Ордугу булаары олоҕун алдьаппыт (Алампа)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

I[уларыт]

Балаҕан муус түннүктэрэ саҥардыы балык миинин курдук боролуйа сырдаан эрдэхтэринэ, Уйбаан, саҥата суох оронуттан туран, бэҕэһээ киэһэ холумтаныгар күлүнэн көмпүт уоттаах чохторун хардаҕас төбөтүнэн арыйа-арыйа, мас оттон, тымтыгынан күөдьүтэн, үрэн сирэлиттэ. Уота, хонон баран дьэ турдум ээ диэбит курдук, үөрэн-көтөн чаҕылыйан умайан, борук-сорук балаҕан иһин сып-сырдык оҥордо. Уотун иннигэр Уйбаан олох маска этэрбэһин ылан тиэтэйбэккэ олорон кэттэ.

— Доҕоор! Турууһуккун, халлааммыт сырдаан эрэр, турарга сөп буолбут.

Тохтуу түһэн баран ойоҕо оронтон оргууй аҕайдык оронон туран таҥнан баран, биир-икки омут уунан суунан, чаанньыгар уу кутан, оһоххо чох тардан олотто.

— Туох куоппутун ситээри бачча түүн турдубут буолла? — диэн, уоһун иһигэр ботугуруу-ботугуруу, хотоҥҥо ынаҕын ыы киирдэ. «Кырдьык, алыс эрдэ турбуппун ээ, чэ, хата үлэ-хамнас эрдэ бүтүө, бэйи, чаанньыгым оргуйуор дылы таһырдьа далым сааҕын ыраастаан киирииһикпин», — дии санаан баран, таҥнан таһырдьа таҕыста. Халлаан саҥардыы илин өттө бүтэйдии сырдаан эрэр. Тахсарын кытта сарсыардатааҕы дьыбар Уйбаан сырайын үмүрү ылбахтаата. Баһырҕас диэн ыта бөх үрдүгэр түүрүллэн утуйа сытан, аан тыаһыттан уһуктан, бүтүннүү чоҥкуйа кырыаран баран, ньылаҥныы-ньылаҥныы иччитигэр кэлэн эккэлээтэ.

Чаанньык оргуйуор дылы тохтоон, мин Уйбааннаах олохторун кэпсии түһүүм.

Уйбаан отуччалаах, уҥуоҕунан саар-тэгил, төгүрүк сирэйдээх, киһи иһигэр киирбэх, хара бараан киһи. Кини ойоҕо Хобороос уһун ньылбаан сирэйдээх, сыыйа тарпыт курдук көнө уҥуохтаах, арыы саһыл хааннаах, ситэ үчүгэй буолуоҕун — хараҕа кыра соҕус хоһуой, ити кэннэ кыараҕас буолан, бу дьүһүнүнэн үчүгэй дьахтар сылдьар ээ дэппэт дьахтар этэ да, мунна-уоһа уурбут-туппут курдук нарын үчүгэй буолан, киһи иһигэр киирбэх.

Уйбаан аҕата, буор дьадаҥы киһи, эдэр сааһыгар дьаҥҥа өлбүтүн кэннэ ийэтэ, уонуттан тахсыбыт уолу аҕатын аймахтарыгар биир ынахтаан быраҕан баран, атын нэһилиэккэ эргэ баран хаалта. Онтон Уйбаан атаҕар туруоҕуттан ыалга хамнаска сылдьыбыта. Бэйэтэ туох да иҥэ-дьаҥа суох, көнө-сымнаҕас, сүрэхтээх, үлэһит буолан, кинини ыал былдьаһыгынан киллэрэллэрэ. Кырдьык, оҕо эрдэҕиттэн сытар ынаҕы туруорбат сымнаҕас, хоргус, куттамсах этэ. Улаатан да баран, атыттар курдук, тыл-өс былдьаһа, тииһэ-тааһа сылдьыбат. Арай, күнү алдьаппакка, бэйэтин тэҥнээхтэрин кытта сирэйэ-хараҕа көстүбэт буолбут хаартынан, муннукка-ханныкка сырдык-хараҥа былдьаһыытыгар олорон, быһахха-хатакка, саамай улахана сайыҥҥы биир эмэ арыыга хаартылыыр идэлээх этэ да, онно соччо илистэ сүүйтэрбэт буолара. Тас көрүҥүнэн аҥала курдук буолан баран, син бэйэтин туһугар ону-маны өйдүүр, билэр, сорох ардыгар, олорор тойоно онуоха-маныаха мунаардаҕына, сөптөөҕүн булан тобулу этэн биэрэрэ. Дьон даҕаны: «Даарым аҕыйах саҥалааҕын иһин, өй хаата уол», — дииллэрэ.

Сүүрбэтин туоларыгар, эмиэ бэйэтин курдук, туоҕа да суох, ыалга хамначчыт кэриэтэ иитиллэн сылдьар кыыһы ойох ылбыта. Кыһыннары-сайыннары ыал олорон, кыыһы кытта бастаан туох да кэтэх санаата суох көннөрү биссэ сырыттаҕына: «Мин кыыспын, Хоборооһу, ойох ыл уонна миэхэ кэлэн олор», — диэн кыыс ииппит аҕата Уйбааны көрдөҕүн аайы оонньуу кэриэтэ этэр буолара да, ону Уйбаан мээлэ истэн кээһэрэ. Ол эрээри тоҕо эрэ кыыстан санаата арахсыбат буолан испитэ, кыыс даҕаны кинини сөбүлүүр курдук майгыланара. Күн аайы кыыс олорор дьиэтиттэн арахпат, тоҕо сылдьарын бэйэтэ даҕаны билбэккэ, сылдьар буолан хаалта. Ол да сырыттар, биирдэ да кыыһы кытта сирэй көрсөн олорон тугу да кэпсэппэт этэ.

