Манчаары баайдар батталларын утары туран охсуспут маҥнайгы эрдээх сырыыларыттан ыла норуот номоҕор киирбитэ. Кини ыраахтааҕы былааНын, баайдар, тойоттор хараҥа батталларын анныгар олорор саха кыратын-кыамматын тумус туттар гөройа буолбута.
Норуот Манчаары туһунан элбэх сэһэннэри, кэпсээннэри, ырыалары айбыта. Манчаары обраһыгар үлэһит саха сырдык ырата, батталы утары охсуһар дьулуура, кылаассабай өйө-санаата уһуктуута түмүллүбүттэрэ.
Манчаары туһунан сэһэннэр сахалар ыаллыы олорор норуоттарыгар кытта тарҕаммыттара. Эвөнки фольклорун чинчийээччи проф. М. Г. Воскобойников Манчаары Саха сирин норуоттарын уопсай гөройдара буолар диэн суруйар [1].
Норуот Манчаарыны биһирээн, кининэн киэн туттан кэпсиир буоллаҕына, баайдар, тойоттор, дьон санаатын тэйитээри, кинини оруспуой курдук сүрдээн-кэптээн, холуннаран кэпсииллэрэ. Ол эрээри норуот оннук сэһэннэри ылымматах, номоххо киллэрбэтэх. Биир эмэ бөрүкүтэ суох мотивтар, эпизодтар баар да эбит буоллахтарына, олор дэҥ кэриэтэ көстөн ааһаллар.
Манчаары туһунан сэһэннэр, кэпсээннэр дьиҥнээх историчөскай гөрой чахчы буола сылдьыбыт хорсун сырыыларыгар олоҕураллар. Ол иһин кинилэр саха норуотун историчөскай суолун, олоҕун-дьаһаҕын кытары ыкса ситимнээхтэр.
- ↑ (М. Г. В о с к о б о й н и к о в. Прозаическиө жанры эвенкийского фольклора. Автореферат диссертации на соисканиө ученой степени доктора филологических наук. Лөнинград, 1965, стр. 35—36)
2
[уларыт]Манчаары олорбут уонна охсуспут кэмэ — XIX үйэ бастакы аҥара. Ол саҕана Саха сирэ Россия государствотыгар холбоспута икки сүүс сыла туолбута. Россия олоҕун сайдыытын сабыдыала ыраах Өлүөнэ кытылыгар сыллата күүһүрэн иһэрэ.
XVIII үйэ бүтэһигэр — XIX үйэ бастакы чиэппэригэр Россия империятыгар феодальнай, крепостной тутул утарсыылара тыҥаабыттара, кылаассабай охсуһуу сытыырхайбыта, революционнай өй-санаа тарҕанан барбыта.
1773—74 сс. Е. И. Пугачев баһылыктаах бааһынайдар сэриилэрэ дворяннар уйулҕаларын хамсаппыта, баттаммыт кылаастар өйдөрүн-санааларын уһугуннарбыта. Е. И. Пугачөв хамсааһынын биир суол уратытынан нуучча бааһынайдарын сэриитигэр баттаммыт омуктар (башкирдар, татардар, мариецтар, мордвалар уо. д. а.) кыттыспыттара буолар.
Бааһынай сэриитэ хам баттаммытын кэннэ, кини кыттыылаахтарын, сүүһүнэн-тыһыынчанан дьону, хаатырга улэтигэр, сыылкаҕа анаан, Сибирь үгүс муннуктарыгар ыыталаабыттара. Кинилэр уһук сирдэргэ общөствөннай санаа уһуктуутугар сабыдыаллаабыттара чахчы. Ону тэҥэ 1812 с. Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии Россия бары омуктарын биир патриотичөскай санааҕа түммүтэ. Саха сирэ 1812 с. сэриигэ 67.413 солк. суумалаах үбү хомуйан ыыппыта, сэрии алдьатыытыгар тубэспит нэһилиэнньэҕэ активнай көмөнү оҥорбута.
Итинник улахан историческай хамсааһыннар Саха сирин экономичөскай да, өй-санаа да өттүнэн сайдыытыгар олук буолбуттара саарбаҕа суох. Саха сирин бу кэмнээҕи историятын туһунан киэҥник биллэр чинчийиилэр тахсан тураллар. Тустаан Манчаары сырыыта, Манчаары үйэтэ О. В. Ионова «Манчаары Баһылай» диэн үлэтигэр, Г. П. Башарин хас да ыстатыйатыгар уонна «Саха сиригэр аграрнай сыһыаннаһыылар историялара (XVIII үйэ 60-с сыллара — XIX үйэ ортото)» диэн монографиятыгар, «Саха АССР историятын» 2-с томугар сырдатыллыбыттара [1].
XIX үйэ маҥнайгы аҥарыгар саха баайдара экономичөскай өттүнэн балайда күүһүрбүттэрэ. Өссө XVIII үйэ иккис аҥарыгар саха тойотторо сахалар бэйэлэрэ, нуучча администрациятын таһынан, уобаластааҕы салалталаах буолуохтаахтар диэн туруорсубуттара, ону тэҥэ дворянскай сословиеҕа киирэргэ дьулуспуттара. Саха тойотторо Соппуруон Сыраанап 1768 сыллаахха уонна Сэһэн (Өлөксөй) Ардьакыап 1783—1790 сс. Екатерина II ыраахтааҕыны көрсөн, саха тойотторугар былааһы уонна дворянскай ааты бэрдэрэргэ көрдөһүү түһэрбиттэрэ. Нуучча ыраахтааҕыта уһук сирдэр тойотторо политичөскай уонна экономичөскай өттүнэн күүһүрэллэриттэн куттанара. Ону тэҥинэн тойоттор байыылара ясак уонна нолуок төлөөччулэр дьадайыыларыгар тиэрдэрэ. Ыраахтааҕы хааһынатыгар үп-харчы киириитэ аччыыра. Ити кэннэ ыраахтааҕы былааһа норуот хамсааһына, бырачыаһа элбиириттэн эмиэ дьиксинэрэ. Ыраахтааҕы былааһа бу кэмҥэ, Саха сириттэн үгүс нолуогу, үбү ылар баҕаттан, сири киис-саһыл түһээннээн үллэстэри ууратан, кылаас быһыытынап үллэстиини олохтообута. Сири үллэстии саҥа систематыттан тойоттор син биир ночоотурбатахтара. Үлэһит сахалар олохторо тупсубатаҕа. Хата, көлөһүннээһин эбии күүһүрбүтэ, быстыы-дьадайыы элбээбитэ. Дьэ оннук быһыыга-майгыга Саха сиригэр Манчаары уонна кини доҕотторо баайдар уораҕайдарыгар сабыта түһүтэлээбиттэрэ.
- ↑ О. В. Ионова. Манчаары Баһылай. Якутскай, 1946: Г. П. Башарин. История аграрных отношөний в Якутии (60-ө годы XVIII—серөдина XIX в.), М. 1956; История Якутской АССР, т. II, М.-Л., 1957
3
[уларыт]Москваҕа Былыргы Аактар Киин Государствөннай Архивтарыгар баар дьыалаҕа этиллибитинэн, 1833 с. кулун тутар 23 уонна 28 күннэригэр Нөөрүктээйи нэһилиэгин (Хаҥалас улууһа) баайа Иван Сивцөв ампаара алдьаммыт уонна биир ата сүппүт. Ону, Хара, Догдоҥо, Хоро уонна Мөҥүрүөн диэн Мэҥэ уонна Хаҥалас улуустарын нэһилиэктэригэр көрдөөн көрбүттэр да, булбатахтар. Бу ампаары Охотскай хаатыргатыттан күрээбит Манчаары Баһылай алдьаппыта буолуо диэн сэрэйэн, Хаҥалас улууһун быраабата уобалас начальнигыттан ыаллыы улуустарга дьэгдьиир оҥороругар көрдөһөр.
Якутскайдааҕы земскэй суут 1833 с. муус устар 13 күнүгэр Валь сэтээтэли, хайа кыалларынан дьаһайан Манчаарыны тутарыгар толору бырааптаан, икки эрэбил хаһаактаан, Хаҥалас улууһугар таһаарар. Валь сэтээтэл 1833 сыллааҕы саас уонна сайын Манчаарыны көрдөөһүнү тэрийэр да, кыайан булбат. Киниэхэ көмөҕө урядник хамаандалаах 5 хаһааҕы, кэлин Атласов сэтээтэл уонна Ваулкин диэн пятидесятник баһылыктаах 4 хаһаагы ыыталлар. Хаҥалас уонна Мэҥэ улууһун ыаллыы аҕа уустарыттан 10-нуу киһини — барыта 100 киһини мунньан, түүннэри-күнүстэри көрдүүллэр да, Манчаарыны кыайан туппаттар.
Ыраахтаары суута Манчаарыны тутаары көрдүүрүн үгэнигэр Манчаары бэйэтин доҕотторунуун бииртэн биир баай уораҕайыгар саба түһүтэлиир. 1833 с. сайын кини Хаҥалас улууһа Тыыллыма — Яков Павловка, Мэҥэ улууһа — тойон Тимофөй Колесовка, Хаҥалас улууһа Догдоҥо — Илларион Захаровка, Мэҥэ улууһа Тараҕай нэһилиэгэ — Михаил Бурнашевка-Тутукаҕа, тойон Василий Слободчиковка-Чоочоҕо, Боотурускай улууһа Эмис нэһилиэгэ – Павел Новиковка-Бакыыһаҕа ыар ыалдьыт буолар.
