчүгэй диэммит хаһан даҕаны куһаҕаны суох оҥорбот, арай кыччатыан эрэ сөп. Киһи үчүгэйи мэлдьи кэмчилиэхтээх, оччоҕо эрэ үчүгэй аатырыа буоллаҕа. Үчүгэй аһара элбээбэтэ ордук. Ол курдук үчүгэй аһара элбээтэҕинэ куһаҕаҥҥа уларыйар кэмэ тиийэн кэлэр.

Олох сайдыыта, тупсуута аҥардастыы үчүгэйи эрэ аҕалар буолбатах, куһаҕаны эмиэ илдьэ кэлэр, тэҥҥэ улаатыннарар. Дьон өйдөрө-санаалара сайдыбытынан үчүгэйи куһаҕантан арааран олоххо таба туһаналлара олох көрдөбүлэ буолар. Ол курдук сахаларга нууччалар кэлиилэрэ сайдыыны, үөрэҕи, сокуоннары аҕалбыт буоллаҕына, куһаҕаны эмиэ элбэҕи аҕалбыта. Араас урут суох ыарыылар, уоруулар, халааһыннар, бэрик ылааччылар, арыгыһыттар элбээһиннэрэ сайдыы кэлиититтэн ыла элбээбиттэрэ.

Онон олоххо сайдыы, тупсуу кэлиитэ элбэх уларыйыылары киллэрэриттэн үчүгэйдэрин, үрүҥүн, олоххо туһалаахтарын эрэ талан ылан туһаныы сайдан иһэр омуктан көрдөнөр ирдэбил буолар.

ҮЧҮГЭЙГЭ КУБУЛУЙУУ

Айылҕа сүрүн тутулуга сахалыы «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этиинэн быһаарыллар. Бу этиини өйдөөх-санаалаах дьон кытаанахтык тутуһа сылдьаллара сиргэ олох салгыы сайдан иһиитэ туруктаах буолуутугар тириэрдиэ этэ. Хайа эрэ өттүгэр халыйыы, аҥардастыы биир өттүн диэки аһара барыы уһун үйэлэммэт. Ол аата кэмэ кэллэҕинэ туох барыта уларыйан аҥар эбэтэр утары өттүгэр эргийэн биэрэрин, киһи өйдөөх-санаалаах буоларынан арааран билэрэ олоххо таба суолу буларыгар туһалыыр.

Сэбиэскэй кэм салайааччылара бэйэлэрин олус үчүгэй курдук сананыылара үөскээн, тугу оҥорбуттарын барытын, үчүгэйи эрэ оҥорууга туһуланар диэн санааларыттан, ону дьоҥҥо тириэрдэллэриттэн, туох саҥаны, айыыны оҥоруу барыта “үчүгэйи” оҥорууга эрэ туһуланар, оннук аналлаахтарын курдук сыыһа санааны тарҕаталлара. Кэлин бу санаа аһара баран оҕо төрөөтөр эрэ “үчүгэй” киһи буолар диэн өйдөбүлгэ тириэрдэн, дьон оҕолорун кыра эрдэҕиттэн үчүгэй үгэстэргэ үөрэтэн ийэ кутун иитэллэрин, киһи буолууга үөрэтэллэрин бырахпыттара.

Бэйэтэ көрсүө, сэмэй, үчүгэй бэрээдэктээх киһи уһуннук, бу тутуһар бэрээдэгэ үгэс буолуор, үөрүйэххэ кубулуйуор диэри этэҥҥэ сырыттаҕына «Мин бэрээдэктээх киһибин», ол аата үчүгэйбин диэн санаата олохсуйар, үгэс буолан иҥэр кыахтанар. Сааһыран иһэр дьон бэйэлэрин үчүгэйбин диэн сананыылара олохсуйан, үгэс буолан хааллаҕына, мин чахчы үчүгэйбин диэн санаалара халбаҥнаабат, онтон атын, киниэхэ сөп түбэспэт санаалаахтар, туспатык оҥорооччулар бары куһаҕан дьоҥҥо кубулуйар кыахтаналлар.

Дьон үчүгэйбит диэн санаалара үөскээһиниттэн Айылҕа тутулуга, туох барыта эргийэн биэрэр кэмнээҕэ кыайан уларыйар кыаҕа суох. Ол иһин үчүгэй эмиэ кэмнээх-кэрдиилээх буолара, Айылҕа кэмэ уларыйарын курдук, кэмэ кэллэҕинэ, бу үчүгэйбит куһаҕаҥҥа уларыйара, эргийэн биэрэрэ тиийэн кэлиэн сөп. Бу быһаарыы сахалар «Туох барыта кэмнээх- кэрдиилээх» диэн этиилэригэр сөп түбэһэр.

Киһи өйө-санаата уһун үйэтин тухары сыыйа уларыйар. Саҥа үгэстэр үөскээн олохсуйуулара уонтан тахса сылы ыларынан киһи өйө-санаата саҥа үгэстэр үөскээһиннэриттэн соччо кэм иһинэн уларыйан барар. Бу кэм устата күндүгэ-мааныга сылдьар салайааччы киһи эппитэ барыта туолан иһэриттэн уонна атыттар, туһанааччылар арбыылларыттан, хайгыылларыттан тугу да сыыспат, аһара үчүгэй киһи курдук сананыыта үгэс буолан олохсуйар. Төһө эмэ кэминэн, уонча сылынан бу киһи “Мин үчүгэйи эрэ оҥоробун” диэн санаата иҥэн олохсуйдаҕына, үгэс буоллаҕына тугу барытын, атыттарга куһаҕаны да оҥордоҕуна “Миэхэ үчүгэй” диэн санаата букатын уларыйымыан сөп.

Биһиги эрэ үчүгэйбит, аҥардастыы үчүгэйи эрэ оҥоробут диэн этинии киһи киһиэхэ сыһыаныгар сөп түбэспэт, улахан уустуктары, улаханнык сананыыны үөскэтиэн сөп. Ол курдук анараа, атын киһи бэйэтин өйдөбүлүнэн эмиэ үчүгэйи эрэ оҥорор буоллаҕына уонна бу дьон үчүгэй диэннэрэ сөп түбэспэт, утарыта буолан хааллахтарына, аны тапсымахтарын, биир тылы булумуохтарын сөп.

Дьон олохторун туһунан үөрэх «биһиги эрэ үчүгэйбит» диэн өйдөбүлгэ, арахсыыга тиийэн хааллаҕына, «атыттар чахчы куһаҕаннар», биһиэхэ буортуну оҥороллор, абааһылар диэн быһаччы быһаарыы үөскээн тахсар кыахтанар. «Кто не с нами, тот против нас» диэн этии үөскээбит төрүтэ өй-санаа ити курдук икки аҥы арахсыытыттан уонна утарыта өйдөбүллэммиттэриттэн тутулуктаах.

Маннык өйдөбүл үөскээһиниттэн хардары-таары туоратыһан барыы саҕаланыыта уонна сайдыыта олус куһаҕаҥҥа, букатын эйэлэспэт буолууга, өссө аһара быһалыы баран, мөлтөхтөрү суох оҥоро сатааһыҥҥа тириэрдиэн сөп. Ол курдук олус былыргы кэмнэргэ атын итэҕэллээхтэри туоратыы, суох оҥоруу, күдэҥҥэ көтүтүү ити өйдөбүлү туһаныыттан, атыттары абааһыларынан ааттааһынынан оҥоруллара.

Бэйэбин үчүгэйбин дии сананар киһи куһаҕаны оҥоруом дии санаабат. Кини тугу оҥорбута барыта, бэйэтин уонна кинини арбааччылар санааларыгар барыта үчүгэй курдук көстөр, оннук сыаналанар уонна толоруллар. Атын тула көтөр, элбэх туһаны таһаарынар дьон, бу киһи тугу оҥорбутун барытын “үчүгэй” дииллэр, илэ-сала көтөллөр.

Элбэх харчыны бас билэр баһылык салайар, баһылыыр дьонугар үчүгэй киһиэхэ кубулуйуута ити курдук үөскүүр. Хамнас, ас-таҥас барыта бу киһиттэн тутулуктаах буоларынан, тугу эппитэ барыта туоларынан, бу киһи сотору кэминэн хаһан да сыыһаны оҥорбот «күҥҥэ» кубулуйан, онно тэҥнэһэн барар кыахтанар.

Тулалыыр, ас-таҥас таһаарынар дьон аһара арбааһыннарыттан, сирэй көрбөх буолууларыттан, бу киһи бэйэтин туһунан санаата сыыйа-баайа уларыйан, “чахчы үчүгэй эбиппин” дии сананарга тиийэрэ элбэх. Өй-санаа ити курдук уларыйыытын, киһи үчүгэйгэ кубулуйуутун билэллэриттэн сайдыылаах дойдуларга улахан салайааччы, президент иккитэ эрэ быыбарданан, уонча сыл устата улахан дуоһунаска олорон дойдуну салайара көҥүллэнэр.

Салайар былаас аһара күүһүрдэҕинэ аҥардастыы биир тойон салайар кэмигэр бары тойоттор «күн» курдук үчүгэй буолуулара былаастара аһара элбэҕиттэн үөскүүр. Россияҕа тойоттор аһара коррупцияҕа ылларыылара былаастара элбэҕиттэн, өр кэмҥэ уларыйбатыттан, үлэһит дьон өттүлэриттэн сөптөөх хонтуруол суоҕуттан, аҥардастыы, саба баттаан дьаһайар кыахтаахтарыттан үөскүүрүн былаастарын аҕыйатымаары, билигин даҕаны билбэтэҕэ буолаллар.

Бары улахан өй-санаа, таҥара үөрэхтэрэ салайааччыларын бас билиилэригэр киирбиттэр. Киһи үчүгэйи оҥоруутун куһаҕаны оҥоруутуттан арааран тус-туспа тылларынан ааттаабыттар. Былыргы кэмнэргэ үөрэх-билии тарҕана илигинэ итэҕэли күүстэринэн сыбаан тарҕаталлара элбэх этэ. Дьон итэҕэл дьиҥнээх сүрүнүн билбэккэ эрэ салайааччылар этиилэринэн, атыттары үтүктэн итэҕэйэллэриттэн онно киирэн биэрэллэрэ.

Кэлин итэҕэйээччилэр элбээтэхтэринэ салайааччылар былааһы барытын ылан, бэйэлэрэ сокуоннары оҥорон бараллар. Салайааччылар итэҕэл үөрэҕэр бэйэлэригэр туһалаах буккууру киллэрэллэр. Ол курдук улахан дьон бэйэлэрин «үчүгэйбит» диэн санаалара улаханыттан куруук үчүгэйи оҥоробут дии саныылларын олоххо киллэрэллэр. Ол иһин үчүгэй кинилэр өттүлэригэр аһара улаатарыттан куһаҕан диэни атыттар, куһаҕан дьон оҥороллорун курдук өйдөбүлү өрө туталлар, өйү-санааны икки аҥы араарыыны, тус-туспа тылларынан этиини үөскэтэллэр.

Салайааччылар бэйэлэрин олус үчүгэйбит диэн санааларыттан үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа арааран тус-туспа тылларынан ааттааһыны олохсуталлар, куһаҕан дьон туспаларын курдук өйү-санааны тарҕаталлар.

Улахан таҥара үөрэхтэрин салайааччылар бас билэн салайалларыттан өй-санаа икки аҥы арахсыытын, үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа тылларынан ааттааһыны олохсуппуттар. Нууччалар үчүгэйи “хорошо” диэн этэр буоллахтарына, куһаҕаны “грех” диэн туспа тылынан этэллэр.

Ол курдук салайааччылар бэйэлэрин үчүгэйбит, үчүгэйи эрэ оҥоробут диэн санаалара баһыйан барарынан үчүгэйи туспа, үчүгэй тылынан, онтон куһаҕаны туспа арааран ураты, атын, куһаҕан тылынан ааттааһыны олохтууллар. Ол курдук нууччалар саҥа сайдан, бэйэлэрин омуктарын уратыларын билинэн эрдэхтэринэ гректэртэн арахсаары, туспа бараары “грек” диэн тылы “грех” диэн уларытан, куһаҕан өйдөбүллээх тыл диэн ааттаан туһанан, куһаҕан диэн ааттаабыт дьонноруттан, гректэртэн арахсыбыттар.

Католическай таҥара дьиэтэ арыгы иһиитин тарҕатарын утаран саҥа, мусульманскай таҥара үөскээбитэ. Мусульманнар арыгы иһиитин букатын боболлор. Итини тэҥэ харам диэн харбас, бэйэтин диэки тардынар диэн сахалыы куһаҕан өйдөбүллээх тылы ыланнар куһаҕан санааларын туспа тылынан “харам” диэн ааттыыр буолбуттар.

Биһиги сахалар өй-санаа үөрэҕин дириҥник билэрбититтэн киһи өйүн-санаатын билигин даҕаны икки аҥы араара иликпит. Ол быһаарыытынан айыы диэн тылбыт бэйэтэ икки; үчүгэйи уонна куһаҕаны оҥорууну холбуу ылан биллэрэрэ буолар. Өйбүт-санаабыт атыттартан бу улахан уратытын кыһанан туран харыстыыр кэммит кэллэ.

Үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа тылынан ааттааһын холобурунан өй-санаа үөрэҕин коммунистар баһылааһыннарын кэмигэр салайааччылар тыл үөрэхтээхтэрин, учуонайдар уонна суруйааччылар көмөлөрүнэн сахалыы айыы диэн бэйэтэ икки өрүттээх өйдөбүллээх, куһаҕан өрүтэ баһыйар тылбытын икки аҥы араарыыны саҕалаабыттара уонна билигин да оччотооҕу кэм тыл үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылара, учууталлара уонна учуонайдара ону салҕаан иһэллэр. Ол курдук кинилэр үчүгэйи оҥорууну айыы диэн, онтон куһаҕаны оҥорууну, саҥа тылы, «аньыы» диэни булан туһаннаран, өйбүтүн-санаабытын икки аҥы араараары оҥостоллор.

Үрдүкү салайар үлэҕэ биир киһи уһун кэмҥэ үлэлээһинэ, атыттар аһара үчүгэй буола сатааһыннара дьайыытыттан бэйэтин олус үрдүктүк сананыытын, барыны-бары бэйэтэ эрэ билэрин курдук өйдөбүлүн аһара сайыннарар. Государствоны салайыы маннык таһымҥа тиийэн хаалыыта диктатураны, тоталитарнай салайыыны үөскэтэр кыахтанар. Бары улахан таҥаралар үөрэхтэрэ салайааччылар илиилэригэр киирэннэр өй-санаа икки аҥы арахсыытын үөскэппиттэрэ ити курдук дакаастанар.

Бэйэлэрин “үчүгэйбит” диэн санаалара баһыйар кырдьаҕас дьон таҥара үөрэхтэрин баһылаан салайалларыттан бары улахан таҥара үөрэхтэрэ аҥар, үчүгэй диир өттүлэргэр халыйыыны үөскэтэллэрэ олохтон хаалан хаалыыларыгар тириэрдэр. Ол курдук бэйэлэрин үчүгэйбит диэн санаалара баһыйар дьон үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа тылларынан ааттыылларыттан, үчүгэй аһара элбээбит курдук буолуута олоххо хаалыыны, халыйыыны үөскэтэр.

Биһиги тыл үөрэхтээхтэрбит, суруйааччыларбыт, учуонайдар «Биһиги үчүгэйи эрэ айабыт» диэн санаалара аһара барыытыттан айыы диэн тылы үчүгэй эрэ өттүнэн аҥардастыы туттаары саҥа, ханна да суох «аньыы» диэн тылы булан киһи куһаҕаны оҥорор майгынын туспа араараары оҥосто сатыыллар эрээри, айыы диэн тыл сахаларга хаһан даҕаны үчүгэй тылга кыайан кубулуйуо суоҕа. Ол курдук бу тыл “ыы” диэн ытааһын дорҕоонунан бүтэрэ, киһи сыыһа-халты туттунан куһаҕаны элбэтэрэ хаһан да уларыйбатын биллэрэр.

Билигин сахаларга саҥа итэҕэл наада диэн этэллэринэн Тэрис уонна кинини батыһааччылар таҥара үөрэҕэ баарын билиммэттэр, үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа тылларынан ааттыы сатыыллар, саха дьонун барыларын албынныыллар. Бу “үчүгэйбит” диэн ааттанар дьон эстибит сэбиэскэй былаас тобохторо буолаллара ити оҥорор быһыыларыттан чуолкайдык быһаарыллар.

Биһиэхэ сахаларга саҥа, сыыһа итэҕэли оҥоро сатааччыларынан тыл үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылар, учуонайдар буолалларынан айыы диэн бэйэтэ икки өрүттээх өйдөбүллээх, куһаҕан өттө элбэх тылбытын аҥардастыы биир эрэ, үчүгэй эрэ өттүнэн туһанарга ыҥыраллар. Онтон киһи оҥорор куһаҕан быһыыларын туспа арааран, атын тылынан ааттаары, «аньыы» диэн сахаларга суох тылы булан киллэрэ сатыыллар.

Биир киһи оҥорор үчүгэй эбэтэр куһаҕан быһыыларын икки аҥы тылларынан ааттааһын, бу киһи өйүн-санаатын икки аҥы араарыы буолар уонна икки бастаах киһини үөскэтиэн сөбүн тэҥэ, үчүгэй уонна куһаҕан дьон тус-туспа арахсалларыгар, кэлин өйдөспөт буолуулара улааттаҕына, аны сэриигэ эҥин тиийэн хаалыыларыгар тириэрдэр кыахтаах. Ол курдук тус-туспа өйдөөх-санаалаах дьон биир тылы кыайан булумматахтарына, бэйэ-бэйэлэрин абааһынан ааттаан үөҕүстэхтэринэ, билигин даҕаны сэриилэһии эрэ ким кими кыайарын, баһылыырын быһаарара тиийэн кэлиэн сөп.

Үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа арааран, атын-атын тылларынан этии, ааттааһын, бу быһыылары тус-туспа дьон оҥороллорун курдук өйдөбүлгэ тириэрдэр. Биһиги олус үчүгэйбит, онтон атыттар букатын куһаҕаннар, абааһылар диэн өйдөбүлгэ тириэртэҕинэ сэрии да буолуон, икки аҥы арахсыы кэлиэн сөп. Ол курдук үчүгэй дьон оҥорор быһыылара айыы, онтон куһаҕан дьон оҥороллоро «аньыы» буолар диэн этии ити санаалартан, тойон өйүттэн-санаатыттан үөскээн тахсар быһыы буолар уонна биһиги дьоммут өй-санаа арахсыытын дьайыытын билбэттэриттэн, онно киирэн биэриилэриттэн үөскээтэ. Итэҕэли салайааччылар, тойоттор оҥордохторуна, эбэтэр баһылаатахтарына итинник өйү-санааны икки аҥы араарыыга тириэрдэллэр.

Итини тэҥэ үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа тылларынан этии, дьону айыыларынан эбэтэр абааһыларынан ааттааһын биир тыллаах, уруккута биир омуктар арахсар, бэйэ-бэйэлэрин өйдөспөт буолууларын эмиэ үөскэтиэн сөп. Онтон салгыы аһара баран, бу икки аҥы арахсыбыттар кыайан эйэлэспэт буолууларын үөскэтэрэ омук улаханнык эстиитигэр, симэлийиитигэр да тириэрдиэн сөп.

Сахалар өйдөрүн-санааларын икки аҥы араара сатааһыны тохтотор кэм буолла. Биһиги олус уһун үйэлээх омук буолуубутун быһаарар «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этиибитин таба өйдөөн, сыаналаан олохпутугар туһаныахпыт, айыы диэн тылбытын икки өрүттээх өйдөбүлүн уларыппакка эрэ харыстыахпыт этэ.

Нууччалар үчүгэйи “хорошо”, онтон куһаҕаны “грех” дииллэр. Мантан салгыы православнай таҥараларын сайыннаран үгүстэрэ ону итэҕэйиигэ тиийдэхтэринэ атыттары, оннооҕор биир итэҕэллээхтэрин кытта эйэлэспэт буола арахсыахтарын, сэриилэһиэхтэрин сөп. Россия Грузияны, Украинаны кытта сэриилэрэ православнай таҥара үөрэҕэ букатын мөлтөөбүтүн, ыһыллан, үрэллэн эрэллэрин биллэрэр.

Өй-санаа кэмэ кэллэҕинэ уларыйыытын бэйэтэ “үчүгэйбин” диэн сананар дьон билбэттэриттэн, киһи оҥорор быһыыларын икки аҥы араарыыга тиийэллэр. Ол курдук кинилэр санааларыгар бэйэлэрэ олус үчүгэйдэр, куһаҕан санаалара олох суох курдук, үчүгэйи эрэ оҥорор курдук сананаллар. Кинилэр оҥорбуттара барыта “хорошо”, онтон атыттар, куһаҕан дьон оҥоруулара «грех» буолан тахсар.

Өйү-санааны бу курдук икки аҥы араарыы дьон бэйэлэрэ икки аҥы арахсыыларыгар, өйдөспөттөрүгэр, охсуһууларыгар тириэрдэрин тэҥэ, бу арахсыыны күөртээн, улаатыннаран, эйэлэспэт оҥорон биэрэрин Улуу Октябрьскай революция кэмигэр былаас, армия уонна православный таҥара үлэһиттэрэ үчүгэй дьон аатыран дьадаҥылары, үлэһиттэри, саллааттары куһаҕанынан, саҥаны, айыыны оҥорооччуларынан “греховниктарынан” ааттааннар гражданскай сэриини саҕалаабыттара.

Мусульманнар куһаҕан санааны “харам” дииллэр, онтон үчүгэйи бэйэлэрин тылларынан бары тус-туспатык этэллэр. Бу улахан таҥаралар дьон өйүн-санаатын икки аҥы арааран сылдьалларыттан туох эмэ уустук боппуруоска биир тылы булбатахтарына, арахсаннар олус улаханнык хайдыһар, бэйэ-бэйэлэрин кытта охсуһар, сэриилэһэр кыахтаахтар.

Дьон бэйэлэрэ өйдөрө-санаалара сайдан, тупсан, олохторун уопутуттан туһанан сахалыы таҥара үөрэҕин оҕолорун иитэллэригэр туһаналлара ордук буолуо этэ. Биһиги таҥарабыт үөрэҕэ өй-санаа икки аҥы арахсыытын үөскэппэт. Бэйэтэ икки өрүттээх өйдөбүллээх айыы диэн тылбытын уларыппакка туһана сылдьарбыт, өй-санаа туруктаахтык, икки өрүтүн тэҥҥэ сайыннарарын хааччыйарыттан олус уһун үйэни ситиһэн олорорбутун таба сыаналыа этибит.

Олоҕу уһуннук, хас да уонунан сылларга, бэрээдэктээхтик, сыыһа-халты туттубакка олорор киһи төһө да үчүгэйбин диэн санаата үөскээн олохсуйбутун иһин хаһан баҕарар сыыһа-халты туттаммын сыыһаны оҥоруом диэн сэрэҕин сүтэрбэккэ эрэ сылдьара ордук. «От тюрьмы и от сумы не зарекайся» диэн этии, бу өй-санаа уларыйыытын олус табатык быһаарарын олохпутугар туһана сылдьыахпыт этэ. Ол аата үчүгэйгэ кубулуйуу диэн киһи олоҕор сыыйа-баайа да буоллар кэлиэхтээх өй-санаа буоларынан хаһан да аһара барбата ирдэнэр.

Ити курдук үчүгэйгэ кубулуйуу биир киһи олоҕор эмиэ тиийэн кэлиэхтээх өй-санаа уларыйыыта буоллаҕына, омук олоҕор “үчүгэйгэ кубулуйуу” аһара барыыта ыаллыы олорор омуктар олохторугар эйэлээх буолууга улахан уустуктары киллэриэн сөп. Ол курдук бэйэтин барыларыттан “үчүгэйбин” диэн сананара элбээбит омук атыттары, кыралары, кыамматтары үөрэтэн, өй киллэрэн биэриигэ тиийиитэ улахан хайдыһыылар, утарыта туруулар, сэриилэр саҕаланыыларыгар тириэрдиэн сөбүн 20-с үйэҕэ Германия нацистара дакаастаабыттара.

Дьон олоҕор барыларыттан “үчүгэйбит” диэн өйдөбүл, үөрэх үөскээһинэ уонна атыттар куһаҕаннар диэҥҥэ тиийиитэ, Аан дойду иккис сэриитэ саҕаланыытыгар тириэрдибитин остуоруйа үөрэҕэ умнубат эрээри, бэйэлэрин үчүгэйбит диэн сананааччылар, биһигини таарыйыа суоҕа, эмискэ саба түһэн түргэнник кыайыахпыт, «Кыайбыттары сууттаабаттар» диэн санаалара син-биир баһыйарыттан улахан уустуктары оҥоруон сөп.

Билигин дьон өйө-санаата ордук сайдыбыт кэмигэр өйү-санааны итинник, үчүгэйдэр уонна куһаҕаннар, “грехтэр”, “харамнар”, “аньыылар” диэн икки аҥы араарыы туохха тириэрдиэн сөбүн билэн эрдэттэн тохтотор ордук этэ. Ол курдук дьоҥҥо барыларыгар дьайыыта тиийэр Күн таҥара сахалар үөрэхтэринэн сайдан олоххо киириитэ эргэрбит киһи таҥаралар үчүгэйдэрин былдьаһан тус-туспа хайдыһыыларын, сэриилэһиилэрин суох оҥоруо этэ.

Аһара барар биирдиилээн дьону аныгы демократия сокуоннарынан туһанан хааччахтыыр кыах государстволарга барыларыгар билигин баар. Онтон аһара барыылары оҥорор государстволары атыттар бары көмөлөөн кыаҕын-күүһүн мөлтөтөн аһара барарын кыччатыахтарын сөп.

АҔА ТАҤАРА

Оҕо кыра эрдэҕинэ төрөппүттэрин, улахан дьон тугу оҥороллорун үтүктэн, батыһан үөрэнэр. Кинилэри үтүктэн хаамар, хайдах саҥаралларын үтүктэн саҥара үөрэнэр. Дьиэлэригэр сахалыы саҥарар төрөппүттэр оҕолорун кыра эрдэҕиттэн сахалыы саҥарарга үөрэтэр күүстэрэ улаханын туһаныа этибит.

Аҕа уонна ийэ таҥаралар оҕо иитиитин икки өрүтүн үөскэтэллэр, “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэллэриттэн оҕо кыра эрдэҕиттэн ити быһаарыыны тутуһарыгар үөрэтэллэр. Аҕа аан бастаан үлэҕэ-хамнаска үөрэтиини баһылыыр буоллаҕына, ийэ бэрээдэктээх, киһилии быһыылаах буолууга оҕоҕо үчүгэй үгэстэри кыра эрдэҕиттэн иҥэрэринэн иитэр күүһэ ордук улахан. Сахалар өй-санаа үөрэҕин олус былыргы кэмнэртэн баһылаабыттарын киһи кыра эрдэҕиттэн сайдар төрүт өйүн-санаатын ийэ кут диэн ааттаабыттара быһаарар.

Сахалыы таҥара үөрэҕэ төрөппүттэргэ туһата аһара улахан, оҕону иитиигэ таба суолу ыйан биэрэр, ол иһин кинилэр анаан-минээн дьарыктаныа этилэр. Өй-санаа төрүттэрин оҕоҕо иҥэрэн биэриини төрөппүт эрэ ситиһиилээхтик оҥорор кыахтааҕыттан таҥара үөрэҕин туһанааччылар, тарҕатааччылар буолалларын билиниэ этилэр. Өй-санаа тутулуктарын быһаарар аҕа, ийэ таҥаралар олус былыргы кэмнэргэ үөскээн олоххо киирбиттэр.

Оҕо улаатан истэҕинэ өйө-санаата эбиллэн, уларыйан иһэрин аҕа уонна ийэ таҥаралар бааллара быһаарар. “Оҕо таҥарата – төрөппүтэ” диэн этии хаһан даҕаны уларыйбат. Ол курдук оҕолоро кыра эрдэҕинэ төрөппүттэрин куруук батыһа, үтүктэ, кини курдук буола сатыылларыттан, оннук баҕа санааны үөскэтинэллэриттэн улаатан истэхтэринэ баҕа санааларын киһилэригэр, киһи таҥараларыгар кубулуйаллар.

«Оҕом, мин курдук буол», «тугу барытын мин оҥорорум курдук оҥор» диэн этэн үөрэтии төрөппүтү оҕо таҥаратыгар кубулутар, улахан киһи курдук буолар баҕа санааны иҥэрэр, тугу барытын улахан киһи оҥорорун курдук оҥорорго, сыыһа-халты туттубакка үөрэтэр. Оҕо төрөппүттэрин этэллэрин истэриттэн, соннук толороруттан төрөппүтүн курдук майгылаах, быһыылаах буола улаатара быһаарыллар.

Оҕо төрөппүтүн хаһан баҕарар, ким да буолбутун, улаханын, элбэҕи сатыырын иһин үтүктэр, кини курдук, улахан киһи буолар баҕа санаата хаһан баҕарар олохсуйар. Оҕотун киһи быһыылаах буолууга үөрэтиэн баҕарар төрөппүт бэйэтин быстах баҕа санааларын быраҕан оҕотугар үтүө, үчүгэй эрэ өттүнэн көстө, биллэ сатыыра, үчүгэй быһыылары оҥотторо үөрэтэрэ оҕоҕо үчүгэй үгэстэри үөскэтэринэн, ийэ кута иитиллэринэн туһата улаатар.

Кыра уол оҕо аҕатын баҕа санаатын киһитигэр кубулутан таҥара оҥостор кыаҕа улахан. Аҕа оонньуурга, бэрээдэги тутуһарга, ону-маны оҥорорго, үлэҕэ-хамнаска иитэр-үөрэтэр, дьарыктанар буоллаҕына, оҕотун таҥаратыгар быһаччы кубулуйар. Ол аата оҕо баҕа санаатын киһитэ, үтүктэр, батыһар, кини курдук буола сатыыр киһитэ – таҥарата, төрөппүтэ, аҕата буолар.

Аҕа үөрэҕэ сахалыы “Уол оҕо аҕатын туйаҕын хатарыаҕа” диэн өс хоһоонунан бэриллэр. Ол аата оҕо аҕата олорбут олоҕун салгыахтааҕын уонна өссө хатарыллан баһыйыахтааҕын биллэрэр. (12,10).

Үлэҕэ үөрэтии эрэйдээх, оҕоттон ураты тулуурдаах буолууну ирдиир. Үлэҕэ сылдьан сыыһа-халты туттунуу, атыннык, уратытык, айыыны оҥоро сатааһын үгүстүк табыллыбат, куһаҕан буолара элбээн хаалар. Аҕа “Айыыны оҥорума” диэн үөрэҕи тутуһуннара үөрэттэҕинэ оҕото сыыһаны-халтыны оҥорон быстах быһыыга түбэһэрэ аҕыйыыр. Ол иһин аҕа эппитин хайаан да толоруу оҕоттон ирдэнэр көрдөбүл буолар.

Оҕо улаатан иһэн элбэх сыыһаны-халтыны оҥорор кыахтанарын “Атах анныттан алдьархай, илии анныттан илдьиркэй” диэн өс хоһооно биһиэхэ тириэрдэр. Бу өс хоһоонун таба өйдөөн киһи бэйэтэ сыыһа-халты туттунарыттан куһаҕан быһыыны элбэтэрин билэн оҕону киһи быһыытын тутуһарга, аһара барбакка иитиэ, үөрэтиэ этибит.

Хайаан да туолуохтааҕы, оҥоруллуохтааҕы оҥорор буолуу үтүктэн үөрэтиинэн ситиһиллэр уонна үтүктэргэ аналлаах таҥараны үөскэтэр. Ол аата уол оҕо улаатан истэҕинэ үтүктэн үөрэнэр киһитэ, таҥарата, аҕата хайаан да баара өйө-санаата туруктаахтык сайдарыгар туһалаах.

Киһи уһун үйэтин тухары дьон урут оҥорбуттарын курдук оҥоро сылдьара ордук элбэх. Дьон оҥороллорун курдук оҥоруу киһи буолууну, киһи быһыылаах буолууну үөскэтэр. Ол аата оҕо улаатан иһэн тугу барытын улахан киһи, төрөппүтэ оҥорорун курдук оҥорор буолуута киһи буолууну ситиһиитигэр тириэрдэр. Оҕо аҕата оҥорорун курдук оҥорууга дьулуһуута, соннук оҥоруута, кини курдук буола сатааһына аҕатын таҥаратыгар кубулутар.

Аҕалар уол оҕоҕут таҥаратыгар кубулуйаргытыгар баҕарабыт! Барыны-бары бэйэҕит хайдах оҥороҕут да соннук оҥорорго үөрэттэххитинэ, барыта туһалааҕы, үчүгэйи этэҥҥит, тугу эппиккит толоруллар буоллаҕына, оҕоҕут таҥаратыгар кубулуйар кыахтаныаххыт уонна кини, эһиги курдук майгылаах буола улаатарын ситиһиэххитин сөп.