«Бии этэргэ дылы, кырдьык ыйытан көрүөх баҕайы дуу», — диэн сотору-сотору саныыр буола сылдьан, биирдэ, бурдук күрүөтэ тута баран иһэн, Хоборооһу көрсө түстэ. Кыыһы көрөөт, сүрэҕэ хамсаата, хаана сирэйигэр ыгылларга дылы гынна.

— Хобороос, бэйи тохтоо, сээкэйдэ кэпсээн аас, — диэн баран, хайдах ыйытарбыный диэн саныы турда. — Бу ханна баран иһэҕин?

— Ынах хомуйа, — дии-дии кыыс сир диэки көрөн турда. Кыыс хаана-сиинэ уларыйда, урукку саҥарар куо¬лаһыттан туспатык, хайдах эрэ эҕэлээх соҕустук саҥарда. Уйбаан турбахтаан баран:

— Хобороос! Эн миэхэ кэлиэҥ этэ дуо? Мин эйигин сүрдээхтик таптыыбын, — диэн эмискэ бар гынна. Кыыс атаҕын төбөтүнэн сири ойуулуу-ойуулуу, ах баран турда.

— Ким билэр... дьонум хайыыллар, — диэн баран, Уйбааны сүрдээх эйэҕэстик көрүтэлээн кэбистэ. Иккиэн саҥата суох турбахтаатылар. Кыыс аргыый аҕай баран иһэн, Уйбааны кэннин хайыһан көрдө, Уйбаан, биир да тылы булан саӨарбакка, турбут сиригэр туран хаалла. «Ити аата сөбүлүүр буоллаҕа», — дии санаата.

Хоборооһу ойох ылан, кыыс дьонугар биир-икки сыл хамнаска иккиэн сылдьан бараннар, Уйбаан аҕатын алааһыгар эргэ өтөҕүн сөргүтэн, икки-үс ынахтаах буолан көһөн кэлэн, туспа ыал буоларга тэриннилэр. Иккиэн биир сүбэнэн, бииргэ күнүстэри-түүннэри дьулуруйан үлэлээн-хамсаан истилэр.

Кырдьык, сүрдээх эйэлээх, бэйэ-бэйэлэрин таптаһар этилэр. Доҕор дьахталлара Хобороостон: «Эргинээн этиһэҕит, охсуһаҕыт дуо?» — диэн ыйыттахтарына, «ээ, туохпутун былдьаһан ииристэхпитий» диэн өһүргэнэн кэбиһэрэ. Ол курдук уонча буор бааһырдар сүөһүлэнэн, үһүн туолан эрэр биир уол оҕолонон, син атын дьоҥҥо муҥа-таҥа суох санатан, туспа буруо таһааран, алта-сэттэ сыл ыал буолан олорбуттара.

Быйыл күһүҥҥүттэн ыла Хобороос эригэр хайдах эрэ түтүө-татаа буолан, аанньа кэпсэппэт, ис санаатын биллэрбэт, саҥарбакка сылдьан, кыыһыран иһитинэн-хомуоһунан тамнааттанар буолан хаалла. Ону Уйбаан букатын аахсыбат, саҥарбат этэ. Ол гынан баран: «Хоборооһум тоҕо үтүө сирэйин-хараҕын аанньа көрдөрбөт буолан хаалла, кимиэхэ эмэ күнүүлүүр бэйэтэ дуу?» — диэн иһин иһигэр санаан аһарара.

— Доҕоор, хайдах мэлдьи кыыһырбыт курдук туттаҕын, аанньа кэпсэппэт-ипсэппэт буолан хааллыҥ?

— Кыыһыран хайаан эрэбин, тугу кэпсэтиннэрээри гынаҕын?

— Оок-сиэ, сүрүн ньии, иккиэйэх бэйэбит кыыһырса сылдьарбыт тоҕо куһаҕанай? Хобороос күн аайы майгыта-сигилитэ уларыйан, эригэр кыыһырара-абарара эбиллэн испитэ. Уйбаан даҕаны хайдах эрэ супту ыараан, саҥарбат-иҥэрбэт, санаата хараастар, туох эрэ суоҕун, туох эрэ сатамматаҕын курдук буолан хаатта. «Бэйэм даҕаны туох буоллум, доҕор», — диэн иһигэр бэккиһэнэ саныыра. Ол курдук, тус наадаларын эрэ быһыта-орута кэпсэтэн, икки аҥыы, тус-туспа дьон курдук олоотторо.

II[уларыт]

Халлаан чахчы сырдаан, күн төлөнө уҥуоргу тыа кэтэҕинэн сандаара тыган, муус түннүктэринэн киирэн, балаҕан иһигэр уот сырдыгын баһыйда. Оһоххо өрбүт чаанньыктара оргуйан, үрүҥ туманынан өрө бургучуйда. Хобороос хотонтон тахсан, остуолга чэйин бэлэмнээтэ. Уйбаан киирэн сыгынньахтанан, саҥата суох, уокка аргынньахтыы чэйигэр олордо.

— Доҕоор, оппут тиийиэ суох, арай от атыылаһыыһыкпыт. Хантан атыыластахха сөп буолуой?

— Хантан атыылаһаргын мин билэбин дуо? Күн аайы ыалтан арахпаккын дии, от көрдүү сылдьар инигин.

— Сүбэлэһэр кэриэтэ кэпсэтэн көрөөрү гыннахха, кыыһыран кэлэриҥ тугун куһаҕанай, доҕоор? Ыалга сылдьан даҕаны туох да куһаҕaны оҥорорбун өйдөөбөппүн. Чэ, кэбис, кыыһырыма, хааллын.

