Иһинээҕитигэр көс

На смерть вождя (Ойуунускай)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

На смерть вождя


Кыһыл сардаҥа тахсыбыт,
      Кыымнаах төлөн түспүт,
Модун санаа туругурбут
      Москва куораппар —
Халлааҥҥа тыгар төлөннөөх,
      Хара дьай дьураалаах
 
Кытарар дьэргэн былааҕым
      Кыыһан-ыыһан тахсан,
Хара санаа күлүктэннэ,
      Хааннаах төлөнүнэн
Кырыыстаах сирим үрдүнэн
      Кытара умайда...

Сордоох-муҥнаах сорун-муҥун
Солбонутан туран,
Саргылаах саарыстыбаны
Салайан аҕалбыт,

Дьоллоох олоҕу оҥорбут,
Дьол-соргу тутуспут,
Өрөгөй өлбөт санаалаах,
Өркөн төлөн тыллаах,

Эрэйдээх-муҥнаах иннигэр
Эппитин толорбут,
Кэннитинэн кэхтибэтэх
Кэрэ киһи өллө...

Үлэһит дьону үрдэтэн,
Үрдүк үтүө аата
Үйэттэн үйэ тухары
Үрдүү-үүнэ туруо.

Көмүс уҥуоҕун көтөҕөн
Көмнөрбүт даҕаны,
Санньыйбыт санаабыт ааһан
Сата-буурай оонньуо...

Хоту-соҕуруу сирдэргэ
Холорук буурҕанан
Алтан-тимир араҥастаан
Айхаллаан-айаатаан,

 
Өрүтэ күүрэн тахсаммыт —
Өргөстөөх өрөгөй
Союзтаах соргу улаатар
Солун соргу кэлиэ...

Илиҥҥи-арҕаа сирдэргэ
Илбистээх сатанан
Хаамар хаамыыны хаҥатан,
Хааннардаах кырыыһы

Хара дьайдарын алдьатан,
Хампарыта охсон,
Үрүҥ-хара сэриилэри
Үнтүрүтэ тэпсэн.

Омук омугу барытын
Охсуспат-кыргыспат
Сайаҕас саргы санаалаан —
Саргы-дьаалы тупсуо...

Кытарар дьэргэн былааҕым
Кыыһан-ыыһан тахсан,
Кырыыстаах сирим үрдүнэн
Кытара умайда...

Көмүс уҥуоҕун көтөҕөн,
Көмнөрбүт даҕаны,
Санньыйбыт санаабыт ааһан,
Сата-буурай оонньуо...


23/1-1924, Москва к.