Иһинээҕитигэр көс

Олоҥхону ааҕыы (Санаайа)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Ааҕыы диэни салгыы дириҥэтэн өйдүөхпүт. Гуманитарнай наукаҕа герменевтика диэн ааттаах туспа салаа, хайысха, ньыма баар диэтибит. Бу герменевтика философияттан силис тардан 19-с үйэттэн сайдан барбыта билигин ситэн-хотон култуура тиэкистэ-рин ааҕарга туттуллар. Култуура тиэкиһин бу герменевтика ньы-матынан ааҕан ис хопоонун арыйыахха сеп эбит диэн буолар, Ис хоһоонугар, бу тиэкискэ туох илдьит угулла, кистэнэ сылдьары-гар бэлиэлэр көмөлөрүнэн, бэлиэлэринэн сирдэтэн иҥэн киирэн, тиэки1ш иһиттэн иддьиритэн, иһиллээн, бигээн, ис дьиҥин билэн, тыын сирин таба тайанан ааҕыллар. Маннык ааҕарга киһи туох баар тоҕус билэр этэ, имэ бука барыта кыттар, киһи туох баар ис-тас би-лэр саталын бары көмөлөһүннэрэн туран туох суруллан сылдьарьш таайа, билэ, өйдүү сатыыр. Ол ааҕара сатанна^ына киһи урукку кэмҥэ, ол кэм тыыныгар, ол саҕанааҕы дьон өйүгэр-санаатыгар, тыын кутугар өтөн киирэр, өйдүүр, кинилэр тыыннарын билэр. Инньэ гьшан бу сурукка (тиэкискэ) этиллэр илдьити истэр. Истэн этэр. Этитэр даҕаны. Илдьити саҥаттан саҥардар, саҥалыы этитэр. Оччоьуна бу тиэкиһи билиҥҥи дьон дьэ өйдүүр. Тиэкис аһыллан аоылыс гына түһэр, ис хоһооно, ис дьиҥэ көстөн-биллэн кэлэр. Оннук албас, ньыма, сатабыл герменевтика дэнэр. Аатын былыр-ги гректэр таҥараларын илдьитин тириэрдээччи Гермес аатытган таһааран ааттаан тураллар. Бу ньыма ис хоһоонун сүрдээх бэргэн-лик бэлиэтээн ааттаабыттара үйэтийэн сылдьар.

Ис хоһоону (смысл) тиэкискэ даҕаны, туохха барытыгар даҕаны киһи иҥэрэр. Ол иһин ону ааҕар анал ньыма, анал идэлээх дьон баар буолаллар. Оннук идэ билиҥҥи кэмҥэ культуролог идэтэ сайдан эрэр. Бу ааҕары нууччалыы, омуктуу этэргэ истолкование, осмысление, интерпретация дэнэр.

Тиэкис диэн биир бүтүн-кэлим — текст как целое. Тиэкис өлүүскэлэрдээх-чаастардаах буолар. Ол чаастар тиэкис иһигэр кии-рэ сылдьыылара сүнньүнэн үс араастаах буолар эбит диэн түмүккэ кэлэн сылдьарбын аны биирдэ чинэтэн, хатылыым. Биирэ — чаас-тара хара ааныттан тиэкис иһигэр угулла, киирэ сылдьар буолаллар. Иккиһэ — тиэкис иһигэр ханан эмэ быыс булан чаастара кэлэн киирэн биэрэллэр. Үсүһэ — тиэкис бастаан туспа бэйэтэ су ох курдук эрээри чаастара кэлэн холбостохторуна баар буола түһэр уон¬на этэн киирэн барар. Олоҥхо тиэкиһэ бастакы көрүҥҥэ киирсэр дииргэ сөп, олонхо олуктара тиэки1шн иһигэр киирэ сылдьаллар. Ол эрээри, иккис даҕаны, үһүс даҕаны түбэлтэлэр эмиэ олоҥхоҕо сыһыаннаах буолуохтарын син. Ол курдук, олоҥхо иһигэр хайа баҕарар сиринэн хайа баҕарар олуктар көҥүл киирэр кыахтаах-тар. Аны туран, олуктар туспа бара сылдьан баран холбоһо түһэн, олоҥхо тахсан кэлэрэ эмиэ баар буолуон сөп. Олоҥхо диэн он¬нук көҥүл таҥыллар айымньы, олоҥхо олуктара диэн оннуктар — көҥүл киирэр-тахсар кыахтаахтар. Онон олоҥхону олуктарынан таҥар, үөрэтэр кыаллар эбит — билиҥҥи оҕолорго оннук үөрэттэххэ дэбигис ылыналлар. Маныаха саамай сүрүн ирдэбил диэн буолар — олуктары алдьаппакка кэлим илдьэ сылдьан этии-саҥарыы-кэпсээһин.

Герменевтика ньыматынан ааҕыы диэн итинник чаастар икки кэлим тиэкис икки ардыларыгар элбэхтэ да элбэхтэ төттөрү-таары тиэстэн (челночный бег), хат-хат эргитэ сылдьан эридьиэстээн ис хоһоонугар өтөн киирии ааттанар. Онуоха Х.-Г. Гадамер диэн ааптар этэринэн, бастаан ис хоһоон тута өйдөммөт, ол оннугар киһи «предпонимание» диэн турукка киирэр дэнэр. Сахалыы этэргэ маны киһи «бүдүмүк өйдөөһүн» диэҕин сөп курдук. Толору өйдүөх иннинэ киһи тугу эрэ унуордаары гынным диэн сэрэйэр уонна өссө дириҥээри, түгэҕин булаары дьулуһар, хасыһар буолааччы. Оччоҕуна дьэ ырылыс, арылыс гына арылла түһэр баар буолар. Ол иһин олоҥхоһуттар элбэхтэ да элбэхтэ эҕилдьитэн этэн киирэр идэлээхтэр буоллаҕа.

Маннык ааҕары биһиги дьоммут — сахалар — эмиэ сатыыл-лар эбит. Дьобуруоппа дьонун курдук анал идэлээх учуонайдара да суох буоллар, син бэйэлэрин кэмнэригэр бэйэлэрин төрүттэрин илдьитин, төрүт култуураларын тиэкиһин ааҕан, истэн олордохто-ро. Оннук ааҕар дьон олоҥхоһуттар буолаллар эбит диэн санааҕа кэлэн сылдьарбын өрүү этэбин. Истэргит, ааҕаргыт буолуо баҕар. Атын омуктарга син биир эмиэ оннук. Наукаҕа охто иликтэринэ кинилэргэ илдьити этэри истэр дьон эмиэ баара биллэр. Ол дьон-норо «сказитель», «вестник» дэнэллэр — этээччи, илдьити этэр кипи диэн суолталаах ааттаахтар. Уот харахха да ааттыыр буолаллар эбит. Биһиэнэ олоҥхоһут диэтибит. Олоҥхоһутдиэн анал идэ, анатыы. Айылҕаттан анаппыт идэлээх киһи маннык тиэкистэри ааҕар. Туох барыта анатыылаах. Анала атын-атын буолла да сатаан сөп түбэһиспэт, ис-иһигэр кыайан киирсибэт, ыпсыыта кыттыбат.