Онтон Манчаары балаҕан ыйыгар Дүпсүн сис баайдарын Капитон Слөпцов уонна Александр Колесов олохторугар саба түһэр. Капитон Слөпцов кыыһын Кэтириинэни күрэтэр уонна Хаҥалас улууһугар Хара сиригэр, Саһыл уйата уонна Чараах диэн алаастар икки ардыларыгар, түҥ сискэ иин дьиэ оҥостон кыстыырдыы тэринэр. Ол сиртэн кинини балаҕан ыйын 24 күнүгэр Атласов сэтээтэл сэриилээх кэлэн тутар.
Манчаары дьыалатыгар 43 киһи буруйданааччы быһыытынан эриллэр, элбэх киһи силиэстийэлэнэр, туоһу буолар. Таһыллыбыт, таламмыт баайдар кэргэттэриниин, хамначчыттарыныын, чугас ыалларыныын — бары ыйытыллаллар. Силиэстийэ балтараа сыл устатыгар ыытыллар.
Дьыалаттан көрдөххө, Манчаары силиэстийэҕэ да, суукка да бэрт хорсуннук, эрдээхтик туттунар, сытыы өйдөөх эппиэттэри биэрэр эбит. Кини кими даҕаны уган биэрбэт, талабыры соҕотоҕун бэйэтигэр ылынар, чугас истиҥ доҕотторун быыһыы сатыыр. Арай силиэстийэҕэ таҥнаран биэрбит Михаил Ильини-Тараҕайы аһыммакка көрдөрөр, кинини ылгын кыттыһааччытын быһыытынан билинэр. Чоочо уола Егор Слободчиковка эриллэн, кинини бу өлөр өстөөҕө бэйэтинэн саһыарбытын курдук көрдөрөр. Бу дьыала матырыйаалларын, норуот сэһэнин кытта тэҥнээн көрүүгэ туһалаах буолуо диэн, биһиги кинигэ хос быһаарыытыгар үгүстүк тутуннубут.
Якутскай уокуругунааҕы суут 1835 с. кулун тутар 2 күнүгэр Манчаары дьыалатыгар дьэ бириигэбэр таһаарар. Онтон бу уураах областной правлениө бигэргэтиитигэр киирбитин кэннэ, сымнаҕас диэн, бириигэбэри 1836 с. атырдьах ыйын 31 күнүгэр өссө кытаатыннаран биэрэллэр. Областной правлөниө уурааҕын 1836 с. сэтинньи 24 күнүгэр Иркутскайдааҕы гражданскай губөрнатор бигэргэтэр уонна Сөнат көрүүтүгэр ыытар.
Сенат 1838 с. тохсунньу 18 күнүгэр бүтэһиктээх уурааҕы таһаарар. Ол быһыытынан, Манчаары уонна кини 7 доҕоро, таһыллан, клөймаланан баран, хаатырга улэтигэр ыытыллаллар. Атын буруйданааччылар таһыллаллар уонна олохтоох тойоттор көрүүлэригэр бэриллэллэр. Арай 6 дьахтары, таһыйбакка эрэ, олохтоох тойоттор көрүүлэригэр хааллараллар.
Сенат ыйааҕын Якутскай куораттааҕы бырааба уонна земскэй суут 1838 с. кулун тутар 10 күнүгэр дьон тоҕуоруйар сиригэр толорбуттар. Ыйааҕы 6 улуус 34 нзһилиэгэр — барыта 298 киһиэхэ ааҕан иһитиннэрбиттэр.
Манчаары бастаан Иркутскайдааҕы туус заводугар хаатырга үлэтигэр сылдьар, онтон 1841 с. Нерчинскэй рудникка көһөрүллэр. Онно Сунтаар киһитин Анисим Тимофеевы кытта көрсөн, иккиэн күрүүллэр. Балаҕан ыйыгар 1841 с. Манчаары төрөөбут Нөөрүктээйитигэр төннөн кэлэр. Уонна сотору тутуллар. Анисим Тимофөөв эмиэ тутуллар уонна Якутскай түрмэтигэр өлөр.
1842 с. бэс ыйын 1 күнүгэр Манчаарыны, сууттаан, Нерчинскэйгэ ыыталлар. Манчаары аараттан, Нижне-Илимскэй куорат таһыттан, эмиэ күрүүр. Саха баайдарыгар, тойотторугар эмиэ кутталлаах күннэр үүнэллэр. Мэҥэ улууһун Моорук нэһилиэгин тойотторо сэттэлии буолан бииргэ олорорго, түүннэри-күнүстэри харабылланарга, Манчаары до5отторунуун хорҕойуон сөптөөх сирдэрин кэрийэн көрөргө 1843 с. балаҕан ыйын 15 күнүгэр уураах таһаараллар. 1843 с. алтынньыга Манчаары уонна кини доҕотторо: Яков Микишкин, Наум Васильөв, Гавриил Васильөв, Спиридон Дмитриөв уонна Куртах кэргэнэ Пелагея — тутуллаллар. Кинилэри түөрт сыллаах силиэстийэ, хаайыы кэнниттэн 1847 с. атырдьах ыйын 9 күнүгэр сууттууллар. Манчаарыны 10 сылга хаайыыга сыаптаан сытыарарга уураллар. 1857 с. Манчаарыны, болдьоҕо туолбутун үрдүнэн, хаайыыттан таһаарбаттар.
1859 с. ыам ыйын 23 күнүгэр Манчаарыны Марха улууһугар I Бордоҥ нэһилиэгэр олохтууллар. Марха быраабата сылын аайы Манчаары хайдах олорорун Бүлүү уокуругун полицейскай управлениетыгар биллэрэр эбит.
Манчаары 1870 сыллаахха сэтинньи 6 күнүгар алта уон биэс сааһыгар өлбүт [1].
Дьэ итинник Василий Фөдоров-Манчаары олоҕо, кылгастык кэпсээтэххэ [2].
- ↑ Саха сиринээҕи кыраайы үөрэтэр Ем. Ярославскай аатынан музей архыыба
- ↑ Биһиги манна архив докумуоннарын уонна Г.П. Башарин "История аграрных отношений в Якутии. (60-е годы XVIII-середина XIX в.)" диэн кинигэтин (307-320 стр.) туһанныбыт
IV
[уларыт]Манчаары уонна кини хорсун сырыылара норуот номоҕор бэрт эрдэ киирбиттэрэ. Саха сэһэннэрин В. Л. Сөрошөвскай [1] Халымаҕа, В. Г. Королөнко Аммаҕа өссө ааспыт үйэ 80-с сылларыгар суруйан тураллар. XX үйэ саҕаланыытыгар А. Е. Кулаковскай Манчаары туһунан норуот кэпсээннэрин түммүтэ [2].
В. Л. Серошевскай суруйарынан, Манчаары төрүттээх-уустаах баай киһиттэн төрөөбүт, оттон Кулаковскай этэринэн, Манчаары — Чоочо баай бииргэ төрөөбут биитин уола. Маннык кэпсээннэр үгүстэр. Патриархальнай тутул хаалынньаҥ өйүнэн-санаатынан олорор норуот биһирээн кэпсиир гөройа төрдө-ууһа суох буолуон сатаммат эбээт.
Мэҥэ улууһугар төрөөбүт уонна үйэлээх сааһыгар онно олорбут, улэлээбит А. С. Порядин өр сыллар усталарыгар Манчаары туһунан кэпсээннэри хомуйбута, ону биир сэһэн гына түммүтэ. Кини Чоочо уонна Манчаары уруу быһыытынан сыһыаннарын сиһилии ырыппыта. Чоочо — аҕа ууһун баай удьуорун баһылыга, оттон Манчаары аҕа ууһун дьадаҥы удьуорун киһитэ. Нэһилиэгэр кинээстээбит, онтон улууһугар кулубалаабыт Чоочо баай бэйэтин аҕатын ууһун дьонун, эт-хаан урууларын баттаан-атаҕастаан, хабалаҕа киллэртээн баайын хаҥатынар. Манна сахаларга аҕа ууһун, эт-хаан уруулуу дьоннор истэригэр уустук сыһыан үөскээбитэ көстөр. Уруулуутааҕар кылаассабай интэриэс үрдүкү туруоруллар, баттабыл-атаҕастабыл, дьадаҥылары көлөһүннээһин күүһүрэн иһэр. Чоочо баай тулаайах, кыра саастаах уруутун Манчаарыны, аҕатыттан хаалбыт баайын хорон сиэн баран, инники кэскилин сарбыйан, үлэһит-хамначчыт оҥостоору гынар. Үгүс сэһэннэр сүрүн ис хоһоонноро биирдэр: Манчаары, төрдүнэн-ууһунан даҕаны, оҕо эрдэҕинээҕи майгытынан-сигилитинэн даҕаны алдьатарга, уорарга-талыырга анала суох киһи, баттабылы-атаҕастабылы тулуйбакка, олох очуругар охсуллан, суорума соруктаммыт диэн. Арай, 1929 с. «Чолбон» сурунаал 4-с №-гэр бзччээттэммит Көтөт сэһэнигэр Манчаары оҕо эрдэҕиттэн дьорҕоот этэ диэн бэлиэтэнэр. Оттоп И. Г. Берөзкин суруйан ылбыт биир сэһэнигэр мифологическай өй-санаа, итэҕэл сабыдыаллара улахан [3]. Бу сэһэни, фольклор ханнык баҕарар айымньытын курдук, эргиччи көрөн сыаналыахтаахпыт, маныаха критическайдык сыһыаннаһыахтаахпыт. Манна бардам Чоочо баай саха ыраахтааҕыта буоларга талаһарынан саха тойотторо Сэһэн Ардьакыап уонна Соппуруон Сыраанап өр сыллар усталарыгар уобалас кулубатып дуоһунаһын ыларга охсуһуулара ойууланар быһыылаах. Чоочо туруоруммуг соругун ситиһэргэ тугу даҕаны кэрэйбэт. Кини 18 саастаах инитин — Тэппээк ойуун тыынын толук уурарга да бэлэм. Тэппээк ойуун бу улуу убайын сорудаҕын толорбот, тыынын толук ууруохтааҕар буолуох, эдэр сааһын сарбыйарга санаммыт Чоочо тойонтон иэстэһэргэ эрдээхтик быһаарынар. Ону толороору, саҥа улаатан эрэр сытыары-сымнаҕас оҕоҕо, Манчаарыга, абааһыны иҥэрэр, майгытын-сигилитин алдьатар эбит. Кини Манчаарыны түөкун оҥорон, Чоочо баайын эһэргэ сананар. Онон Манчаары, ойуун абааһыта иҥэн, түөкун буолбут үһү. Оттон А. С. Порядин уонна И. И. Бурнашев - Тоҥ Суорун сэһэннэринэн, Манчаары, сытыары-сымнаҕас оҕо, уоруйах идэлээх ыалын оботтоох, иччилээх быһыччатын бэлэхтэтэн ылыаҕыттан түөкүн буолбут үһү.
