Иһинээҕитигэр көс

Мин дойдум - Сахам сирэ диэммин... (В. Потапова)

Сахалыы Бикитиэкэттэн — аһаҕас бибилитиэкэттэн



Мин дойдум - Сахам сирэ диэммин
Киэн тутта дьоҥҥо кэпсиибин,
Yөрэ, долгуйа сэһэргиибин.

Ханна баарый маннык сырдык
Күн эйэҕэс сарыалын кутаата,
Хаһан, ханна билбитиэҥ
Бу маннык
         долгураҥҥа сөтүөлүүр
                           куйааһы?

Манна...
         таптал сатыы дьаарбайар
Ыраас чараҥ быыһынан,
Кинини ситээри, тыал миигинниин
Сыһыы устун сырсыалаһар.

Сибэккиттэн сибэккигэ сиэттиһэ
Тэбэнэттээх лыахтардыын сэргэ,
Сардааналар, ньургуһуннар
Кэрэлэригэр сүгүрүйэ
Кыргыттар, уолаттар бу манна
                        улааталлар.
Мин дойдум дьоно үлэни таптыыллар,
Yлэттэн дьоллорун буланнар
Yйэлэр нөҥүө дабайаллар.

Мин дойдум - Сахам сирэ диэммин
Киэн тутта дьоҥҥо кэпсиибин,
Yөрэ, долгуйа сэһэргиибин.