Манчаары (Сайа)
Тас көрүҥэ
←Бу сиргэ дьиҥинэн... (Сайа) | Аата суох сибэкки Манчаары Сайа |
Хара банаар харахтаах... (Сайа)→ |
Хара баттахпын сүлэннэр,
Хара сыарҕаҕа олордоннор...
Манчаары тойугуттан
Көрбүтүҥ ханна
Көҥүллээх
Кырдьык
Икки хос кустук
Көстүүтүн курдук
Сир ийэ үрдүн
Симээбиттэрин ?
Икки тэҥ кынат
Дайыытын курдук
Ким эрэ олоҕун
Чэпчэппиттэрин ?
Хаһаата да суох
Хаайыы баар.
Хатыыра да суох
Хандалы баар.
Биир өрүс устар.
Олох өрүһэ.
Бар дьонум арахсар
Икки кытылга:
Кырдьыгы таҥнаран
Көҥүллүк тыыммыкка,
Кырдьыгы этэн
Көҥүлтэн маппыкка.
Уҥа кытылга —
Кулутур куттаах
Кулут диэн аймах
Удьуора ууһуур,
Буруота уһуур.
Хаҥас кытылга —
Аһаҕас куттаах
Айыы хаан аймах
Аргыары тулуйар,
Алгыһы аҕалар...