Иһинээҕитигэр көс

Орто дойду олоҕо (Каженкин И.И.-Хааһах Уйбаан)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

И. И. Каженкин - Уйбаан Хааһах

ОРТО ДОЙДУ ОЛОҔО

Дьокуускай 2019

“Yөһээттэн үргүөр үргүйбэтин, Алларааттан аргыар аргыйбатын! Орто дойду олоҕо туруктаах буоллун!”

Сахалар былыргы өй-санаа үөрэхтэрин өйүгэр-санаатыгар иҥэринэн улааппыт уонна сиэннэригэр хайдах баарынан тириэрдибит саха сэмэй дьахтарыгар, эбэбэр Барашкова Гликерия Иннокентьевна сырдык кэриэһигэр аныыбын.

Былыргы сахалар киһи өйүн-санаатын ордук дириҥник баһылаабыттарын сири-дойдуну үс аҥы; Үөһээ, Орто уонна Аллараа дойдуларга араараллара быһаарар.

Автор бу үлэтигэр киһи олоҕу олороро олус уустугуран иһэрин, наука уонна тиэхиникэ күүскэ сайдыылара дьон олохторун тупсаран, сымнатан иһиитэ өйдөрө-санаалара туруга суохха тиийэрин арыйар.

Итини тэҥэ автор элбэх быһаарыылар түмүктэринэн дьон өйдөрө-санаалара Айылҕаны, Сири-дойдуну кытта өссө биир сүрүн тутулуктара баарын арыйан быһаарар.

По учениям народа саха души мертвых людей никуда не исчезают, а присутствуют где-то рядом с нами, живыми. И они имеют некоторое влияние на сознание живых людей.

ААН ТЫЛ

Сахалар итэҕэл, таҥара туһунан өйдөбүллэрэ олус былыргыттан, нууччалар кэлиэхтэрин быдан инниттэн ыла үөскээбиттэр. Бу өйдөбүллэр үөскээһиннэригэр ойууннар үөрэтэн олоххо туһана сылдьар кут-сүр үөрэхтэрэ төрүт буолбут. Улахан күүстээх, кыахтаах куттаах киһи кута хаһан баҕарар билэр дьонугар көмөлөһөр кыахтааҕа бары таҥаралар үөскүүл¬лэригэр тириэрдибит.

Сахалар итэҕэллэрэ Айылҕа күүстэригэр, киһи кутугар итэҕэ¬йии буолар уонна былыр-былыргыттан таҥара диэн ааттанарын киһи барыта билэр. Арай бу таҥарабыт үөрэҕин нууччалар “бог” диэн ааттыыр православнай таҥараларын үөрэхтэригэр буккуйан, арааран ылбакка сылдьабыт. Бу олус былыргыттан баар таҥара итэҕэлин арҕааҥҥы омуктар үөрэхтээхтэрэ “тенгрианство” диэн аатынан билигин билинэллэр. “Тенгри” диэн түүрдэр тыллара сахалар таҥара диэннэриттэн үөскээбитин дорҕооннорунан сөп түбэһэрэ уонна өй-санаа үөрэҕэ буолара быһаарар. Итини тэҥэ түүрдэр бэйэлэрэ сахалартан үөскээбиттэрин өй-санаа уонна тыл үөрэҕэ дакаастыыр.

Kүн, Сир, планеталар уонна Kосмос куйаара барылара олус күүстээх тэҥнэһии балаһыанньатыгар тутуллан сылдьаллар. Дьон науканы уонна тиэхиникэни сайыннарыылара бу уһун үйэлэргэ, быдан дьылларга үөскээбит тэҥнэһиини хамсаппатыгар, алдьаппатыгар киһилии өйдөөх-санаалаах өттүлэрэ баҕараллар.

Олус былыргы, олоҥхо кэмигэр сахалар халлааны, сири-дойдуну барыларын икки дойдуга; ол уонна бу дойду диэннэргэ араараллар этэ. Кэлин нууччалар кэлбиттэрин кэннэ, өй-санаа өссө сайдыытын, тупсуутун билинэн үс дойдуга араарбыттара:

— Үөһээ дойду. Манна айыылар уонна абааһылар олороллор. Yөһээ дойду хаттыгастарыгар, халлааннарыгар үтүө, үчүгэй, үрүҥ санаалар мунньусталларын тэҥэ, хара, куһаҕан санаалар эмиэ бааллар.

— Орто дойду. Былыргы сахалар бэйэлэрэ олорор сирдэрин Орто дойду диэн ааттыыллар. Kинилэр бэйэлэрин айыы да, абааһы да буолбатахтарын билинэннэр олорор, үөскүүр уонна сайдар сирдэрин Орто дойду диэбиттэр. Бу Орто дойду Үөһээ уонна Аллараа дойдулар икки ардыларыгар тэнийэн сытар. Манна үтүө, үрүҥ санаалары тэҥэ араас куһаҕан, хара санаалар холбуу сылдьаллар.

— Аллараа дойду. Бу дойдуга араас абааһылар олороллор. Бары куһаҕан, хара санаалары, ыарыылары мунньар дойдулара Аллараа дойду диэн ааттанар.

Биһиги бу үлэбитигэр сири-дойдуну бу курдук үс аҥы араарыы киһи өйүн-санаатын кытта тутулуктааҕын арыйабыт. Ол аата киһи туох оҥорор быһыылара барылара үчүгэй уонна куһаҕан диэн өйдөбүллэр икки ардыларынан, ортотунан түбэһэн бардахтарына эрэ табылларын, оччоҕо эрэ дьон Сир үрдүгэр үөскээн турар тэҥнэһии балаһыанньатын хамсаппаттарын быһаарабыт. Сахалар бу тэҥнэһии баарын былыр-былыргыттан билэн дьон бэйэлэрэ олорор сирдэрин Орто дойду диэн ааттаабыттар уонна бу эрэ дойдуга киһи тыыннаах, эттээх-сииннээх уонна киһи буолууну ситиһэн олоҕун олорор кыахтааҕын билинэллэр.

Дьон өйдөрүгэр-санааларыгар үөскүүр үчүгэй уонна куһаҕан быһыылары арааран быһаараарылар былыргы сахалар Үөһээ, Орто уонна Аллараа дойдулары айбыттар. Билигин даҕаны бу үөрэх эрэ киһи өйүн-санаатын табатык быһаарарын саха дьонугар тириэрдэбит. Ол аата, сахалар оҕолорун үөрэтэр этиилэрэ: “Аһара барыма”, “Айыыны оҥорума”,- диэннэр хайа да өттүгэр, үөһээ да, аллараа да диэки халыйбакка ортотунан, киһи быһыылаахтык, киһи быһыытын аһара барбакка эрэ бары дьыалалары оҥорор буол диэн үөрэтэр өйдөбүллээхтэрэ арыллар.

Саха дьоно салгыы сайдан үөрэҕи-билиини баһылаан иһэр кыахтара улаатта. Сахалыы кут-сүр үөрэҕэ сайдан, дьон билинэн эрэллэр. Kэлэр көлүөнэлэри иитии-үөрэтии туруктанан, сахалыы кут-сүр үөрэҕиттэн тирэх ыллаҕына эрэ, кинилэр киһилии быһыыланан, тулуурдара улаатан омугу салгыы сайыннарар кыахтаналларын бары үлэлэрбитигэр быһаарабыт.

Биһиги “Кут-сүр үөрэҕэ” диэн үлэбитигэр киһи этэ¬-сиинэ уонна куттара, өйө-санаата тус-туспа көрүҥнэрин уонна олох хан¬нык кэмнэригэр киһини хайа кута салайарын быһаарбыппыт. Бу үлэбитигэр куттар сырыыларын салгыы арыйабыт.

Сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ быһаарыытынан оҕо өйө-санаата, ийэ кута саҥа улаатан иһиэҕиттэн, киһини таба көрөр кэмиттэн ыла сайдан барар. Өй-санаа ити курдук эрдэттэн сайдыыта оҕону кыра эрдэҕинэ иитии-үөрэтии бу кэмҥэ ийэ кута сайдарынан олус улахан суолта¬лааҕын быһаарар. Ол иһин оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кутун өйүн-санаатын иитии, бу киһи салгыы олоҕун хайысхатын, өйүн-санаатын туругун быһаарарын кут-сүр үөрэҕэ бигэргэтэр.

Билигин сахалар сайдан иһэр дьулуурдаах өйдөрө-санаалара былыргы таҥараларын итэҕэлин оннугар түһэрэргэ ыҥырар. Итэҕэл баара кэлэр көлүөнэлэрин өйдөрө-санаалара туруктаах, былыргы кэмнэртэн ыла оннун булбут төрүт өйдөбүллэрдээх уонна үгэстэрдээх буола улаатыыларыгар тириэрдиэҕэ. Төрөппүттэр кэлэр көлүөнэлэрин иитиигэ-үөрэтиигэ үчүгэйгэ, үчүгэй киһи буолууга ыҥырар таҥара итэҕэлин туһата улаханын би¬линэн эрэллэр.

Сэбиэскэй былаас кэмигэр сахалар олохторун үөрэҕин иҥэринэн илдьэ сылдьыбыт өй-санаа тутулуктарын билэр ойууннарын суох оҥоруу кут-сүр үөрэҕин сайдыытын тохтотон кэбиспитэ. Би¬лигин дьон-аймах олохторун сайдыылара уустук балаһыанньаҕа киирэн истэҕинэ хас биирдии киһи өйө-санаата туруктаныытын ситиһии олус туһалааҕа билиннэ. Ол курдук билигин Аан дойду сайдыылаах омуктара ядернай уонна термоядернай сэрии сэптэрин аһара элбэҕи оҥостон кэ¬биһэннэр Сирбит саара дэлби тэбээри турар улахан буорахтаах буочукаҕа кубулуйбутугар, дьон-аймах дьэ санааҕа ыллардылар. Ол аата, бу мунньуллубут олус күүстээх сэрии сэбин сөптөөхтүк көрөн-харайан, сыыһа туттан төлө туппат туһугар улахан туруктаах өйдөөх-санаалаах дьон наадалара биллэн таҕыста.

3-с тыһыынча сылларга дьон-аймах өйдөрө-санаалара сайдан өссө үрдүк таһымҥа тахсыа диэн сайдыылаах омуктар ааҕаллар. Ол да буоллар сайдыылаах диир омуктарбыт дьон өйдөрүн-санааларын иирдэр наркотиктары кытта охсуһуулара сытыырхайан иһэр. Бу Аан дойдуну барытын хабар киэҥ охсуһууга ким-кими кыайарыттан дьон-аймах салгыы олохторо быһаччы тутулуктанар. Сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ быһаарарынан бу өй-санаа охсуһуута кэнээн-тэнийэн барыыта дьон олохторугар улахан уустуктары үөскэтиэҕэ. Ол курдук сахалыы кут-сүр үөрэҕин тутуһан иитиллибит кэлэр көлүөнэлэр эрэ өйдөрө-санаалара туруктааҕын, тулуура улаатарын ситиһиэхтэрин, олоҕу салгыы сайыннарыахтарын сөп.

Эрэллээх, эһиги бары баҕа санааларгытын толорор кыахтаах, тулуурдаах, дьулуурдаах, сахалыы эттэххэ өһөс майгылаах, туруктаах өйдөөх-санаалаах кэлэр көлүөнэлэри иитэн-үөрэтэн улаатыннарар-гытыгар ис сүрэхпититтэн баҕарабыт.

СЫРДЫК уонна ХАРАҤА

Айылҕаҕа сырдык уонна хараҥа алтыһыылара киһи өйүн-санаатын икки өрүтүн төрүттээбиттэрэ билигин саарбахтаммат буолла. Былыргы кэмнэргэ ыас хараҥа, ынырык, туох да баара көстүбэт, араас элбэх кутталлардаах түүн кэнниттэн халлаан сырдаан Kүн тахсыыта дьон өйүгэр-санаатыгар оҥорор уратыларын, үөрүүнү-көтүүнү аҕаларын билигин ситэн санаабаккын. Оччолорго ыар, хараҥа түүнү этэҥҥэ туорааһын, сырдык буолуута олох салҕанан барар кыахтаммытын биллэрэрэ, үөрүүнү-көтүүнү аҕалара, ол иһин дьоҥҥо Күн таҥара үөскээбит.

Сырдык, ыраас буолуута киһиэхэ билигин даҕаны үчүгэйи аҕалар. Айылҕаттан айыллыбытын быһыытынан киһи куруук сырдыгы, үрүҥү үчүгэй дииргэ аналлаах, хаһан даҕаны хараҥаны, хараны үчүгэй диир кыаҕа суох. Бу быһаарыы төрүтэ киһи хараҕын оҥоһуутугар олоҕурар уонна хаһан да уларыйбат. Ол курдук киһи хараҕын оҥоһуута сырдык кэмҥэ хараҥатааҕар лаппа үчүгэйдик ырааҕы көрөрүнэн уратыланар. Киһиэхэ хаһан баҕарар куһаҕаннык, болоорхойдук көстөр туох барыта мөлтөх, куһаҕан диэн сыанабылы ылар, сэрэниини үөскэтэр. Ол иһин киһи үчүгэй диэн сыанабыла барыта көрүҥүттэн, хайдах көс¬төрүттэн, сырдыгыттан быһаччы тутулуктанар.

Киһи үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа араарара туох баар барыта хайдах көстөрүттэн тутулуктанар. Киһи сырдыгы, ырааһы, сөбүлүү, таптыы көрөрүн, үчүгэйдик көстөрү барытын үчүгэй диэн билинэр, оннук сыанабылы биэрэр, онтон хараны, хараҥаны, куһаҕаннык көстөрү куһаҕан диэн сыаналыыра хаһан да уларыйбат.

Айылҕа киһини сырдыкка үчүгэйдик көрөр гына айбытын быһыытынан олоҕун үгүс өттүн сырдык кэмҥэ атаарар аналлаах. Онон, сырдык, үчүгэй диэки тардыһыы киһиэхэ Айылҕаттан бэриллэн сылдьар биир туһалаах өрүтэ буолар. Сырдык, үчүгэй буолуу күн тахсыытыттан, күн уотуттан быһаччы тутулуктааҕынан сахаларга Күн таҥараҕа кубулуйбут. Ол курдук Айылҕа киһи өйүн-санаатын төрүттээн тугу үчүгэй, тугу куһаҕан диэн быһаарарын кытта ыйан, олохсутан биэрбит.

Сырдык уонна хараҥа киһиэхэ дьайыылара ордук түүлгэ араарыллан, чуолкайданан көстөллөр. Түүлгэ сырдык, ыраас көстүү үчүгэйи түстүүр. Сырдык халлааны, күнү көрүү кэнниттэн киһи баҕа санаалара чахчы туолаллар. Сырдык дьоҥҥо көстүүтэ үрүҥ дьүһүнү биэрэр. Түүлгэ үрүҥ дьүһүннээх барыта кэриэтэ үчүгэйи көрдөрөр. Арай олус кыр¬дьаҕас уонна ыарыһах дьон үрүҥ таҥастаах көстүүлэрэ өлүүнү, куһаҕаны биллэрэллэр. Кыыллар үрүҥ дьүһүннэнэн көһүннэхтэринэ майгылара үчүгэйин, туһалааҕы оҥороллорун түстүүр. Онон, түүл өйө-санаата киһиэхэ сырдык, үрүҥ дьүһүн чахчы үчүгэйин дьоҥҥо тириэрдэр, биллэрэр.

Хараҥа кэм дьайыыта түүлгэ эмиэ биллэр. Ыарахан, эрэйдээх, тиийиммэт-түгэммэт олох хараҥа кэмҥэ ааһарын курдук түүлгэ эмиэ ха¬раҥаҕа муна-тэнэ сылдьарга тиийиллэр. Түүлгэ сырдык кэнниттэн ха¬раҥарыыта үчүгэй кэм куһаҕанынан солбулларын көрдөрөр. Ол иһин түүлгэ хараҥаттан сырдыкка тахсыы киһи баҕата туоларыгар ордук сөп түбэһэр көстүү буолар.

Аныгы наука быһаарыытынан сарсыардааҥҥы уонна киэһээҥҥи сырыылаах дьон бааллар. Бу быһаарыы киһи этэ-сиинэ күн ханнык кэмигэр ордук таһаарыылаахтык үлэлииллэрин чуолкайдаан биэрэр курдук эрээри, аныгы дьон олохторун уратыта, электрическэй уот баара бу өйдөбүлү үөскэппит. Ол курдук түүн, хараҥаҕа үчүгэйдик көрөр дьон бааллара наукаҕа өссө да биллэ иликтэр.

Дьон эньиэргийэлэрэ күн сарсыарда өттүгэр, эбиэккэ диэри элбэх буолар. Өйдөрө-санаалара уонна эрчимнэрэ сарсыарда эр¬дэттэн, күн тахсыытыттан элбэхтик киирэн үлэлэрэ-хамнастара бу кэмҥэ лаппа таһаарыыланар. Сорох дьон күүстэрэ-уохтара эбиэттэн киэһэ киирэр дииллэр. Ити эрээри бу этии, аныгы электричество уота баарыгар дьон олохторун режимэ уларыйбытыттан, эргийбититтэн ордук тутулуктаах. Ол курдук түүн хойут утуйа үөрэммит киһи сарсыарда хойутаан күүһэ-уоҕа, үлэһитэ киирэрэ атын эбии быһаарыыга наадыйбат.

