Иһинээҕитигэр көс

Күөх нуоҕай мутукча (Күннүк Уурастыырап)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Күөх нуоҕай мутукча
Долгуйа хамсаабыт.
Күн дьолун булбучча,
Уол кыыһы таптаабыт.

Кыыһыгар биэрээри,
Сибэкки үргзэбит.
Тапталын этээри,
Чараҥҥа кэтээбит.

Арай, кыыс кэлбэккэ,
Уолбутун хомоппут,—
Сүрэҕин биэрбэккэ,
Сүрдээхтик соҥуппут.

Ол киэһэ кыыс туран
Атыны булсубут,—
Илиитин туттаран,
Эйэргии олорбут.

Тарааҕын наҕыллык
Баһыттан араарбыт,
Таптыырын намыыннык
Баттаҕын тараабыт.

Дьол-таптал дьиҥнээҕин
Эдэр хатыҥ билбит,
Дьонноро кимнээҕин
Эппэккэ ньимийбит.

Ып-ыраас халлаантан
Ый кытта кэтэспит,
Ыраахтан, быдантан
Ымайа мэлдьэспит...
1936