Иһинээҕитигэр көс

Күн (Умсуура)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

KYH


Күн тахсыыта тугунан угуйар?
Халлаан хаппаҕын арыйар
Салгыҥҥа тайаарар
Музыкатынан!

Оо, ол музыка салгыннаах!
Сайан киирэр саҕаланыы сыттаах!
Үтүө түбүгү үксэтэр сайбарыыннаах!

Кини көстүбэт сабарай кынатыгар уйдаран
Санаалар көтөҕүллэллэр
Саҥа төрүүр оҕо эһээхэйинэн!

Тыргылла ыһыллар
Уоттаах саһарҕа
Сардаҥа кыллара —
Ыраҕар тиэрдиэх ыллыктара.

Санаам оонньоо сатыыргынан,
Күн сырдыгын уон тарбаххынан
Бэрийэ наардаан!
Дуораһыйа туой эбэтэр ыллаа
Күн дорҕоонунан!

Оо! Ырам ытаа,
Үрүҥ күҥҥэ көтөхтөрө,
Бүтүн тыҥаҕынан түллэ,
Бэрэлийэ бэбээрэ!
Эмсэхтээтиннэр күн баҕабын
Таҥара мунура суох тапталын
Иэйэр-куойар дьүрүскэнинэн
Айыыһыттарым!


Күн киириитэ тугунан күндүнүй?
Оһох уотунуу
Кытыастар аал саҕаҕынан,
Көхсүгүттэн кууһуохтуу
Нуурайбыт сатыы халлаанынан.

Көөчүктэнэ сүтэр
Хойуу мандар өҥүнэн,
Көстө күрэнэр
Кэрэ кылгас үйэтинэн...

Сүүс мыччыстаҕаһын курдук
Дьураа хара былыттар
Эмискэ сарыалга салатан,
Кэйэ сырдыылларынан.

Күн сырдыга баҕалааҕын,
Күөгэйэр күннэргэр көппөтөххүн,
Балай атаҕын иминэн
Күн ыллыгын
Көрдүү да барбатаххын
Ахтар кыһыылааҕын
Санаан ыллахтара
Санаа былыттара...

Оо!
Киирэр күн сарыала!
Куус миигин дуйгар суулуу!
Сүктэр кыыс сулуутунуу,2
Энньэни аахсыбакка!
Сир симэҕэ,
Таҥара табата буолан
Мин олоҕум кэрэтэ
Дьэрэлийдин!
 
Олорбут олохпун сирбэккэ,
Оҥорбуппун кэрэйбэккэ,
Айылҕа курдук намырыы,
Туруом тыынныын намтыы...

Арай эн күлүмҥүн дэлэгэйдик
Түөспэр көтөҕө түһэриэхтик
Батыһыннарар майгыммынан,
Сиэттиһиннэрэр сигилибинэн
Силигилии ситиим-хотуум!
Эн көмүс ардаххар сөтүөлэтиэх
Айымньы сэбирдэхтэрбин
Айгырата суугунуу,
Аар баҕах курдук,
Өрө анньан туруум!

Оттон энньэ...
Аньыыбын быһа этинэ
Атыыланар халыыммын
Ананабын:
Сарыал уотун тохтотор
Талыы таптал аараатын!
Мин харахпын толорор
Сэмсэ саҕах арылыннын!

Халлаан бэһис туһаайыытыгар
Оо, мин барсыам өлө-сүтэ,
Күҥҥэ эрэ эргэ сүктэ,
Эргиллиэхтээх айаныгар
Өлө-тиллэ...
Син биир күөрэйиэм
Күнү сүгэ!