Көтөр буолан көтүөм этэ (Zeasta)
<poem> Хотой кыыл буолан, Хото көтүөм этэ, Хоту дойдум Хонууларын үрдүнэн.
Кыырт көтөр буолан, Кыырайа көтүөм этэ, Кынаппын кыыратан, Кыраайым үрдүнэн.
Күөрэгэй буолан, Күөрэйэ көтүөм этэ, Көмүстүү күлүмүрдүүр Уһун Күөлүм үрдүнэн.
Кыталык буолан, Кынталдьыйа көтүөм этэ, Уһун Күөлүм Кытылын үрдүнэн.
Элиэ бэрдэ буолан, Элиэтии көтүөм этэ, Элбэхтэ, эстибэккэ, Эбэм тула эргиччи.
Өксөкү буолан, Өрүү көтүөм этэ, Өлөн-охтон биэрбэккэ, Өрүһүм өттүнэн.
Суор буолан, Сураҕыра көтүөм этэ, Сулустуу сурулаан Сунтаарым үрдүнэн.
Мохсоҕол буолан, Охсуһа көтүөм этэ Ох кэриэтэ, Олоҥхо дойдутунан.
Хаххан буолан, Хараара көтүөм этэ, Хас да төгүл Хараҥа халлаан аннынан.
Туруйа буолан, Туораан ааһыам этэ, Туолбатах тапталым Туола сыспыт тумулунан.
Ымыы чыычаах буолан, Ыраата көтүөм этэ, Ыра санаабын кытта Ырыа-тойук аргыстанан.