Билиҥҥи caxaga олоҥхоһут суох буолла диэх курдук этэр баар эрээри, олоҥхо өйө, ситимэ ханна барыай — баар. Испитигэр иҥэ, сөҥө, утуйа сылдьар. Ол уһуктара-уһуктубата көҥүл тыыныттан баайыылаах, тартарыылаах, хатыырдаах, күлүүстээх. Оттон ол көҥүл тыынын арыйар күлүүс тыла эмиэ баар. Айылҕаҕа баар ба¬рыта ситэри-толору аналлаах, айыллыылаах. Көтүппэт айыллыы-лаах. Биир эмэ си курдук ситим, сап да саҕа салҕааһын көппүтэ, көтүтүллүбүтэ диэн айыл§аҕа төрдүттэн суох. Күлүүспүт тыла ийэ тылбыт буоларьш эмиэ өрүү этэбит, билэр курдук буоллубут. Ылы-нарга дылыбыт. Ааҕар киһи итинник бэлиэ тылы, ийэ тылынан этэн кэбиспити сүөрэр. Бэлиэ тылы таба тутар, таба тутан иилэ хабан ылар. Эбэтэр айаннаан иһэн бэлиэтии көрөр. Ханна айан-наан иһэн инньэ гынарый? Оттон олоҥхону ааҕарыгар айанныыр буоллаҕа дии. Олоҥхо айаныгар олорсон иһэн көрөр эбэтэр ис¬тэр. Сытын-сымарын, тыаһын-ууһун барытын ааҕа билэр. Иһигэр киирдэҕинэ иминэн билэр. Ис тыынын тыынынан билэр. Өйүн өйдүүр. Ими им, өйү өй, тыыны тыын билэр.

Ол аата сүрүн, тыын илдьитин саха олоҥхоҕо угар эбит. Мандар Уус этэринии олоҥхобут диэн олохтоох айаммытыгар илдьэ сылдьар матаҕабыт, хааһахпыт, бэрэмэдэйбит. Омуктар сума, сум¬ка дииллэр. Суумалыыр, хаалыыр иһиттэрэ. Ол илдьит хантан кэ-лэрий? Өбүгэбититтэн диэн буолар. Оттон өбүгэбитигэр хантан кэлбитэй? Онтон. «Оттуда» диэн омуктар эмиэ билэллэр. «По¬тусторонний мир» диэнтэн. Анараа дойдутган. Үөһээттэн. Алла-рааттан. Куйаартан. Олор ыыталлар киһиэхэ илдьити. Туох диэн илдьиттиир буолаллар эбитий? Олох олорор туһугар тускул ыытал-лар, алгыс аныыллар, саргы салайаллар, туску тосхойоллор. Сыыһа бараары, аһары түһээри гьшнахпытьша эмиэ илдьит кэлэр. Олус уһуннук утуйаары гыннахпытьша эмиэ. Кэмин куоттараары гын да хайаан да илдьит кэлэр. Саҥа кипи кэлэригэр хайаан да тыас тыаһыыр. Тыаһаабыттар диэн буолар. Саҥа саҕыллара хайаан да тыастаах буолар. Уонна да элбэх буоллаҕа буолуо. Илдьит кэллэ да хайаан да тыас тыаһыыр. Тыас диэн бэлиэ (знак), сигнал. Атын да бэлиэ баар буолар. Булчут туһаҕар туох эмэ түбэспитин билэр бэлиэлээҕэр дылы, эн эмиэ тыын куккар илдьит кэлбитин билэр бэлиэлээххин.

Илдьити тириэрдэр аналлаах киһи эбэтэр дьон киэбэ киэптээх туспа эйгэ баар буолар. Хобу таһар идэлээх дьоҥҥо дылы бу дьон «ыалтан ыалга» илдьити тириэрдэллэр. О л «ыал» син эмиэ сирдээҕи ыал, дэриэбинэ ыалын курдук олорор сирдээх-уоттаах, олохтоох буо¬лаллар. Ол икки ардьҥар илдьити тириэрдэр дьаам диэбиккэ диэри баар буолар эбит. Сирдээҕи олохггутугар ону-маны, бары албаһы-саталы айдыбыт дэнэр да, барыта айыллан турары үтүгүннэрэбит. Барыга өйбүт түгэҕэр, өһүк өйүөбүтүгэр баары хостуубут. Тириэр-дээччи эйгэ бэйэтин тыльшан эппитин тылбаастыыр идэлээх дьон баар буолар. Бэйиэт Арбита этэригэр дылы сир-халлаан илдьитин тылбаастыыр тылбаасчыт киһи бэйиэт буолар. Бэйиэт эппитин иккистээн эргитэн этэр уустук, кыаллыбат да суол эрээри, ааҕыах тустаахпыт. Герменевтиктэр итинник aagap ньыманы булбуттарьш туттар тоҕо сатаммат буолуоҕай — сатанары сатыахха.

Бэйиэт эппитигэр иҥэн сылдьар олохпут устуоруйатын ааҕыах-пытьш баҕарар буоллахпытьша хоһоону ааҕыах тустаахпыт. Хоһоон, өс хоһооно, олоҥхо хоһооно, олоҥхо ис хоһооно баар дьиҥнээх устуоруйабыт. Ол аата биир туспа илдьит баар эбит — олохпут уһун устуоруйата. Туох да суола суох ааспат. Олоххо буолбуту ба-рытын сурукка тиһэн иһэллэр. Тыльшан эппити суруйан хаалларар диэн баар. Суруга суох омук диэн суох. Биһигини, хотугу омук-тары, баһааҕырдан суруга суох омуктар дииллэрэ билбэттэн, эбэ¬тэр соруйан холуннаран этии дииргэ тиийиллэр. Сурук арай эрэ буукубаны тиһэн оҥоһуллубат. Сурук арааһа хара баһаам. Сурук, тиэкис саамай мьшдыра кумааҕыга түспэт — тылга-өскө хаалар. Тылынан уус-уран айымньы буолан тиһиллэр. Сурукпут сүмэтэ, сүөгэйэ, сүнньэ, бастыҥа, баһа барыта олоҥхобутугар эбитин син таайа былаан баһын-атаҕын да буоллар удумаҕалатабыт курдук. Онон олоҥхобутун ааҕарга үөрэниэх тустаахпыт. Бу сылларга архыыптан ылан ааҕан Гуманитарнай Чинчийии Ин-ститутун (ГЧИ) үлэһиттэрэ Саха сирин улуустарын 21 олоҥхотун бэчээттиир былааннаах таһааран эрэллэр. Билигин биэс оннук кинигэни тутан олоробут. Тьш үөрэхтээхтэрэ, бу үнүстүүт олоҥхону чинчийэр салаатьш үлэһиттэрэ учуонай дьон урукку сылларга олоҥхоһутгартан илиинэн суруйбуту ааҕан бэчээттээбитгэрэ ааҕыы биир көрүҥэ — ити этэр герменевтикатган атын — «расшифровка» дэнэр. Герменевтика ньыматьшан ааҕыы диэн хатыырдаммыт, күлүүстэммит, кистэлэҥ (кодировка), тыл көмөтүнэн анал код диэҥҥэ киллэрбит информа-цияны сүөрэн таһаарыы ааттанар. Ол аата бипиги бу кинигэлэри хос, хаттаан, атыннык ааҕыах тустаахпыт.

Билигин олоҥхолуур дьон баар буоллулар. Олору бу ГЧИ идэ-лээх дьоно, учуонайдар олоҥхоһуттар диэбэттэр. Иккиэйэх эрэ ийэ олоҥхоһут хаалла диэн буолар. Ийэ олоҥхоһут аны үөскээбэт диэн быһаччы этэллэр. Этэллэриттэн иһиттэххэ ону кинилэр чопчу би-лэр курдуктар — тыллара-өстөрө, этэллэрэ кытаанаҕа, санаалара бигэтэ сүрдээх. Наука ону этэр диэн буолар. Оттон наука наукаттан атьша, атын-атыны этэрэ диэн эмиэ баар. Ону болҕойуох тустаах¬пыт. Биир эрэ кипи этэрин, биир эрэ наука билэрин ылынан хам-бааччы олорор сатаммат. Киһи бары биири билэрэ диэн эмиэ суох. Ким бары атын-атыннык көрөр, истэр, өйдүүр айыллыылаах.