Киһи этин-сиинин оҥоһуута, күүскэ үлэлиирэ-хамсыыра күнүскү кэмҥэ сөп түбэһэринэн, күнүскү, сырдык кэмҥэ ордук табыллан, санаата көнөн сылдьар. Халлаан хараҥаран барыытыттан туох барыта болоорон, аанньа көстүбэтэ киһиэхэ мөл¬төөһүнү, ыыра кыарааһынын аҕалар. Хараҥа кэмҥэ тугу эмэни ситэ арааран көрбөккө киһи дэҥнэ¬ниитэ, туохха эмэ кэтиллиитэ элбээһиннэрэ ити быһаарыыны дакаастыыллар.

Түүн хараҥардаҕына киһи этэ-сиинэ эмиэ мөлтөөн сынньанарга наадыйан барар. Түүҥҥү кэмҥэ киһи этигэр-сиинигэр барар уларыйыылар бары бытаараллар, сүрэҕин үлэтэ бытааран киһи утуйуон, сынньаныан баҕарара улаатар. Киһи утуйбакка, сынньаммакка сырыттаҕына аҕыйах суукканан өйө-санаата буккуллан барарыгар тириэрдэр, ол иһин олоҕун үс гыммыттан биирин утуйарыгар уонна сынньанарыгар хайаан да анаатаҕына эрэ олоҕо табыллар.

Былыргы кэмнэргэ киһи бэйэтэ тугу билбэтин, кыайан быһаарбатын барытын хараҥа кэмҥэ абааһылар оҥороллор диэн саныы үөрэммит. Киһи туох билбэтин, бары биллибэт күүстэри барыларын хараҥаҕа, бэйэтэ кыайан көрбөт кэмигэр сылдьаллар диэн балыйарыттан, ити өй-санаа үөскээбит. Үгүс куһаҕан быһыылар ха¬раҥа кэмҥэ оҥоруллаллара итинник олохсуйан хаалбыт өйдөбүлү үөскэппиттэр.

Айылҕа “Туох барыта икки өрүттээх” диэн быһаарыыны халбаҥнаабакка эрэ тутуһарыттан Сиргэ хараҥа кэмҥэ сылдьарга аналлаах тыынар-тыыннаахтар эмиэ элбэхтэр. Күнүс кэнниттэн түүн харааран кэллэҕинэ даҕаны Сиргэ олох син-биир тохтообот, салгыы сайдан баран иһэр, арай сырдыкка сылдьааччылары хараҥаҕа сылдьааччылар, онно үчүгэйдик көрөөччүлэр солбуйаллар.

Онон, киһи Айылҕаттан аналын быһыытынан күнүскү кэмҥэ сылдьар, үлэлиир-хамсыыр оҥоһуулаах, сырдык кэмҥэ элбэх үчүгэйи айар-тутар аналлаах. Киһи Айылҕаттан бу кур¬дук оҥоһууланыыта сырдык кэми ордук сөбүлүүрүгэр, бу кэмҥэ үлэтэ-хамнаһа олус табылларыгар тириэрдэр. Сырдыктан киһиэхэ үчүгэй кэмэ кэлэр. Ол иһин киһи өйүгэр-санаатыгар үчүгэй өйдөбүлүн сүрүн төрүтэ сырдык кэлиититтэн үөскээн олохсуйбут. Ол курдук күнтэн кэлэр сырдык эньиэргийэтэ киһиэхэ күүс-күдэх, үчүгэй кэлиитин өйүн-санаатын иҥэрэр, олоҕун оҥосторугар кыах биэрэр, инники диэки сирдиир. Күнтэн кэлэр сырдык эньиэргийэтиттэн Сиргэ тыынар-тыыннаах күөх Айылҕа барыта үүнэр, сайдар, үүнээйилэртэн эньиэргийэ, күүс-күдэх ылынаннар тыынар-тыыннаахтар үөскүүллэр, улааталлар. Ити курдук Айылҕа барыта Күнтэн быһаччы тутулуктаах. Саха дьоно халлаантан, Күнтэн сырдык, үчүгэй кэлэрин бэлиэтээн үтүө санааларын күҥҥэ тэҥнээн, Күнү таҥара оҥостубуттара итинник дакаастанар.

Онон сырдык, үрүҥ дьүһүн дьоҥҥо үчүгэйи, үтүө санааны үөскэтэр, онтон хараҥа, хара киһини хам баттыыр, ыырын кыаратар, санаатын самнарарынан куһаҕан өйдөбүллээх.

ҮӨҺЭЭ уонна АЛЛАРАА

Дьон олохторун биир кэмигэр үлэлээн-хамсаан, оҥорон-тутан си-тиспит таһымнара олох таһыма диэн ааттанар. Бу олох таһыма диэн дьон быһаарыылара бэйэлэрин өйдөрүгэр-санааларыгар турар сирдэрин кытта сөп түбэһэр. Бу таһым диэн өйдөбүлгэ дьон бэйэлэрин олохторугар ситиспит ситиһиилэрэ, үлэлэрэ-хамнастара, өйдөрүн-санааларын сайдыыта, саҥарар тыллара барыта холбуу киирсэ сылдьаллар. Дьон бэйэлэрин бу күннээҕи санааларыгар ситиспит таһымнара турар сирдэрин кытта сөп түбэһэриттэн урукку кэмҥэ ситиспит таһымнарыттан үөһээ тахсыы курдук өйдөнөр.

Атын омук тылын билии олох таһымын сайыннарар, өрө таһаарар, сайдыылаах омук билиитинэн өйү-санааны толорор, өй-санаа сайдарыгар кыах биэрэр. Ол аата аҥардастыы биир омук тылын, билиитин эрэ билии сайдыы таһымыттан хаалларар быһыы буолар. Бу быһаарыыны бэйэбитигэр тэҥнии тутан көрдөхпүтүнэ нууччалары, урукку кэмҥэ сайдыылаах омуктар тылларын үөрэтэн, билэн сайдыыны ситиспит таһыммыт икки тылланыы буолан сылдьар. Ол аата нуучча тылын хаалларан аҥардастыы сахалыы эрэ үөрэтии сайдыыттан хаалыыга тириэрдиэн сөп.

Бу олох таһыма сайдыы-үөрэх эбиллэн, билии-көрүү кэҥээн истэҕинэ - үрдээн, өрө тахсан биэрэр. Маны экономикаҕа сыһыаннаан быһаардахха ордук өйдөнүмтүө. Экономика төһө элбэх көрдөрүүлэрэ үрдүктэр да, соччонон бу таһым үрдүгү көрдөрөр. Ол иһин бу таһым государстволар икки ардыларыгар сыһыаннаһыыга биллэр суолтаны ылар. Сай¬дыыта суох государстволар олохторун таһыма биллэрдик аллараа хаал¬быта, тэҥнээн көрөн хомуруйарга сөптөөх төрүөт буолар.

Бу таһым эбэтэр көрдөрүү сайдыы мөлтөөтөҕүнэ, экономика төрүт¬тэрэ саҥаны оҥорон олоххо киллэрэн испэтэхтэринэ - намтаан, аллараа түһэн биэрэр. Хаалан иһэр государстволар экономикаларын ханнык көрүҥүн өрө тардан таһаардахтарына хаалыыттан тахсалларын ааҕан-суоттаан быһаарар кыахтаахтар. Билигин олус наадалаах буол¬бут бу таһымы эбэтэр көрдөрүүнү былыргы сахалар билэн туһаналлара бэйэтэ биир уратылаах, былыргыттан экономикаҕа олус суолталаах тимири уһаарыынан уонна уһаныынан дьарыктананнар үөһээ тахсыы уонна аллараа түһүү диэн өйдөбүллэри элбэхтик туһанар эбиттэр.

Сайдыыны ситиһии бу таһыма атын омуктар ситиһиилэригэр тэҥнээн көрдөххө ордук чуолкайданар. Ол курдук экономика ситиһиилэрин тэҥнээн көрүү омуктар сайдыылара төһө тус-туспа арахсалларын быһаарар. Маннык тэҥнээн көрүү кэнниттэн быһааран сайдыылаах омук диэн батыһарга, үтүктэргэ эбэ¬тэр хаалыылаах эбит диэн хомуруйарга кыах баар буолар.

Экономикаҕа үрдүк сайдыыны ситиспит омуктар сайдыылаах омуктар диэн ааҕыллаллар. Кинилэр оҥорбут тиэхиникэлэрэ, технологиялара сайдыылара хаалбыт омуктарга олус сыаналаах табаарга кубулуйаллар. Хаалан иһэр экономикалаах омуктар кинилэри үтүктэргэ, батыһарга эрэ тиийэллэр. Экономикаҕа ситэн куотуу, аһара барыы диэн уһун кэмнээх олус күүстээх үлэттэн-хамнастан үөскээн тахсар өйдөбүллэр. Ол курдук экономиканы хантан да булан ылбаккын, ким да босхо биэрбэт, арай элбэхтик саҥаны арыйыылары олоххо киллэртээн, күүскэ, таһаарыылаахтык үлэлээн-хамсаан, саҥа технологи¬ялары баһылаан истэххэ биирдэ сайдыы иннин диэки хамсыыр кыахтаах. Олох таһыма диэн этии экономика сайдыытын быһаччы көрдөрөр быһаарыы буолар.

Үөһээ тахсыы, өрө дабайыы дьоҥҥо барыларыгар ситиһиини, кыайыыны бэлиэтиир көстүү буолар. Онтон аллараа диэки түһүү - мөлтөөһүнү, үлэ-хамнас атахтаныытын, бытаарыытын бэлиэтиир.

Дьон былыр-былыргыттан аллараа диэки түһүү, мөлтөөһүн буолан эрэрин көрдөрөр диэн ааҕаллар. Киһи түүлүгэр эмискэ аллараа диэки түһүүтэ олоҕо уруккуттан куһаҕан буолан, мөлтөөн барыытын биллэрэрин билэл¬лэр. Сыыйа эбэтэр халтарыйан да аллараа диэки түһүү туох да үчүгэйэ суох, олоҕун таах атаарар, атын дьон сабыдыалларыгар киирбит киһи түүлүгэр көстөр бэлиэлэр буолаллар.

Саха дьоно түүл үөрэҕин тутуһалларыттан аллараа, сир аннын диэки түһэри букатын сөбүлээбэт¬тэр. Ол аллараа дойдуга абааһылар, араас ыарыылар, өлүү-сүтүү төрүттэрэ бары олороллор диэн урукку кэмҥэ ааҕаллара. Сахаларга аллараа диэки түһүү өссө эбиискэ куһаҕан сир диэки барыы диэн өйдөбүллээх. Аллараа диэки түһүүттэн, үлэ-хамнас оҥорон таһаарыыта намтааһыныттан, олох көрдөрүүлэрэ мөлтөөһүнүттэн киһилии дьон бары сэрэнэ, туттуна сылдьаллар.

Үөһээ диэки тахсыы олоххо ситиһии, туох эмэ туһалаах уларытыыны киллэрии бэлиэтэ. Маны киһи түүлэ эмиэ сити баарын курдук көрдөрөр. Хайдах быһыылаахтык үөһээ диэки ыттан тахсан иһэрэ туох ситиһиини оҥорорун, төһө улахан туһалааҕын билгэлиир. Арай аһара үөһээ уонна олус чэпчэкитик көтө сылдьыы көннөрү ыра санаа эрэ буолар. Ол курдук киһи тугу санаабытын олоххо киллэрэрэ олус улахан уустуктарданан хаалара элбэх. Ол иһин киһи санаата ханнык эрэ быһыыга кубулуйан тахсара олох таһымыттан улахан тутулуктаах.

Манна саха¬лар ыра санаа диэн этиилэрин чуолкайдаан биэриэххэ сөп. Түһээн олус баай-тот Үөһээ дойдуга көтө сылдьыы киһи хаһан да туолбат ыра санаата эрэ буолар. Уһун кэмҥэ олус баҕара санааһын үгэстэри үөскэттэҕинэ киһи түүлүгэр илэ курдук көстүөн эмиэ сөп. Түүлгэ эмиэ олохтоох сиртэн-уоттан соччо ырааппакка, олус түргэнник үөһээ көппөккө, аллараа түспэккэ сылдьыы этэҥҥэ олорууну, олох биир тэҥник баран иһиитин, өй-санаа туруктааҕын быһаарар.

Сахалар үөһээ диэки тахсан иһиини ордук чаҕылхайдык ойуулуул¬лар. Ол курдук үөрэҕи-билиини, өй-санаа сайдыытын ситиһии, өрө, халлаан диэки хаттыгастарга, үрдэллэргэ тахсан иһии курдук кэпсэнэр. Өй-санаа үрдүкү чыпчаалын ситиһии, Yрүҥ айыы буолуу киһи өллөҕүнэ, өйө-санаата этиттэн-сииниттэн букатын арахсан Үөһээ дойдуга таҕыс¬тахха эрэ ситиһиллэр ыра санаа кыраайа буолар. Өй көтөн Үөһээ дойдуга тахсыыта, айыы буолуу киһи өллөҕүнэ эрэ кэлэрин саха киһитэ барыта билэр.

Үөһээ, аллараа диэн быһаарыылар кыайыыны уонна кыаттарыыны эмиэ бэлиэтииллэр. Саха дьоно былыргыттан тустуунан дьарыктаналлар. Тустуу хапсаҕай диэн ааттаммыта бэйэтигэр олус сөп түбэһэр, хапсаҕайы ситиһиини аан бастаан биллэрэр. Бу тустуу, дьоҥҥо үөскээбит тустуулартан аан маҥнайгы көрүҥэ буоларынан киэн туттуохха эрэ сөп. Ол курдук тустуу быраабылалара, туох таҥастаах тустуллара барылара холбоон бу олус былыргы, аан маҥнайгы тустуу буоларын кэрэһилээн көрдөрөллөр.

Хапсаҕайга тустуу быраабылалара уонна араас ньымалара киһи саҥа сайдан иһиэҕиттэн, икки атаҕар турбут кэмиттэн ыла үөскээбиттэ¬ригэр сөп. Утарылаһар киһини кууспакка сылдьан эрэ соҕотохто албастаан, хатыйан эбэтэр илиититтэн, атаҕыттан ылан охторуу олус уустук. Тустарга ыстаантан ураты атын таҥас, кур эҥин суоҕа, былыргы таҥаһа суох, киһи бэйэтинэн сылдьар кэмиттэн ыла хапсаҕайдаһан тустуу саҕаламмытын биллэрэр көстүүгэ киирсэр. Тустууга үөһээ буолуу үчүгэйэ уонна аллараа түһүү куһаҕана эмиэ туспа араарыллар кээмэйдээх. Кыайбыт киһи куруук үрдүкү тахсыыта үөһээ буолуу үчүгэйин көрдөрөр, охтон кыаттаран, аллараа түһүү хомолтото аллараа түһэр куһаҕанын биллэрэр.

Онон, үөһээ тахсыы, үөһээ буолуу диэн үчүгэйи көрдөрөр бэлиэ былыр-былыргыттан дьон өйдөрүгэр-санааларыгар олохсуйбут. Онтон аллараа диэки түһүү, аллараа буолуу куһаҕан кэм кэлбитин көрдөрөр өй¬дөбүлгэ кубулуйбута олус быданнаабыта сөп. Бу үөһээ уонна аллараа хамсааһыннартан тутулуктанан киһи өйө-санаата сайдан испитэ уонна Үөһээ, Аллараа дойдулары үөскэппитэ.

ӨЙ - САНАА АРАХСЫЫТА

Самаан сайын сарсыардата кэлиитигэр халлаан сырдаан, көтөрдөр, кыыллар уһуктаннар тыа, хонуу барыта чыычаахтар ырыаларынан туолар. Халлаан сырдаан барыыта саҥа күн үүммүтүн бэлиэтиир. Киһиэхэ үчүгэй кэмэ кэлиитэ, үчүгэй диэн өйдөбүлэ сырдыктан быһаччы тутулуктааҕыттан саҥа күн үүнүүтүн, сырдык буолуутун үөрэ-көтө көрсөр. Киһи аан маҥнай ыраастык, сырдыктык, үчүгэйдик көстөрү санаатыгар үчүгэй диэн быһаарара ити уратыттан олук ылан сайдыбыт.

Сырдык буолла - үчүгэй кэм кэллэ. Куһаҕан хара халбарыйда, кыат¬тарда, үчүгэйбит эмиэ эргийдэ диэн үөрүү буолар. Күн тахсан сири-дойдуну сандаарыччы сырдатыыта үчүгэйгэ эрэли, үчүгэйи оҥорууга кыаҕы-күүһү эбэн биэрэр, хара, куһаҕан, ыарахан, хараҥа аны эргиллибэттии барбытыгар эрэли үөскэтэр. Ол эрээри хараҥа букатыннаахтык барда, симэлийдэ диэхпитин сотору эмиэ киэһэ кэлэрэ санаарҕатар, олоххо туох барыта эргийэн биэрэрин өйдөтөр. Сырдык – үчүгэй уонна хараҥа – куһаҕан солбуйсан биэрэллэрэ “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн айылҕа икки өрүттээх тутулугун үөскэтэр. Ол иһин өйө-санаата сайдыбыт, үлэ-хамнас киһитэ сырдык кэмҥэ туттуммахтаан, оҥоро-тута охсуон, хараҥа кэми эрэллээхтик сынньанан аһарыан баҕата элбиир.

