Иһинээҕитигэр көс

Омуктар уһулуччу таптыыр өҥнөрө...

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Климат араас курдааҥыннарыгар... Саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымалара
(Бастакы глава)
Копырин Николай Захарович
Саха норуотун тылынан айымньытын дьүһүннээһиннэрэ


Омуктар уһулуччу таптыыр өҥнөрө араас буолар. Сорохтор маҥаны, сорохтор хараны, сорохтор кыһылы, сорохтор араҕаһы, сорохтор күөҕү кэрэхсииллэр.

Г. Д. Гачев суруйарынан, экватордааҕы Африка сорох норуоттара хара дьүһүнү идеал оҥостоллор. «Хара сор» диэн этии кинилэргэ «сырдык сор» диэх курдук дьиибэтик иһиллиэ эбит. Отелло:- «мин харабын!»— диэн кэмириниитэ, бэйэни хайҕаныы курдук төттөрүтүк өйдөнүөн сөп үһү (112—79).

Африка сорох омуктарыгар хара үөрүүнү-көтүүнү көрдөрөр буоллаҕына, үрүҥ абааһы өҥө, кутурҕаны бэлиэтиир өҥ. Соҕуруу Африка суруйааччыта Питер Абрахамс биир романын геройа Губузу маннык этэр: үрүҥнэр абааһыны хара дииллэр. Оттон биһиги, харалар,... абааһыны үрүҥ гына ойуулуубут» (124—237, 257).

Хара өҥү абааһы көрөр, үрүҥ (маҥан) өҥү ханныктан да ордорор омук элбэх. Олорго түүр-монгол төрүттээх омуктар үгүстэрэ эмиэ киирсэллэр.

Былыргы монголлар үрүҥ ый (цаган-сара) диэн сылга биирдэ күһүн атаарар бырааһынньыктаахтара үһү. Бу бырааһынньыкка бары маҥаны таҥналлара, маҥан биэ кымыһынан, маҥан дьүһүннээх сылгынан, бараанынан үрдүк айыыларга бэлэх-туһах биэрэллэрэ үһү диэн буолар (103—41).

Түүр норуоттар эпостарыгар, ол иһигэр алтайдар «Маадай Караларыгар», айыы дьоно үрүҥ сирэйдээх, аллараа дойдуга олохтоохтор хара дьүһүннээх гына ойууланаллар (126—461).

Былыргы сахалар саамай таптыыр өҥнөрө — эмиэ үрүҥ (маҥан). Кинилэргэ туох кэрэ, үчүгэй, хайҕаныан, ытыктаныан сөптөөх барыта «үрүҥ (маҥан)» диэн эпитетынан киэргэтиллэр («үрүҥ күн», «Үрүҥ Аар тойон», «үрүҥ илгэ (сөлөгөй)», «Үрүҥ Уолан», «кындыа маҥан кыргыттар», «холбороҥ маҥан хочо» уо. д. а.). Саха араҕас расаҕа киирсэр эрээри, «кырса кылбаҕарга, субата туртаҕарга» умсугуйар.

К. Г. Оросин олоҥхотугар абааһы бухатыыра айыы бухатыырыгар: «килбиэннээх маҥан сирэйгин киртитиэм, туналҕаннаах маҥан ньуургун суһуктутуом»,— диэн саанар, Ньургун Боотур өлүү уутугар сөтүөлээн баран: «хара бэйэм үрүҥ буоллум, куһаҕан бэйэм үчүгэй киһи буоллум», — диир (22—174,204).

Бэл халлаан биир сүдү көстүүтүн омук-омук атын-атыннык хоһуйан этэр. Холобур, нууччаҕа күн «красное солнышко» буоллаҕына, сахаҕа кини «үрүҥ күн» дэнэр.

Нуучча норуота бэрт былыргыттан «красный» диэн эпитетынан туох баар үтүөнү, кыраһыабайы, сыаналааҕы барытын бэлиэтээн этэрэ («красный молодец (девица)», «красная изба», «красное словцо»). Кэлин, үөрэхтээхтэр сабаҕалыылларынан XIV—XVI үйэлэртэн бэттэх, ити тылынан өҥү бэлиэтиир буолбуттар. Өссө кэлин ити тыл «революционнай» диэн суолтаҕа туттуллар буолбут.

Нууччаҕа «красный» диэн баарын кэриэтэ, биһиги, сахалар, «кэрэ» диэн тылынан үчүгэйи, кыраһыабайы даҕаны («кэрэ киһи», «кэрэ тыл»), өҥү даҕаны («кэрэ> биэ») бэлиэтээн этэбит.

Кыһыл өҥү Африка сорох омуктара таптыыллар. Холобур, Судан олохтоохторо күн бүгүҥҥээҥҥэ диэри ытыстарын, уллуҥахтарын, тыҥырахтарын хнаттан оҥоһуллар кыһыл кыраасканан кырааскалана сылдьаллар. Кинилэргэ кыһыл өҥ үөрүү, таптал, астыныы бэлиэтэ(124—237).