Олоҥхо диэн аутентичнай айымньы диир буоллулар. Аутен¬тичность диэн ол аата биир бигэ бэлиэ, билгэ буолан тахсар олоҥ-хоһукка. Оттон оллоонноон олорон эрэн илэ эппэккэ эрэ айбыт ол аата атын айымньы, олоҥхо буолбатах. Поэзия биир туспа көрүҥэ эбит диирбитигэр тиийэбит. Оттон саатар эпическэй поэ¬зия диирбит себе дуу? Эмиэ сатаммата дуу? Маны олох бэйэтэ он-нун булларыаҕа. Кырдьык, сорох итинник айымньыны аахтахха, олоҥхоттон атынын киһи син билэр — атына биллэ сылдьар буо¬лар. Олоҥхо-поэма, олоҥхо-тойук эҥин диэн ааттаан эрэллэр ман-нык саҥа таныллан тахсыбыт айымньылары. Бу олоҥхоттон атын. 1940 ее. Саха еиригэр олоҥхону түргэнник, суһаллык сурукка киллэрэ охсуохха баар диэн өй киирбит эмиэ бу үнүстүүт дьонун өйүгэр дуу, эбэтэр бу дьонунан суруйтарар дуу өй. Бу өйү мин илдьит диибин. Алдьархай ааҥнаатаъъша илдьит ыыталлар диэбиппит — Уот сэрии тураары гьшна, олоҥхоҕутуттан, олоҥхоттон ааҕан, ис-тэн быыһанар суолгутун булуҥ диэн илдьиттээтэхтэрэ. Ол иһин суруйтардахтара. Суруйарын суруйбуттар эрээри сороҕун эрэ су-руйаахтаабыттар (илиинэн суруйан төһөнү хорутуоҥуй) уонна аах-пакка эрэ, норуокка аахтарбакка эрэ архыыбаҕа анньан испиттэр. Ол сытан эрэ сытыйан, симэлийэн, суураллан бараары гьшна диэн бу билигин эмиэ суруйан, бэчээттээн эрэллэр. Эмиэ ааҕар диэн суох. Ким ааҕарый бу кинигэлэри? Былдьаһа-тарыһа, сырса сыл-дьан ааҕар баара тоҕо эрэ биллибэккэ дылы. Арай мантан инньэ дьэ ааҕаа инилэр. Онон биһиги сорукпут олоҥхону ааҕыы ньыматын булуу, оннук ньымалары баһылааһын.

Ааҕар диэн атынын быйылгыттан ылата ылсан культуролог идэ-тигэр үөрэнэр оҕолордуун унуордаан көрөөрү гынабыт. Дарыбыан олоҥхоһут «Тойон Ньургун» олоҥхотун ааҕан көрөргө сананан сылдьабыт. Бу олоҥхо аан тылыгар туту диэбиттэрин ааҕан ба¬ран маннык ыйытыылар, санаа оонньооһуна, мунуу-тэнии даҕаны үүйэ-хаайа тутар киһини. Ону саас-сааһынан ууран биэриим эрэ — эһиги истиҥ, иһиллээҥ, ааҕыҥ уонна толкуйдааҥ. Толкуйдаһан күүс-көмө, көмөлтө буолуҥ.

В.Л. Серошевскай эппиттээх эбит: «Олонхо — самая установив¬шаяся и законченная из форм народного творчества, в ней личному творчеству отведено меньше всего места. К точному заучиванию и дословной передаче олонхо побуждает и то, что они густо унизаны аллитерациями и стихами»[1]. Бу этиигэ культуролог сөбүлэһэр да, сөбүлэспэт да түгэннэрдээх. Олоҥхо норуот айымньыта, биир кипи айбыта манна (олоҥхоҕо) суоҕун тэҥэ диирин культурологияҕа билигин «коллективное бессознательное, культурные архетипы» диэн категорияларынан быһаараллар. Олор уһуктаннар айымньы буолан тахсаллар дииллэр. Билиҥҥи да кэмҥэ ийэ тыллаах киһиэхэ балар уһукталларын Сайыына кууруһугар сылдьан сахалыы саҥардыы саҥарбыт, уруккута нууччалыы тыллаах, оннук толкуйдаах саха дьоно олоҥхолоон барыылара туоһулуур. Эбэтэр бэйэлэрэ сылдьан эрэ олоҥхолоон кэлэр дьон, оннооҕор оҕолор бааллар. Н.М. Тарасов, Юрий Борисов, Петя Попов холобурдара ону туоһулуур.

Оттон «заучивание и дословная передача» диирэ алҕас дии-бин. Алҕаһын киһи бары да билэр. Олоҥхолуур ки1ш урут да, аны да нойоһуус үөрэппитин тылыттан тыльҥар түһэрэн эппэт, тута хоһуйуу, этии, этитии баар олоҥхоһукка — аутентичность дэнээч-чи. «Дословная передача» диирэ олук хоһооннору ийэ дорҕоонун дьүөрэлиир үгэскэ тирэнэр. Дьүөрэлээн этии омукка бары баар ньыма. Этэр үөрүйэҕи иҥэрэр ньыма, үөрэх ньымата. Ньыма Диир буоллахха ньыма киэнэ бастыҥа. Бу ньымабытын харахпыт харатын курдук харыстаан энчирэппэккэ илдьэ сырыттахлытына эрэ олоҥхобутун тутарбыт-туттарарбыт буолуо. Оччоҕуна аны да олоҥхолуур дьонноох буолуохпут. Олоюсо диэн ийэ өйбүтүгэр, өһүк өибутугэр баартан тахсар, илдьит ис хоһоонноох этитэр айымньы. Олоҥхо саха киһитин ис эйгэтигэр бары баар, өһүк өйүгэр хатана сылдьар. Ким этитэн этэр, ким истэр, ким көрөр, ким олоҥхо тыы-ньшан тыынар, олох олорор, айан айанныыр.

Өйгө хатыыр диэн нойосуус үөрэтииттэн атын. Өйгө хатана сылдьар эрдэттэн баар. Ол хатана сылдьарга, ол аата код диэҥҥэ, сатаан киирбит эрэ өйгө хатанар. Киһи өйө диэн син эмиэ халлаан хартыгастарын кэриэтэ хас эмэ хартыгастаан хатыырдаах — ону ити алларааны, үөһээнгҥи хатыырдар (низшие и высшие коды) диэн ааттыыллар.

Эйдетизм диэн баар. Энциклопедия^ маннык быһаараллар: «(от греч. eidos — образ) разновидность образной памяти, выра¬женная в сохранении ярких, наглядных образов предметов по пре¬кращении их воздействия на органы чувств. Обладающий Э. чело¬век не воспроизводит в памяти воспринимавшиеся им предметы, а продолжает как бы видеть их». Олоҥхоһут көрүүтүгэр үүт-маас сөп түбэһэр дии! Олоҥхоһут өйүгэр тутан өйдүү сатаабат, бары-та хараҕар көстөн турар тыыннаах уобараһы көрөн олорон этэр-кэпсиир. Ол гынан баран бу сырыыга атына диэн биһиги киһибит ол урут илэ көрбүтүн этэр диэҕи сатаммат курдук — ийэ өйүгэр баарга өтөн киирэн көрөр дии саныыбьш.

Дарыбыаны Таатта олоҥхоһута диэн аат биэрбиттэр. Ол сөп. Таатта сирэ диэн биир туспа олоҥхоһут айдарыылаах дьон түһэр түөлбэтэ буоларын эмиэ бары билэбит, билинэбит. Атын сирдэргэ түһэр олоҥхоһуттар эмиэ бэйэтэ биир туспа илдьити илдьэ түһэн эрдэхтэрэ. «Локальные центры культуры» диэннэр баалларьш куль-турологгар болҕойон үөрэтэллэр. Ону мин «локальный центр гене¬рирования олонхо» дии саныыбын. Олокхолорго саха боотурун торус суола кэпсэнэр: Купюр, Ньургуннар, Туйгуннар, Дохсуннар, Бэргэнпэр, Үөлэннэр, Бөрөлөр, Дьаргыстайдар, Эр (Соротохтор)... Ол аата сахара олонхо торуур торус тин сирэ баар буолуон сопке дылы. Таатта ол тоҕустан биирэ. Балары тохсуоннарын тилиннэрэр баар эбит тус-таах сорукпут. Аны Кыыс Бухатыырдаах олоҥхобут эмиэ тодустар. Кыыс икки уол икки туһунан олоҥхо холбоон толору тиэкис буо-лаллара буолуо дии саныыбын. Бу Дарыбыан олоҥхото аатырар Килээпир «Дьулуруйар Ньургун Боотурун» биир вариана буолуон сөп эбит. Оттон Килээпир Ньургуннар тустарынан олоҥхону эмиэ кимтэн эрэ туттаҕа дии. Ол ким эрэ эмиэ тутар. Ол аата Таатта Ньургуннар тустарынан олоҥхо аан бастаан айыллан түспүт сирэ, айыллан кэлэ турар сирэ, ол сир киинэ буолан тахсар. Илин эҥээр улуустарга Ньургуннар тустарынан фольклористар олоҥхо үгэһэ баар дииллэр. Култуура хайаан да кииннэнэн үөскүүр-айыллар диир биһиги наукабыт (кулыурологияны этэбин).

