Иһинээҕитигэр көс

Мотуо (Амма Аччыгыйа)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Мин, биэс кылаас үөрэхтээх уон сэттэлээх уол, биир кыһын учуутал буолбуттаах этим. «Ыйаахтаах» оскуолаттан тэйиччи быыкаайык эргэ дьиэни биэрдилэр, иккис кылааһы анаатылар. Туспа буруо таһааран, ыал буоллум. Биирдэ, кыһыҥҥы түптэлэс тымныыга, оһохпун олус эрдэ сабаммын, угаардаан, төбөбүн былаатынан бобо тардынан, кылааһым аанын тэлэччи аһан баран, оҕолорбор диктант суруйтара олордум. Арай тирии бүрүөлээх тас аан аһыллан, тымныы тумана өрүкүс гына түстэ. Матрена Семенова кыыс киирэн кэллэ. Мин этэн испит тылбын ситэрбэккэ, кэлэҕэйдээбитинэн ойон турдум. Матрена аан холуодатыгар үктэнэн туран, икки илиитин кэннинэн уунан, халҕаны чиҥэтэ тардан кэбистэ. Онтон кырса тыһа муус маҥан бэргэһэтин илиитин көхсүнэн аргыый силэйэ охсон, кырыатын сотунна. Кырыа кыырпаҕа сыстыбыт уһун кыламаннарынан кэрэлэммит ып-ыраас ыас хара харахтарынан кылаас диэки көрөөт, тымныыга ордук хойдо тэтэрбит сирэйэ кэтирээн, оҕолуу чэбдик уостарын ньимиччи туттан, килбиктик мичээрдээбитинэн ааһа турда. Ити барыта сүрдээх сымсатык, нарыннык, этиэх бэтэрээ өттүнэн дөбөҥнүк буолла. Мин хайдах буоларбын, тугу гынарбын билбэккэ, булкулуннум. Диктаным икки-үс тылын сыыһа-халты этитэлээтим. Уруокпун бүтэрэ охсуохпун – сибилигин саҥардыы саҕалаабытым. Кыһамматах учуутал быһыытынан үөрэтэ олоруохпун – кини баран хаалыыһык, сатаан үөрэтиэ да суохпун быһыылаах. Хайыырбар сөбүй?.. Онтон – "бэйи эрэ" диэн дуу, "олоро түһүө" диэн дуу, – тугу эрэ быһаарыыта суох ботугураан баран, кылаастан тахсан бардым. Көрүдүөр түгэҕэр баар остуолга төҥкөйөн испиискэ маһын төбөтүнэн тугу эрэ суруйа турар эбит. Аргыый чугаһаан кэллим. – Кэпсээ, Матрена Романовна. Кини соһуйан, эмискэччи көнө түстэ, суруйа турбут сирин ытыһынан саба баттыы оҕуста. Онтон дьэ уоскуйан, остуолтан аргыый халбарыйда, испиискэтин хаатыгар төттөрү уган кэбистэ. – Суох... Эн кэпсиэ. – Суох. – Төбөҥ туох буолла? Хата, киһини куттаатыҥ... Кини дьиэтиттэн кэлбит. Оскуолаттан биэрэстэ олохтоох эдьиийигэр баран иһэр эбит. – Манна тоҕо сырыттыҥ? – диэн толоостук ыйытар дууһа буоллум. Кини, саҥата суох турбахтаан баран, аргыый эттэ: – Манна киһи сылдьыбат сирэ үһү дуо?.. Эн оскуолаҕын көрөн бараары. – Тохтуу түһэн, ыас харанан мэндээриччи одуулаһан турбахтаата уонна абаламмыт куолаһынан эбэн эттэ: – Эйигин көрөн бараары... Эн бэйэлээҕи... Былааккын бырах! Өс киирбэх былааппын