Төрөппүт оҕо таҥаратыгар кубулуйарыгар дьиэ атын кэргэттэрэ «Кини этэрин истиҥ!» «Кини курдук буолуҥ» диэн этэр буолуулара аҕа төрөппүт таҥараҕа кубулуйарыгар олук, тирэх буолар. Бу быһаарыы ыаллар бэйэ-бэйэлэрин ытыктаһалларыттан, этэр тылларын истэллэриттэн улахан тутулуктааҕын бэлиэтиэ этибит. Сахалар ыал буолуу үөрэҕэр туһанар “Тэҥнээҕин булунуу” диэн этиилэрэ төрөппүттэр бэйэ-бэйэлэригэр тэҥнээх сыһыаннарын олохтуурунан оҕону иитиигэ суолтата өссө улаатар. Итини тэҥэ төрөппүт оҥорор быһыытыгар, саҥарар саҥатыгар бэйэтин мөлтөҕүн көрдөрбөтөҕүнэ, оҕото улаатыар, кинини баһыйыар диэри үтүктүөн сөп. Ол иһин төрөппүт хас биирдии этэр тылларын сыаналаан саҥарара, куһаҕан тыллары туттубата, куһаҕан быһыылары оҕотугар оҥорон көрдөрбөтө ордук.

Олох уларыйара түргэтээн иһэр. Түргэнник сайдан иһэр үөрэх, үлэ-хамнас көрүҥнэригэр оҕо төрөппүтүн баһыйа сайдар кыаҕа билигин аһара улаатта. Оҕо улаатан истэҕинэ баҕа санаата эмиэ уларыйан, саҥа баҕа санаалар киирэннэр өйө-санаата уларыйар. Аҕатын таһымын ситиһэн, аһара барарын туһугар атын баҕа санаалары үөскэтинэригэр инники, тупсуу, сайдыы диэки сирдиир өйү-санааны тутуһара ирдэнэр кэмэ кэлэр. Оҕоҕо бу өйө-санаата сайдан, уларыйар кэмҥэ кэлиитин олоххо ордук уопуттаах аҕата быһааран билэн туһалаах сүбэни-аманы биэрэрэ ирдэнэр.

Саҥа сайдан, ону-маны билэн иһэр оҕо өйө-санаата куруук саҥаны билиилэриттэн, урут билбэтин оҥоруутуттан, ол аата саҥаны айыылартан ийэ кута сайдар, үөрэҕи баһылаан билиитэ эбиллэр. Киниэхэ тугу билэн иһэрэ барыта саҥа билии буолан иһэр. Ол иһин оҕо өйө-санаата сайдарыгар олоххо уопуттаах, билиилээх улахан киһи бэйэтин үтүгүннэрэн, көрдөрөн биэрэрэ ордук улахан туһалаах. Оҕо саҥа ньуосканы тутар кэмэ кэлэригэр урут-бастаан уҥа илиитигэр туттара үөрэттэххэ, уҥа илиитинэн урут туттунар буола үөрэнэр, онтон үөрэтии хойутаан, хайы-сах хаҥас илиитинэн бэйэтэ туттуна үөрэнэн хааллаҕына уонна онтун кыайан көннөрбөтөхтөрүнэ, хаҥаһыйа, хаҥас илиитинэн урут туттар киһи буола улаатыан сөп. Ол иһин оҕоҕо аан бастакы үөрэхтэрэ, билиилэрэ хаһан да умнуллубат буола иҥэллэрин, ийэ кутун үөскэтэллэрин төрөппүттэр билэн, кыра эрдэҕинэ урут-бастаан үчүгэйи оҥотторо үөрэтэн, соннук үгэстэри иҥэрэн үчүгэй майгылаах киһи оҥороргутугар баҕарабыт.

Олоххо, үлэҕэ-хамнаска кытаанах, чиҥ көрдөбүллээх уонна олорун оҕотунан толотторор аҕа, Улуу Тойон таҥараҕа кубулуйар кыаҕа улахан. Оҕото бэрээдэктээх, сиэри-туому тутуһар, сыыһа-халты туттубат буолуутугар үөрэтии аҕаттан ирдэнэр тутаах көрдөбүл буоларын умнумуохха. Оҕону тулуурдаах буолууга иитии, үөрэтии сахалыы “Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс” диэн өс хоһоонунан бэриллэр.

Онон оҕо улаатан төрөппүтүн өйүн-санаатын таһымын ситистэҕинэ олоххо сайдыы диэки сирдиир атын баҕа санааны үөскэтинэр, олору ситиһиигэ турунар кыахтанар. Бу кэмҥэ кини баҕа санаата уларыйан, атын таҥараны булунан туспа сыалы-соругу ситиһиигэ туһуланыан сөп. Итини тэҥэ бэйэтэ ыал буолан оҕолонноҕуна, оҕотугар бэйэтэ таҥараҕа кубулуйар кэмэ тиийэн кэлиэн сөп.

Оҕо улаатыытыттан өйүн-санаатын уларыйыыта итинник, ийэ, аҕа таҥараттан саҕаланан сайыннаҕына, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ салҕанан баран иһэрэ хаһан да тохтообот, бөҕө тирэхтээх буолар. Сэбиэскэй былаас кэмигэр дьахталлар баһылаан салайар кэмнэрэ үөскээн, аҕалар иитэр, үөрэтэр күүстэрэ мөлтөөһүнүттэн билигин эдэрдэр үлэни-хамнаһы кыайаллара биллэрдик аҕыйаата. Бу быһыы көнөн, аҕалар баһылыыр оруоллара улааттаҕына, үлэҕэ-хамнаска үөрэтии тарҕаннаҕына эдэрдэр үлэни-хамнаһы кыайыылара саҕаланыа этэ.

ИЙЭ ТАҤАРА

Оҕо кыра эрдэҕинэ төрөппүтүгэр туохха барытыгар баһыттарар, ол иһин төрөппүтүн үтүктэр күүһэ улаатар. Оҕо төрөппүтүн үтүктэн, тугу барытын кини оҥорорун курдук оҥоро үөрэниитэ киһи буолууну ситиһиитигэр тириэрдэрин төрөппүттэр билэн, туһаныа этилэр. Ол курдук хас биирдии төрөппүт оҕото кини курдук буола улаатарыгар улаханнык баҕара саныырын бэйэтин үтүгүннэрэн үөрэтэн ситиһэр кыахтаах.

Оҕо баһыттарар, ытыктыыр, сыаналыыр, кини курдук буолуон баҕарар төрөппүтүн үтүктэр батыһар киһитигэр - таҥаратыгар кубулутар. Дьаһаллаах, сыыһа-халты саҥарбат, туттубат элбэх билиилээх-көрүүлээх төрөппүтүн оҕо ытыктыыра, эппит тылын истэрэ, толороро биллэр. Кытаанах майгылаах ийэни, эппит тылын иһитиннэрэр, толотторор буоллаҕына, оҕото таҥаратыгар, үтүктэр, батыһар киһитигэр чахчы кубулутуон сөп.

Олоххо уопуттаах, барыны-бары билэр, сирдээн иһэр, өй уган биэрэр төрөппүт оҕотугар таҥара буолар кыаҕа улаатар. Олоххо бэйэ холобурунан туһанан оҕону иитии туһата, тиийимтиэтэ ордук улахан. Хас биирдии оҕоҕо, ордук кыыс оҕолорго ийэлэрин курдук буолар баҕа санааны үөскэтии, иитиэхтээһин, ийэ оҕотугар таҥара буолуутун үөскэтэр. Ол аата ийэ оҕотун баҕа санаатын киһитигэр кубулуйуута таҥаратын үөскэтэр.

Кыыс оҕо таҥарата – ийэ таҥара. Ол эбэтэр ийэтэ кыыс оҕо кини курдук буола сатыыр таҥарата буоллаҕына, ийэтин курдук өйдөөх-санаалаах, үлэһит буола улаатара кыаллар.

Оҕолор кыра эрдэхтэринэ ийэлэрэ куруук көрөр-истэр, араас баҕа санааларын “тук” курдук толорон иһэр буоллаҕына, кинини таҥаратыгар кубулутумуон сөп. Аһара көрөр-истэр, бары баҕатын толорон иһэр ийэни оҕо хамначчытын, үлэһитин курдук саныы улаатара баар суол. “Ийэ сүрэҕэ-оҕотугар, оҕо сүрэҕэ-тааска” диэн этии итини бигэргэтэр.

Ылыы, иҥэринии өйө-санаата дьахтарга ордук элбэх. Бу быһаарыы дьахтар эр киһиттэн ыларынан чуолкайданар. Дьиэни-уоту тэрийиигэ дьахталлар баһыйаллар. Ийэ таҥара кыыс, дьахталлар таҥаралара. Бу таҥара өйө-санаата кыргыттар, дьахталлар өйдөрүгэр-санааларыгар иҥнэҕинэ омук сайдан иһиитэ, ахсаана эбиллиитэ оннугар түһүө этэ.

Билигин ийэ таҥара умнуллан сылдьар. Ол аата ийэлэр оҕону аҥардастыы атаахтатан, маанылаан иитэр, улаатыннарар буоллулар. Ийэ таҥараны хаалларыыттан, аанньа ахтыбат буолууттан дьахталлар оҕоломмот буолан иһэллэр, биир эмэ оҕолоругар үчүгэй быһыылары оҥорууга бэйэлэрэ холобурдарын көрдөрдөттөр. Оҕону көрүү, иитии, үөрэтии букатын атын хайысханан, оҕолору киһиргэтии, маанылааһын, атаахтатыы диэки халыйан баран иһэрэ араас, ол-бу, буолар-буолбат саҥаны айыылары, буруйу-сэмэни, быстах быһыылары оҥорооччулары, сыыһа-халты туттааччылары элбэтэр, онтон тулуурдаах, үлэни-хамнаһы кыайааччылары аҕыйатар.

Ийэ оҕотун өйө-санаата сайдыытыгар ылар оруолун үрдэтэргэ, оҕо өйө-санаата сайдыытын кут-сүр үөрэҕэ быһаарыыларын билии туһалыаҕа. Былыргы сахалар оҕо төрүт кутун ийэ кут диэн ааттаабыттара оҕо кыра эрдэҕиттэн өйө-санаата сайдыытыгар ийэтэ ылар оруолун таба сыаналыыр. Ол курдук оҕо кыра эрдэҕиттэн ийэ кута үчүгэй үгэстэргэ, киһилии быһыыга иитиллэн, киһи буолуу үөрэҕин баһылыыра, туох барыта икки өрүттээҕин билэрэ, өйө-санаата туруктаахтык сайдарыгар тириэрдэр кыахтааҕын туһаныа этибит.

Оҕо аан маҥнайгы саҥарар тылларыттан ханнык омук буола улаатара, ийэтин, аҕатын ким диэн ааттаан ыҥырара иҥэр, олохсуйар. Ол иһин оҕо өйө-санаата сайдарыгар аан маҥнайгы тылларын саҥарда үөрэтэр ийэ ылар оруола олус үрдүк, оҕо өйүн-санаатын төрүттүүр кини буолар. Ол иһин ийэ таҥара үөскээбит.

Саха омук баар буолуута, саҥарар тылбыт уларыйбата аан маҥнай оҕолору саҥарда үөрэтэр дьахталларбытыттан тутулуктаах. Оҕо аан маҥнайгы тылларын сахалыы саҥара үөрэннэҕинэ саха буолуута иҥэн олохсуйар. Саха дьахталлара атын омук буола сатаабатахтарына, оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн атын омуктуу саҥарда үөрэппэтэхтэринэ саха омук уһун үйэлэргэ баар буолуо.

Кэлин оҕо улааттаҕына, бэйэтин өйө-санаата сайдан төрөппүтүн баһыйдаҕына, атын, ордук сайдыылаах киһини батыһан, үтүктэн таҥара оҥостуон сөп эбэтэр бэйэтэ оҕолонон, оҕолорун иитиигэ кыһанан бэйэтэ кинилэр таҥараларыгар кубулуйар кыахтанар.

Дьахталлары кыра хамнастаах үлэһит дьоҥҥо кубулутууну сэбиэскэй былаас эстэрин саҕана ситиспитэ. Эр дьон батталларыттан босхолообут, үлэлииргэ көҥүлү биэрбит аатыран бары кыра хамнастаах үлэлэргэ дьахталлары үлэлэтэллэрэ. Үлэлиир дьахталлар оҕону төрөтөллөрө аҕыйаабыта, биир, икки оҕолонон баран бүтэр буолбуттара.

Ийэ буолуу үчүгэй, кыыс оҕо үтүктэр майгына буоларын ийэ таҥара баара биллэрэр. Ийэ таҥараны итэҕэйбэт кыргыттар ийэ буолар санаалара суох, күүлэйдии, быстах санааларыгар баһыттаран таҕылларын тарҕата сылдьыахтарын эрэ баҕарар буола улааталлар. Улааппыт, өйө-санаата сиппит, киһи буолууну баһылаабыт, олоҕун киһи быһыылаахтык олорор киһиэхэ төрөппүт таҥара буолар суолтата кыччаан барар. Оҕо бэйэтэ төрөппүт буолар кэмэ тиийэн кэлэринэн бэйэтэ оҕотугар таҥара буолар кэмэ син-биир тиийэн кэлэр. Таҥара кэмэ кэллэҕинэ уларыйан биэрэр аналлааҕа итинэн быһаарыллар. Ол курдук айылҕа халбаҥнаабат сокуонунан туох барыта кэмэ кэллэҕинэ уларыйыахтаах, атын, олоххо сирдиир саҥа баҕа санааны иҥэринэн саҥалыы таҥыллан үөскүөхтээх. Саҥа баҕа санааны үөскэтинии саҥа таҥара үөскээһинигэр тириэрдэр. Арай мөлтүүр, ахсыыр кэмигэр санаатын бөҕөргөтөргө анаан биллэр кыайыыны ситиспит киһи өйүн-санаатын көмө, тирэх оҥостуон сөп.

Кыыс оҕолор бары ийэлээхтэр, ийэлэрин көрүүлэринэн-истиилэринэн улаатан, өйдөрө-санаалара сайдан иһэр. Аҥардас ийэ даҕаны сахалыы таҥара үөрэҕин туһанан кыыһын улаатыннарар, өйүн-санаатын бэйэтин курдук сайыннарар кыахтаах. Арай кыыс оҕото эр киһи араас ураты көрдөбүллэрин билбэккэ улаатыыта өйө-санаата аҥар өттүн диэки халыйыытын үөскэтэр кыахтаах. Ол курдук аҥардас дьахтар оҕото улааттаҕына эмиэ эргэ тахсыбакка, эр киһилиин тапсыбакка аҥардас хаалар кыаҕа улаатан хаалар.

Онон, төрөппүт оҕотун олоххо сирдээн иһэр, үтүктэр, батыһар киһитигэр кубулуйуута, кинини баҕа санаатын киһитигэр, таҥаратыгар кубулутан киһи буолууну ситиһэригэр туһалыыр. Оҕо ийэ кутун иитии ийэ таҥара үөрэҕэр киирсэринэн киһи киһи буолууну ситиһэригэр ылар оруола ордук улахан. Таҥара үөрэҕэ диэн төрөппүт оҕотун иитэр, үөрэтэр үөрэҕэ буолара итинник быһаарыллар.

САХАЛАР КҮН ТАҤАРАЛАРА

Күн сахалар саамай улахан, үрдүк таҥаралара. Үрүҥ Күн диэн ааттанар. Саас халлаан сылыйан барыыта “Күн уоттанан эрэр” диэн этиинэн билиниллэр. Кырыалаах кыһын кэнниттэн итии күннээх сандал саас кэлиитэ Күнү таҥараҕа кубулуппут.

Саха дьахталлара бэргэһэлэрин сүүһүгэр иилинэр төгүрүктэрэ, түөстэрин киэргэлигэр баар төгүрүктэрэ уонна боотурдар түөскэ кэтэр куйахтарын улахан төгүрүгэ бары Күн диэн ааттаналлар. Сахалар Күнү айылҕа төрүт тутулугунан ааҕалларын Үрүҥ Күн диэн ааттыыллара биллэрэр. Үрүҥ Күн ойуутун Саха сирин былааҕын сүрүн бэлиэтинэн ылыммыттара сахалар Күн дьоно буолалларын, Күн таҥаралаахтарын дьоҥҥо барыларыгар көрдөрөр.

Сахаларга таҥаралара элбэх. Олус былыргы кэмнэргэ үөскээбит, оччотооҕу хаалыылаах кэмҥэ туттулла сылдьыбыт таҥаралар, дьон баҕа санаалара билигин да умнуллан хаалан хаалбаккалар саха дьонун өйдөрүгэр-санааларыгар билигин да иҥэн сылдьаллар. Аныгы, сайдыбыт тупсубут үйэҕэ олус былыргы таҥаралар дьон өйүгэр-санаатыгар туох да туһалара суохтар. Аныгы үөрэхтээх киһини “Суор курдук буол” диэтэххэ таба өйдөөбөккө өһүргэниэн сөп.

Дьон үчүгэй киһи буола улаатар баҕа санааларыттан үөскээбит киһи таҥаралар билигин Аан дойдуга сайдан, баһылаан сылдьаллар. Дьон бары кэриэтэ үчүгэй киһи буола улаатар баҕа санааларын ситиһэр кыахтаммыттарыттан аны саҥа, Күн таҥара дьоҥҥо наада буолла. Ол курдук билигин айылҕа уларыйан иһэрэ түргэтээн айылҕаны харыстыыр санаалаах дьон элбээн иһэллэр.

Сахалар таҥара туһунан билиилэрэ олус былыргы, саха тыла саҥа үөскээн эрдэҕиттэн ыла тэнийэн, тарҕаммытыгар сөп. Ол курдук таҥ диэн төрүт сахалыы тылбыт. Быһаарыылаах кылгас тылдьыкка сурулларынан таҥ диэн тыл икки араас суолталаах:

- туох эмэ оҥоһугу, массыынаны чаастарын холботолоон үлэлиир, туттуллар гына оҥор;

- тугу эмэ аттаран таһаар, ай.

Өй-санаа үөрэҕэ былыр-былыргыттан сахалыы тылынан таҥара үөрэҕэ диэн ааттаныыта бэйэтэ туспа быһаарыыга наадыйар. Тенгрианство диэн үөрэх сахалыы таҥара, таҥара үөрэҕэ диэнтэн үөскээн тахсыбыта чуолкай. Ол курдук нууччалар аан маҥнай бэйэлэрин православнай таҥараларын үөрэҕин сахаларга тарҕатаары “бог” диэн ааттааҥ диэн төһө эмэ этэ, ыга-хаайа сатаабыттарын иһин, сахалар өй-санаа үөрэҕэ таҥара үөрэҕэ диэн ааттанарын былыр-былыргыттан билэллэриттэн таҥара диэн ааттыылларын уларыппатахтар, саҥа киирэр нууччалар “богтарын” үөрэҕин сахалыы тылынан таҥара үөрэҕэ диэн ааттаабыттар. Бу быһаарыы дакаастабылынан сахаларга Буох Диэхсин диэн ааттаах киһи баар буола сылдьыбыта сурукка киирбитэ буолар. Ол курдук бу киһибит сахаларга нууччалар “богтарын” “Буох диэн” этиҥ диэн элбэхтэ этэ сатаабытын, күлүү гынан хос ааттаан кэбиспиттэрэ иҥэн хаалбытыгар сөп.

Таҥара диэн тылбыт ким эрэ хомуйара, таҥара, холбуура диэн быһаччы өйдөбүллээх. Түүллэри үөрэтии түмүгүнэн хас биирдии туспа үгэс буолбут өйдөбүл бэйэтэ туспа сылдьар кыаҕа быһаарыллыбытын кэннэ, элбэх үгэстэртэн өй-санаа хомуллан, таҥыллан үөскүүрэ билиннэ. Таҥара диэн өй-санаа үөрэҕэ уһун үйэлэргэ элбэх көлүөнэлэр үөрэхтэриттэн, билиилэриттэн, үгэстэриттэн хомуллан, таҥыллан үөскээбитин таҥара диэн аата биллэрэр. Сахалар былыргы таҥаралара элбэхтэр эрээри аныгы киһи сайдыытыгар киһи таҥараттан уратылара туһалара аҕыйах. Билигин дьоҥҥо туһалыылларынан элбэх ахсааннаах киһи таҥара үөрэхтэрэ биллэллэр. Санаа олус кыра, умнуллан, суох буолан хаалар дии саныырбыт сыыһа. Санаа мунньулуннаҕына, хатыланнаҕына күүһүрэр, үгэскэ кубулуйдаҕына умнуллубат, киһини бэйэтин салайар кыахтанар. Үгүс үгэстэртэн хомуллан, таҥыллан киһиэхэ кута үөскүүр. Ол курдук өй-санаа биир бөлөҕө үгэс, бэйэтэ туспа сылдьар кыахтанарын түүлгэ көрөн арааран билэбит.

Кут диэн киһи этин сиинин быһаччы хамсатарга аналлаах өй-санаа түмсүүтэ ааттанар. Сахалар киһиэхэ үс кут баарын уонна бу куттар бэйэ-бэйэлэригэр хайдах сыһыаннаһалларын быһааран билэн тылларыгар киллэрбиттэр. Салгын кут үөрэнэр, ийэ кут үгэстэргэ иитиллэр буоллахтарына, буор кут эрчиллэн үөрүйэх буолар. Куттар тустарынан биһиги “Кут-сүр үөрэҕэ” үлэбититтэн билсиэххэ сөп.

Өй-санаа бу куттар курдук хомуллан, таҥыллан үөскүүрүн сахалар билэннэр таҥара диэн баҕа санаа мунньуллуутун, үгэс буолуутун ааттаабыттар. Ол аата таҥара диэн мунньуллубут, таҥыллыбыт, өссө күүһүрбүт, үгэс буолбут өй-санаа буолара быһаарыллар.

Таҥара диэн биһиги сахалар өй-санаа туһунан үөрэхпит. Биһиги сахабыт тылынан таба этиллэр, суолтата уонна өйдөбүлэ эмиэ сөп түбэһэр. Ол курдук таҥара үөрэҕэ баар буолуута оҕо үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран билэригэр, олоҕор туһанарыгар аан маҥнай улахан дьону үтүктэн үөрэнэрэ туһата улаханын биллэрэр. Ол аата оҕо үтүө, үчүгэй быһыылары оҥорууну улахан дьонтон ылынан, олору үгэс оҥостунан ийэ кутугар иҥэринэн, иитинэн улаатара уонна үчүгэй санаалары санаан салгын кутун, өйүн-санаатын киһилии суолунан сайыннарарыгар таҥара үөрэҕэ көмөлөһөр.

Былыр-былыргыттан дьон өйө-санаата сыыйа-баайа сайдан, үүнэн, үрдүкү сайдыыны ситиһэн иһэр бэлиэлэринэн өй-санаа үөрэҕэ кэмиттэн кэмигэр, сайдан, үүнэн, тупсан иһиититтэн аата, сыала уларыйан биэрэрин таҥара аата кэмиттэн-кэмигэр уларыйан иһэрэ биллэрэр. Ол курдук олус былыргы кэмнэргэ дьон саҥа сайдан истэхтэринэ, бултаан эрэ аһыыр эрдэхтэринэ таҥаралара араас улахан кыыллар, көтөрдөр буолар эбит буоллахтарына, кэлин өй-санаа сайдан, тупсан иһиитэ үчүгэй киһи таҥара баар буоларыгар билигин тириэрдибитин Будда, Христос уонна Аллах диэн ааттарынан элбэх дьон билинэллэр.

Өй-санаа сайдан истэҕинэ ситиһэ сатыыр баҕа санаа уларыйарынан дьон таҥаралара эмиэ уларыйан биэрэн, саҥа таҥаралар үөскээн испиттэр. Сахалар бэйэлэригэр холбоспут атын омуктары ыкпатах, бэйэлэрин өй-санаа үөрэхтэрин эрэ ордорон атыттарга соҥнуу сатаабатахтарын бэлиэтээн элбэх таҥаралаах буолбуттар.

Өй-санаа үөрэҕэ биир кэмҥэ, ким эрэ салайыытынан үөскээбэт, баар буолбат, уһун үйэлэргэ үгүс дьон олохторун үөрэҕиттэн, уопутунан хомуллан олоххо киирэн иһэр. Киһи быһыылаах, көрсүө, сэмэй майгылаах дьон олоххо, үлэҕэ-хамнаска оҥорор ситиһиилэрэ элбиириттэн, уһун үйэни ситиһэр кыахтаналларыттан оҕолоро киһи быһыылаах буола улаатыахтарын баҕарар төрөппүттэр үөрэхтэриттэн хомуллан, таҥыллан таҥара үөрэҕэ үөскүүр. Ол иһин биһиги олус уһун үйэлээх сахалыы тылбытыгар иҥэн сылдьар олохпут уопутун, өс хоһооннорбутун, кынаттаах этиилэрбитин хомуйдахпытына таҥарабыт үөрэҕэ арыллан тахсан, биллэн, оннугар түһэн иһэр.

Сахалыы киһи таҥара үөрэҕэр киирсэллэр:

1. Киһи буолуу үөрэҕэ. Бу үөрэх оҕо кыра эрдэҕиттэн улахан киһини үтүктэн үөрэнэн киһи буолууну ситиһиэр диэри туһалыыр.

2. Киһи быһыылаахтык олоҕу олоруу. Киһи буолууну ситиспит оҕо хаһан да аһара барбакка, аһара туттубакка өлүөҕэр диэри тутуһа сылдьар үөрэҕэ киһи быһыылаах буолуу, сиэри тутуһуу диэн ааттанар.

Оҕо улаатан өйө-санаата, туттунар быһыыта сайдан иһиитэ улахан киһи оҥорор быһыыларын үчүгэйдик, тупсаҕайдык оҥоро үөрэнэриттэн быһаччы тутулуктаах. Бу, улахан киһи оҥорор бары быһыыларын үчүгэйдик, табатык оҥоро үөрэннэҕинэ, оннук үгэстэр үөскээтэхтэринэ, үчүгэй быһыылаах киһи буола улаатыан сөп. Ол аата улахан киһи оҥорор быһыыларын оҕо табатык оҥоро үөрэниитэ, көрсүө, сэмэй буолуута киниттэн ирдэнэр тутаах көрдөбүл буолар.

Сахаларга киһи буолуу үөрэҕэ сайдыыта оҕо улаатан иһэн өйө-санаата уларыйыытын билэллэрин биллэрэр. Итини тэҥэ оҕо үтүктэр, батыһар киһитэ үчүгэй быһыылаах киһи буоллаҕына, бэйэтэ кинини үтүктэн үчүгэй майгылаах, быһыылаах буола улаатар кыахтанар. Ол иһин оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ үчүгэй киһи таҥара, баҕа санаа киһитэ баара ордук туһалааҕа биллэр, киһи баҕа санаатын толороору олоҕу олороруттан үчүгэй быһыылары оҥороро элбиир.

Биһиги сахалар олохпут үөрэҕэ «Туох барыта икки өрүттээх» диэн айылҕа тутаах сокуонугар сөп түбэһэр. Сахалар бары бу этиини тутуһаллар. Ол курдук киһи өйө-санаата, мэйиитэ биир буоларынан, онтон оҥорор быһыылара икки аҥы; үчүгэй уонна куһаҕан диэннэргэ арахсалларыттан өйү-санааны быһаарар ай диэн тылбыт соҕотох уонна икки аҥы; үчүгэй уонна куһаҕан өйдөбүллэрин холбуу иҥэринэн сылдьар.

Баспыт иһигэр саныыр санаабыт ай диэн тылынан этиллэр буоллаҕына, ол санаабытын илэтигэр оҥорон таһаардахпытына “ыы” диэн ытааһын сыһыарыыта эбиллэн айыы диэҥҥэ уларыйан, куһаҕан өттө улааппытын биллэрэр. Ол аата киһи бэйэтэ оҥорор быһыыларыттан ордук улахан сэрэхтээх буолуохтааҕа быһаарыллар.

Биһиги сахалар олус былыргы кэмҥэ, саҥа, улахан таҥаралар үөскүөхтэрин быдан иннинэ үөскээбит, олоҕун булуммут, өйгө-санааҕа сөп түбэһэр таҥарабыт үөрэҕин атын, буккуллубут, улахан таҥара үөрэхтэрэ кылапачыгастара элбэҕинэн баһыйалларыттан билбэтэҕэ буола сылдьабыт. Ол курдук биһиги таҥарабыт үөрэҕэ айыы диэн тылбыт икки өрүттээх өйдөбүллээҕин билинэриттэн, тутуһарыттан өй-санаа икки аҥы арахсыытын үөскэппэт. Өй-санаа кэмиттэн кэмигэр уларыйан, эргийэн биэрэр уратытын сахалар билэннэр олохторугар туһанар буоланнар, маннык уһун үйэни ситиһэр кыахтаммыппытын билиниэхпит этэ.

Сахалар таҥараларын үөрэҕэ киһи өйө-санаата сайдыытыгар ордук сөп түбэһэрин икки тус-туспа киһи таҥара баара биллэрэр. Ол курдук сымнаҕас майгылаахтар таҥаралара Үрүҥ Аар тойон буоллаҕына, кытаанах майгылаахтар, эр дьон таҥаралара Улуутуйар Улуу тойон буолар. Кырыалаах кыһыннаах сахабыт сиригэр кытаанах санааны иҥэрэр Улуу тойон таҥара эрэ дьон олоҕу сайыннаралларыгар кыах биэрбитин билиниэ этибит. Бу таҥарабытын умнаммыт тыабыт сирин ыарахан үлэлэрин кыайар кыахтаах дьоммут аҕыйаатылар.

“Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини быһаччы тутуһар сахалар Күн таҥарабыт үөрэҕэ сайдан, тупсан иһэр, демократия үөрэҕин тутуһар сайдыылаах дьон-аймах таҥаралара буолар кэмэ кэлэн иһэр. Өй-санаа үөрэҕин оннун булларыыга, сахалар таҥараларын үөрэҕин тарҕатыыга биһиги бары үлэлэрбитин аныыбыт.

Дьон өйдөрө-санаалара сайдан киһи буолууну ситиһэр буолбуттарын кэннэ киһи; Будда, Христос, Мухаммед таҥаралар суолталара түһэн иһэрин тэҥэ араас улахан хайдыһыылары үөскэтэ сатыыр кэмнэрэ кэлэн иһэр. Бу хайдыһыылары суох оҥорор туһуттан уонна билигин айылҕа уларыйыыта биллэрдик түргэтээн иһэринэн айылҕаны харыстыыр санаа улаатарынан, дьоҥҥо барыларыгар дьайыыта тиийэринэн Күн таҥара саҥалыы сайдар кэмэ тиийэн кэллэ. Күн таҥаралаах, Күн таҥара үөрэҕин тутуһар сахалар дьон сайдыыны ситиһиилэригэр инники күөҥҥэ тахсар кыахтаннылар.

ӨЙ – САНАА УРАТЫЛАРА

Өй-санаа, таҥара үөрэхтэрэ сахаларга төһө былыргы кэмнэргэ сайдыбыттара кыайан быһаарыллар кыахтара суох ыраах, былыргы. Ол курдук ай диэн икки дорҕоонноох тылтан үөскээбит айыы диэн өйү-санааны, киһи саҥаны айыыны оҥорор кыаҕын быһаарар тылбыт үөскээбитэ саха тыла, өй-санаа саҥа сайдан истэҕинэ буолбутугар сөп.

Сахалар өй-санаа үөрэҕин дириҥник сыаналыыллар, баҕа санаа үөскээһинин уратыларын олоххо таба туһаналлар. “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн баҕа санаа эмиэ икки өрүттэнэр. Киһи олоҕор бэйэтин кыаҕынан олоххо киллэрэр баҕа санаата киһилии баҕа санаа диэн ааттанар буоллаҕына, санаатыгар эрэ оҥорон көрөр баҕа санаалара ыра санаалар диэн ааттаналлар. Киһи өйө-санаата төһө ыраахха диэри дьайарыттан, дьайыыта тиийэриттэн икки аҥы арахсарын эмиэ билэн тылларыгар киллэрбиттэр:

1. Кылгас эбэтэр быстах өй-санаа.

2. Уһун санаа.

Өй-санаа бу уратыларын төһө кыайарбытынан олох холобурдарынан туһанан ырытан көрүөхпүт:

1. Үгүс дьон өйө-санаата кылгас. Күннээҕинэн, субу баарынан сылдьаллар. Күннээҕи кыһалҕаларыттан, үлэттэн-хамнастан, дьиэ-уот көрүүтүүттэн ордон ырааҕы эргитэ санаабаттар, субу кэмнээҕи, сотору кэлэр үчүгэйи ордук сыаналыыр, туһанар курдуктар. Ол курдук тото аһааһын киһиэхэ кэлэр аһылыкка эрэ диэри үчүгэйи аҕалар эбит буоллаҕына, минньигэһи сиэһин амтана сүтүөр эрэ диэри дьайыыта тиийэринэн кылгас санааҕа, күн устата хаста да оҥоруллар быһыыга киирсэллэр.