Аны туран Дж. Вико (1668—1744) диэн итальянец бөлүһуөк кипи нация баар буолар эргиирин (цикл) үс түһүмэҕин этэрэ эмиэ олоҥхо тутулугар уот харахха түбэһэр: «Цикл существования любой нации состоит из трех эпох: «Века богов», «Века героев» и «Века людей»». Айыылар оҥоһуулара — айыллыы кэмэ, Боо-турдар олоҕу оҥоруулара уонна киһитийии кэмэ, дьон дьоллоох, лллээх олох олоруута олоҥхоҕо этиллэрэ бу киһи түөрүйэтигэр эмиэ бүтүннүү кэлим этиллэ сылдьар. Аан дойду аатгаахтара билэллэрин-өйдүүллэрин биһиги да дьоммут тоҕо билбэт буолуох-тарай — арай эрэ атын дьон өйүн-билиитин билии оҥостуох эти-бит дуо? Оҕолорго бэйэ билиитин иҥэрэр ордук олохтоох, ордук хотуулаах, ьигыннарыылаах. Үөрэҕи ылынымтыа оҕо туспа курду-гун да эбитин иннигэр, олох олорор үөрэҕи урут оҕо бары ылы-нан олордоҕо дни. Ол билигин аҥаардастьгы атьш омук үөрэрш эрэ үөрэх гыммыт аайы, маннык кэм ааһара кэлиэҕэ. Атьпгыраан ылымматгар оҕолор. Оҕо айылҕатынан атынырас буолар куолу.

Кыыс туһунан олоҥхо устуоруйабыт биир олуга буолуоҕар сөп. Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотуругар» устуоруйабытын су-руйбут дии саньгыбын. Кини бэйэтэ биир ыстатыйатыгар эппитин курдук бу олоҥхо соҕурууттан көһөн кэлбит суолбут буолбат. Оннук буолбатаьъш Ойуунускай да билэр бөҕө буоллаҕа ээ — көннөрү оччотооҕу былаас науканы талбыт уҥа-хаҥас тутарын аанньа соруйан суруйдаҕа дии саныыр баар. Дьиҥнээх санаатын кини олоҥхотугар кистээн суруйан хаалларбыт.

Онно маннык. Саханы маҥнай олохтуулларыгар кэргэннии дьо-ну түһэрэллэр. Ол ыал уоллаах кьгыс игирэ оҕолоноллор. Ити аата ол сажана олох оннунан баран иһэр, норуот үөскүүр-төрүүр киэбэ сөптөөх, үүт-тураан. Онтон киирэр киирэн барар — бу эмиэ олох устар ууруллуута, ундаара, устуоруйа хаамыыта-айана буолар эбит. Туох да уларыйбакка эрэ буолбат. Оннуттан уларыйан, халбары-йан, хамнаан эрэ барбыта баар буолар — динамика дэнэр. Үчүгэй да аһары барара үчүгэйгэ тириэрдибэт буолар эбит. Сэт-сэлээн кэ-лэрэ кэлэр сириттэн. Кэскил кэлэрэ эмиэ бэйэтэ туспа кэлэр си-риттэн. Кэлэр кэлэн иһэрэ хайаан да бэлиэлээх буолар. Култуураҕа туох барыта бэлиэ, туох барыта бэлиэлээх дииллэр, туох да мээнэ буолбат. Инньэ гьшан олоҥхоҕо били үүт тураан олох уларыйа-рыгар бэлиэ кэлэр — былыт тахсар ити кэннэ иккиттэн биирин, иккиэннэрин даҕаны кэлэн былдьаан-талаан илдьэ бараллар.

Ол кэннэ ону бьгы!тыырга анаан айыы бухатыырын ньургун киһини түһэрэллэр. Бу киһини кытта били кэлтэйдээбит олоҕу он-нугар түһэрээри, эбэтэр олох кэлтэйдээбэтин диэн балтын биэрэн ьщталлар. Дарыбыан олоҥхотугар, Нооройго даҕаны бу түһүмэх кэпсэнэр — бухатыыр балтыныын иккиэйэҕин олорор буолар. Онтон аныгыскы эргииргэ быһылаан буолан саҥа төрүүр уол оҕо туспа дойдуга тулаайах иитиллэр уонна айыылар көмөлөрүнэн дойдутун-дьонун булан эргиллэр. Устуоруйабыт бу кэрчигэ олоҥхоҕо Эр СОЕОТОХ кэлэринэн көрдөрүллэр. Эллэй Боотур туһунан номох, дьюгэр, эмиэ маны кэпсиир диэн Сэмэн СОМОЕОТТО учуонай этэ-рин саха дьоно истэр инигит? Эллэй саваттан уол овону тыыннаах тулаайаҕа оҥорбут олоххо олорон кэллибит. Уол оҕобутун олохтон тэйитэр хараҥа күүс эҥинэ бэйэлээхтик дьүһүн кубулуна-кубулуна ааспакка-арахпакка дьайа сылдьар. Аныгы үөрэх диэннэрэ уолу оскуолаттан тэйиттэ, үөрэхтэн матарда.

Кыыс оҕо курдук айылгыламмыт, дьахтар курдук буола улааппыт көлүөнэ дьон омукпутун абырыахтара суоҕун билэн Үөһээҥҥилэр Кыыс Бухатыыры ьшталлар. Бу устуоруйабыт өссө биир эргии-рэ буолар. Кулыурологтар иһэр үйэ или-эйэни аҕалар дьахталлар (жены-мироносцы) үйэлэрэ буолуо дииллэр (П.А. Сорокин, 20-с үйэ). Кинилэр бары омуту барытын саба быраҕан ууран көрөн этэл-лэр — кими да чопчу ааттаабакка.

Аны туран, бу биһиги олоҥхобутугар баар өссө биир эргииргэ ОЕО Тулаайах диэн бухатыыр кэлэр. Аан дойду мифологиятын көрдөххө, бу уобарас эмиэ барыларыгар баар биир төрүттээх уобарас — кини-ни нууччалыы «Пропавший Принц» диэн ааттыыллар. Бу Герой ана-ла — ийэлээх аватын быыһааһьш. Биһиги Оҕо Тулаайахпыт да үүт-маас маннык Герой буоларын кыратык толкуйдуу түс да өйдүүгүн.

Килээпир үс суол олоҥхотугар устуоруйабыт хаамьштын-айанын үүт-маас маннык кэпсиир эбит. Бу үс олоҥхотун ордук таптаан олонхолуур да эбит, дьон таптаан, ылларан-таттаран туран истэр да эбит. Ханнык олоҥхолоруй диэтэргит — «Дьулуруйар Ньургун Боотур», «Эр Соҕотох» уонна «Кыыс Кыталык». Ити! Ойуунускай ону барытын биир олонхо гына хомуйа тардан суруйбутум диир — биир тиэкис оҥорон! Төһө да отут суол олонхоттон хомуйан онордум диэ-тэр, дьинэр, бу сүрүн үс суол олонхоттон эбит! Бу үс суол олоҥхо кэлэн биир кэлим олоҥхоҕо-тиэкискэ киирэн хаалыыларын наука эмиэ бэркэ диэн быһаарар: части входят в целое. Тиэкис диэн биир кэлим, бүтүн буолар: текст есть целое. Аныгы саха баар олонхону барытын син-биир ситэн аавыа, истиэ суова диэн инньэ гьпша эрэ хайдах. Эмиэ илдьит ыыппыта сүүс сыла буолла, отгон биһиги би-лигин да аахпаппыт, аахайбаппыт, баардылаабаппыт.