Оттон Индонезияҕа олохтоох ниас омук араҕас өҥү ордорор. Араҕас өҥ ыраас, үтүө быһыы символа. Үтүө иитиилээх, эйэҕэс киһини ниастар «араҕас майгылаах» диэхтэрэ (биһиги «ыраас (сырдык) майгылаах» диирбиг тэҥэ); үчүгэй түүлү түһээтэхтэринэ, «араҕас түүлү түһээтим» диэхтэрэ (114—273). Сорох чинчийээччилэр этэллэринэн, Прибалтика олохтоохторо халлаан күөҕэ (синий) өҥү ырыаларыгар-тойуктарыгар хото киллэрэллэр эбит (141—88).

Биһиги бу омук таптыыр өҥө үчүгэй, бу омук таптыыр өҥө куһаҕан диэн быһаччы этэн кэбиһэрбит букатын сыыһа. Тус-туспа омук ханнык өҥү, тоҕо сөбүлүүрүн кини историятын, культуратын үөрэттэххэ эрэ өйдүөххэ сөп.

Уонна, олох уларыйан иһиитин быһыытынан, омуктар өҥҥө эстетическэй сыһыаннара эмиэ уларыйар. Аан дойду пролетариата көҥүл, социализм иһин охсуһуутунан сибээстээн, кыһыл өҥ, революция өҥө, бары үлэһит норуоттар саамай таптыыр, умсугуйар өҥнөрө буолла. Кыһыл өҥ, босхолонуу, революция, сайдыы символын быһыытынан, ордук Улуу Октябрьскай социалистическай революция кыайбытыттан бэттэх нуучча пролетариатын кылаассабай охсуһуутун үтүө сабыдыалынан аан дойду үрдүнэн киэҥник тарҕанна, үлэһиттэр бары умсугуйар интернациональнай өҥнөрө буолла.

Омуктар ордук чорботон сыаналыыр күндү таастара, металлара эмиэ биир буолбатах эбит. Бэл арбаммыт кыһыл көмүс, холобур, Африка сорох биистэригэр улаханнык сыаналаммат. Африка ювелирдара саамай күндүркэтэр матырыйааллара — коралл. Бронза барельефтарга ойууламмыт дьоннор илиилэрэ, моойдоро, сирэйдэрэ кытта аата-ахса биллибэт күөх коралл соппуоскаларынан, араас иилэҕэстэринэн симэммит буолаллар (124—239).

Оттон кытай поэттара нефрити бэл алмаастан ордороллор, туох баар кэрэни, үчүгэйи нефриккэ холууллар, нефритинэн өрүстэр, күөллэр, хайалар ааттара ааттаналлар. Киһи өйө, үөрэҕэ нефрит бөҕөтүгэр, көнөтө, чиэһинэйэ нефрит сытыы кырыыларыгар холуйуллаллар, киниэхэ күндү, кэрэ, үрүҥ, уран, нарын диэн эпитеттэр иҥэриллибиттэр. Ол иһин нефрит образтааһыҥҥа элбэхтик киирбит: «Үтүө киһи үчүгэй быһыыта нефриттиин хатыһар», «Бүтүн черепица буолуох кэриэтин нефрит үлтүркэйэ буолбут ордук» уо. д. а. (147—186).

Аны, хас биирдии норуот тус бэйэтэ былыр-былыргыттан үөскэппит бэрт элбэх ураты этиилэрдээх буоларын ахтар тоҕоостоох. Ол ураты образтаан этиилэри анаан быһаардахха эрэ, атын омук киһитэ өйдүүр кыахтаах. Оннук этиилэр литература национальнай дьүһүннээһиннэригэр киирсэллэр. Элбэхтэн биирдии эмэ холобурдарда ылыаҕыҥ.

Африка сорох норуоттара киһи өйө иһигэр баар дииллэр эбит. Холобур, бауле омук остуоруйаларыгар биир бааһынай ойоҕор маннык этэр: «Мин испэр (иһим иһигэр) биир санаа кэллэ (мне в живот пришла одна мысль) (102—152), — диэн.

Сахалар эмиэ «испэр санаан сылдьабын» дииллэр, «киэҥ көҕүстээх» диэн кыраҕа ыксаабат, холку өйдөөх-санаалаах киһини этэллэр. Аҕа дойду Улуу сэриитин саҕана биһиги поэттарбыт «уоттаах санаа уолугу тууйбакка, күүстээх санаа көхсүгэ көөймөккө» (55—46) хааннаах фашистары утары абаран-сатаран туран охсуһарга советскай норуоту ыҥырбыттара.