— Кыыһыран туох диэтим? Хата бэйэҥ мин саҥабын сүгүн истибэт буолбуккун буолбат дуо? Уонна сыҥаахтаахха дылы хардара олороҕун. Итинэн кэпсэтиилэрэ бүттэ, Уйбаан саҥарыахтааҕар саҥарбатах курдук буолла.

Дьиэлэрин аана санаарҕаабыт курдук хаахынаан аһылынна, дьиэ иһигэр толору үрүҥ туман кутулунна, ол туманы кытта таһыттан Уйбаан саамай чугас, астынар атаһа Дьаакып киирэн, уҥа ороҥҥо бэргэһэтин, үтүлүгүн ууран баран, атаҕын тэбэнэ-тэбэнэ, уот иннигэр кэлэн, сис туттан турда.

— Уйбаан, ханна бараары бүгүн эрдэлээтиҥ? Дьэ сүрдээх дьыбар буолбут, доҕор.

— Үрэххэ от тиэйэ киириэм. Хата эн кэпсиэ, ханна бардыҥ?

— Хоту алаас ыалыгар, Сэмэнтэн оҕуһун атыылаһа, сотору куораттыыбын.

— Дьаакып, табааххыттан таттар эрэ, эйиэнэ уохтаах буолуо, — диэтэ Хобороос күлэ-күлэ. Уйбаан, ону-маны кэпсэппэхтээн баран, туран таҥна-таҥна:

— Доҕоор, чэ ынаххын бэйэҥ дьыбар тахсыбытын кэннэ сөбүлээн ыытаар, мин оппор бардым, — диэн баран, тахсан, эриэн оҕуһун көлүнэн, миинэн, килэҥ суол устун сулбу соҕустук хаамтаран чочугурата турда.

III[уларыт]

Дьаакып отутуттан тахсыбыт, сытыы сирэйдээх-харахтаах, этэ-этэ күлбүт, баайы баһынан, халлараан, сымыйаччы тыллаах-өстөөх, атыыһытымсыйар, «салыҥнаах балык курдук» киһи. Дьон атыыһыт диэн ааттыыллар, ол гынан баран, баайын да, дьадаҥытын да ким да быһааран билбэт этэ. Сорох күн мөһөөҕүнэн харчылаах, сорох күн солкуобайа да суох, оннооҕуну онно, маннааҕыны манна тиэрдэн бутуйар-таһыйар, сорохтон иэс ылан сиир, сороххо иэс биэрэн салгыыр, иһэ-таһа биллибэт, ойох-уруу диэн суох киһитэ. Кини Уйбаан хос моонньоҕо, «өлүөхтэрэ эрэ биир дьон» этилэр. Оҕо эрдэхтэриттэн бииргэ үөскээбиттэрэ, иккиэн туохтара да суох этилэр, билигин даҕаны бэйэ-бэйэлэриттэн тугу да кистэспэт, хайа-хайалара даҕаны туох кистэлэҥнээхтэрин барытын кэпсэтэр дьон. Уйбаан оҕуһун миинэн баран иһэн: «Биирдэ эмэтэ, быыс булан, Дьаакыпка ойоҕум майгытын кэпсиэм буоллаҕа ээ. Баҕар, кини туохтан ити курдук буоларын сэрэйэрэ буолуо, ити кэннэ, санаабын кимиэхэ да кэпсээбэт буоламмын, алыс тууйунан өлөөрү гынным быһыылаах», — дии саныы испитэ.

IV[уларыт]

Дьаакып, Уйбаан ааны сабан тахсарын кытта, сыгынньахтанан кэбистэ. — Чэ, Хобороос! Чаанньыккын саҥа өр. Наҕылыччы чэйдээн, өр олорон барыам. Соҕотоххор түбэспэтэҕим хас да хонон, кэмэ суох аҕынным, — дии-дии баран, Хоборооһу кууһан туран уураата-сыллаата. — Ийээ, аҕам баар дуо? Мин туруом этэ, — диэтэ уол суорҕанын иһигэр сытан. Дьаакып, ыстанан тиийэн, оҕону имэрийэ-имэрийэ: — Аҕаҥ от тиэйэ барбыта. Чэ тур, атаһым бэрт киһи буоллаҕыҥ дии. Хата, мин атаспар саакыр кэһиибин аҕалбытым, — сиэбиттэн хап-хара буола көлөһүн иҥмит биир куһуок саахары ылан биэрдэ. Уол муҥа-таҥа суох баран, туран, оонньуурун үрдүгэр түстэ. Дьаакып Хобороос аттыгар баран:

— Хайа, эргинээн хайаһан эрэҕит, тугу эмэни саҥарар дуо?

— Тугу саҥарыай? Бүтэйдии бүүтүйэлэнэн кыыһырар быһыылаах да, тугу да саҥарбат. Мин күн аайы хайдах эрэ кинини абааһы көрөр, саҥардар эрэ кыыһырар буолан эрэбин. Кинини кытта көнөтүк кэпсэтиэх санаам букатын кэлбэт буолан хаалла. Туох муодата буолла? — диэн баран, тоҕо мин кыыһырар буолбуппун эн билэҕин диэбит курдук, Дьаакып диэки көрөн кэбистэ. Дьаакып курус гына түстэ уонна кытаанахтык, куолаһын уларытан:

— Таптаабат буолан баран хайыаҥый. Сөбүлэспэт буола-буола бииргэ олоруох кэриэтэ, арахсыбыт ордук. Арахсар, саҥа сокуон быһыытынан, туох да буоһата суох. Судьуйаҕа эрбин кытта арахсабын диэн кыра сайабылыанньыйа сыыһын суруттаран биэр да, туох да моһуога суох арахсаҕын. Саҥа сокуон оннук үчүгэй. Оннукка баҕарар буоллаххына, мин суруксут буолуом этэ.