Килээпир да бэйэтэ айбатава биллэр — кини син-биир эмиэ ти-риэрдээччи буоллаҕа дии. Кэмэ суох элбэх олоҥхотуттан уос номоҕо буолан ааттара эрэ хаалбыт курдук. Оттон Дарыбыан ТОЕО эрэ уон ордугуна икки олонхолоох эбит, онтон иккитин сурукка киллэр-биттэр. Суруллубут буолан тыыннаахтар диири ардыгар ылыммаппын. Сурулунна да хата төттөрүтүн тыыннаах олонхо буолан бүтэр диэхпин санаталаан ылабын — устуоруйа буолар, бэккэлээтэҕинэ литературнай олоҥхо дииллэр. Аутентичность дэнэрэ сүтэр. Да-рыбыан бу 12 олоҥхото ийэ тылынан этэр тиэкис (устный текст) эбит быпыылаах диэн сэрэйэбин. 12 Айыыттан ахсыларыттан кэ-лэр илдьити этиппит диибин. Олоруттан ити Ньургун икки Туйгун икки тупунан илдьит сурукка киирбит. Онтон атына сүппүт диир кэрэгэй. Атына атьш улуустарга суруллубут буолуон сөп.

Хайдаҕын да иннигэр ити 21 олоҥхону суруйуохтаахпыт диир өйгө туох эрэ баар. 21 диэн 12 уонна 9 ахсыы суумата. Бу ахсыылар тоҕо эрэ эргийэ сылдьаллар. Ахсыы диэн көтүппэт бэлиэ. Билигин маны этитэн этэн Taliaapap олоҥхоһутгар кэлиэхтэрэ. Арай эрэ кумааҕыга суруйбут сурук тиэкис дэммэт — туох барыта бэлиэ, илдьит, ис хоһоонноох тиэкис буолар дииллэр маны билээччи дьон — культурологгар.

Ити этэр тоҕус бухатыыр бука тоҕус добун халлаан илдьиттэрэ дьон буоллахтара буолуо?! Сааһылаан, оннун булларан ааҕар киһи чахчытын экчи этиэх этил эр! Илдьит кэлэрэ уһуйуу, туттарыы (традиция, трансляция) быһыытынан бэриллэр. Холобура, Килээпир Табаахырапка туттар-быт диэн билэр курдукпут. Оттон Килээпир кимтэн туппута бил-либэт. Табаахырап олонхолорун сурукка киллэрбэтэхтэр, ол аата хайаан да кимиэхэ эрэ туттарбыт буолуохтаах. Аналы толорботоҕо буоллар кинини ылыа суоҕа этилэр. Толотторон эрэ баран илдьэ бараллар. Ол туттарбыт киһитэ билигин төрүү да илигэ буолуон эмиэ сөп. Биир киһи олоҕо диэн устуоруйаҕа ахсааҥҥа киирбэт. Баҕар ити билигин Аан дойду айыы хаан аймахтара (ЮНЕСКО-ны этэбин) илдьити тутаннар биһиги олоҥхобутун быыһыырга ту-руммуттара буолуо. Оччоҕо оннук оь;о билигин төрөөн олоҥхолоон эрэр буолуохтаах. Тоҕо эрэ оҕо олоҥхолоон турбута дьикти. Иччи-лээхтик этэр оҕолор бааллар, Мөһүлгэтин туоллаҕына көрүөхпүт, көстөн кэлиэҕэ. Ыччат олоҥхотун иккис сылыгар ЮНЕСКО быһаарыытын туппуппут уонна уон сыллаах (2005 — 2015 сс.) бы-лаан ылыммьшпыт эмиэ дьикти — ол аата биир мөһүлгэ (12 сыл) устата ыччаты олоҥхоҕо уһуйуох тустаах эбиппит! Мөһүдгэни хайаан да баардылыыр тустаахпыт — Күн аннын дьоно күн эргиирин бата олорорбутун туох да уларыппат.

Айылҕа, киһи айылҕата эмиэ уларыйбат тутуллаах. Киһи диэн ааттанар айылҕа баарын тухары Олох олорор анал уларыйба-та өйдөнөр. Бу анал уларыйда да сиргэ олох уурайар. Ньургуннар Орто дойдуга хайаан да балыс кыыс оҕолоох кэлэллэр диэн буолар. Олоҥхону чинчийбит дьон инньэ дииллэр. Оттон ол тоҕо оннугун атьш өттүттэн ууран көрөн уҥуордуур баар буоллаҕына, балыс диэн кимин-тугун толкуйдаан, бу тыл ис хоһоонун сүөрэн көрүөҕүҥ. Балыс диэн биирдэ саныырга, утарытынан, бииргэ төрөөбүт сааһьшан кыра кыыс оҕо. Кыыс айылҕа. Отгон ханарытан этэргэ саха киһитэ балтым диэн алын күүһүн, төрүүр этин айылҕатын этинэр. Ийэ диэнтэн атыннаах. Алын күүһүн саха ийэм диэбэт — балтым диир. Балыс диэн аны туран альш сүһүөҕэ, эдэрэ ааттанар — саадынан балыс диэн буолар. Ол аата бухатыыр балтын илдьэ кэлэрэ диэн кэлэр кэскиллээх анатан кэлэрэ этиллэр. Ити үс буолла. Саха хае биирдии тыла кырата үс хос суолталаах. Итини тапынан балыс диэни иккиттэн биирэ дииргэ эмиэ сыһыары тутуохха сөп. Убай-балыс буолан анатан киирбиттэрэ ол аата толору гына таныллан бу сиргэ-дойдуга толору олоҕу салҕааҥ диэн анаппыттара. Оччоҕо балыс диэн манна иккиттэн биирэ буолан тахсар. Айылҕа, төрүүр-ууһуур айылҕа иккититтэн биирэ — тыһыта балыс диэн ааттанар бу сырыыга. Иккиттэн биирэ диэн аны туран тэҥниир өттө, утарыта ааттанар. Айылҕа иккилээх айыллар, ол иккитэ арахсыспат ута-рылаах. Сырдьж хараҥа икки, үтүө мөкү икки, өлүү тиллии икки о.д.а. бүппэт ситимэ айылҕа иккитэ буолар. Бу олоҥхо§о бухатыыр эйгэтин, дьайыытын тэҥниир анал балыс дэнэр. Холобура, То¬йон Ньургун балта Үрүҥ Уйантай аата да этэринии уйан кутунан убайын дуолан айылҕатын намыратан, нарылаан ортотун булларар, оннугар түһэрэр. Өлөрөөрү өрөһөлөнөн турдаҕына да уҕарытар тылы, албаһы, ньыманы булан олоҕу салгыыр айаны быстарбат. Убайа даҕаны ол кырдьык өлөрүөм дии саньгыр алҕас — маннааьъ1 олоххо аналгын толорбокко олоруоҥ да, анараа дойдуга төттөрү утаарыам диир быһыыта буолар. Өлүү диэн анараа дойдуга төннүү буоларын аныгы саха өйдөөбөт буолан, балтын өлөрүөх буолар туох аатгаах киһиний, өссө айыы бухатыыра аатырбыт буола-буола диэн бэккиһиир, сөҕөр, чымайар, кэлэйэр. Олоҥхолорбут наһаа хааным-сахтар, одолорго тоҕо кэпсиигит диир дьон баар. Ол букатын ал$ас. Хаан диэн олох диэн суолталаах тыл.