Кылгас санаа туһунан этиилэр элбэхтэр. «Уһуну, киэҥи санаабат», «Атаҕын тумсуттан ырааҕы көрбөт», «Санаата бүгүҥҥүнэн бүтэр» диэн этиилэр бары кылгас, күннээҕи санаалары быһаараллар.

Киһи бэйэтэ эмиэ “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн икки аҥы арахсарынан эт-сиин баҕа санаалара аһааһын, сынньаныы, баҕаны ханнарыы буолалларынан түргэнник толоруллар быстах баҕа санааларга киирсэллэр. Онтон өй-санаа баҕа санаата үөрэххэ, үлэҕэ-хамнаска сыһыаннаахтарынан, хойутаан туолалларынан уһун санааҕа киирсэллэр.

Кылгас, быстах санаа дьайыыта бэргэһэни тиэрэ кэтэн кэбиһииттэн ордук биллэр. Ол курдук бэргэһэни тиэрэ кэтэн кэбистэххэ айыыны оҥоро охсон соҕотохто ураты, туспа киһи буола түһүү кыалла охсоро табыллар. Урукку кэмҥэ хаатыҥка, саппыкы осторун кылгас гына тиэрэн кэбиһии эдэр уолаттарга баар этэ. Ити түргэнник оҥоруллар быһыылар, саҥаны айыылар улаатан эрэр оҕолор бэйэлэрин уратыларын биллэрэ сатаан таптаан туһанар ньымаларыгар киирсэллэр.

Кылгас санаа быстах санаа диэҥҥэ тиийэн хаалара элбэх. Ол курдук ситэ толкуйдамматах, туох содул үөскүүрэ табан быһаарыллыбатах санаа быстах санаа диэн ааттанар уонна олору толоруу үксүгэр куһаҕаҥҥа тириэрдиэн сөп. Быстах санаалаах киһи быстах быһыыны оҥороро элбэҕин, куһаҕан быһыыны элбэтэрин сахалар билэн “Санаабычча быһыылаах” диэн арааран эппиттэр.

Санаа олус түргэн, кылгас кэм иһигэр элбэҕи ырытан, толкуйдаан таһаарыахха сөп. Маннык оҥордохпуна үчүгэй, таба буолуон сөп диэн санаа хас киһиэхэ барыларыгар баар буолара ордук этэ.

Улуу Өктөөп өрө туруутун кыайыытыгар бары кыахтарын ууран аан бастаан иһээччилэринэн оробуочайдар, туохтара да суох үлэһиттэр буолбуттара. Кинилэр ханнык да баайа-мала суох буолууларыттан уһуну-киэҥи санаабаттарыттан ордук харса-хабыра суох былааһы уларытыыга туруммуттара, олохторо ыйга иккитэ ылар хамнастарыттан быһаччы тутулуктааҕа кылгас санааланыыларын үөскэппитэ былааһы былдьаһыыга аһара күүскэ турунууларыгар тириэрдибитэ.

Дьон өйө-санаата ситэ сайда илигинэ, бассабыыктар этиилэрин ылынан сыыһа суолга туруналларыгар аһара батталтан, туоратыыттан үөскээбит кылгас санааламмыттара улахан оруолу ылбыта. 74 сыл ааспытын кэнниттэн, бу сыыһа оҥоруллубут өрө туруу содула көннөрүллэн, билигин Россия дьоно урукку, ыраахтааҕы кэмин саҕанааҕы олохторугар сыыйа төннөн эрэллэр. Ол иһин өй-санаа уларыйыыта салҕанан баран иһэр.

2. Киһи өйдөөх-санаалаах буолуута субу оҥорор быһыыларыттан ураты, хаһан эрэ ыраах кэмҥэ кэлиэхтээх, туһалыахтаах быһыылары эрдэттэн бэлэмнээн, былааннаан оҥороругар кыах биэрэр. Ол аата киһи олоҕун ырааҕы, инникини толкуйдаан оҥосторо өйө-санаата үрдүк сайдыыны ситиспитин бигэргэтэр.

Киһи олоҕо син уһун. Оҥорор быһыыларын эрдэттэн ырытан, тугу ситиһиэн сөбүн былааннаан ааҕынара хаһан баҕарар туһата улахан. Өссө кэлэр көлүөнэлэрим тустара диэн эмиэ саныыра, тугу эмэ уурунара, мунньунара, үйэлээҕи оҥороро, тутара эмиэ ааҕыллар. Холобурга, саҥа дьиэ тутта сылдьан оҕолорум, сиэннэрим олоруохтара дии санаатаҕына ырааҕы толкуйдуура, уһун санаалааҕа быһаарыллар.

Киһи ханнык баҕарар оҥорор быһыытын эрдэттэн ырытан, толкуйдаан, туох, ханнык содуллар үөскүөхтэрин сөбүн быһааран, көннөрөн баран оҥордоҕуна үчүгэй, туһалаах быһыыны оноруон сөп. Ыраахтан ыла толкуйдаммыт, ырытыллыбыт, туох, ханнык быһыы үөскүүрэ барыта таба быһаарыллыбыт санаа уһун санаа диэн ааттанар.

Тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ ордук уһун санаалаахтар. Ол курдук кыра торбос улаатан ынах буолан туһалыар диэри түөрт сыл устата көрөн-истэн аһатыы, улаатыннарыы ирдэнэр. Итини тэҥэ сири оҥордоххо, тыаны солоотоххо, хаһан салаа от үүнэн, охсуллар буолуор диэри хас да сылы кэтэстэххэ табыллар. Ол аата тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ үлэлиир үлэлэриттэн, олохторуттан тутулуктаах уһун санаалаахтар, кырата түөрт сылга тиийэн хамнаһа кэлэр үлэни, ыраах кэми сыаллаан үлэлииллэр, олохторун оҥостоллор.

Сахалар олохторун үөрэҕэ көрсүө, сэмэй буолууну ирдиир, оҕолору кыра эрдэхтэриттэн көрсүө, сэмэй буолууга үөрэтэллэр. Көрсүө, сэмэй киһи уһун санаалаах, сыыһа-халты туттубат, үлэни-хамнаһы кыайан уһун үйэни ситиһэр кыахтанарын сахалар билэллэр.

Улуу Өктөөп өрө туруута кыайыытын тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ бары кэриэтэ сөбүлээбэтэхтэрэ, улаханнык утарыласпыттара. Сэриилэһэн кыахтара-күүстэрэ бараммытын уонна улахан репрессия кэнниттэн саҥа былаас, сэбиэскэй былаас олоҕурбута.

Куорат дьоно, заводтар, фабрикалар үлэһиттэрин санаалара тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэринээҕэр быдан кылгас, кинилэр хас ый аайы кэлэр хамнастарын ханна тутталларын ааҕан-суоттаан билэллэринэн санааларын уһуна бүтэ сыһар. Арай хамнастара икки ыйга кэлбэтэҕинэ улаханнык моһуогуруохтарын, кыбыттарыахтарын, иэскэ киириэхтэрин сөбө араас хамсааһыннар түргэнник үөскээбитинэн баралларыгар тириэрдиэхтэрин сөп.

Онон киһи санаата олорор олоҕуттан тутулуга улахана билигин да уларыйа илик. Аҥардастыы ылар хамнастарыгар ииттинэн олорор куорат олохтоохторо быстах, кылгас санаалаахтара, онно кэлэр көлүөнэлэрин иитэллэрэ араас хамсааһыннар куораттан тахсалларын ордук улаатыннарар.

САНАА ТҮҺҮҮТЭ

Санаа олус түргэнник уларыйар. Күүһүрэр, мөлтүүр кэмнэрэ хардары-таары кэлэн иһэллэр. Киһи туохха да наадыйбат, сүрэҕэлдьиир, мөлтүүр кэмэ кэлиитин санаа түһүүтэ диэн ааттыыбыт. Баһын иһигэр саныыр санаалара кыайан туолбат, ыра санааларга кубулуйан хаалыылара киһи санаатын түһэрэрэ элбэх. Ол иһин сахалар таҥараларын үөрэҕэ араас элбэх ыра санааланыы олоххо туһата суоҕун, киһи бэйэтин кыаҕынан олоҕун устата толорор кыахтаах баҕа санааларын саныыра, соннук үгэстэри иҥэринэрэ туһата улаханын дьоҥҥо тириэрдэр.

Олоххо туох барыта куруук киһи баҕатын хоту баран иһэрэ кыаллыбат, араас элбэх тута быһаарыллыбат курдук уустук боппуруостар, туох эмэ мэһэйдэр, ыарахаттар, кыаттарыа, сатаныа суох курдук үлэлэр сотору-сотору көрсөллөр. Ол иһин киһиэхэ санаа түһүүтэ, мөлтөөһүн, этин-сиинин туруга уларыйыыта хаһан баҕарар тиийэн кэлиэн сөп.

Дьон бары айылҕаттан биир кыахтаах буолбатахтар, эт-сиин уратылара элбэхтэр. Сорохтор төрүөхтэриттэн санаалара күүстээх, кыахтарын билинэр буоллахтарына, үгүстэр санааҕа ыллараллара, санаалара түһэрэ элбэх. Ол иһин дьон үксүлэрэ санааларын көтөҕөн, баҕа санаалары иҥэрэн биэриигэ, атын дьон көмөлөрүгэр наадыйаллар. Киһи таҥаралар аһара улаатан хаалыылара ити быһаарыыга, мөлтөхтөр көмө көрдүүллэргэр олоҕурар.

Санаалара кыра аайы түстэҕинэ табаах тардан, арыгы иһэн биэрэн көтөҕө сылдьааччылар арыгыһыкка ураты түргэнник кубулуйуохтарын сөбүттэн сэрэниэ этилэр. Үлэтигэр, дьиэтигэр туга эмэ табыллыбатаҕына, сатамматаҕына киэһэ аайы арыгы иһиитэ санааны көтөҕүү куруук салҕанан, санааны көтөҕө сылдьыыга тириэрдэриттэн арыгыһыт буолууну түргэтэтиэн сөп.

«Не пей с горя, алкоголиком станешь» диэн этии хас санаата түстэҕин аайы, ону көтөҕөөрү арыгы иһэн иһэр киһи сотору кэминэн арыгыһыт буолуон сөп диэн быһаарар. Үгүстүк арыгы иһэр дьон баар буолуулара санааларын көтөҕө сатааччылар элбээбиттэринэн быһаарыллара билиҥҥи кэмҥэ олус таба. Эр дьоммутун кыра эрдэхтэриттэн аһара атаахтатан, маанылаан иитэрбититтэн тулуурдара, өһөстөрө суоҕуттан кыра аайыттан санаалара түһэрэ, мөлтүүрэ элбииригэр тириэрдэр. Биһиэхэ санааларын көтөҕөөрү иһээччилэр элбээн иһэллэрин ырыынак ыарахаттарыгар балыйааччылар элбэхтэр.

Санаата түстэҕин аайы арыгы иһэн иһэр киһи түргэнник арыгыһыт буолуон сөп. Ол курдук бэҕэһээ испит арыгы сарсыардатыгар төбө ыарыытын оҥорон, санаа букатын түһэрин үөскэтэрэ уонна эмиэ санааны көтөҕөөрү арыгы иһиитэ, абырахтаныыны аҕалан арыгылааһын салгыы барарын саҕалыыра арыгыһыт буолуу кэлэригэр түргэнник тириэрдэр. Саха дьонун арыгыны аһара испэт буолууга үөрэхтэрэ «Абырахтаммат эрэ буолуҥ» диэн этиигэ иҥэн сылдьар уонна бу этиини тутуһуу арыгы дьайыытыгар киһи утарсар кыаҕын улаатыннарар.

Сааһыран иһэр киһи өйө-санаата уларыйар. Кыра эрдэҕинэ атаах, ордук бэлэмҥэ үөрэммит оҕо дьулуура тиийбэккэ оҥорор ситиһиитэ аҕыйыан, намтыан, онно эбии санаата түстэҕинэ арыгыһыт буолуон сөп. (13,9). Кыахтаах, баай-талым олохтоох ыал оҕото олоҕор, үлэтигэр табыллыбат буолууну, ыарахаттары көрсөөт, олору туоратыыга бары кыаҕын уурарын оннугар өйүн-санаатын арыгынан уоскутарга тиийиитин автор арыйар.

«Киһиэхэ кыра да наада» диэн сахалар үөрэхтэрэ этэр. Бу этии санаа түһүүтүн бэрт кыра, санааны көтөҕөн биэрии көннөрөр кыахтааҕын арыйар. Санааны кыратык да көтөҕөн биэрии, үчүгэй, тиийимтиэ тыллары этии хаһан баҕарар кыаллар кыахтаахтар. Санаата көтөҕүллүбүт киһи урут кыайбатын да кыайар кыахтанара “Киһиэхэ кыра да наада” диэн этиини үөскэппит.

Биир үчүгэй тыл, этии киһи санаатын уһуннук көтөҕүөн сөп. Үчүгэй санааны иҥэрэн биэриини күүстээх санаалаах, экстраценс дьоннор ордук тиийимтиэтик оҥорор кыахтаахтарын туһаныа, сахалыы таҥара үөрэҕин тарҕатыыга ылсыһыа этилэр.

Кыра аайыттан санааны түһэрбэт буолууга тулуурдаах буолуу, санаа күүһэ баара туһалыыр. “Өһөспүн киллэрдэхпинэ тулуйабын” диэн санааны бөҕөргөтүү киһиэхэ хаһан баҕарар туһалаах.

Элбэх кыра, олоххо көрсүллэр бытархайдар аайыттан түһэн иһэр санаа ордук куһаҕан. Кыра, быстах куһаҕаннар элбээтэхтэринэ “Санааҕар тутума” диэн этиини туһаныа, куһаҕаннары умнан иһиэ этибит. «Кыра аайы кыһаммат» диэн этии санаа түспэт, уларыйбат буолуутугар ордук сыһыаннааҕыттан бөҕө, күүстээх санааны биллэрэр.

«Туох да кыаттарбат, табыллыбат» диэн санаа чахчы түспүтүн биллэрэр этии баар. Бу этиигэ эппиэтинэн «Туох барыта кэмигэр табыллар» диэн этии үөскээбит уонна киһини тулуурдаах буолууга, табыллыбатах дьыаланы хатылаан, өссө тупсаран оҥорууга тириэрдэринэн туһата улахан.

Сахалар олус былыргы кэмнэртэн санаа хайдах дьайарын быһаараннар өс хоһоонун үөскэтэн оҕону иитэллэригэр туһаналлар. “Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс” диэн этии киһи санаатын туругун, күүһүн быһаарар. Кыра аайыттан санааны түһэрбэт буолууга өһөс санаа тириэрдэр. Өсөһөбүн, ол аата санаабын күүһүрдэбин. Итини тэҥэ, саҥа кэлэр көлүөнэлэр өйдөрүн-санааларын туругун баһаарарынан, өссө күүһүрдэн, кытаатыннаран биэрэринэн бу өс хоһооно ордук улахан туһалааҕын билэн төрөппүттэр куруук туһана сылдьыа, оҕолорун кыра эрдэҕиттэн тулуурдаах буолууга эрчийиэ этилэр.

Санаа түһүүтэ киһини “Сүрэҕэ суох” оҥорор кыаҕа улахан. Эт-сиин бэйэтэ төрүөҕүттэн сүрэҕэ суох, сүрэҕэлдьиир диэн этиини билигин таба өйдөөн туһаныахпыт этэ. Өй-санаа эрэ киһини күһэйэн үлэни-хамнаһы оҥорорго тириэрдэр. Олоҕор ханнык да уларыйыылары киллэриэн, оҥоруон, тутуон, үлэлиэн баҕарбат киһини сахалар “Сүрэҕэ суох”, “Сүрэҕэ тэппэт” диэн ааттыыллар. Бу этии үлэҕэ сыһыаннааҕа сүрэх хаһан да тохтообокко эрэ үлэлиириттэн тирэх ылан үөскээбит.

Эт-сиин сытар, сынньанар баҕа санаата баһыйдаҕына киһи уһуннук сытыан сөп. Киһи сүрэҕэ суоҕа, тугу да уларытыан баҕарбата сарсыарда оронтон турарыттан ордук биллэр. Саҥа үүммүт күҥҥэ тугу эмэ оҥорор санаалаах киһи уһуктаат оронуттан ойон туруон сөп. Уһун үйэтин тухары элбэхтик үлэлээбит, сааһырбыт киһи сарсыарда оронуттан турарыгар, кыратык да буоллар сыта түһэр санаата киирэн кэлэрин өйүн-санаатын күүһүнэн, ону оҥоруохтаахпын, маны тутуохтаахпын диэн санаата баһыйан, туран дьарыктаммытынан барар кыахтаах буоллаҕына, оҕо, эдэр киһи субу билигин тугу да гынарым суох диэн санаата баһыйарыттан уһуннук сыта үөрэнэн хаалыан сөп.

“Сыта түһүөххэ” диэн куһаҕан, мөлтөтөр, эт-сиин баҕа санаатын киһи дьулуурун, өйүн-санаатын күүһүнэн кыайан, хам баттаан суох оҥордоҕуна эрэ, оронуттан оронон туран тугу эмэни туһалааҕы оҥорор, уларытар, үлэлиир-хамсыыр кыахтанар. Ол аата өй-санаа киһиэхэ туһалааҕы оҥотторор, тугу эмэ уларытар, тупсарар, онно күһэйэр сүрүн күүһүнэн буолар.

Сыт диэн тылбытыттан салгыы сытыйыы диэн тыл үөскээн тахсара сытыы туһата аҕыйаҕын биллэрэр. Ол иһин киһиттэн өйө-санаата өһөс, дьулуурдаах буолара, аҕыйахтык сытара, үлэни-хамнаһы өрө тутара хайаан да эрэйиллэр. Илиилэринэн үлэлээбэт дьон сааһыран истэхтэринэ доруобуйалара мөлтүүрүн тэҥэ, оҕолорун үлэҕэ-хамнаска үөрэтэр кыахтара кыччыырыттан кэлэр көлүөнэлэрэ өссө мөлтүүллэр.

Сүрэҕэ суох буолууттан кыһалҕа, туох эмэ атын булан кыһарыйара эрэ эбэтэр төрөппүт этэрэ оҕону, киһини хамсатар кыахтааҕын билиэ, “Кыһалҕа кыһыл талах кымньыылаах” диэн өс хоһооно баарын умнуо суоҕа этибит. Ол аата киһи өйүгэр-санаатыгар туһалааҕы тугу эмэ оҥоруохха диэн санаата, атын сынньанар, сытар санаатын баһыйар, кыайа тутар буоллаҕына эрэ, этин-сиинин туһалааҕы оҥорууга анаан оронтон туруоран, хамсатар кыахтанар.

Оҕо кыра эрдэҕинэ үчүгэйэ бэрдиттэн өйүн-санаатын дьарыктыыры, ийэ кутун иитэри, аһара барбатын хааччахтыыры, үлэҕэ-хамнаска үөрэтэри төрөппүттэр билигин умнан сылдьаллар. Эстибит сэбиэскэй былаас оҕо төрөөтөр эрэ “киһи буолар” диэн сыыһа этиигэ тириэрдэн кэбиспитэ төрөппүттэр оҕолорун кыра эрдэҕинэ ийэ кутун иитэллэрин суох оҥорбута. Бу кэмҥэ элбэх сыыһалардаах «айыы үөрэҕин» оҕо ийэ кута халлаантан кэлэн түһэр диэн таһы-быһа сымыйа үөрэхтэрэ сэбиэскэй былаас халытыыта билигин да хаала илигин, ити быһыы салҕанан баран иһэрин биллэрэр.

Оҕону кыра эрдэҕиттэн ийэ кутун бэрээдэккэ, киһи буолууга утумнаахтык ииттэххэ, үөрэттэххэ эрэ туох эмэ үчүгэй үгэстэри иҥэринэн үчүгэй быһыылаах киһи буола улаатарын бу сымыйа “айыы үөрэҕэр” балыттаран туһаммакка, хаалларан сылдьабыт.

Киһи бэйэтин аһынан, уһуннук сынньата сытыаран, онно үөрэтэн кэбистэҕинэ, онтун үгэс оҥостон кэбиһэринэн, сытара, сынньанара элбээн иһиэн сөп. «Сүрэҕэ суох сүүс сүбэлээх» диэн этии киһи бэйэтэ сүрэҕэлдьиирин, оҥорбокко хаалларан кэбиһэрин билиммэккэ атын биричиинэлэри булан, олорунан быһаара, сабына сатыырын биллэрэр.

Санаа түһүүтүн кыайыы, олоххо ханнык эрэ хамсааһыннары, уларыйыылары, тупсарыылары киллэрии хас биирдии киһиттэн ирдэнэр олох көрдөбүлэ буоларын таба өйдөөн санааны бөҕөргөтүүнэн, күүһүрдүүнэн утумнаахтык дьарыктана сылдьыахпыт этэ. Сахалыы таҥара үөрэҕэ үчүгэй санаалары үгэс оҥостон иҥэриини үөскэтэрэ санаа күүһүрэригэр көмөтө улахан.

САНАА КҮҮҺҮРҮҮТЭ

Санаабытыгар санаабыт олус да дуона суох курдук. Сороҕор ону-маны арааһы санаталаан ылабыт, буолары буолбаты оҥорон көрө сатыыбыт, була сатаан маннык буоллар диэн баҕара, ыралана саныыбыт. Ол эрээри ону-маны биирдэ эмэ санаабыппыт тута-бааччы умнуллан суох буола симэлийэн иһэллэриттэн олорго ханнык да суолта биэрбэккэ хаалларан иһэбит.

Өй-санаа үөрэҕин баһылаатахпытына саныыр санаабытын элбэхтэ хос-хос хатылаатахпытына үгэскэ кубулуйарын, онтон бэйэбитин салайыан сөбүн билиэ, олоххо туһаныа, үчүгэй санааларбытын сааһылыа, элбэтиэ, онтон куһаҕаннарыттан ыраастана, умна, суох оҥоро сылдьыа этибит.

Үчүгэй, туһалаах сыаллары ситиһиигэ биир санааланыы, санааны күүһүрдүү, дьулуурдаах буолуу киһилии быһыылаах хас биирдии киһиттэн ирдэнэр олох көрдөбүлэ буолар. Ол курдук күүстээх, үгэскэ кубулуйбут санаа ханнык эрэ хамсааһыны оҥорорго тириэрдэр кыахтааҕыттан олоххо уларыйыылары киллэриэн сөп.

Маны оҥоруом, хайаан да оҥоруом диэн санаа үөскээһинэ санаа күүһүрбүтүн, хайаан да толоруллар кыахтаммытын биллэрэр эрээри, өссө ханнык да хамсааһыны саҕалаабат, оҥорбот. Ол аата санаан баран, ол санааны илэтигэр оҥорон кэбистэххэ биирдэ санаабыт туолбута дьэ бигэргэнэр. Оҥорбут быһыыбыт атын дьонунан сыаналанар, үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана быһаарыллар кыахтанарын таба өйдүөхпүт этэ.

Аһара элбэх киһи бэйэтин кыаҕынан кыайан толорбот санаалара элбээн хаалыылара киһиэхэ туһаны аҕалбаттарын ити быһаарыы биллэрэр. Киһи бэйэтин кыаҕын иһинэн, толорор кыахтаах санааларын саныырыгар сахалар таҥараларын үөрэҕэ ыҥырар. Киһи кыра да буоллар ханнык эрэ санаатын толордоҕуна дьоллонор. Араас элбэх ыра санаалар киһиэхэ туһата суохтарынан, кыайан туолбаттарынан ыраастаныыга, умнууга аналланаллар.

Сарсыарда эрдэ, баччаҕа туруом дии санаан баран кыайан турбакка утуйан хаалар эдэр киһи санаата мөлтөх, өссө күүһүрэ илик, кинини бэйэтин салайар кыаҕа суоҕа биллэн тахсар. Утуйан хаалан баран хомойор эдэр киһиэхэ санаатын күүһүрдэригэр көмө, бэйэтин кыаҕын итэҕэтэн биэрии туһалыыр. Ол иһин сарсыарда кыайан бэйэтэ уһуктан турбат эдэр киһини уһугуннаран, туруоран уутун кыанар буолуутугар, күннээҕи режими тутуһарыгар үөрэтии туһата улахан.

Сарыарда будильник тыаһын истибэккэ, кыайан турбакка хаалбыт оҕо туохтан эрэ туһалаахтан матара, тииһиммэтэ үөрэнии түргэнник уонна ситиһиилээхтик барарын хааччыйыа этэ. “Эрдэлээбит чыычаах тумсун соттор, хойутаабыт хараҕын хастар” диэн этии үлэ-хамнас сарсыарда эрдэттэн табылларын, эрдэлээбит барыһырарын биллэрэр.

Бэйэтэ хаһан туруом диэтэ да сол бириэмэҕэ атын киһи көмөтө суох тура, хомунан барарга үөрэнии хас биирдии эдэр киһиттэн ирдэнэр олох тутаах көрдөбүлэ буолар. Оҕо төһө кыратыттан сарсыарда утуйан турууну кыайар буоллаҕына, ыйыллыбыт бириэмэттэн хойутаабат буолууга үөрэннэҕинэ санаата күүһүрбүтүн, бэйэтин салайар кыахтаммытын бэлиэтэ буолар.

Хаһан да туолбат ыра санаалар киһи санаатын күүһүрдүбэттэр, кыайан туолбаттарынан ордук мөлтөтөллөр, кыаҕа кыратын биллэрэллэр. Ыра санааларынан үлүһүйүү киһиэхэ туһата суох.

Санааны күүһүрдүү диэн киһи үчүгэйгэ аналлаах, туһалаах, киһи быһыылаах санаалары саныыра уонна ол санаатын дьулуһан туран олоххо киллэрэрэ буолар. Санаа олоххо киирбититтэн үөрүү, дьол кэлиитэ санаа күүһүрэригэр тириэрдэр, саҥаттан саҥа кыайыыларга ыҥырар. Ол аата санаабыт санааны ситиһии, илэтигэр оҥоруу холобура киһи санаатын күүһүрдэн иһэр.

Санаабыт санаа кыайан ситиһиллибэтэ, толоруллубата санаа ханнык да күүһэ суох диэн өйдөбүлгэ тириэрдэн киһи санаатын толорууга дьулуурун мөлтөтөр, ситиһиитин улаханнык намтатыан сөп. Оҕо улаатан истэҕинэ бэйэтин кыаҕын иһинэн санааларын толоро үөрэниитэ санаата күүһүрүүтүгэр тириэрдэр. Ол аата барыта кыраттан саҕаланар. Сатаан бачыыҥкатын кэтэ үөрэммит оҕо бэйэтэ улахан кыайыыны оҥорбут курдук сананарын таба туһаныахха, бэйэтин кыаҕынан ситиһиилэри оҥорорун көҕүлүөххэ. Оҕо бэйэтэ тутан-хабан тугу эмэ оҥорбутуттан хайҕанара кини оҥорор, тутар санаатын сайыннарар, күүһүрдэр.

Тулуурдаах буолуу санааны күүһүрдэр кыаҕа олус улахан. Тулуйабын, ол аата санаам күүстээх. Былыргы кэмнэргэ сахалар Улуу тойон таҥара үөрэҕин тутуһалларыттан олус тулуурдаахтарын, олох ыарахан кэмнэрэ тирээн кэллэхтэринэ даҕаны быстах санааҕа киирэн ол-бу диэки ойуоххалаабаттарын, ыстаҥалаабаттарын араас чинчийээччилэр бэлиэтээн суруйан хаалларбыттар. (14,21).

“Санаатыгар аралдьыйар” диэн этии араас элбэх туһата суох санаалар аралдьытаннар киһи оҥорор, тутар кыаҕын кыччаталларын быһаарар. Бииртэн бииргэ аралдьыйан, солумсаҕыран иһии, көтүөккэлээһин эмиэ бу быһаарыыга киирсэр. Элбэх кыайан киһи кыаҕынан толоруллубат санаалар олоххо туһалара суохтар.

Санааны дьэгдьитэн, куһаҕан санаалары хаалларан, умнан ыраастаан биэрэ сылдьыы киһиттэн хайаан да көрдөнөр кытаанах көрдөбүл буоларын сэбиэскэй былаас өй-санаа үөрэҕин суох оҥоруутуттан ыла туһаммакка сылдьабыт. Куһаҕан санааларбытыттан ыраастаммакка, умнубакка олору куһаҕан үгэскэ кубулутан кэбиһэрбититтэн арыгы истэхтэринэ араас куһаҕан быһыылары, буруйу-сэмэни оҥорооччуларбыт элбээн иһэллэр.

Киһи хаһан баҕарар сылайар, эт-сиин сынньаныыга наадыйар. Өй-санаа күүстээх буолуута, тулуура элбэҕэ эрэ киһи сытар баҕатын кыанан тугу эмэ туһалааҕы оҥороругар күһэйэр кыахтааҕын умнубатахпытына табыллабыт. Кыра аайы мөлтөөмө, ахсаама, сүрэҕэлдьээмэ, сытыма диэн этиилэр киһи санаатын күүһүрдэр, бөҕөргөтөр аналлаахтар. Олоххо туох эмэ ыарахан буолуута, бу ыараханы тулуйуу, кыайыы киһи санаатын күүһүрдэн биэрэригэр тириэрдэр.

Киһи олус кытаанах, биир санааны ылыннаҕына, бары күүһүн-күдэҕин ууруннаҕына эрэ хараҕын тымырдара аһара күүрэннэр кытаран көстөр кыахтанар. Ол аата «Кытаат, кытарчы көр» диэн этии бары кыаххын уур, санааҕын бөҕөргөт диэн өйдөбүллээх этии буолар уонна киһи куруук туһана сырыттаҕына санаатын бөҕөргөтөргө туһата улахан.

«Хайаан да турдахпына табыллар» диэн санаалаах утуйбут киһи сарсыарда эрдэ да турар кыахтанар. Киэһэ хойутаан да утуйан баран сарсыарда эрдэлээн туруу, хаһан да хойутаабат буолуу киһи санаатын күүһүрдэр, ылыммыт сыалын толорууга дьулуурун улаатыннарар. Сахабыт сирин улахан тымныыта сахалар күүстээх санаабытын үөскэтэр. Тымныы дьайыыта санааны күүһүрдүүгэ улаханын туһана сылдьыа этибит. Куруук тымныыга сылдьыы тулууру улаатыннарар. Тымныы уунан куттуу санааны бөҕөргөтөр күүһэ улахан.

«Бу сырыыга хайаан да кыайыам» диэн санаа ханнык баҕарар күрэхтэһээччигэ баар буолара ирдэнэр. Кыайарга баҕа санаа баар буолуута кыайыы кэлэригэр тириэрдэр кыахтааҕын туһаныа этибит.

Онон кыра да бэйэ кыаҕар сөп түбэһэр кыайыылары оҥорорго аналлаах санаабыт санаалары олоххо киллэрэн, илэтигэр оҥорон иһииттэн санаа күүһүрэр кыаҕа олус улаатарын олоххо туһаныахпыт этэ. Эр дьон санааларын күүһүрдэр Улуу тойон таҥара үөрэҕэ олоххо киирдэҕинэ тулуурдаах, дьулуурдаах дьон элбээннэр саха омук сайдар кыаҕа улаатыа.

КУҺАҔАН САНАА

Киһи санаата олус түргэн, аһара түргэнник уларыйан иһиэҕин сөп. Бары араас санааларын кыайа тутан салайар, үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билэр, тугу барытын улахан киһи оҥорорун курдук оҥорор буоллаҕына, оҕо киһи буолууну ситиһэр кыахтанар.

Улахан дьон бэйэлэрэ улаатан иһэн хайдах үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран олоххо туһана үөрэммиттэрин, сыыһа-халты туттубуттарын букатын умнан, аҥардастыы үчүгэй эрэ санаалардаах, үчүгэйи эрэ оҥорор курдук сананар кэмнэрэ сааһыран истэхтэринэ кэлиитэ өй-санаа үөрэҕэр уустуктары киллэрэр. Оҕо улаатан иһэн үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билэн олоҕор таба туһана үөрэннэҕинэ эрэ киһи быһыылаах буола улаатарын, киһи буолууну ситиһэрин, көрсүө, сэмэй майгыланарын төрөппүттэр өссө да таба өйдөөн туһана иликтэр.

Бука бары үчүгэйи оҥоруохпутун баҕарабыт, үчүгэй диирбитин оҥоро сатыыбыт. Үчүгэй ол иһин олус элбэх. Үчүгэйи арааран быһаарыы куһаҕан диэн баарын булан быһаарыы кэнниттэн эрэ кыаллара олоххо уустуктары үөскэтэр. Сахалар “Үчүгэй уонна куһаҕан аргыстаһан сылдьаллар” диэн этиилэрэ ону бигэргэтэр. Ол курдук куһаҕан диэн баара билиннэҕинэ, үчүгэй диэн баара быһаарыллар, сыаналанар кыахтааҕа, киһи куһаҕаны урут-бастаан билэрин эрэйэр. Ол иһин өй-санаа сайдыытын табатык туһанар сахалар таҥараларын үөрэҕэ “Тоҕус айыыны оҥорума” диэн оҕону кыра эрдэҕиттэн куһаҕан диэн тугун аан бастаан билэргэ үөрэтэр. Оҕо тугу эмэ оҥоруон иннинэ санаатыгар, бу оҥорор быһыым куһаҕан диэн эрдэттэн билэриттэн, туттунан оҥорбот буолуутун үөскэтэр. (15,56).