төбөбүттэн сулбу тардан ыллым. – Угаардаан, төбөм алыс ыарыйда дии. Өлөөрү гынным быһыылаах. Өллөхпүнэ аһыныаҥ дуо? – Ким билэр... Бука... – Ситэ эппэккэ, тохтуу түһэн, кылааска олорор оҕолор күүгээннэрин иһиллээн турбахтаата. Онтон эттэ: – Ол эрээри, өлбүт киһини аһынан да диэн. Кин онтон син абыраммат... Ол кэннэ хайдах эрэ санаарҕаабыттыы умса көрөн турда. – Мотуо!.. – диэн тэбэнэттээхтик эмискэччи ыҥырбыппын кулгааҕым истэн хаалла. Кини сүр түргэнник: "Тугуй?" – диэбитинэн көрө түстэ, онтон өйдөнөн, мичээрдээтэ уонна эттэ: – Мин аны Мотуо буолбатахпын ээ. Моту-руо-на буолтум икки-үс сыл буолла... Чэ бар кылааскар... Көрүстэххэ дорооболоһор, арахсарга быраастыылаһар, ыалдьыты олордор сүдү культура сыста илик киһитэ – мин кылааһым диэки талырдыы турдум. – Маны мин ыллым... Эргиллэн көрбүтүм: кини намчы тарбахтарын төбөлөрүнэн ыллаан тырыкыныы сылдьар күөрэгэй чыычаах ойуулаах испиискэ хаатын күөрэччи тутан турар эбит! Чэ, ыл... Бэлэхтиибин, Мотуо-Мотуруонаа!.. Кылааспар киирдим. Матрена аһаҕас аанынан кылаас диэки сиэлийэ көрөн мэндээрис гыннаран ааста. Тымныы тумана өрүкүс гынан киирдэ, тирии бүрүөлээх аан тыаһа суохтук сабылынна... Этэр тыл эриэккэһэ уонна сүрэх иэйиитин эрчимэ тус-туспа төрүттээх буолуохтарын сатаммат. Ол эрээри олус кыыһырбыт эбэтэр олус үөрбүт киһи сатаан ыпсарыылаахтык эгэлгэлээн эппэт эбээт. Ити Мотуо кыыс, Матрена Семеновна, миэхэ көстө түһэн ааспыта 20 төгүрүк сылын быйыл туолла. Умнубаппын ээ ону мин. Оттон эн өйгөр бүгүн-сарсын умнуллубат гына кэпсээтим дуо мин? Суох дии, бадаҕа... Сүүрбэ сылтан уһуннук өйдөөн сылдьар суолларын кэпсиир буоланнар, атыттар кэпсээннэрэ ордук тупсаҕай буолар дуо? Ити хайдаҕый? Чэ, хайдаҕын-туоҕун мин быһааран таһаарарым биллибэт. Мин сатыырбынан кэпсиим, эн иһит... Ол күн мин сүрэҕим аан маҥнай чахчы уһуктан, дьолго дьулуспутунан барда быһыылаах этэ. Тоҕо эрэ олус үөрдүм, өрүкүйдүм, туохха эрэ дьулустум. Бэйэбиттэн ордук, ордук киэҥ өйдөөх, ыраас сүрэхтээх буолуохпун баҕардым. Үүнэриҥ төрдө ол ээ. Бэйэҕин астыммат, бэйэҕинэн дуоһуйбат буолуу. Бэйэҕин таптаа, харыстаа, ол эрээри бэйэҕинэн муҥурданыма, инниҥ диэки дьулуруйан, өрө дабайдар-дабайан ис... Чэ, сатаан этиэ суохпун. Ол күн Мотуо сырдык тырым уот буолан, миигин сайыһыннара угуйан барда. Халлааан сырдыар диэри кинини саныы сыттым, ханна эрэ манна чугас, сүрдээх чугас, кини баарыгар үөрбүтүнэн турдум. Хайдах-хайдах этэй? Мин ууһумсуйбакка кэпсиим, эн иһит...

