Иһинээҕитигэр көс

Мин дойдум (Сэмэн Данилов)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт


Бу далай, бу халлаан сарыала,
Сүрэҕи угуттуур күөх салгын,
Бу уйгу ыһыаҕын чараҥа,
Үлүскэн үөрүүбүт, бу дьолбут —
Барыта эн эбээт, мин дойдум!


Бу өлгөм үүнүүлээх алаастар,
Бу саһыл сыһыылар, толооннор,
Бу көмүс үктэллээх хайалар,
Угуттаан таһымныыр үрэхтэр —
Барыта эн эбээт, мин дойдум!


Бу мичил күн түһэн саатаабыт
Киэҥтэн киэҥ уорҕалаах сир-дойду,
Бу "кэхтэр" — диэн тылы сатаабат
Кэрэммэт кэккэлээх ыччатым —
Барыта эн эбээт, мин дойдум!


Ньиргиэрдээх бу үрүҥ куораттар,
Киэнтэн киэҥ куйаарар аартыктар,
Бу айар үлэбит этиҥэ,
Бу ыллыыр ырыабыт көмүһэ —
Барыта эн эбээт, мин дойдум!