— Арахсарбын да кэрэйиэм суоҕа этэ да, уолбуттан арахсарбын кэрэйэбин. Ити кэннэ арахсан баран... — ситэ эппэккэ эрэ, «эн ылар буоллаххына, арахсыам этэ» диэбит курдук эмиэ Дьаакып диэки көрбөхтөөн кэбистэ. — Оҕону сокуон быһыытынан, төрөппүт киһи, эн ылыах тустааххын, — күлэ-күлэ. — Хата, миэхэ бэрт абыраллаах сокуон оҥоһулунна. — Онтон эн тугу абыранаҕын? — Тыый, оттон, алдьархайтан ас тахсар диэбиккэ дылы, талбыт дьахтарбын ойох ылыам уонна сөбүлээбэтэрбин эрэ, сарсыҥҥытыгар да батан таһааран баран, эмиэ атыны буларбар көҥүлүм. Эбэтэр иккини биирдэ да тутарга туох да боруок суох. Кыайан эрэ иитэр буол да — быраап. Эһиги, дьахталлар, эр киһини кытта тэҥ бырааптанныбыт диэн сааҕынаһаҕыт да, хата биһиги көҥүлбүт кэҥээтэ, ха-ха!!! — Эр киһини кытта тэҥнэспиппин да, тэҥнэспэтэхпин да билэ иликпин. Тэҥнэстибит, aны уруккубут курдук харчыга атыыламмат, сөбүлүүрбүтүнэн сылдьар буоллубут дэһэллэр дии. — Тохтоон баран: — Эн этэриҥ курдук, эр киһи икки ойохтоох буолара сүрэ бэрт буолуо ээ.

— Сүрэ диэн туох да суох. Бэрт сокуон оҥоһулунна. Ха-ха-ха! — күлэн уоһа кулгаахтарын эминньэҕэр тиийиэр дылы ырбайда. Киэһэ буолуор дылы олорон баран, таҥнан бараары гынан эрдэҕинэ:

— Дьаакып, сарсын үрэх ыалыгар барыам этэ, таарыйан, сыарҕаҕар олордон бараар эрэ, — дии хаалла Хобороос.

V[уларыт]

Хобороос Дьаакыбы билсибитэ өр буолла. Ону кини туох да буруйга-айыыга ааҕыммат, билистим эрэ диэн сүрэҕиттэн-быарыттан таптыы да сылдьыбат этэ. «Эдэр дьахтар быһыыта буоллаҕа дии. «Күҥҥэ төрөөбүт көлөһүнэ, аан дайдыга айыллыбыт айыыта суох буолбат». Аата, оҕолор, мин биир киһини кытта сыһыыга-хонууга биссэрим наадай дьаалы буолуо дуо, оннооҕор атын дьахталлар эрдэрин таһынан хас эмэ киһини кытта билсэллэр да, син биллибэт», — дии саныыр буолара. Онон эриттэн кыбыста да санаабат этэ, Дьаакыбы да кытта биссэрин тохтоппотоҕо. Ол гынан баран, күн аайы эрин абааһы көрөр, Дьаакып санаатыттан-өйүттэн тахсыбат, кини саҥарара, туттара барыта сүрэҕин иһинэн киирэр буолан испитэ, ону Хобороос бу Дьаакыбы таптыырбыттан эрбин абааһы көрөр буоллум диэн букатын санаабат. Дьаакыбы таптыыбын да диэн арааран чопчу өйдөөбөт этэ.

«Кырдьык даҕаны, эртэн арахсар сүрдээх кэбирэх да эбит, дьон ол иһин даҕаны арахсаллара буолуо... Арахсар боруок, саат да буолбатах. Хас эмэ дьахтар араҕыста, онтон туох да айдаан тахсыбата. Мин да арахсарым буоллар, итинник буолуо этэ. Бука, сэрэйдэххэ, эрбиттэн арааран баран, бэйэтэ ылаары ити курдук тылбай-испэй буолара буолуо эбээ», — дии саныы-саныы, хотонун сааҕын күрдьэ сырытта. Ити курдук, санаатаҕын аайы эрин кытары олороро сатаммата, арахсара сөптөөҕө тахсан истэ. Онтон хайдах эриттэн арахсан баран, Дьаакыпка баран олороро, тугу-тугу кэпсэтэрэ — барыта санаатыгар киирдэ. Чэ, арахсыам эрэ кэрэх, хайаан да кини ылыа диэн Дьаакыпка сүрдээх кытаанахтык эрэнэ санаата.

Уйбаан, аара ыалга таарыйан, хойутаан кэллэ. — Бардаргын эрэ ханна түһэн хаалаҕын?! Дьиэҥ үлэтин-хамнаһын букатын умнан кэбиһэҕин, — диэн ботугуруу-ботугуруу, иһитинэн-хомуоһунан тамнааттанна. Уйбаан, хойутаабытын буруй оҥостон, утары саҥарбата: «Күнүүлээн кыыһырар эбит ээ», — дии санаан баран:

— Ээ, доҕор, тыл буолбат тылы саҥарба, Лэкиэстээххэ киирэн олорон хааллым, хата, бу чэйгин кут, — дии-дии уолун ылан көтөҕөн олорон таптаата. Хобороос саҥата суох чэйин бэлэмнээтэ.

— Доҕоор, Дьаакып кэлээри таарыйда дуо? Атын киһи ким эмэ сырытта дуо?

— Хайдах куруук ким сырытта диэн туоһулаһаҕын? Ким сылдьыахтаах этэй?

Ким сылдьарый? Быһыыта, мин суох буолларбын эрэ, ойоҕум киһини мунньара буолуо диэн уорбалыыгын ээ. Киһини эрэ бэйэҕинэн охсума. «Ким сырытта» диэбит буола-буола...

