Олох-дьаһах, кэргэн

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Аата, Кыычыкын оҕуһун баһа буоллаҕа.

Аҕатын туйаҕын хатарыах барахсан.

Аҕыйах да буоллар, амтаннааҕа үчүгэй.

Айанныыргар аһы, бараргар маһы бараама.

Ат көһүннэҕинэ, ыҥыыр көстүө; быһах көһүннэҕинэ, кыын көстүө.


Баҕана үүтэ барҕалаах, кэлии үүтэ кэриҥнээх, тоһоҕо үүтэ торумнаах (тосхоллоох).

Барар сир баҕана үүтэ, кэлэр сир кэлии үүтэ буолбут.

Барбат киһитигэр барбат, биэрбэт киһитигэр биэрбэт.

Биир сымыыт ханна сытыйбатай!

Бодорустахха бодоҥ биллэр, кэргэннистэххэ кэмэлдьи биллэр.

Бэйэм сиппэтэхпинэ, бэдэрим ситиэхтин.


Дьахтар санаатын дьахтар табар.

Дьахтар өйө аһынаа5ар кылгас.

Дьахтар оһоҕун холумтаныттан оронугар тиийиэр диэри санаата түөртуоначата уларыйар.


Ийэ-аҕа санаата - оҕоҕо, оҕо санаата - тааска.

Илии тутуурдаах, өттүк харалаах.

Инчэҕэй тирбэҕэ быстан биэрбэт.

Иһит ырааһын таптыыр.


Көрдөөх аргыс суолу кылгатар.

Кур бэйэм кубулуйумна, эргэ бэйэм элэйимнэ - олоробун.

Куттар хороммот, бастар бараммат.

Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн, сааскы киһи салбаммытынан.

Күөскүн эрдэттэн өрүнүмэ.

Кыҥыырыҥ эрэ кыыһыҥ, одуулууруҥ эрэ ойоҕуҥ.

Кырдьар кырыыс муҥа, сорсуйар сор муҥа.

Кырдьаҕас ыт күрдьүктэн арахпат.

Кыыс - дьахтар кытыйаны - хамыйаҕы кытта кырбаһар, ойоҕо суох уол үтүлүгүн - бэргэһэтнн кытта охсуһар.

Кыыс сирэйигэр дьоллоох.

Кыыс - омук анала.

Кыыс эрэ кыыкынайдааҕар элбэх.


Оҕо атаҕа - ыт атаҕа.

Оҕолоох ыалтан оннооҕор уот иччитэ үөрэр.

Ойдубута уолга, кыйдаммыта кыыска, эмтэрийбитэ эмээхсиҥҥэ, ыстаммыта — ыкка.

Ойоҕо суох — ооҕуй муҥа, эрэ суох — эрэй муҥа.

Ойоҕо хараҕа суох буолбутун үс сыл буолан баран билбиккэ дылы.

Ойох ылбатах уол үтүлүгүн-бэргэһэтии кытта охсуһар, эргэ тахсыбатах кыыс кытыйаны-хамыйаҕы кытта кырбаһар.

Ойоххун эрэнимэ — эpкиҥҥин эрэн.

Ойуурдаах куобах охтон биэрбэт, дьонноох киһи өлөн биэрбэт.

Олох олоруу ыраас хонууну туорааһын буолбатах.

Олох оҕо оонньуута буолбатах.

Орон эрэ оҥхойо, тэллэх эрэ тэһэҕэһэ.


Саха ньоҕой, оҕото өссө ньоҕой.

Соҕотох ынахтаах ынаҕын бөрө тутан сиэбитигэр дылы.

Соруктаах сууххамсыйара үчүгэй.

Суол сурахтаах, аартык ааттаах.

Суол сылаалаах, көс эрэйдээх.

Суор күөстэммэт, ыт хаһааммат.

Сыл - хонук.

Сылайбыт акка үүнэ да таһаҕас.


Таһырдьа таҕыстахха — хаар маҥхайар, иһирдьэ киирдэххэ — уот кытарар.

Тииһимэ тиҥэһэ, тыыныма тыһаҕас, болҕой борооску.

Тиит иэччэхтиитэ эдэр дьахтар иэнэ ирэр, харалдьыт тахсыыта саастаах дьахтар иэнэ ирэр, сэбирдэх тэлиитэ эмэн дьахтар иэнэ ирэр.

Тимир уһарыллан тимир буолар, уол оҕо эриллэн эр бэрдэ буолар.

Тиэтэйбит сыарҕа сыыр анныгар хаалар, тиэтэйбэтэх сыарҕа сыыр үрдүгэр тахсар.

Тиэтэйии - алҕас атаһа.

Тойон оҕото — тойон, тураах оҕото — тураах.

Төлкөҕүн төрүөх ыччаккыттан ыйыт, кэскилгин кэнчээри оҕоҕуттан көрүн.

Тымныы - уол оҕо доҕоро, куһаҕан киһи тойоно.


Уол оҕо дьоло орто дойдуга, баайа балаадаҕа, көлөһүнэ күн сиригэр.

Уол оҕо төрөөтөҕүнэ суор үөрэр, кыыс оҕо төрөөтөҕүнэ ыт үөрэр.

Уруу уот биистээх.

Уруу ырааҕа, уу чугаһа үчүгэй.

Уус - баайа суох, ырыаһыт - дьоло суох.


Хаахыныыр мас охтон биэрбэт.

Хайыҥын охсунна.


Эдэр саас, күөгэйэр күн.

Эрэ суох дьахтар иччитэ суох анах кэриэтэ.

Эрэй элбэххэ үөрэтэр.


Өс хоһоонноро