Олох үөрүүтэ (Күннүк Уурастыырап)
Баар буолааччы — долгуна суох
Күндээриһэр күөллэргэ
Күөх курустаал халлаантан
Күммүт түһэн сөтүөлүүр,
Тыалар аайы көрү тардан
Тыһыынчанан чыычаах ыллыыр,
Сирэн-чэлгиэн алаастарга
Сибэккилэр кэйэ кыыһар,
Аргыый таалар аалай хампа,
Айгыр силик айылҕа
Унаар-тукаар долгуйбахтыыр
Олус кэрэ сарсыардата,
Оннук кэмҥэ — дуусаҥ сырдаан,
Олох үрдүк үерүүтэ
Эккин-хааҥҥын сайа тыынан,
Ис-искиттэн санааҥ көнөр.
Киһи буолан төрөөбүт
Кэрэ ааккын киэн тутта,
Үрүҥ күннээх үтүө сиргэ,
Өлөр диэни өрүү умнан,
Үлэлиэххин, олоруоххун.
Үчүгэйи оҥоруоххун,
Үйэлээҕи айыаххын
Үлүһүйэн ба5араҕын.
Иэйэр сүрэх итии кыыма
Илэ-чахчы саҕыллан,
Субу кылгас хоһоон эмиэ
Соннук кэмҥэ айылынна,
Биллим: чыычаах ырыата,
Сибэккилзр, поэзия —
Дьону үөрдэн, көтөҕөн,
Дьоллуур күүстэр эбиттэр!
Таптааҥ күннээх халлааны,
Талах нарын лабаатын,
Оҕо сырдык мичэзрин,
Олох бүппэт кэрэтин!