Kиһи сырдыгы үчүгэй, үтүө диэн ылынарыгар күнтэн кэлэр эньиэргийэ улахан оруолу ылар. Ол курдук тыыннаах, күөх Айылҕа барыта Kүнтэн быһаччы эньиэргийэ ылан сайдар, бары тыынар-тыыннаахтар ол кэлэр эньиэргийэттэн быһаччы тутулуктаахтар.

Үчүгэй диэн тугуй? Дьон бары сырдыгы, үрүҥү үчүгэй диэн быһаараллар. Үчүгэй сырдыктан саҕаланар. Мантан салгыы үчүгэй диэн тугун быһаарыы хас биирдии киһи олоҕун уонна өйүн-санаатын уратыларыттан тутулуктанан дьон-аймах олох¬торугар ураты улахан миэстэни ылар. Хас биирдии киһи олоҕо барыта сырдыгы, үрүҥү үчүгэй, онтон хараҥаны, хараны куһаҕан диэн өйдөбүлтэн салгыы сайдан тугу үчүгэй, тугу куһаҕан диэн кыра эрдэҕиттэн төрөппүттэрин этиилэриттэн, көрдөрөн биэриилэриттэн үөрэнэн, үгэс оҥостунан, сайдан иһэрэ быһаарыллар.

Хас биирдии киһи барыта бэйэтэ санаан, быһааран оҥорор үчүгэй диэн өйдөбүллэрэ кыра эрдэҕинэ үгэс буолан үөскүүллэр. Бу үчүгэй диэн өйдөбүл аан маҥнай киһи олорор олоҕун таһымыттан тутулуктааҕын үөрэхтээхтэр быһаарбыттар. “Бытие - определяет сознание” диэн сайдыылаах дойдулар кынаттаах этиилэрэ киһи өйүн-санаатын быһаарыыга олус табатын олохпут оҥкула уларыйыытыттан ыла биһиги эмиэ билэммит олохпутугар туһаныахпыт этэ.

Куһаҕаны эбэтэр үчүгэйи эрэ оҥорорго туспа аналланан төрөөбүт дьон суохтар. Киһи өйө-санаата биир мэйииттэн үөскээн, сайдан тахсан баран икки аҥы; үчүгэй уонна куһаҕан быһыыларга арахсар. Оҕолор бары кыра эрдэхтэринэ олус үчүгэйдэр. Хас биирдии ийэлэргэ оҕолоро атын оҕолортон уһулуччу үчүгэйэ хаһан да саарбахтаммат суол буолар. Ийэлэр бары “Мин оҕом ураты үчүгэй” диэн истэригэр бэйэмсэх санаалаахтар уонна “Оҕом саары чаккылаах” диэн уратытык тутан атаахтатан кэбиһэллэр. Кинилэр ити ис санааларын бэйэлэригэр кыана туттан оҕолорун өйдөрүгэр-са¬нааларыгар иҥэрэн кэбиспэттэрэ эбитэ буоллар оҕолорун салгыы олох¬торо быдан көнөтүк баран иһиэ этэ. Оҕо өйүгэр-санаатыгар бэйэмсэх, мин эрэ атыттартан ордукпун диэн санаа иҥиититтэн салгыы олоҕо туспа уратыланар, эбиискэ туту¬луктанар. Ити курдук барыта “үчүгэй” диэн өй-санаа иҥмитин кэнниттэн ыар буруйу оҥорон кэбиспит оҕо ийэтигэр “Ама мин оҕом маннык ыар буруйу оҥордоҕо”,- диэн өйдөбүл хайдах да кыайан киирбэккэ эрэйдиир. Мин оҕом оҥорботоҕо буолуо диэн санаатын муҥур уһукка диэри кыайан бырахпакка ийэ элбэх эрэйи көрсөр.

Коммунизм үөрэҕэ уһун кэмҥэ сабардаан, хас киһи, оҕо барыта “үчүгэй” эрэ буолар диэн сыыһа өйдөбүлү дьоҥҥо иҥэрэн кэбиспиттэрэ. Оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кута хайдах иитиллэриттэн өйө-санаата туспа уратылардаахтык сайдар.

Бэйэтэ “үчүгэй” диэн ааттаммыт оҕону хайдах да куһаҕан быһыылары оҥоруо диэн төрөппүттэрэ санааларыгар да оҕустаран көрбөттөр. Ол иһин оҕолорун куһаҕан быһыылары оҥорботугар үөрэппэт, куһаҕан быһыылар баалларын туһунан букатын кэпсээбэт, биллэрбэт да буолан хаалбыттар. Сайдыылаах социализм эстэн эрэр кэмигэр үөскээбит кэнники көлүөнэ эдэр дьон майгылара мөлтөх, атаахтык улаатыылара ити сыыһа үөрэх быһаччы сабыдыала буолар.

Ийэ оҕото үчүгэйэ бэрдиттэн, ама куһаҕан быһыылары оҥоруо дуо диэн санаатыттан дьон ханнык куһаҕан быһыылары оҥороллорун туһунан оҕотугар кэпсээбэт, билиһиннэрбэт. Кини быстах санаатыгар оҕото куруук кыра, куһаҕан быһыылары билбэтэҕинэ оҥоруо суоҕун курдук. Ол иһин ханнык да куһаҕан быһыылар баалларын оҕотугар кэпсээбэт, олору оҥорботугар оҕотун үөрэппэт. Оҕону маннык үөрэтии кыра эрдэҕинэ, ийэ кута иитиллэр кэмигэр эрэ табыллар.

Оҕо улаатан истэҕинэ ийэ оҕотугар куһаҕан быһыылары арааран билэргэ уонна олору оҥорботугар үөрэппэтэҕинэ оҕото “Yчүгэйи куһаҕаны кыайан араарбат” киһиэхэ кубулуйар уонна ол куһаҕан быһыылары билбэтиттэн, аны олору бэйэтэ, саҥаны айыыны оҥоро сатыыр санаатыгар оҕустаран оҥорон кэбиһэр кыахтанар. Оҕолор ханнык быһыылар куһаҕан диэн арахсалларын арааран билбэттэриттэн, улаатан истэхтэринэ төрөппүттэрэ үөрэппэттэриттэн куһаҕан быһыылары аны бэйэлэрэ оҥороллоро элбээтэ.

Оҕо кыра эрдэҕиттэн өйө-санаата олохсуйуутугар тугу эмэни оҥор¬доҕуна “Бу үчүгэй” диэн төрөппүттэрэ этэр уонна хайдах оҥордоххо үчүгэй буоларын быһааран, көрдөрөн, үтүгүннэрэн биэрэн иһэллэрэ үчүгэй үгэс үөскээн, иҥэн олохсуйарыгар туһалыыр. Ханнык баҕарар дьыаланы “Маннык оҥор”, оччоҕуна тупсар, үчүгэй буолар диэн көрдөрөн, үтүгүннэрэн биэ¬риилэрэ оҕо өйүгэр-санаатыгар иҥэригэр туһалыыр. Оҕоҕо үчүгэй диэн тугун уонна тугу оҥордоххо үчүгэй оҥорулларын төрөп¬пүтэ бэйэтэ хайдах оҥорон көрдөрөрө, үтүгүннэрэн үөрэтэрэ улахан оруолу ылар. Оҕо кыра эрдэҕиттэн төрөппүтэ тугу оҥорорун кэтээн көрө сылдьар, тугу оҥорор да ону үтүктэ сатыыр, оннук үгэстэри иҥэринэр. Төрөппүт этиитэ уонна бэйэтэ оҥорон, көрдөрөн биэриитэ сөп түбэстэхтэринэ, биир суолталаннахтарына эрэ оҕо¬то кини үөрэҕин халбаҥнаабакка эрэ ылынар. Ол аата биирдэ бобон, онтон көҥүллүү охсон оҕону тулуурга үөрэтии, үгэс оҥорон иҥэрии кыаллыбат.

Оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кута иитиллэр кэмигэр бэйэтэ көрөн-истэн, төрөппүттэрин үтүктэн үөрэнэр үөрэҕин быһалыы быһааран төрөппүттэр өйдөрө-санаалара оҕолоругар эрдэттэн бэриллэн иһэр диэн санааһын сыыһа. Ол курдук оҕо төрүүрүгэр өйө-санаата буор кут таһымынан эрэ сылдьарын уонна буор кута төрөппүттэриттэн бэриллэрин кут-сүр үөрэҕэ быһаарар. Онтон салгыы ийэтин көмөтүнэн ийэ кутун ииттинэр, улаатан иһэн үөрэҕи баһылаан салгын кутун үөрэҕинэн сайыннарар.

Киһи барыта үчүгэйгэ дьулуһар. Ситиһэ сатыыр сыаллара чугас, киһи кыаҕын иһинэн баарыттан, ситиһиини оҥорон истэҕинэ дьулуура өссө эбил¬лэр. Элбэх дьон өйдөрүгэр-санааларыгар үчүгэйи ситиһии өйүн-санаатын киллэрэн биэрии баһылаан иһээччилэртэн ирдэнэр сүрүн көрдөбүл буо¬лар. Бу үчүгэй өйдөбүлэ үгэс буолан дьон элбэх араҥаларын хаптаҕына, сахалыы таҥара итэҕэлэ тарҕанан барыытын хааччыйыахтаах. Төһө элбэх киһи итэҕэйэр даҕаны соччонон итэҕэл күүһэ улаатан биэрэр.

Санаатыгар оҥорон көрөр эбэтэр кими эмэ үтүктэн үчүгэйи ситиһиигэ хас киһи барыта кыһанар. Ол иһин киһи бэйэтин олоҕор тугу ситистэҕинэ үчүгэй кэлэрин билиэ, үчүгэйгэ ыҥырар баҕа санааларданыа этэ. Үчүгэйгэ ыҥырар баҕа санаата олохсуйан олоҕун сыалыгар, таҥаратыгар кубулуйдаҕына, ол сыалын ситиһэригэр дьу¬луура эбиллэр. Ким ол сыалын хайдах гынан ситиһэрэ бэйэтин дьыа¬лата. Ол эрээри кини ити сыалын хайдах ситиһэригэр үөрэтэн, көмөлөһөн биэрии эрэйиллэр. Сыалын билэр киһи ону ситиһэригэр толору кыахтанан тахсара сэрэйиллэр.

Хас киһи барыта бэйэтин олоҕун таһымыттан көрөн ханнык сыаллары ситиһэрэ улахан уратылардаах. Быстар дьадаҥы киһи үчүгэйэ тото аһаатаҕына уонна ханна эрэ сытар сирин булуннаҕына тиийэн кэлэр. Дьадаҥы соҕус киһи көрдөбүлэ итинтэн арыыччанан элбээн, улаатан биэрэн иһэр. Бэйэтин кыанар орто баай киһи өссө үрдүк, элбэх көрдөбүл¬лэрдээх. Орто баай киһиэхэ бары барыта наада. Элбэҕи ситиһиэн, булуон-талыан баҕата муҥура суох барарын баайа ситэ тиийбэтэ эрэ мэһэйдиир. Аһара баай дьон баҕалара ханан да муҥурдаммат, бииртэн биир санаала-ра төһө тиийэринэн ыраах баран иһиэхтэрин сөп.

Билигин Аан дойдуга үөскээбит демократия үөрэҕин көрдөбүллэрэ дьон ити араастарын баҕа санааларын толоро сатааһыннарын хааччахтаабатыттан барыларыгар кэриэтэ баҕа санааларыгар сөп түбэһэллэр. Ол иһин үөрэх-билии тарҕанан истэҕин аайы дьон-норуот демократия үөрэҕин диэки тардыһыылара биллэрдик эбиллэр.

“Yчүгэй уонна куһаҕан аргыстаһан сылдьаллар”, “Үчүгэй куһаҕана суох буолбат” уонна “Куһаҕан эмиэ үчүгэйдээх” диэн этиилэр үчүгэй уонна куһаҕан чахчы биир¬гэ сылдьалларын, кэмэ кэллэҕинэ эргийэн, атастаһан биэрэллэрин туоһулууллар. Ити этиилэр үчүгэй уонна куһаҕан быһыылар киһи оҥорор дьыалаларыттан хаһан да арахсыспаттарын, үөс¬кээн тахсар төрүттэрэ биирдэрин, киһи биир мэйиитэ, өйө-санаата буоларын бигэр¬гэтэллэр.

Сахалар бу быһаарыыны былыр-былыргыттан билэн олохторугар туһаналларын айыы диэн тылбыт икки өрүттээх өйдөбүллээҕэ; киһи үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны оҥорор кыаҕа хаһан баҕарар баарын биллэрэрэ буолар. Итини тэҥэ ынырык уонна алдьархай диэн икки өрүттээх тылларбыт үчүгэй куһаҕаҥҥа уларыйар кэмэ кэлэн эрэрин биллэрэр уратылаахтар.

Киһи хаһан баҕарар үчүгэйи оҥоробун диэн аһара туттан кэбистэҕинэ, хайа эрэ өттүнэн куһаҕан буолан тахсар уонна аһара барыы диэн сахалыы ааттанар. Онтон ханнык баҕарар киһи оҥорор быһыыта аналлаах кээмэйи аһара бардаҕына куһаҕан быһыыга кубулуйар уратылаах.

Үчүгэйи оҥоруу куһаҕаҥҥа тириэрдэр биир холобурун арыгы иһии¬титтэн булуохха сөп. Сылдьыбатаҕа өр буолбут ыалдьыты арыгынан үөрэ-көтө күндүлээһин саҕаланан баран, бары бүттүүн итирии¬лэринэн, содуомнарынан түмүктэнэн хаалыыта, үчүгэй куһаҕаҥҥа кубулуйуутун биллэр холобура буолуон сөп. Манна ары-гылааһын саҕаланан куһаҕан быһыы үөскүүрүгэр үчүгэй ыалдьыт кэлиитэ төрүөт буолан тахсар. Бу холобур салгыытынан арыгы испэт киһиэхэ үчүгэй бырааһынньыгынан сылтанан арыгыны сыҥалааһын, иһэрдэ сатааһын үчүгэйи куһаҕаҥҥа кубулутуу холобурунан буолуон сөп.

Саха дьоно былыр-былыргыттан үчүгэй уонна куһаҕан диэн өйдөбүл¬лэр бэйэ-бэйэлэриттэн олус чугас сылдьалларын, сорох кэмҥэ бэйэ-¬бэйэлэрин солбуйсан биэрэллэрин билэллэр. Ол аата үчүгэй аһара бардаҕына куһаҕаҥҥа кубулуйарын билэллэр, оҕолорун үөрэтэллэригэр ити билиилэрин өс хоһооно оҥорон туһаналлар.

“Ытыыр уонна күлэр аҕас балыстыылар”, “Аһары күлэн алларастаа¬ма, аны ытыырыҥ кэлиэҕэ”, “Сырдык уонна хараҥа сиэттиспитинэн сыл¬дьаллар” диэн өс хоһоонноро аһара барыы кэнниттэн эбэтэр үчүгэй буолуу кэмэ аастаҕына куһаҕан эргийэн тиийэн кэлэрин биллэрэллэр.

Хара куһаҕан, дьон-аймах өйдөрүгэр-санааларыгар хара дьүһүн куһаҕан өйдөбүллээх. Ол курдук түүн хараҥардаҕына туох да көстүбэтиттэн киһи санаата хам баттанар, кыаҕа кыччыыр. Түүн хараҥа, куһаҕан, кутталлаах. Түүн хараҥатын, кутталлааҕын Айылҕаҕа бэйэти¬гэр сылдьар киһи ордук арааран өйдүүр. Хара тыа быыһыгар ыас хараҥаҕа түүн дьайыыта киһиэхэ ордук биллэр, бу кэмҥэ Айылҕа киһиэхэ дьайыыта олус күүһүрэр.

Үгүс дьон олоҕун сиэригэр сөп түбэспэт быһыылары куһаҕан быһыылар диэн ааттыыллар. Үчүгэй уонна куһаҕан диэн өйдөбүллэр хас киһи аайы тус-туспаларын тэҥэ, хас биирдии омуктарга эмиэ тус-туспа өйдөбүллээхтэр. Үөрэх-билии тарҕаныыта дьон өйдөрө-санаалара, тугу үчүгэй эбэтэр куһаҕан дииллэрэ холбоһон барыытыгар тириэрдэр. Европаттан тарҕаммыт үөрэх-билии, онно оҥоруллубут арыгыны кытта тэҥҥэ тарҕанан барбыта. Арыгыны былыргы кэмҥэ оҥорон туһанарга үөрэммит омуктарга арыгы чахчы мааныга, үчүгэйгэ туттуллар аска кубулуйбута ыраатта. Онтон хаалыылаах, бэйэлэрэ арыгыны кыайан оҥостубат, табан туһаммат, өйдөрө-санаалара саҥа сайдан эрэр омуктарга арыгы өссө да куһаҕан өйдөбүлүн кыайан быраҕа, куһаҕан суолтата өссө да уларыйа илик.

Киһини санаата салайар. Киһи тугу оҥоруохтааҕын аан маҥнай са¬наатыгар оҥорон көрөр. Аан маҥнай саныыр, онтон оҥорор, бу санаата быһыыга уларыйар. Куһаҕан санаалары эмиэ элбэхтик санаатаҕына, үгэс оҥоһуннаҕына куһаҕан быһыылары оҥоруон сөп. Куһаҕан санаа, хара санаа олохсуйан, иҥэн хаалыыта киһини куһаҕан быһыылары элбэхтик оҥороругар тириэрдэриттэн үтүө санаалаах дьон сэрэниэ этилэр диэн бары таҥара үөрэхтэрэ этэллэр.