Кэдэлдьи алаас уонна Баатты хочото чараас тыалаах үрдүк арҕас халдьаайынан быысаһаллар. Ол чараас тыаҕа киирдэххэ, хочолоох алаас иккиэн көстүбэттэр. Аҕыйахтык атыыллыыргын кытта хайалара да эмискэччи нэлэс гына түһэр. Илин диэки – Баатты хочото, арҕаа диэки – Кэдэлдьи алааһа. Мин оҕо эрдэхпинэ күн аайы онон сылдьар этим. Күн аайы. Ол эрээри, хочо дуу, алаас дуу иннибэр эмискэччи нэлэс гына түстэхтэринэ, мэлдьи үөрүүлээхтик соһуйар буоларым. Илиибин быластаабытынан халдьаайыны таҥнары сүүрэр этим. Ол сүүрэн иһэн хайдах эрэ саталлаахтык өрө ыстанан кэбиспит киһи, алааһы-хочону үрдүнэн элиэтии көтөн талбаара туруох курдук этэ. Саталлаахтык эрэ өрө ыстаммыт киһи... Туохха барыгытыгар да оннук дии. Эн дьулуһар дьолуҥ сааһыҥ тухары саманна, сүрдээх чугас баарга дылы. Сибилигин этиэххэ айылааххын саамай наадалаах тылы, саас-үйэ тухары сылайбыты эрчимирдэр, хомойбуту үөрдэр тылы. Сибилигин тардыахха айылааххын нарынтан-нарын сурадаһыны, тыына суох маһы, тимири, тааһы тыыннаах курдук тырымнатан, бар дьону умсугутар, дьолго угуйар сурадаһыны. Чэ, бэйи... Эбэтэр ол билии халдьаайыны сүдү улахан тимир күрдьэҕинэн лөглө баһыталаан, ырыых-ыраах илгимэхтээн кэбиспит киһи дии саныырым. Улуу алааһы кытта улуу хочону холбоон, киэҥ куйаар оҥорон нэлэһиппит киһи дии саныырым... Арҕас халдьаайы Бааатты диэки эҥэригэр сүрдээх кыараҕас, иҥнэри сиргэ Роман Семенов кыстыктаах сайылыга тэллэх баттаһа тураллар. Кыһыныгар сайылык дьиэҕэ тоҥмут үүтү, астаммыт бурдугу уураллар. Сайыныгар кыстык дьиэҕэ үүт кыынньараллар, бурдук астыыллар, тирии имитэллэр. Романнар сүрдээх бүтэҥи олохтоох, кэлбэт-барбат ыал. Кинилэр быйыл хас бугулу оттообуттара, төһө түүтэҕи быспыттара, туох идэһэлээхтэрэ, хас ыанньыктаахтара биллибэт. Биир сут-кураан сыл мин эбэм эмээхсин Романнаахха "кэпсэттэ". Бырааппын, түөртээх-биэстээх уолу, илдьэ барда. Ыйдаҥа киэһэ. Хайыһар курдук өрө мэтэрийэ тоҥмут этэрбэстэринэн сыыйыта тэбиэлээн халдьаайыныдабайан саллырҕайдаан иһэн, эбэм уоһун кытта баллыгырыыр: – Эбэтин билиҥҥиттэн умнубут. Эрэйбин ылбахтаабыт оҕо. Харахпар көстүбэт буолан буолан эрэр... Кини хараҕар көһүннэхпинэ, эрэйэ боруостанар курдук саныырыттан ыгылыйабын, ытаамаары, суолга сылгы тоҥ киитэ бытарыйа сытарын ыраах-ыраах үҥкүрүтэ тэбиэлиибин. – Хаһан кинилэр улаатыахтарыгар диэри уон көс. Онуоха диэри миигинньик баҕас буору кытта буор да буолаа инибин. Тура сылдьан өлөн хаалбыт киһи абыраныа этэ. Харахпыттан мэлийэн эрэбин. Букатын сабыллан хаалыам баар дии. Таҥара онно тиэрдибэтэр... – Биһиги сирдээн сылдьыахпыт буоллаҕа дии! Аны өлөрүн таҥараттан көрдөстө. Эҥин араас буолан!.. Мин наһаа кырыктаахтык чардыргыырга дылыбын да, бэйэм ордук хотторобун. Уоскуйаары, ол-бу диэки эргиччи көрүөлүүбүн. Кырыа сүүмэҕирэ олорбут тоҥ мастар лабаалара таҥара дьиэтин ортотугар ыйанан турар люстра курдук тырымнаһа оонньууллар. Баатты хочото, куолутунан, эмискэччи нэлэс гынна. Биһиги баран иһэр ыалбыт оһохторун кыыма аттыбытыгар кытыаста түстэ. Ыраах-ыраах, хочо