Үлэ уонна үөрэх киһи оҥорор быһыыларын икки өрүтүн үөскэтэллэр. Үөрэх үчүгэй диэн бары айхаллааммыт үлэни куһаҕан диэҥҥэ тириэрдэн кэбиспиппититтэн билигин үлэлиэхтэрин баҕалаахтар аҕыйаатылар.

Санаа киһи бэйэтин өйүнэн үчүгэй эбэтэр куһаҕан диэн ылынарыттан икки аҥы арахсар. Ол иһин киһи санаата икки өрүттээх диэн этиллэр. Бу икки өрүттэрэ “ай” диэн икки өрүттээх өйдөбүллээх тылбытыгар иҥэн сылдьар. Ол аата киһи тугу айбыта, оҥорбута барыта үчүгэй диэн буолбакка, үгүс өттө куһаҕан буолан тахсарын сахалар таҥараларын үөрэҕэ быһааран, айыы диэн тылбыт куһаҕан өттө баһыйар өйдөбүллээх.

Ис санаа, кэтэх санаа диэн киһи атын дьоҥҥо биллэрбэт, кистэлэҥ санаалара буолаллар. Бу кистэлэҥ санаалары атын киһи билбэт, кимиэхэ да кэпсээбэт, бэйэтэ эрэ билэр, ол иһин үчүгэй да, куһаҕан да буолуохтарын сөп. Ол иһин араас куһаҕан да санаалардаах киһи үчүгэйгэ кубулуйан, үчүгэйдик көстө сылдьарын арааран билии уустук.

Сахалар өй-санаа, таҥара үөрэхтэрэ “Атын киһиэхэ куһаҕаны санаама, бэйэҕэр тиийиэҕэ” диэн үөрэтэр. Куһаҕан санаа элбэхтэ хос-хос хатыланан, олохсуйан, үгэскэ кубулуйан хааллаҕына, киһи бэйэтэ ол санаатын оҥорон кэбиһиэн сөбүн биллэрэн бу өй-санаа үөрэҕэ киһини сэрэтэр сыаллаах. Куһаҕан санаа туһунан суруйуубутун биһиги “Киһи буолуу” диэн үлэбитигэр саҕалаабыппыт. (15,39).

Сорох дьон бэйэлэрин аһара үчүгэй курдук сананалларыттан куһаҕан санаалара суох курдук этинэллэр. Ол эрээри ханнык баҕарар санаа олус түргэниттэн, киирэ охсон баран тахсан, умнуллан хааларыттан, ол санааны суох диэһин сымыйалааһын буолар. Араас санаа барыта киһиэхэ киирэн тахсара баа буолбатах, кыайан хааччахтаммат. Ханнык баҕарар эр киһи үчүгэй дьахтары көрдөҕүнэ араас санаалар киирэн ааһаллара кыайан бобуллубат.

Куһаҕан санааларыттан кыайан ыраастаммат, олорун мунньуна, үгэс оҥостуна сылдьар киһи үтүө, үчүгэй санаалаах буолара аҕыйах буолуон сөп. Ол курдук куһаҕан санаалара баһыйарыттан, куһаҕан майгына улаатыан, үгэскэ кубулуйуон сөп. Онтон үгэс түргэнник уларыйа охсубат. Куһаҕан санаалара, үгэстэрэ дьайан куһаҕан быһыылары оҥорон кэбиһэрэ киирэн кэлиэн сөп.

Таҥараны итэҕэйэр буолуу куһаҕан санаалартан ыраастаныыга, умнууга, суох оҥорууга тириэрдэринэн дьоҥҥо олус туһалаах. Куруук куһаҕан санаалартан ыраастана, умна сырыттахха куһаҕан санаалар аҕыйааһыннара, көҕүрээһиннэрэ тахсарыттан үчүгэй санаалар элбииллэрин таҥара үөрэҕэ үөскэтэр аналлаах.

Үчүгэй уонна куһаҕан хаһан да суох буолбаттар, арай хайалара эрэ лаппа аҕыйыахтарын сөп. Ол барыта Сир икки өттүттэн ханна да халбаҥнаабат тутулуктааҕыттан, “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэриттэн күн уонна түүн, сырдык уонна хараҥа солбуйсан биэриилэриттэн үөскүүр уонна хаһан да уларыйбат.

Киһи буолуу биир сүрүн уратытынан иэс хайдах төлөнөрүн быһаарыы буолар. Ол курдук үчүгэйи оҥоруу хайаан да үчүгэйинэн төлөнөр буоллаҕына, куһаҕаны оҥоруу куһаҕанынан төлөнөрө сыыһа, халыйыыны үөскэтэр, өй-санаа сайдыытыгар, тупсуутугар, киһи быһыытыгар сөп түбэспэт. Ол курдук куһаҕаны аҕыйатар быһыынан куһаҕан куһаҕанынан төлөммөтө буолар. Оччоҕуна эрэ куһаҕан аҕыйыыр кыахтанарын киһи буолуу үөрэҕэ кытаанахтык тутуһар.

Киһи айылҕатын, өйө-санаата сайдыытын быһыытынан саҥаны, урукку кэмҥэ суоҕу, ол аата айыыны куруук оҥоро сатыыр. Бу оҥорбут саҥаны айыыбыт үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана аан маҥнай биллибэт уратылааҕын таба сыаналыахпыт этэ. Саҥаны айыы кутталлааҕа, сэрэхтээҕэ ити биллибэтигэр саһан сылдьар. Тиэтэйбит, урутаан түһэр санаабытыгар баһыттаран ол-бу, буолар-буолбат саҥаны айыыны оҥоро охсон кэбиһэн баран онтубут сыыһа буолан хааларыттан элбэхтик эрэйдэнэбит, куһаҕаны элбэтэн кэбиһэбит.

Үчүгэй буолуо диэн быстах санааттан саҥаттан саҥаны, урут биллибэти, суоҕу булан оҥоро сатыырбыт үксүлэрэ табыллыбаттар, куһаҕан буолан тахсаллар. Өссө бэйэбит тиэтэйэбит, ыксыыбыт, онно эбии тиэтэтэн, «айыы үчүгэй» диэн этэн биэрээччилэр баалларыттан эдэрдэр оҥорор куһаҕан быһыылара элбээтилэр.

Куһаҕаны оҥоруу маҥнай биллибэт, тугу эрэ саҥаны, урут суоҕу оҥоро охсубуппут кэнниттэн куһаҕана дьэ биллэн тахсарыттан хомойобут, ол оҥорбуппут куһаҕан буолан тахсан элбэх ночоокко түһэбит. Онтон ол куһаҕаммытын көннөрө, суох оҥоро сатыыбыт, куһаҕан буолбутун дьэ билэбит уонна аны оннук куһаҕан быһыыны оҥорбот туһугар кыһанар буолабыт. Итинник кэһэйиибит кэнниттэн оҕолорбутун “Айыыны оҥорума” диэн үөрэтиибит дьэ саҕаланар кыахтанар.

Саҥаны айыыны оҥоро сатыыр правительствобыт саха сиригэр хаһан да тутуллубатах химическэй заводтары туттараары дьирээ бөҕөлөр. Барыта үчүгэй буолуо, барыс киириэ диэн олохтоох дьону барыларын албынныыр санаалаахтар. Бары саҥаҕа сэрэхтээхтик сыһыаннаһар, “Айыыны оҥорума” диэн үөрэҕи билэр көрсүө, сэмэй саха дьоно бу айылҕаны буортулааһыҥҥа тириэрдэр саҥаны айыыны утарсыахтара, химическэй заводтары өрүс кытыытыгар оҥорууну тохтотуохтара этэ.

Бэйэтэ үлэни-хамнаһы ситэ билбэт, сатаабат киһи оҕотун үлэлииргэ, хамсыырга иитэр, үөрэтэр кыаҕа суох. Оҕону иитиини дьаалатынан ыытан кэбиһэргэ тиийэр. Ол иһин төрөппүт оруолун үрдэтии, эбиискэ үөрэтэн, такайан биэрии сайдыылаах дьонтон ирдэнэр көрдөбүл буолар. Ол аата оҕо улаатан, киһи буолууну баһылааһыныгар төрөппүт оруола улаханын билиэхтэрэ, сахалыы таҥара үөрэҕин туһаныахтара этэ.

Улаатан эрэр оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ сахалыы таҥара үөрэҕэ улахан оруолаах. Ол курдук өй-санаа үөрэҕин баһылаабыт, олоххо уопутурбут бэйэлэрэ аҕа баһылык, тойон, ийэ хотун буолууга тиийбит дьон бэйэлэрэ баһылаабыт иитэр, үөрэтэр ньымаларыттан эдэрдэргэ бэрсиэхтэрэ этэ.

Үлэлии, үлэҕэ баттата сылдьар ийэтэ оҕотун үчүгэй үгэстэргэ үөрэтэрэ аҕыйах. Оҕо уонун аастаҕына эрэ туох эмэ үчүгэй үгэстэр үөскээннэр үчүгэй майгылаах, көрсүө, сэмэй киһиэхэ кубулуйан барар. Ол аата оҕо иитиитигэр, өйө-санаата сайдыытыгар, үтүө үгэстэрэ үөскээһинигэр оскуола ылар оруола син-биир үрдүгэ быһаарыллар.

Куһаҕан санаа куһаҕан быһыыга кубулуйара өссө да олус ыраах. Биирдэ эмэтэ санаан ааһыы кырата бэрт буолан күүһэ аҕыйах, сотору умнуллан хаалыан сөп. Элбэхтэ хос-хос хатылаан санаатахха, санаа умнуллубат гына өйгө-санааҕа хатанар, өссө хатыланнаҕына, күүһүрдэҕинэ, үгэскэ кубулуйдаҕына санаа киһини бэйэтин салайар кыахтанар. Ол иһин куһаҕан быһыылары оҥорбот туһугар, киһи олору саныыра отой аҕыйах буолара ирдэнэрин сахалыы таҥара үөрэҕэ дьоҥҥо тириэрдэ сатыыр.

Куһаҕан быһыы диэн тугуй? Дьон үксэ билэр, сөбүлээбэт, туһата суох, буортулаах, ночоокко тириэрдэр быһыыларын куһаҕан быһыы диэн ааттыыллар. Бу быһыылары оҥорор киһи куһаҕан быһыылаах диэн ааттанар, куһаҕан санаалара үгэскэ кубулуйбуттарын биллэрэр. Сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ оҕо кыра, ийэ кута үөскүүр кэмигэр үчүгэй быһыылары элбэхтик оҥотторон, үчүгэй үгэстэри иҥэрэргэ төрөппүттэри ыҥырар. Куһаҕан санаа куһаҕан быһыыга кубулуйуор диэри киһи өйүнэн-санаатынан хонтуруолу, бэрэбиэркэни, ыйааһыннаан, тэҥнээн көрүүнү куруук ааһара буоллар, лаппа аҕыйыа этэ.

Оҕо кыра эрдэҕинэ үчүгэй үгэстэргэ иитиллибит ийэ кута улаатан баран оҥорор бары быһыытын хонтуруоллуур. Оҕо үчүгэй үгэстэрдээх буола улааттаҕына куһаҕан быһыылары оҥороро аҕыйыыр кыахтанар.

Киһи оҥорор быһыытыгар ханнык эрэ наадалаах диэн өрүт баһыйыыта куһаҕан санаа оҥоруллар кыаҕын улаатыннарыан сөп. Холобурга уорууну ылыахха. Киһи туохха эмэ, түргэнник көстөргө олус наадыйан, байа охсоорго баҕа санаата биир кэмҥэ баһыйдаҕына уорууну, куһаҕан быһыыны оҥорор кыаҕа улаатан хаалыан сөп.

Киһи өйө-санаата икки өрүт; үчүгэй уонна куһаҕан быһыылар икки ардыларынан сылдьарынан ханнык баҕарар быһыыны оҥорон кэбиһэр кыаҕа хаһан да хаалбат. Арай уоруу диэн куһаҕан быһыы буоларын кыра эрдэҕиттэн билэрэ, бу уорууттан хаайыыга барыахха сөбө уонна дьоннорум куһаҕаннык этиэхтэрэ диэн санаата баһыйдаҕына эрэ, бу киһи уорарыттан туттунуон сөп.

Куһаҕан быһыыны оҥорортон туттунар күүс киһиэхэ баар буолуо этэ. Ол аата бу оҥорор быһыыта куһаҕан буоларын оҕо кыра эрдэҕиттэн хайаан да билэрэ ирдэнэр. Билэр буоллаҕына туттунар күүһэ үөскүүр. Билэр киһи куһаҕан быһыылары оҥорбот, оҥордоҕуна даҕаны соруйан, билэ-билэ оҥоруон сөп. Онтон куһаҕан быһыыны билэр эрээри оҥорор дьон отой аҕыйахтар, үгүстэр, эдэрдэр бары кэриэтэ ситэ билбэттэриттэн, ким да бу быһыы куһаҕан диэн эппэтэҕиттэн, бу оҥорор быһыыларыттан туох содул үөскээн тахсарын аахайбаттарыттан, билбэттэриттэн оҥороллор.

Эдэрдэр оҥорор куһаҕан быһыыларын аҕыйатар туһугар бары дьон оҥорор куһаҕан быһыыларын оҕолор билэр буолууларын үөскэтии туһалаах буолуо этэ. Саха сирин сахалыы хаһыаттара дьон оҥорор бары куһаҕан быһыыларын суруйбакка кистии-саба сатыылларыттан, тыа сирин оҕолоро олору билбэттэриттэн, куоракка киирдэхтэринэ бэрээдэги кэһэллэрэ, куһаҕан быһыылары оҥороллоро элбээтэ.

Саха дьонун олохторун үөрэҕэ олус элбэх үчүгэй быһыылары барыларын билэ сатыырынааҕар, отой аҕыйах ахсааннаах куһаҕан быһыылары оҕо арааран билэрэ быдан судургу уонна билии кытаанах, чиҥ буолар уратылааҕын бигэргэтэр. Онон куһаҕан быһыылар аҕыйыылларыгар дьон бары, ордук эдэрдэр ол куһаҕан быһыылары билэллэрэ тириэрдэр.

ДЬАЙ

Сырдьык дьайыыта киһиэхэ хараҕа көрөрүн тупсаран үчүгэй санааны үөскэтэр күүһэ улахан. Күн уота сылааһынан дьайыыта, сырдык буолуута киһиэхэ үрүҥ, үчүгэй санаалары, олору ситиһэ сатааһыны үөскэтэр. Күн киһиэхэ үчүгэй санаалары үөскэтэринэн таҥараҕа кубулуйбут.

Билигин өй-санаа үөрэхтэрэ сайдан истэхтэрин аайы санаа киһиэхэ дьайар күүһүн дьон итэҕэйэн иһэллэр. Ол курдук «коллективное бессознательное» диэн З.Фрейд элбэх өй-санаа мунньустуута баарын дакаастаабытын кэнниттэн сахалар Үөһээ дойду диэн өйдөбүллэрэ олус былыргы кэмнэртэн ыла баарын уонна ойууннар Үөһээ дойдуга кыыран тиийэн инникини билгэлээн билэллэрин ордук итэҕэйэҕин, сахалар билиилэрэ кырдьык дириҥ эбит диэн билинэҕин.

Өй-санаа, айыылар мунньустар дойдуларынан Үөһээ дойду буоларын сахалар былыр-былыргыттан билэллэр, ойууннар көмөлөрүнэн инникини билгэлээн олоххо туһаналлар этэ. Арай бу мунньустар айыыларбыт үчүгэй, үрүҥ эбэтэр куһаҕан, хара диэн икки аҥы арахсалларын арааран билэн, үчүгэй, үрүҥ айыылары талан ылан олоххо туһаныа, онтон хара, куһаҕан айыылары умнуо, хаалларыа этибит.

Саха тылыгар олус элбэх суолталаах былыргы, төрүт, өйү-санааны быһаарар тыллар элбэхтэр. Бу тыллар киһи өйүгэр-санаатыгар дьайыылара «Туох барыта икки өрүттээҕин» курдук эмиэ икки утарыта өрүттээхтэрин билэн таба туһаныахпыт этэ. Ханнык эрэ атын санаа киһиэхэ биллибэтинэн киирэн киһи санаатын соһуччу уларытарын сахалыы дьайыы диэн ааттанар. «Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьытыгар» дьай диэн тыл суолталара маннык бэриллэллэр:

- Дьай диэн урукку өйдөбүлүнэн таһыттан сыстар айыылаах-харалаах кир, быртах, туох эмэ куһаҕан тыын сабыдыала.

- Кирдээх, түктэри үгэс, идэ; дьаллык.

- Хара баттал, кыһалҕа.

- Сабыдыаллаа, туох эмэ содуллаах буол.

- Оҥор, ай, үлэлээ. (17,151).

Бу быһаарыыларга дьай төһө да куһаҕан өттө баһыйбытын иһин үчүгэйи оҥоруу өттө оҥор, ай, үлэлээ диэн суолталарынан толору бэриллэр. Үчүгэй дьайыы киһиэхэ туһаны оҥороро элбэх, санаатын тупсаран үчүгэйи оҥорор кыаҕын улаатыннарар.

Дьай өй-санаа хамсааһынын биллэрэр. Дьай ордук өйгө-санааҕа сыһыаннаах, быһаччы баара биллибэт буоллаҕына, илэтигэр оҥоруллан тахсарын бэлиэтээн онно «ыы» диэн ытааһын сыһыарыыта эбиллэр. Дьай оччоҕуна дьайыыга кубулуйдаҕына туох эрэ санааны уларытар, хамсатар кыахтанарын тэҥэ, куһаҕан өттө улаатан биэрэр.

Киһи санаата хайа эрэ диэки салаллыыта, хайысхаланыыта дьай, онтон өйүгэр-санаатыгар уларыйыыны киллэриитэ дьайыы диэн ааттанар. Дьайыы диэн тыл «ыы» диэн ытааһын дорҕоонунан бүтүүтэ бу дьайыы куһаҕан өрүтэ элбэх буоларын биллэрэр.

Дьайыы хайдах тиийэрэ ситэ биллибэтинэн таба быһаарарга улахан уустуктары үөскэтэр. Ол курдук атын киһи санаата анараа киһиэхэ бэйэтин быһаарыыларын быһаччы соҥнуон, ону тэҥэ тылынан этиэн сөп. Ол курдук «Бу үчүгэй» диэн быһаарыыны сыыһатын булан уларытан «ханнык эмэ» диэҥҥэ тириэртэххэ балаһыанньа улаханнык, төттөрү өттүгэр да уларыйар кыахтанар.

«Туох барыта икки өрүттээх» диэн сахалар айылҕа тутулугун быһаарар этиилэрэ дьайыы хайысхата икки өрүттээҕин үчүгэйдээҕин уонна куһаҕаннааҕын быһаарыыга эмиэ сөп түбэһэр.

Санаа күүһэ киһиэхэ ханнык эрэ хайысхалаах; үчүгэй дуу, куһаҕан дуу дьайыыны үөскэтэрин билигин билинэн эрэллэр. «Киһини санаата салайар» диэн сахалар этиилэрин дьон бары таба өйдөөн олохторугар туһаналлара үчүгэй санаалара эбиллиилэрин үөскэтэн үчүгэй быһыылар элбээһиннэригэр быһаччы тириэрдэр кыахтаах.

Түүл киһиэхэ дьайыыта олус күүстээх. Хаһан да умнуллубат, дьөлө хатанар иччилээх түүллэр куруук бааллар. Санаа киһиэхэ түүл буолан киирэн киһи санаатын уларытыан сөбө итинник быһаарыллар.

Үчүгэй эйгэ, тулалааһын үчүгэйинэн дьайар. Бу дьайыы күүһүттэн киһи үчүгэйи үтүктэн, үчүгэй санааланан үчүгэйи оҥорорго үөрэнэр, олору оҥороро элбиэн сөп. Онтон бу утарытынан куһаҕан дьайыыга, сабыдыалга киирэн биэрэн куһаҕаны оҥоруохха сөп.

Дьай дьайыыга кубулуйбута ханнык эрэ хамсааһыны оҥордоҕуна, өйү-санааны уларыттаҕына биллэр. Санаа хайа эрэ диэки хайысхаланан, баттааһыны оҥоруута дьайыы диэн ааттанар. Санаа киһи көрүүтүнэн бэриллэр. Ким эрэ болҕомтотун ууран көрөрүн киһи кэтэҕинэн да билэн эмискэ эргиллэн көрүөн сөп. Ол аата киһи көрүүтэ дьайыыны үөскэтэр, болҕомтолоохтук батары көрдөххө ордук күүһүрэр.

Киһиэхэ араас санаалара элбэхтэр. Өр кэмҥэ саныы сылдьар санааларын куруук баалларын курдук, олохсуйбут санааларым дии саныыр. Ол санаалартан уратыларын, быстах, соһуччу киирэн кэлэр уонна оннук быһыылары оҥоро охсорго тириэрдэр санааны дьай диэн ааттыыбыт. Ол аата ай диэн санааттан уратытынан дьай диэн быстах, ситэ ырытыллыбатах, быһаарыллыбатах быһыыны оҥорууга тириэрдэр соһуччу киирэр санаа быстах буолара быһаарыллар.

Бу санаа баар буолбута соһуччута бэрдиттэн киһи хантан эрэ кэлэн киирэрин курдук санааҕа ылларар. Ол эрээри санаа уларыйара түргэнин ааҕыстахха киһи бэйэтин быстах санаалара эмиэ буолуохтарын сөп. Субу оҥорор быһыытын ситэ-хото сыаналаабакка, ырыта, Туох содул үөскүүрүн быһаара барбакка эрэ оҥоро охсорго үөрэммит киһи бу санаа хантан кэлбитин кыайан быһаарбатыгар эмиэ сөп. Быстах санаалаах киһи диэн быстах, ситэ ырыппакка, сыаналаабакка эрэ оҥоро охсор киһини этэллэр. Быстах санаалаах киһи дьайга киирэн биэрэр кыаҕа аһара улаатар. Күүстээх санаалаах киһи быстах санаалаах киһиэхэ өй уган, дьайыыны оҥорор кыахтааҕын сахалар билэллэр.

Дьай үчүгэй буолуон эмиэ сөп. Быстах, соһуччу киирэн кэлэр санаа биирдэ эмэтэ да буоллар табыллан, олоххо туһалаах буолан хаалара дьай аҥардастыы куһаҕан диэн этии сыыһатын быһаарар.

Куһаҕан быһыыны киһи элбэхтик тиэтэйэ сылдьан сыыһа-халты туттунан соһуччу оҥороро ханнык эрэ күүстэр, дьай киирэн оҥоттороллорун курдук санааҕа киллэриэн сөп. Киһи бэйэтэ туруктаах өйө-санаата суоҕуттан быстах санааҕа киирэн биэрэр уратытын сахалар былыр үйэҕэ быһааран билэннэр «Санаабычча быһыылаах» диэн быстах быһыыны оҥорон иһэр киһини этэллэр.

Дьай ордук киһи санаатыгар сыһыаннаах буоллаҕына сабыдыал киһи оҥорор быһыытыгар ордук чугас. Ол курдук сабыдыалтан киһи оҥорор быһыылара быһаччы уларыйыахтарын сөп.

Куһаҕан сабыдыал куһаҕаны үтүктүүттэн, куһаҕан санаалары иҥэринииттэн үөскүүр. «Куһаҕаны үтүктүмэ» диэн куһаҕан сабыдыалга киирэн биэримэ диэн үөрэтии төрүтэ буолар. «С кем поведешься, что и пожнешь» диэн этии бу сабыдыал дьайыытын быһаарар. Ханнык баҕарар хамсааһын икки өрүттээх. Сабыдыал эмиэ дьай курдук үчүгэйдээх уонна куһаҕаннаах. Үчүгэй сабыдыал диэн үчүгэй санаалары үөскэтэр быһыы. Спорт үчүгэй сабыдыаллааҕын бары билэбит, эппитин-сииммитин дьарыктыы сатыыбыт.

Араас дьайыыларга, сабыдыалларга киирэн биэрбэт туһугар киһи майгына кытаанах, чиҥ, ийэ кута иитиллибит буолара эрэйиллэр. Чэпчэки майгылаах киһи араас дьайга, сабыдыалга киирэн биэрэрэ элбиириттэн майгынын дьарыктаан, кытаатыннаран биэриэ, «Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс» диэн өс хоһоонун тутуһуо этэ.

Саха дьоно өй-санаа уратыларын, уларыйарын, киһиэхэ биллибэтинэн дьайар күүстээҕин арааран билэннэр тылларыгар былыр үйэҕэ киллэрбиттэр. Хас биирдии тылларбытыгар дорҕооннорун дьайыыларыгар сөп түбэһэр өй-санаа иҥэн сылдьарыттан тылбыт олус күүһүрэр, иччилэнэр.

Саха тылыгар “дьа” диэн тыл өйү-санааны кытта тутулуга олус улахан. Уратытык «дьэ» диэн эмиэ этиллиэн сөп. Бу «дьа» диэн тыл өй-санаа баарын, мунньуллубутун биллэрэр. Ол курдук бу дорҕоонтон дьай, дьаҥ, дьабын, дьабака, дьаабы, дьаҕыл, дьалыҥ, дьарык, дьахтар, дьадаҥы, дьабалдьы, дьааһыйыы диэн өй-санаа баарын уонна уратыларын быһаарар тыллар үөскүүллэр.

Санаа туохтан да иҥнибэт, хааттарбат, ханна баҕарар тиийэр. Санаа атын киһиэхэ тиийэн тугунан эмэ биллиитэ дьай диэн ааттанар. Дьа диэҥҥэ “ый” диэн хамсааһыны, уларыйыыны биллэрэр дорҕоон эбиллиититтэн дьай үөскүүр. Дьай киһиэхэ тиийэн өйүн-санаатын уларытыыта дьайыы буолан тахсар. “Ыы” диэн ытааһын сыһыарыыта эбиллиитэ куһаҕан өттө элбээбитин биллэрэр. Ол курдук тымныы киһиэхэ тиийиитэ этэ-сиинэ тымныйан, дьагдьайан ылыытынан биллэр буоллаҕына, санаа итиннэ маарынныырдык туһааннаах сиринэн тымныйан ылыынан дьайыыта биллэр.

“Эмискэ дьагдьайан ылбытым” диэн этии ханнык эрэ биллибэт күүс эт-сиин быыһынан киирэн дьайыытын биллэрэрин бэлиэтэ. Ханан эрэ эмискэ тымныйан ылыы эмиэ ханнык эрэ дьайыы буолбутун биллэрэр.

Дьай диэн биир эрэ сүһүөхтээх, олус былыргы кэмҥэ үөскээбит тыл. Дьай киһиэхэ дьайыыта дьагдьайыынан, эмискэ тымныйан ылыынан биллэрэ аатыгар ордук сөп түбэһэр. Бу быһаарыы саха тыла хаһан үөскүөҕүттэн ыла киһи өйүттэн-санаатыттан, этин-сиинин туругуттан тутулуктанан үөскээбитин биллэрэр.

Дьаҥ диэн быстахтык киирэн ааһар ыарыылар киһи санаатыттан ордук улахан тутулуктаахтарын биллэрэр олус былыргы тыл буолар. Ол курдук үгүс ыарыылар эти-сиини хамсатар өйтөн-санааттан, буор куттан тутулуктаахтарын кут-сүр үөрэҕэ бигэргэтэр.

Дьаба диэн туох эрэ биллэр кыйыалаах буоллаҕына этэллэр. «Дьа» уонна баар диэн тыллар холбоспуттарыттан үөскээбит тыл. «Дьа» ханна баарын, мунньуллубутун биллэрэр. Дьабаҕа өй-санаа, буор кут, эт-сиин хамсыыр дьоҕура, кыаҕа мунньустар. Дьабалдьы диэн айахпыт кыйыатын ааттыыбыт.

Дьаабы диэн үчүгэй диэн саныы охсон оҥорбуппут куһаҕан буолан тахсарын этэбит. Туох куһаҕаны, сирэрбитин барытын дьаабы диэн ааттыыбыт, кыһыыбытын-абабытын биллэрэбит. Дьа уонна аба диэн тыллар холбоспуттарыттан дьаабы үөскээбит.

Ийэ кута үчүгэй үгэстэринэн иитиллибэтэх, үчүгэйи уонна куһаҕаны таба араарыыга үөрэммэтэх буоллаҕына оҕо атын киһи араас этиитин аһара дөбөҥнүк ылынан иһэр киһи буола улаатар. Бэйэтин өйүгэр-санаатыгар ийэ кутугар тэҥнээн көрөн бу үчүгэй, онтон бу куһаҕан диэн быһаарар кыаҕа суоҕуттан куһаҕан быһыылары элбэхтик оҥорон кэбиһэр киһиэхэ кубулуйар кутталланар.

Дьабын диэн ойууннар, удаҕаннар сиртэн, Орто дойдуттан букатын бардахтарына өйдөрө-санаалара тиийэн сылдьар сирдэрэ ааттанар. Бу этэ-сиинэ суох сылдьыллар, аҥардастыы өй-санаа мунньустар дойдута. Ойуун, удаҕан өйө-санаата ол дойдуттан дьайарын биллэрэн итинник ааттаабыттар. Олус былыргы кэмнэргэ бу дьон өйдөрө-санаалара атыттартан туспа, ыраах сылдьалларын бэлиэтээн ааттаабыт буолуохтарын сөп.

Дьалыҥ диэн өйү-санааны күүркэтэн, күүһүрдэн биэрии аата. «Дьа» ылыыта диэн ааттанар. Былыргы сахалар дьахталлар ууһуур кыахтарын улаатыннарыыга анаан-минээн ойууну кыырдан туһаналлара биллэр.

Дьахтар диэн тылбыт «дьа» уонна ахтар диэн тыллар холбоспуттарыттан үөскээбит. Ахта диэн бары билэр миэстэбитигэр ханнык эрэ улахан өй-санаа, буор кут мунньустуута баарын биллэрэн итинник ааттаммыт.

Дьарык диэн өй-санаа үлэни-хамнаһы кыайар кыаҕа, тулуура, дьулуура ааттанар. Дьарыктанар диэн этилиннэҕинэ эти-сиини туох эмэ үлэни-хамнаһы оҥорууга, хамсаныыларга эрчийии биллэр.

Дьаһал хайаан да туолуохтаах этии, быһаарыы. Дьаһалта диэн дьаһалы биэрээччи ааттанар.

Дьадаҥы диэн өй-санаа уратытын, туохха да эппиэтинэһэ, эбээһинэһэ суох сыһыаннаһыыны, бытаан, сыылба, кыайан хамсаммат буолууну бэлиэтиир тыл. «Дьа» уонна даҥ диэн тыллартан үөскээбит. Туох да баайа-мала суох буолуу, бу ураты аһара барарыгар тириэрдэн эппит тылы букатын толорбот буолууну, сымыйалааһыны, хаһан да туолбат ыра санааланыыны үөскэтэрин “даҥ” диэн тылбыт биллэрэр. Дьалаҕай киһи диэн эттэхтэринэ өйө-санаата туруга суоҕуттан, тугу да аахайбатыттан сыыһа-халты туттунуон, тугу оҥорбутун тута-бааччы умнуон сөптөөх киһи буолар. Туруга суох өйү-санааны биллэрэр.

Дьаллык диэн киһи оҥорор быһыыларыгар сөп түбэспэт, түргэнник оҥоруллар элбэх куһаҕан быһыылары ааттыыбыт. Оҥорор быһыыларын ситэ сыаналаабакка, ханнык эрэ куһаҕан сабыдыалга киирэ охсон биэрии дьаллыкка ылларыы диэн ааттанар.

Дьаллай диэн туох эрэ олус кэҥээһинэ, улаатыыта аһара бардаҕына ааттанар. «Дьа» уонна аллай диэн тыллар холбоһоннор «дьа» улааппытын, кэҥээбитин, аллайбытын биллэрэллэр.

Дьааһыйыы диэн киһи өйө-санаата сылайдаҕына, салҕан хааллаҕына оҥорор ураты хамсаныыта буолар. Дьааһыйыы сыстыганнаах диэн этэллэр. Ким эрэ дьааһыйдаҕына атыттар эмиэ дьааһыйан барыахтарын сөп. Былыргы ойууннар дьааһыйыыны турукка киириилэригэр элбэхтик туһаналлар эбит.

Дьэ, дьэ диэн этэн тэптэрэн, киһиргэтэн биэрэбит, улахан суолтаны биэрбиппитин биллэрэбит. Олоҥхону истээччилэр олоҥхоһуту дьэ диэннэр тэптэрэн биэрэллэр.

Дьэргэ диэн киһи аата. Биллэр, көстөр киһиэхэ бэриллэр аат. Дьэргэлдьийэр диэҥҥэ тиийдэҕинэ чахчы ыраахтан көстөн араарыллан быһаарыллар кыахтанар.

Дьэҥкэ диэн чуолкай, биллэр, көстө сылдьар буоллаҕына этиллэр.

