Көрбөккүөт... (Варвара Потапова)
Тас көрүҥэ
Көрбөккүөт
Мин бэйэм - күһүҥҥү айылҕабын...
Көрбөккүөт -
Бу тохтор хатыҥ араҕас сэбирдэхтэрэ,
Мин санааларым буоланнар,
Сиргэ таммалыы ыһыллаллар.
Истибэккиэт, -
Ол ааһар үөр хаас саҥатыгар
Мин ыраахха, айаҥҥа угуйар ыҥырыым
Толоон үрдүнэн кылыһахтыырын.
Таайбаккыат, -
Күөх сайыҥҥа тапталбын этээри,
Махтал хараҕын уутунан ардыыбын...
Ити мин -
Эһиилги өҥ сайы алгыыбын.