«Кырдьык даҕаны, сөпкө кыыһырар, онто суох ким да сылдьыбатын билэ-билэ, айахха кииччэ ыйытабын. Ээ, уорбалаан ыйытара буолуо диирэ сөп даҕаны, итинэн да бэйэм ордук сүһүрдэн кэбиһэбин», — дии саныы-саныы чэйдии олордо.

— Ээ, доҕор, үөрэммиччэ, саҥата суох эрэ олоруохтааҕар ыйытабын. Чэ кэбис, кыыһырыма. Хааллын. Хата, Дьаакыпка тугу үлэһэбит? Харчылаах киһи сээкэйи ылларыа этэ. Үлэх аайы таһаарар үбэ да мөлтөх буолаахтыа.

Хобороос тугу да саҥарбата. Быһыыта, үксэ бэйэбиттэн Хоборооһум кыйаханар диэн хас да күн ааттаһа былаан үчүгэй буола сатаата да, Хобороос илэҥ-салаҥ буолан кэлбэтэ. Хата, күн аайы Уйбаан саҥатын сүгүн истибэт буолан истэ.

«Бэйи, биирдэ эмэтэ доҕорбор Дьаакыпка Хоборооһум майгытын кэпсиэм буоллаҕа ээ. Хата, кини быһаарыа этэ», — дии саныы сырытта да, эбэтэр Дьаакып баран хаалар, эбэтэр Уйбаан суоҕуна сылдьар, онон өр бокуой булан кэпсэппэккэ сырыттылар.

Биирдэ Хобороос суоҕуна Дьаакып киирэн кэллэ, Уйбаан сүрдээхтик чэпчээн үөрдэ.

— Хайа, Хоборооһуҥ ханна баран соҕотоҕун олордуҥ?

— Ыалга барбыта, — санаабын дьэ тоҕо кэпсиэтэҕим дии санаан баран.

— Дьаакып! — тохтуу-тохтуу. — Мин эйигин кытта кыратык кэпсэтэ түһүөхтээхпин.

— Дьэ эрэ, кэпсиэ, — дии-дии хаана ыгыстан кытарда, сиргэ сытар маһы ылан кыспыта буола олордо.

— Көр эрэ, ити мин Хоборооһум аанньа сирэйин-хараҕын көрдөрбөт, тылбын сүгүн истибэт, куруук кыыһырар-абарар буолан хаалла. Туохтан да ол курдук буолбутун сатаан билбэтим... — Дьаакып ситэ саҥаппакка хаба тардан ылан:

— Эдэр дьон күнүүлэһэргит буолуо. Ону мин тугу билиэмий? Ол курдук сатаспат буола-буола олоруоххут кэриэтэ, арахсан хааллаххыт дии. Ол ыраах ордук сынньалаҥ.

— Суох, доҕор, мин арахсар санаам суох, ол арахсартан туох үтүөтэ тахсыай? Мин кинини кимиэхэ да күнүүлээбитим суох, хата, тылын тамаҕыттан иһиттэххэ, кини күнүүлүүр быһыылаах. Хайдах эрэ санаабыт-өйбүт сөп түһүспэт буолан хаалла. Ол инньэ диэн туох да буруйа суох дьахтары сынньа-мөҥө сылдьар эмиэ сүрэ бэрт. Ону ити эйиэхэ, доҕорум диэн, истиҥ санаабын кэпсиибин.

— Буоларын буоллаҕа да, ону мин хайыамый? Эрдии-ойохтуу дьон дьыалатыгар, туора киһи, мин кыбытта сылдьарым сытаныа дуо? — сыыҥтаан тырылатта.

— Оннугун оннук да, баҕар, тугу эмэни сүбэлээрэй, бэйэ-бэйэбитин билсэр гына оҥороорой диэн этэбин.

— Сүбэм диэн, арай этиһэ-охсуһа олоруох кэриэтэ, арахсыбыт иккинэн барыстаах. Эн арахсыаххын баҕарбат да буолтуҥ иһин, ойоҕуҥ хаһан баҕарар, санаатар эрэ, арахсан хааларыгар көҥүлэ, aны сокуон оннук буолан турар. Онон эн баҕарабын-баҕарбаппын диириҥ быраап буолбатах.

— Биирдэ эмэтэ Хоборооһу кытта ити туһунан кэпсэтэн көрөөр эрэ, баҕар, эйиэхэ санаатын кэпсиэ. Кини алҕас күнүүлүүр, мин туох буолан, атыны булса сылдьыам буоллаҕай? Ону эйигиттэн тоҕо кистиэм этэй? Бу курдук туох да сылтаҕа суох кыыһырса олорорбут эрэйэ, куһаҕана бэт.

Дьаакып ымах гына күлэ-күлэ, «чыр» гына тииһин быыһынан силлээтэ.

— Чэ бэйи, кэпсэтиллиэ даҕаны. Хата, сарсын баран, атым отун тиэйэн биэрээр эрэ. Оҕоҕо дылы, дьахтар кыыһырар дии-дии санааргыыр туох баҕайытай? Таптыыры булар туохтан да дөбөҥ, — диэн баран, аргыый аҕай туран, бэргэһэтин, үтүлүгүн ылан, тахсан барда.

Уйбаан чэпчииргэ дылы буолла.

— Көр ити, ойох, оҕо дьаабытын билбэт буолан, хоруо курдук кэбирэхтик саҥара сылдьар ээ. Арахсар диэн кытаанах суол буолуо ээ. Ол эрээри ити мин санаабын бөҕөргөтөн этэрэ буолуо, хайдах эмэ киирэн-тахсан Хобороос санаатын билиэ... — диэн уоскуйан, сону устан ылан бырахпыт курдук чэпчии түстэ. — Бэйи, аны мин, Хобороос тугу да саҥардар, аахсыам суоҕа буоллаҕа ээ, — дии санаата.

