Иһинээҕитигэр көс

Күөх (Абаҕыыныскай)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Күөх


Күөх!
Күөх!
Тула өттүм тула күөх!
Тунаар туйгун солко күөх!
Күөх!
Күөх!
Көрө-көрө
Сүрэх сэлибириир.
Сүһүөх чиччигиниир.
Кыыдаан кыһын
Кырыа хаардыын,
Самаан сайын
Сатыы тыаллыын,
Хонуу, сыһыы,
Хонук аайы,
Саҥа сырдык,
Саргы арылык
Олохтуун,
Оҕо дьоннуун,
Күлэ-үөрэ турар,
Куугунуу айманар
Сааскылыы санаалаах,
Сайаҕас ырыалаах.
Күөх!
Күөх!..
Тула өттүм, тула күөх!
Тунаар туйгун солко күөх!
Күөх!
Күөх!..