Күөл кытыытыгар (Никифоров Семен Осипович)
Никифоров Семен Осипович кэпсээнэ.
КҮӨЛ КЫТЫЫТЫГАР
[уларыт]Колхоз бөһүөлэгин арҕаа саҕатыгар күндээрэн көстөр Мундулаах диэн сүүнэ, төгүрүк күөл көмүс мөһүүрэ долгуннарынан кырылыыр кыһыл кумах кытыыларын аргыый бигии сытар.
Күөл кытыытыгар сөтүөлүү сылдьар оҕолор саҥалара ньамалаһар. Дэриэбинэ оҕолоро бары манна мустубуттар . Уу кытыытыгар ахсаана биллибэт элбэх кыракый кумах дьиэлэр кэчигирээбиттэр.
Убайдыы-бырааттыы Тималаах Сеня хара сарсыардаттан ыла сөтүөлээннэр, ууну оймууртан, кумах дьиэни оҥорортон улам салҕан бардылар. Тима, тоҕустаах уол, тобугунан ууга туран , оҕолор сөтүөлүүр сирдэриттэн илин диэки, чугас, кумахха тардыллыбыт кыракый туос тыыны одуулаһар. Онтон оҕолор ортолоругар киҥиэхэ көхсүнэн буолан турар быраатын — биэстээх Сеняны кумаҕынан быраҕан баран, тыы диэки сүүрэр. Тима, тыыны тумсуттан ылан, уу диэки соһон дьулурутта. Куурбут туос тыы долгуҥҥа дагдас гына түстэ.
— Се-ня! Мин хараабылга киир-ди-им! — диэн баран Тим а тыы тумсугар тахсан олорон кэбистэ.
— Тохтоо! Тохтоо! Миигин...— дии-дии Сеня кус сыгынньаҕын убайыгар сүүрдэ.
— Чэ, олор, — Тима илиитигэр тутан олорор күрүө тоһоҕото маһынан ууну буккуйбахтаата.
Сеня тыы ортоку олбоҕор олордо. Тима маһынан ууну оймоотоҕун аайы тыы, долгуҥҥа дэгдэҥнии-дэгдэҥнии, улам иһирдьэ киирэн истэ. Илинтэн үрэр тыал улам күүһүрэн, тыыны арҕаа, хомус саҕатын диэки, охсон барда. Тима тыы кытыыттан лаппа тэйбитин дьэ өйдөөн көрдө. Маһынан уу түгэҕиттэн анньыммытыгар маһа, эмэх эбит, ортотунан тосту ыстанан хаалла. Тима ыксаата, маһын төрдүгэһинэн ууну иккитэ-үстэ дайбаан баран, туһа тахсыа суоҕун өйдөөн, хамсаабакка, таалан олордо. Сөтүөлүү сылдьар оҕолору одууласта. Хаһыытыан баҕарда да, туттунна. Куттаммытын, ыксаабытын оҕолорго биллэриэн баҕарбата.
— Халлаан хамсыыр да хамсыыр. Һук! Ууга түһээри гынным, — дии-дии Сеня, ууну көрө-кө рө, тыытын иитин харбыалаата.
Тыал өссө эбии күүһүрэн, долгуннар улам-улам дохсуннук түллэҥнэһэн бардылар. Туос тыы хомус иһирдьэ өттүнэн үөс диэки киирэн истэ. Итини көрөн, кытыыга турар оҕолор хаһыытастылар:
— Көрүҥ, көрүҥ! Тыынан уста сылдьаллар!
— Уой! Toҕo үчүгэйэй!
— Ити кимнээҕий?
Онуоха ити кэмҥ э ууга улахан эрэһиинэ мээчиги охсуолуу сылдьар уончалаах Коля Тималааҕы дьэ өйдөөн көрө биэрдэ.
— Ээй, эһиги туохтан үөрэн хаһыытаһаҕыт? — диэтэ кини. — Кинилэр эрдиитэ суохтар. Быыһыахха наада. ..
Коля, кытыыга сүүрэн бырдааттанан тахсаат, туруусугун кэтэ биэрдэ да, дэриэбинэ диэки сүүрэн тэбинэ турда.
Тималаах Сеня, тыыларын иититтэн тутуһан бараннар, кутталларыттан саҥата суох таалан олордулар. Долгун тыыны күүскэ дэгдэс гыннардаҕын аайы Сеня хараҕын быһыта симмэхтээн ылар. Ол аайы убайа, бэйэтэ төһө да ыксаатар, быраатын уоскута сатыы олордо.
— Сеня, куттаныма, куттаныма. Сотору тыал кытыыга таһаарыа.