Аат диэн суолу солуур, киһи бэриэччитэ, этэр бэлиэтэ диибит. Бу олоҥхоҕо бухатыырбыт балтын аата туту этэрий? Туйаарыма Куо аатын суолтатын ырыта сатаабытым баарын аахпыккыт эбитэ дуу? Ойуунускайга Ньургун Боотур балтын аата Айталы Куо диэн. Үрүҥ Уйантай диэн аат Үөһэттэн Үрүнтэн Сырдыктан тардыылаах аат. Киһиэхэ уйан кут диэн таайар, таалар, таптыыр айылгы баар. Уйан сир диэн баар — кипи чараас, кэбирэх, эмеэ, тыын сирэ. Уйан сиргин таарыйтарыма диэн буолар. Мантан сиэттэрэн Ньур-гуммут хайдах майгылаах, айылгыта хайдах кипи буоларын билэ-бит. Хара хаана хойдумтуо, кыыһырыгас, хараҕа хараҥарымтыа, ол аата мунумтуо, хатан хааннаах. Туой кини aһары түһэ, сиэри кэһэ сылдьар идэлээх. Ону балта тэҥнээн биэрэн иһэр. Хайа да олоҥхо сүрүн төрүөтэ кыыс оҕону былдьааһын, ол эбэтэр аҥаар хаалла-рыы, кэскили кэлтэйдэтии. Тоҕо оннук былдьаһык баарый диэ-хэххэ — бэйэтэ. Олох бэйэтэ оннук оҥоһуулаах айыллыбыт, олох иһин охсуһуу олох дэнэр. Былдьаһыыта, тыын харбаһыыта суох тыыннаах буолбат оҥоһуу тыыннаах айылҕа бүттүүнүн оҥоһуута-айыллыыта. Утарыта күрсүү күүһэ олоҕу хамнатар. Онтон туораа-быт суох. Дэлэҕэ даҕаны кыыс оҕону хаадьылыырга «былдьаһыкка быстыбыт бырта сыата» диэхтэрэ дуо. Кыыс оҕону ол иһин киискэ кистээн, саарбаҕа саһыаран, хаппахчыга хатаан улаатыннара са-тыыллар эбит буоллаҕа.

Биир саамай мунаарбыт суолум диэн буолла — бу киһибит туос сатыы сыддьан охсуһар, Ааттаах-суоллаах анал ата айанын былаһын тухары суох. Ойох ыларыгар эрэ атын аҕалан биэрэллэр, ол атынан ханна да айаннаабыта кэпсэммэт. Аҥаардастыы аат миҥэлээх, ол аата бэйэтин аатын ат гынан миинэн айанныыр, суолун солонор. Биир төгүллээн мохсоҕол буолан кубулуммут уол (хойут күтүөтэ буолуохтаах Күн Тулуур бухатыыр) киһибитин тойон ынырыа оҥорон кытаахтаан айанныыр. Аны таҥаһа-саба диэни эмиэ тэ-рийбэттэр. Ону мин испэр: «Дарыбыан олоҥхотун ситэ кэпсээбэ-тэх дуу...» — дии санаатым ээ.

Тоҕо инньэ диигин диэтэр, холобурга, олоҥхоһут Боодоҕос «Кыыс Дэбилийэтин» ситэ суруйтарбакка окко киирэрэ кэлэн ыксаан баран хаалбыта, билигин ону билбэт кипи аахтаҕына бу бухатыыр кыыс ыал буолбат курдук. Дьиҥэр оннук буолбатах. Кини Чугдаан Бухатыырга эргэ тахсан уол оҕолоноллор. Ол уол охсупуута бу олоҥхо иккис үйэтэ буолуохтааҕа сурукка суруллубатах. Дарыбыан да олоҥхотугар биир эрэ үйэ баар, биир кипи үйэтэ. Холоонноох доҕорун Дьоһуннуур Куону кытта хоонньоһоллорун быһыта-орута этэн иһэн түргэн үлүгэрдик суулаан кэбиспит, эп-пэтэх. Онон буоллаҕына киһибит аттанара, тангастанара-саптанара, оҕолоноро (уолланара) ситэ суруллубакка хаалбыт. Ону бэйэбит ситэрэн ааҕыахтаах эбиппит. Биир бэйэм итинник аахтым. Улахан, ситэри-хотору олоҥхо кырата үс үйэлээх буолар куолу.

Кэргэннэнэр охсуһуутугар бухатыыр кимэ-туга биллэр. Хайаан да икки күүһү кытта охсуһар. Биирэ абааһы бухатыырын, ол аата бэйэ-титтэн атын, бэйэтин иһигэр да баар буолуон сөптөөх атыыр күүһү кытта охсуһан кыайар. Иккиһэ кэргэн ылыахтаах кыы11ын охсуһан кыайар, иннин ылар — тыһы күүһүн сыһытар, алын күүһүн ач-чатар, үрүт күүһүн көҕүрэтэр-өһүлэр. Ыал олоҕун тас эйгэтигэр Д^зхтар баһыйар буолла да, эр киһи эр киһи буолан бүтэр. Хоту айылҕаҕа бу тускул билигин да сүнньүнэн тутуһуллар. Киһи иһигэр Дьахтарыттан эр киһититтэн тутулуга суох анима-анимус диэн айылҕа баарын омук учуонайдара эмиэ билэллэр (Фрейд, Юнг). Бу охсуһууну эпосоведтар «Героическое сватовство» диэн ааттаан идентификация, ол аата бэйэ биирин, аналы билинии ньымата дииллэр. Сокотох аналын бухатыыр итинник охсуһан эрэ билэр аналлаах эбит. Бу охсупууну эмиэ сирэйинэн өйдүүр тутах. Омук бэйэтин билиниитэ, киһи бэйэтин билиниитэ маннык охсуһуу киэбэ киэптэнэр. Хайа да омук эпоһыгар ону маннык охсупуунан көрдөрөллөр.

Айыы Бухатыыра, Ньургун киһи маҥнай бэйэтиттэн балыс хаан-уруу дьонун олохторун оҥорон эрэ баран бэйэтэ кэргэннэ-нэр. Аналынан сиэрэ оннук, кини ону хайаан да тутупар. Ньургун киһини ол иһин орто дойду олоҕо огдолуйаары гыннаҕына ыытал-лар. Үөһэттэн. Күннээҕи да олоххо оннук — убай киһи, тумус киһи маҥнай кыраларын олохторун оҥортоон баран ыал буолара баар. Урутаан ыал буолла да кыайан көмөлөспөт, наар бэйэтин кыра кыһалҕатьҥар хам ылларар аакка барар. Саидар, чэчириир ийэ-аҕа ууһа хайаан да тумус ньургун дьонноох буолар эбит.