Киһи өйүттэн куһаҕан санааларын ылан бырахтаҕына, өйүн-санаатын олортон ыраастаннаҕына эрэ үчүгэй са¬наалары саныыр кыахтанар. “Ыар санааҕа баттатыы” диэн кыайан ыраастаммат, букатын умнуллубат гына иҥмит, үгэс буолбут куһаҕан санаалар элбээтэхтэринэ этэллэр. Киһи үчүгэй санаалары санаатаҕына эрэ куһаҕан санааларыттан ыраастанан үчүгэйи оҥорор кыахтанар. Ол иһин киһи үчүгэй дьыалалары оҥорорун туһугар аан маҥнай санаата тупсуохтааҕа быһаарыллар. Киһиэхэ үчүгэй санаалары өйүгэр-санаатыгар иҥэрэн, киллэрэн биэрии бары үөрэтээччилэртэн ирдэниллэр сүрүн көрдөбүлгэ кубулуйдаҕына эрэ киһи киһилии майгыга иитиллиэн сөп.

Манна ордук суолталааҕынан оҕону, киһини үөрэтээччи, төрөппүт майгына хайдаҕа улахан оруолу ылара быһаарыллар, үөрэтээччилэр бэйэлэрэ тугу үчүгэй, тугу куһаҕан дииллэригэр батыһааччыларын үтүгүннэрэн үөрэтэ сылдьалларын билиэ этилэр. Итини тэҥэ көрсүө, сэмэй майгылаах киһи оҕону иитэр, үөрэтэр күүһэ улаатар.

Киһи олоҕор биллэр дьонун холобурдара быһаччы дьайаллар. Эһэтэ, эбэтэ, аҕата, ийэтэ оҕоҕо холобур буолан, бэйэлэринэн көрдөрөн биэрэн, батыһыннаран истэхтэринэ оҕолоро кинилэри үтүктэн, көрөн үөрэнэн иһэр. Төрөппүттэрин холобурдара оҕо ийэ кутугар уурулланнар олох туһунан өйдөбүлүн үөскэтэллэр. Ол аата бу дьон оҕолорун олох туһунан өй¬дөбүлэ холобур оҥостор дьонун олохторун курдук сайдан барара быһаарыллар.

Былыргы сахалар үчүгэй ааттаах-суоллаах аймахтарын, төрүттэрин кутун-сүрүн түүктүйэҕэ хаайаннар, илдьэ сылдьан таҥара оҥостор эбиттэр. Ол аата, кинилэр аатырбыт төрүттэрин олоҕун, үлэтин-хамнаһын холобур оҥос¬тор, кэлэр көлүөнэлэригэр кэпсээн гынар, үөрэх ылынар быһыылара буолар. Аҕа баһын тосту олорбут, буор кута муҥутуурдук сайдыбыт, бэйэтин олоҕор биллэр үтүө дьыала¬лары оҥортообут, элбэх кэлэр көлүөнэлэри иитэн-үөрэтэн улаатыннар¬таабыт киһи бэйэтин кута-сүрэ күүстэнэр, кыахтанар. Кини бэ¬йэтин кэлэр көлүөнэлэрин араҥаччылыы, көрө-истэ сылдьарын былыргы сахалар билэннэр кэлэр көлүөнэлэрин үөрэтиигэ үрүҥ айыы оҥорон туһаналлар.

Эдэр киһини олоххо баар холобурунан көрдөрөн, үтүгүннэрэн үөрэтии ордук тиийимтиэ, өйдөнүмтүө. Бу үөрэҕи быһаччы быһаардахха, оҕоҕо мин курдук буол, миигин үтүгүн диэн батыһыннаран үөрэтии ааттанар. Арай холо¬бур оҥостор киһи олус улахан үтүөлээҕэ, аата-суола улахана ордук тиийимтиэтэ эмиэ аахсыллар. Бары киһи таҥара үөрэхтэрэ үчүгэй киһини үтүгүннэрэн, батыһыннаран үөрэтэргэ аналлаахтар.

Төрөппүт бэйэтэ да оҕотугар улахан аптарытыатын, ытыктабылын түһэн биэбэтэҕинэ, оҕото бэйэтэ да батыһа сылдьар, үтүктэр, кини курдук буолуон баҕарарыттан таҥаратыгар кубулутар. Ийэ, аҕа таҥаралар үөскээбит төрүттэрэ ити баҕа санаа үөскээһиниттэн тутулуктаахтар. Төрөппүтэ үтүө дьыалаларга үөрэттэҕинэ оҕото кинини батыһар, үтүктэр, кини этиитин таҥаратын этиитигэр кубулутан толорор. Оҕоҕо кыра эрдэҕиттэн иҥмит баҕара саныыр санаата кинини сирдиир, ыҥы¬рар күүскэ, үгэскэ кубулуйар. Оҕо улаатан иһэн ити сыалын ситиһэн төрөппүтүн курдук өйдөөх-¬санаалаах буола улаатар кыахтанар.

Онон сахалар “Олоҕу олоруу уустук” диэн этиилэрэ үчүгэй уонна куһаҕан быһыылар аргыстаһан, бэйэ-бэйэлэрин солбуйсан биэрэн иһэллэринэн быһаарыллар. Оҕо өйө-санаата сайыннаҕына үчүгэйи уонна куһаҕаны бэйэтэ арааран билэн, куһаҕаны оҥорбокко үчүгэйи элбэхтик оҥордоҕуна эрэ, олох тупсан, иннин диэки сайдар кыахтанар. Сахалыы таҥара итэҕэлэ оҕо өйө-санаата сайдыытыгар үчүгэйи куһаҕантан арааран олоҕор таба туһана үөрэнэригэр ордук улахан туһаны оҥорор кыахтаах.

КӨСТҮБЭТ ЭЙГЭ

Биһиги сахалар өй-санаа үөрэхпитин бэйэлэрин кэмнэригэр өйү-санааны баһылаабыт ойууннарбыт олус былыргы кэмнэртэн ыла сайыннаран кэлбиттэрин сэбиэскэй былаас хам баттаан, умуннаран кэбиһэ сыспытын билигин көннөрөн, салгыы сайыннаран эрэбит.

Сахалыы өй-санаа үөрэҕин билбэт, нууччалары быһаччы үтүктэр дьон “чараас эйгэ” диэн этиини элбэхтик тутталлар. Чараас эйгэ диэн этии арҕааҥҥы омуктары быһалыы үтүктэ сатааһын, “Тонкий мир” диэн этиини туруору тылбаастааһынтан үөскээбит уонна сахалыы өй-санаа үөрэҕэр өйдөбүлэ, суолтата сөп түбэспэт.

Сахалар былыр-былыргыттан көннөрү киһи хараҕар көстүбэт атын эйгэ баарын билэннэр, үөрэтэннэр, туспа араараннар “Көстүбэт эйгэ” диэн ааттаабыттарын мантан инньэ туһаныахпыт этэ. Көстүбэт эйгэ диэн ааттааһын бу эйгэни толору быһаарыыга сөп түбэһэр. Көстүбэт эйгэҕэ көннөрү киһи хараҕар көстүбэт эрээри, атын дьайыыларынан; сибиэнинэн, түүлүнэн биллэр бары көстүүлэр; иччилэр, абааһылар киирсэллэр.

Көстүбэт эйгэ биһиги тулабытыгар баар, көннөрү киһи хараҕар биллибэт. Көстүбэт эйгэни кытта быһаччы сибээстээхтэринэн көрбүөччүлэри, аһаҕас эттээхтэри ааҕабыт. Кинилэр хаһан баҕарар көстүбэт эйгэни кытта сибээстэһэн ылыахтарын сөп. Көннөрү киһи көстүбэт эйгэни кытта түүлүнэн сибээстэһэр. Бу тутугугу сахалар былыргы кэмнэртэн арааран билэн “Көхсүттэн көнтөстөөх” диэн этэллэр уонна Үөһээ дойдуттан тутулукпут диэн быһаараллар.

Көстүбэт эйгэ киһиэхэ дьайыыта субу диэн биллибэтэҕин да иһин туруга суох өйдөөх-санаалаах киһи оҥорор быһыытын сыыйа-баайа уларытыан сөбүн тэҥэ, биир эмэ түбэлтэҕэ араас көстүүлэринэн мэһэйдээн сыыһа-халты туттунууга тириэрдэр кыахтаах. Ол курдук киһи кыра оҕо эрдэҕинэ иитиллибит ийэ кута үйэтин тухары бэйэтин салайыыга, оҥорор быһыыларыгар кыттыһа сылдьар. Бу ийэ кут көстүбэттэри кытта быһаччы сибээстээҕэ түүлгэ тус-туспа бэлиэлэринэн көстөрүнэн быһаарыллар. Итини тэҥэ түүл ийэ кут өйдөбүллэринэн таба тойонноноро киһи көстүбэт эйгэни кытта ийэ кутунан тутулуктааҕын биллэрэр.

Онон көстүбэттэри үөрэтии олус былыргы кэмнэртэн ыла саҕаланан баран өй-санаа сайдыытын кытта тэҥҥэ сайдан, эбиллэн, уларыйан иһэр. Дьон көстүбэттэртэн өйдөрө-санаалара туспатын, уратытын арааран билэннэр, олору бэйэлэриттэн атын сиргэ арааран туспа дойдуга олохтуу сатыыр этилэр. Бу улахан дьайыылаах уратылары өйдөрө-санаалара сайдан, тупсан иһэр дьон бары билэн олохторугар таба туһаналлара ирдэнэр.

Олус былыргы кэмнэргэ бары көстүбэттэр сылдьар сирдэрэ дьон сылдьар сирдэриттэн туспа араарыллара, атыннык, ол дойду эбэтэр анараа дойду диэн ааттанара. Оччотооҕу, олус былыргы кэмнэргэ, олоҥхо кэмин саҕана дьон өйө-санаата ситэ сайда илигинэ олорор сирдэрин, сири-дойдуну икки аҥы эрэ араараллара:

1. Бу дойду диэн дьон бэйэлэрэ сылдьар, олорор сирдэрин ааттыыллара. Бу кэмҥэ дьон бэйэлэрэ икки аҥы эрэ арахсаллара, үчүгэй бэйэ дьоно, айыы дьоно диэн ааттаналлара, онтон атыттары барыларын абааһыларынан ааттаан сэриилэһэллэрэ, өлөрсөллөрө.

2. Ол эбэтэр анараа дойду диэн бары көстүбэттэр сылдьар сирдэрин этэллэрэ. Анараа дойду дьоно диэн өлбүт дьон өйдөрө-санаалара, араас сибиэннэр, иччилэр, абааһылар ааттаналлара.

Олус былыргы, олоҥхо кэмин саҕана дьон бэйэлэрин айыы аймахтарынан ааттанар эрдэхтэринэ, көстүбэт эйгэни барытын уонна атын бэйэлэрин курдуктары абааһыларынан ааттыыллара. Дьон бэйэ-бэйэлэрин кытта үөхсэн хардары-таары абааһынан ааттастахтарына, үөҕүстэхтэринэ билигин да өлөрсүүгэ тиийэллэрэ сэриилэр тохтообокко буола туралларынан быһаарыллар.

Дьон олорор сирдэрин маннык икки аҥы араарыы киһи өйө-санаата ситэ сайдан үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа арааран туһана иликтэринэ үөскээбит, олоххо уһуннук туттулла сылдьыбыт өйдөбүл буолан сахабыт тылыгар билигин да иҥэн сылдьар. Ол аата өй-санаа тупсан, үчүгэйи оҥорор дьон өссө баар буола иликтэринэ сири-дойдуну маннык икки аҥы эрэ араарар эбиттэр. Бу кэмҥэ дьон бэйэлэрэ эмиэ икки аҥы арахсыылара айыы диэн бэйэ дьоно уонна абааһы диэн атын, туспа куһаҕан дьон ааттаналлар эбит. Ол абааһыларынан ааттаммыт куһаҕан дьону кытта куруук охсуһаллара, сэриилэһэллэрэ, тутан ылан сииллэрэ.

Таҥара, өй-санаа үөрэҕэ дьон өйө-санаата сайдан иһэрин биллэрэр ураты бэлиэлэрдээх. Ол курдук былыргы христианнар, сири-дойдуну икки аҥы; бу дойду уонна ол, анараа дойду диэн арааралларыттан таҥараҕа үҥэллэригэр икки дойду бииргэ холбоһууларын, сибээстэрин биллэрэн икки тарбахтарын бэйэ-бэйэлэригэр холбуу тутан кэриэс охсуналлара.

Дьон өйө-санаата өссө сайда, үчүгэйи уонна куһаҕаны икки аҥы арааран билэ иликтэринэ өй-санаа киһи уонна кыыл, сүөһү өйө-санаата диэн икки аҥы арахсаллара. Өй-санаа бу курдук икки аҥы арахсыыта икки тарбаҕы холбуу тутан үҥүүгэ эмиэ сабыдыаллыыра.

Кэлин дьон ахсааннара элбээн, өй-санаа салгыы сайдан, тупсан киһини санаата салайара арыллан үчүгэй уонна куһаҕан санаалары саныыр, оннук быһыылары оҥорор бэйэ дьоно бааллара биллибитигэр айыы дьонун үчүгэй уонна куһаҕан санаалаахтар диэннэргэ икки аҥы араарыы саҕаламмыт.

Дьон олус былыргы кэмнэргэ киһи уонна сүөһү диэн икки аҥы эрэ арахсар эбиттэр, онтон киһи өйө-санаата салгыы сайдыыта, үчүгэйи, туһалааҕы оҥоруу элбээһинэ, үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны оҥоруу диэн тус-туспа санаалартан тутулуктаах быһыылара быһаарыллан биир киһи өйүн-санаатын икки аҥы; үчүгэй уонна куһаҕан диэн араарыы үөскээбитэ.

Киһи оҥорор быһыылара икки аҥы арахсыылара үһүс, тэҥнэһиини үөскэтэр, сөп түбэһэр хайысха баарын арыйбыта. Ол курдук өй-санаа салгыы сайдыыта, киһи оҥорор быһыылара өссө үчүгэй киһи оҥорор быһыыларынан эбиллиитэ үһүс хайысха үөскүүрүгэр тириэрдибитэ.

Үчүгэйи уонна куһаҕаны дьон арааран билбиттэрин кэннэ “Туох барыта үһүстээх” диэн этии уонна үчүгэй киһи, Христос таҥара үөскээбит. Ол курдук үчүгэй уонна куһаҕан дьайыылара тус-туспа хайысхалардаахтарын иһин, олор икки ардыларыгар үһүс, сөп түбэһии, тэҥнэһии хайысхата хайаан да баара быһаарыллар. Дьон олохторугар тэҥнэһиини куруук оҥоро сылдьыахтаахтарын биллэрэн “Туох барыта үһүстээх”, “Туох барыта икки өрүттээх” диэн быһаарыылар үөскээбиттэр уонна олоххо киирбиттэр.

Ити курдук өй-санаа салгыы сайдыыта, тупсуута өйү-санааны үс аҥы араарыыны таһааран үс дойду үөскээһинигэр тириэрдибитэ уонна сахалыы үөрэҕинэн манныктарга арахсаллар:

1. Үөһээ дойду. Бу дойдуга айыылар олороллор. Айыылар үрүҥ, үчүгэй уонна хара, куһаҕан диэн икки аҥы арахсаллар. Итини тэҥэ элбэх үчүгэй санаалар, үгэстэр мунньусталларын тэҥэ, аҕыйах ахсааннаах куһаҕан санаалаах үгэстэр Үөһээ дойдуга эмиэ бааллар.

2. Орто дойду. Дьон бэйэлэрэ олорор, сылдьар сирдэрэ. Үчүгэй уонна куһаҕан санаалаах, быһыылаах дьон бииргэ сылдьаллар, олохторун оҥостоллор.

3. Аллараа дойду. Бу дойдуга бары куһаҕаннар, хара санаалар, абааһылар, ыарыылар мунньусталлар.

Өй-санаа өссө сайдыбытын, тупсубутун, үчүгэйи оҥорооччулар баалларын биллэрэн православнай таҥара үөрэҕэр үс дойдуну бииргэ холбоон, үс тарбахтарын холбуу тутан үҥээччилэр саҥалыы үөскээн сайдан, тэнийэн, атыттары баһыйан туоратан испиттэрэ.

1656 сыллаахха православнай таҥара дьиэтин Собора Никон үлэтин ылыммыта уонна икки тарбахтарын холбуу тутан үҥээччилэри кырыыска ыыппыта. (1,426). Бу кэмтэн ыла саҥа сайдан, үүнэн тахсыбыт, үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билэргэ үөрэммит христианнар үс тарбахтарын холбуу тутан кириэстэнэллэрэ хайаан да ирдэнэр көрдөбүлгэ кубулуйбута. Бу икки тус-туспа өйү-санааны тутуһар үөрэхтэр уһун кэмҥэ охсуһууларын түмүгэр сайдан иһээччилэр, үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа араарааччылар, үс тарбахтарын холбуу тутан үҥээччилэр баһыйаннар, хаалбыт өйү-санааны тутуһааччылары, икки тарбахтарын холбуу тутан үҥээччилэри туораппыттара, киэр үүрбүттэрэ, кыйдаабыттара.