Дэриэбинэттэн «оҕолор ууга бардылар» диэн тыллабыры истибит дьахталлар, хаһыытаһан аймана-аймана, күөл кытыытыгар оҕолорго саба сырсан киирдилэр. Бэйэ-бэйэлэрин оҕолорун ыҥыртаан айманнылар. Сорохтор оҕолорун булбут үөрүүлэригэр, ытамньыйан ылаттаатылар.
Тималаах ийэлэрэ Өлүксээс, саар тэгил уҥуохтаах, отуччалаах дьахтар уу кытыытыгар киирэн туран хатаннык кыланна:
— Оо, миэннэрэ! Мин оҕолорум эбит! Алдьархайым! — Кини, хайдах да гыныан булбакка, атах сыгынньаҕын кытыл устун төттөрү-таары сүүрэкэлии сырытта. Дьахталлар, оҕолор бары күөл ортотун диэки киирэн эрэр тыыны одууластылар, мустубут дьон болҕомтото бүттүүнэ итиниэхэ туһуланна.
— Хамсаабакка олоруҥ!
— Куттанымаҥ!
— Тима! Бырааккын көр! Тыыны хамсаттарыма!
Кытыыга турааччылар бары долгуйан, араастаан хаһыытастылар.
Ити кэмҥэ илин диэкиттэн — дэриэбинэ кэтэх өттүттэн — мотоцикллаах киһи тигинэтэн иһэрэ көһүннэ. Кини дэриэбинэҕэ кэлэн кыратык тохтуу түһээт, күөл диэки көтүттэ. Биэрэккэ тиийэн хорус гына тохтуу биэрдэ. Дьахталлар мотоцикллаах киһини төгүрүйэ түстүлэр. Саҥа-иҥэ хойунна. Кэлбит киһи нуучча эбит. Кини, дэлби буор буолбут уот кугас баттаҕын тэбэнэ-тэбэнэ, дьахталлар саҥаларыгар аҕыйах сахалыы тылынан хардарда. Итиэннэ.
— Харбаан боруобаланан көрүөххэ наада, — диэт, уҥунуох буолбут комбинезонун уһула оҕуста. Чыпчылыйыах бэтэрээ өттүгэр тас таҥаһын ньылбырыта биэрээт, соҕотох туруусугунан ууга ойдо. Илиитин эрчимнээхтик күөрэҥнэтэн, долгуннары быһыта дайбыы-дайбыы, кудуххайдык үөс диэки киирэ турда .
— Тима, хамсаамаҥ! Ити дьээдьэ эһигини таһаартыа! — диэн хаһыытыы-хаһыытыы оҕолор ийэлэрэ Өлүксээс кытыыга төттөрү-таары хаама сырытта.
Ууга сылдьар киһи долгун диэн толлубата, харбаабытын кубулуппата. Тыыга чугаһаан кэллэ. Тыыны, тумсун быатыттан тутан баран, арҕаа бас диэки харбаата... Тыы долгун хоту аа-дьуо устан истэ.
Тыы кытыыга тиксиитигэр дьоннор эбии элбээн үмүөрүҥнэстилэр.
— Улахантан-улахан баһыыба, табаарыс! — дии-дии Өлүксээс нуучча киһитин илиитин бобута тутта . — Аатыҥ-суолуҥ кимий?
— Уйбааммын... Ыаллыы колхоз тракториһабын, — диэн аат-харата саҥара-саҥара, били киһи таҥнан барда.
— Сахалыы үчүгэйдик да саҥараҕын!
— Саҥарымына, саха күтүөтэ буолан баран. Саха сиригэр кэлбитим үһүс сыла буолла эбээт.
— Биһиэхэ тахсан аһаан аас. Барыаҕыҥ, — диэмэхтээтэ Өлүксээс.
— Суох, баһыыба... Мин тиэтэллээх наадаҕа баран иһэбин. Тракторым уҥунуоҕа суох туран хаалла.
Нуучча киһитэ, дьон сөҕүүтүгэр-махтайыытыгар, хайҕааһыныгар улаханнык кыһаммакка, мотоциклын собуоттаан тигинэттэ.
Дьоннор күөл арҕаа баһын диэки күөх буруону субуйан айанныы турбут мотоциклы кэнниттэн одуулаһан туран хааллылар.
— Бардаҕа ити... Көр, нуучча киһитэ итинник эбээт , — диэтэ дьон ортотуттан ханнык эрэ эмээхсин намыын куолаһынан. — Кини хайҕалга да, манньаҕа да наадыйбат. Аныгы киһи буоллаҕа.