Иһинээҕитигэр көс

Күтүөт сириллиитэ-2 (Слепцов Анатолий Игнатьевич)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Даайа эмээхсин хараҕа суох буолта сүүрбэччэ сыл буолла. Онтукатын моһуок оҥостубакка дьиэтин иһигр кыыһын кытта тэҥнээх хаһаайка. «Дьахтар киһи дьаһайарын да кыайдаҕына сөп» — диэн өс тыллаах.

Биир сайын сиэнэ кыыс күтүөт аҕалбыт. Уол майгытынан да, дьүһүнүнэн да кыыс дьонугар сирдэрбэтэх. Даайалыын да биир тылы булуох курдук буолбут. Арай биир үтүө күн күтүөт эмээх-сини кытта дьиэ иһигэр иккиэн эрэ хаалбыттар. Бары онно-манна наадаларыгар барыталаабыттар. Күтүөт уол таһырдьа тахсан тугу эрэ уһана сырыттаҕына, Даайа, тэһийбэккэ, аан аттыгар күн уотугар сылаанньыйа олорбут. Эмээхсин дьиэ иннигэр олорорун көрөннөр ааһан иһэр дьон ыраахтан дорооболоһон, тыл бырахсан ааспыттар. Онуоха эмээхсин барыларын кытта кэпсэтэн баран, барбыттарын кэннэ, уолтан туоһулаһар үһү: «Ити кэпсэппит киһим кимий?». Уол дэриэбинэ дьонун хантан билиэй, ол эрэн көмөлөһөр баҕата баһаам - ааспыт дьону барыларын таҥныбыт таҥастарын тылынан уруһуйдаан, туттар-хаптар үгэстэрин үтүктэ, ким хайдах хаамарыгар тиийэ кэпсээн биэрбит. Ол аайы эмээхсин: «Ээ сөп, кини эбит!» — дии-дии, иккистээн харахтаммыт курдук сананан, үөрэ-көтө күнүн атаарбыт.

Киэһээҥҥи чэйдэрин иһэ олорон Даайа дьонугар күтүөтүн кытта хайдах олорбуттарын туһунан кэпсээбит: «Дьэ бүгүн уолбут миигин үөртэ аҕай! Дэриэбинэм дьонун барыларын илэ харахпынан көрбүт курдук буоллум! Эчи уруһуй-даатаҕа үчүгэйин - барыларын үүт-үкчү үтүктэр!» Чэйин сыпсырыйан баран сиэнигэр эттэ: «Ол эрээри, хотуой, киһиҥ одууһут быһыылаах, сэрэнээр эрэ!» — диэтэ.