Иһинээҕитигэр көс

Маай күнэ (Алексей Суола)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Маай күнэ,
Саас күнэ-
Үрүң күн
Ча5ыла, Эйэ, дьол
Сыдьаайа.

О, күнүм
О, күлүм
Ойбута
Үрдүгүн,
Олуһун,
Үөһэтин.

Бу сааскы
Сырдыкка,
Бу тырым кэрэ5э
Саңаттан
Сал5анна
Олохпут
Сааскыта.

Сүрэхпит
Дьиктигэ,
Кэрэ5э
Дьулуста,
Бу тырым
Сырдыктыын
Дууhабыт