Иһинээҕитигэр көс

Ньургуһуннааҕар ньуолдьаҕай ньуурдаах...(Алампа)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт



(«Уйбааныс» оонньууттан)

Ньургуһуннааҕар ньуолдьаҕай
ньуурдаах,
Ньаалҕайдааҕар намчы лабаалаах,
Сибэккитээҕэр тэтэркэй имнээх,
Күөх уу долгунун курдук
Күөгэлдьигэс бэйэлээх
Көмүс доҕорум.
Хардыылаабакка халбарыйан,
Атыллаабакка арахсан,
Уҥа түннүгүм аннынан
Уу курдук устан
Унаарыйан ааспыккын
Одуулаан турбутум,
Олус уйадыйбытым.
Онуоха, эн,
Санаабын таайбыт курдук,
Саҥата һуох салаллан
Санныҥ үрдүнэн
Салаҥ сайаҕастык
Сандаарыччы көрбүккүн
Сааһым тохору
Саныы сылдьыам,
Өлүөрүм тохору
Өйдүү сылдьыам...

Дьокуускай


1924


Алампа

Сүрүн сирэйгэ