Иһинээҕитигэр көс

Олохтоох сокуон оҥоһуллуо (Наара Суох)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Олохтоох сокуон оҥоһуллуо


Саллаҕар бастаах,
Сарыы таҥастаах,
Саары чаккылаах,
Санньыххай санаалаах
Саха дьадаҥылара
Сааспыт тухары
    Иинэ5эс бэйэлэнэн,
Иринньэх эттэнэн,
Эриллэҕэс илиилэнэн,
Элэйбит тиҥилэхтэнэн,
Аҥаарыйа сылайан
Ат буолуохпутугар диэри,
Харалыйбыт хара көлөһүммүтүн
Харчы оҥорон тураммыт —
Ханна да барарын билбэккэ,
«Хасыанай буодат» аатынан
Хаассаҕа хаалаан биэрэбит;
Күүспүт-күдэхпит быстан
Күр гына түһүөхпүтүгэр диэри,
Үрүлүйбүт үрүҥ көлөһүммүтүн
Үп оҥорон тураммыт,
Төрдүн-төбөтүн төргүөн
Төрүт да билбэт буолларбыт —
Өртөн ыла бүрүүкээбит
 
Өлбүгэ аатынан
Түгэҕэ биллибэт,
Төннөрбөт куду сиргэ
Төлүү-кута турабыт.
     Сордоох сут дьыл
Солбоҥуттаҕына,
Баспытыгар олорор
Баһылык тойотторбутуттан
«Абырааҥ, харыһыйыҥ»,— диэн,
Атаххытыгар үҥэн ааттастахпытына,—
Алдьата киирбит курдук,

Хараҥа хаайыыга хаайан,
Хандалы кыаһыны кэтэрдэн,
«Абырал» дьаһаллааххыт эһиги...
Үлүгэрдээх дьыл өҥөйдөҕүнэ
Үрдүбүтүгэр турар үрдүк сололоох,
Үгүс-элбэх чыыннаах
«Үтүө, төрүт» тойотторбутуттан
«Өлөрүмэҥ, өрүһүйүҥ»,— диэн
Үс-бараа күлүккүтүгэр
Үҥэн-сүктэн көрдөстөхпүтүнэ —
Өлөрөөрү киирбит курдук,
Өрө-хатыйан ылан,
Түүрэ тутан, симэн,
Түүнүктээх түрмэҕэ
Төлкөбүтүн дьүүллүөх дьүһүннээххит...
Эппилиэттээх сарыннаах,
Ыскаабалаах өттүктээх
Күбүөрүнэ баһылыга
Күбүрүнээтэр тойоҥҥо
Этэр илэ-была тылбытын
Иһитиннэрээри,
Этэн-тыынан эрэбит,—
Ону истэн сэргээн
Олус да ууннугут,
Эгэ даа диэлийдигит,
Наһаа да дайбаатыгыт!
Туох ханнык кэмнээх, чаастаах,
Кэхтэр да, тиллэр да кэрдиистээх!
Онон эһи да
Күҥҥүт-чааскыт туолан
Эппилиэккит сараланан,
 
Ыскаабаҕыт тостон
Кирилиэскэ кинтэйиэххит,
Кэхтэн, быстан иһиэххит!..
    Суох-дьадаҥы
Хааннаах-хара көлөһүнүн
Хамсык буолан халаан
Халыҥ хаһаламмыт,
Соххор-доҕолоҥ
Сорун-муҥун сонотон
Суон буулаҕа моойдоммут '
Күбүөрүнэ тойотторо —
Кириэстээх түөстээх,
Киэҥ сиэхтээх,
Аанньаллаах аккыыбалаах
Аҕабыттар, аккыырайдар,
Көмүс чыыннаах,
Көрдьөс быһыылаах
Күбүрүнээтэрдэр, үрээнньиктэр
Күннээн-көрүлээн олорбуккут,
Көҥүл-босхо күөтээбиккит,
     Күнү-ыйы күөнтээбиккит
     Күн бүгүҥҥүлээх,
     Аҥардас сарсыҥҥылаах
     Эрэ буолуоҕа!..
Ордук туттаргыт уурайыа,
Хара баттыгаскыт хаалыа,
Олохтоох сокуон оҥоһуллуо,
Тэҥнээх дьүүл тэриллиэ!
Орто дойду олоҕо тупсуо,
Баараҕай оҕус, дьэ мөҥүрүө!
Бар атыыр дьэ кистиэ!..


1905

Наара суох (Петр Аммосович Охлопков) тылыттан Ф. Местников суруйбута. 1905 сыллаахха ылламмыт ырыа.