Бу сэһэннэргэ саха бааһынайын өйүн-санаатын кэнэнэ, утарсыыта көстөр. Ол эрээри ити сэһэннэр Манчаары охсуһуутун социальнай ис хоһоонун сыппаппаттар, хата, норуот өйдүүрүнэн ордук силистээн-мутуктаан биэрэллэр. Дьиэлэнэн-уоттанан кэскил тэринии, оҕо төрөтөн удьуору ууһатыы, бар дьону кытта эйэ дэмнээхтик, төрөөбүт алааска тоттук, кыһалҕаны билбэккэ олоруу — маннык этэ саха бааһынайын патриархальнай баҕата. Оннук «дьоллоох-соргулаах олоххо» Манчаары да аналлаах эбит. Ону ойуун абааһыта биитэр түөкүн обот иҥэриллибит быһаҕа алдьаппыт, инньэ гынан сытыары-сымнаҕас киһи дьылҕата атыннык салаллыбыт диэн баар.
Манчаары «түөкүн» буолбутун абааһы кыттыспытынан (иҥсэлээх, мэнэгэйдээх быһаҕы бэлэхтэппитинэн) быһаарыы саха бааһынайа таптаан кэпсиир геройун үрдэтэр, майгы-сигили өттүнэн ыраастыыр.
- ↑ В. Л. Сөрошевский. Якутскиө рассказы. СПБ., 1895, стр. 173—177.
- ↑ А. Е. Кулаковскай бу айымньытын нууччалыы тылынан суруйбута. ССРС НА Саха сиринээҕи филиалын Архивыгар 1920 с. А. И. Софронов илиинэн устубут куоппуйата баар (фона 5, уоппуһа 2, дьыалата 29). Кэлин икки төгүл бэчээккэ тахсан турар: «Сборник трудов института языка и культуры при СНК ЯАССР» диэн кинигэҕэ киирбитэ (Якутск, 1937, стр. 129—155) уонна «А. Е. Кулаковский. «Манчары» диэн туспа кинигэнэн тахсыбыта (Якутск, 1945)
- ↑ Бу кинигэ 6-с кэпсээнин көр
5
[уларыт]В. Л. Серошөвскай суруйуутугар Манчаары маҥнай дьыалаҕа түбэһиитэ, дьүүллэниитэ патриархальнай олох-дьаһах сиэрин кэһии курдук көстөр. Манчаары, дьоно эрдэ өлөннөр, тулаайах хаалбыт. Кини убайыгар олорбут. Убайа суоҕар, атын дьоннор баалларына, Манчаары, оонньоон, саҥаһын былаатын туура тардан ылбыт. Саҥаһа, дьоннор көрбүттэриттэн кыбыстан, эригэр үҥсүбүт. Убайа Манчаарыны таһыйбыт. Онуоха өстүйэн, Манчаары убайын кур отун уоттаабыт. Убайа буоллаҕына кинини хаайыыга түбэһиннэрбит.
Дьахтар былаатын оонньуу сылдьан алҕаска туура тардан ылан Манчаары түбэһэрэ атын да кэпсээннэргэ тарҕаммыт мотив. Онтон төрүөттээн, Чоочо баай Манчаарыны суукка түбэһиннэрэр. Былыргы саха хаалынньаҥ сиэрэ-майгыта баайдарга туһалыыр, кинилэр сөбүлээбэт дьоннорун сойуолуулларыгар сылтах буолар. Манчаары буруйдаммыт сылтаҕа дуона суоҕун, оҥорбут буруйун ыраах таһынан дьүүлгэ туран, олус ыарахан суолга түбэспитин сэһэннэр сэмэлииллэр диэн О. В. Ионова этиитэ сөптөөх[1].
Манчаары уонна Чоочо баай эт-хаан уруулуу дьон быһыытынан сыһыаннара үгүс сэһэннэр сүрүн темаларын курдук тэнийэн барар. Патриархальнай өйдөөх-санаалаах Чоочо тойон өйдөбүлүнэн, дьадаҥы, сааһынан балыс уруу аҕа баһылыгы утары көрүө суох тустаах. Манчаары үйэ тухары олоҕурбут сиэри кэһэр. Кырдьаҕас абаҕатын этэринэн сылдьыбат, тылын истибэт, хата киниэхэ утарсар. Чоочо баай, «көҥүл барбыт» аймаҕын сыһытаары, ээҕин этитээри, нэһилиэк үөрэҕинэн үөрэтэр, таһыйтарар. Онтон Манчаары эбии абаран, Чоочо атаҕастабылын-баттабылын ситиспитинэн, иэстэспитинэн барар. Уолу туттаран ылан, Чоочо аны хаайыыга, хаатырга үлэтигэр ыыттарар. Эт-хаан уруулуулар өлөр өстөөх буолаллар.
Чоочо, аҕа ууһун баһылыга буоларын быһыытынан, Манчаарыны сыһытан, бэйэтигэр бас бэриннэрэргэ дьулуһуута бэрт былыргыттан төрүттээх фольклорнай мотив быһыылаах. Аҕа ууһун, биис ууһун баһылыктара миигиттэн ордук киһи төрүө-ууһуо суохтаах диэн санаалаахтара саха сэһэннэригэр үгүстүк кэпсэнээччи. Тыгын тойон, бэйэбиттэн ордук киһн тахсыыһы диэн, бэл төрөппүт оҕотун өлөрөр. Манчаары туһунан сэһэннэргэ Чоочо, миигиттэн ордук киһи үөскээн эрэр диэн, дьиксинэн, Манчаарыны дьаныһан сойуолуура бэрт элбэх.
Уустаах Избеков суруйарынан, Чоочо өһүөнэ Манчаары аҕатын саҕаттан үөскээбит. Чоочо бэйэтин кийиитин, Манчаары ийэтин, соҕотоҕун олордоҕуна атаҕастаан барбыттаах эбит. Быттааны Сүөдэр, Чоочоттон хомойон, сидьиҥ сиэриттэн кэлэйэн, устунан киниэхэ өстүйэр. Онтон сылтаан, Чоочо Быттааны Сүөдэр өлбүтүн кэннэ кини уолуттан эмиэ өс иэстэһэр. Бу эмиэ аҕа уустаах тутул суруллубатах сокуона: «Бэйэтиттэн буолбатаҕына, бэдэриттэн ситис»,— диэн. Маннык быһыыны норуот эмиэ сэмэлээн кэпсиир.
Онон Чоочо уонна Манчаары сыһыаннарыттан олох дириҥ ис утарсыылара көстөн тахсаллар.
Ол эрээри Манчаары туһунан сэһэннэргэ аҕа ууһунан, бииһинэн олорор тутул биир бэрт былыргы ытык үгэһэ кэһиллибэт. Манчаары, киһини өлөрөргө санамматах бэйэтэ, Чоочону өлөрөргө сорунар. Кэтэһиннэрэн-кэтэһиннэрэн, Чоочо биирдэ түбэспитигэр, Манчаары, этэ тардан, өстөөҕүн өлөрбөккө хаалбыт. Онон уруу киһи хаанын тоҕор сүҥкэн аньыы оҥоһуллубатах, хаан уруу хаана тохтубатах.
- ↑ О. И о н о в а. Манчаары Баһылай, 18 стр.
6
[уларыт]Манчаары туһунан сэһэннэр Чоочо икки Манчаары икки сыһыаннарынан эрэ муҥурдамматтар. Манчаары баттыгастаах баайдары утары охсуһааччы, кинилэр кыралары-дьадаҥылары атаҕастыылларын иэстэһээччи быһыытынан кэрэхсэнэн кэпсэнэр. Кини Мэҥэ, Хаҥалас, Боотурускай, Бороҕон, Дүпсүн сүдү баайдарын олохторун аймыыр. Кини, баай ыал буоллун да, түбэспиччэ талаабат. Манчаары маҥнай баай киһи төһө баттыгастааҕын, төһө эргинэрин чугастааҕы дьадаҥы ыалларыттан туоһулаһар. Онтон баай ыал дьиэтин-уотун өр кэтээн көрөр. Уонна дьэ, билэн-көрөн, чинчийэн баран, саба түһэр. Арыт «ыалдьыттыы» тиийэрин илдьиттиир. Норуот иһин иэстэһээччи «соххортон хараҕын уутун, доҕолоҥтон сүһүөҕүн уутун супту оборон барҕа баайдаммыттар, кэдэрги байбыттар, туора топпуттар» үптэриттэн «чаас ыла» кэлэр, бэйэтин билэринэн сууттуур, таһыйар.