VI[уларыт]

Ити курдук Уйбаан ойоҕунаан соччо этиһэн-иирсэн барбакка, эйэлэһэн үчүгэйдии да буолбакка, икки саары икки ардынан, хайдах эрэ үксүн аҥаарын саҥата суох балай эмэ өр олордулар. Дьаакып Хоборооһу кытта кэпсэтиэхчэ-кэпсэтэн биэрбэтэ. Уйбаан: «Күн аайы сылдьар гынан баран, тоҕо аныаха дылы кэпсэппэт буоллаҕай», — диэн саныыр да, иккиһин ыйытыан кэрэйдэ. «Ээ, чэ бэйи, бэйэтэ билэн сылдьара буолуо».

Хобороос арахсар санаата өйүттэн букатын арахпата, барар диэки ханньары тартара сырытта. Дьаакып күн аайы Уйбаан суоҕар да, баарыгар да сылдьар. Уйбаан, мас тиэйэн кэлэн, кыс мас таһыгар оҕуһун булгута туран, Дьаакып ата аһыы турарын көрөөт:

«Дьаакып кэлэн, бука, Хоборооһу кытта мин туспунан кэпсэтэн эрдэҕэ буолуо, тохтоон баран киирэрим дуу? — дии санаан баран, — тугу гына турдамый, киириэххэ», — диэн баран, эмискэ киирэн иһэн көрбүтэ: Дьаакып Хобороостуун, көтөхсөн олороннор, уураһан-сыллаһан эрэллэр эбит. Аан тыаһын истибэтилэр. Уйбаан соһуйан, саҥата суох аан таһыгар көрөн турда.

Дьаакып ымах гынан күлэ-күлэ, бэргэһэтин, үтүлүгүн ылан, сулбу хааман тахсан барда, Хобороос саҥата суох хотоҥҥо киирэн барда. Уйбаан уҥуоҕа кус босхо барыар, хаана чабырҕайыгар ыгыллан тахсыар дылы кыыһырда дуу, абаланна дуу, бэйэтэ да быһаарбакка, саҥата суох туран хаалла. Сыгынньахтанан баран, тугу да санаабакка, уҥа ороҥҥо тиэрэ түһэн сытта. Кырдьык, Дьаакып итинник буолуо диэн өйүгэр да суоҕа. «Дьаакып эн ойоххун тутуһар», — диир киһи баара буоллар, арааһа, ол киһини кытта охсуһуо этэ.

«Хара ыт, эрэннэрэн сылдьан, бэйэбин тобулу хаһа сылдьар эбит дии! Бу абатын көрүҥ эрэ, ыты сирэйин дэлби эттээн таһаарымына сыыстым. Ээ, ол иһин күн аайы арахпат эбит дии, ону мин акаары доҕорум ытыгылыа диэн эрэнэн сылдьабын», — дии санаатаҕын аайы абаламмыта, кыыһырбыта улаатан истэ.

— Ороспуой, хара түөкүн, олохпун иҥнэри үктүөтэҕин көрүҥ эрэ! — диэн улаханнык саҥарда, хараҕын тулатыгар уу мунньуһунна. Хобороос өр буолан баран, саҥата суох тахсан, киэһэ аһылыгын бэлэмнии сырытта.

— Тур, аһылыккын аһаа, — диэтэ Хобороос, түҥнэри хайыһан туран.

— Күөх сирэй, Дьаакыбы эрдэнэ-эрдэнэ, ол-бу буолан сөрүөҥнүүр эбиккин дии! — ойон туран, дьахтар аттыгар сутуругун туппутунан ыстанан кэллэ. — Киэр буол! Икки харахпар көстүмэ! Итинник сидьиҥ ыт курдук майгылаах буолтуҥ кэннэ, биир да хонукка дьиэбэр көрүөм суоҕа, — диэн баран, дьахтары түҥнэри анньан түһэрдэ уонна урут кырбаан илиитэ бара үөрэммэтэх буолан, иккиһин охсубакка, саҥата суох бөтүөхтүү олох маска олоро түстэ.

— Бэйи, алыс дэлбэрийимэ. Бэйэҕин көрүнэ-көрүнэ дэлбэрий, — дии-дии дьахтар ойон туран, таҥаһын үрдүгэр түһэн, таҥныбытынан барда. — Эйигинньиккэ тэбистэрэ-тэбистэрэ олорор да биллибэт. Холдьохпуттаах буола-буола!

— Сатана кыыһа, үтүөнү оҥорон өссө чуубургуу турбуккун, хата, баран дэлби тэпсэн биэрээйэбин, — охсоору тура эккирээтэ, уол оонньуу олорон, сарылыы түһэн баран, аҕатын кууһа түстэ, Уйбаан төттөрү олордо.

— Оттон, бэйи, хайабыт сирэйэ суһуктуйар эбит. Мин хоргуйан өлбүппүн көрөөр, — дии-дии тэбиҥнээх соҕустук хааман, тахсан барда. Уйбаан өр уолун көтөхпүтүнэн олордо, уол аҕатын тобугар утуйан хаалла. Арыычча уоскуйда. Оронун оҥостон сытта да, уута букатын кэлбэтэ. Ол сыттаҕына, араас санаалар киирдилэр. Хайдах аан маҥнай ойох ылбытыттан, туспа дьиэ буолбутуттан ыла, хайдах Хобороостуун үчүгэйдик, эйэлээхтик, сүрэхтэринэн-быардарынан санаһан олорбуттара.