Билигин саха буоларбытын билинэ сатаан саатыырбыт (нацио¬нальная, этническая идентификация) үчүгэйдик олорорбутуттан буолуон сөп курдук эбит. Сэрии алдьархайын саҕана омук буолан чэчириир санаа да киирбэт — тыыннаах эрэ хаалбыт, киһи эрэ буол-бут киһи диэн өлөр мөхсүү — ханнык да омук буолар туһунан өй да киирбэт. Баар эрэ буолуохха диэн. Тыын тыыҥҥа харбас кэмҥэ оннук буолар эбит. Ол аата омук буолар тупа диэн тыын сир, тыын богшуруос буолбатах диир сөп дуо? Арааһа сыыһа буолуо. Сьшһа бөҕө буоллаҕа дии — ол тыыннаах хаал да туда көрүнэ, бэйэҕин тут-тан көрө, өҥөнө түһэҕин буоллаҕа дии. Кимминий-туохпунуй, хан-набыный диэн. Онон үчүгэйдик олорор эрдэххэ, кэмин былдьаһа, тутуу былдьаһа омукпут туһун толкуйдуурбут ордук сөп. Омуга суох киһи диэн, дьиҥэр, суох. Тыын кута суох, ороон таптыыра суох, бэйэ эйгэтэ суох олорон да диэн — оннук олох ис хоһооно (смысл жизни) сүтэр. Бухатыыр бэйэтин минин билиниитин (идентификация диэти-бит) биир суол көрүҥэ кини абааһы бухатыырын охсуһан кыайара буолар. Бу «Тойон Ньургун» олоҥхоҕо биһиги киһибит биэс төгүл төхтүрүйэн туран түөрт аныы абааһыны кыайар-хотор, өрөгөйдүүр. Бу абааһы бухатыырдарын ааттара-суоллара эмиэ туту эрэ этэн эр-дэхтэрэ буолуо бука хайаан даҕаны. Аат диэн эмиэ көтүппэт бэ-лиэ. Ыйыста Хара, Муус Өндөлү, Алып Хара, Муус Тумараалдьын диэннэри кытта охсуһара суол-суол туох эрэ моһоллору кыайарын этэр курдук. Ол иһигэр Ыйыста Хара иккистээн тиллибитин кытта иккиһин эмиэ охсуһан кыайар. Оччоҕо икки-үс төгүл Хараны кыайар, икки төгүл Мууһу сууһарар. Хара диэн Үрүҥ утарыта, Муус диэн Уу утарыта. Үрүҥ даҕаны Уу даҕаны киһи ийэ кутун тутар эйгэлэр. Үрүҥ Тыын, Уу кут диэннэр ийэ кукка уйаланан сыл-дьар эйгэлэр. Биирэ ки!ш төрүүрүгэр киирэр уонна киһи тыына быһыннаҕына биирдэ куотар (Үрүҥ тыына бардаҕына киһи тыы¬на быстар), иккиһэ ийэ куту ымай киэлигэ кутан уйалыыр. Үрүҥ тыын өллөйө, хара тыын харыһыга диэн киһи тыыннаах сылдьарын хааччыйар. Дьэ бу балары былдьаары гынар баарын бухатыыр киһи хайаан да кыайдаҕына эрэ олох салҕанар. Он он дуолан охсуһууга киирэригэр эрэ тиийэр — атын суол суох. Үрүҥ тыыны ыйыстар алып баарын билэбит дуу? Эчи чыычыйын эбитин! Уу куту сиир өндөл халлааҥҥа да, тумара байҕалга да баарын олонхобут сэрэтэ-рин болҕойобут дуу? Тыый эбэтээ, сэрэн-сэрбэн, арах-арах, антах буол диэтэҕим!

Айыы Бухатыыра да, Абааһы бухатыыра да охсупалларыгар икки өттүттэн көмөлөһөөччүлээх буолаллар. Ойуун-удаҕан эмиэ оннук көмөлөһөөччүлээх буолаллар. Көннөрү да кипи онто суох сатам-мат. Көмө күүс диэн ол аата айылҕа тутула, ситимэ. Көмөтө суох туох да кыаллыбат буолар эбит. Күүс-көмө диэн ол иһин холбуу этэбит. Икки аҥыы ситим — үүннэрэр икки үрэйэр икки ситим — охсуһуута олоҥхо буолар. Ол аата олоҥхо бухатыыра мөлтөҕүттэн көмө көрдүүр буолбатах эбит — көмөлөөн кыайар аналлаах эбит-тэр. Ситим эрэ ситэн хотор. Соҕотох, Зр Соҕотох оннооҕор онтон туораабат. Соҕотох аҥаардастыы аатырбыта диэн оннуттан суох. Бу «Тойон Ньургун» олоҥхоҕо биһиги киһибитигэр кимнээх көмө-ньыма, күүс-көмө буолалларын эмиэ араара санаан көрөр киһи туту эмэни эмиэ эбии өйдүө эбитэ буолуо.

Умсуур Удаҕан, Айыы Намыһын удаҕаттар, Айыы Быйаҥ уолаттар уонна отгон Үрүҥ Аар Тойон илэ бэйэтинэн быыһаан-абыраан арчылаан киһибит этэҥҥэ эргиллитэлиир. Күн туллара, күһэҥэ быстара буолла да саха ки1штэ билиган да ойууна-удаҕана суох буолбат. Бытырыыстаах эрэ быыһыыр тиһэх түгэнигэр тиий да ис-киттэн этитэн киниэхэ тиийбиккин бэйэҥ да билбэккэ хаалаҕын. Ону хата кини урукку аахайбатаххьш эҥин аахса барбакка, хом санаатын киэр кыйдаан быыһьп>1 барар. Togo диэтэххэ киһи барахсан айылҕа төрөппүт оҕото — ойуун ол иһин ийэ айылҕатьшан киһини быыһыыр эрэ анатыылаах. Ол иһин Умсуур Удаҕан дьаалы Ньургун тойон махтанар диэни билбэт ньүдьү-балайын баалаабат. Оттон оҕо тойон Ньургун буоллаҕьша ийэ айылҕатын арчылыыр күүһүгэр иһиттэн итэҕэйэр-эрэнэр буолан сиэрин ситэрэ сатаабат — киһи бэйэтин ийэтигэр-аҕатыгар син биир оннук сьйтыаннаһар дии. Туора киһиэхэ диэри ньымаат үөһэ түстэххиний диэн бэйэҥ киһиҥ үрүт-үөһэ махтал-баһыыба бокулуонун ууран турдаҕына соһуйаҕын, ороһуйа истэҕин. Тойон Ньургун көмөлтө күүһэ икки иккитэ икки-лии эбитгэр — Атыыр Умсуур Удаҕан Хотун аҕаһа икки Үрүҥ Аар Тойон аҕа икки итиэннэ айыы намыһын удаҕан кыргытгар икки айыы Быйаҥ уолаттар икки. Ситэри толору көмө эбит, доҕор. Онон кыайар буоллахтара дии. Кэлтэй күүс хотторуулаах тахсара биллэр.

Көмүскэстээх санаалаах айыы хаан аймаҕьггтан бу олоҥхоҕо ким-нээх баалларый диэтэр — Нуораҕана Баай Хотун икки Нуораҕалдьын Баай Тойон икки иккиэн итиэннэ кинилэр уоллаах кыыс оҕолоро Таатык Бэргэн икки Маҥан Ырылыын икки бааллар. Бу Олоҥхоҕо хас ыал үөскүүрүн эмиэ бэлиэ курдук көрөргө Тойон Ньургуммут сур-дьа Оонньуулаах Мохсододдьун Маҥан Ырылыыҥныьш, Үөһээттэн киирбит Атыыр Умсуур суорумньута Күн Тулуур Үрүҥ Уйантайдыьш уонна Тойон Ньургун эппит курдук Дьоһуннуур Куо диэн бухатыыр дьахтардыын холбоон үс ыал буолар. Үс саҥа ыал.

Үс диэн олохтуур ахсыы диибин, үс буолла да олохсуйар, охтубат, кэйбэлдьийбэт — ол айылҕа сокуона, бэйэтэ оннук. Отгон Үрүҥ Аар Тойон кыыһа Айталыьш Куо босхолонон баран дойдулуур — кини эмиэ хайаан да ким эрэ анала буолуохтаах. Ону эппэтэхтэр. Уонна Таатык Бэргэн кими да ылара эмиэ этиллибэккэ көтөн хаалар. Аны ки!шбит таайа Муҥ Таар бухатыыр диэн эмиэ аҥаардас сылдьар. Ити аата барыта үс киһи сулумах хаалар — бу эмиэ кэлэр кэскил тирэҕэ буолуохтаах. Ол аата кэлэр өттүгэр өссө да үс ыал үөскүөх тускута этиллэр.