улаҕаларыгар, иккилии-үстүү ыаллар буруолара халлааҥҥа субуһаллар. Кэбиһиилээх оттор, үөт талахтар тулаларыгар биир эмэ хара, көгөччөр сылгылар табыйан аһыы сылдьаллар. Өйдөөн көрдөххө, элбэхтэр эбит. Маҥан сылгылар хаарга биллэ-биллибэттик араҕастыйан эрэ көстөллөр эбит. – Оттообокко-мастаабакка, бултаабакка-алтаабакка ол кырдьаҕас эмээхсини сирдээн сылдьыахтара үһү дуу? Дьиэҕэ олоруом буоллаҕа дии... Ойохторо мөҥөн муҥнуохтара буолуо. – Оттон муҥнаан көрдүн эрэ! – Хайыаҥый? – Тоһун биэриэм ээ! Тыый, бу акаарытын! Кини мэлдьи дьиэҕэ кэтээн олоруо үһү дуо? Үлэлии барбытын кэннэ ойоҕо, өсөһөн, миигин дьэ ордук сордообот дуу? – Оттон сордоон көрдүн эрэ! Мин да баар буолуом!.. Кэнэҕэски ойохпор суоһурҕанан үтүлүкпүн өттүкпэр сууралаамахтаан, илиибин сутуруктуу туттан баран, кырыктаахтык хааман "дыыдалдьытан" иһэбин. – Бу үлүгэри!.. Кэбис, абааһы эмээхсин аайы доҕоргун атаҕастаама, доҕор... Оҕолоруҥ ытаһыахтара ээ... Ийэлэрин көмүскээннэр... Мин "оҕолорбун" саныырбын кытта аһыныы, таптыы, эйэ сылаас тыына сүрэхпэр суоһаабытынан барар... Сымнаҕыыс-сымнаҕас майгыннаах, үөрэн мичилийэ сылдьар киһи буолуо буоллаҕа дии мин доҕорум, мин үчүгэйкээн оҕолорум ийэлэрэ барахсан... Эбэм илбиркэй былаатын көннөрүнэр, муннун-уоһун соттор, быстахтык мунчаарбыт санаата көнө охсон, үөрэр-күлэр, сэбирдэх табах аһыы сытынан таныыбын кычыгылата-кычыгылата, тохтоон туран сыллыыр-убуруур. Онтон эмиэ хаамсабыт. Ньалбыгыр кулгаахтаах эриэн ыт оҕото, суол устун утары сиэлэн нэктэрийэн иһэн, аҥар атаҕын өрө көтөхпүтүнэн тохтуу түһэр. Мин сиртэн мас ылбыта буолан баран, ыкка утары сүүрэбин. Кини ыйылыы түһээт, төттөрү ыстанар. Халдьаайы ньылатынан тэмтэрийэн, сүүрдэр сүүрэ турабын. Эбэм тугу эрэ саҥара хаалар. Ытым, ыал чигдитигэр ыстанан киирэр да, соһумардык үрэн ньаргыйа түһэр. Аны төттөрү ыстанааччы мин буолабын. Мүччүргэннээх кэмнэргэ мэлдьи баар буолар үгэстээх киһи эбэм саба сүүрэн күөдэллэнэн кэлэр. Сиэрин ситэрэн ырдьыгынаабыта буола-буола, ыт кыбыылаах от диэки илбириҥниир. Дьиэҕэ киирэн иһэн, ааҥҥа чугурус гынабын. Ону тэҥинэн аан диэки хараҥа муннуктан быраатым уйаҕас саҥата "уба-ыый!" диир. Дьиэ иһинээҕи дьон бары айхаллыы тоһуйаллар. – Оо, бу киһи дьэ кэллэ дуу? Эбэтигэр өрүү сылдьыбат ээ. Дьэ тутан аҕалла дии. Саҥардыы бачча этэ, обургу киһи буолан тоотойон эрэр дии... Ыкса киэһэ атах ороҥҥо, эбэм оронугар, быраатым биһиги кистээн күлэн сыһыгыраһа-сыһыгыраһа, оонньуу олордохпутуна, үстээх-түөртээх кыра уолчаан быыс тумсугар кэлэн киэҥ харахтарынан миигин одуулаһан мылаллан турда... Биһиги күллэхпитинэ, кини эмиэ күлэн, тииһэ ытыгырыыр. Соруйан сөтөллүбүтэ буолар. Атаҕынан быыһы тэбэн көрөр. Биһиги, бэйэбит ахтыһан баран көрсүбүт дьон, киниэхэ кыһаммаппыт. Өргө диэри ол курдук туран баран, оҕо сүрдээх хатаннык күөрэччи: "Га-ла-ба баль-ша-я!" – диэн хаһыытыы түһээт, хаҥас диэки сүүрэн мороһуйан хаалла. – Хотуой, Мотуо! Эмиэ сымыйанан нууччалаабыта буолла, – дэһистилэр. – Кыыс ээ, итинтикэҥ, – диэн ботугураата