Ол-бу көстүүлэр
Аата, тэбиэн кыыл этэ буоллаҕа!
Абааһы аһаабыт сириттэн арахпат.
Абааһыны абааһы сиэбэт.
Албыҥҥа акаары бараммат.
Алгыс баһа сыалаах, кырыыс баһа хааннаах.
Aрай күн арҕааттан таҕыстаҕына оннук буолаа ини.
Арай ыт мунна куурдаҕына оннук буолаа ини.
«Арах» диэхтээҕэр «алакы!» буоллаҕа дии.
Ат көһүннэҕинэ ыҥыыр көстүө, быһах көһүннэҕинэ кыын көстүө.
Ат сүүрдэҕинэ ыт хаалбат, көҕөн көттөҕүнэ чөркөй хаалбат.
Балык дириҥи былдьаһар, көтөр үрдүгү талаһар.
Билэр күөлүм балыга.
Бүппүт баһыллыбат, тохтубут туолбат, хайдыбыт самсаммат.
Быа синньигэһинэн быстар, быһах уһугунан тостор.
Былыргыны былыт саппыт, аныгыны айыы айбыт.
Былыргыны былыт саппыт, аныгыны ардах сууйбут.
Бырахпыт быыра курдук барда.
Быһах угун кыстыммат, суор хараҕын оҥуспат.
Бэл хара тыа ыллыктаах, бэл күөх далай оломноох.
Бэл өрүс уута уолар.
Далай балыга көнчүөлээх, дайҕа кыыла сэттээх.
Далайга түс, чалбахха таҕыс — миэхэ син биир.
Дугдуруй да оҕус.
Дьадайан баран баайгын кэпсэнимэ, кырдьан баран күүскүн кэпсэнимэ.
Икки тараҕай быттаспыттарыгар дылы.
Инники атаҕы кэнники атах сиппэт.
Иннин тымтыктанан көрбүт суох.
Иччитэх куулу олордьу ууруоҥ суоҕа.
Килэгир харах, көҥдөй көҕүс.
Киэҥ үрэх чэлгиэннээх, уһун үрэх уорааннаах.
Көҕөн көттөҕүнэ, көппөх өрүкүйэр.
Көҕөн көттөҕүнэ чуркуй (чыркый) хаалбат.
Көҕөнүн ытабын диэн чуркуйуттан маппыт.
Кураанах хамыйах айахха баппат.
Кус түспэтэх уута суох, тииҥ ыттыбатах маһа суох.
Күн хараҕата туллара, күһэҥэ быата быстара буолла.
Күөскүн эрдэттэн өрүнүмэ.
Кылбайбыт эрэ кыһыл көмүс буолбат.
Кэннэкитэ кэтинчэ даа буоллун.
Килэгир харах, көппөҕөр мурун, көҥдөй көҕүс
Кумах мэйии, хоҥхо бас
Көмүскэтэрим эрэ көмүскэм уута, харыһыттарарым эрэ хараҕым уута
Көрдөр хараҕым дьүккэтэ, көтүрдэр тииһим миилэтэ
үҥэр муоһум, тэбэр туйаҕым, ыытар кыырдым, тэбэр мохсоҕолум
Кулгааҕар куба саахтаабыт
Кулгаах - харах көмүстээн этэр
Кур бэйэм кубулуйумна, эргэ бэйэм элэйимнэ - олоробун
Кус баһа быһа ыстанар, куттуйах кутуруга тиэрэ охсуллар, кулун көхсө дьөлө барар тыала
Кус быһый, ат бөҕө (киһи)
Кус уҥуоҕун кыайан тоһуппат киһи
Кус - хаас лахсыыра
Кутталыгар кута куттаҕар тустэ
Кучум (Кучу, Кучан) булуута, Омоллоон олоҕо, Дьэргэстэй ыһыаҕа
Омоллоон уйгута, Саркый ыһыаҕа, Таркаайы чалларына.
Оҕустан охторгор муоһуттан тутус, аттан суулларгар сиэлиттэн харбаа.
Оннооҕор үүнэр от-мас үрдүктээх-намыһахтаах.
Оннооҕор быа түмүктээх.
Оннооҕор кутуйах орохтоох.
Онуоха диэри хара суор туpтайыа.
Оһол төрүөт-төрдө обот-соллоҥ.
Өрүһү көрөн туран үрүйэттэн уулаабыкка дылы.
Сааскы киһи салбаммытынан, күһүҥҥү киhи күлбүтүнэн.
Силиһэ суох мас үүммэт.
Сордон өллөҕүнэ, тииһэ хаалар, ырыаһыт өллөҕүнэ, ырыата хаалар.
Суоҕу суоруллубат.
Суортан суор, тураахтан тураах төрүүр.
Сүгэ олуга сүүрүгү утары устубат.
Сүhүөхтээх буолан баран, бүдүрүйбэт буолуо дуо?
Сүппүт көстүбэт, тимирбит күөрэйбэт.
Сүрэх баҕарар да, сүһүөх тиийбэт.
Сыарҕа сыҥааҕын курдук, эрбии биитин курдук (тэҥнэр).
Сыгынах анныгар күн тыкпытыгар дылы.
Сылдьыбыт киһи сыыһы булар.
Тамыйах абааһыта кулуҥҥа чарапчыламмытыгар дылы.
Томтор сиргэ уу хоммот.
Тоттоххо сыа да сымсах.
Тута иликкинэ тотума, туттаххына тотоор.
Тыала суохха мас хамсаабат.
Тыалынан киирбит холоругунан тахсар.
Уот ылар курдук.
Урукку хоһоҕу хостуур хоһуулаах, сырҕан бааһы хастыыр аһыылаах.
Ууну оломун булбакка эрэ кэһимэ.
Ууһу кытта олорор уус буолар.
Үчүгэй эмиэ доҕуһуоллаах, куһаҕан эмиэ содуллаах.
Халлааннаан көтүөхпүн кыната суох, сирдээн тимириэхпин уһуга суох буолан хааллым.
Халлаан таптаабыт өттүттэн тыалырар.
Халлаан үрдүк, сир киэҥ, муора дириҥ.
Халлаан ыраах, сир киэҥ, далай дириҥ.
Халыҥ хайдыбат, суон тостубат.
Халыҥ хаһа халтархай, суон саал мүлчүркэй.
Хантайан туран силлээбитиҥ хараххар түһүө.
Хара харах көрбөтөх, хаптаҕай кулгаах истибэтэх.
Хаххан баһынан куттаабыкка дылы.
Хомурах хоммотох сирэ суох, кыыл сылдьыбатах симилэҕэ суох.
Ынах эрэ муостаах, сылгы эрэ туйахтаах, ыт эрэ тиистээх
Ыт тииһиттэн ыт өлбөт, ынах муоһуттан ынах өлбөт.
Ытаабат о5ону эмсэхтээбэттэр.
Ыт баһа көмүс кытахтан үҥкүрүйбүтүгэр дылы.
Ыт ууну салаабытыгар дылы.
Ыт үрбэт, ымыы ыллаабат, тураах тохтообот, туруйа хаһыытаабат буолбут.
Эргэ эстибит, саҥа сандаарбыт.