Сахалар таҥараларын үөрэҕэр Аан дойду үс дойдуга; Үөһээ, Орто, Аллараа дойдуларга арахсыбыта быданнаабыт уонна бу дойдуларга барыларыгар үчүгэй уонна куһаҕан айыылар, дьоннор, абааһылар бааллар. Онтон нууччалар православнай таҥараларын үөрэҕэр Үөһээ дойдубутун Ырай диэн ааттаабыттар уонна аҥардастыы үчүгэйдэр эрэ мустар дойдуларыгар кубулуппуттар. Онтон Аллараа дойдуга аҥардастыы куһаҕаннары эрэ мунньар сир оҥорбуттар.

Онон өй-санаа сайдыыта киһи оҥорор быһыыларын тупсаран үчүгэйи уонна куһаҕаны оҥорууну тус-туспа арааран быһаарыыны үөскэппитэ, олоххо киллэрбитэ. Үчүгэйи элбэхтик оҥорор дьон үөскээбиттэрэ, сиргэ үчүгэй быһыылар элбээбиттэрэ, олох тупсубута. Улахан таҥара үөрэхтэрэ барылара бэйэлэрин “үчүгэйбит” дэнэр дьон салайыыларыгар киирбиттэрэ, үчүгэйи уонна куһаҕаны тус-туспа тылларынан этэннэр, өйү-санааны икки аҥы араарбыттара. Арай сахалар таҥаралара аһара тоталитарнай, диктаторскай тутулукка киирбэтэҕинэн киһи оҥорор быһыылара биир, айыы диэн тылынан этиллэр уонна икки өрүттэнэн үчүгэйи уонна куһаҕаны оҥорууну холбуу ылан быһаарар.

Билигин сахалыы өй-санаа үөрэҕэ өссө сайдан истэҕинэ айылҕаҕа уонна киһи оҥорор бары быһыыларыгар тэҥнэһиини тутуһуохтааҕын олоххо киллэрии ирдэнэр. Олоххо тэҥнэһиини тутуспатахха, хайа эрэ, аҥар өттүн диэки улаханнык халыйыы дьон-аймах эстиилэригэр тириэрдэрэ ханнык да саарбахтааһына суох буолла.

ҮӨҺЭЭ ДОЙДУ

Сахалар олус былыргы кэмнэртэн сири-дойдуну үс дойдуларга араараллар. Бу араарыы киһи өйө-санаата сайдан “Yчүгэйи уонна куһаҕаны” арааран билэр кэмнэриттэн ыла үөскээбит. Бу үс дойдулар Үөһээ дойду, Орто дойду уонна Аллараа дойду диэн тус-туспа араарыллан ааттаналлар. Сахалар бэ¬йэлэрэ айыы аймахтарынан ааттаналлар уонна олорор сирдэригэр Орто дойду диэн ааты иҥэрбиттэр. Орто дойду аатын курдук бу дойдулар икки ардыларыгар, ортолоругар тайаан сытар уонна Сир бэйэтинэн буолар.

Сахалар бэйэлэрин айыы аймахтарынан ааттаналлара кинилэр ханнык эрэ аймахтара өлөн, айыы буолан өйө-санаата Үөһээ дойдуга сылдьалларын билэллэринэн быһаарыллар. Айыы буолуу диэн киһи этэ-сиинэ өллөҕүнэ өйө-санаата, куттара үөр буолан ыһыллаллар, онтон атын ханнык да өйгө-санааҕа маарыннаабаттар, уратылар туспа айыы буолан Үөһээ дойдуга ыһылыннахтарына биирдэ кэлэр өй-санаа өйдөбүлэ ааттанар. Ол иһин тыыннаах, Орто дойдуга олорор киһи айыы буола сатыыра кэрэгэй өйдөбүл буолар.

Үөһээ дойдуга араас айыылар уонна абааһылар, онтон аллараа дойдуга абааһылар эрэ олороллор диэн былыргы өйдөбүлтэн сахалар бэйэлэрин, айыыларга да, абааһыларга да кыттыһыннарбаттар, киһи буолалларын билинэннэр, айыы аймахтарынан ааттаналлар уонна олорор сирдэрин туспа арааран Орто дойду диэн ааты иҥэрбиттэр.

Сири-дойдуну бу курдук үс аҥы араарыы киһи өйүттэн-санаатыттан, оҥорор быһыытыттан тутулуктаах. Ол курдук былыргы кэмнэргэ киһи бэйэтэ, кини үчүгэйи уонна куһаҕаны оҥорор майгылара, өйдөрө-санаалара тус-туспалар диэн сыыһа быһааралларыттан итинник Сири-дойдуну үс аҥы араарбыттар. Бу курдук Сири-дойдуну киһи майгыларын уратыларыттан көрөн үс аҥы араарыыттан сахаларга Үөһээ, Орто уонна Аллараа дойдулар диэн бааллар. Арай кэлин Үөһээ дойду диэн өйдөбүл үөһээ диэки баар халлааны кытта биир өйдөбүллэнэн хаалан таба өйдүүргэ уустуктары үөскэтэр.

Былыргы кэмнэргэ ойууннар көрүүлэнэллэригэр, кыыралларыгар Үөһээ дойдуга тиийэ сылдьаннар бу дойдуну сиһилии үөрэппит¬тэр. Үөһээ дойду түөрт халлааннаах уонна тоҕус хаттыгастаах диэн быһааран этэллэр. (2,13). Үөһээ дойду халлааннара халлаан түөрт өрүтүн көрдөрөллөр, онтон хаттыгастара өрө тахсан иһэр таһымнары санаталлар. Өй-санаа үрдүк таһымнаах сайдыытын ситиспит айыылар, ол аата өлбүт дьон эттэриттэн-сииннэриттэн арахсыбыт өйдөрө-санаалара, куттара, ол таһымнарга сөп түбэһэр үрдүккэ баар хаттыгас¬тарга олороллор дииллэр. Айыылар төһө үрдүк хаттыгаска тиийэн олороллор даҕаны соччонон кыахтаахтар, өйдөөхтөр-санаалаахтар диэн өйдөбүл үөскээбит.

Сахалар ойууннара уус-уран тылы кыайа туттан баһылааннар Үөһээ дойду халлааннарын хаттыгастарын олус ымпыктаан-чымпык¬таан бэйэлэрэ субу көрөн туралларын курдук ойуулаан хоһуйаллар. Олоҥхолорго ойууланар халлааннар уус-уран хоһуйуулара ордук баһыйаннар кэлин ыра санаалар халлааннарыгар, дойдуларыгар кубулуйбуттар.

Ойуун кыыран көрүүлэнэригэр араас аартыктарынан айаннаан Үөһээ дойдуга тахсан киирэр. (3,47). Ол дойдуга тиийэн хайа эмэ былыр¬гы өлбүт киһи кутун, ол аата айыыны көрсөн манньалаан инники туох күүтэрин ыйыталаһар. Көрдөһүүтэ, манньалааһына табылыннаҕына барыны-бары билэр куттар инники олоххо туох кэтэһэрин ойууҥҥа этэн биэрэл¬лэрин кини дьоҥҥо тириэрдэр.

Бу үс дойдулар тустарынан урукку кэмнэргэ суруллубут суруйууларга саха дьонун өй-санаа үөрэхтэрин сүрүн өйдөбүллэрэ иҥэн сылдьалларын биһиги холобурга аҕалтыыбыт:

- Былыр абааһы диэн илэ сылдьар буолара үһү. Абааһыны кытта айыы дьонун бөҕөстөрө куруутун охсуһаллар, тусталлар, күрэхтэһэллэр эбит. Айыы сириттэн үөһэ абааһылар киирэн дьахтар сүгүннэрэн таһаараллар эбэтэр абааһы уола киирэн айыы дьахтарын тутуһан олортон айыы-абааһы аҥардаах бухатыыр-бөҕө дьон төрүөн отто дойду бөҕөтүгэр үөһэ абааһы бөҕөһүгэр кыаттарбакка, бэйэлэрин тыыннаахтыы көмүнэллэр үһү.

Үөһээ, аллараа, отто дойдулар диэн үс сир-дойду баарын курдук былыргы саха сэһэнэ кэпсиир. Үөһээ дойдуга айыы, абааһы сирэ-олохторо бааллар, аллараа дойдуга – абааһы сирэ. Саха сэһэнинэн, отто дойду улуу баайдара үөһээ абааһы дьонун кытта уруурҕаһаллара баар. Билиҥҥи саха төрүттэрэ үөһээ 7-8-9 хартыгастаах халлааҥҥа эбиттэр. Кэнники онтон арахсан, тэйэн үөһээ (соҕуруу), аллараа (хоту) абааһылар икки ардыларыгар (орто дойдуга) түбэһэн олорон хаалбыттар. (4,209,313).

- Үөһээ дойдуга үчүгэй айыылары кытта куһаҕан абааһылар эмиэ оло¬роллор эбит. Үөһээ дойду абааһылара ордук күүстээх, күдэхтээх, уордаах эбиттэр. Үөһээттэн түһэр абааһылартан ордук биллэллэрэ “Кугас” уонна “Хара маҥаас” сылгылаахтар буолаллар. (5,112-116).

Сир-дойду үс өттүлэригэр, барыларыгар үчүгэй уонна куһаҕан айыылар, абааһылар уонна дьон бааллара сахалар былыр-былыргыт¬тан киһи өйө-санаата икки аҥы арахсарын билэллэрин дакаастыыр. Дьон олоҕор үчүгэй уонна куһаҕан быһыылар хаһан баҕарар сэргэстэһэн, бииргэ сылдьаллар. Киһи оҥорор быһыылара сыыһа-халты эбэтэр табыллыбаккалар үчүгэйтэн куһаҕаҥҥа кубулуйан хаалаллара, үчүгэйи оҥоробут дии санаабыппыт куһаҕан буолан тахсара олус элбэхтэр. Өй-санаа бу икки өрүттэриттэн хайалара баһыйар даҕаны дьон олохторо ол диэки салаллан, халыйан барар. Онон, Үөһээ дойдуга эмиэ Орто дойдуга курдук үчүгэй да, куһаҕан да айыылар баалларын сахалар итэҕэллэрэ билинэр. Бу быһаарыы дьон майгылара былыргыттан баччаҕа диэри кыратык да ула¬рыйан, тупсан көрө иликтэрин, үчүгэй уонна куһаҕан диэннэргэ арахсаллара хаһан да хаалбатын, уларыйбатын били¬гин да дакаастыыр.

Сахалар билэллэринэн киһи өллөҕүнэ өйө-санаата, куттара ыһылланнар, үөр, айыы буолан Yөһээ дойдуга көтөллөр. Киһи бэйэтин түүлүгэр өлбүт дьон куттарын көрөрө, кэпсэтэрэ, бу куттар көҥүл сылдьаллара туспа дойду - түүл дойдута, Үөһээ дойду буоларын бигэргэтэр. Киһи түүллэригэр көрөр өлбүт дьоно тыыннаах курдук сылдьал¬лар. Арай түүлгэ бириэмэ диэн өйдөбүл суох. Ол иһин түүлү көрөр кэмҥэ киһи өйө-санаата “уларыйбыт кэмҥэ” киирэрин А.Горбовский “Пророки и прозорливцы в Отечестве своем” диэн үлэтигэр быһаарар. (6,319).

Былыр-былыргыттан өлбүт дьон куттара айыы буолан Үөһээ дойдуга сылдьаллар диэн өй¬дөбүл саха дьонугар иҥэн сылдьар. Аакка-суолга киирбит айыылартан ордук биллэллэринэн бэйэтигэр тиийинэн өлбүт дьахтар Болугур Айыыта уонна киһи өлөрбүт киһитэ Бахсы Айыыта буолаллар.

Киһи түһээтэҕинэ өлбүт дьону бу тыыннаах сылдьалларын курдук көрөрө өлбүт дьон өйдөрүн-санааларын кытта сибээс баарын быһаарар. Түүлгэ киһи хайа эрэ кута көстөр. Үөһээ дойду өйө-санаата Орто дойду өйүттэн¬-санаатыттан эмиэ уратылаах. Киһи түүлүгэр көрбүтүн үксүгэр кыайан быһаара охсубат. Бу көстүүлэр барылара кэриэтэ ханнык да тылынан буолбакка, бу көстөр бэлиэҕэ иҥмит олох¬суйбут өйдөбүлүнэн, үгэстэринэн быһаарыллаллар.

Ол аата, Үөһээ дойду диэн өйдөбүлү түүллэри үөрэтэн, ырытан ба¬ран быһаардахпытына, дьон өйдөрө сайдыаҕыттан ыла мунньустубут бары өй¬дөрө-санаалара, куттара сылдьар сирдэрэ буолар. Киһи утуйдар эрэ Yөһээ дойду өйүн-санаатын кытта сибээстэһэн, билсэн ылара түүлү көрүүнэн быһаарыллар. Бу Yөһээ дойду өйө-санаата Сири-дойдуну барытын саба бүрүйэн сылдьар.

Сахалар былыргы кэпсээннэриттэн Үөһээ дойду диэн түүл дойдута буоларын быһаарыахха сөп. Ол курдук дьон ойуун буолаары эттэнии¬лэрин түүллэригэр көрөллөр. Урут өлбүт ойууттар куттара, үөрдэрэ мунньустаннар кинини эттииллэр уонна урукку оннугар хомуйан кэбиһэллэр. (7,45).

Ойуун буолааччылар эттэнэ сытар кэмнэригэр өйө суох сыталлар уонна утуйан турбут курдук эттэнэн бүтэн тураллар. Ойууннар эттэ¬нэр кэмнэригэр бары сытар эбиттэр. Сорохтор туспа отуу оҥотторон онно туос тэлгээн баран сыталлар диэн эмиэ кэпсииллэр.

Киһи олоҕор араас соһуччу быһылааннарга түбэһиэн, күүстээхтик ыалдьан ылыан сөп. Бу түбэлтэлэртэн барыларыттан быыһаныам диэн ким да эрдэттэн быһа этинэр кыаҕа суох. “Инникини тымтыктанан көрбүт суох” диэн этии итини бигэргэтэр. Киһи соһуччу уҥан, өйө көтөн хааллаҕына өйө-санаата Yөһээ дойдуга, түүл дойдутугар тиийэн араас түүлү көрөрүн билэр дьон кэпсииллэр. (8,166). Киһи өйө-санаата бу кэмҥэ киир¬дэҕинэ уруккуну тэҥэ, кэлэн иһэр кэми эмиэ билиэн-көрүөн сөп. Уҥмут киһи өйө-санаата атын кээмэйдээх сиргэ сылдьарын ойууннар бэйэлэрин эттэниилэрин көрүүлэрэ эмиэ бигэргэтэр.

Билиҥҥи үөрэх, наука быһааран эрэринэн аҥардас өй-санаа мунньустар дойдута баар. Бу өй-санаа мунньустуутун К.Юнг “коллективное бес¬сознательное” диэн ааттыыр. (8,84).

Ойууннар кыыран, кутуран Үөһээ дойду аартыктарын арыйталаан тахсыылара, өйдөрө-санаалара уларыйбыт кэмигэр киириилэринэн быһаарыллар. Кинилэр араас сыттары сытырҕалааннар уонна эрчимнээхтик биир тэҥник хамсананнар өй-санаа уларыйар кэмигэр киирэллэр. Бу өй-санаа уларыйар кэмигэр киирдэхтэринэ араас үөрдэри, өлбүт дьон куттарын, айыылары көрсөннөр олору кытта түүл бэлиэлэринэн кэпсэтэннэр инникини билэр эбиттэр. Сибиир ойууннара түүлү үөрэтиинэн дириҥник дьарыктаммыттар. Кинилэр түһээннэр инникини таба билгэлииллэр эбит. Дьоҥҥо олус туһалаах саҥаны арыйыылары оҥороллоругар түһээн көрбүттэрэ улаханнык көмөлөспүт түбэлтэлэрэ бааллар. (6,324).

Онон, Үөһээ дойду диэн түүл дойдута, өй-санаа мунньустар сирэ буолар эбит диэн быһаарыыны оҥорор кыахтанныбыт. Бу дойду - өй-санаа уларыйбыт дойдута. Манна барыга-бары былыргыттан үгэс буолбут өйдөбүллэринэн туһаналлар. Үөһээ дойду аҥардастыы өй-санаа, куттар мунньустар сирдэрэ буоларын сахалар ойууннара быдан былыргы кэмнэртэн ыла билэн, бу өйү-санааны табан, инникини билгэлииргэ анаан туһаналлар эбит. Бу дойду дьон-аймаҕы, Сири-дойдуну тулалаан саба бүрүйэ сылдьар. Киһи туох эмэ буолан, түһээн, өйө баайыллан, өйө көтөн ылар кэмнэригэр өйө-санаата уларыйан Үөһээ дойдуга баран кэлэрэ эбэтэр Үөһээ дойду өйүн-санаатын кытта быһаччы холбонон ылара быһаарыллар.

Түүллэри үөрэтээччилэр былыргы дьон өйдөрө-санаалара аныгы киһиэхэ түүлүгэр кэлэн киирэрин билинэллэр. Бу көстүүлэр саха дьоно өй-санаа Үөһээ дойдуттан Орто дойду дьонугар киирбитэ диэн олоҥхо¬лоругар этиилэрин бигэргэтэрэ сөптөөх.