Сахалары кытта биир төрүттээх былыргы алтайдар киһи өйө түөһүн иһигэр баар дииллэрэ үһү. Кинилэр билигин даҕаны, кими эрэ «өйдөөх киһи» диэрилэр, этэллэр: «көгүстү кижи (человек с грудью)» (126— 463). 58

Ити курдук, киһи өйө-санаата, төбөтүгэр буолбатах — иһин, түөһүн, көхсүн иһигэр үөскүүр диэн өйдөөһүн былыр үгүс омукка баар буолбут суол быһыылаах.

Сахаҕа соһуччу үөрбүт, санаата табыллыбыт киһини «үөһэ тэһиннэ» («в нем прохудилась желчь») дииллэр. Бу образтаан этиини, быһааран биэрбэтэххэ, атын омук киһитэ сатаан өйдүө суоҕа.

Хотугу Америкаҕа, бизнес баһылыыр дойдутугар, аҥардас байарга-тайарга, тус бэйэ барыһырарыгар дьулуһуу дьон өйүгэр-санаатыгар төһөлөөх иҥмитин В. В. Маяковскай кинилэр күннээҕи саҥарар тылларыттан истэн бу курдук суруйан турар: «Американец көрүстэҕинэ: — үтүө сарсыарда,— диэн кытыга суох тылы саҥарыа суоҕа. Кини: —мек моней? (харчыны оҥороҕун?), — диэн үтүө бэйэлээхтик ордоотоот, ааһа туруо.

Американец: — эн бүгүн сирэйиҥ-хараҕыҥ мөлтөх (эбэтэр үчүгэй),— диэн бүдүктүк этиэ суоҕа. Американец:— эн бүгүн икки цента курдуккун (эбэтэр эн бүгүн мөлүйүөн доллар курдуккун), — диэн чуолкайдык быһаарыаҕа.

Поэт, художник, философ эбитэ дуу диэн эн тускунан таайа сатыыр гына этиэ суоҕа. — Бу киһи 1.230.000 долларга турар, — диэн американец бэрт чуолкайдык быһаарыаҕа. Итинэн кини барытын этэн кэбиһэр: эн кимнээххэри билсэргин, эйигин ханна ыалдьыттаталларын, эн сайын ханна сынньана бараргын уо. д. а.» (128—533).

Хайдах курдук бэргэн характеристиканый! Империалистическай Америкаҕа харчы, барыс ымсыыта эрэ дьону өрө күүрдэрин кинилэр бэйэлэрин саҥарар тыллара дьүһүннээн биэрэр эбээт. Американецтар итинник саҥараллара советскай киһиэхэ олус олуонатык иһиллэр.

Биһиги манна, бэрт кылгастык да буоллар, араас норуоттар уус-уран дьүһүннээһиннэрэ, эстетическэй көрүүлэрэ бэйэ-бэйэлэриттэн уратылаһар холобурдарын аҕалтаатыбыт. Норуоттар поэтическай дьүһүннээһиннэрин, эстетическэй көрүүлэрин, ол иһигэр кинилэр бу боппуруоска национальнай уратылаһар өрүттэрин үөрэтии, билии бэрт наадалаах. Ыраах сирдэр, дьоннор, нациялар тустарынан билии-көрүү эбиллэн иһиитэ киһи эмоциональнай сайдыытыгар, вкуһугар, өйүгэр-санаатыгар, характерыгар үчүгэйдик дьайаллар, киһи духовнай эйгэтин байыталлар.

Билиҥҥи цивилизация эйгэтигэр саҥаттан саҥа норуоттар киирэллэр. Киһи аймахха буола турар науч-най-техническэй сайдыы, «демографическай өрө үллүү», колониализм үлтүрүйүүтэ уонна элбэх тутулуга суох дойдулар үөскээһиннэрэ сир шарын бар-дьонун культурата холбоһон биир кэлимник сайдарыгар күһэйэр. Ол иһин гуманитарнай наукалар иннилэригэр аан дойду бары норуоттарын культураларын өйдүүр, үөрэтэр улахан уустук сорук турар. Литературоведтар болҕомтолорун далыгар общественнай сайдыы араас кэрдииһигэр турар норуоттар литературалара киирэллэр. Дьэ ол иһин капитализм уонна социализм стадиятыгар сылдьар норуоттар билиҥҥи литератураларын үөрэтиинэн эрэ муҥурдаммакка, феодализм эбэтэр родовой общество кэрднистэригэр баар литературалар сайдыыларын закономерностарын чинчийиинэн эмиэ дьарыктаныахха наада. «Литературоведение «ырааҕы» кытта охсуһар, дьоннор, норуоттар, үйэлэр икки ардыларынааҕы мэһэйдэри суох гынарга дьулуһар буолан, ол иһин киниэхэ араас темалар, улахан кэмнэр наадалар. Литературоведение киһиэхэ киһилии социальноһы иитэр» (125— 8), — диэн суруйар академик Д. С. Лихачев.