М. Горькай «Разбойники на Кавказе» диэн 1896 с. тахсыбыт ыстатыйатыгар хараҥа норуот аҥардас холус күүһүнэн кырдьыгы тилиннэрэргэ дьулуһар диэн суруйан турардаах[1]. Манчаары эмиэ ол курдук атаҕастабылы-баттабылы утары, кырдьык иһин аҥардас холус күүһүнэн охсуһар.
Сэһэннэргэ бааһынай аймах баайдарга араас сыһыаннааҕа көстөр. Баттыгастаах уонна «баттыгаһа суох», «аһыныгас» баайдар баалларын курдук кэпсэнэр. Манчаары хара батталлаах баайдары Чоочону, Дьүккүйэр Баананы, Баай Бакыыһаны, Маппый сэтээтэли, Тутука баайы уо. д. а. бэйэтэ билэринэн «дьүүллээн», таһыйан иһэр, малларын халыыр. Кини баайдарга элбэх доҕоттордоох саба туһэр. Бэйэтэ аһаҕастык, баттаммыт норуот аатыттан дьиҥнээх иэстэһээччи быһыытынан, баайдар хатааһыннаах халҕаннарын аһан: «Тура охсуҥ, мин, Манчаары, кэллим!» — диэбитинэн дьиэҕэ көтөн түһэр. Оттон доҕотторун сирэйдэрэ сабыылаах, эбэтэр хоруо биһиилээх буолар. Үксүгэр, доҕотторун дьиэ таһыгар хаалларан баран, соҕотоҕун «ыар ыалдьыт» буолан киирэр.
Чугас ыаллара, дьадаҥы дьон үчүгэйдик этэр, баайа кыра, баттыгаһа суох диир баайдарын Манчаары тыыппат. Холобур, Баатара Боппуок кинээһи быстар дьадаҥы ыала: «Ол биһиги кинээспит соччо улахан баайа суох киһи, көннөрү кыанар, бэйэтин айаҕын эрэ ииттэр киһи...»,— диэн эппитин ылынан, Манчаары ол кинээскэ ыалдьыт, хоноһо эрэ быһыытынан сылдьар. Кинээс даҕаны кинини кытта киһилии, тэҥнээҕин курдук кэпсэтэр.
Ардыгар Манчаары кинини кытта тэҥнээх киһи майгытынан үчүгэйдик кэпсэппит эбэтэр кини эрэйдэнэн сылдьарын аһынар баайдары да талаабат. Ол курдук Мэҥэ улууһун I Мэлдьэхси нэһилиэгэр олорбут Кытаах баайга «ыалдьыттаан» баран, кини ыалыгар, эмиэ баай киһиэхэ: «Убайым Сыаныкы Бүөтүр миигиттэн куттана олорботун, мин кинини тыытар санаам суох»,— диэн илдьиттиир. Сыаныкы Бүөтүр дьоҥҥо-сэргэҕэ: «Чоочо баай бэйэтин куһаҕаныттан баар эрэ ыччатын Манчаарыны буорту гынна»,— диэн кэпсиирэ үһү.
Саха фольклоругар «куһаҕан» уонна «үчүгэй» баайдар образтара баар буолбута олуона буолбатах. Саха фольклора бааһынай айымньыта буолар. Оттон, биллэрин курдук, бааһынай аймах баттал төрүттэрин дириҥник араҥалаан билбэт. Кини баҕата «баттыгаһа суох» ыраахтааҕы, «баттыгаһа суох» тойон, баай баар буоларыгар, эбэтэр киһи барыта тэҥ баайы байан олороругар дьулуһуунан муҥурданар. Сэһэннэргэ общественнай олоҕу кытта ыкса ситимнээх өй-санаа сайдыытын муҥутаҕа фольклор өйдөбүлүнэн бэриллэр.
- ↑ М. Г о р ь к и й. Забытыө произвөдөния (1895—1909 гг.) М., 1959, стр 86.
7
[уларыт]Манчаары хас күрээтэҕин аайы, Саха сирин киин оройуоннарыгар итии-буһуу сайыннар буолаллара. Улуус сүдү баайдара, аҕа ууһун баһылыктара харабыл дьону туталлара, дьиэлэрин, ампаардарын бөҕөргөтөллөрө. Кинилэр соҕотох Манчаарыттан эрэ куттамматтара. Манчаары күрээтэҕинэ, киниэхэ баттыгаһы-атаҕастабылы утары турар, баайдартан иэстэһэр дьорҕоот санаалаах дьон холбоһоллоро. Манчаары хаһан да соҕотох буолбат этэ. 1833 сыллааҕы Манчаары сырыыларын силиэстийэтигэр барыта 43 киһи эриллибитэ диэн проф. Г. П. Башарин этэр. Ити суут билбит, арыйбыт дьоно. Оттон төһө киһи Манчаарыга көмөлөһөн баран, биллибэккэ хаалбытын норуот сэһэннэриттэн эрэ сэрэйиэххэ сөп. Суут, силиэстийэҕэ эрийэн баран, кыайан дакаастаабакка, Манчаары биир бастыҥ доҕорун, Кирпииччэ Ууһу, дьыалаҕа тардыбакка хаалар. Кирпииччэ Уус курдук, Манчаарыга көмөлөспут дьон элбэхтэрэ чахчы. Ол да иһин Манчаары хаайыыттан уонна хаатыргаттан күрээн баран, өр туттарбакка сылдьара. Манчаарыны тутар күчүмэҕэйин ыраахтааҕы да суута билинэрэ.
Манчаары норуот көмөтүгэр тирэҕирэрэ. Кыра-кыаммат дьон Манчаарыны кинилэри көмүскэһээччи, баайдартан үүнэ-тэһиинэ суох батталларын-атаҕастабылларын иэстэһээччи быһыытынан билинэллэрэ. Дьон-сэргэ Манчаарыны саһыарар, аһынан-таҥаһынан хааччыйар эбиттэр.
Манчаары баайдары сөбүлээбэт, кинилэртзн иэстэһэр санаалаах дьону бэйэтин тула түмэрэ. Кини тойотторго саба түһүүнү сатаан тэрийэрэ уонна салайара. Онон баайдарга саба түһэр бириэмэтигэр биирдэ да тутуллубатаҕа. Ол Манчаары тэрийэр дьоҕурдааҕыттан, дьону кытта быстыспат дириҥ ситимнээҕиттэн буолара.
Доҕор буолуохтарын сөптөөх дьону Манчаары бэйэтэ көрдөөн булар эбит. Биирдэ кини Хара нэһилиэгэр Архип диэн киһи хоодуот, быһый, күүстээх сураҕын истибит. Киниэхэ тиийэн, маҥнай холоһон көрбүт. Уонна, кэпсэппит, бэйэтигэр сыһыарбыт (А. С. Порядин сэһэнин көр). Манчаарыга Хаайыылаах Ньукулай, Көнчөх Уйбаан, Хайах Сэмэн курдук батталы-атаҕастыбылы утары туруммут сытыы дьон кыттыһаллар.
Манчаары доҕотторо киниэхэ бэриниилээх дьон быһыытынан көрдөрүллэллэр. Холобур, Хайах Сэмэн, Манчаарыга үчүгэй тыы булан биэрээри тутуллан баран, эппэтинэн, тулуурунан куотар уонна Манчаарыга кэлэн туохха, хайдах түбэспитин, төһө эрэйдэммитин кэпсээн биэрэр. Оннук бэриинилээх доҕорунан кинини кыстаппыт Дүпсүн киһитэ Киппирийээн буолар. Манчаары бэйэтин доҕотторугар уонна атын да кыраҕа-кыаммакка истиҥник сыһыаннаһара. Хайах Сэмэҥҥэ элбэх харчыны биэрбититтэн бу киһитэ көнөн, кэлин байар. Оттон Киппирийээнниин сүбэлэһэннэр Манчаары кинини сууттан быыһыыр. Киппирийээн Манчаарыга кыттыспыта суукка кыайан дакаастаммакка хаалар. Норуот сэһэнинэн, Киппирийээн — улахан баайа суох, сэниэтик олорор киһи. Кини Манчаарыга холбоһуута Манчаары нэһилиэнньэ киэҥ араҥатын кытта сибээстээҕин көрдөрөр.
Манчаары хорсун сырыылара, баайдартан баттыгастарын иэстэһиитэ, кинилэри кытта дьаныардаахтык охсуһуута атын дьон батталы утары туралларыгар үтүө холобур буолара. Баайдарга өрө турбут дьон Манчаары аатынан, Манчаарыбыт диэн, саба түһүүлэри оҥортууллара. Онон арыт Манчаары биир түүн 8 улуус баайдарын уораҕайдарыгар тэҥҥэ «ыалдьыттыыра» үһү. Манчаары сылдьыбатах улуустарыгар сылдьыбытын курдук кэпсиир сэһэннэр эмиэ үгүстэр. Докумуоннар көрдөрөллөрунэн, Манчаары Нам, Кэбээйи улуустарыгар сылдьыбыта, Омуочалыын кыттыспыта биллибэт. Төттөрүтүн, Омуоча босхо сылдьар кэмигэр Манчаары хаайыыга, оттон Манчаары күрээн сылдьар кэмигэр Омуоча хаайыыга буолар эбиттэр. Манчаары Намҥа Бэстирикиэп баайга уонна Эҥсээни баайыгар «ыалдьыттааһынын» туһунан сэһэннэр дьиҥнээх, суут дьыалатыгар көстөр быһыыга-майгыга сөп түбэспэттэр. Биир Манчаары биир туун аҕыс Манчаары буолан хаалыыта, улуус-улуус аайы кини хорсун сырыыларын тустарынан кэпсээннэр тарҕаныылара норуот бэйэтин геройун номоххо киэҥник киллэрбитин туоһулууллар.
