Иһинээҕитигэр көс

Ленин тыыннаах (Чаҕылҕан)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Ленин тыыннаах


Кини сытара
Кыһыл көмүс сүүһүгэр
Умуллубат уоттаах...
Траур былаахтарын
Санньыар санаа күлүктүүрэ...
Кини иннинэн ааһаллара
Сүүһүнэн советскай норуоттар,
Бары көрдүүллэрэ —
Көстүбэт сүтүктэрин...
Аан дойду үрдүнэн
Ол тымныы чуумпутугар
Партия Кытаанах,
Ыар-дьиппиэр тыллаах андаҕара,—
Ленин аспыт суолуттан
Биир илии чугуйбата —
Иһиллибитэ Амазонкаҕа,
Нилгэ, Ангараҕа...
Алдьархайдаах аһыы анныттан тахсыбыт
Тыл ньиргийэр:
—- Андаҕайабыт эйиэхэ, табаарыс Ленин,
Коммунизм туругурарын иннигэр
Тыыммытын да5аны
Харыстыахпыт суоҕа диэммит!
Билигин баараҕай олох тутуутугар
Номоҕон бэйэлээх норуот сүрэҕэ, ону
Туйаарыта туойда өлбөт мэҥэ тойугар.
Кини баара —
Сүүһүнэн сыллары нөҥүө көрбүт,
Сир-ийэ олоҕун
Сокуонун булбут:
Ким өлбөт күн өйүн,
Күлкэдийбит модун күүһүн
Норуот иннигэр биэрбит,—
Ол өлбүтүн да иһин
Өлбүт ахсааныгар киирбэт!


1946

Антология иһинээҕитэ

Илья Дорофеевич Винокуров - Чаҕылҕан

Сүрүн сирэйгэ төнүн