Киһи хараҕар көстүбэт санаа ситимнэринэн Сир дойду бүрүллэ сылдьар. Хас биирдии киһи өйө-санаата бу ситимнэри кытта сибээстээх. Ол сибээс биллэр уратытынан киһи өйө-санаата бу сибээс иһигэр сылдьара буолар. Дьон-аймах барыларын куттара Сири дойдуну саба бүрүйэн сылдьаллар. Ол бүрүөһүн сахалыы Үөһээ дойду диэн аат¬танар. Бу быһаарыы саха дьоно “Аан дойдуну санаа тутан турар” диэн этиилэригэр толору сөп түбэһэр. Дьон-аймах үгүс өттүлэрин санаала¬ра хайа диэки салаллар даҕаны сирдээҕи олох ол диэки барара итинэн быһаарыллар.

Үөһээ дойду өйүттэн-санаатыттан Орто дойду дьонун санаалара тутулуктааҕын сахалар “Айыы этиитэ” диэн итэҕэллэрэ туоһулуур. Бу олус былыргы итэҕэл өйдөбүлүнэн кырдьаҕас, өлөн эрэр киһи үйэтигэр туох куһаҕан быһыылары оҥорбутун этэн, өйүн-санаатын ыраастаныыта буолар. Kини өйө-санаата, кута куһаҕан санааларыттан ыраастанан баран анараа, Үөһээ дойдуга таҕыстаҕына, Үөһээ дойду өйө-санаата ырааһырар, куһаҕан санаалар онно тиийбэккэ хаалаллар. Оччоҕуна Үөһээ дойду өйө-санаата ырааһыран, Орто дойду дьонун өйдөрүгэр-санааларыгар үчүгэй эрэ өттүнэн дьайдаҕына сиргэ олох тупсан барар кыахтанар.

Ити курдук ааспыт көлүөнэ дьон, өбүгэлэр өйдөрө-санаалара кэлэр көлүөнэлэрин өйдөрүгэр-санааларыгар дьайа сылдьалларын саха дьоно былыргыттан билэллэрэ уонна олохторугар туһаналлара быһаарыллар.

Онон аныгы наука саҥа быһаара сатыыр “коллективное бессознательное” диэн өй-санаа мунньустуутун ааттыыллара сахалар былыр үйэҕэ быһааран туһанар Үөһээ дойдуларын өйө-санаата буолара быһаарыллар.

ОРТО ДОЙДУ

Орто дойду туһунан өйдөбүлү биһиги олоҥхолортон уонна былыргы кэпсээннэртэн аан бастаан билэбит. Киһи өйө-санаата сайдан үчүгэйи уонна куһаҕаны аан бастаан араарарга үөрэниитэ былыргы олоҥхолор кэмнэрин кэннилэриттэн кэлбитигэр сөп. Ол курдук олоҥхоҕо кэпсэнэринэн дьон бэйэлэрин икки аҥы; айыыларга уонна абааһыларга эрэ араараллара биллэр.

Дьон өйө-санаата сайдыыта олус уһун кэми ыларын Орто дойду хаһан үөскээбитэ быһаарар. Киһи үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны оҥорор майгына арыллыбытын, айыы дьоно үчүгэй уонна куһаҕан диэннэргэ арахсыбыттарын кэннэ Орто дойду олоҕун биирдэ булуммут. Бу кэмтэн саҕалаан айыы диэн тыл икки өрүттээх өйдөбүллэммит.

Олоҥхолорго кэпсэнэринэн Орто дойду дьонун олохтоорулар үөһээ үрдүк айыылартан анаан-минээн айыллан, ананан түһэриллэр эбиттэр. Өссө со¬рохтор Үөһээ дойдуга иҥэн-батан сылдьыбаккалар эбэтэр сатаан сылдьыбат сибикилэ¬рэ биллэннэр үүрүллэн түһэллэр эбит. Кинилэри кытта айыы ааттаах¬тара кытары ананаллар. Сылгылаах, ынахтаах, көтөрдөөх-сүүрэрдээх айыы аймахтара, баайдара-дуоллара орто дойду олоҕун олохтообуттар диэн сахалар билинэллэр. (9,63).

Саха олоҥхолоругар улуу уустар араҥаччылара - Кытай Бахсы обраһа ойууланар. Бу эмиэ ураты айылгылаах, атын майгылаах сүдү, модун киһи. Кини - үс дойдуну араартыы сылдьыбат майгылаах сомоҕо та¬лаан. Айыы да, абааһы да бухатыырдарын сэптэрин-сэбиргэллэрин, ку¬йахтарын-көмүскэллэрин тэҥҥэ оҥортуур. Ол курдук, Ойуунускай хомуйан сурукка киллэрбит олоҥхотугар уустар тустарынан маннык этиллибит:

“... Кытай Бахсылааны оҕонньору Кыырыктаах үс уус төрдө буол диэннэр, Оһоллоох орто туруу дьаҕыл дойду Охсуоланар оройун улаҕатыгар Олохтообуттара эбитэ үһү...” (9,68).

Сахалар Орто дойду диэн дьон-аймах, бэйэлэрэ олорор сирдэрин ааттыыллар. Бу дойду Үөһээ уонна Аллараа дойдулар икки ардыларыгар нэлэһийэн сытар, сөп түбэһиини, тэҥнэһиини олохтуурга аналлаах. Айылҕата, сирэ-дойдута дьон олохсуйалларыгар, үөскүүллэригэр табыгас¬таах гына айыллыбыт. Орто дойду олоҕо уустук уонна эрэйдээх. Олох олорууну сахалар “Алааһы туорааһын буолбатах”, “Олох ыарахан” диэн быһааран этэллэрэ барыта өй-санаа туруктанарыгар уонна тулуура улаатарыгар ыҥыраллар.

Киһи Айылҕаттан анала - тыыннаах сылдьыы, олох олоруу буолар. Са¬ха дьоно Сир үрдүгэр олох киһиэхэ биирдэ эрэ бэриллэрин билэллэр. Кинилэр санааларыгар, быһаарыыларыгар Орто дойдуттан ордук дойду ханна да суох. Бары ырыаларыгар, тойуктарыгар сирдэрин-дойдуларын хайгыыллар, таптыылларын, харыстыылларын биллэрэллэр. Олоҥхолорго Орто дойду дьон-аймах, айыы аймахтара олорор, үөскүүр сирдэрэ диэн этиллэр уонна ордук уустаан-ураннаан, ойууланан кэпсэнэр.

Киһи айыы буолууга дьулуһуо суохтаах. Киһини айыы буолууга ыҥырыы диэн олус улахан сыыһа. Ол барыта эттээх-сииннээх эрэ дьон Орто дойдуга олороллорунан быһаарыллар. Сахалар бэйэлэрэ айыылар буолбатахтарын билинэллэр, кинилэр бэйэлэрин айыылар аймахтарынан ааттаналлар, киһи быһыылаахтарын, “инчэҕэй эттээхтэрин”, ол аата эттээх-сииннээх, тыыннаах сылдьан олоҕу олороллорун, хайа эрэ аймахтара өлөн айыы буолан Үөһээ дойдуга сылдьалларын билинэн анаан-минээн этинэллэр.

“Инчэҕэй эттээх” диэн былыргы сахалар Орто дойду киһитин этэллэр. Ол курдук киһи этин-сиинин 70-тан тахса бырыһыана уу эбитин наука кэлин быһаарбыта. Олох ханнык эмэ түгэнигэр киһи ханна сылдьарын билбэккэ буккуллан ылар кэм¬нэрэ тиийэн кэлиэхтэрин сөп. Маннык кэм тирээн кэллэҕинэ киһи кыайан быһаарбакка “Илэ дуу, түүл дуу?” диэн санаталаан ылыан сөп. Бу иннэ-кэннэ биллибэт кэмҥэ “Бэйэҕин көм эккиттэн кымаахтаан көрөр буол” диэн кырдьаҕастар үөрэтэллэр уонна “Этиҥ ыарыйдаҕына, илэ сылдьарыҥ биллэр”, онтон эт-сиин баара биллибэтэҕинэ түүл дойдутугар, Үөһээ дойдуга сылдьаҕын диэн быһаараллар. Киһи Орто дойдуга сылдьара эттээҕиттэн-сииннээҕиттэн, тыыннаах сылдьарыттан, ыарыыны билэриттэн уратыланан бил¬лэр. Атын дойдуга, Үөһээ дойдуга эбэтэр түүл дойдутугар сырыттахха эт-сиин суоҕуттан ханан да ыалдьыбат, баара да, бу диэн биллибэт.

Атын дойдуга сылдьыыны киһи түһээтэҕинэ билэр. Бу кэмҥэ киһи атын кээмэйдээх сиргэ сылдьар. Соҕотохто ханна эрэ көтөн тиийэн кэлэр, тугу эрэ көрөр, этэ-сиинэ олох суох, өйдөбүллэрэ эмиэ туспалар. Кэнники кэмҥэ быһаарыллан эрэринэн түүл диэн аҥардастыы өй-санаа көстүүтэ буолар. Бу көстүүлэргэ дьон өйүгэр-санаатыгар былыргыттан мунньуллубут, олохсуйбут өйдөбүллэр, үгэстэр, куттар киирсэллэр.

Өлбүт дьон айыыта-харата суох салгын куттара Үөһээ дойдуга, ырайга тахсаллар, онтон ыар айыылаах-харалаах куттар Аллараа дой¬дуга түһэллэр диэн былыргы өйдөбүллэр бааллар. Үөһээ дойдуга бука¬тын барбыт дьонтон төттөрү кэлбит киһи баара ханна да биллибэт. Биирдиилээн ойууннар ыалдьыбыт киһи кутун көрдүү бара сырыттахта¬рына даҕаны соччо бачча үчүгэй дойду диэн кэпсээбэттэр. Хата ар¬гыара, тумана, тымныыта олус буолан тоҥон, кырыаран киирэллэрэ биллэр. (3,47).

Саха дьоно киһи хаһан да туолбат араас баҕа санааларын туспа арааран “Ыра санаалар” диэн ааттыыллар. Хаһан да туолбат ыра санаалар туспа дойдуга мунньусталлар. Сахалар бу ыра санаалара мунньустар дойдуларын христианскай итэҕэлгэ Ырай диэн ааттаабыттар. Бу дойду барыта дьон хаһан да туолбат баҕа санаалара мунньус¬тубут ураты дойдута буолар. Киһи сирдээҕи олоҕор бэйэтин баҕара саныыр санааларын кыайан толорботоҕуна, баҕар өлбүтүм кэннэ туолуоҕа диэн санааҕа ылларыан сөп. Христианскай таҥара итэҕэллэрэ киһи ити, хаһан да туолбат баҕа санааларын өлбүтүн кэннэ туолаллар диэн былыргы кэмҥэ өйдөрө-санаалара ситэ сайда илик дьону талбыттарынан албынныыллара, билигин да албынныы сылдьаллар.

Kиһи түһээтэҕинэ, өллөҕүнэ эбэтэр өйө көттөҕүнэ салгын кута босхолонон, этиттэн-сиинииттэн арахсан Үөһээ дойдуга барарын сахалар былыргыттан билэллэр, өйө көппүт диэн этэллэр.

Кэнники кэмҥэ сирбит, Орто дойдубут олоҕо ыараан, куһаҕан буолан иһиэх чинчилээх. Айылҕабыт киртийиитэ, мутукчалаах мастар аҕыйааһыннара Сиргэ биллэр хамсааһыннары үөскэтэн эрэллэр. Бу хамсааһыннар дьон өйдөрүгэр-санааларыгар эмиэ уларыйыылары киллэрэллэр. Ол түмүгэр араас бөлөһүөктэр, халлаан үөрэхтээхтэрэ киһи өллөҕүнэ хаттаан төрөөн иһэр диэн дьону быһаччы албыннааһыҥҥа кытта тиийдилэр.

Биир эмэ түбэлтэҕэ олус күүстээх ойуун ийэ кута саҥа төрөөбүт оҕо өйүгэр-санаатыгар киирэн олохсуйуон да сөбүн дьоҥҥо барыларыгар тарҕата сатааһын сыыһа. Үгүс киһи өйүн-санаатын сайдыыта ойуун таһымыгар кыайан тиийбэккэ хаалар.

Сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ киһи кута этин-сиинин уларытарын билинэр. Маннык түбэлтэҕэ кут бэйэтин өйүн-санаатын, билиитин толору илдьэ сылдьыан сөп. Улуу ойууннар бэйэлэрин куттарын биэрэн эдэр ойууну уһу¬йалларын туһунан кэпсээннэр бааллар. Чахчы кыахтаах, күүстээх улуу ойууннар эрэ куттара кыра оҕоҕо олохсуйан хаттаан төрүүллэрин са¬халар билэллэр. Ол эрээри улуу ойууннар олус аҕыйахтар, биири эмэ билэбит. Саха сирин үрдүнэн биир эмэ улуу ойууннар үөскүүллэрэ дьон бары өйдөрүн-санааларын уһуйан үөрэтии кыаллара олус ырааҕын биллэрэр.

Киһи анала диэн Сиргэ төрөөн-үөскээн киһи буолуу үөрэҕин баһылаан, өйө-санаата өссө сайдан, этин-сиинин эрчийэн ордук тулуура, дьулуура эбиллиитин ситиһиитэ, олоҕун уһатыыта, киһи быһыылаахтык олоҕун олоруута ааттанар. Өй-санаа тупсубут үрдүк таһымын ситиһии сирдээҕи, инчэҕэй эттээх-сииннээх дьоҥҥо кыаллар кыахтанан, оннук кэм хаһан эмэ кэлиэн эмиэ сөп. Ол аата дьон олохторо төһөнөн уһаан иһиитэ кинилэр өйдөрө-санаалара сайдан, тулуурдара улаатан өссө үрдүк таһымы, ойуун таһымын ситиһэн иһэллэрин быһаарар көстүү буолара чуолкайданар. Өй-санаа Үөһээ дойдуга көтүүтүгэр бэлэмнэнии дьон-аймах сир-дээҕи олохторугар улахан куттал илэ суоһуурун бэлиэтиир көстүү буолар. Үгүс элбэх киһи бу Сиргэ олох куһаҕан буолла, атын сиргэ, Үөһээ дойдубутугар барыаҕыҥ, онно үчүгэй олох күүтэр диэн сыыһа санааҕа киир¬дэхтэринэ, ол баҕа санаалара мунньустан күүһүрдэҕинэ, аны бэйэлэрин кыахтарынан толорон кэбиһиэхтэрин да сөп. Оччоҕуна Сиргэ алдьархайдар дьэ буолуохтара.

Дьон ортотугар билигин даҕаны итинник быһыыга ыҥырар секталар бааллар. Бу дьон өллөхпүтүнэ үчүгэй олоххо тиийэбит диэн санааҕа оҕустараннар бары бииргэ таҥараларын дьиэлэригэр мунньустан баран¬нар бэйэлэрин өлөрүнэллэр. Маннык түбэлтэлэр ааспыт үйэ бүтүүтүгэр сир аайы кэриэтэ буо¬луталаан тураллар.

Биһиги бары Сиргэ орто үөрэҕи барабыт. Орто дойду үөрэнэр эрэ сирбит. Олорор, айар, уһуннук үлэлиир дойдубут буолбатах. Дьиҥнээх анаммыт дьиэбит - Ырай, онно Айыы үөрэҕэр үөрэниэхпит, онно дьиҥнээхтик олоруохпут. Киһи аймах бүтүннүү Айыы таһымын ситтэҕинэ атын эйгэҕэ, атын планетаҕа көһөрүөхтэрэ. (10,72). Бу курдук өлүү суолугар саха дьонун Сырдык ыҥыра сатыыр.

Дьону Үөһээ дойду, өлүү-сүтүү, айыы буолуу диэки ыҥырыылар элбээһиннэрэ мээнэҕэ буолбатах. “Тыала суохха мас хамсаабат” диэн сахалар этэллэр. Бу ыҥырыылар дьон өйүн-санаатын атын дойдуга көһөргө үөрэтиигэ, дьиҥнээх олоххо, Орто дойдуга өлүү-сүтүү кэлэн иһэригэр бэлэмнииргэ аналлаахтар. Дьон олохторугар ыар, ынырык кэмнэр кэлэн, чугаһаан иһэллэрин бэлиэтээн биллэрэр курдуктар.

Аҥардас өй-санаа бэйэтэ тугу да оҥорор күүһэ суох. Аҥардастыы көтө сылдьар уонна көрөр эрэ кыахтаах. Ол да буоллар өй-санаа ыҥырар, угуйар уратылааҕа дьону батыһыннарар күүстээх. Ханнык баҕарар күүс өйү-санааны баһыйар. Киһи өлөн, өйө-санаата, салгын кута көҥүл, туспа бардаҕына атын күүстэр баһылааһыннарыгар киирэн симэлийэрэ кырдьык буолуон сөп. Ол курдук түүлгэ маарынныыр майгылаах дьон эньиэргийэлэрэ тэҥ буоларынан биир киһи курдук көстүөхтэрин сөп.

Техногеннай сайдыылаах цивилизациялар өйү-санааны тутан ылан ханна эрэ ыраах космоска илдьэн улахан компьютердарыгар угаллар диэн этээччилэр эмиэ бааллар. Ол эрээри тыыннаах киһи өйө-санаата кыаҕа кыра буолан компьютер өйүгэр кэлин хоттороро билиннэ. Ол курдук Аан дойду саахы¬макка чемпионунан сотору компьютер буолара чуолкайдык быһаарылынна. Үлэни-хамнаһы салайыыга киһи өйө компьютерга баһыттарбыта эмиэ ыраатта. Онон, атын сайдыылаах цивилизациялар киһи өйүн хомуйан ылаллар диэн этии букатын оруна суоҕа чахчы дакаастанна диэн этиэххэ сөп.

