Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Ол түүн
(ааспыт олохтон)
Чох хара түүммүт уһунун!
Силлиэ тыал көтер, сүүрэр,
Муус кырыа дьиэбит оһоҕун
Уотун тыал саба үрэр...
Хардаҕас маспыт баранна...
Уо, аҕам хаһан кэлиэй?
Балаҕан тымныы, хараҥа —
Ким маһы таһан биэриэй?
«Ийэккээм, уоккун отун даа!
Кинигэ ааҕыам этэ...»
Онуоха ийэм ыллаата,
Сүрэхпин миэнин үөртэ.
«Чэ, бэйи, тукаам, билигин
Куобахтаан аҕаҥ кэлиэ,
Кини нэк сонун кэтэммин,
Мин маһы сүгэн киириэм...
Эн аҕаҥ муҥнаах сис тыаҕа
Буурҕаны кытта сырсар,
Эйигин, миигин иитээри —
Куобахха айа тардар.
Кыһыҥҥы түүммүт барыыта,
Аҕаккаҥ отун тиэйэр,
Күн үөһээ көтөн тахсыыта,
Мас мастыы баайга сүүрэр...
Күн сырдык көмүс уорҕата
Ой тыаҕа кылбас гынар.
Оччоҕо аҕаҥ атаҕа
Халыҥ хаар устун хаамар...
Түүн үөһэ буолуон дылытын
Сис тыаҕа бултуур-алтыыр,
Табаҕын эрэ буруотун
Хоргуйан сиэхтии сатыыр...
Бу силлиэ күтүр эрийэн,
Аҕаҕын ханна илдьэр?
Муннаран, тибэн эрэрин —
Ким билиэ баарай, сэгээр...
Сайыҥҥы уһун күннэргэ
Аҕаҕын куйаас салыа.
Баай Байбал хойуу отугар
Эн аҕаҥ мөхсө сатыа.
Ол курдук кыра киһини
Ытыйар силлиэ-буурҕа...
Көҥүлү, дьолу, итиини
Билимнэ өлүө аҕаҥ!
Уо! Тукаам, сордоох сүрэхпин
Эн эрэ эрэннэрдиҥ:
Үөрэхтээх киһи буолларгын —
Дьиҥ дьолу булуо этиҥ.
Көр эрэ! Уйбаан учуутал,
Хамначчыт киһи уола,
Аҕабыыт хара албынын
Харса суох аһар буолла.
Баай Байбал курдук үөннэри,
Күүс кыайар эрэ буоллар,
Ыбылы харбаар, сэгэрим,
Ыар муҥу иэстээн ылаар!»
Итииэн оһох чанчыгар
Мин ийэм ыллаан бүттэ,
Утуктаан эрэр хараҕар
Төлөнтөн сырдык түстэ.
Чох хара түүммүт долгуйбат...
Аҕам суох... Хааным оонньуур,
Муус кырыа дьиэбит үрдүнэн
Силлиэ тыал ытыыр, ыллыыр...
1931
|
|