Иһинээҕитигэр көс

Мин хаһан да таайбатах буоллаҕым (В. Потапова)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Эн миэхэ кимим да буолбатаххын (В. Потапова) Сүрүн сирэй
(Хоһооннор)
[[Кутурҕан Куо, Варвара Потапова|Кутурҕан Куо, Варвара Потапова]]
Абара, долгуйа сэмэлиигин (В. Потапова)




Мин хаһан да таайбатах буоллаҕым
Эйиэхэ тиэрдэр суол ырааҕын,
Чугас да күннэри билбэтэхпин
Чугаһыыр тэйэрдээҕэр тэбиилээҕин...

Күһүҥҥү күн уотугар тэҥнии
Күлбүт эбиккин эн миигин, элэктии,
Ол ону мин сэрэйбэтэхпин —
Күһүҥҥэ дьүөрэлээх килбикпин...

Билинэбин мин бүгүн биир буруйбун —
Эн тускунан өрүү суруурбун,
Атын олох дьоллоох сэһэнин,
Атын ыһыах күннээх түһүлгэтин.

Мин хаһан да билбэтэх эбиппин,
Эн бааргар тугу бэлэхтиэхпин,
Ханнык үөрүүбү үллэстиэхпин,
Хайа дьолунан күндүлүөхпүн.

Ол иһин миигин курдат көрбүккүн:
Атын кыыс долгуннаах суһуоҕун.
Атын таптал уоттаах хараҕын.
Атын сир күннээх ыһыаҕын.

Туох буолуой! Мин даҕаны
Сарсыардааҥы саһарҕаны
Толору отонноох көрсүбүтүм —
Уонна күнү күндүлээбитим!