быраатым. Саастарын тухары уол оҕоҕо баҕараллара, уол оҕолоро утары өлө турар буоланнар, абаккаларыгар, үс кыыстаахтарыттан кыраларын, Мотуону, уол оҕо оҥорон сылдьаллар эбит. Дьэ, кэрэ киһи Мотуо! Сүрэхтэммит күнүгэр эрэ Матрена буолбут эбит. Нөҥүө күнүттэн ыла Мотуо буолбут. Лэри-лэкэгэр төбөтүн киччэччи кырыйбыттар, уол оҕолуу боспоччу таҥыннарбыттар, ып-ыраас киэҥ харахтардаах, хоп-хойуу токур хаастаах. Уол оҕо! Арай күөрэччи чаҕаарыйан саҥарара, быыһыгыраччы күлэрэ хайдах эрэ уолтан атыҥҥа дылы. Сарсыҥҥытыттан ыла кини биһикки атастыы буоллубут. Мин ол ыалга эбэбин кытта олоро хааллым. Орто кыыстарын Саняны кытта оскуолаҕа сылдьар буоллум. Улахан кыыстарын Марияны саҥардыы биһиги учууталбыт ойох ылбыт. Субуоталарга хахайга маарынныр дохсун тураҕас атынан сохсолдьутан кэлэн, хонон бараллар. Уһун синньигэс кубаҕай дьахтар туох да өйгө хатанан хаалар бэлиэ тылы саҥарбат, бэрт үксү саҥарар-саҥарар, күлэр-салар да, утары умнуллан иһэр. Сотору-сотору: "Оо, дьэ, дьон бөҕөлөр!", "Киһи бөҕө!", "Тыый, ол хайдах?" – диэмэхтиир эбэтэр эрин иннигэр турар олох маска ыстанан тахсан баран: "Оо, көр, мин бачча буолларбын, эн миигин хантайан көрүөҥ этэ", – диир. Саня миигиттэн биир сыл аҕа, сүрдээх хатыҥыр, уһун уҥуохтаах, иирэ талах курдук кыыс. Кини аҕыйах саҥалаах, көрсүө, оҕо курдук арааһы фантазиялаабат, айдаарбат киһи. Ыйаастыгас соҕус кэрэ харахтара эйэҕэстик мичээрдииллэр, дэхситэ суох тиистэрдээх аллараа сыҥааҕын энньэччи туттан, ньолбоҕор сирэйэ өссө уһуу түһээт, кылгастык "һы-һык" диэн күлэн кэбиһэр. Аҥар атахпытын биир сиргэ үктээн туран, биир атахпытын соһо тардан эргичийэн хаарга "ойбон" оҥоробут, илиибитин быластаан баран хаарга охтон киэп түһэринэбит. Ардыгар аргыстаһан иһэр уолаттар дьиибэлииллэр. Кыайыах буоллахпытына, хаарга түҥнэритэ анньыталыыбыт. Кыайтарыах буоллахпытына, Саня бэрт кыраттан сылтаан ытаабытынан барар. Оччоҕо уолаттар сырсан хаалаллар. Баралларын кытта Саня күлэр "Һы-һык, сордоохтор кырдьыктаннылар ээ, ити аайы эһиэхэ ытаабакка". Мин мэникпин, баар суоллааҕар суоҕу улгумнук саныыбын, араастаан фантазиялыыбын. Ону кини күннээҕи олох кырдьыгынан, аҕыйах тылынан сабыта быраҕаттаан кэбиһэр. – Саня, эн кэнники эргэ бардаххына, мин эйиэхэ сылдьар буолуом, – диибин. – Па! Күтүр, эҥин-эҥини саҥаран. Ол эмиэ тугум эрэй, нохоо!.. Көр эрэ, Саня, биһиги кынаттаахпыт буоллар, оскуолаҕа дөбөҥнүк тайан тиийиэхпит этэ. – Илииҥ сылайыа суоҕа дуу? Аргыый хаампыт ордук ини... – Ата суох бэйэтэ сүүрэр сыарҕа соҕуруу дойдуга баар үһү ээ, Шурик. Оннугунан сырылаппыт киһи... – Сүүс ат сыаналаах буолуо. Ол кэриэтин биир аты аргыый көлүнэ сылдьыбыт ордук ини... – Ол сиһи быһа солоон, суол таһаарбыт киһи... – Хас сыл солуугун, нохоо?.. Биһиги оскуолабытын бүтээрпит кэннэ уон сыл буолан баран бүтүөҕэ ол суолуҥ... Ити курдук кэпсэтиибит кыайан сайдыбакка, симэлийэ турар. Оттон Мотуо үгүс тыллаах. Кэпсиэн, кэпсэтиэн баҕарар. Кинигэни көрөрүн олус таптыыр. Киэһэ аайы мин соҕотох илбиркэй кинигэбин хайдах эмэ мүччү