Дьэҥкир диэн ыраас салгын, уу ааттанар. Дьэҥкир буоллаҕына нөҥүө, курдаттыы көстүөн сөп. Бу тыл ордук муус хайдаҕын сыаналыырга туттуллар. Ол курдук дьэҥкир муус диэн олус ыраас муус ааттанар.

Дьэҥкэрбит диэн эттэхтэринэ уруккутуттан ырааһырбыт буолар. Ууну иһиккэ кутан сөҥөрдө уурдахха сотору кэминэн дьэнкэрэн, ырааһыран барарын билэбит.

Былыргы саха тыла саҥа үөскүүр кэмигэр өй-санаа эмиэ тэҥҥэ сайдан испитин бэлиэтинэн дьай диэн тылбыт буолар. Ойууннар көннөрү киһи билбэтинэн оҥоруллар быһыылар, уларыйыылар үгүстүк куһаҕан өрүттээх буолан тахсалларын быһааран, “ыы” диэн ытааһын сыһыарыытын эбэн дьайыы диэн ааттаабыттар. Оччотооҕу кэмнэргэ киһиэхэ биллибэтинэн, бэйэтэ билбэтинэн дьайыыны атын киһи санаата эбэтэр атыттарга бэйэтин санаата оҥорор кыахтааҕын арааран билбиттэр. Киһи санаата оҥорор кыаҕын, күүһүн арааран билэр кыахтаах буоланнар дьайыы оҥорулларын, уларыйыылары оҥорорун быһааран тылларыгар киллэрбиттэр.

Дьайыы хайдаҕын быһаарарга үчүгэйи уонна куһаҕаны араарыыны билии эрэ туһалыыр. «Туох барыта икки өрүттээх» диэн быһаарыыга сөп түбэһэн дьайыы эмиэ икки өрүттээх:

1. Үчүгэй дьайыы. Бу дьайыы үчүгэй, үрүҥ санааланыыга тириэрдэн, үчүгэйи оҥоруу элбээһинин үөскэтиэн сөп.

2. Куһаҕан дьайыы. Киһини куһаҕан санааланыыга тириэртэҕинэ, куһаҕан, хара быһыылары оҥороругар күһэйиэн сөп.

Санаа атын киһиэхэ биллиитэ дьайыы диэн ааттанар. Санаа киһи баһын иһигэр сылдьарынан үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана кыайан араарыллыбат. Дьай киһиэхэ тугунан эмэ биллиитэ, санаатын уларытыыта эбэтэр тугу эмэ оҥорууга тириэрдэрэ дьайыы диэн ааттанар, бу дьайыыны киһи оҥорон кэбистэҕинэ быһыыга кубулуйар. Бу тыл бүтүүтэ хоһуласпыт “ыы” дорҕооннооҕо куһаҕан өттө элбээн тахсарын биллэрэр. Ол аата дьайыы аһара кылгас кэмҥэ дьайарыттан, киирэриттэн киһини сыыһа-халты тутуннарара элбиирин былыргылар быһаараннар “ыы” диэн ытааһыны биллэрэр дорҕооннообуттар.

Туох эмэ суолталаах быһаарыыны ылынарга сахаларга “Хонон туран баран быһаарынаар” диэн этии баарын туһана сылдьыа этибит. Бу этии дириҥ суолтатынан киһи утуйа сытан араас санаалар дьайыыларыгар түбэһэрин уонна ол санаалар кини быһаарыыны табатык ылынарыгар көмөлөһөллөрүн биллэрэр. Быһаарыыны ылынар кэмҥэ түһэммит түүллэр ордук дириҥ суолталаналлар.

“Сарсыарда өй сытыы буолар” диэн этиини табатык туһанарга уһуктан баран түүллэри, араас санаалар киирбиттэрин сааһылаан, санаталаан ылыы туһалаах. Хас биирдии киһи түүллэрэ этин-сиинин туругуттан, олоҕуттан, үлэтиттэн улаханнык тутулуктанан уратыланалларыттан түүллэри табатык тойоннуу үөрэнии уонна олоххо туһаныы хас биирдии киһиттэн ирдэнэр көрдөбүл буолар. Ону тэҥэ араас элбэх туһалаах санаалар сарсыарда баар буолбуттарын таба тутан ылыы эрэйиллэр.

Түүлгэ хаар маҕан баттахтаах кырдьаҕас оһох холумтаныгар турар кыра оҕону саҥарда үөрэтэр уонна этэр: “Оҕону саҥа саҥаран эрдэҕиттэн сахалыы үөрэтиллэр”, - диир. Оҕо кыра, саҥа саҥаран эрдэҕиттэн сахалыы саҥаран ийэтин - ийэ диэн, аҕатын - аҕа диэн ааттыы үөрэннэҕинэ, өйө-санаатын сайдыыта туруктаах буолара, төрөппүттэрин ытыктыыра, этэр тылларын истэрэ улаатарын төрөппүттэр билэн туһаныа этилэр.

Сылдьан эрэ, киһи билбэтинэн санааҕа уларыйыы киириитэ дьайыы диэн ааттанар. Киһиэхэ биллэр дьайыыны түүлү көрүү үөскэтэр. Ол курдук хаһан да умнуллубат, дьөлө хатанар иччилээх түүллэр киһи санаатын уларытар кыахтара улахан. Үчүгэй түүл дьайыыта киһи санаатын ураты күүскэ көтөҕүөн сөбүн тэҥэ, куһаҕан түүл санааны хам баттыыр күүстэнэр.

Дьай тугунан эмэ билиннэҕинэ, киһиэхэ тиийдэҕинэ саныыр санаатын оҥорор быһыытын иннинэ уларытыыта дьайыы диэн ааттанар. Дьайыы диэн көннөрү киһиэхэ биллибэтинэн туох эмэ санаатын уларытыы буолар. Дьайыы киирбитин киһи бэйэтэ урут хаһан да санаабатах санаата киирэн хаалбытыттан арааран билиэн сөп. Ол курдук “Түһээн да баттаппатах” диэн этии ханнык да дьайыы суоҕун биллэрэр.

Дьайыы санааҕа түргэнник киирэн үгүстүк куһаҕан сабыдыаллаах буоларынан куһаҕан курдук ааттаннар даҕаны «Туох барыта икки өрүттээх» диэн быһаарыыга эмиэ сөп түбэһэр. Үчүгэй санаалардаах киһи үчүгэй дьайыылаах. Ол курдук үчүгэйинэн дьайыы дьоҥҥо ордук элбэх уонна туһалаах дьыалалары үгүстүк оҥорторор. Үчүгэй санаа киирдэҕинэ куһаҕан майгы көнөн, тупсан барыан эмиэ сөп. Үчүгэйи үтүгүннэҕинэ, үчүгэй быһыы дьайыытыттан киһи үчүгэй быһыылары оҥороро элбиир.

Дьайыы олус түргэнник дьайарыттан, тарҕанарыттан, табан сыаналыыр уустугуттан, тиэтэйиигэ тириэрдэрэ төһө да туһалаах буолбутун иһин, сыыһа-халты туттунууну элбэтэринэн киһи быһыылаах дьон сөбүлээбэттэр.

Дьай диэн санаа буолан олус түргэнник тиийэриттэн киһини сыыһа-халты тутуннарар кыаҕа аһара улахан. Ол иһин дьайыы диэн тылбыт “ыы” диэн ытааһын дорҕоонноох уонна быстах быһыыны үөскэтэрэ элбэх. Араас дьайыылартан дьон сэрэнэ, харыстана сылдьаллара, оҥорор быһыыларын тиэтэйбэккэ, ыксаабакка сыаналыыллара, үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билэллэрэ, олохторугар таба туһаналлара эрэйиллэр.

Көрсүө, сэмэй майгылаах буолуу араас дьайыылартан харыстанарга кыаҕы биэрэр. Ол иһин оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кутун иитии олус улахан суолталанар, үчүгэй үгэстэри иҥэрэн биэрии үчүгэй, киһи быһыылаах буоларыгар тириэрдэр. Киһи ханнык баҕарар быһыыны оҥороругар ийэ кутугар иҥэн сылдьар үгэһигэр тэҥнээн көрөн баран биирдэ оҥорор. Ийэ кутугар үчүгэй быһыылары оҥорор, куһаҕаны оҥорбот туһунан үгэстэр иҥэн сылдьар буоллахтарына, киһи үчүгэй диир быһыыларын оҥороро элбиир, куһаҕаны оҥороро аҕыйыыр.

Сахалыы таҥара үөрэҕэ киһиэхэ үчүгэй санааларын элбэтэринэн, үгэс оҥорон иҥэрэринэн киһи куһаҕан, хара дьайыыларга киирэн биэрбэт кыаҕын улаатыннарар. Төрөппүттэр оҕолорун кыра эрдэҕинэ ийэ куттарын үчүгэй быһыылары оҥорууга ииттэхтэринэ, көрсүө, сэмэй майгыны иҥэрдэхтэринэ кэлэр көлүөнэлэрин туһугар санаалара бөҕөх буолуо, аймахтар сайдан, элбээн иһиэхтэрэ этэ.

Онон араас элбэх дьайыыларга, быстах быһыыларга киирэн биэрбэт буолууну оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кута үчүгэй быһыыларга иитиллиитэ быһаарар оруола улаханын төрөппүттэр туһаныа этилэр.

КЭС

Сахабыт тыла олус былыргы кэмҥэ, дьон өйө-санаата саҥа сайдан истэхтэринэ үөскээбитин бэлиэтиир биирдии сүһүөхтээх, өй-санаа өйдөбүллэрэ иҥмит тыллара олус элбэхтэр. Өй-санаа уларыйыыта, сыыйа тупсан иһиитэ иҥэн сылдьар тылынан кэс диэн тылбыт буолар. Бу тылбыт көмөтүнэн биһиги олохпутугар кэмиттэн кэмигэр кэлэн иһэр сөптөөх уларытыылары киллэрэн сайдыыны ситиһэр кыахпыт улаатар.

Сахалыы өй-санаа төрүт тылларбытыгар киирэн иҥэн сылдьалларын булан салгыы ырытан истэхпитинэ, ордук дириҥээн иһэр курдук. Ол курдук сахабыт тылыгар өйгө-санааҕа уларыйыыны киллэриини кэс диэн тылынан этэммит, эдэр көлүөнэлэрбитигэр баҕа санаабытын тириэрдэммит бу уларыйыыларбыт олоххо киирэллэрин ситиһэбит. Итини тэҥэ эдэрдэр саҥаны айыылара инники көлүөнэлэр билиилэригэр олоҕуран, тирэҕирэн оҥорулуннахтарына сыыһа-халты буолан хаалалларын суох оҥоробут.

Сайдыыны ситиһии былыргы, уруккуттан олохсуйбут үгэстэри уларытыыны, кэһиини ылыннахха эрэ ситиһиллэрин бары билэбит, саҥаны айыыны оҥорон олоххо киллэрэн иһиэхпитин баҕарабыт. Ол эрээри бу саҥаны айыыларбыт үчүгэй, үрүҥ, дьоҥҥо туһалаах, сайдыыны аҕалар уонна куһаҕан, хара, туһата суох, буортулаах буолан тахсалларын арааран билиини олоххо саҥа туһанан эрэбит.

Олус былыргы кэмнэртэн, саха тыла үөскүөҕүттэн ыла өй-санаа уларыйыытын сахалар билэн олохпугар туһанарбытыттан омукпут уларыйан, саҥарар тылын уларытан атын ааттанан хаалбакка, бэйэбитинэн сылдьарбытынан, маннык уһун үйэни ситиһэн олоробут. Ол курдук сайдыыны ситиһииттэн кэлэн иһэр, сөптөөх кээмэйдээх уларыйыылары омук бэйэтин өйүгэр-санаатыгар, үгэстэригэр тылын көмөтүнэн киллэрэн иһэр кыаҕыттан сайдыыттан, олох хаамыытыттан, тупсуутуттан, уларыйан иһиититтэн хаалан хаалбакка тэҥҥэ үктэһэн барсан иһэриттэн уһун үйэлэнэр.

Кэс диэн тылбыт кимиэхэ эрэ туһаайыллыбыт тыл этиитин, тугу эмэ оҥор диэн баҕа санааны тириэрдиини биллэрэр. Бу тылбыт тугу эрэ саҥаны айыыны оҥор, уруккуну уларыт, кэс диэн быһаччы өйдөбүллээх.

Кэс диэн тылбытын кэлэр көлүөнэлэрбитигэр анаан этэн, олоххо уларытыылары киллэрэригэр, тупсарарыгар баҕа санаабытын тириэрдэбит. Ол аата көлүөнэттэн көлүөнэҕэ олох тупсуута, сайдыыта ситиһиллэр кыаҕын улаатыннарабыт.

Кэс диэн тыл оҕоҕо аналлан этилиннэҕинэ саҥаны айыыны урут оҥоруллубукка тирэҕирэн оҥор диэн быһаччы быһаарар. Улахан киһи бэйэтин олоҕун уопутун туһанан, көрдөрөн биэрэн үөрэтиитэ, этэн биэриитэ бу кэс диэн тылбытыгар иҥэн сылдьар. Кэлэр көлүөнэҕэ анаан кэс тылы этиллэр диэн сахалыы үгэс олохсуйбут.

Кэс диэн тугу эмэни туораа, кэс, уруккуттан олохсуйбуту уларыт диэн эмиэ өйдөбүллээх. Ол аата бу кэс диэн тыл киһиэхэ аналланнаҕына, туораа диэн өйдөбүлү ылынан тугу эмэ уларыт, уруккуну кэс диэн суолталанар. Киһи олоххо аналын быһыытынан тугу эмэ саҥаны айыыны оҥорон, уруккуну уларытан иһэр аналлаах. Арай бу быһаарыы үчүгэй уонна куһаҕан диэн икки аҥы арахсара, киһи өйдөөх-санаалаах буолан үчүгэйи, туһалааҕы элбэхтик оҥороругар ыҥырар.

“Кэс санаа” диэн тугу эмэ уларытар туһунан толкуйдуу сылдьар бүччүм санаа ааттанар.

“Кэс тыл” диэн тугу эмэ уларыт, тупсар диэн баҕа санааны тириэрдии, онно ыҥырыы буолар. Төрөппүт оҕотугар баҕа санаатын “Кэс тылбын этэбин” диэн этиинэн тириэрдэр. Бу этии олоххо уларытыылары киллэр, уруккуну кэс диэн суолталааҕын иһин, мин, олоххо уопуттаах киһи этиибин ылын, онно олоҕуран тугу эмэ кэс диэн быһаччы өйдөбүллээх. Ол аата бу этии кырдьаҕас, олоххо уопуттаах киһи “Мин этиибиттэн, олоҕум уопутуттан тирэх ылан саҥаны оҥор, ай” диэн баҕа санаатын кэлэр көлүөнэтигэр тиэрдиитэ буолар. (17,283).

Кэс диэн тылтан бары сөбүлүүр кэһии диэн тылбыт үөскүүр. Бары кэһии ыларбытын сөбүлүүбүт, ону тэҥэ туох эмэ саҥаны, олоххо туһалааҕы, үрүҥ айыыны оҥорон, олоҕу тупсарар санаалаахпыт. Кэһии диэн тылбыт кэс диэҥҥэ “ии” диэн өй-санаа буккуллуутун биллэрэр дорҕоон эбиллиититтэн үөскээбит уонна өйү-санааны уларытарга аналланар ыҥырыы буолар. Ол курдук кэһии биэрии аҥардастыы үчүгэйи эрэ биэрии буолбатах, туох барытын курдук икки өрүттээҕин, иэскэ эмиэ киллэрэрин билиэхпит этэ.

Бастакытынан, кэһии диэн урукку олохсуйбут үгэстэри кэһии, тугу эмэ, өйү-санааны уруккутуттан уларытыы, айыыны оҥоруу, тупсарыы аата. Ол аата кэһии диэн ааттаан биэриибит тугу эмэ уларытарга, тупсарарга аналлаах биэрии буолара быһаарыллар. Иккиһинэн, кэһии биэрии чопчу сыалынан киһи киһиэхэ сыһыанын, санаатын тупсарыыга, уларытыыга аналлааҕа быһаарыллар. Ол курдук кэһии биэрбит киһи туохха эмэ, хардары кэһиигэ, санаа тупсуутугар эрэҥкэдийэрэ баа буолбат. Кэһии ыллахпытына эбэтэр биэрдэхпитинэ туох эрэ уларыйыыны, кэһиини кэтэһэбит эбэтэр бэйэбит кэһиибит тугу эрэ уларытарын күүтэбит.

Кэһэр диэн туох эрэ быраабыланы, үгэстэри кэһии, атыннык оҥоруу аата. Олоххо урукку, хаалбыт үгэстэри, туомнары кэһии, үрүҥ, үчүгэй айыыны оҥоруу, сайдыыны ситиһии буолан бииртэн-биир кэлэн истэҕинэ эрэ олохпут сайдыы диэки сыҕарыйар кыахтанар. Ол курдук олус былыргы, олохтон хаалбыт сиэрдэри-туомнары кэспэппит, аһара кытаанахтык тутуһарбыт, айыыны оҥорбоппут эбитэ буоллар сайдыы, олоххо уларыйыы диэн кэлиэ суоҕа этэ. Бары олоҥхо саҕанааҕы былыргы олохпутун тутуһан, саах сыбахтаах балаҕаммытыгар сирэй оһохпутун отто-отто олорор буолуо этибит.

Ууну кэс диибит. Ол аата хас биирдии ууну кэһии уруккутуттан атынын биллэрэбит. Бу быһаарыы “Биир ууга иккистээн киирбэккин” диэн этиинэн чопчулаан бигэргэтиллэр. Уу устан, хамсаан дьалкыйан биэриитэ хас сырыы аайы уларыйан биэрэн иһэриттэн, кэһэр диэн сахалыы тылынан толору быһаарыллан этиллэр. Хас ууну кэстэхпит аайы уруккутуттан уларыйан иһэр, саҥа ууга киирэн иһэр эбиппит.

Кэһэй диэн тылбытын сыыһа-халты туттунуу кэнниттэн өй киирэрин, тупсарын туһугар анаан-минээн этэбит. Бу тылбыт кэһии оҥоруу табыллыбатаҕына, сыыһа-халты буолан таҕыстаҕына тугунан эмэ ночоотуруу, ыарыы эҥин буоллаҕына аны ону хатылаабат туһугар кыһанары биллэрэр.

Кэскил диэн ким, туох эрэ инникитэ, кэлэр олоҕо, сайдыыта ааттанар. Инники олоххо сайдыыны ситиһии урукку олоҕу уларыттахха, тупсардахха кэлэрин кэскил диэн тылбыт быһаарар. Кэскил диэн кэс киллэрии, ол аата уларыйыылары киллэрэн кэскили ситиһэр эбиппит.

Кэскили тэрийии диэн олоххо туһалаах уларытыылары киллэрэн олох тупсуутун, сайдыытын үөскэтии буолар.

Кэстиил диэн саха ууһа уһанан оҥорбут улахан тимир тоһоҕотун ааттыыбыт. Кэс уонна тиил диэн тыллар холбоһууларыттан үөскээбит.

Кэс – уларыт, туораа диэн суолталаах буоллаҕына, тиил диэн сөп түбэһэн, атыҥҥа эмиэ туттуллар диэн өйдөбүллээх тыллар. Кэстиили тууран ыллахха атыҥҥа эмиэ туһаныахха сөп. Кэстиил диэн сахалар бэйэбит уустарбыт тимиринэн уһанан оҥорбут туһалаах тэриллэрэ уонна ол тэрилбитин бэйэтин суолтатыгар сөп түбэһиннэрэн ааттаабыт төрүт тылбыт буолар.

Сахалар таҥараларын үөрэҕэр улаатан иһэр оҕоҕо аналлаах “Айыыны оҥорума” диэн этии туттуллар. Арай бу этиини өй-санаа үөскүүр тутулуктарын билбэт буолууттан көнөтүк өйдөөтөххө сахаларга сайдыыны аҕалыыны утарар курдук. Ол эрээри бу этии оҕо өйө-санаата үөскээһинэн уонна сайдыытын уратыларынан сөптөөхтүк дакаастанарын кут-сүр үөрэҕэ бигэргэтэр.

Оҕо өйө-санаата сайдыыта улахан киһи өйүттэн-санаатыттан уратытынан, олоххо туһалаах, үчүгэй үгэстэрэ ийэ кута саҥа үөскээн эрэллэриттэн “Айыыны оҥорума” диэн үөрэх элбэх араас айыылары оҥоро сатаан сыыһа-халты туттунара элбэҕин, куһаҕан үгэстэнэн хааларын аҕыйатарга аналланар. Оҕо үчүгэйи уонна куһаҕаны ситэ арааран билэ илигиттэн оҥорор быһыытыттан туох содул үөскүүрүн билбэккэ, элбэх ону-маны оҥорон куһаҕан быһыыны элбэтиэн сөбүттэн дьон оҥорботун, айыыны оҥорума диэн үөрэтэн оҕону киһи буолууну баһылыан иннинэ харыстыыр аналлаах.

Улаатан эрэр оҕоҕо кэс диэн этии “Айыыны оҥорума” диэн үөрэх бүппүтүн кэнниттэн кэлэр. Сахаларга сайдыыны, саҥаны аҕаларга аналлаах кэс тылы төрөппүт эбэтэр олоххо улаханнык уопутурбут киһи оҕотугар, кэлэр көлүөнэлэргэ этэн биэриитинэн оҥоруллар. Ол аата саҥаны айыыга, олоххо киллэриигэ инники көлүөнэ дьон уопуттарын, билиилэрин хайаан да туһанары эрэйэриттэн сыыһа-халты буолан хааларын аҕыйатарга аналланара быһаарыллар.

Онон кэс диэн тылбыт төрүтүгэр иҥмит өй-санаа, бары кэс диэн олохтоох тылларбытыгар барыларыгар дьайа сылдьар уонна өй-санаа уларыйарыгар, тупсарыгар баҕа санааны, ону олоххо киллэриини биллэрэр. Ол аата олоххо саҥаны, сайдыыны киллэрии көлүөнэттэн көлүөнэҕэ сайдан, тупсан иһиитэ кэс диэн тылбытынан бэриллэн сыыһа-халты буолан тахсарын аҕыйатар.

Бу кэс диэн тылбытын туһаныыбыт омукпут сайдыыны ситиһэригэр, сайдан, уларыйан иһэр олохтон хаалан хаалбатыгар оҥорбут үтүөтүнэн, бачча уһун үйэлэргэ омукпут аата уларыйбакка, олох сайдыытыттан хаалан хаалбакка тупсууну киллэрэн олоҕу салҕаан иһэрбит буолар.

Биһиги кэлэр көлүөнэлэрбитигэр кэс тылбытын этэбит. Аныгы олоххо дьон бары кэриэтэ ситиспит үчүгэй киһи буола сатыыр үөрэхтэрэ, таҥаралара бары салгыы сайданнар, Күн таҥараҕа кубулуйан дьон биир санааланыыларын үөскэтэн айылҕаны харыстааһыны күүһүрдүө этилэр.

КЭРЭ

Саха дьоно өй-санаа уратыларын, кэмэ кэллэҕинэ уларыйан биэрэрин билэллэрин олоххо таба туһанар кэм кэллэ. Ол курдук айылҕаҕа туох барыта уларыйар, саҥалыы таҥыллар, хомуллар, үөскүүр кэмнэрэ эргийэн тиийэн кэлэрин сахалар былыр-былыргыттан билэн тылбытыгар киллэрбиттэрин таба туһаныахпыт этэ.

Санаабытыгар бука бары тугу үчүгэй диирбитин эрэ эккирэтэ, ону ситиһэ сатыыбыт. Быстах санаабытыгар үчүгэйтэн үчүгэй, кэрэттэн кэрэ хаһан да тохтообокко кэлэн иһэр уонна өссө тупсан биэрэн иһэр курдук. Ол эрээри сахабыт тылын сыаналаан көрдөхпүтүнэ кэрэ диэн тыл кэнниттэн үчүгэйи бэлиэтиир атын тылбыт суох. Үчүгэйбит кэрэттэн кэрэ буолуунан бүтэр, муҥурданар кэмнээх эбит. Кэрэ диэн тыл кэнниттэн кэрэх, кэрэдэк диэн уларыйыы бүппүтүн биллэрэр тыллар салгыы кэлэллэрин таба өйдүөхпүт, олохпутугар кэлэн иһэр уларыйыыларга эрдэттэн бэлэмнэниэхпит этэ.

Олоххо “Туох барыта икки өрүттээх” диэн быһаарыыга сөп түбэһэринэн, туох барыта кэмэ кэллэҕинэ эргийэн биэрэринэн, үчүгэй аҥардастыы биир өттүн диэки бара турар кыаҕа букатын суох. Кэмэ кэллэҕинэ үчүгэйбит эргийэн биэрэрэ, куһаҕаҥҥа кубулуйара илэ тиийэн кэлиэн сөп. Ол курдук сэбиэскэй былааска бары барыта “үчүгэй” диэн ааттанара, хайҕанара аһара элбээбитин, дьон бары сынньалаҥнык сылдьыыга тиийбиттэрин кэнниттэн олохпутугар ас-таҥас барыта тиийбэт буолуута үөскээн, барыбыт барыта куһаҕаҥҥа кубулуйбутуттан салайар былаас уларыйбыта, эйэлээхтик атынынан солбуллубута. Оччолорго куһаҕан диэн ааттанар, туоратыллар, куһаҕаннык этиллэр баайдар билигин, ырыынак кэмигэр үчүгэйгэ, онтон үчүгэй диэн ааттана сылдьыбыт дьадаҥылар куһаҕаҥҥа кубулуйдулар. Бу олохпутугар буолбут уларыйыылары таба өйдөөн сэбиэскэй былаас саҕана хаалан хаалбыт өйбүтүгэр-санаабытыгар сайдыыны, тупсууну, уларыйыылары эмиэ киллэриэ этибит.

Ураты үчүгэйи, тупсаҕайы кэрэ диэн ааттыыбыт. “Оо, кэрэ” дии-дии үөрэбит, бэйэбит эмиэ кэрэ буоларга дьулуһабыт. Быстах санаабытыгар үчүгэйтэн үчүгэй кэрэ эбит диэн бары кэрэ буола, кэрэни ситиһэ сатыыбыт. Бу үтүө баҕа санаабыт туолара буоллар бары барыта кэрэ, тулабыт барыта кэрэҕэ кубулуйуо этэ диэн баҕара саныыбыт уонна айылҕаҕа, ол аата олохпутугар туох барыта кэмэ кэллэҕинэ уларыйарын, эргийэн биэрэрин, саҥаттан саҕаланарын умнан кэбиһэбит.

Айылҕаҕа аҥардастыы аҥар өттүн диэки бара туруу суох. Сылаас сайын кэнниттэн тымныы кыһын тиийэн кэлэрин курдук туох барыта эргийэн кэлэринэн, «Туох барыта икки өрүттээх» диэн үөрэҕи умнубатахпытына эрэ, олоҕу табатык сыаналаан, уһуннук олорор кыахтанарбытын билиэхпит этэ. Аҥардастыы аҥар өттүн, кэрэ диэки барыыны тутуһуу олоххо улахан халыйыыны үөскэтэрин умнумуохха. Кэрэ киһи үлэлээбэт, киэргэнэр, атыттарга көстөр эрэ. Дьон бары кэрэ буола сатыылларыттан үлэ-хамнас сатарыйан, кыаллыбат кэмэ кэлэриттэн тыабыт сирин үлэлэрэ сайдыбаттар.

Олоххо атын өрүтү, куһаҕаны эмиэ билэн, ону тупсарар, өрө тардар үлэни утумнаахтык ыыттахха эрэ, олох икки өрүт икки ардынан барар кыахтанарын таба туһаныахпыт этэ. Үчүгэйи аһара барыа суоҕа этибит. Ол курдук үчүгэй киһи үчүгэйдик үлэлиириттэн олоххо сайдыыны, тупсууну аҕалар кыахтааҕын билиэ этибит.

Кэрэ буолуу кэнниттэн үчүгэйбит бүтэр уһуга, кыйыата быһаарыллан, куһаҕаҥҥа уларыйар кэмэ тиийэн кэлбитэ биллэрин олохпутугар туһаныахпыт, бары барыта эргийэ, саҥаттан саҕалана турдаҕына эрэ сиргэ олох табылларын өйдүөхпүт этэ. Ол курдук бу үчүгэй диирбит куһаҕаҥҥа уларыйар кэмэ кэлэрин билигин туттулла сылдьар икки өрүттээх өйдөбүллээх тылларбыт биллэрэллэрин тэҥэ, бу уларыйыы кэлэрэ субу чугаһаабытын кэрэ, кэрэттэн кэрэ буолуу кэлбитэ чуолкайдыыр.

Кэрэ диэн тылтан салгыы кэрэх диэн тылбыт кэлэр. Кэрэ кэрэххэ, уларыйбат көрүҥҥэ кубулуйар. Урукку кэмҥэ сахалар араас суол кэрэхтэри оҥорон элбэхтик туһаналлара биллэр.

Кэрэбит аһара барыыта кэрэгэй буолууга тириэрдэр. Кэрэ буолуу аҥар, үчүгэй диэки өттүгэр улахан халыйыыны үөскэтэринэн кэрэгэйгэ тириэрдэн буолуохтааҕыттан итэҕэс, кыараҕас, татым өйү-санааны биллэрэр. Ол курдук бэйэ эрэ үөрэрэ кэрэгэй, үөрүүнү үллэстэр ордугун бары билэбит. Кэрэ буолуу мин эрэ ордукпун, үчүгэйбин диэн санаа баһыйарыгар тириэрдэрэ аҥар, үчүгэй өттүгэр халыйыы аһара улааппытын бэлиэтиир. (17,281).

Кэрэ диэн тылтан кэрэдэк диэн үөхсэр тыл үөскүүр. Бу тылы умнумуохха. Кэрэттэн кэрэдэк, кэрэни эккирэтээччи үөскээн тахсара куһаҕаҥҥа, үөхсүүгэ тириэрдиэн сөп. Ол аата аһара үчүгэй буолуубут бүтүүтэ кэлиитэ кэрэ буолуу диэн эбит. Аһара үчүгэй буолууну эккирэтэр киһи кэрэдэк диэн буоларын таба өйдүөххэ, үчүгэйи аһара эккирэтэртэн сэрэниэххэ сөбүн биллэрэр.

Олус уһун үйэлээх сахалар олус элбэхтик үчүгэй куһаҕаҥҥа уларыйыытын олохторугар билбиттэрин бэлиэтинэн кэрэ диэн тылбыт буолар. Сахаларга кэрэтэ диэн туох эрэ биллэр кыйыата, кытыыта ааттанар. Бу кыйыа кэрэ бүтүүтүн биллэрэр бэлиэтэ буолан дьон өйүгэр хатаммыт. Өй-санаа үөрэҕин быһаарыытынан өйдөөх-санаалаах, билиилээх киһи кэрэ буолууттан сэрэнэрэ, харыстанара ордук этэ. Үчүгэйбит бүтүүтэ кэрэ буолууга тириэрдэрин билиэххэ, олоххо табан туһаныахха, куһаҕаны арааран билэн тупсарар үлэни ыытыахха.

Кэрээ диэн хараардан, хоруотаан бэлиэтээһин, ураты көрүҥү биэрии ааттанар. Дулҕаны уокка кэрээн, моччуук оҥостон бултуурга туһаныллар. Итини тэҥэ, кэрээ диэн киһиэхэ, туохха эмэ туһаайан эттэххэ, бүтэн тохтоо, баран ханын диэн өйдөбүллэнэр. “Кэрээбэт кэҕэлээх, өрөөбөт өтөннөөх” диэн норуот айымньытыгар кыһына суох, куруук сайын дойдуну хоһуйан этии буолар.

Кэрээн диэн киһиэхэ сөп буолар ханнык эрэ кээмэй. Аһылыкка, тугу эмэ туһаныыга аһара барбат буолуу, кээмэйи тутуһуу ааттанар.

Аһара барыы кэрээнэ суох буолууну үөскэтэр. Ол аата кэрээн диэн киһи оҥорор быһыыларыгар хаһан да аһара барбат кыйыата ааттанар. “Кэрээниттэн тахсыбыт” диэн олус куһаҕан, ыар быһыылары оҥорор, киһи быһыытын аһара барар кыахтаммыт, туттунар күүһэ суох буолбут киһини этэллэр.

Үөрэҕи баһылааһын билигин үчүгэй диэн буолла уонна дьахталлар аҕыйахтык оҕолонор буолууларын үөскэттэ. Ол аата үчүгэй, үөрэхтээх дьахталлар биирдэ эмэ оҕолоноллор. Үчүгэйтэн үчүгэй, кэрэ буолууга дьахталлар бары дьулуһаллар. Кэрэттэн кэрэ буолууну дьахталлар аҕалаллар, элбэтэллэр.

Кэҕэ диэн айылҕаҕа баар, оҕотун атын чыычаахтарга ииттэрэ биэрэр кэрэ көтөр буолар. Саҥата үчүгэйинэн, дьүһүнэ кэрэтинэн олус кэтэһиилээх сайын кэлбитин чоргуйан биллэрэринэн куруук аатыран куһаҕан быһыылааҕын саптынар.