Манчаары баайдар олохторун аймыырыгар кыттыспыт дьоннордооҕор киниэхэ биирдэ эмэ үтүөну оҥорбут эбэтэр кини саһан сылдьарын билэн баран тыллаабатах дьоннор ахсааннара быдан элбэҕэ эбитэ буолуо. Арыт оччотооҕу суут тугу дьаһайарын, улуус кулубалара, нэһилиэк кинээстэрэ тугу тэринэллэрин, бэл мунньахха ким тугу эппитин — барытын дьон-сэргэ көмөлөрунэн Манчаары билэ сылдьар буолар эбит. Ол курдук, Нөөрүктээйи кинээһэ, «ороспуойу» тутар туһунан ыйааҕы ылан баран, мунньах ынырбытыгар ким тугу саҥарбытын Манчаары сонно тута билбит.
Норуот сэһэнигэр баайдарга суостаах-суодаллаах Манчаары эйэҕэс сүрэхтээх, аһыныгас майгылаах киһи быһыытынан кэпсэнэр. Кини баайдартан халаабыт малын, үбүн дьадаҥыларга түҥэтэн биэрэр. Баатаҕай кинээһиттэн ылбыт ааттаах атын быстар дьадаҥы киһиэхэ бэлэхтиир.
Ол эрээри кини баайдар кутуруктара, хос моонньохторо буолар дьадаҥы дьону, хамначчыттары да үөҕэр-мөҕөр, аһыныыта суох накаастыыр. Чыычаах Уйбаан, тойоттортон куттанан, албыннаан туттарбытын Манчаары кэлин, хаайыыттан күрээн баран, иэстэһэр. Моонньоҕон Өлөксөй уонна Луоһарда диэн, дьадаҥы дьон эрээри, баайдарга илии-атах буолар дьоннору Манчаары бэйэтин дьүүлүнэн дьүүллүүр. Оттон улахан баайа суох Намыын Зыков, баайдары үтүктэн, харабылланан олорорун Манчаары күлүү-элэк оҥостор.
Манчаары өстөөхтөрө — баайдар уонна кинилэр хос моонньохторо, ыраахтааҕы суута. Оттон кини доҕотторунан бары баттаммыт-үктэммит дьон, кыра-кыаммат аймах буолаллар. Нуучча, тоҥус хорсун уолаттара Манчаарыны кытта биир тылы булаллара. Омук бэртэрэ, сэһэннэргэ этиллэринэн, ардыгар Манчаарыттан уон оччонон ордук дьон эбиттэр. Манна саха фольклорун ордуктан ордук, муҥура суох күүс туһунан биир суол ураты мотива киирбит. Олоҥхоҕо, остуоруйаҕа да, сэһэҥҥэ да күүстээхтэн күүстээх, өйдөөхтөн өйдөөх, сүдүттэн сүду куруук баар буолан иһээччи.
Сэһэннэргэ Манчаары төрөөбүт дойдутун таптааһына ордук биһирэнэн кэпсэнэр. Кини хаайыыттан хас күрээтэҕин ахсын төрөөбүт-үөскээбит Арыылааҕар тиийэр. Арыылаах алаас илин баһыгар билиҥҥэ диэри турар аарыма бэскэ кэлэн, дойдутун ахтыл5анын таһааран, эрэйдээх олоҕун туһунан муҥатыйан ыллыыр үгэстээҕэ үһү. Олоҥхо бухатыырдара Аал-Луук мас иччититтэн алгыс ылан баралларын курдук, кини бу ытык маһын көрөн, алааһын буоругар үктэнэн, кэс тылын кэпсээн, санаата манньыйан, саҥа сырыыларга турунара.
Манчаарыны төһө да ыраах хаайыыга, хаатыргаҕа ыыппыттарын иһин дойдутугар тиийэн кэлэ турар. «Эн тоҕо күрээн кэлэҕин?» — диэн ыйыттахтарына, Манчаары: «Мин аан дойдубун, бар дьоммун, төрөөбут төрүт буорбун ахтарым бэрт, сүрэҕим-быарым кэлтэччи ыалдьара-элэйэрэ бэрт, ол иһин күрүүбүн»,— диэн эппиэттиир эбит (А. С. Порядин суруйуута). Онон кини төрөөбүт дойдутуттан, бар дьонуттан арахсыбат.
Кэпсээннэргэ этиллэринэн, Манчаары арай дойдутун, Якутскай, хаайыытыттан күрээбэтэх. Дьоно-сэргэтэ, төрөөбүт сирэ чугас буолан, күрүү соруммакка, сылын толорон, Бүлүүгэ көскө ыытыллар. Бүлүүгэ олорон, төрөөбүт алааһыттан биир оҕус хабаҕар буор ылларбыт, эмиэ «төрөөбүт-үөскээбит дойдубун ахтарым-саныырым бэрт уонна, өллөхпүнэ, төрүт буорбун илдьэ барыам»,— диэн.
Сахаларга киһи, төрөөбүт буорун ахтан, куттуун-сүрдүүн дойдутугар курдаттыы тартаран, ыалдьан хаалар диэн үһүйээн баар. Ол киһи, төрөөбүт алааһын буорун ууга суурайан истэҕинэ, үтүөрэр үһү. Сахалар, ырааттахтарына, төрөөбүт буордарыттан хабахха куттан илдьэ бараллара. Бу буору ыарыйдахтарына эмп гыналлара.
Манчаары төрөөбүт дойдутугар тапталын «туҥуй» патриотизм диэххэ сөп. Ийэ дойдуну, төрөөбүт буору оннук итиитик таптыыртан дьиҥнээх дириҥ, билиҥҥи патриотизм силистэнэн үөскээн тахсыбыта. Ол да иһин Манчаары төрөөбүт алааһын, дьонун-сэргэтин таптыырын норуот билиҥҥэ диэри истиҥник кэпсиир. Оттон Арыылаах алааска баар Манчаары төрөөбүт дьиэтин оннун, аарыма бэһин дьон ытыктыыр, кэриэс-хомуруос гынар.
8
[уларыт]Таптыыр кэргэннэнэн, оҕо төрөтөн, ыал буолан олорорго Манчаары Баһылай үйэлээх сааһын тухары баҕарбыта диэн сэһэннэргэ кэпсэнэр. Ол баҕа санаатын толорорго бүтүн олоҕун устатыгар дьулуспута. Бэйэтэ, ыраас хааннаах-сииннээх, саар-тэгил, уурбут-туппут курдук уҥуохтаах дьоһун-мааны киһи, дьахтар аймахха сөбүлэтэрэ даҕаны. В. Г. Королөнко суруйарынан, Манчаары дьахтарга уйана, дьахтар кэрэтин сыаналыыра үһү.
Биир киэҥник тарҕаммыт сэһэнинэн Манчаары Бэрт Маарыйаҕа сылдьыыта буолар. Бу уус-уран өттүнэн ситэри чочуллубут, элбэх варианнаах сэһэн.
Бэрт Маарыйа, аҕаһа өлбүтүн кэнниттэн алта оҕо тулаайах хаалбытын аһынан, күтүөтүгэр, кырдьаҕас киһиэхэ, кэргэн тахсар. Бэрт Маарыйа иккитэ оҕоломмутун кэнниттэн кэргэнэ ыалдьан өлөр. Онон аҕыс тулаайах оҕолуун аҥардас хаалар. Эдэр дьахтар бэйэтин олоҕун бүтүннүүтүн аҕыс тулаайах оҕону киһи-хара оҥорорго анаабытын дьон ордук сэргээн кэпсиир. Бэрт Маарыйа — улахан суобастаах дьахтар. Кини кэрэ дьүһүнүнэн да, майгытынан-сигилитинэн да тэҥҥэ аатырар-сураҕырар.
Манчаары мааны дьахтар үрдүк аатыгар эрдэттэн илдьиттээн, сэрэтэн баран кэлэр.
Ыар халҕаҥҥын харгыстаары аспатым, —
Ыар дьылҕабын манньытаары,
Сырдык, ыраас сирэйгин көрөөрү,
Сындалҕаннаах олохпун сыаналатаары кэлбитим, —
диир Манчаары.
Төһө да өйүнэн-суобаһынан аатырбытын иһин, Бэрт Маарыйа «ороспуой буолбут» киһини тэҥнээх ыалдьыт-хоноһо курдук тутуон сатаммата биллэн турар. Баай дьахтар баайа өтөр. Кини, Манчаарыттан сэрэнэн, оҕуруктаах өйдөөх, албын-көлдьүн Сысыыгын кинээһи, күүстээх-быһый дьоннору, ол иһигэр күтүөтүн, ааттаах күүстээх Хачыкаат Уйбааны, илдьэ олорбут.
Манчаары үтүө дьахтары көрөөрү, кинини кытта кэпсэтээри кэлэн тутуллубут хомолтолоох түгэнин сэһэннэргэ бэркэ ымпыктаан-чымпыктаан кэпсииллэр. Бу сэһэн бары варианнарын сайдыытын үрдүкү кэрдииһинэн Манчаары Бэрт Маарыйаҕа анаан ыллаабыт ырыата буолар. Ырыа араас ис хоһоонноох. Ардыгар Манчаары, ороспуой буолан, киһилии олоҕу олорботоҕуттан кэмсинэр, ардыгар баай дьахтар кинини туттарбытын хомуруйар. Ол гынан баран ырыалар бүтүүлэрэ дэхси оптимистическай, санаа түһүүтэ суох. Манчаары, тутулуннар даҕаны, хаһан эрэ миэхэ да сырдык күн үүнүө диэн ыраланар.