Үөрэхтээхтэр быһаарыыларынан киһи өлөрүн кытта ыйааһына 2 эбэ¬тэр 5 кыраамы чэпчиир эбит. Өлө сыһан баран тиллибит дьон кэпсээн¬нэринэн бэйэлэрин эттэрэ-сииннэрэ быраҕыллан аллараа сытарын хантан эрэ үөһээттэн, туспа туох эрэ сытарын курдук көрөллөр үһү. Ити быһаа¬рыылары уонна сахалар кут-сүр туһунан этэллэрин холбоотоххо киһи өйө-санаата, сал¬гын кута кырдьык этиттэн-сииниттэн арахсан барара сөп.

Улахан күүстээх пророктар, ойууннар салгын куттара өлбүттэрин кэннэ элбэхтик ханна да көстүбэттэр, биллибэттэр. Сахалар өйдөбүл¬лэринэн Үөһээ дойду үрдүк халлааннарыгар куттара тахсар. Ыраас, үтүө санаалаах кут ыйааһына чэпчээн ордук үөһээ тахсара оруннаах курдук. Арай улуу ойууннар уҥуохтарыгар иҥэн хаалан хаалбыт буор кутта¬ра бэйэтин эрэ харыстанар өйө-санаата ордон хаалан онно сылдьара, баара дьоҥҥо кырдьык биллэр.

Өй-санаа Орто дойдуга Үөһээ дойдуттан киирбитэ диэн сахалар этиилэрин киһи түүллэрэ дакаастыыллар. Үгүс киэҥник биллэр дьон, Д.И.Менделеев таблицатын, А.Эйнштейн теориятын арыйыыларын түүллэригэр түһээн билбиттэр, көрбүттэр. Дьон өйдөрүгэр-санааларыгар түүллэр көстүүлэрэ улаханнык сабыдыаллыыллар. Түүл өйө-санаата киһи ийэ кутугар киирэн ханнык быһаарыыны ылынарыгар сабыдыаллыырын биһиги бары үлэлэрбитигэр быһаара сатыыбыт. Үөһээ дойду өйө-санаата дьоҥҥо өй уган биэрэн, дьон олохторун ол диэки салайан биэрэллэрэ чахчы буолуон сөп. Үөһээ дойдуга өлбүт дьон өйдөрө-санаалара айыы буолан сылдьаннар тыыннаах дьону онно “үчүгэй” диэн ыҥыра, угуйа сатыахтарын сөп. Тыыннаах киһи маннык угаайыга, албыҥҥа киирэн биэрбэтэҕинэ эрэ олоҕун уһуннук, киһи быһыылаахтык олорор кыахтанар.

Сахалар куһаҕаннык өлбүттэр, бэйэлэригэр тиийиммиттэр куттара үөр буо¬лаллар диэн этэллэр. Үөр буолбут кут ханна да ыраах барбат, урут олорбут сирин чугаһынан сылдьар уонна аймахтарыгар ордук биллэр дииллэр. Ол аата, куһаҕан санаа киирбит кута ыраах ханна да барбакка чугас сылдьар. Сир кыр-сынан сылдьара быһаарыллар. Былыргылар этэллэринэн куһаҕан санаа муһуннаҕына кут ыараан үөһээ көппөт. Биһиги быһаарыыбытынан санаа бэйэ-бэйэтин кытта тардыһар күүстээх. Кыайан туолбакка хаалбыт куһаҕан санаа ол тардыһар күүһэ дьайыытыттан ыраах барбат. Үөрдэр сыһыаннаах дьоҥҥо элбэхтик көстөллөрө итинник быһаарыллара сөптөөх.

Куһаҕан санааларыттан ыраастаммакка эрэ өлбүт, барбыт дьон кут¬тара үөр буолан олорбут сирдэрин аттыгар, чугас сылдьаллара ити быһаарыыга сөп түбэһэр. Куһаҕан санаа киһи кутугар мунньустан, куту ыаратан, ыраах барбат үөр оҥорон кэбиһэрин сахалар былыргыттан билэллэр. Олус элбэх куһаҕан санаалар дьоҥҥо мунньустуулара уонна ыраастамматтара куттар санаалара ыараан үөрдэр олус элбээн иһиилэригэр тириэр¬диэн сөп. Итини тэҥэ элбэх дьон быстах суолларга, сэриилэргэ өлүүлэрэ үөрдэр эмиэ элбээн иһиилэрин үөскэтэр. Куһаҕан санаалаах үөрдэр элбээн, мунньуллууларыттан Yөһээ дойду өйө-санаата мөлтөөн Орто дойду дьонугар куһаҕанынан дьайыыта эбиллэн биэриэн сөп.

Куһаҕан санаа дьоҥҥо ордук чугас сылдьарын сахалар итинник быһаараллар. Тоҕо диэтэххэ киһи куһаҕаны оҥорор майгына үчүгэйи оҥорорунааҕар уруттаан дьайар. Yчүгэйи оҥоруу уустук, эрэйдээх, үчүгэйи оҥорорго элбэхтик үөрэниэххэ, быһаарыахха, үлэлиэххэ-хамсыахха наада. Онтон куһаҕаны оҥоруу боростуой, судургу, элбэх өйү-санааны эрэйбэт, ол иһин оҕо улаатан, өйө-санаата саҥа сайдан истэҕинэ куһаҕаны уруттаан оҥороро элбэҕиттэн сахалар “Айыыны оҥорума” диэн үөрэҕи тутуһан харыстаналлар. Холобурга, бэргэһэни тиэрэ кэтэн кэбиһиини ылыаҕыҥ. Олус түргэнник уонна ханнык да санаата-оноото суох оҥоро охсуохха сөптөөх саҥаны айыы, дьон билбэттэрин, оҥорботторун оҥоруу буолар. Ол эрээри бэргэһэҕэ киһи өйө-санаата иҥэринэн киһи оҥорор быһыыларын барыларын тиэрэ оҥордоххо, киһи быһыыта суох киһи буолан хаалыы эдэр киһиэхэ куһаҕаны аҕалыан сөп. Сахалар киһи буолуу үөрэхтэригэр аан маҥнай куһаҕан быһыылары билэн, арааран, олору оҥорбот буоларга үөрэниэххэ наада диэн этиллэр.

Үөһээ уонна Аллараа дойдулар икки ардыларыгар тэнийэн сытар Орто дойду киһи оҥорор быһыыларын быһаарыыга эмиэ сөп түбэһэр. Ол курдук киһи оҥорор быһыылара сиэр, киһи быһыытын кыйыатын хаһан да аһара барбакка эбэтэр тиийбэккэ хаалбакка, икки ардыларынан түбэһэллэрэ ордук. Ол иһин киһи өйө-санаата сылдьар, үлэтэ-хамнаһа табыллар, сыыһа-халты туттуммат сирэ Орто дойду диэн ааттанан сылдьар уонна киһи оҥорор быһыылара үчүгэй эбэтэр куһаҕан быһыылар икки ардыларынан, ол аата ортотунан көрөн оҥорулуннахтарына ордук табылларын, олоххо оҥорор туһалара элбиирин быһаарар.

Онон Орто дойду диэн киһи-аймах бары, үчүгэйдиин, куһаҕанныын үөскүүр, олорор, үлэлиир-хамсыыр суос-соҕотох сирдэрэ буолар. Атын хайа да дойдуга; Үөһээ да, Аллараа да киһи тыыннаах буолан, ол аата эттээх-сииннээх олоҕу олорбот.

АЛЛАРАА ДОЙДУ

Саха дьонун былыргы итэҕэллэринэн Аллараа дойдуга абааһылар олороллор. Бу дойдуга улахан айыылаах-харалаах элбэх куһаҕан быһыылары оҥорон өлбүт дьон куттара түһэннэр элбэх эрэйи көрсөллөр диэн православнай таҥара үөрэҕэ этэр эрээри, аныгы үөрэҕи, билиини баһылаабыт, наука этэрин ордук итэҕэйэр, атеизмҥа үөрэммит Россия дьоно ону итэҕэйбэттэр.

Аллараа дойду туһунан урукку суруйуулартан кылгас быһа тардыылары аҕаллахпытына манныктар бааллар:

- Үөһээ, аллараа, отто дойдулар диэн үс сир-дойду баарын курдук былыргы саха сэһэнэ кэпсиир. Үөһээ дойдуга айыы, абааһы сирэ-олох¬торо бааллар, аллараа дойдуга – абааһы сирэ. (4,209).

- Аллараа дойдуга араас элбэх ыарыылар төрүттэрэ абааһылар оло¬роллор. Аллараа дойду бары абааһыларын баһылыга - Арсан Дуолай диэн буолар. Кини киһи аймахха куһаҕаны эрэ оҥорор.

- Үтүө уустар төрүттэрин Кыдай Бахсыны биир кэмҥэ эмиэ Аллараа дойдуга олохтуу сылдьыбыттара биллэр. Аллараа да дойдуга олордор Кыдай Бахсы уус үс дойдуга барыларыгар уһанарын, сэриилэрин сэбин оҥорон биэрэрин кубулуппат.

(11,176). Уустар аллараа да олордоллор дьоҥҥо олус туһалааҕынан дьарыктаналларыттан бары үчүгэйдэр, туһалаахтар ахсааннарыгар киирсэллэр.

Аллараа дойду атын ыйдааҕа, туспа күннээҕэ, атын айылгылааҕа элбэхтик хоһуллар. Ол дойду туһунан кэпсээн бардахтарына, олоҥхоһуттар “кэлтэгэй ыйдаах, кэлтэгэй күннээх”, “ооҕуй оҕус бадараанныыр бадарааннаах”, идэмэрдээх, иэдээннээх дойдуну ойуулаан, дьүһүннээн бараллар. “Кэри-куру күннээх, кэмсиин-кумсуун сыттаах үтүгэн түгэҕэр” түстэххэ, тимир оттоох, тимир мастаах абааһы сирэ араастаан этиллэр. (9,61).

Үтүгэн диэн былыргы сахалар аллараа дойдуну, абааһылар дойдула¬рын ааттыыллар эбит. (12,218). Ол эрээри маннык ааттаах дойду дьиҥнээхтик баарын историктар былыргы Кытай сирдэриттэн булан тураллар. (11,34). Олорор сирдэрин туора дьон баһылааннар көһүү, улахан эрэйдэр кэннилэриттэн саха киһитэ кыайан олорботугар тиийбит сирэ-дойдута итинник, абааһы дойдутунан ааттанара эмиэ сөп курдук. Ол курдук соҕуруу истиэптэртэн сахалар сорох улуустара үтүрүллэн бу хоту, төрүт сирдэригэр кэлбиттэрэ билигин быһаарыллан турар чахчы буолар.

Саха дьонун итэҕэллэригэр үөскээбит Аллараа дойду ханна баара билигин да чуолкайдана илик. Аныгы наука Үөһээ дойдуну “коллективное бессознательное” диэн билинэн эрэр, онтон Аллараа дойду туһунан туох да биллибэт, арай үөрэх-билии, наука этиилэрэ сыыйа-баайа таҥара үөрэҕэр киирэн иһэллэриттэн христианскай таҥара үөрэҕин сирдьитэ папа Римскэй Аллараа дойду суох диэн эппитэ иһилиннэ.

Сэһэн Боло суруйарынан айыы дьоно үөһээ дойдуга үөскээн бараннар кэнники онтон арахсан, тэйэн үөһээ (соҕуруу), аллараа (хоту) абааһылар икки ардыларыгар (орто дойду¬га) түбэһэн олорон хаалбыттар. Кини быһаарарынан аллараа дойду хо¬ту диэки баар буолуон эмиэ сөп. Ойууннар сорох ыарыылар төрүттэрэ хотуттан тутулуктаахтар диэн этэ сылдьыбыттара эмиэ биллэр.

Олохторун, үлэлэрин таһымынан баһыттарбыт кыра уустар, омуктар, тимир уустарын төрүттэрин абааһы көрөр сирдэригэр Аллараа дойду¬ларыгар олохтоон кэбиһэллэрэ эмиэ өйдөнүөн сөп. Онно тимир уһаарааччылар сири хаһан урууданы хостууллара төрүөт буолара олус табыллар. Итини тэҥэ тимири уһаарар оһохторо уотунан уһуурарыттан күһүҥҥү хараҥа түүннэргэ кырдьык даҕаны уотунан уһуурар абааһылар курдук көстөллөрө чахчы. Ол иһин сир аннынааҕы абааһылары бары уотунан тыыннараллар.

Уус-уран тыл маастардара ойууннар хоту сиргэ көһөн кэлэн баран Аллараа дойдуларыгар тимир ууһун олохтууллара табыллыбат кэмэ кэлбит. Бу уларыйыы тахсыытыгар тимир уустара хоту сиргэ көһөн кэлэн, элбэх тимирдээх сиргэ түбэһэннэр сири хаспакка эрэ урууданы өрүстэр, үрэхтэр туруору хайаларын тэллэхтэриттэн хомуйан уһаараллара биллэр төрүөт буолбутугар сөп. Ол кэмтэн ыла абааһылар дойду¬ларын хоту диэки көһөрөн барбыт курдуктар.

Дьон-аймах олорор сирин, Орто дойдуну араас киртэн-хахтан, куһаҕан майгыттан, элбэх ыарыылартан ыраастаарылар ойууннар Аллараа дойдуну өйдөрүттэн айан кэбиспиттэр. Дьон-аймах бары ыарыылара, куһаҕан санаалара уонна быһыылара барылара бу дойдуга мунньустан сылдьалларын курдук өйдөбүлү дьоҥҥо иҥэрбиттэр. Кэлин, 2,5 тыһыынча сыллар диэки саҥа үөскээбит тимири уһаарааччылары, тимир уустарын аан маҥнай сөбүлээбэккэлэр бу сирдэригэр, аллараа дойдуга олордо сатаа-быттар да ситэн кыайбатахтар. Тимир ууһун үчүгэй, туһалаах сабыдыала күүстээҕэ баһыйан хайа баҕарар дойдуга сыаналанар киһи буолара хаһан да уларыйбатах.

Дьон өйө-санаата саҥа сайдан истэҕинэ үчүгэй уонна куһаҕан дьон, үчүгэйи, туһалааҕы уонна куһаҕаны, туһата суоҕу оҥорооччулар диэн арахсыыларыгар куһаҕаны туспа араараары өйтөн булан оҥорон кэбиспит дойдулара Аллараа дойду буолар.

Саха омуга үөскээһинигэр тимир ууһа ылбыт оруола олус үрдүгүн ситэ үөрэтэ иликпит. “Сах” таҥаралаах тимир уустара саха омугу үөскэппиттэр. Сахалар итэҕэллэрин төрүттэрэ ойууннар уонна тимир ууһа бэйэ-бэйэлэрин кыайан сиэспэт биир төрүттээхтэрэ сахалар төрүттэрэ тимир ууһа буоларын бигэргэтэллэрин билигин, нууччалар лаппа баһыйан тимир уһаарааччылар, уһанааччылар суохтарыттан билиммэккэ сылдьабыт.

Онон, Аллараа дойду диэн өйтөн булуллубут дойду. Үөрэх-билии сайдан медицинэ науката үгүс ыарыылар үөскүүр төрүөттэрин быһаарар кыахтаныыта бу дойду ыраастанан, туга да суох буола иччитэхсийэн иһэригэр тириэрдэр. Арай киһи-аймах билигин да кыайан ыраастана илик куһаҕан санаалара эрэ бааллара, бу Аллараа дойду туһунан өй¬дөбүл өссө да сүтэрэ ырааҕын быһаарар. Ол курдук билигин үгүс таҥаралары итэҕэйээччилэр санааларыгар дьон куһаҕан санаалара онно син-биир мунньусталлар. Аныгы үөрэҕинэн Аллараа дойдуга киһи, дьон куһаҕан санаалара эрэ ордон сылдьаллар.

Аллараа дойду нууччалар кэлиэхтэрин иннинээҕи өссө былыргы аата Анараа дойду диэн этэ уонна ол дойду диэн өйдөбүлгэ сөп түбэһэрэ. Бу өйдөбүлгэ Үөһээ дойду эмиэ холбуу киирсэр этэ. Анараа дойду диэн бу дойду, дьон сылдьар дойдулара буолбатах, атын, туспа дойду диэн суолталаах, оннук өйдөбүллээх, көстүбэттэр бары сылдьар сирдэрин быһаарара. Өй-санаа өйдөбүлүгэр дьон сылдьыбат, көстүбэттэр дойдулара Анараа дойду диэн ааттанара ордук сөп түбэһэр, табыллар.

Сайдан иһэр кут-сүр үөрэҕэ быһаарарынан киһи салгын кута ханнык санаалары түммүтүттэн тутулуга суох Үөһээ дойдуга эмиэ тахсар. Он¬но тиийэн куһаҕан санаалар бэйэлэрин биир санаалаахтарын булсан мунньустахтарына Үөһээ дойду үтүө санаата уларыйан барара саарбаҕа суох буолар. Ол иһин дьон бары тыыннаах эрдэхтэринэ, бу Орто дойдуга олорор кэмнэ¬ригэр өйдөрүн-санааларын тупсардахтарына, куһаҕан санааларыттан барыларыттан ыраастаннахтарына эрэ Үөһээ дойду өйө-санаата тупсара бэлиэтэнэр.