Үчүгэйтэн үчүгэй кэнниттэн кэлэр кэрэ буолуу «кэҕэлэри», оҕолорун атын дьоҥҥо ииттэрэр дьахталлар элбээһиннэрин үөскэтэр. Аҥардас дьахталлар оҕолоноллоро элбээһинэ атаахтык иитиллибит оҕолор үксээһиннэригэр тириэрдэрэ бэрээдэги кэһээччилэри элбэтэр.

Атаах буола улааппыт, бас-баттах иитиилээх эдэрдэр олоҕу эргитэ тутар кыахтара улаатар, билиҥҥи кэмҥэ үчүгэй куһаҕаҥҥа уларыйар кэмин бэрээдэги тутуспаттарынан, аһара баралларынан аҕалыахтарын сөптөөх кэмэ биһиэхэ кэлэн иһэр. Үчүгэй диэн быһаарыы туохха барытыгар сыһыаннаахтык туттуллар. Бу быһаарыы уларыйыытыттан, кэрэ диэҥҥэ кубулуйуутуттан муҥура, кыйыата кэлиититтэн үчүгэй куһаҕаҥҥа уларыйар кэмэ кэлбитин арааран билиэххэ сөп.

Дьон бары «Оо, кэрэ» диэн хайҕаатахтарына, киһи барыта кырдьык кэрэ эбит диэн өйдөбүлгэ киириилэрэ кэрэ диэн кэлбитин, олоххо уларыйыы киирэн эрэрин бэлиэтэ буолар. Тылбыт үөрэхтээхтэрэ, учуонайдар үчүгэй киһи кэнниттэн кэрэ киһи кэлиэ диэн сыыһа санааҕа киллэрэ сатыыллар.

Кэрэ киһи үлэлээбэт, кэрэтин эрэ көрдөрө сатыырга кубулуйуута үлэ-хамнас сатарыйарыгар, хаалыытыгар тириэрдэр. Билигин биһиэхэ кэлии үлэһиттэр элбээһиннэрэ олохтоохтор бары кэрэ буола сатаан үлэлииллэрин бырахпыттарын биллэрэр.

Олохпут сайдыыта үлэттэн быһаччы тутулуктаах. Үлэ үлэлэнэр, үлэ эрэйдээх. Үлэни үчүгэйдик эрэ үлэлиэххэ сөп. Өссө кыһанан, тупсаран биэрдэххэ үчүгэйтэн үчүгэй үлэ түмүгүн ситиһиэххэ сөп. Үлэ кыайан кэрэ буолбат. «Кэрэтик үлэлээһин» диэн этиллибэт. Кэрэ буолуу үлэҕэ-хамнаска кыайан табыллыбат, кэрэ киһи үлэлээбэт. Кэрэ киһи киэргэл, ырыа-тойук аргыстанарыттан үлэни-хамнаһы атыттар баһылыыллар, бас билиилэригэр ылаллар.

Кэрэ буолуу кэнниттэн дойдуга үлэ-хамнас кыаттарбат кэмэ кэлэрэ үчүгэйбит уларыйан куһаҕаҥҥа кубулуйан биэриитэ тиийэн кэлэрин биллэрэр. Кэрэ киһи үлэлээбэтиттэн үлэҕэ-хамнаска атын омукка баһыттарыы, үтүрүттэрии үөскээһинэ омук эстиитигэр, атын үлэһит омугунан солбуллуутугар тириэрдиэн сөп. Ол курдук сахалыы кэрэтэ диэн тыл туох эрэ кыйыата, бүтүүтэ кэлэрин биллэрэрэ чуолкай. Олус уһун үйэлээх сахабыт тылыгар дьон олоҕор өр буола-буола кэлэн ааһар тосту уларыйыылар чопчу этиллэ сылдьалларын таба өйдөөн, быһааран туһаныахпыт этэ.

Онон кэрэ диэн олоххо үчүгэй өттүн диэки аһара барыы, халыйыы бэлиэтэ, үчүгэйбит бүтэр кыйыата, кэрэтэ эбит. Кэрэттэн кэрэ диэн кэлиитин кэнниттэн олоххо улахан уларыйыылар киирэллэрэ быһаарыллар. Үчүгэй куһаҕаҥҥа эргийэн биэрэр кэмэ кэлиитин кэрэ диэн тылбыт туттуллара элбээһинэ биллэрэрин таба өйдүөххэ, сыыһа суолга киирэн биэримиэххэ, кэрэ буола сатаамыахха.

ОЛ ДОЙДУ

Олус былыргы кэмнэртэн дьон өйө-санаата сыыйа-баайа сайдан испитэ олус уһун үйэлээх сахабыт тылыгар киирэн иҥэн сылдьар. Бу былыргы этиилэри билигин да туһана сылдьабыт. Ол курдук олоҥхо кэмин саҕана дьон өйө-санаата ситэ сайда, биир киһи үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны оҥорон кэбиһэрин өссө арааран билэ иликтэринэ, өй-санаа арахсыытын икки аҥы эрэ; бу уонна ол эбэтэр анараа дойдулар диэннэргэ араараллар эбит:

1. Былыргы сахалар бу дойду диэн дьон бэйэлэрэ, тыыннаах эттээх-сииннээх буолан уонна атын тыынар-тыыннаахтар бары сылдьар, олорор, үөскүүр сирдэрин ааттаабыттар.

2. Ол эбэтэр анараа дойду диэн ааттанар сиргэ тыыннаах, эттээх-сииннээх киһи кыайан сылдьыбат. Киһи өллөҕүнэ эрэ өйө-санаата ол эбэтэр анараа дойдуга тиийэрин сахалар билэллэр. Бу аҥардастыы өй-санаа эрэ сылдьар сирин сахалар олус былыргы кэмнэргэ үөрэтэн билэннэр тыыннаах, эттээх-сииннээх дьон сылдьар сирдэриттэн туспа араараннар, ол эбэтэр анараа дойду диэн киһи, бэйэлэрэ сылдьар сирдэриттэн туспатын, уратытын быһааран аат иҥэрбиттэр.

Сири-дойдуну маннык икки аҥы араарыыны олус былыргы кэмнэргэ дьон өйө-санаата ситэ сайда илигинэ, үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны оҥорууну арааран билэ иликтэринэ туһана сылдьыбыттара олус уһун үйэлээх сахабыт тылыгар иҥэн сылдьар. Ол аата икки тыһыынча сыллар быдан анараа өттүлэригэр, үчүгэй киһи таҥара Христос үөскүөн быдан иннинэ үөскээн туттулла сылдьыбыт, өй-санаа икки аҥытын, тыыннаах уонна өлбүт дьон өйдөрө-санаалара туспа уратылаахтарын быһаарар өйдөбүллэр сахабыт тылыгар билигин даҕаны иҥэн сылдьаллар.

Ким да өлөн хаалыан баҕарбат. Тыыннаах буолан, эттээх-сииннээх сылдьар үчүгэйэ элбэх, дьоллонууну киһи этин-сиинин нөҥүө эрэ билэр. Киһи өллөҕүнэ өйө-санаата туспа арахсан, үөр, айыы буолан ол эбэтэр анараа дойдуга барарын иһин ол дойду дьоҥҥо үчүгэй өйдөбүлэ суох. Киһи өллөҕүнэ өйө-санаата атын ханнык да өйдөргө-санааларга маарыннаабатын, уратытын иһин айыы буолар диэн эппиттэр уонна туспа, анараа дойдуга олохтообуттар.

Эт-сиин тыынар тыыннаах. Айылҕаны кытта киһи быһаччы тутулуктаах чааһа этэ-сиинэ буолар. Киһи өллөҕүнэ этэ-сиинэ Орто дойдутугар, сиргэ хаалар. Эт-сиин бу биллэр уратыта сахабыт тылыгар эмиэ киирэн иҥмитин булан ылабыт.

Тыы ууга устарга аналлаах тэрил. Тыы былыргы кэмнэргэ дьон өссө сатаан харбаабат кэмнэригэр уонна дүлүҥ тыыны туһанар эрдэхтэринэ олус кутталлаах тэрил буолара аатыгар киирэн иҥмит. Бу тылбыт “ыы” диэн ытааһын дорҕоонунан бүтэрэ чахчы кутталлааҕын, сэрэхтээҕин биллэрэ сылдьар.

Тыый диэн сэрэн, кутталлаах диэн өйдөбүллээх, сэрэтэр тылбыт.

Тыын диэн салгыны тыыныы, тыыннаах буолуу ааттанар. Киһи айылҕаттан тутулуга олус улаханын уонна кытаанаҕын биллэрэр. Киһи олоҕор тыынара саамай кэбирэх сирэ буоларын бу тылбыт “ыы” диэн дорҕооннооҕо арыйар. Аҕыйах мүнүүтэ тыыммата да киһи, киһи буолан бүтэрин быһааран “ыы” диэн ытааһын дорҕоонун иҥэринэн сылдьар.

Тыыннаах киһи сылдьар, олох олорор дойдутун былыргы кэмҥэ бу дойду диэн ааттыыллара. Тыыннаах диэн салгыны тыынар, эт-сиин тыыннаах буоларын быһаарар тылбыт буолар.

Бу дойду диэн былыргы этии аныгы кэмҥэ, өй-санаа сайдыбытын биллэрэн Орто дойду диэҥҥэ уларыйбыт, ол аата өй-санаа сайдыытыттан, үчүгэйи уонна куһаҕаны араарар буолууттан сиргэ бэйэтигэр Орто дойду диэн ааты иҥэрбиттэр.

Өй-санаа киһи өлбүтүн кэннэ эттэн-сиинтэн арахсан туспа барарын уонна төһө эмэ өр кэмҥэ туспа сылдьар кыахтааҕын сахалар былыр-былыргыттан билэннэр атын, ураты дойду баарын быһааран тылларыгар киллэрбиттэр. Саха дьоно тыыннаах киһи кыайан сылдьыбат дойдутун, өйө-санаата өллөҕүнэ эбэтэр түһээтэҕинэ эрэ онно тиийэрин билэннэр, ол дойду эбэтэр анараа дойду диэн ааттаабыттар. Ол дойдуга өлбүт эрэ дьон өйдөрө-санаалара сылдьалларын чуолкай билэллэрин улахан баай киһини көмөллөрүгэр тэһиин тутар кулутун уонна миинэр атын туспа ииҥҥэ көмөн анараа дойдуга бииргэ ыыталлара онно дакаастабылынан буолар. “Ол дойдуга көрсүөхпүт” диэн олоҕу уһуннук олорбут кырдьаҕастар этиилэрэ итини эмиэ бигэргэтэр.

“Ол дойдуга тугу да илдьэ барбаккын” диэн быһаарыыны киһи барыта, ордук баайдар билиэхтэрэ этэ. Олохторун тухары араас элбэх баайы-малы мунньунааччылар бу этиини билбэттэр, таһы-быһа умнан кэбиһэллэр. Киһи үйэтэ баайга-малга, тутууларга, сиргэ холоотоххо олус кылгас. Улахан баай киһи өллөҕүнэ хаалларбыт нэһилиэстибэтин үллэстиитэ диэн ааттаах улахан айдааннар тахсалларын истэ, билэ сылдьабыт.

Ол дойду ханна баарын быһаарыыга сахалар былыр-былыргыттан үөһээ баарын билинэннэр араас айыылары, үөрдэри үөһээ, халлааҥҥа олохтообуттар. Киһи өлбүтүн кэннэ туспа баран сылдьар өй-санаа тыыннаах дьоҥҥо түүллэригэр киирэн биллэрин тэҥэ, ханнык эрэ ураты кэмҥэ биир эмэ киһиэхэ илэ курдук көстөн кэлиэхтэрин эмиэ сөп. Ханна эрэ ыраах баар дии саныыр ол, анараа дойдубут биһиги аттыбытыгар, тулабытыгар баарын ити быһаарыы бигэргэтэр.

Олох сорох түгэннэригэр киһи хайа дойдуга сылдьарын арааран билбэт түгэннэрэ тиийэн кэллэхтэринэ «Көм эккиттэн кымаахтаан көрөр буол», -диэн этэллэр. Онно ыарыыны биллэххинэ, бу дойдуга сылдьар буолар эбиккин, онтон анараа дойдуга ыарыы диэни билбэккин. Ол, анараа дойдуга киһи ыарыы диэни билбэт, этэ-сиинэ суох өйө-санаата көҥүл көтө сылдьар дойдута буолара дакаастанар.

Икки тарбаҕы холбуу тутан үҥүү тупсубут Христос таҥара үөскүөн иннинээҕи былыргы христианнар туттар бэлиэ быһыылара эбит. «Двуперстие» диэн эрдэтээҕи православнай итэҕэллээхтэр икки тарбахтарын холбуу тутан, ол аата икки; бу уонна ол дойдулары бииргэ холбоон кириэстэнэллэрин этэллэр. Өй-санаа бу курдук икки аҥы эрэ арахсыыта тупсубут христианскай итэҕэл өссө үөскүү илигинэ туттуллар буолбута уһун үйэлээх сахабыт тылыгар киирэн иҥэн сылдьар. Бу уонна ол, анараа дойдулар диэн араарыы өй-санаа икки аҥы арахсыытын, онтон эт-сиин туспатын быһаарар.

Үчүгэйи уонна куһаҕаны киһи өйүнэн-санаатынан арааран билбитин, “Туох барыта икки өрүттээҕин” олоххо туһанар буолбутун кэнниттэн сири-дойдуну үс аҥы араарыы үөскээн олоххо киирбит, тупсубут Христос таҥара үөскээн дьоҥҥо тарҕаммыт. Сири-дойдуну икки аҥы эрэ араарааччылары “язычниктар” диэн ааттааннар өйдөрө-санаалара ситэн сайда илигин биллэрэллэр.

Икки тыһыынча сыллар анараа өттүлэригэр сайдан тарҕаммыт тупсубут христианскай итэҕэл аллараа дойду диэн өйдөбүлэ сахалар ол, анараа уонна бу дойду диэн этиилэригэр эбии киллэрэн биэрииттэн оннун булуммут. Ол быһаарыытынан сахалар аан маҥнай аллараа дойдуну көнөтүнэн өйдөөбүттэр, буору хаһан тимир рудатын хостуур тимир уустарын аллараа дойдуга олохтуу сатаабыттар. Кэлин тимир уустара үчүгэйдэрэ, дьоҥҥо туһалаахтара чахчы биллибитин, дьон итэҕэйбиттэрин кэнниттэн үөһээ дойдуга таһаарбыттар.

Билигин сахалар үөрэхтэринэн үөһээ уонна орто дойдуларга “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһиннэрэн үчүгэй уонна куһаҕан холбуу сылдьар буоллахтарына, аллараа дойдуга аҥардастыы куһаҕаны, дьоҥҥо буортулааҕы эрэ мунньар дойду курдук саныыллар. Бу быһаарыы аллараа дойду диэн өйдөбүл кэлин христианскай, православнай итэҕэлтэн киирбитин уонна өй-санаа өйдөбүллэригэр, “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэспэтин, уларытыылары, эбиилэри киллэрбитин чуолкайдыыр.

Аллараа дойду диэн христианскай таҥара үөскэппит өйдөбүлэ аҥардастыы куһаҕан санаалары туспа арааран биир сиргэ мунньарынан сахалар “Үчүгэй уонна куһаҕан аргыстаһан сылдьаллар” диэн этиилэригэр сөп түбэспэт. Бу быһаарыы Үөһээ дойдуга анардастыы үчүгэйдэр эрэ мусталлар диэн этии сыыһатын эмиэ быһаарар.

Киһи өйө-санаата өссө сайдан, үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа араарар кыахтаммытын, сири-дойдуну үс аҥы араарыы үөскээбитин кэнниттэн үчүгэй киһи, Христос таҥара үөскээн тарҕаммыт. Ол аата Үөһээ, Орто, Аллараа дойдулар диэн киһи өйө-санаата сайдан, киһилии быһыыланар, үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа араарар буолбутун кэнниттэн үөскээбит, икки тыһыынча сыллардаахтан олоххо киирбит өйдөбүллэр буолаллар.

«Троеперстие» диэн саҥа, тупсубут православнай итэҕэллээхтэр үс тарбахтарын холбуу тутан кириэстэнэллэрин ааттыыллар. «Троеперстие» диэн саҥа, тупсубут Христос таҥара үөскээбитин, дьон өйө-санаата сайдан үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа арааран, туох барыта ортотунан буолара үчүгэй, табата элбиир диэн үөрэҕи баһылаабыттарын, үс дойдуну үөскэтэн олоххо туһанар буолбуттарын кэнниттэн үөскээбит уонна олоххо киирбит. Дьон бары «Туох барыта икки өрүттээх» диэн өй-санаа тутулугун туһанан оҥорор быһыыларын барыларын онно сөп түбэһиннэрэргэ үөрэммиттэр.

Сахалар өй-санаа үөрэхтэрэ быһаарарынан ол эбэтэр анараа дойду диэн этиилэрэ аныгы Үөһээ дойду диэн өйдөбүлгэ сөп түбэһэр. Бу дойдуга үчүгэй, үрүҥ айыылары кытта куһаҕан, хара айыылар эмиэ баалларын сахалар үөрэхтэрэ дакаастыыр.

Онон өй-санаа сайдыытын, уларыйыытын таһымнара барылара олус былыргы кэмнэртэн ыла сахабыт тылыгар киирэн, иҥэн сылдьалларын таба өйдөөн олоххо туһаныахпыт этэ.

УЛАХАННЫК САНАНЫМА

Дьон айылҕа улахан күүһүн итэҕэйэн бэйэлэрин кыраларынан, сахалар үөрэхтэринэн “Айылҕа оҕолорунан” билинэллэригэр Күн таҥара ордук улаханнык туһалыаҕа. Ол курдук сиргэ дьон олохторо Күнтэн олус улахан тутулуктааҕын билиниэхтэрэ этэ.

Сахалар «Киһи күннээх, балык ыамнаах» диэн этиилэрэ киһи олоҕун устата оҥорор быһыыларыгар ордук улахан сыһыаннаах. Ол курдук бу этии киһи кыаҕа-күүһэ элбэх кэмигэр, эдэр кыанар сааһыгар кыайа-хото үлэлээн-хамсаан үгүс туһалаах быһыылары, дьыалалары оҥорор кыахтааҕын быһаарар. Итини тэҥэ кэмэ аастаҕына, “Күнэ арҕаалаатаҕына”, «Күнэ киирдэҕинэ» кыах-күүс эмиэ аҕыйаан, кыччаан барыахтааҕын эрдэттэн билэ сылдьыыны бу этии биллэрэр.

Эдэр саастарыгар киинэҕэ табыллан уһуллан биллиилэрэ-көстүүлэрэ эрдэ улааппыт артыыстар кырдьан, мөлтөөн барыыларыгар улахан эрэйи көрсөллөр. Дьон көрүүтүгэр, биллиигэ-көстүүгэ үөрэнэн хаалбыт артыыстар, биллиилээхтэр ол урукку сыһыаннара уларыйбакка хаалан, үйэлэрин тухары соннук салгыы баран иһиэҕин баҕараллар. Сааһырбыт Румянова Клара диэн артыыс үчүгэй оруоллары биэрбэттэр диэн хомолтотун эппитэ кини кыаҕа-күүһэ, көрүҥэ уларыйыытын билбэккэ сылдьарын бэлиэтэ буолар.

Сааһыран истэххэ киһи бары өттүнэн мөлтөөн-ахсаан, урут кыайара-хоторо суох буолан иһэр. Кырдьан, мөлтөөн иһэр артыыстарга дуона суох оруолу биэрэллэрэ эмиэ сөп курдук. Арай куруук кылаабынай оруоллары толоро, маанылана үөрэммит, биллиилээх артыыс санаатыгар кинини аанньа ахтыбаттарын курдук өйдөбүл үөскүөн сөп.

Киһи санаата кырдьар диэни билиммэт, өссө үчүгэй буолан күүһүрэн иһэр курдук сананыы кырдьаҕастарга баар буолара баа буолбатах. Өй-санаа киһи кырдьан, сааһыран истэҕинэ эбиллэн күүһүрэн иһэрэ чахчы. Өй-санаа эттэн-сиинтэн хойутаан кырдьар. Ол иһин киһи бэйэтэ, этэ-сиинэ мөлтөөн-ахсаан иһэрин билиммэтэҕин да иһин, атыттар, туораттан көрөннөр ордук билэллэр. Сааһыран иһэр киһиэхэ эдэрдэр автобуска миэстэ туран биэрдэхтэринэ эбэтэр соһуччу «оҕонньор», “эмээхсин” диэн ыҥырдахтарына ытыктабыл төһө да кэлбитин иһин бэйэҕэ хомолто, санаа түһүүтэ, кырдьыбыт, мөлтөөбүт эбиппин диэн билинии кэлиэн сөп.

Эдэр сааска кэлэр биллии-көстүү сааһыран истэххэ хайдах дьайыыланан тахсара соччо биллибэт. Сорох киһи санаата түргэнник уларыйыан, «мин дуо» диэн сананара аһара барыан сөп. Киһини билиэххин баҕардаххына «баайда биэр» диэн сахалар этиилэрэ санаа итинник уларыйыытын быһаарыыга олоҕурар.

Киһи сааһыран истэҕинэ этэ-сиинэ мөлтөөн иһэриттэн өйө-санаата уларыйан иһэр. Бу уларыйыыларга киһи үөрэнэн биэрэн иһиэхтээҕин “Киһи үйэтин тухары үөрэнэр” диэн этии биллэрэр.

Киһи өйө-санаата ити уларыйыыларга бэлэмнэнэн “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини туттуһара, хаһан да аһара барбата ирдэнэр. Өй-санаа олох ханнык баҕарар кэмигэр туруктаах, аһара барбат буолуутун сахалар таҥараларын үөрэҕэ сиэри тутус диэн этиинэн хааччыйар аналлаах. Бэйэни улаханнык, атыттартан уһулуччу ордук курдук сананыы өй-санаа аһара барыытын үөскэтиэн сөбүттэн өй-санаа аналлаах харысхаллаах, аһара барбат биллэр кыйыалаах буолара сөп.

Сахалар «Киһи Айылҕа оҕото» диэн этиилэрэ киһи бэйэтин миэстэтин билинэрин, өйө-санаата аһара барбатын үөскэтэр аналлааҕын таба өйдүөххэ, олоххо туһаныахха. Сахалар таҥараларын үөрэҕэ оҕону, киһини «Улаханнык сананыма», «Көрсүө, сэмэй буол» диэн этэн үөрэтэр. Бу быһаарыыны халлаан диэки хайыспыт, “айыы үчүгэй” дии сылдьар үөрэхтээхтэр билигин да билинэ иликтэр. Кинилэр киһи өйө-санаата салгыы сайда, муҥура суох бара туруо диэн этиилэрэ таһы-быһа сымыйатын, билигин компьютердар сайдыылара уонна дьону былаһыччы баһыйыылара биллэрэр. Ол курдук үөрэх-билии, технология сайдан, түргэнник үлэлиир компьютердары дьон айан туһана сылдьаллара олох бары көрүҥэр кэҥээн иһэр. Киһи толкуйдуур, ырытар, суоттуур өйө-санаата компьютерга улаханнык баһыттарар буолбута, муҥура кэлбитэ биллиитэ айылҕаҕа бэйэтин миэстэтин булунарыгар көмөлөһүө этэ.

Өр кэмҥэ дьон өйө-санаата сайдыыта, толкуйдуур күүһэ, түргэнэ саахымат оонньуутун күрэхтэһиитинэн быһаарыллар этэ. Сүүрбэһис үйэ бүтүүтүгэр улахан күүстээх саахыматчыттар компьютеры кытта оонньуулара тэнийэ, тарҕана сылдьыбыта. Ол эрээри олус түргэнник сайдан иһэр компьютер Аан дойду саахымакка чемпионун кытта тэҥнэспитин кэнниттэн, бары атыттар кыаттаралларын быһа билинэллэриттэн, ким да компьютеры кытта күрэстэһэн оонньуу илик. Сотору аан дойду саахымакка чемпионунан хайа эрэ компьютер буолара саарбаҕа суох буолла.

Онон киһи өйүн-санаатын сайдыытын муҥура биллибитин, кыйыата быһаарыллыбытын кэннэ сахалар «Улаханнык сананыма» диэн этиилэрэ толору дакаастанна уонна олоххо хайаан да туттуллара ордук буолуо этэ. Дьон айылҕаттан бэйэлэрин кыраларын, кыахтара аҕыйаҕын билинэллэрэ, айылҕаны харыстыыр санаалара улаатара ордук буолуо этэ. Ол курдук киһи айылҕаттан кыратын билиниитин билигин күүһүрэн иһэр тыаллар, улахан сир хамсааһыннара билиннэрэ сатыыллар эрээри, дьоҥҥо өссө да тиийэ илик.

Сайдан иһэр олохтон хаалан хаалбыт, олус былыргы үөрэҕи тутуһар улахан киһи таҥаралар сири-дойдуну, дьону барыларын таҥара айбыта диэн сымыйанан этэллэрин билигин да, өй-санаа төһө эмэ сайдыбытын, тупсубутун кэннэ уларыта иликтэр. Айылҕа уларыйан иһэрин билинии бу хаалбыт өйү-санааны уларытыа этэ.

Улаханнык сананыы өйү-санааны куһаҕан өттүгэр уларытар, улахамсыкка, үтүөмсүккэ кубулутар. Дьон улахан тиэхиникэлэри айан, улаханнык сананан айылҕаны уларытаары оҥостор кэмнэрэ, хоту диэки сүүрдэр өрүстэри соҕуруу диэки хайыһыннарар санаалара эмиэ киирэ сылдьыбыта баара. Ол эрээри кэнники кэмҥэ айылҕаҕа хардары хамсааһын, сэт үөскээһинэ уонна тэнийиитэ итинник, айылҕаны кыайарга санаалар сыыйа уларыйан барыыларыгар тириэрдиэҕэ.

Бэйэни билинии диэн киһи бэйэтин күүһүн-кыаҕын табатык сыаналыыра ааттанар. Биир киһи кыаҕа биллэр буоллаҕына, элбэх киһи күүһэ кыайан ааҕыллыбат элбэх буолуон сөп эрээри, айылҕа күүһэ олору барыларын лаппа баһыйар, сабырыйар кыахтааҕын көрдөрөн иһэр. Билигин биһиги, сэбиэскэй былаас саҕаттан өй-санаа, таҥара үөрэҕин хаалларан, туһаммакка сылдьабыт. Өй-санаа аһара барарын, алдьатыыны элбэтэрин “айыы үчүгэй” диэн этэн тыл үөрэхтээхтэрэ үөскэтэллэр. “Айыы үөрэҕин” сыыһаларын туһунан “Чолбон” сурунаалга суруйбуппут. (18,70). Ол да буоллар сахалыы таҥарабыт үөрэҕин урукку оннугар түһэрэн туһанар кыахтанан эрэрбитин “Киһи айылҕа – оҕото” диэн этиини бары таба өйдөөн тутуһарбытыттан билэбит.

Өй-санаа аһара баран сайдыыта, аҥар өттүн диэки халыйыыта куһаҕан быһыылар элбииллэригэр тириэрдэрин билбэтэҕэ буола сылдьабыт. Биһиэхэ араас ыар буруйу арыгы иһэн баран оҥорооччулар олус элбэхтэр. Куһаҕан санаата мунньуллубут киһи арыгы иһэн итирдэҕинэ, өйө көттөҕүнэ, ол мунньуллубут, үгэс буолбут куһаҕан санааларын оҥорон кэбиһэр кыаҕа улаатара, буруйу оҥорооччулары элбэтэрин билиммэккэ сылдьабыт.

Киһи мунньуллан эрэр куһаҕан санааларын атын, олоххо ордук уопуттаах киһиэхэ эттэҕинэ, кэпсээтэҕинэ, бу санааны хайдах тупсарыахха, уларытыахха дуу эбэтэр умнуохха сөбүн таба этэн биэрэн көмөлөһүөн сөп. Бу быһаарыы санаа атын киһиэхэ этилиннэҕинэ ыһыллара, тарҕанара түргэтииригэр олоҕурар. Итини тэҥэ дьөлө хатаммыт санааны атын киһиэхэ эттэххэ суолтата суураллан букатын кыра да буолан хаалыан сөп.

Өйү-санааны куһаҕан санаалартан ыраастааһын туһатын туһунан биһиги “Киһи буолуу” үлэбититтэн булуохха сөп. (16,47).

Куһаҕан санаа диэн куһаҕаны оҥорууга бэлэмнэнии саҕаланыыта эрэ буоларынан ханнык да эппитинэскэ кыайан таба түбэспэт. Ол иһин куһаҕан санаалартын ыраастаныыны киһи бэйэтэ эрэ көҥүл өттүнэн оҥоро сылдьар кыахтаах. Сахалыы таҥара үөрэҕэ куһаҕан санаалартан ыраастаныыны олоххо киллэрдэҕинэ дьон өйө-санаата тупсарыгар элбэх туһаны оҥоруо этэ.

Куһаҕан санаалара суох улаатан иһэр оҕо куһаҕан быһыылары оҥорбот диэн олус көнө, сыыһа өйдөбүл. Оҕо өйө-санаата саҥаны айыыларыттан сайдан мунньуллар. Ол иһин аҥардастыы үчүгэйи эрэ билиигэ иитиилээх оҕо куһаҕан быһыылары үчүгэйдэртэн туспа арааран билбэтиттэн, куһаҕан быһыылар оҥорорго ордук дөбөҥнөрүттэн, чэпчэкилэриттэн, олору урутаан оҥорор кыаҕа улаатан хааларыттан, куһаҕан быһыылар элбииллэригэр тириэрдэр.

Былыргылар өйү-санааны ыраастыырга араас үчүгэй сыттары, минньигэс астары туһанар эбит буоллахтарына, билигин, сайдыылаах, үөрэх-билии тэнийбит, тарҕаммыт кэмигэр киһи үчүгэйи уонна куһаҕаны өйүнэн-санаатынан, дьон уопуттарынан туһанан арааран билэрэ кыаллар буолла. Куһаҕан санаалары туспа арааран билии, олору умнан, хаалларан иһэргэ олук буолар кыахтаах.

Былыргы, өйө-санаата ситэ сайда, үөрэҕи-билиини баһылыы илик киһи таҥара үлэһиттэрэ этэн биэрбиттэринэн бу үчүгэй, бу куһаҕан диэн быһаарынар эбит буоллаҕына, билигин үөрэх-билии сайдыбытынан балаһыанньа тосту уларыйан турар. Дьон бары үөрэхтэнэннэр бэйэлэрэ үчүгэйи уонна куһаҕаны билэн араарар кыахтаахтарын туһаныа этилэр.

Күн таҥара үөрэҕэ айылҕа күүһүн итэҕэйэринэн киһи аһара үчүгэйбин диэн улаханнык сананар санаатын кыччатарга көмөлөһөр күүһэ улахан. Дьон “Киһи–айылҕа оҕото” диэн сахалар этиилэрин тутуһа үөрэннэхтэринэ айылҕаны харыстаанын ордук күүһүрүө этэ.

СЫЫҺАНЫ КӨННӨРҮҮ

Сыр диэн түргэнник ааһар тыастан үөскээбит сыыһа диэн тылбыт киһи үгүстүк тиэтэйииттэн, ыксааһынтан, урутаан түһэ сатааһыныттан сыыһа-халты туттунан куһаҕаны элбэтэрин биллэрэр.

Сыыһа диэн тыл киһи оҥорор санаатыгар, быһыытыгар сыһыаннаах. Туох эмэ табыллыбата, кыайан сатаммата даҕаны сыыһаны оҥорууга кубулуйа охсор. Үчүгэйи оҥоро сатааһын табыллыбатаҕына сыыһаҕа, куһаҕаҥҥа кубулуйарыттан куһаҕан быһыылар ордук элбииллэр. Сыыһаны оҥоруу куһаҕан быһыылары элбэтэр.

Эдэр оҕолор “айыы үчүгэй” диэн сыыһа үөрэхтэн сылтаан туох эмэ айыыны, дьон билбэттэрин, оҥорботторун оҥоро сатааннар сыыһа-халты туттуналлара үксээн куһаҕан быһыылары элбэтэллэр. Бу сыыһа үөрэтиини үөрэх министерствота тохтоттоҕуна эрэ эдэрдэр оҥорор куһаҕан быһыыларын аҕыйатыы кыаллыан сөп.

Киһи тугу эмэни оҥороругар эрдэттэн үчүгэйдик ырытан, уһуннук толкуйдаан, туох содул үөскүүрүн быһааран баран оҥордоҕуна сыыһа буолара аҕыйыыр. Тиэтэйбэт, ыксаабат, урут түһэ сатаабат, көрсүө, сэмэй киһи сыыһа-халты туттунара аҕыйыыр. Сахалар таҥараларын үөрэҕэ бу быһаарыыны тутуһар, оҕолору көрсүө, сэмэй буолууга үөрэтэр.