туттаран көрө охсор дьулуурдаах. Уруок ааҕарым быыһыгар аралдьыйдарбын эрэ, кини хайы-үйэҕэ кинигэбин ыла охсон аахпыта буолан ботугуруу-ботугуруу көрө олорор буолар. Эбэтэр хонноҕун анныгар кистии кыбынан, кырыытынан аргыый сыҕарыҥнаан, хаҥас диэки баран эрэр буолар. Сымнаҕастык көрдөөтөххүнэ, улгумнук аҕалан туттаран кэбиһэр. Кыыһыран мүччү тардан ыллаххына, хоргутан, арааһы саҥарар. "Ама да эн бэйэлээх буолтуҥ иһин, сатаатар кинигэҕин көрдөрө түһэриҥ баҕалаах!" Оччоҕо мин тулуйбаппын. Кинигэбин көрдөрүөхтээҕэр буолуох, бэйэм быһааран биэрэбин. Хата, мин быһаарыым алыс кэҥиир. Кустар, куобахтар, үрүмэччилэр бары кэпсэтэллэр, үөрэллэр-көтөллөр, хардарыта аһыныһаллар, көмүскэһэллэр. Туохтан ордук ылларбыппын билбэппин, Мотуону мин үгүс сылларга үчүгэйдик саныыр, эйэҕэстик көрөр гына оҕоргоотум.

Дьыллар-хонуктар ааһан истилэр. Мотуо улаатан дьоройон истэ. Оҕо эрдэҕинээҕи киччэччи кыргыылаах төбөтүттэн өлгөм суһуох долгуннура үүнэн түспүтүн хайа тараанан мөлбөччү өрүнэн кэбистэ. Түөрт кылаастаах оскуоланы бүтэрэн баран, хас да сыл дьиэтигэр олордо. Мотуота уурайан, аны Мотуруона буолан хаалла. Сайын алаастаах хочо билии ойууругар көрсө түһэбит. Дорооболоспоппут, кэпсэпппэппит, киэр хайысыһан аасыһан хаалабыт. Кэдэлдьи алаас эҥэригэр моонньоҕон угун бөлөхтөрө өрөһөлөнө үүммүт куруҥ тыатынан биһиги, биэс-алта уол, күйгүөрэн иһэммит, моонньоҕоннуу сылдьар кыргыттарга тиийэн кэлэбит. Биир кыыс моонньоҕонун тоҕо түспүт, ону итигэстээн буллугунаһаллар. – Биһиги итигэстэһэбит дуо? – дэһэбит. – Итигэстээн абыраамаҥ. – Ити кэриэтэ саҥа үргээн иһитин толорон биэриэххэ. – Үргээн абыраамаҥ. "Толорон биэриэххэ" буола-буола. Бара туруҥ! Биир дьылыстаммыт хоодуот кыыс ордук дьорҕойор. Матрена охтубут тиит үрдүгэр саҥата суох сыҥаах баттанан олорор. Силбэһэ сыспыт хойуу хаастара күөгэс гына хамсыыллар, буспут моонньоҕон курдук хара харахтара мичээрдээх сардаҥаларынан оонньууллар. Сытыы кыыс биһигини "тыла суох" ыыталыырыттан кини күлэрин туттуна сатыы олорор. Биһиги ааһан аймалаһа турабыт. Алаас-хочо быыһынааҕы ыллык суолга, киэҥ ходуһа ортотугар, саһарчы буспут бурдуктаах солооһун кытыытыгар – ханна да көрөс – ити курдук... Оччотооҕу боруҥуй, ыраах нэһилиэккэ, кыраларыгар бииргэ оонньообут уоллаах кыыс уоннарын туолаат, кэпсэппэт буолан хаалаллара. "Уолаттары кытта тэҥҥэ тустар кыыс", "Уолаттарга чачыгыраччы күлэр кыыс" диэн сидьиҥ-ньуччураан сэһэн тарҕаммытынан барыа буоллаҕа дии. Эгэ тыаҕа-толооҥҥо иккиэйэҕин көрсөн баран тохтуу түһэн кэпсэтэр кэлиэ дуо!.. Кэрэттэн кэрэ мичигин кистиир кыһалҕаҕа сылдьар Мотуруона буолбут Мотуону көрсө түстэхпинэ, мин киччэччи кыргыллыбыт лэкэгэр төбөлөөх, уол оҕолуу таҥастаах, уол оҕолуу быһыылаах-тутуулаах кыра кыыһы өйдүүбүн. Кини миэхэ аан маҥнай эппит тыла: "Гал-ла-ва баль-ша - я!" – диэн этэ. Онтон: "Ама да эн бэйэлээх буолтуҥ иһин, сатаатар кэпсэтэ түһэриҥ баҕалаах..." Инньэ диирим кэлиэ дуо? Эдэр уол буолан баран эдэр кыыһы кытта кэпсэтиэм дуо, "сүрэ бэрт" буоллаҕа дии...

