Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Ньургуйаана
Эйигин кытта көрүстүм биир үтүө киэһэ,
Эйигин кытта билсистим биир быстах кэмҥэ.
Доҕор кыргыттаргыттан эйигин
Таайда мин эдэр уолан сүрэҕим.
Онтон ыла эйигин кэтэһэбин,
Саатар суруйуо диэммин күүтэбин.
Арай эн суоххун, суоххун куруутун,
Саха кыыһа Ньургуйаана-ньургуһун!
Эн тускунан доҕотторбор кэпсиирим,
Куруук эйигиннээхпин диэн үөрэрим.
Тоҕо эн миэхэ олох биллибэккин?
Минньигэс түүл курдук эн сүтэн хааллыҥ...
Онтон ыла эйигин кэтэһэбин,
Саатар суруйуо диэммин күүтэбин.
Арай эн суоххун, суоххун куруутун,
Саха кыыһа Ньургуйаана-ньургуһун!
Эйигин кытта көрүстүм биир үтүө киэһэ,
Эйигин кытта билсистим биир быстах кэмҥэ.
Доҕор кыргыттаргыттан эйигин
Таайда мин эдэр уолан сүрэҕим.
Онтон ыла эйигин кэтэһэбин,
Саатар суруйуо диэммин күүтэбин.
Арай эн суоххун, суоххун куруутун,
Саха кыыһа Ньургуйаана-ньургуһун!
|
|