Билиҥҥи кэмҥэ Россия дьоно сэбиэскэй былаас оҥорбут сыыһаларын билинэн, урукку, ыраахтааҕы баарын саҕанааҕы олоххо төннүүлэрин, капитализмы тутууга саҥа киириилэрин кэмэ буолар. Билигин ырыынак кэмигэр Улуу Өктөөп өрө туруута уонна дьадаҥылар былааһы аҥардастыы ылыыларын сыыһа эбит диэн билинэн сылдьабыт. Ол аата олоххо саҥаны айыыны оҥоруу, соһуччу уларыйыылары киллэрии, урукку олох үгэстэрин суох оҥоруу сыыһата, куһаҕана быһаарыллан тахсарын билигин өйдөөн сылдьабыт.

Төһө да өрө турууну оҥоруу, былааһы аҥардастыы дьадаҥылар эрэ ылыылара олоххо халыйыыны үөскэтэрин быһаарбыппыт иһин сэбиэскэй былаас оҥорбут сыыһаларын хатылаан иһии биһиэхэ салҕанан баран иһэр. Бу сыыһаны тыл үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылар, оччотооҕу учуонайдар салгыы ыытан иһэллэр. Кинилэр «Перестройка кэмин» уларыта тутууларын, урукку олоххо төннүүнү эмиэ саҥаны оҥоруу курдук саныылларыттан, уруккуну сирбитэ буола сылдьан, саҥа олоҕу утарсаллар. Олоххо киирэр уларыйыылар барылара саҥаны айыы буолан тахсыбаттарын “Новое - это хорошо забытое старое” диэн этии чуолкайдык быһаарарын умнан сылдьаллар.

«Туох барыта икки өрүттээх» диэн этиини биһиги сахалар ханнык да эбии дакаастабыла суох өйдүүбүт. Ол эрээри аһара нууччатымсыйбыт тыл үөрэхтээхтэрэ бу этиини таба өйдөөбөттөр. Үчүгэй куһаҕаҥҥа эбэтэр куһаҕан үчүгэйгэ кубулуйар, эргийэн биэрэр уратытын, билигин буолан ааһар кыра сэриилэртэн билии ордук туһалаах. Ол курдук Россия саамай куһаҕан киһитинэн 2008 сыллаахха Соҕуруу Осетияҕа саба түһүүнү тэрийбит Грузия президенэ М.Саакашвили буолан ылбыта эрээри, кэнники уларыйан, билигин Украина президенэ Порошенко, Турция президенэ Эрдоган буоллулар.

Бу кэмҥэ Кырыымы бэйэлэригэр холбоон кыайыыны ситиһэн геройдарынан ааттанар, мэтээллэринэн наҕараадаланар Россия армиятын дьоно үчүгэй дьоҥҥо кубулуйан сылдьаллар. Үчүгэйинэн ааттаммыт, куруук хайҕанар Россия сэриилэрэ бэйэлэрин үчүгэйдэрин, кыахтарын Сиирийэни сэриилээн көрдөрдүлэр. Онтон Россия армиятын утары охсуспут, сэриилэспит чеченнэри кыайбыттар бандьыыттарынан, террористарынан ааттыыллар, оннооҕор туалекка кытта «мочи» гынан суох оҥоро сатыыллар.

Россия өссө мөлтөөтөҕүнэ хаһан эрэ чеченнэр кыайаннар босхолонуу туһугар сэриилэспит дьоннорун геройдарынан ааттыыр кэмнэрэ эргийэн кэлиэн сөбүн билиниэхпит этэ. Ол курдук Украина бандеровецтарын, Литва “тыатааҕы бырааттарын” коммунистары, сэбиэскэй былааһы утары охсуспут дьоннорун билигин геройдарга тэҥнии сатыыллар, кинилэр ааттарын үйэтитэр кэмнэрэ тиийэн кэлбит.

Билигин Сэбиэскэй Сойуус үрэллибитин, саҥа Россия Федерацията үөскээбитин кэнниттэн урукку кэмҥэ үчүгэй диэн быһаарыыларын барыларын куһаҕан этэ диэҥҥэ кубулутуу салҕанан баран иһэр. Сэбиэскэй былаас кэмигэр сахалар Манчаарыны геройга кубулуппуттара. Ону бу кэмҥэ уларыта сатааччылар бааллар. Арай бу кубулутуулар аһара барбаттара, сахалар чулуу киһилэрин Манчаарыны оннунан хааллараллара буоллар ордук этэ. Ол курдук Манчаары элбэх ахсааннаах үлэһит дьон дурдалара, хаххалара, көмүскэллэрэ буолара аныгы ырыынак кэмигэр, баайдар аһара бардахтарына, дьадаҥылары, үлэһиттэри баттаатахтарына өссө улаатыан сөп.

Өй-санаа сыыһаларын көннөрүү уһун кэм, үс хас көлүөнэ дьон уларыйыыларын кэнниттэн биирдэ кэлэр кыахтаах. Ол курдук эргэ олох үгэстэригэр үөрэнэн хаалбыт кырдьаҕастар олохтон туоруохтарыгар диэри үс көлүөнэ дьон улаатан олох олороллор. Бу саҥа олоххо төрөөн улааппыт эдэрдэр эрэ саҥалыы өйгө-санааҕа оҕолорун иитэннэр, кинилэр олору үгэс оҥостоннор улааттахтарына саҥалыы өйү-санааны олохторугар толору туһанар кыахтаналлар.

Омук уһун үйэтин тухары олоҕор араас уларыйыылары; сайдыы уонна мөлтөөһүн кэмнэрин хардары-таары ааһар. Олохпут бу кэмигэр сахалар нууччалардыын холбоһон саҥалыы үөскээн тэнийэн, сайдан эрэр кэммит буолар. Бу кэм сүрүн уратытынан сэбиэскэй былаас өй-санаа үөрэхтэрин суох оҥорбутун, умуннарбытын кэнниттэн таҥарабыт үөрэҕин саҥалыы сайыннаран оннун булларыы, дьоҥҥо тириэрдии буолар.

Саҥалыы үөскээн бэйэтин билинэн эрэр саха омукка сахалыы таҥара итэҕэлэ сайыннаҕына, Күн таҥара үөрэҕэ тарҕаннаҕына түмсүүлээх буолуута үөскүөҕэ. Итэҕэл, таҥара үөрэҕэ дьон сайдан иһэр өйдөрүгэр-санааларыгар сөп түбэһэр, ханнык да сыыһата-халтыта, онтон-мантан булуута суох буоллаҕына тарҕанар, дьон бары тутуһар кыахтаналлар.

Сэбиэскэй былаас өйү-санааны үөрэхтээһин диэки аһара ыыппыт халытыытын сыыһатын таба өйдөөн сыыйа-баайа көннөрдөхпүтүнэ, өйбүтүн-санаабытын уларыттахпытына эрэ үлэни-хамнаһы кыайар, оҕолорбутун киһи быһыылаах буолууга иитэр, үөрэтэр кыахтаныахпытын сөп. Уһуннук, чааһынан кыайан кэмнэммэт, кыһыннары, сайыннары сынньаммакка эрэ үлэлэнэр ыарахан үлэлээх тыа хаһаайыстыбатын үлэлэрин солумсаҕыра, үөрэхтэммитэ буола сатыы сылдьарбытыттан кыайан үлэлээбэккэ хаалыыттан таһаара иликпит.

Аныгы, сайдыылаах олоххо хаалбыт өйү-санааны тарҕатааччылары булан, арыйан дьон билиитигэр таһаарыы биһиги олохпут сыала буолла. Ол курдук сэбиэскэй былаас кэмигэр тыл үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылар сахабыт тылыгар иҥэн сылдьар өйү-санааны буккуйаары киллэрбит уларытыыларын хайдах көннөрөр туһунан “Дорҕооннор өйгө-санааҕа дьайыылара” диэн үлэбитигэр ырыппыппыт. (10,12).

Олоҥхо кэмин саҕанааҕы өйү-санааны олус көнөтүк өйдөөччүлэр аныгы өйтөн-санааттан олус ыраах хаалан хаалбыттарын билиммэттэр. Ол курдук дьону айыы уонна абааһы диэн икки аҥы эрэ араарыы бэйэ дьоно уонна атын, куһаҕан дьоннор диэн аҕыйах ахсааннаах, атыттары кытта көрсүһэ түстэллэр эрэ сэриилэһэр, өлөрсөр эрдэхтэринэ, итинник арахсалларын билигин, сайдыылаах, киһи быраабын харыстыыр олоххо кэлэн үтүктүү диэн олус улахан сыыһа. Айыы уонна абааһы диэн арахсыы киһи бэйэтэ үчүгэйи уонна куһаҕаны оҥорорун билэн араарыыны дьон өссө билэ иликтэринэ, 2 тыһыынча сыллар быдан анараа өттүлэригэр үөскээбит, тутуһа сылдьыбыт өйдөбүллэрэ буолар.

Өй-санаа уһун үйэлэргэ уларыйар, сыыйа-баайа тупсар. Олус былыргы кэмнэргэ айыы диэн тыл аҥардастыы үчүгэй эрэ эбит буоллаҕына, билигин аныгы, тупсубут өйдөбүлүнэн айыы диэн тыл икки өрүккэ арахсыбыта. Билиҥҥи тупсубут өйдөбүлүнэн үчүгэйи уонна куһаҕаны оҥорууну холбуу иҥэринэ сылдьар, ол иһиттэн куһаҕана элбэх тыл буолар. Ол иһин тыыннаах киһини “айыы буол”, “айыы үчүгэй” диэн ыҥырыы олус улахан сыыһа.

Былыргы язычниктар диэн өйдөрө-санаалара хаалан иһэр, үчүгэйи уонна куһаҕаны кыайан араарбаттар диэн улахан таҥара үөрэхтэрэ этэллэрэ ити этиигэ, икки аҥы арахсыыга олоҕурар. Билигин биһиги “айыы үөрэҕин” оҥорооччуларбыт ити хаалбыт өйү-санааны хатылыы сатыыллар. Аҥардастыы “айыы үчүгэй” диэн этии өй-санаа үчүгэй уонна куһаҕан диэн арахсыыта хас биирдии киһиэхэ баһын иһигэр баарын билиммэт, киһи оҥорор быһыылара икки аҥы; үчүгэй уонна куһаҕан диэн арахсыылара өй-санаа икки аҥы арахсыытыттан тутулуктааҕын таба өйдөөбөт буолууттан үөскүүр.

Үчүгэйи уонна куһаҕаны биир киһи бэйэтэ оҥорорун арааран билии уонна олоххо туһаныы саҥа Христос таҥара үөскээбитин кэннэ олоххо киирбитэ икки тыһыынча сыллартан ордон эрэрин биһиги хаалбыт өйдөөх-санаалаах дьоммут билигин даҕаны билбэккэ сылдьаллар.

Святая троица диэн өйдөбүл олоххо үһүс өрүт, тэҥнэһии өрүтэ баарын дьон арыйбыттарын кэннэ үөскээбитэ. Сахалар бу үөрэҕи «Туох барыта үһүстээх» диэн этиинэн былыр-былыргыттан билэллэр. Христианскай таҥара үөрэҕэр бу билии үс тарбаҕы холбуу тутан үҥүүнэн бигэргэтиллэн олоххо хойутуу, орто үйэлэргэ киирбитэ. Ол аата таҥараҕа үҥэргэ үс; үөһээ, орто уонна аллараа дойдулары бииргэ, холбуу тутан үҥүллэр үгэс үөскээбитэ, олоххо киирбитэ.

Эрдэтээҕи христианнар икки тарбахтарын холбуу тутан үҥэллэрэ. Бу икки тарбаҕы холбуу тутуу сири-дойдуну икки аҥы; ол уонна бу дойду диэн эрэ араарыыттан тутуллара. Ол аата үҥэллэригэр икки дойдуну холбуу тутан үҥэллэрэ. Олохтон, өй-санаа сайдыытыттан хаалан хаалбыт өйү-санааны тутуһааччылар туоратылланнар билигин аҕыйах ахсааннаахтар ордон сылдьаллар.

Сахалар олус былыргы кэмнэртэн “Туох барыта үһүстээх” диэн этиини олохторугар туһаналлар. Ол курдук үчүгэй уонна куһаҕан быһыылар икки ардыларыгар сөбүлэһии, тэҥнэһии үһүс өрүтэ үөскээн тахсарын былыргыттан билэллэр уонна киһи оҥорор быһыылара үчүгэй уонна куһаҕан быһыылар икки ардыларынан, ортотунан буоларын ордороллор.

Аныгы өй-санаа үөрэҕэ былыргы курдук, хантан эрэ халлаантан кэлэрин, онно таҥара олорорун курдук буолбакка, оҕо улаатан иһэр өйө-санаата сайдыытыгар, үчүгэйи уонна куһаҕаны кыра эрдэҕиттэн арааран билэр буолуутугар олоҕурдаҕына эрэ табыллар. Ол иһин олох көрдөбүллэригэр сөп түбэһэр, киһи оҥорор быһыылара үчүгэй уонна куһаҕан быһыылар икки ардыларынан, ортотунан буолуохтаах диир сахалар таҥараларын үөрэҕэ сайдан иһэр кыахтаах.

Аан дойду олоҕор хас үйэ кэлэн ааһыытыгар икки омуктар ардыларыгар саҥа омуктар үөскээн тахсан бу омуктар сыһыаннарыгар, олохторугар хамсааһыннар үөскүүллэр. Бу саҥа омук үөскүүр хамсааһына государстволар кыраныыссаларын уларытарга тириэртэхтэринэ сиртэн-дойдуттан үтүрүйсүүлэр үөскээтэхтэринэ сэриинэн эрэ быһаарсыыга билигин да тиийиэхтэрин сөп. Украина республиката үрэллэн эрэрэ уонна Сиирийэҕэ буола турар сэриилэһии онно дакаастабыл буолаллар.

Үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа тылларынан ааттааһын дьону икки аҥы, аны эйэлэспэт гына араарарынан, омуктар сайдан истэхтэринэ бэйэ-бэйэлэрин кытта өйдөһүүлэригэр, холбоһууларыгар, бииргэ олорууларыгар атааннаһыыны үөскэтэринэн, тус-туспа өйдөрүн-санааларын күүһүрдэн биэрэринэн олус улахан куһаҕаны оҥорор.

Уһун кэмҥэ олох сайдан иһиититтэн омуктар бэйэ-бэйэлэрин кытта хаһан эрэ холбоһуулара, бииргэ олоруулара баар буолар. Ол иһин омуктар бэйэ-бэйэлэрин кытта үөхсүбэттэрэ, куһаҕан тылынан ыыстаспаттара бииргэ, эйэлээхтик олорууларыгар төрүт буолуо этэ. Ол курдук нууччалар уонна сахалар бэйэ-бэйэлэрин ааттаһалларыгар бэйэлэрин хайдах ааттаналларынан ыҥырсаллара эбитэ буоллар эйэлээх буолуулара улаатыа этэ. (19,42).

Онон сири-дойдуну үс аҥы араарыы өй-санаа сайдыытыттан, үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа араарыыттан, куһаҕаны тэйитэн, суох оҥоро сатаан туспа дойдуга олохтуу сатааһынтан үөскээбит өйдөбүл буолар. Бу арахсыы христианскай итэҕэлгэ аһара чуолкайдык тус-туспа араарыллар буоллаҕына, сахалар үс дойдуларыттан иккилэригэр; Үөһээ уонна Орто дойдуларга бэйэлэригэр үчүгэйдэр уонна куһаҕаннар бааллар, сахалыы үөрэх этэринэн “Үчүгэй уонна куһаҕан сэргэстэһэн сылдьаллар”.

Үчүгэйи уонна куһаҕаны араарыыны улахан итэҕэллэр токурутан, үчүгэйи аһара ыытан кэбиспиттэр. Ол иһин православнай итэҕэлгэ Үөһээ дойду аһара үчүгэйгэ кубулуйан туспа Ырай дойдутун үөскэппит, онтон Аллараа дойду аҥардастыы абааһылар дойдуларыгар кубулуйбут.

Түүллэри үөрэтэн киһи өйө-санаата ханна сылдьарын таба быһаарыы сахалыы таҥара үөрэҕэр улахан оруолу ылар. Биһиги сахалыы таҥарабыт үөрэҕэ Үөһээ уонна Орто дойдулары дьиҥнээх баалларынан билинэр, олорго үчүгэй уонна куһаҕан санаалар иккиэн кэккэлэһэ сылдьар буоллахтарына, Аллараа дойдуну киһи оҥорор быһыыларын эрэ быһаарыыга анаан айбыттар. Ол аата Аллараа дойду диэн дьиҥнээхтик суох, өй-санаа уратытын уонна атын улахан таҥара үөрэхтэрин кытта сибээстээри эрэ туһаныллар.

Сахалыы өй-санаа, таҥара үөрэҕэ ханнык да эбиитэ, онтон-мантан булуута суох буолуохтаах, оҕо кыра эрдэҕиттэн өйө-санаата сайдыыта куттара үөскээһинигэр сөп түбэһиэхтээх. Нууччалар православнай таҥараларын үтүктэ сатаан “Эрбэхтэн эмэн” оҥоруллубут “айыы үөрэҕэ” элбэх сыыһаларын, ол-бу була сатааһыннарын, дьону албынныылларын көннөрөрө эрэйиллэр.

ИККИ АҤЫ АРАХСЫЫ

Дьон олорор олохторуттан тутулуктанан өйдөрө-санаалара икки аҥы арахсара хаһан баҕарар баар буолуо. «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этии уонна айылҕа төрүт тутулуга ону биллэрэр. Урукку ыраахтааҕы баарын саҕанааҕы кэмҥэ ырыынак сокуоннара дьайаллара, дьон баайдарга уонна дьадаҥыларга, үлэһиттэргэ арахсаллара.

Улуу Өктөөп өрө туруута кыайан салайар былааһы дьадаҥылар, үлэһиттэр ылбыттара. Үс көлүөнэ дьон олохторун устата сэбиэскэй былаас дьону барыларын тэҥнии, биир тэҥ оҥоро сатаабыта даҕаны, дьон хаһан баҕарар икки аҥы арахсаллара суох буолара кыаллыбатаҕа. Кэлин син-биир икки аҥы арахсыбыттара:

1. Салайааччыларга эбэтэр КПСС чилиэннэригэр.

2. Үлэһиттэргэ эбэтэр үгүстэрэ партията суохтарга.

Бу кэмҥэ дойдуну биир партия салайара, бары салайааччылар коммунистар буолаллар этэ, араас элбэх чэпчэтиилэринэн туһаналлара, биир эмэ үлэһити өрө тардан партияҕа ылан депутат эҥин оҥороллоро, бэйэлэрин арбаталлара.

Бу икки утарыта өйдөөх-санаалаах дьон бөлөхтөрө бэйэ-бэйэлэрин кыайан өйдөспөт кэмҥэ киириилэрэ экономика улаханнык мөлтөөһүнүнэн доҕуһуолланан сэбиэскэй былаас эстиитигэр, ССРС үрэллиитигэр тириэрдибитэ.

Төһө даҕаны сэбиэскэй былаас эстэн, ССРС үрэллибитин кэннэ билигин даҕаны сэбиэскэй былаас дьону барыларын тэҥнэр диэн үөрэҕэ өссө да хаалан хаала илик. Ол барыта буккуллубут өйдөөх-санаалаах интеллигеннэр, учууталлар, суруйааччылар урукку үчүгэй кэмнэрин ахта-саныы, суруйа сылдьалларыттан уһаан-кэҥээн хаалла.

Билигин Россияҕа капитализм олоҕор төннүү кэмэ, ырыынагы олоххо киллэрии, дьон баайдарга уонна дьадаҥыларга арахсыылара салҕанан бара турар. Дьон барыларын кэриэтэ баҕа санаалара олох таһыма тупсуутун, байыыны кытта сыһыаннааҕын сэбиэскэй былаас умуннаран кэбиспитэ билигин көнөн ырыынак саҥалыы сайдан иһэр.

Дьон өйө-санаата олохторун таһымыттан тутулуктанан уларыйарын таба өйдөөн олоххо туһанар кэм кэллэ. Баайдар уонна дьадаҥылар олохторун таһыма тус-туспаларын курдук өйдөрө-санаалара эмиэ тус-туспалар, үгүс өттүгэр утарыта турар өрүттэрэ элбэхтэр. Ол курдук баай киһи үлэһити үлэҕэ кэпсэтэригэр хайдах эмэ гынан албыннаан аҕыйах хамнаһы биэрбит киһи дии саныыр буоллаҕына, дьадаҥы, үлэһит киһи элбэх хамнаһы ааҕыстарбын диэн санаата хаһан да хаалбат.

Сахалар былыр-былыргыттан дьон өйүн-санаатын икки аҥы араараллара билигин да уларыйбакка сылдьар:

1. Баайдар. Үөрэхтээхтэр баайга тардыһа сатыыллар.

2. Дьадаҥылар, үлэһиттэр.

Өй-санаа бу курдук икки аҥы арахсыыта оҕону кыра эрдэҕиттэн ыла иитииттэн тутулуктанан саҕаланан сайдарын кут-сүр үөрэҕэ быһаарарын таба туһаныахпыт этэ. Ол аата өй-санаа бу уратылара оҕо кыра эрдэҕиттэн иҥэн, олохсуйан хаалаллар. Бу уратылары сахалар көйгө уонна атаах диэн икки аҥы араараллар. Оҕону кыра эрдэҕинэ хайдах иитииттэн олоххо оҥорор ситиһиитэ быһаччы тутулуктанар. Ол аата оҕо көйгө буолан үлэлии-хамсыы үөрэниитэ олоххо ситиһиини оҥоруутугар тириэрдэр кыаҕа улахан. Ол курдук атаахтык иитиллибит киһи олоххо оҥорор ситиһиитэ дьонун бэлэмнэрин туһаныыттан ааһа барбат, бэйэтэ оҥорор ситиһиитэ намтыыр.

«Туох барыта икки өрүттээх» диэн этиини таба өйдөөтөххө, олоххо туһаннахха дьону барыларын “үчүгэйдэр” диэн санааһын сыыһата арыллар. Ол курдук дьон өйдөрө-санаалара икки аҥы арахсарын курдук олоххо, үлэҕэ-хамнаска сыһыаннара эмиэ икки аҥылар, ол иһин бэйэ-бэйэлэрин кытта таба өйдөһөллөрө уустук. Баайдар үлэһиттэри үлэлэтэн, туһалатан баран аҕыйах хамнаһы биэрэ сатыыллара аанньа ахтыбат, киһинэн аахпат буолууга тириэрдэр кыахтаах. Киһиэхэ үчүгэйи баҕарбат киһи куһаҕан киһи диэн ааттанарынан куһаҕан дьон билигин да суох буола иликтэр.

Өй-санаа бу арахсыылара икки өрүттэр бэйэ-бэйэлэригэр хайдах сыһыаннаһалларын үөскэтэн таһаарар:

1. Баайдар дьадаҥылары, үлэһиттэри бэйэлэригэр тэҥнээбэттэр. Араас “VIP” залалар, бизнес-кылаастар баай дьоҥҥо эрэ аналлаахтар. Баайдар бэйэ-бэйэлэрин кытта сыһыаннаһыыларыгар тылларыгар туруохтарын сөп, онтон дьадаҥылары, үлэһиттэри кытта сыһыаннарыгар тылларыгар соччо турбаттар, балыйа, албынныы сатыылларыттан сымыйалыыллара элбиир.

2. Үлэһиттэр эппит тылларыгар турумтуолар. Албыны-көлдьүнү сөбүлээбэттэр. Тугу барытын кэмнээн тутталлар, хаһан да аһара барбаттар, сыыһа-халты туттубаттар. Көрсүө, сэмэй буолуу диэн элбэх ахсааннаах үлэһиттэр үөрэхтэрэ буолар.

Билигин ырыынак сыһыаннара олоххо киирэн иһэллэринэн дьон маннык икки аҥы арахсыылара ордук суолталанан иһэр. Сэбиэскэй былаас саҕанааҕы курдук элбэх ахсааннаах дьадаҥылар, үлэһиттэр баайдар, салайааччылар минньигэс, бэйэлэригэр эрэ туһаны оҥорор этиилэригэр киирэн биэрбэт, депутаттары быыбардааһыҥҥа бэйэлэрин диэки куоластыыр дьону талыа этилэр.

Дьону барыларын үчүгэйдэр диэн санааны тутустахха, оннук барыларын эрэннэххэ албыҥҥа киирэн биэриэххэ сөп. Ол иһин үчүгэйи уонна куһаҕаны, ким тугу этэрин арааран билии улаатан иһэр оҕолортон барыларыттан ирдэнэр көрдөбүл буолар. Киһи сэрэхтээх, билиилээх буоллаҕына албыҥҥа киирэн биэрэрэ аҕыйах буолуо этэ.

Олохторун таһыма тэҥ дьон биирдиҥи, маарынныыр өйдөөх-санаалаах буолалларын таба өйдүөхпүт этэ. Былыргы сахалар баайа баайыгар, дьадаҥыта дьадаҥытыгар ыал, кэргэн буолан олохторун оҥостор этилэр. Ол барыта тэҥнээхтэр оҕолорун биир тэҥник, киһи быһыылаах буолууга үөрэтэннэр туруктаах өйдөөх-санаалаах буола улааталларын ситиһэллэригэр аналланара.

Дьадаҥыттан баайга өрө тахсан биэрэн иһии, олох сайдыы диэки хаамыыта буолар. Элбэх ахсааннаах үлэһиттэр, дьадаҥылар быыстарыттан биир эмэ бэртэрэ, өйдөөхтөрө байыыны бэйэлэрин үйэлэригэр ситиһэр кыахтаахтар.

Тойоттор, салайааччылар норуот олоҕун үөрэҕин бэйэлэрин туһаларыгар эргитэн буорту оҥорор аналлаахтар. Бу быһыыны бэлиэтээн сахалар “Бил баһыттан сытыйар” диэн өс хоһоонун айбыттар. Ол курдук кинилэр бэйэлэрин үчүгэйдэрин, атын дьонтон ордуктарын билиниилэрэ өй-санаа үөрэҕин төрүтүн, айыы диэн бэйэтэ икки өрүттээх өйдөбүллээх тылбытын икки аҥы араара сатыылларын үөскэтэр. Бэйэлэрин үчүгэйдэрин билинэн бары оҥорор быһыыларын «айыы үчүгэй» диэн бэлиэтээһиннэрэ, куһаҕаны оҥорууну атын тылынан, холобур, “аньыы” диэн сахаларга хаһан да суох тылы булан этэ сатыылларыгар тириэрдэр.

Олох уустуктара дьайыыларыттан баайдар сыыйа-баайа уларыйан атыттарынан солбуйсан иһэллэр. Баайдар өйдөрө-санаалара сайдыыта туруктаах, киһилии быһыылаах буоллахтарына эрэ олоҕу киһилии быһыылаахтык олорор, оҕолорун киһи быһыылаах буолууга иитэр кыахтаналлар. Ол курдук аһара элбэх баай сокуоннары тутуспат, үрдүктүк сананар буолууга тириэрдэр кыаҕа олус улахан.

Сайдыыны, үөрэҕи-билиини баһылааһын омукка баайдар, салайааччылар, аристократтар кылаастарын үөскэтэр. Бу тойон буолбут дьон кэлэр көлүөнэлэрин баайдардыы, аһара барыыга үөрэтэллэр, биир эмэ оҕолоноллор. Ол иһин көлүөнэттэн көлүөнэҕэ ахсааннара аҕыйаан эстэн, симэлийэн бараллар.

Омукка үрдүкү араҥа үөскээн, атын омуктар үөрэхтэрин-билиилэрин баһылаан барыылара омук тыла уларыйан барыытын үөскэтэр. Омук үлэһит дьоно олох үгэстэрин тутуһалларыттан омук уһун үйэлээх буолуутун ситиһиигэ тириэрдэллэр.

Үлэ эрэ омугу сайыннарар. Омук сайдыыны ситиһиитэ элбэх ахсааннаах үлэһиттэр кыайа-хото үлэлииллэриттэн, үлэни-хамнаһы сайыннарыыларыттан тутулуктаах. Аҕыйах ахсааннаах баайдар сирдээччилэр, инники иһээччилэр буоллахтарына, үлэһиттэр батыһаллар, байыы, үлэни-хамнаһы сайыннарыы диэки санаалара салалларыттан үлэ-хамнас тупсуута саҕаланар. Кинилэр баайдарын, билиилэрин сайдыыны ситиһии өттүгэр элбэхтик туһаннахтарына элбэх ахсааннаах үлэһиттэр батыһар, үтүктэр дьонноругар кубулуйаллар.

Онон олох сайдыы диэки салаллыытыгар дьон икки аны; баайдар уонна дьадаҥылар, үлэһиттэр диэн арахсыылара хардары-таары баһыйыыларын үөскэтэн хамсатар күүһүнэн буолар. Баайдар сирдээн, бастаан иһэллэр, олоххо тупсуулары киллэрэр кыахтара улахан. Онтон элбэх ахсааннаах үлэһиттэр баайдары үтүктэн, байыыны-тайыыны ситиһэ сатыыр санааларыгар үлэни-хамнаһы тупсарар, сайыннарар кыахтаналлар.

БИИР САНААЛАНЫЫ

Сэбиэскэй былаас кэмигэр араас репрессийэлэр дьайыыларыттан, саҥа былаас уларытыылара барылара “үчүгэй” диэн ааттаналларыттан саха омукпутун көмүскүүр санаабыт олох да суураллан, симэлийэн барбыта. “Үчүгэй” олох сабыдыалынан сэбиэскэй норуот буолууну бары кэриэтэ, элбэхтэр сөбүлүүр курдуктара, аҕыйах утарсааччылары “диссиденнэргэ” кубулуталлара, психбалыыһаларга эмтииллэрэ. Барыта “үчүгэй” диэн албынныы сылдьыбыттарыттан, экономика сайдыыта хаалан хаалбытыттан сэбиэскэй былаас эйэлээхтик уларыйан норуот демократия, ырыынак олоҕун тутуспута.

Олоххо уларыйыылар хайаан да киирэн истэхтэринэ эрэ сайдыыны ситиһии кыаллар. Салайар былаас өр кэмҥэ уларыйбат буолуута олоххо уларыйыылар киириилэрин аҕыйатан сайдыы киириитин кыччатар. Сайдыыны ситиһиибитин тылбытыгар киллэрэн иҥэринэн иһэбит, тылбыт байан иһэр диэн этэбит. Тыл сайдан, саҥа тылларынан эбиллэн иһиитин “монумент” курдук тылдьытынан хааччахтааһын түргэнник сайдан иһэр олохтон хаалыыны үөскэтэр кыахтаах.

Икки омук тылын баһылааһын “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэр буоллаҕына, сотору ол уларыйан, хайа эрэ өрүт баһылаан салайар кэмэ эргийэн тиийэн кэлиэхтээх. Биһиги сахалар түмсүүлээх, биир санаалаах буолуохпутун баҕарар санаабыт кэлин кэмҥэ күүһүрэн иһэр. Саҥа демократия сокуоннара тутуһуллар государствотыгар дьон өйө-санаата аһара хааччахтанара табыллыбатыттан сахалыы өй-санаа, таҥара үөрэхтэрэ тарҕанан, баһылыыр оруолу ылан барыахтара.

Дьон улахан бөлөҕө биир санаалаах буолуута үчүгэйи уонна куһаҕаны биирдик сыаналаан араарыыта, биир тылынан этиитэ, ол аата өй-санаа төрүттэрин биирдик өйдүүргэ тириэрдэрин билиэхпит этэ. Ол аата киһи тугу үчүгэй, тугу куһаҕан диэн тус-туспа араарыыта атын киһилиин сөп түбэстэхтэринэ эрэ, биир санааланыылара үөскүүр кыахтанар.

Уоруйаҕы кытта биир санааланыы үгүстэргэ кыаллыбат, арай бары уоруйах буоллахтарына тапсыахтарын, бииргэ кыттыһан уоруохтарын сөп. Бу уоруйах киһи үчүгэй диэн быһаарыыта уорарыттан, баҕа санаата туоларыттан үөскээн тахсар, элбэх эрэйэ суох, үгүһү уордаҕына “үчүгэйэ”, тупсара дьэ тиийэн кэлэр. Ханнык баҕарар тутуллаах дойдуларга дьон бэлэмин туһаналларын иһин уоруйахтары туораталлар.

Баай киһи үчүгэй диирэ баайа-мала эбиллэриттэн, элбэҕи бас билэриттэн, харчыта элбэҕиттэн тутулуктаах. Россия улахан баайдара Испанияҕа коттеж тутуннахтарына, Багамскай арыыларга сынньаннах-тарына, сыаналаах «Мерседес» массыынанан айаннаатахтарына баҕа санаалара туолар буолбута ыраатта. Баай дьон баайдары, бэйэлэрин тэҥнээхтэрин кытта биир санааланыахтарын сөп, үчүгэй дииллэрэ биир буолар, онтон атыттары барыларын анныларынан саныыллар, туһаны оҥорооччуларынан, үлэһиттэринэн ааттыыллар.

