Мэлдьи барык-сарык,
Куруук куру-кэри,
Ахсаана биллибэт
Араас алҕас-сыыһа
Киһи киэлитигэр
Киирэ турар.
Туохтан оннугуй?
Ким буруйдааҕый?
Ким дээ итиннэ
Букатын буруйа суох.
Куһаҕан да буоллаҕына
Курус гыныма,
Үчүгэй да үүннэҕинэ
Мичик гыныма.
Инньэ гымматаххына
Туох да тоторбот,
Ханнык да астыннарбат.
Баай да барбах,
Дуоһунас да куһаҕан,
Аат да атаҕастабыл,
Таптал да салгыылаах,
Чэ, ол курдук
Эгэлгэ эбит...