«Урут олорбуппут, сылдьыбыппыт үчүгэй, минньигэс да эбит, ол бэйэбит бу буолан хааллахпыт, — диэтэ. — Ама манан арахсар үһүбүөт. Сарсын кэлээ ини. Ээ, кэллэр даҕаны ылыам суоҕа, атын киһини булсубутун билэ-билэ, санаам буолан, сатаан олорорум суох, ол кэриэтэ ойоҕо суох сылдьыам, кинини улахан үүрдүн», — диэн быһаара санаата. Ол түүнү быһа утуйбакка сытан баран турда. Дьиэтэ-уота кураанах буолта хобдоҕо-куһаҕана сүрдээх, мэктиэтигэр дьиэтэ тымныйбыкка дылы.

Хобороос кэлбэтэ. Аҕыйах хонон баран, мүрэбиэйтэн Уйбааны ыҥырар бэбиэскэ кэллэ. «Хата, суут ортотугар aахсыахпыт», — диэн саныырга дылы гынна. Мүрэбиэй кыһыл сабыылаах остуол иннигэр олорон, Уйбааны сүрдээх сытыы, күүстээх баҕайытык көрүтэлээн кэбистэ да, кэпсэппэтэ. Уйбаан судьуйаны көннөрү киһи эрдэҕинэ көрөрө, өссө кыратык билсэрэ да, киһини киһи курдук саныыра, оттон билигин туох да кэмэ суох куттана, дьулайа көрдө, мэктиэтигэр уҥуоҕа хамнаата. Хобороос хайыы-үйэҕэ кэлэн олорор эбит.

Уйбаан: «Оттон, бэйи, судьуйаҕа Хобороос майгытын барытын тоҕо кэпсиэм буоллаҕа ээ», — дии саныы олордоҕуна:

— Уйбаан, тоҕо ыҥырыллыбыккын билэр инигин, бу ойоҕуҥ кырбаан батан таһаарда, онон арахсабын, аналбын-чааспын бэрдэр диэн дьыала киллэрдэ, — диэтэ судьуйа, кини диэки тобулу көрөн олорон.

Уйбаан турда. Былыргы үөрэҕинэн тоҥхох гынна. Тугу да саҥарбата.

— Эн ойоҕум эрэ диэн кырбыырыҥ, атаҕастыырыҥ сатаммат. Ити иннигэр ойоҕуҥ аналын биэттиҥ таһынан, бэйэҥ дьүүллэниэх тустааххын. Сокуон этиитэ оннук.

— Атын киһини булсубутун иһин тиэрэ аспытым, кырбаабатаҕым. Мин буруйум суох, наар кини буруйдаах.

— Киһини булсубуппун бу тойот оттотугар дакаастаан таһаар ээ, — диэтэ, ойон туран, Хобороос сүрдээх сытыы баҕайытык.

— Хайа, бэйэҕит сүбэлэһэн тупсуоххут буолаарай? Арахсан, олоҕу аймыыр хайаҕытыгар даҕаны барса суох буолуо.

— Туох да иһин тупсубаппын, тойонуом, киниэхэ мөхтөрө-сыстара сылдьыам дуо? — диэн Хобороос хап гына биэрдэ.

Судьуйа саҥата суох суруйан баран:

— Сокуон быһыытынан эһиги арахсаҕыт. Уйбаан, бу мин ыйааҕым быһыытынан, ойоҕуҥ чааһын арааран биэр, — диэтэ, көннөрү саҥарар куолаһын уларытан, сөҥ-сөҥнүк.

Уйбаан аһын саҕатыттан бычык-бычык көлөһүн ыгыллан таҕыста. Биир да тылы кыайан саҥарбакка, бэргэһэтин, үтүлүгүн ылан, таһырдьа ыстанна. Ууга түһэн тыына хаайтарбыт киһи курдук бөтүөхтүү-бөтүөхтүү дьиэтин диэки хаамта. Сүрдээхтик абаланна. Хараҕыттан уу таҕыста.

Хобороос сарсыҥҥытыгар чааһын эриттэн арааран ылла. Уйбаан, туспа хайдах да сатаан олоруо суох буолан, ыалга дьукаах көстө. Баһырҕас диэн ыта, икки-үс хонукка тоҥ балаҕаны кэтии сытан баран, ыксаан, иччилэрин сүтэрэн, атах балай барда. Балаҕаннарын оһоҕун үөлэһэ чоҥкуйа кырыаран хаалла. Хобороос эмиэ биссэр ыалыгар дьукаах олордо. Дьаакып уруккутунааҕар өссө ордук сотору-сотору сылдьар буолла. «Хаһан миэхэ кэл, барыах диир буолла», — диэн Хобороос иһин иһигэр күүтэ саныыр да, Дьаакып этиэхчэ эппэтэ.

Уйбаан биирдэ, куораччыкка сылдьан кыратык холуочуйан баран, Дьаакыбы ыалга түбэһэн туох да саҥата суох олорор киһини сирэйгэ биэрэн кэбистэ уонна өссө кырбаары гыммытын дьон быыһаатылар.

Дьаакып, дьэбэлэйдээн баран, мүрэбиэйгэ дьыала түһэрбит. Онуоха мүрэбиэй Уйбааны алта ый хаайыыга уурбут.

VII[уларыт]

«Итиччэ таптыыр аата тоҕо ыйыппат буоллаҕай?» —диэн Хобороос Дьаакып суоҕар санааргыыр да, бэйэтин көрдөр, кинини кытта күллэр-оонньоотор эрэ, ол санаатын умнан кэбиһэр.

Дьаакып, Хоборооско хас да хонукка сылдьыбакка гынан баран, Хобороос таһырдьа үлэлии турдаҕына тиийэн кэллэ. Мээнэ үөрбүт-көппүт, күлбүтүнэн кэллэ.

— Хобороос, кыра солуннаах кэллим.