Манчаары дьиҥнээх таптала Дүпсүн улууһун Куһаах Хаппытыан кыыһа Күөх Кэтириинэ этэ. Сэһэннэр үгүстэригэр этиллэринэн, Манчаары бу дьахтары дьоннор ыйыыларынан күрэппит. Сорох кэпсээннэринэн Манчаары Күөх Кэтириинэни күүһүнэн, харытын үүттээн, ситиинэн сиэтэн, атыгар мэҥэстэн илдьибит. Бу фольклор эбиитэ. Дьыалаҕа Манчаары Капитон Слепцов уораҕайыгар хайдах саба түспүтэ, Кэтириинэни хайдах күрэппитэ барыта баар. Онно дьахтары муҥнаабыта-сордообута адьаһын ахтыллыбат. Доҕотторун көмөлөрүнэн кинини кыстык оҥостубут сиригэр — Чааппаҥа сиһигэр күрэтэн илдьибит уонна онтон сотору тутуллубут.
Манчаары Күөх Кэтириинэни сорун сордообута диэн кэпсээн тарҕаныыта тойоттор, баайдар өттүлэриттэн холуннарыы-баһааҕырдыы буолуон сөп. «Ороспуойу» сүрдээн-кэптээн кэпсээн, дьон санаатын киниттэн тэйитэ сатаабыттара чуолкай буолуохтаах.
Атын өттүттэн сыаналаан көрдөххө, фольклорнай айымньыларга өрүүтүн баар буолар антитеза туттуллубут диэххэ эмиэ сөп. Маннык муҥнаммыт дьахтар, сэһэннэргэ кэпсэнэринэн, Манчаарыга олус убанар, кинини олус таптыыр. Бу тарҕаммыт мотив, баҕар, таптал күүһүн көрдөрөрө буолаарай?! Күөх Кэтириинэ, маҥнай атаҕастаммытын үрдүнэн, Манчаарыны кытта бииргэ олорон, кинини билэн-көрөн баран, сөптөөх, холоонноох доҕорун быһыытынан өйдөөн, кини эрэйдээх олоҕун чэпчэтэ сатыыр. Ыраахтаабы уһун илиилээх суутуттан куотан сылдьар «ороспуой» күүс өттүнэн күрэппит кэрэ дьахтарыгар бэйэтин тапталын ылыннарыытын кэпсиир сэһэннэр — саха фольклорун таптал туһунан сэһэннэриттэн биир суол күүстээхтэрэ. Манчаары кэрэ кыыс (кэпсээннэр үгүстэрэ Күөх Кэтириинэни 18 саастаах кыыс диэн этэллэр, оттон дьыала көрдөрөрүнэн, Капитон Слепцов кыыһа Кэтириинэ — огдообо дьахтар) тапталын үтүө майгытынан, өйүнэн-санаатынан ситиһэр.
Баҕар, бу сэһэннэргэ былыр-былыргыттан дьахтары күрэтии туһунан сахаларга тарҕаммыт кэпсээннэр мотивтара киирбиттэрэ буолуо. А. А. Саввин 1939 с. Бүлүү оройуонун Тоҕус нэһилиэгиттэн манныгы суруйбуттаах:
«Былыр дьахтары уоран аҕалаллара үһү ийэтиттэн-аҕатыттан. Онуоха барсыбат дьахтары харытын үүттүүллэр уонна, онно ситии уган баран, сиэтэн илдьэллэр үһү».[1]
Бу кэпсээни А. А. Саввин сыбаайба сиэригэр киллэрэр. Күрэтии былыр кэргэн ылыы биир суол абыычайа буолар. Манчаары дьахтары күрэтиитин туһунан сэһэҥҥэ ити былыргы, үгэс буолбут мотив киирэн хаалара олуоната суох. Фольклорнай айымньыларга көһө сылдьар мотивтар, поэтичөскай ойуулааһыннар, этиилэр баар буолааччылар.
Күөх Кэтириинэ обраһыгар Манчаары күрэппит атын дьахтарын — Байаас ойоҕо Мотуруона — обраһа бэркэ маарынныыр. Уратыта диэн, Манчаары бу дьахтары дьон сүбэтинэн, сурах хоту сөбүлээн күрэппэт. Кини Мотуруонаны, маҥнай көрөөт, сөбүлүүр уонна таптаабытын күүһүттэн илдьэ барар. Сэһэҥҥэ кэпсэнэринэн, Мотуруона сүүс сааһыттан тахсан иһэн өлбүт. Кини, кырдьан баран, Баһылай диэн сиэнигэр кэпсиирэ үһү: «Манчаары Баһылай үчүгэй киһи этэ, илиибин дьөлө үүттээбэтэҕэ, сэтиилэммэтэҕэ. Итини сымыйанан кэпсииллэрэ. Ол иһин бу сиэммин Баһылай диэн ааттаппытым», — диэн.
Үгүс сэһэннэргэ икки дьахтар мөссүөннэрэ холбоһоллор, биир буолаллар. Күөх Кэтириинэ уонна Мотуруона — саха фольклора дьахталлар тустарынан айбыт биһирэмнээх образтарыттан биир бастыҥнара.
- ↑ НА СО ССФ Архива, ф. 5, оп. 3, дь. 97, л. 68.
9
[уларыт]Манчаары биэс төгүл хаайыллар, түөрт төгүл түрмэттэн уонна хаатыргаттан күрүүр. Тиһэх тутуллуутун кэнниттэн кинини Якутскай хаайыытыгар өр сытыараллар уонна Бүлүү уокуругар көскө ыыталлар. Маннык кэпсээннэр Манчаары туһунан суут дьыалаларын докумуоннарыгар сөп түбэһэллэр. Ол эрээри атын үһүйээннэр эмиэ бааллар. Холобур, 1894 с. Саха сиригэр сылдьыбыт Борисовскай диэн суруйааччы истибитинэн, Манчаары Баһылай, ыраахтааҕы суутугар бэринимээри, соруйан, Дьуудама өрүскэ түһэн өлбүтэ үһү диэн кэпсииллэр эбит.
Фольклор биир сүрүн бэлиэтинэн кини айымньыларын түмүгэ оптимистическай майгылааҕа буолар. Саха олоҥхото, остуоруйата даҕаны, үгүс сэһэннэрэ даҕаны сырдык ыра кыайыытынан, дьолунан-соргунан түмүктэнэллэр.
Сэһэннэргэ Манчаары, Бүлүү уокуругар Марха улууһугар көскө ыытыллан баран, кырдьар сааһыгар дьэ дьиэлэнэн-уоттанан, дьэ буруо таһааран, чугас ыалларыгар, олохсуйбут нэһилиэгэр, улууһугар улаханнык ытыктатан олорбута диэн кэпсэнэр. Сорох кэпсээннэргэ бэл кинээһинэн талылла сылдьыбыта, кинини кытта кинээстэр, кулубалар доҕордоспуттара, сүбэлэһэр-амалаһар буолбуттара диэн баар. В. Г. Королөнко суруйарынан, Манчаары түрмэҕэ уонна хаатыргаҕа муҥнана сылдьан сурукка үөрэммит, сокуону билбит. Онон кини дьоҥҥо улахан туһаны, көмөну оҥороро үһү. Дьэ ити курдук фольклор таптыыр геройа олоҕун бүтэһигэр дьон-сэргэ ытыктыыр киһитэ буолар дьолго тиксэр аналланар. Норуот геройа аан-ийэ дойдутугар олорбутуттан астынан, олоҥхо бухатыырыныы, эдэр сааһыгар эрэйи эҥээринэн тэлэн баран, өлөр сааһыгар, дьэ киһи-сүөһу төрдө буолан, санаатын ситэн, күн сириттэн арахсар.
Дьиҥинэн, архив докумуоннара көрдөрөллөрүнэн, Манчаары көскө бэрт дьадаҥытык, баайа-дуола, сүөһүтэ-аһа суох олорбут. Дьиэлэммитэ-уоттаммыта, оҕо-уруу хаалларбыта биллибэт. Докумуоннар Манчаары кинээстэри, кулубалары кытта доҕордоһуохтааҕар буолуох, кинилэр маныыр харахтарын далыттан тахсыбакка олорбутун туоһулууллар. Өлүөхүмэҕэ баран кэлэргэ көрдөспүтүн суут аккаастаабыт.
Онон сэһэннэргэ Манчаары олоҕун тиһэх сыллара саха фольклорун айымньыларын үгэстэринэн түмүктэнэллэр.
Манчаары туһунан сэһэннэр, кэпсээннэр атын омуктар, ордук нуучча норуота, баттыгастаах кылаастары утары турууласпыт геройдарга анаммыт айымньыларыгар бэркэ маарынныыллар.
Манчаары саха норуотун фольклоругар — саха Разина, Пугачөва. Биллэн турар, Манчаары утарсыыта С. Разин, Е. Пугачөв баһылыктаах бааһынайдар сэриилэригэр тэҥнэниллибэт, тэҥнэниэн да сатаммат. Ол эрээри А. С. Пушкин нуучча норуотун историятыгар Стөпан Разин соҕотох поэтичөскай киһи диэн эппитин кытта дьүөрэлээтэххэ, саха норуотун рөволюция иннинээҕи историятыгар Манчаары — ырыаҕа ылламмыт, хоһооҥҥо холбоспут, кэпсээҥҥэ киирсибит соҕотох поэтическай герой.