Онтон ити кэлэн мин оскуолабар, миэхэ сылдьан ааста. Бу күнтэн ыла мин тулабар туох барыта тубуста, киэркэйдэ. Үөрэтэр оҕолорум, кыараҕас хоһум, иттэр оһоҕум, таһырдьа хаар, халлааҥҥа күн – бука барыта ордук сырдаата, сэргэхсийдэ, киэркэйдэ... Аҕыйах хонугунан баскыһыанньаҕа дьиэбэр өрөөн баран, эрдэ сарсыарда туран оскуолабар бардым, уоспар туох көтөн түспүтүнэн ыллыы-ыллыы, сылыбыраччы айаннатан, оскуолабар чугаһаан иһэммин, биир үөрэх уолун ситэн сыарҕабар олортум. – Кэпсээниҥ, доҕоор? – Суох. Арай бөлүүн Мотуруона кыыс өлбүт... – Мотуо дуо, нохоо?! Сарсыардатааҥҥы дьыбардаах салгыҥҥа чачайа харан хааллым... – Эдьиийин аахтан ыалдьан тиийбит. Үс хонукка сэбиргэх дьаҥыгар ыалдьан сыппыт...

Ол сайыныгар, сарсын сарсыарда куоракка үөрэнэ бараары сылдьан, кинилэр дьиэлэригэр ойон киирбитим. Дьон үлэҕэ барбыттар. Арай Мотуо эбэтэ, кырдьаҕас эмээхсин, ыллаан тарыкыныы сылдьар күөрэгэй чыычаахтаах испиискэ хаатын туппутунан, соҕотоҕун ытыы олорор эбит. – Ким киирдиҥ бу?.. Мин оҕом Мотуо түүн үөһүн саҕана маны илиибэр туттаран кэбиспитэ уонна... уонна сарсыарданан халлаан саҥардыы сырдаан эрдэҕинэ... баран хаалбыта... Мин көһүтэн олорбутум. Мотуо кэлбэтэҕэ. Онтон, нухарыйан дуу, муҥатыйан дуу, бүк түһэн олорор кырдьаҕас эмээхсини аттынан аргыый үктэнэн таһырдьа тахсан барбытым... Ол киэһэттэн бэттэх сүүрбэ төгүрүк сыл ааста. Халлаан саҥардыы сырдаан эрдэҕинэ кэрэ, сэмэй кыыс оҕолор кэлбэт гына "баран хаалбат" буолалларын туһугар дьоллоох олоҕу тутар үгүс дьону кытта үөрэнэн, үлэлээн, мин киэҥ сирдэринэн сырыттым. Хайдах эрэ, хайдах эрэ, сырдык тырым уот курдук, эйигин сайыһыннара угуйан барбыт сэмэй кыыс оҕону иккиһин көрсө түстэргин эрэ, кини намчы тарбахтардаах нарын илиитин икки ытыскынан сэрэхтээхтик, сылаастык күөйэ тутан ылаар уонна сүрэҕиҥ сүбэтинэн кинини кытта эйэҕэстик, сэмэйдик кэпсэппитинэн бараар... Баҕар кини, эдьиийигэр да ааспакка, дьиэтигэр да төннүбэккэ, эһиги бииргэ үөрэн-хомойон, олох уһун суолун устун сиэттиспитинэн бардар бара туруоххут, мин эдэр доҕоруом...

Сүрүн сирэйгэ