— Тугуй? — «Дьэ ыйытаары гыннаҕа», — дии санаата.

— Бачча сааспар дылы аҥардас сылдьан-сылдьан баран, дьэ, дьиэлэнним-уоттанным. Биир сэниэ соҕус эдэр дьахтары сып кыннаран, ойох ылан, дьиэбэр аҕаллым. Онтукам бодьууһугар сылдьаммын эйиэхэ кэлбэтэҕим, — дии-дии күллэ. Хобороос тутан турар күрдьэҕин ыһыктан кэбистэ, ах баран саҥата суох турда.

— Инньэ гынан аны оҕолонорум эрэ хаалла. Аны эйиэхэ чаастатык кэлиэм суоҕа, ойоҕум күнүүлээн өлөрүө. Бэрт дьахтар түбэстэ быһыылаах, — санныттан таптайа-таптайа. — Онон күүтэн кыыһыра олороойоҕун. Ойохтоох киһи майгытын бэйэҥ билэр инигин.

Хобороос, ыгa симнэрбит курдук бөтүөхтүү турдаҕына, хараҕын уута тахсыбытын бэйэтэ да өйдөөбөккө хаалла, күрдьүктээх хаар үрдүгэр олоро түстэ.

— Хайа, бу туох буолан бардыҥ? Үчүгэйигэр куһаҕаннаах диэбиккэ дылы, мин үчүгэй буолан эрэрбэр үөрүөххүн билиминэҕин, аны ытаан сыҥсырыйдыҥ дуу? Мин эйиэхэ туох куһаҕаннаахпыный? Дьахтар майгыта диэн ити буоллаҕа. Билигин кэлэн иһэн, Мотуруоска кэпсээбиппэр эмиэ ытaан оҥтордо, хаскыт-хаһынан туоххут дьиибэтэй? Маннык буолар буоллаххына, аны эйиэхэ сылдьар да баһа биллибэт.

— Сылдьыма! Сылдьыма! Сылдьан да абыраама! Туох куһаҕаны оҥорторон диэбиттээх буола-буола! Мантан ордук миигин хайаары гынаҕын? Эрбиттэн, оҕобуттан араарбыт, олохпун алдьаппыт эн буолбаккын дуо? Миигин, aкаарыны булан, наадаҕар туттан баран, өссө күлүү-элэк гынарыҥ итэҕэс эбит дии!

— Туох буолан бардыҥ? — кыыһырбыт курдук кытаанахтык. — Кырдьыкка тиийдэххэ, эргиттэн мин араарбытым дуо? Эргиттэн араҕыс, мин ылыахпын диэбитим дуо? Хайа, инньэ диэбиппин булан таһаарымаайаҕын! Эргэр астынымына, мин моонньубар сөрүөстэ түспүтүҥ мин буруйум эбит дии? Холобур, ылыах да буолан баран ылбатаҕым буоллар, оччоҕо даҕаны буруйга ылыныам суоҕа этэ. Аны сокуон быһыытынан, күн аайы даҕаны атын-атын дьахтары ойох ылар көҥүл. Мээнэ, акаарыгын быраап гынан, ытаан, хараҕыҥ уутун бараама. Хата, ол кэриэтэ биир эмэ киһитэ булан куучардас, ол быдан ордук буолуо, — диэн баран, атыгар олорон, тибигирэтэн хаалла.

Дьаакып барбытын кэннэ Хобороос ытаата... ытаата да ытаата. Улаханнык, саҥа таһааран, марылаччы ытаата. Исиһиттэн мэҥийэн ытаата... Хайдах ытыа суоҕай?.. Абата, хомолтото кэмнээх буолуо дуо! Дьаакыпка истиэнэ курдук эрэммитэ. «Хор, таптыыллара диэн маннык эбит буолар эбит буоллаҕа», — диэр дылы таптаабыта. Хараҕа дьолтойон тахсыар дылы ытаан баран, уурайда, уоскуйда. Уулааҕынан-хаардааҕынан Дьаакып барбыт сирин диэки көрө олордо. Дьаакып да сөпкө этэр, «онто суох эргиттэн арахсан миэхэ кэл диэн биирдэ да эппэтэҕэ, ону мин бэйэм акаарыбыттан, бүтэйдии сэрэйэн, хайаан да ылыа диэбит эбиппин», — диэн сэмэлэнэ санаата. — «Ок-сиэ, эр киһи сүрдээх да албын буолар эбит. «Эргин эрэнимэ, истиэнэҕин эрэн», — диэн былыргылар өстөрүн хоһооно кырдьык да эбит. Дьэ, билигин ханна барабыный, хайдах иитиллэн киһи буоларбыный, — диэн түөрт үүтэ бүөлэммит, кэлэр-барар сирэ бараммыт курдук сананна. — Ордугу көрдүүбүн диэн, хата, олохпун бэйэм алдьаттым», — дии санаата. Ити да таһынан бары эгэлгэ санаалар киирэ-киирэ таҕыстылар. Эрин, оҕотун эмиэ санаата, туспа ыал буолан, буруо таһааран олорбутун эмиэ санаата, дьадаҥытын, туоҕа да суоҕун эмиэ билиннэ. «Ыал иигин-сааҕын кирэргэ ананнаҕым», — диэн баран, ытаан барда.

VIII[уларыт]

Уйбаан, хаайыытын боруостаан баран, биир-икки ынаҕын хаартылаан, арыгылаан кэбиһэн баран, тайҕалаабыт сураҕа иһилиннэ. Хобороос тыла бэт буолан, хайа да ыалга батан олорумуна, киэҥ сиргэ — куоракка киирэн баран, ханна да тиийбитэ иһиллибэккэ, сүтэн хаалла.

1924 с., 6/11 Алампа

Сүрүн сирэйгэ