Иһинээҕитигэр көс

Көрдүүбүн (Алексей Суола)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Көрдүүбүн хас биирдии киhиттэн,
Тыынартан, тыымматтан – барыттан
Туох эмэ кэрэни сыhыаран
Көрөммүн үөрүөм диир санаанан.
Көрдөөммүн кэрэни булабын
Булаат да мичээрэ сырдыыбын,
Тулабар үөрүүбүн ыhабын,
Харахпар дьол уотун оттобун.
Мин оттор кутаабын көрөннөр,
Дьон ааhан иhэннэр иттэллэр,
Тоңмут да, сөң түспүт мөссүөннэр
Сотору ирэннэр сырдыыллар.
1980 с.