Олоҥхоҕо кырдьа барбыт да киһини эдэригэр түһэрэн туран ыал оҥороллоро кэпсэнэр — холобура, Тойон Ньургуммутун инньэ гы-наллар. Маҥан былыты миинэн икки Айыы быйаҥ уолаттара кэлэн үрүҥ илгэни кытта аналлаах атьш дьэ аҕалан биэрэллэр. Ол үрүҥ илгэни иһигэр иҥэринэн, таһьҥар соттон ки1шбит эдэригэр түһэр. Бу тугуй? Бу биир этии бүүс-бүтүннүү бэлиэ, символ дии! Хас биир-дии тыла символ. Мандар этэринии, бу биир этии бүтүн сэһэн буолар гына ыга симиллэ сылдьар. Аттанан дьэ ыал буолар. Били сатыы сылдьыбыта уурайар эрээри, ат диэн манна атыны этэллэрэ буолуо — атыыр күүһү. Атын өҥүн-дьүһүнүн, аатын-суолун эп-пэттэриттэн, аттанан дьахтар сүгүннэрэн аҕаларынан эҥин сылык-таатахха оннук курдук. Икки диэн төрөтөр ахсыы, үрүҥ илгэ диэн олох олорор илгэ, олох оҥорор күүһү киллэрэр.

Олоҥхо айанын суола хас эргиирин, тоҕойун, суол арахсыытын, аартык аанын аайы бэлиэлээх, эркээйилээх буолар. Олоюсо бэлиэ-лэрэ (знаки), си бэлиэлэрэ (символы) диэни туспа арааран ааҕыах, ааҕа үөрэниэх баара. Билбэт суолун киһи үөрэнэн билэр. Атын омуктар бэлиэлэрин атылыы тутан киһи бэйэтин киэнин билиэх эбит. Культуролог оҕолорго итинник сорудах биэрдэххэ, син ону-маны арыйыахча айылаах буолаллар.

Бэлиэ бары омукка биирдээҕэ баар. Олоҥхоҕо баар абааһы ха-йаан да аҥаар айылҕаланар бэлиэтэ туту этэрий? Ол аҥаарын толоруна сатаан абааһы хайаан да айыы киһитин буулуур үгэстээх, анала оннук. Атьштан хантан да аҥаарын толоруммат буоллаҕа буолуо. Өлүү Дии. Өлүү диэн онон баара дуу биир үксүн? Өлбөппүт буол-лар аһары элбээн батыахпыт суоҕа этэ дииллэр эрээри, өлбөппүт буоллар айыы-таҥара буолбут буолуо этибит. Киһи буолан бүтэбит. Киһи буоларга анаммаппыт даҕаны.

Тоҥус бухатыыра диэн кимий? Кини тоҕо икки сирэй буолар идэлээҕий? Этэллэрин курдук биһиги, сахалар, соҕурууттан кэ-лэн кинилэри үтэйбиппит туоһута буолуо диэбэппин. Айыыга да, абааһыга да иккиэннэригэр тэкинэн көмөлөһөр кини эрэ буолбат. Бу туох эрэ эмиэ туспа айылҕа баара кэпсэнэр. Симэхсин эмээхсин, Тимир Дьиэгэликээн эмээхсин эҥин диэннэр эмиэ икки эйгэ икки ардыгар ситим буолан үйэ тухары бааллар, баайтан баайга көһө сылдьан сүөсүһүттүүллэр эҥин. Кытай Бахсылааны Ууһу, Улуу-туйар Улуу Тойону бэйэтин да ылан көр, эмиэ икки ардьшан айыл-гылаах улуу дьаалылар дии. Бу тугуй? Айылҕаҕа ол аата маннык эмиэ баар. Ол биһиги көһөн кэлбиппит туоһута хайдах да буолбат. Хайдах итинник толкуйдуохха сөбө эбитэ буолла? Тоҕо? Дэттэрдэх-тэрин аайы дии турар диэн олорор мутугу кэрдиммиккэ тэҥнээх.

Олоҥхо диэн ки1ш бэйэтин ис эйгэтэ эбит буоллаҕына, ол аата бу маннык айылҕа кипи бэйэтин ипигэр баар — тэннээн, орто-тун булан биэрэр кипи бэйэтин минэ — үһүс минэ буолуон сөп. Уайт, Фрейд, Шпенглер, Сорокин, Каган эмиэ маннык үс баарын араастаан ааттыылларын уонна саха үс кут диэн баарын билэрин атылыы тутан толкуйдаа да, кипи үс миннээҕин кинилэр эмиэ би-лэллэрин итэҕэйэҕин.

Кытайдар икки эрэ куту — Инь икки Ян икки диэни — би-лэллэр дии саныыр алҕас. Кинилэргэ эмиэ үс биирэ диэн баар. Үһүстэрэ диэн бу икки холбуута, бииргэлэспитэ ааттанар — Инь-Ян. Оччодо бипиги олонхобутугар баар икки өрүттээх тонус буха¬тыыра, кипи бэйэтин ипигэр айыы да, абаапы да иккиэн тэнинэн бааллара, иккиэн холбуулара кипи диэн ураты айыллыы буолара маныаха дьүөрэ буолан тахсар.

Олоҥхоҕо атын эйгэдэ киирэллэригэр бука бары дьуһүн кубу-луйаллара (Өксөкүлээх сүбэлиир дьүһүк кубулунуутуттан бу атын) баар. Маны, бу кубулуйууну эмиэ сымыйаргыыр, омуннааһын курдук ылынар дьон баар. Киһи үс кутугар Үс эйгэ бары баар. Уу балыга, халлаан көтөрө, буор сир кыыла-сүөлэ буолар ис айылҕа киһиэхэ баар. Олоҥхо Ус дойдута диэн киһи ити үс эйгэтин эмиэ ааттыыллара буолуо. Орто дойду диэн буор дойду дэнэр. Уот икки уу икки эйгэ дьиктилээҕэ Үөһээ уонна Аллараа дойду эйгэлэрэ. Ханнык кут хайа эйгэ§э киирэр-тахсар кыахтааҕа, ханнык эйгэтгэн тууралааҕа көстө-биллэ, этиллэ сылдьар курдук дии. Кутун истэр ама да киһи итинник кубулуйуон сөпкө дылы диэххэ айыылаах санаа кииртэлээбэт дуо эһиэхэ? Оннук ээ — уонна хантан ылан итинниги билбэт кипи этиэй-кэпсиэй? Олоҥхоһут бэйэтэ итинник айаннаан эрдэҕэ ээ. Эчи хаарыаны, айаннаспыт киһи баар ини диэ-бэккит дуо? Герменевтикалыыр киһи, олоҥхону aagap киһи, ситэн истэр киһи итинник айаннаһан иһэн аттан охторо баар буолааччы. Эчэйиэххэ да сөп эбит этэ. Олоҥхоһуту да, олонхо истэ олорор да киһини онон букатын тыыппат, аралдъыппат куолу.

Олокхо олук хоһоонноро уонна олоҥхо олуктара диэни араара саныыбын. Икки аныылаах. Иккиэн бааллар. Серошевскай этэр хоһоонноро (стихи олонхо) олук хоһооннор дэнэллэр. Оттон олоҥхо олуктара диэн мин биир кэлим туһумэҕи, туһааннаах илдьити этэр биир кэлим кэрчиги (тиэкиһи) ааттыыбын. Оннук олугу оҕоҕо кылгаппакка, алдьаппакка этиттэххэ аа-дьуо көҥүл этэр. Нойоһуус үөрэтэр диэхпин туттунабын — оҕо хайдах эрэ бэрт дэбигис ылынар, үөрэ-көтө этэр, өссө салгыы этиэн-кэпсиэн ба5арар. Манныгы мин кэлимсэ (целостность), кэлим билии (целостное знание), ис ил-дьит (кодированная информация) дии саныыбын. Маннык билии хае биирдиибитигэр испитигэр баар.

21-24.09.07. — Тэйилгэ кэмэ

  1. Серошевский В.Л. Якуты: опыт этнографического исследования. 2-е изд. — М., 1993. — С. 589

Сүрүн сирэйгэ төннүү

Санаайа айымньыларыгар