Иһинээҕитигэр көс

Муунтуйар күннэрбэр (В. Потапова)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Туойуохпун баҕарабын мин (В. Потапова) Сүрүн сирэй
(Хоһооннор)
[[|ааптар]]
Мин бөлүүн ытаатым (В. Потапова)




Муунтуйар күннэрбэр,
Булкуллар түгэннэрбэр,
Мин саныыбын —
Тоҕо да олоробун,
Торҕо күөх халлааны
Толбонурдабын
Тоҥ күлүкпүнэн?
Оттон
Үөрэр-көтөр ,
Көтөҕүллэр кэмэнрбэр
Мин ыралыыбын —
Бу — күндэл халлаан,
Бу — тулам араллаана
Суохтуохтара миигин,
Соҕотохсуйар аналлаах
Мунаах кыыстарын.
Ол эбэтэр,
Күлүгү билиммэт
Күлүмүрдэс күнүс суох!
Уонна
Этиллибэт эҥсилгэни
Сир Ийэ миигинэн
Сибигинэйэринэн —
Мин сырдык санньыарым
Сылытыа дьон дууһатын!..