Кини обраһа атын омуктарга феодальнай баттыгас утары өрө турбут геройдар образтарыгар маарынныыра уопсай типологичөскай характердаах. Фөодальнай батталы утары бырачыас быһаччы, судургу көрүҥүнэн баайдартан ороспуойдаан иэстэһии буолара. Онон фольклорга «үтүө санаалаах» ороспуонньуктар образтара айыллыбыта. Нуучча үтүө санаалаах оруспуойдарын (ол иһигэр Степан Разин, Емельян Пугачев образтара), Украина гайдамактарын (холобур Устин Кармалюк), словактар збойниктарын (Юрай Яношик), болгардар гайдуктарын (Инджөвоөвода, Дончо), Арҕаа Украина опришкаларын, Кавказ норуоттарын абректарын образтара бэйэ-бэйэлэрин кытта типологическай сибээстээхтэр.
Историческай наука доктора В. К. Соколова «Нуучча историческай сэһэннэрэ» диэн кинигэтигэр [1] «үтүө санаалаах» оруспуонньуктар тустарынан сэһэннэр ис хоһоонноро, сюжеттарын схемата, мотивтара улаханнык маарыннаһаллар диир. Холобур, герой оруспуонньук буолбут төрүөтэ, баттыгастаах кылаастары утары турунуута, дьадаҥыларга көмөтө, геройу былаастар сойуолааһыннара уонна тутуулара. Стөпан Разин туһунан сэһэннэри ырытан баран, В. К. Соколова Разин обраһа «үтүө санаалаах» оруспуой обраһа буолан испитин бэлиэтиир.
Саха сэһэннэригэр Манчаары дьиҥнээх оруспуойдарга утары туруоруллар. В. Г. Короленко суруйарынан, дьиҥнээх оруспуой Омуоча аҥардастыы өлөрөр-алдьатар, уорар-талыыр, кими да өлөрөрүн-алдьатарын кэрэйбэт түөкүн курдук көрдөрүллэр, оттон Манчаары буоллаҕына баттыгастаах баайдары утары охсуһар, баттаммыты-атаҕастаммыты көмүскүүр герой быһыытынан кэпсэнэр [2]. Атын да үгүс кэпсээннэргэ Манчаары наар үтүө санаалааҕа, мээнэ оруспуой, түөкүн буолбатаҕа чорботон бэлиэтэнэр. Бүлүү уокуругар сыылкаҕа олордоҕуна биир түөкүн киһи Манчаарыга түөкүн, оруспуой идэтигэр үөрэт диэн тиийбитин — мин бар дьону алдьатар түөкүн, оруспуой буолбатах этим диэн, өһүргэнэн, үөҕэн-хомуруйан, үүрэн ыытар [3].
Биллэн турар, Манчаары туһунан сэһэннэр ис хоһоонноро, сюжеттара тэҥинэн барыыта саха норуотун историческай сайдыытын, кини олоҕун национальнай уратытын кытта ыкса ситимнээх. Манчаары уонна Чоочо хатыһыылара уруулуулар иирсээннэриттэн (аҕа уустаах тутул утарсыытыттан) социальнай, кылаассабай хатыһыыга тиийиитэ, Манчаары саха баайдарын бытанан, биирдии ыалынан олорор олохторугар саба түһүүтэ, күрээн, саһан сылдьар быһыыта-майгыта уо. д. а. — барыта саха олоҕор эрэ сыһыаннаах. В. Г. Короленко Манчаарыны «бэйэтин тыйыс дойдутун уола» — диэн этэрэ бэрт сөптөөх [4].
- ↑ В. К. С о к о л о в а. Русские исторические предания. М., 1970
- ↑ Бу кинигэ 5-с кэпсээнин көр.
- ↑ Бу кинигэ 123-с, 124-с кэпсээннэрин көр.
- ↑ Бу кинигэ 5-с кэпсээнин көр.
10
[уларыт]Манчаары хорсун сырыылара, батталы-атаҕастабылы утары турунуута суруйааччылар болҕомтолорун бэрт эрдэ тардыбыттара. Манчаары өссө тыыннааҕар, 1852 с., нуучча поэта Матвей Александров «Якут Манчара» диэн драматичөскай поэманы суруйбута. Кини 1834—41 сс. Якутскай уобалас стряпчайынан (суут надзорун толорор чиновнигынан) үлэлээбитэ. М. Александров Манчаарыны кытта сирэй көрсүбүт, кинини кытта билсибит, сэһэргэспит киһи буолар [1]. Поэмаҕа Манчаары турунуута Саха сирин оччотооҕу обществөннай олоҕор улахан сабыдыаллааҕа бэлиэтэнэр. Саха дьадаҥылара, кинээстэриттэн, баайдарыттан атаҕастаммыттарын-баттаммыттарын иэстэһээри, Манчаарыны кэтэһэллэр, кинини доҕорбут диэн ааттыыллар. Оттон нуучча кырата-кыаммата, бэл саллааттар, Манчаарыга истиҥник сыһыаннаһаллар, кинини, өрө турбут норуоту баһылаан, Якутскай куораты ылыаҕа диэн күүтэллэр. Александров Манчаарыта — баттыгаһы утары өрө турбут герой. Ол эрээри кини киэҥ далааһыннаах общественнай хамсааһыны өйдөөбөт, онтон тэйиччи турар. Якутскайы сэриилээн ыларга, өрө турбут сахалары, нууччалары баһылыырга соруммат. Төһө да норуот батталы-атаҕастабылы эһиэн баҕарбытын иһин, төһө да ыраах Учурга тиийэ Манчаарыны батыһар, батталы утары туруммут хоодуот дьоннор баалларын иһин, төһө да Манчаарыны өйүүр, күүтэр дьоннор үгүстэрин иһин, Александров Манчаарыта Саха сиригэр норуот улахан долгуйуута, хамсааһына үөскээн-тэнийэн тахсыа суоҕун билэр курдук. Манчаары бэйэтэ атаҕастаммытын Бороҕон кинээстэн иэстэһэр эрэ санаалаах. Кини этэр: «Я честный человек, я мщу врагу за личные обиды» [2]. Александров Манчаарыта, хата, эрэйдээх-муҥнаах буолан баран, сырдык ыралаах дьылҕатыгар ордук эрэнэр. Поэмаҕа Манчаары, тутуллан баран: <poem> «Ну все равно не стоит унывать, Что рок сулил, того не миновать» [3],—
тылларынан бүтэр. Норуот туһугар өрө турбут бастакы геройдар суорума соруктаналларын декабристскай поэзия өрүү бэлиэтиир. Александров Манчаары туһунан поэмата декабристскай поэзия сабыдыалынан суруллубутун сүрүн туоһутунан Манчаары трагическай характера дьылҕа-ыйаах сабыдыалынан арыллыыта буолар. 1894 сыллаахха Саха сиригэр сылдьыбыт нуучча поэта Г. Ф. Борисовскай, Александров айымньытыгар олоҕуран, эмиэ «Якут Манчара» диэн поэманы суруйбута икки төгүл бэчээккэ тахсан турардаах. Борисовскай «В Сибири и за Каспием» диэн кинигэтин инники ыстатыйатыгар Манчаары диэн өйтөн булуллубут аат, дьиҥнээх үөскээн сылдьыбыт киһи буолбатах диир. Поэма бүтүүтүгэр Манчаары, ыраахтааҕы сэриитэ тута кэлбитигэр, тутулларынааҕар өлөрүн ордорон, Дьуудама өрүскэ хайаттан ыстанан кэбиһэр[4].
4 Г. Ф. ГшрипшгкиЛ «II СнСшрм и Каспиөм», Калуга, 1902. У Миимлры 17
1907 сыллаахха В. В. Никифоров «Манчаары» диэн драманы суруйбута. Драма сахалыы тылынан суруллубута, бэчээккэ тахсыбыта.
Алөксандров, Борисовскай уонна Никифоров Манчаарылара "үтүө санаалаах" оруспуой обраһын таһымыттан үрдээбэтэхтэрэ.
1920 сыллаахха эмиэ «Манчаары» диэн драманы А. И. Софронов суруйбута. Кини Манчаары туһунан баар литератураны, оччотооҕуга илиинэн устуллан тарҕаммыт А. Е. Кулаковскай суруйуутун сиһилии үөрэппитэ, норуот сэһэннэрин хомуйбута. Драматург Манчаары обраһын Кулаковскай суруйуутунан суруннээн, норуот сэһэннэригэр сөп тубэһиннэрэн айбыта. Онон Софронов Манчаарыта фольклорнай образка олус чугас.
Саха совөтскай литературата Манчаары обраһын саҥалыы сырдаплыта. Социалистичөскай рөализм айымньылара, туох-ханнык иннинэ, Манчаары норуоту кытта ыкса ситимнээҕин, кини турунуута кылаастар охсуһууларын биир көрүҥэ буоларын арыйбыттара. Н. Е. Мординов «Сааскы кэм» диэн романыгар, Софр. П. Данилов новеллаларыгар, В. А. Протодьяконов "Манчаары" диэн драматыгар, С. Р. Кулачиков-Эллэй, И. Д. Винокуров-Чаҕылҕан, В. М. Новиков-Уурастыырап, Е. С, Сивцев-Таллан Бүрэ, Т. Е. Сметанин, И. М. Гоголев, Сөм. П. Данилов, М. Д. Ефимов уо. д. а. хоһоонноругар Манчаары обраһа социальнай сырдык ыра иһин охсуһааччы народнай герой быһыытынан ойууланар.