Үлэһит дьон үчүгэй диэн санаалара оҥорбуттарыттан, туппуттарыттан, туһалааҕы оҥорбуттарыттан үөскээн тахсар. Үлэһит дьон барыларыттан лаппа элбэхтэр. Бу дьон үчүгэй диэн санааларын олоххо киллэрии үлэһит дьон элбииллэригэр, үлэ таһаарыылаах, оҥорумтуота үрдүк буоларыгар тириэрдэр кыахтаах. Төрөөбүт дойдуларын, омуктарын уонна тылларын үлэһиттэр ордук таптыыллар, харыстыыллар, уларыта сатаабаттар. Омугу харыстааһын элбэх ахсааннаах үлэһиттэргэ тирэҕирэрэ туһата улаатарыгар тириэрдэр.

Төһө да бары сахалыы саҥарар дьон биир тыллаах буолбуппут иһин үлэбит-хамнаспыт, өйбүт-санаабыт уратылара дьайыылара бу кэмҥэ омукпутун хас да сүрүн тус-туспа бөлөхтөргө араараллар:

1. Аһара баайдар, салайааччылар.

2. Федеральнай тэрилтэлэр үлэһиттэрэ.

3. Үөрэхтээхтэр.

4. Үлэһиттэр.

Бу ааттаммыт дьон бөлөхтөрө бары тус-туспа баҕа санаалаахтар, ол баҕа санааларын толорууга олохторун аныыллар. Үөһээ ааттаммыт үс бөлөх дьон бары сайдыыны, үөрэҕи-билиини нууччалартан, арҕааҥҥы омуктартан аан бастаан ылынааччылар, иҥэринээччилэр буолаллар. Санааларын улахан өттө кинилэри “үчүгэйдэр” диэн быһаараллар, үтүктэ, батыһа сатыыллар.

Үөрэҕи-билиини нууччалартан ылыммыт, билбит буоламмыт бары үөрэхтээхтэр нууччалар диэки тардыһыылара, үтүктэллэрэ улаатан сылдьар. Биллиилээх, тугу эмэни ситиспит салайааччыларбыт бары Москва диэки айанныыллар, онно олороллор, нууччалыы эрэ саҥараллар, ааҕаллар, суруйаллар, оҕолоро сахалыы билбэттэр, сахаларга туох да туһаны, көмөнү оҥорботтор.

Сахабыт тылын, сахалыы өйү-санааны дьиҥнээх харыстааччы-ларынан, оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн үчүгэй үгэстэргэ, үлэҕэ-хамнаска иитээччилэринэн, киһи буолууга үөрэтээччилэринэн уонна ахсааннарын элбэтээччилэринэн бары үлэһиттэри, тыа сирин олохтоохторун эрэ ааҕыахха сөп.

Саха сиригэр олорооччу үлэһиттэр эрэ ылынан туран оҕолорун кыра эрдэхтэриттэн олох үгэстэригэр үөрэтэн, сахалыы саҥардан сахалары элбэтэллэр. Итини тэҥэ көрсүө, сэмэй үлэһиттэр оҕолорун бэрээдэккэ, көрсүө, сэмэй киһи буолууга, киһи быһыылаахтык олоҕу олорууга үөрэтэннэр омук ахсаана эбиллиитин, бэйэлэрэ уһун үйэлэнэллэрин үөскэтэллэр.

Атын омук үөрэҕин киллэрии, ол аата сайдыыны ситиһиибит сахалар сомоҕолоһуубутун улаханнык алдьатар кыахтанан иһэр. Сайдыыны ситиһиигэ тириэрдэр омук үөрэҕэ төһө да киирбитин иһин өйбүтүн-санаабытын уонна тылбытын уларыппатын туһугар бэйэбит кыһаллан үлэлиэхпит этэ. Саха тылын харыстааһын туһунан биһиги былааммыт “Чолбон” сурунаалга 2004 сыллаахха бэчээттэммитэ. (20,61).

Эстибит сэбиэскэй былаас тобохторо, оччотооҕу кэмҥэ мааныламмыт суруйааччылар, тылбыт үөрэхтээхтэрэ, учуонайдар уонна учууталлар айбыт «айыыларын үөрэҕэ» сахалар төрүт үөрэхтэригэр, өй-санаа сайдыытыгар, туруктаах буолуутугар сөп түбэспэт, оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ буккууру, буортуну, алдьатыыны киллэрэр, саха тылын, өйүн-санаатын уларыта сатааһыҥҥа тириэрдэр.

«Айыы үөрэҕэ» үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа тылларынан ааттыы сатыыра нууччалары быһаччы үтүктүү, батыһа сатааһын, сахалыы өйү-санааны алдьатыы буолар. Ол курдук «грех» диэн тылы быһаччы үтүктэн биһиги дьоммут «аньыы» диэн саҥа тылы булан сахаларга киллэрэ сатыыллара сэбиэскэй кэмтэн ыла саҕаламмытын билигин даҕаны салгыы ыыта сатыыллар.

Бу үөрэхтэммит дьоммут нууччалар диэки тардыһыылаахтарыттан сахалыы өй-санаа уратыларын билбэт эрээри төрүт тылбытын, өйбүтүн-санаабытын уларытаары оҥостоллор. Өй-санаа үөрэҕэ тыл үөрэҕэ буолбатах. Бу дьон этэ сатыыллара сахалыы өй-санаа, таҥара үөрэҕэр кыра да сыһыана суох.

Сэбиэскэй былаас кэмигэр салайааччылар дьон өйүн-санаатын уратыларын табан сыаналаабыттара, өй-санаа үөрэҕин туһаммыттара эбитэ буоллар сэбиэскэй былаас, үлэһиттэр былаастара сууллуо суоҕа этэ. Ол иһин өй-санаа үөрэҕэ табата, ханнык да сыыһата-халтыта суоҕа, дьон өйүгэр-санаатыгар сөп түбэһэрэ салайар былаас туруктаах буоларыгар улаханнык көмөлөһүө.

Саха дьоно сахалыы таҥара үөрэҕин олоххо киллэрэн оҕо ийэ кутун иитиитин тупсардахтарына элбэх көрсүө, сэмэй, киһи быһыылаах дьон улаатаннар сыыһа-халты туттубакка үлэни-хамнаһы кыайа-хото тутаннар омукпутун сайыннарыахтара. Күн таҥара үөрэҕэ сахалары бииргэ түмэр, сомоҕолуур кыаҕын туһаныахпыт этэ.

Аан дойду үрдүнэн дьон биир санааланыыларын Күн таҥара үөскээһинэ оҥорор кыахтаах. Дьоҥҥо барыларыгар тиийэр дьайыылаах Күн таҥара дьон айылҕаны харыстыыр санааларын улаатыннаран биир санааланыыларын үөскэтиэҕэ. Билигин айылҕаҕа үөскүүр уларыйыылар дьону барыларын хаарыйар кыахтара улаатан иһэр. Ол иһин дьон бары биир Күн таҥаралаах буоллахтарына сомоҕолоһор кыахтара улаатыаҕа.

ЭЛБЭХТЭР

Былыргы кэмнэргэ государстволары аҕыйах ахсааннаах баайдар, сэриини бас билээччилэр салайар, баһылыыр-көһүлүүр этилэр. Аҕыйах ахсааннаах баайдар аҥардастыы баһылаан салайар кэмнэригэр бары бүттүүн куоластааһыны ыыппаттара, түргэнник аһара байар туһугар кыһананнар элбэх ахсааннаах үлэһиттэри күүскэ үлэлэтэннэр барыларын дьадаҥыларга кубулуталлара.

Нуучча норуота ыраахтааҕы уонна хос моонньохторун уһун үйэлээх батталларын тулуйа сатаан баран, муҥур уһуктарыгар тиийэн Улуу Өктөөп өрө туруутун ситиһиилээхтик оҥорон, кыайан-хотон уһун үйэлэргэ мунньуллубут иэстэрин ситиспиттэрэ, бары баайдары кэһэппиттэрэ.

Элбэхтэр, үлэһиттэр, дьадаҥылар былааһы ылыылара, элбэхтэргэ күүскэ үлэлиир кыаҕы биэрэн Сэбиэскэй Сойуус түргэнник сайдыбыта. Улахан сэриини кыайыы кэнниттэн салайар былаас үлэһиттэргэ үчүгэйи, араас чэпчэтиилэри оҥоро сатааһына аһара баран, барыларын үлэлэтэ сатааһыннара мөлтөх үлэһиттэргэ тэҥнэһиигэ тириэрдэн, үлэни-хамнаһы сыыйа сатарытан, Сойуус экономиката быста дьадайыытын үөскэтэн, сэбиэскэй былаас эстэригэр тириэрдибитэ. Олус уһуннук уларыйбакка олорбут былаас ыгааһын күүһүнэн эйэлээхтик уларыйбыта.

Аан дойду олоҕун элбэхтэр бары бүттүүн куоластааһыны туһанан салайыыларыгар сыыйа тириэрдэн иһэллэр. Билигин сайдыылаах дойдуларга демократия сокуоннара элбэхтэр өйдөрүн-санааларын тутуһаллар уонна этиллибит кэм иһинэн салайар былаас төрдүттэн уларыйарын ситиһэллэр. Кэмиттэн-кэмигэр кэлэн иһэр бары бүттүүн куоластааһыҥҥа хайа партия элбэх куолаһы ылан баһыйбыт государствоны быһаччы салайар кыахтанар. Ол аата олоххо салайар былаас уларыйыытыттан кэмиттэн кэмигэр сөптөөх уларыйыылар киирэн иһэллэрин ситиһэллэр.

Демократия сокуоннарын элбэхтэр куолаһынан кыайан оҥороллор. Куоластааһыҥҥа кыаттарбыт аҕыйахтар бас бэринэллэригэр, элбэхтэр этиилэрин ыйыллыбыт кэм иһигэр толороллоругар эрэ тиийэллэр.

Дьон ахсааннара элбээн истэхтэрин аайы бэйэ-бэйэлэрин үтүктэллэрэ күүһүрэр. Куһаҕаны үтүктэллэрэ элбээтэҕинэ куһаҕан быһыылары оҥороллоро элбиир. Элбэх киһи сабыдыала «Влияние толпы» диэн ааттанан наукаҕа кытта биллэр. Бу быһаарыы биир эмэ киһи атыттары, элбэхтэри батыһан, үтүктэн, үчүгэйин, куһаҕанын ситэ билэн араарбакка эрэ холбуу барсан хаалыытын чуолкайдыыр. Элбэхтэри үтүктүүгэ «Все побежали и я побежал» диэн этии дьайыыта ураты сөп буолан тахсар.

Биир эмэ киһи туһалааҕы булан таба эттэҕинэ даҕаны, элбэхтэр сабырыйа тутууларыттан биллибэккэ хаалыан сөбүн «Баран иһэр караван ыт үрэригэр кыһаммат» диэн этии биллэрэр. Ол курдук элбэхтэр аһара баһыйдахтарына биир эмэ киһи таба, сөптөөҕү этэрэ иһиллибэккэ, аахайыллыбакка хаалыан сөп. Ол курдук элбэхтэр хаһыыларын ньиргиэриттэн биир эмэ кыра саҥа иһиллибэккэ хам баттанан хаалан хаалар кыахтанар.

Дьоҥҥо элбэхтэр уонна аҕыйахтар диэн арахсыы дьон өйдөрө-санаалара уратыларыттан, сөп түбэспэттэриттэн «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этиигэ эмиэ сөп түбэһэрин умнуо суоҕа этибит.

Элбэх ахсааннаахтар баһыйа тутууларыттан, былааһы ылыыларыттан тугу эмэ, бу үчүгэй диэн быһаардахтарына уонна аҕыйах ахсааннаах туспа, сөп түбэспэт өйү-санааны, бу куһаҕан диэн ааттаан кэбистэхтэринэ, бары үчүгэйи баҕарааччылар, ол куһаҕан ааттааҕы хам тэпсэн, суох оҥорон кэбиһиэхтэрин сөп. Билигин 2016 сыллаахха Россияҕа өй-санаа сайдыыта ити турукка киирэн сылдьар. Элбэхтэр баҕа санаалара олоххо сыыһа буоларын сүүрбэһис үйэҕэ Германияҕа фашистар былааһы бары бүттүүн куоластааһыҥҥа кыайан ылбыттара уонна улахан сэриини саҕалаабыттара биллэрэр.

Туох эмэ улахан суолталааҕы быһаарыыга элбэхтэри батыспатахтар, сөбүлэспэтэхтэр туора баран арахсыыга, тэйиигэ тиийиэхтэрин сөп. Ол эрээри элбэхтэр сабыдыалларынан туһанан аҕыйахтары букатын да биллибэт, иһиллибэт оҥорор кыахтаахтар. Арай демократия сокуоннарын уонна «Туох барыта икки өрүттээх» диэн сахалар этиилэрин тутуһуу эрэ олох таба суолунан, икки аҥы барар хайысхалар икки ардыларынан, ол аата ортотунан баран иһэрэ табыллар.

Дьон бары туох эмэ саҥаны солуну, элбэх киһи өйүгэр-санаатыгар сөп түбэспити ордук үтүктэллэр, ол иһин элбэхтэр туох эмэ солуну буллахтарына бары ол диэки салаллаллар уонна батыһан барар кыахтаахтар. Бэйэ-бэйэлэрин үтүктэр, батыһар күүстэрэ кинилэри биир сир диэки баралларыгар тириэрдэр. Ол иһин элбэхтэри салайыыга элбэх киһи сөбүлүүр быһыытын булуу туһата улахана итинник быһаарыллар. Экономиката кыайан сайдыбат Россияҕа Крымы холбооһун нууччалар урукку Сэбиэскэй Сойууһу төннөрө сатыыр санааларыгар сөп түбэһэн бары кэриэтэ биир санааланыыларын үөскэппитэ.

«Баран иһэр караван ыт үрэригэр кыһаммат» диэн этии элбэхтэр хаһан баҕарар баһыйар оруолу ыланнар баҕарбыт сирдэрин диэки бэйэлэрэ дьаалаларынан бара туралларын биллэрэр. Бу этии ис дьиҥэ олус ыарахан уонна дириҥ өйдөбүллээҕин «Туох барыта икки өрүттээҕин» билэр дьон таба өйдөөн билиҥҥи, сайдыылаах олоххо туһаныыга сөптөөх көннөрүүлэри киллэрэн биэрэллэрэ ирдэнэр.

Элбэхтэр быһаарыылара барыта таба буолбатын олохтон ылыллыбыт холобурдар дакаастыыллар. Ол курдук дьон олохторугар төһө да үөрэхтэммиттэрин, өйдөрө-санаалара сайдыбытын иһин элбэхтэр сабыдыаллара быдан улахан уонна сыыһа хайысханы тутустахтарына улахан куһаҕаны оҥоруохтарын сөп. Былыргыттан үөрэҕи-билиини баһылаабыт немец омук ааспыт үйэҕэ улаханнык сананыыта улаатан уонна Аан дойдуну баһылыыр санаата киирэн, атыттары барыларын суох оҥорон симэлитэн, ыраастаан кэбиһээри бары кыаҕын уурбута, өйүн-санаатын, үөрэҕин, билиитин онно туһана сатаабыта фашизмы үөскэппитэ.

Туох эмэ улахан суолталаах быһаарыыны ылынарга элбэхтэр бары биир сыалга дьулуһар, туһалаах диэн быһаарар интэриэстээх дьыалаларыгар сыыһа быһаарыыны, хайысханы ылыныахтарын сөп. Ол курдук ааспыт үйэ 30-с сылларыгар «Германияны күүһүрдүөххэ» диэн ыҥырыы немецтэргэ барыларыгар кэриэтэ сөп түбэһэн, нацистар былааһы ылбыттара, сэрии сэбин элбэхтик оҥостон сэриилэрин күүһүрдүбүттэрэ. Ол Германияны күүһүрдүү туохха тириэрдибитин билигин бары билэбит уонна хас үйэ уларыйан истэҕин аайы омуктар эмиэ уларыйан биэрэллэриттэн уонна саҥа саҕаламмыт 21-с үйэҕэ Россия күүһүрдүүгэ наадыйан сылдьарыттан сэрэхтээх буолуохпут этэ.

Россия аҥардастыы сырьену эрэ атыылыыр государствоҕа кубулуйуута уонна православнай таҥара үөрэҕэ көмөнү көрдүүрэ нуучча омук күүһүрдүүгэ наадыйара кэлбитин биллэрэр. Салайааччылар бары кыахтарын ууран нууччалары күүһүрдэ сатааһыннара кэлин кэмҥэ эбиллэн иһэр, сэрии сэбин оҥостуу аһара баран элбээтэ.

Онон элбэхтэри эккирэтии, аҥардастыы үтүктэ сатааһын олоххо сыыһа хайысхаҕа тириэрдэр кыахтаах. Аҥардас биир өрүт хаһан да таба буолбат. Ол курдук айылҕаҕа аҥар өттүн диэки барыы суох, табыллыбат, барыта эргийэн кэлэриттэн аһара барыы диэн суох буолара ордук. Ол иһин иккис өрүтү хаһан баҕарар арааран билэн, сыаналаан олоххо туһана сылдьыы ирдэнэр. Уһун үйэлээх сахалар үөрэхтэригэр «Туох барыта икки өрүттээх» диэн этиллэрин олоххо таба туһанар буолуу хаһан да хаалан хаалбат.

Үгүстэри үтүктүбэт буолуу атын хайысханы тутуһууга, арахсыыга тириэрдэрин, төһө да куһаҕан курдугун иһин, өй-санаа уратыларыгар, сайдыыны киллэрэр кыаҕыгар сөп түбэһэр. Ол курдук «Иккиттэн биирэ таба буолуо» диэн этиигэ сөп түбэһэринэн биир өрүтэ сыыһа буолан хааллаҕына, атына таба буолуон сөбө хаһан да уларыйбат.

Ураты тулуурдаах, дьулуурдаах аҕыйахтар олоххо туһаны аҕалар уларыйыылары киллэрэр саҥаны, үрүҥ айыылары оҥорон туһаҕа таһаарар кыахтаахтар. Ол иһин элбэхтэр аҕыйахтар этиилэрин истэр, ылынар буоллахтарына эрэ олох табыллар, сайдар, икки өрүтүн тутуһар кыахтанар. Аҕыйахтар этиилэрин элбэхтэр истиилэригэр хааччаҕа суох таһаарыыны демократия сокуоннара ирдиирин дьон бары толордохторуна аҥар өттүгэр халыйыы суох буолуо этэ.

Элбэхтэр баран иһэр хайысхаларын быһаарыы улахан уустуга суох. Кинилэр үчүгэй диэн быһаарыылара бэйэлэригэр үчүгэйи оҥороро элбэҕиттэн чэпчэки өттүн диэки салаллаллар. Ол курдук айылҕаҕа уу аллараа диэки сүүрэн түһэринэн, үөһээттэн аллараа диэки барыы элбэхтэр баран иһэр хайысхаларын быһаарар. Ол аата элбэхтэр баран иһэр суоллара сыыһа, айылҕаны алдьатыы өттүгэр баран иһэллэр. Элбэхтэр быһаарыыларын таба диэн ылынарга «Туох барыта икки өрүттээҕин» олох ханнык кэмигэр сөп түбэһэринэн көрөн таба сыаналаан, элбэхтэр бэйэлэрин иннилэрин аан бастаан көрүнэллэрин таба өйдөөн туһаныахха сөбүн эмиэ умнумуохха сөп.

Онон олоххо уларыйыылары, саҥаны, тупсарыыны киллэриини биир эмэ киһи, аҕыйахтар саҕалыыллар уонна ону элбэхтэр ылан, үтүктэн туһаналлара бары сайдыыны ситиһэллэригэр тириэрдэр кыахтааҕын таба өйдүөхпүт этэ. Олоххо киирбит уларыйыы төһө эмэ кэминэн эмиэ уларыйыахтааҕын, эргийэн кэлиэхтээҕин таба өйдөөн, сыаналаан урукку, ааспыт олох сорох үгэстэрин догмаҕа кубулутуохпут суоҕа этэ.

“Бил баһыттан сытыйар” диэн өс хоһооно өр кэмҥэ уларыйбакка олорбут салайааччылар олоххо хаалыыны, хаалыыны, сытыйыыны үөскэтэллэрин биллэрэр. Олоххо кэмиттэн кэмигэр уларыйыылар киирэн иһэллэрин ситиһэргэ салайааччылары уларытыы буоларын билэн олоххо туһаныа этибит.

ХАЛАНДААР

Уһун үйэлэргэ өй-санаа сайдан, уларыйан иһиитин бэлиэтинэн халандаар уларыйан иһиитин ааҕыахха сөп. Олус былыргы кэмнэргэ сахалар күнү-дьылы ый уларыйыытын көрөн, онон ааҕаллара. Ый уларыйыытынан халандаары ааҕыы билигин да илиҥҥи олохтоох омуктарга туттулла сылдьар. Дьон өйө-санаата сайдан, үөрэх-билии кэҥээн истэҕинэ күнтэн тутулуктаах халандаарга көһөн биэрдилэр.

Дьон өйдөрө-санаалара ыйы көрөн үөрэтииттэн сайдан барбыт. Ый дьайыыта киһиэхэ ордук биллэр. Ый күн аайы уларыйыыта хараҕынан көрөн биллэр буоллаҕына, муора биэрэгэр олохтоохтор ый дьайыытын муора үллүүтүнэн илэ билэллэр.

Сир уонна Ый бэйэ-бэйэлэрин кытта тардыһыыларыттан муора уутун үллүүтэ сууккаҕа иккитэ үөскүүр. Бу үллүү үөскээһинэ Сир бэйэтин сүнньүн тула эргиирин бытаардар уонна Ый Сиртэн тэйэн биэриитин үөскэтэр эбит.

Ый тардыһыытыттан Сир сууккатын уһааһына сүүс сыл устата 1,81 х 10(-3) с. тэҥнэһэр. (21,87). Ол аата кыра да буоллар Сир Күнү тула эргийэрэ сыыйа-баайа бытааран иһэр эбит. Бу бытаарыы Сири Күнтэн тэйитэн иһэр. Мөлүйүөнүнэн сылларынан Сир билигин Марс планета сылдьар орбитатыгар тиийиэн сөп.

Нууччалар кэлиэхтэрин иннинэ сахалар ый хонугун ааҕан күнү-дьылы бэлиэтииллэрэ, оннук халандаардары оҥостон туһаналлара. Олох сайдан истэҕинэ халандаар эмиэ уларыйбыта элбэх. Күнү көрөн ааҕыы ыйынан ааҕардааҕар боростуойун, судургутун иһин элбэх омуктарга туттуллар буолбут.

Остуоруйаттан биллэринэн былыргы кэмнэргэ саҥа сыл тохсунньу маҥнайгы күнүттэн саҕаламмат эбит. Былыргы славяннар саас кэлэн истэҕинэ кулун тутар 21 күнүттэн сыл саҕаланыытын ааҕаллара. Олох былыр нуучча сиригэр саҥа сылы ыам ыйын 6 күнүгэр бэлиэтииллэрэ биллэр эбит.

Россияҕа христианствоны ылыммыттарын кэнниттэн саҥа сылы кулун тутар 1 күнүттэн ааҕар буолбуттар. Иван 111 ыраахтааҕы саҕана халандаар реформатын оҥороннор саҥа сыл саҕаланыытын балаҕан ыйыттан ааҕа сылдьыбыттар.

Петр 1 ыраахтааҕы бары саҥаны киллэриилэрин кытта халандаары эмиэ уларытан, Европаҕа туттулла сылдьар юлианскай халандаары укаас таһааран туһаныыга киллэрбит. Ити кэмтэн ыла Россияҕа саҥа сылы тохсунньу 1 күнүттэн саҕаланар диэн ааҕар буолбуттар. (22,1).

Оччотооҕу кэмҥэ баар халандаардар үөрэх-билии таһыма намыһах буолан Сир эргиирин кэмин сыыһа ааҕаллара. Өй-санаа, үөрэх-билии сайдан истэҕинэ Европаҕа юлианскай халандаары уон тохсус үйэҕэ уларытаннар саҥа григорианскай халандаарга көспүттэрэ. Бу, юлианскай халандаар Сир эргиирин бириэмэтин сыыһа ааҕыытын түмүгэр сүүрбэһис үйэ саҕаланыытыгар 13 хонугу сыыһа көрдөрөр буолбут.

Улуу Октябрьскай революция кэнниттэн үөрэх-билии, сайдыы таһы-мыттан хаалан хаалымаары большевиктар саҥа халандаарга көспүттэрэ. Ыраахтааҕы былааһа уонна православнай христианство сайдыы-үүнүү диэки тардыспат буолуулара бу хаалан иһэр халандаары тутуһан олорууларыттан биллэр. Маннык өй-санаа хаалан хаалыыта Россияҕа революция буолуутугар тирэх буолбутугар сөп. Ол курдук большевиктар хаалыылаах Россия үлэһит, кыра-хара дьоннорун сайдыыга-үүнүүгэ сирдээбиттэрэ, үөрэҕи-билиини сайыннарбыттара, олохтон хаалбыт халандаары уларыппыттара.

Олох, өй-санаа сайдыытыттан хаалан хаалбыт өйдөөх-санаалаах ыраахтааҕы былааһа уонна православнай таҥара дьиэтэ Улуу Октябрьскай революция түмүгэр суулларыллыбыттара, олохтон туоратыллыбыттара.

Православнай христианство хаалан иһэр өйө-санаата элбэхтэн бил-лэр. Олорго биир бастакынан олус былыргы, хаалбыт халандаары туһаналларын киллэриэххэ сөп. Бу халан¬даар бары христианнар төрүттэрэ биирдэрин, Христос диэн ааттанарын биллэрэр. Христос төрөөбүт күнүн бырааһыннь¬ыктаан бэлиэтииртэн арҕааҥҥы уонна илиҥҥи христианнар биир итэҕэллээхтэрэ ордук чуолкайданан дьоҥҥо биллэр. Ол да буоллар бэйэ-бэйэлэриттэн арахсаннар арҕааҥҥы христианнар ахсынньы 25 күнүгэр Христос төрөөбүт күнүн бэлиэтиил-лэр. Онтон олох сайдыытыттан хаалан хаалбыт өйдөөх-санаалаах православнай христианнар тохсунньу 7 күнүн Христос төрөөбүт күнүнэн билигин да ааҕа сылдьаллар.

Православнай таҥара дьиэтэ былыргы сыыһа барбыт халандаарынан сирдэтинэрин уларыппакка, билигин даҕаны ону тутуһан иһэр, итэҕэйэр дьону албынныыр. Таҥара үөрэҕэ олох сайдан иһэриттэн хаалан хаалыыта дьон итэҕэйбэт буолууларын үөскэтэринэн православнай таҥара үөрэҕэ мөлтөөн иһэр.

Маннык хаалан иһэр өй-санаа билигин даҕаны уларыйар чинчитэ суох. Ол аата бу православнай таҥара дьиэтэ сайдар кэскэлэ суоҕун бэлиэтиир көстүү буолар. Былыр-былыргыттан дьону албынныы үөрэммит православнай таҥара үлэһиттэрэ олох сайдан, уларыйан истэҕинэ өй-санаа эмиэ уларыйар диэни билиммэттэр.

Ыраахтааҕы баарын саҕана православнай таҥара дьиэтэ аһара баайа, элбэх улахан, кыра дьону хам баттыыр, салыннарар көрүҥнээх тутуулардаах этэ. Барыта кыһыл көмүһүнэн килбэйэрэ. Улахан салайааччылара бары аһара баайдар этилэр.

Билигин саҥа сайда сатыыр православнай таҥара дьиэтэ урукку, ыраахтааҕы баарын саҕанааҕы турукка киирээри дьулуһар, былыргы тутуулары былдьаһара элбээн эрэр. Өй-санаа, үөрэх-билии сайдыбыт үйэтигэр итинник халы-мааргытык дьону албынныы сылдьар православнай таҥараны итэҕэйээччилэр аҕыйаан иһэллэриттэн сайыннара сатааһын туох да улахан туһаны аҕалыа суоҕа.

Дьон өйө-санаата сайдан, үөрэҕи-билиини баһылааннар бары киһи буолууну ситиһэр кыахтаммыттарынан атын киһи таҥаралар эмиэ мөлтөөтүлэр. Бу мөлтөөһүн таҥаралар биир тылы булуммакка үөхсэллэриттэн, бэйэлэрин истэригэр сэриилэһэллэриттэн биллэр буолла. Таҥараларынан хайдыһан улахан сэриини саҕалыахтарын сөптөөх балаһыанньа үөскүүр туруктанна.

Олохпут уларыйыыта, айылҕа үүнүүтэ, сайдыыта барыта күнтэн эрэ тутулуктаах. Айылҕа уларыйан иһэрэ түргэнин дьон өйө-санаата билиниитэ кыайан сиппэт кыахтанан эрэр. Күн эргиириттэн тутулуктанар халандаары билигин сайдыылаах дойдулар бары туһаналлар, кэмиттэн кэмигэр уларыйыылары киллэрэн биэрэллэр.

Билигин Россияҕа дьон сайдан иһэр өйдөрүгэр-санааларыгар сөп түбэһэр, айылҕаны харыстыырга аналлаах, элбэх ахсааннаах киһи таҥаралартан быдан үрдүктүк турар Күн таҥара сайдан иһэрэ ирдэнэр. Сахалар Күн таҥараларын үөрэҕэ Аан дойду, Россия дьонун сомоҕолуур, эйэлээх буолууларын үөскэтэр кыахтаах.

ХОС БЫҺААРЫЫЛАР

1. Каженкин И.И. Үлэ – олох үөрэҕэ. – Дьокуускай: УПК ТРИ, 2010. – 100 с.

2. Каженкин И.И. Кут-сүр үөрэҕэ. – Дьокуускай: Бичик, 2004. – 128 с.

3. Г.В.Ксенофонтов. Шаманизм. Избранные труды. (Публикации 1928 -1929 гг.) Якутск: Творческо-производственная фирма «Север-Юг», 1992.- 318 с.

4. Аджи Мурад. Европа, тюрки, Великая степь.- Москва: Мысль, 1998.- 334 с.

5. А.И.Гоголев. Якуты. (Проблемы этногенеза и формирования культуры). Якутск: Изд-во ЯГУ, 1993,- 200 с.

6. 21 декабря 2007 г. ВГТРК (Канал Россия).

7. Сомоҕотто С. Происхождение народа саха. – Якутск: НИПК «Сахаполиграфиздат», 1995. – 112 с.

8. Г.В.Ксенофонтов. «Ураангхай сахалар» Том 1, книга 2. Нац. кн.изд. Республики Саха (Якутия), 1992. - 318 стр.

9. Каженкин И.И. Үрүҥ айыы буолуу. – Дьокуускай: ГУ РИМЦ, 2006. – 88 с.

10. Каженкин, Иван Иванович. Дорҕооннор өйгө-санааҕа дьайыылара. – Дьокуускай: ГБУ РС(Я) “Бизнес – инкубатор”, 2013. – 108 с.

11. Каженкин, Иван Иванович. Киһи таҥара. – Дьокуускай: ГУ РИМЦ, 2009. – 112 с.

12. “Эдэр саас” хаһыат. 2.05.2013.

13. Нельбисова Г.В. Күннэй кистэлэҥэ. – Дьокуускай: Бичик, 2006. – 112 с.

14. Каженкин И.И. Улуу Тойон таҥара үөрэҕэ. – Дьокуускай: Компания “Дани АлмаС”, 2012. – 144 с.

15. Каженкин И.И. Киһи буолуу. – Дьокуускай: Издательский дом “Якутия”, 2005. – 80 с.

16. “Туймаада уоттара”. №24-48.

17. Афанасьев П.С. Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьыта. – Дьокуускай: Бичик, 2008. – 680 с.

18. “Чолбон” сурунаал. 8 / 2006.

19. Каженкин И.И. Тыл санааны салайар. – Дьокуускай: Триада, 2003. – 76 с.

20. “Чолбон” сурунаал. 2 / 2004.

21. Стогний В.В., Стогний Г.А. Физика Земли. Учебное пособие. Якутск: Изд-во Якутского университета, 2000.-190 с.

22. Календарь “Народные приметы и гадания” на 2001 г. Ред. Цвет-кова И.Н. Кострома: ГУИПП “Кострома”, ООО, “Тетра К”, 2000.

ИҺИНЭЭҔИТЭ

Аан тыл

Күн таҥара үөрэҕэ

Күн таҥара ымыыта

Өй-санаа сайдыытын таһымнара

Өй-санаа үөрэҕин буккуйуу

Туох барыта икки өрүттээх

Икки өрүтү араарыы

Икки өрүт арахсыытын туһаныы

Үчүгэй уонна куһаҕан

Үчүгэйи уонна куһаҕаны араарыы

Үчүгэй уларыйар

Үчүгэй эмиэ куһаҕаннаах

Үчүгэйи оҥоруу

Үчүгэйгэ кубулуйуу

Аҕа таҥара

Ийэ таҥара

Сахалар Күн таҥаралара

Өй-санаа уратылара

Санаа түһүүтэ

Санаа күүһүрүүтэ

Куһаҕан санаа

Дьай

Кэс

Кэрэ

Ол дойду

Улаханнык сананыма

Сыыһаны көннөрүү

Биир санааланыы

Икки аҥы арахсыы

Элбэхтэр

Халандаар

Иһинээҕитэ