11
[уларыт]Саха сиригэр Совөтскай былаас маҥнайгы сылларыттан Манчаары аата норуот киэн туттуута буолбута. 1921—22 сыллардаахха «Манчаары» диэн культурнай-сырдатар общество тэриллэн, гражданскай сэрии ыарахан дьылларыгар Советскай былаас политическай-маассабай үлэни ыытарыгар биллэр суолталаммыта. Ем. Ярославскай 1923 сыллаахха: «Развивается культурно-просветитөльскоө общөство «Манчары> (төпёрь «Саха омук»), самоө названиө которого указываөт на его народный национальный характөр (Манчары — народный герой якутской массы)»,— диэн суруйбута[5].
Коммунистичөскай партия уонна Советскай былаас Саха сиригэр маҥнай сахалыы тылынан таһаарбыт партийнай хаһыаттара «Манчаары» диэн ааттаммыта (1921). Хаһыаты тэрийиигэ уонна таһаарыыга активнай кыттыыны Софронов ылбыта. Кинини партия губкома хаһыат эппиэттиир рөдакторыипи анаабыта2. Гражданскай сэрии кэнниттэн хаһыат «Кыым» днэн аиттаиап тахсар буолбута. Саха сирин улэһиттэрэ 1971 сыллаахха «Кыым> хаһыат 50 сылын туолбут юбилөйын «Манчаары» хаһыат бастакы нувм»|>? тахсыбыт күнүгэр, ахсынньы 28 күнүгэр, киэҥник бэлиэтээн аһардылар (бу юбилейыгар хаһыат Үлэ Кыһыл Знамята орденынан наҕараадаланна).
Г. П. Башарин, СофрОнов. Якутск, 1969, стр. 33—34. Манчаары биир дойдулаахтара сири холбоһон улэлиир маҥнайгы табаарыстыбаларын «Манчаары» диэн ааттаабыттара. Аҕа дойду сэриитин сылларыгар Манчаары обраһа өстөөҕу утары хорсуннук охсуһууга күүрдэрэ. Саха саллаата И. В. Кузьмин сэриигэ сылдан Манчаары туһунан тойук айбыта «Кыым» хаһыакка 1944 с. бэчээттэнэн турар. Онно ырыаһыт буойун бу курдук этэр: <poem> Кэрэ номоххо кэпсэммит Гөрой ааттаммыт киһибитин Манчаары Байылай барахсаны, Бастыгг ааттаах саханы, Ороһулаан улааппыт уолун-, Охсуһуу суолугар тураммын, Сурэхпиттэн тардыстан, Суһуөхпуттэн сугурүйэн, Ыччат дьоммор анааммын Ырыа айхал ыллыыбын .
Бнлигин Манчаары аатын кытта ситимнээх памятниктары кэриэстиир, үйэтитэр үлэ барар. Мэҥэ-Хаҥалас, Уус-Алдан, Лөнинскэй оройуоннарыгар мемориальнай бэлиэлэр оҥоһуллаллар, кини сылдьыбыт сирдэринэн туристическэй маршруттар тэриллэллэр.
Хпршгп кчмн'ч б.-ибатталын утары туруммут хорсун уолун норуот уммубакка ытыктыыр.
Бу кинигэрэ Млмчпирм 1у1умли кнМмтг-ш праас кэмнэргэ Саха си-ип1 угус оройуоннарыгпш суруллуС'У! 1111) 1э1лтэр, кэлсээнпэр, ырыалар умулупнулэр. Олортон уУ1)ч 111 м;игипй бэчээттэиэллэр. Оттон А. Кулаконскай, В. Сөрошөвскай хомуйан орбут сэһэннэрин курдук бэрт нцмйах нуччалыы суруйуулар киирбэтилэр. Олору, фольклорнай төру^-тччхтэр гынан баран литөратурнай отгунэн чочуллан отоһуллубут, автор пйымньытыгар хабаанпаах сурупуулар диэн, киллэрбэтибит.
Манна киирбит айымпмллар ССРС НА Саха сиринээҕи филиалын архыыбыттан, Саха сиринээҕи кыраайы үөрэтэр Ем. Ярославскай аатынан музөй уоина Саха государствөннай унивөрситөтын саха тылыгар уонна литөратура-1ыгар кафөдратыи матырыйаалларыттан ылылыивыларч
Кинигэ ус баска араарылынна. Маҥнайгы баска сунньунэн Манчаары олоҕун киэҥник көрдөрөр кэлим өОрус (цөльныө) сэһэннэр киирдилэр. Опу кытта А. И. Софронов фольклорга олоҕуран Манчаары тас көрүҥүн бэлнэтээһинэ .баар. Иккискэ Манчаары оҕо эрдэҕинээҕитин, эдэр сааһын, баайдарга өстүйүүтүн, Хаҥалас уол«а МЭРГЭ улуусгарыгар сырыыларыя туһунан араас нарианнаах быстах кэпсээннэр кмнрлмл^р. 18 «Кыым>, 1944, ял м.ипи.ы 20 кунэ. 19
Үһүс баска Манчаары Боотуруускай, Байабантай, Дупсун, Боро5он, Нам улуустарыгар, влуөхумэ уонна Булуу уокуруктарыгар сырыыларын у/онна олобун тиһэх сылларын туһунан кэпсэнэллэр. ла' Бу кинигэни Саха сиринээзи кыраайы уөрэтэр Ем. Ярославскай ааты-л музөй научнай улэһитэ Иван Георгиевич Березкин тумэн оҥордо. Кини 1944 сыллаахтан Манчаары туһунан сэһэннэри хомуйарынан дьарыктанар. 1968—70 сс. НА Саха сиринээди филиалын фольклорнай экспөдициятыгар кыттан, Мэҥэ-Хаҥалас, Уус-Алдан, Нам оройуоннарыгар элбэх матырыйааллары хомуйбута, Манчаары сылдьыбыт сирдэрин кэрийбитэ. Манна И. Г. Бөрөзкин суруйбут 48 кэпсээнэ киирдэ.
Хос быһаарыылары И. Г. Березкин уонна Н. В. Емөльянов суруйдулар. Архивтар рөволюция ИННИНЭЭБИ матырыйаалларын туһаныыга ыйдар, кун-аэр урукку стилинэн ыйылыннылар. Фольклор айымньыларын суруйуу принцибин тутуНан, манна бэчээт-тэнэр матырыйааллар стиллэрэ уонна орфографиялара сэһэнньиттэр, ырыа-һыттар хайдах суруттарбыт тылларынан бэрилиннэ.
Кинигэҕэ киирбит фотоснимоктары И. И. Рөшөтников түһэрбитэ.
Манна бэрт угустук архивтар кылгатыллыбыт ааттара ыйыллаллар. Олор өйдөбуллэрэ маннык: 1) ЦГАДА — Цөнтральный государствөнный архив дрөвних актов (Москва). Сахалыыта: БАКГА — Былыргы аактар киин государствөннай архивтара; 2) ЦГА ЯАССР — Цөнтральный госу-дарствөнный архив Якутской АССР (Якутск). Сахалыыта: САССР КГА — Саха АССР киин государствөннан архива; 3) ЯФ СО АН — Архив Якутского филиала Сибирского отдөлөния Акадөмии наук СССР (Якутск). Сахалыыта: НА СО ССФ — ССРС Наукаларын Акадөмиятын Сибирдээди отдөлөниөтын Саха сиринээҕи фияиалын архива.
Кинигэҕэ Василий Федоров-Манчаары 1833 сыллааҕы саамай улахан утарсыытыгар оҥоһуллубут дьыала ордук элбэхтик туттулунна. Ити дьыала Былыргы аактар киин государствөннай архивтарыгар сенат бастакы отдөлөниөтын 6-с департаменыгар баар, ол фона — 8, баайыыта —963, дьыалата —62. Бу дьыалаттан О. В. Ионова машинканан устубут куоппуйата ССРС НА СО Саха сиринээҕи филиалын архивыгар баар, ол фона —5, опиһа—1, дьыалата—113, барыта 259 лиистээх. КИНИГЭБЭ бастакы архив аатын нууччалыы төкст кэнниттэн кылгатан ЦГАДА, сахалыы кэн-ниттэн БАКГА, оттон устуллубут куоппуйата ууруллан сытар Саха сири-нээди филиал архивын ааттаабакка эрэ, быһаччы «куоппуйата» диэн ыйы-лынна. Холобур: «ЦГАДА, л. 565; копия, л. 196,» биитэр «БАКГА, л. 621; куоппуйата, л. 243» диэн.
Бу кинигэ бэлэмнэниитигэр матырыйаал биэрбит бары сэһэнньиттэргэ, фольклору хомуйааччыларга, элбэхтик субэлээбит, көмөлөспут дьоҥҥо — Г. Е. Федоровка (Сунтаар), И. Г. Макаровка (Республиканскай библиотека), Г. Р. Кардашевскайга (СГУ), П. Е. Ефремовка, А. Л. Новгородоваҕа, Г. С. Сыромятниковка, В. Т. Пөтровка (Тыл, литөратура уонна история института) улахан махталбытын биллэрэбит.
Н. В. Емөльянов.
Манчаары тас көрүҥэ уонна кини олоҕун киэҥник көрдөрөр сэһэннэр
[уларыт]- ↑ П. П. Канаев. Русско-якутские литературные связи. М. 1965, стр. 37.
- ↑ НА СО ССФ архива, ф. 5, оп. 2, дь. 208, л. 19—20. Александров поэмата билиҥҥэ диэри бэчээттэнэн тахса илик.
- ↑ Эмиэ онно, л.16.
- ↑ Г.Ф. Борисовский. "В Сибири и за Каспием", Калуга, 1902
- ↑ Е.М. Я р о с л а в с к и й. О Якутии. Якутск, 1968, стр. 117.