Онон киһи өйүн-санаатын сайыннарар уонна тупсарар сир - Орто дойду эрэ буо¬лар. Бу дойдуттан үөскээн, үүнэн өрө, Үөһээ дойдуга тахсыбыт са¬наалар айыы буолан киһи-аймаҕы салайаллар. Сир үрдүгэр, Орто дойдуга үтүө, үрүҥ санаа баһы¬лаатаҕына уонна бу санаалар Үөһээ дойдуга тахсан муһуннахтарына, түүл буолан киирэн Орто дойду дьонун санааларыгар хардары көмө оҥороннор санаалара тупсарыгар тириэрдэллэрэ быһаарыллар.

АБААҺЫЛАР

Сахалар туох куһаҕаны, сөбүлээбэтэхтэрин барытын: “Абааһы көрөбүн”,- диэн этэллэр. Туох куһаҕан барыта, ону тэҥэ бэйэлэрин өйдөбүллэригэр сөп түбэспэттэр барылара “абааһылар” диэн ааттаналлар. Былыргы итэҕэлинэн киһиэхэ, сүөһүгэ куһаҕаны оҥорор, өлүүнү аҕалар, киһи хараҕар көстүбэт куһаҕан тыын абааһы буолар. (12,14).

Абааһылар үс дойдуга үһүөннэригэр бааллар. Арай Орто дойдуттан абааһылары аҕыйатаарылар туспа дойдуга - Аллараа дойдуга атаара, онно мунньа сатыыллар.

Үөһээ дойду абааһылара ордук күүстээх, күдэхтээх, уордаах буолаллар. Үөһээттэн түһэр абааһылартан ордук биллэллэрин “Кугас” уон¬на “Хара маҥаас” сылгылаахтары ааттыыллар. (5,116). Былыргы истиэп аттаах сэрииһиттэрин тус-туспа бөлөхтөргө араартыылларыгар аттарын дьүһүнүттэн көрөн талан холботолууллара. Кугас уонна хара маҥаас дьүһүннээх аттардаах бөлөхтөртөн сахалар ордук улахан эрэйи көрсүбүттэрэ сөп.

Олус былыргы олоҥхо кэмин саҕана дьон бэйэлэрин икки аҥы; айыылар уонна абааһылар диэн ааттаан арахсар эрдэхтэринэ, абааһылары кытта куруук сэриилэһэллэрэ, өлөрсөллөрө, баайдарын былдьаһаллара. Өстөөхтөрүн барыларын абааһыларынан ааттыыллара, хаһан да эйэлэспэттэрэ.

Киһи өйө-санаата сайдыыта, үчүгэйи оҥорор быһыыта элбээһинэ айыы дьоно бэйэлэрэ икки аҥы арахсыыларыгар; үчүгэйи уонна куһаҕаны оҥорор дьон үөскээһиннэригэр тириэрдибитэ, бу кэмҥэ абааһылар аҕыйаабыттара. Аллараа дойду куруук бадык-бүдүк хараҥа. Онно адьарай биистэрэ-абааһылар олороллор. Кинилэр киһи аймаҕы өһүүллэр, араас дьаҥы-дьаһаҕы, ыарыыны-өлүүнү ыыталлар диэн этэллэр. Аллараа дойду бары абааһыларын баһылыга - Арсан Дуолай диэн буолар. Кини киһи аймахха куһаҕаны эрэ оҥорор.

Былыргылар араас элбэх ыарыылар төрүттэрин барыларын “абааһылар” диэн ааттыыллар. Хас биирдии ыарыы абааһылара анал ааттаахтар. Саха абааһылары киһини сиир ыарыыларыгар маарыннатан ааттаталаабыт. Холобурга, аҕыйах ыарыы абааһыларын ааттарын аҕын¬нахпытына ханнык ыарыыга сыһыаннаахтара ааттарыттан биллэ түһэллэр:

- Бэки Уораан - тымныыттан тобук, тоҥолох, сис дьарҕатын, бохооруу ыарыытын абааһыта.

- Хохсоот абааһыта - үргүөртэн тыҥа, сөтөл ыарыытын аҕалар абааһы.

- Суптуруку удьуордара - тымныыттан, куһаҕан астан куртах, оһоҕос ыарыытын абааһылара.

- Чээкэй өлүү – киһи көрөрүн-истэрин суох оҥорор харах, кулгаах ыарыытын абааһыта.

Аллараа дойдуга киһи кутун сиир, өйүн-санаатын, сиэрин-майгытын айгыратан өлөргө-сүтэргэ тириэрдэр абааһы уолаттара, кыргыттара эмиэ олороллор:

- Обот Төрдө - ымсыырар, уордаах санааны, дьаллыгы киһиэхэ иҥэрэр. Харса Төрдө - харса суох өһүөннээх, иҥсэлээх санааны, имэҥи күөртүүр, охсуһууга эчэтэр, өлөрөр санааны киллэрэр.

- Дьаллык Төрдө - кыдьыгы биэрэр, арыгы, табах дьаллыгар ылларар санаалары иҥэрэр. Обут Томтой - омуннанан тиэрэ санааланыыга, сыыһыыга тириэрдэр, тэмтэритэр.

Былыргы хараҥа үйэлэргэ дьоҥҥо бары куһаҕаны, ол иһигэр куһаҕан майгыны абааһылар биэрэллэр дии саныылларыттан куһаҕан абааһылары итинник ааттаабыттар. Абааһылар дьон оҥорор куһаҕан быһыыларын быһаарарга, туспа араарарга аналлаахтарын иһин туспа сиргэ, Аллараа дойдуга олохсуйдахтарына эрэ табыллар эбиттэр. Ол курдук былыргы дьон киһи өйүн-санаатын олус боростуойдук быһааран, үчүгэй уонна куһаҕан санаа¬лара тус-туспа сылдьалларын курдук саныы үөрэммиттэр. Ол аата, киһиэхэ хантан эрэ куһаҕан санаа киирдэҕинэ эрэ куһаҕан быһыылары оҥорор диэн олус көнөтүк, боростуойдук өйдүүллэриттэн Аллараа дойдуну – куһаҕан барыта мунньустар дойдутун айан олоххо киллэрбиттэр.

Былыргы кэмҥэ сахалар бары ыарыылары үөрэх-билии суоҕуттан туохтан үөскүүллэрин, хайдах тарҕаналларын билбэттэриттэн дьоҥҥо эмиэ абааһылар ыыталлар дии саныыллара. Оччолорго дьону эмтээһининэн аҥардас¬тыы дьарыктанар ойууннар бары кыайбат ыарыыларын күүстээх абааһы¬ларга балыйаллара абааһылар аҕыйаабаттарыгар тириэрдэрэ. Үөрэх-билии суоҕуттан дьон абааһыны итэҕэйэллэрэ ордук күүһүрэр этэ. Туох билбэттэрин барытын абааһыга күтүрээннэр абааһылара ордук элбээн хаалбыттар.

Сэһэн Боло суруйбутунан саха дьоно абааһылар диэн иччилэри, үөрдэри эмиэ ааттыыллар. Былыр абааһы диэн илэ сылдьар буолара үһү. Абааһыны кытта айыы дьонун бөҕөстөрө куруутун охсуһаллар, тусталлар, күрэхтэһэллэр эбит. (4,209).

Курууппа ойуун кэпсээбитинэн үөр буолбуттар эрэ абааһыга кубулуйаллар. Абааһы киһи этин-сиинин моруулуур, кутун-сүрүн эмиэ муокас¬тыыр. Киһи абааһыттан өлөр. (2,42).

Үөрэх-билии аҕыйах кэмигэр Айылҕа биллибэт, хараҥа күүстэрэ ор¬дук элбэх эбиттэр. Билигин үөрэх-билии сайдан ситэ үөрэтиллэ илик иччилэртэн уонна үөрдэртэн ураты абааһылар бары сүппүттэр. Киһи майгынын уратылара барылара хайдах иитиллибититтэн уонна үөрэтил¬либититтэн ордук тутулуктаахтара быһаарыллан абааһылар улаханнык аҕыйаатылар. Медицина науката үгүс ыарыылары кыайан эмтиирэ, бу ыарыылар төрүттэрин булуута, ыарыы абааһылара олох да эстиилэригэр, симэлийиилэригэр тириэртэ.

Саха дьоно былыр-былыргыттан Айылҕаҕа ханнык эрэ биллибэт күүс¬тэр, олору тэҥэ киһиэхэ маарынныыр дьон көстүүлэрэ баалларын бэлиэтии көрөллөрө биллэр. Былыргы кэмҥэ итинник көстүүлэр хантан үөскүүллэрин кыайан арааран билбэт эрдэхтэринэ барыларын холбуу абааһылар диэн ааттаабыттар.

Былыргы дьон туох билбэттэрин, өйдөрүгэр-санааларыгар сөп түбэс¬пэт куһаҕаннарын барыларын абааһылар оҥороллор дии саныыллар этэ. Ол эрээри иччилэри абааһылары кытта соччо буккуйбаттар. Иччи олох¬тоох миэстэлээх, куруук биир сиргэ сылдьар, онтон абааһы ханна тохтуур сирэ баара биллибэт.

Абааһыны биирдэ эмэ да буоллар дьон көрөллөр-билэллэр. Кинилэр абааһылар тустарынан кэпсээннэрэ сурукка киирбит өттүлэриттэн хо¬муйан, балар сүрүн уратыларын, ханнык сиргэ-дойдуга дьон көрсө түһэллэрин быһаарыахпыт. Итини тэҥэ абааһыны көрсө түһүүгэ киһи бэ¬йэтин ис туруга сүрүн оруолу ыларын быһаарарга кыһаныахпыт. Ол иһин хас даҕаны сурукка киирбит түбэлтэлэри аҕалтаатахпытына, манныктар бааллар:

1. Мин ол тыаны ортотунан ааһан, алаас сыырын үрдүгэр киирбитим. Арай төбөбүн өндөс гынан көрбүтүм, миэхэ уун-утары саһаантан ордук холобурдаах үрдүк, кэтит дарайбыт сарыннаах, хоруоп курдук холбой¬бут көҕүстээх төбөтө суох абааһы сыыры тахсан, мин баран иһэр су¬олбунан субу чугаспар тахсан иһэр эбит.

Көрбүтүм соһуччута бэрдиттэн бастаан хорус гына түстүм быһыылааҕа. Тохтуу биэрбитим, иннибэр олус ынырык, дьулаан киһи иһэрэ. Атаҕа атырдьах курдук, аччаччы тэбиммит, илиитэ санныгар ыйанан иһэр. Таҥаһын-сабын бу диэн өйдөөбөппүн. Биир кэм хап-хара көстөрө. Киһи аҕынньыта төллүөх, куп-куһаҕан сыттааҕа.

Ходьох гына тура түспүтүм курдук эмискэ, тугу эрэ ынырыктаахтык хаһыытаабытынан, сыыры өрө сүүрэн, эмээхсиним барбыт сирин диэки барбытым. Ити икки ардыгар өйбүн сүтэрэн ылбыт быһыылааҕым, эмээхсиним эрэйдээҕи ытыы-ытыы ыга кууһан турар эбиппин.

2. Бастаан соччо уолуйбатаҕым. Утары хааман испитим. Онтон туос курдук кубаҕай сирэйдэрин көрө түһээт, эмискэ олус улаханнык кут¬таммытым. Этим бүтүннүүтэ титирэстииргэ дылы буола түстэ, уҥуохта¬рым салҕалаан хааллылар, хааным чынчыктарбар тиийэ ты-быс-тымныытык өрө сүүрэн дьырылаан таҕыста. Куйахам күүрдэ, сиһим кэдэрэҥнээтэ. Төннүөхпүн сатаммат. Абааһылар куоттаххына, бэйэҕин эккирэтэллэр диэн этэллэрин өйдүүбүн. Дьиэм олус чугас этэ. Куот¬тахпына, дьиэбэр киириэхтэрэ, дьонум көрөн куттаныахтара диэн са¬наалаахпын.

Абааһыларбар уун-утары бардым. Дьулайбытым сүр. Ону хайыам баа¬рай? Тыыннаахтыы сииллэр үһүө. Оннооҕор сэрии уотугар киирэн тах¬саллар. Утары бардахпына, абааһы бэйэтэ сүтэн хаалыахтаах эбэтэр атын сиринэн туораан биэриэхтээх диэн этиини олус кытаанахтык өйдүүбүн.

Киһи куттаннаҕына, атаҕа кыайан хаампакка, кыаһыланан хаалар курдук буолар эбит. Инним хоту аны сүүрбэччэ хаамыыны барарым буоллар. Суол арахсыытыгар мин урут тиийдим.

3. ...Эргэ өтөххө хонордуу оҥостубуттар. Аттарын сэргэҕэ баайан, ыҥыырдарын устан дьиэҕэ киирэн, балаҕан көмүлүөк оһохтооҕун оттон тигинэтэн кэбиспиттэр.

Эргэ остуол сыыһа баарыгар өйүөлэрин таһааран, оргуйбут чэйдэ¬рин туруоран аһыырдыы тэринэн олорбуттар. Арай Ньукулай көрдөҕүнэ, остуолларын биир уһугар олус куһаҕан, дьүдьэх баҕайы дьүһүннээх киһи олорсубут. Ньукулай: “Бу киһи хантан кэлэн хаалла? Таһыттан туора киһи киирбитин көрбөтөҕүм ээ”, - дии санаан баран доҕорун көрбүтэ: киһитэ туос курдук кубарыйан хаалбыт, саҥатыттан матан баран, нэһиилэ арыылаах килиэбин айаҕар илдьэ олорор эбит.

Сотору, хабыс-хараҥаҕа өтөхтөн тахсар суолунан айаннаан испит¬тэр. Куттаммыттара бэрт буолан, бэрт өргө диэри туохтан эрэ дьик¬синэ, саҥата-иҥэтэ суох, бэл кэннилэрин даҕаны хайыһан көрбөккө айаннаабыттар.

4. Дьиэҕэ киирэригэр атын атаҕын баайан баран, аһата ыыппыт. Чэйэ оргуйбутун кэннэ, көмүлүөк оһоҕун сылааһыгар сыраллан, аһыы оло¬рон, хотоҥҥо туох эрэ тыаһа торулуурун истибит.

Аһаан бүтэн, уотун эбии оттон күлүбүрэппит. Ол кэннэ кирээккэҕэ куурда уурбут таҥастарын эргитэ турдаҕына, хотон иһигэр эмиэ тыас тыаһаабыт. Тугу эрэ саайан чыбырҕаппыт. Ити түүн Испирдиэн аанньа утуйбакка хоройбутунан хоммут. Арай утуйан барбытыгар абааһыта атаҕыттан тардан уһугуннарбыт.

Атын тутан аҕалан сэргэҕэ баайбыт, ыҥыырдаан барардыы тэриммит, таһаҕаһын хомунан атыгар ыҥырдыбыт. Дьиэ иһэ чуумпу, туох да баара биллибэт. Сүгэтинэн, били сыппыт оронун адарайын түөрбүт. Орон ан¬ныгар өлбүт киһи уҥуоҕун дьардьамата бу атыгыраан сытар эбит.

Өлөрөн баран көммөккөлөр эрэ, орон анныгар быраҕан кэбиспит киһилэрэ эбит. Уҥуоҕа тутуллубатах киһи дэриэтинньик эбэтэр илэ сүүрэ сылдьар абааһы буолуохтаах.

5. Кэлин ыалга тиийэн бэҕэһээ киэһэ туохха түбэһэ сылдьыбытын туһунан кэпсээбит. Онуоха, дьиэлээх оҕонньор: “Оо, ол дэриэтинньик дьахтар. Биһи киниэхэ куттанан чугаһаабат ыалбыт. Бэйэтэ даҕаны суолтан туора олорор”, - диэн бэрт кылгастык кэпсээбиттэр. “Ол дьахтар хайдах, туохтан дэриэтинньик буолбутай?”- диэн Өксөкүлээх ыйыталаспыт. “Соторутааҕыта соҕус ити балаҕаҥҥа булчут саха киһитэ олорбут. Кинилэр оҕоломмотохтор. Бултаан, сүөһү ииттэн, син бэркэ олорбуттар. Арай биир күһүн эр киһи тайҕаҕа бултуу тахсан баран эргиллибэтэх. Эһэ былдьаабыта дуу, атын туох быһылааҥҥа түбэспитэ биллибэт. Дьахтар бэрт өр күүтэ сатаан баран, оһох кэннигэр быала¬нан кэбиспит. Ону ким даҕаны билбэтэх. Саас сытыйан, этэ ууллан, сиргэ тохтон түспүтүн кэннэ билбиттэр. Онтон ыла хараллыбакка ту-ран хаалбыт, ким да куттанан чугаһаабатах”,- диэн кэпсээбиттэр. (13,6-18).

Н.Слепцов биолокация көмөтүнэн куһаҕан сирдэр баалларын булан ыраастыыр уонна кыайан бүөлүүр кыахтааҕын дьоҥҥо билиһиннэрбит. Кини Дьокуускай куоракка Маяковскай уулуссатыгар баар библиотека үлэһиттэрэ элбэхтик ыалдьар буолбуттарын уонна икки үлэһиттэрэ эдэр саастарыгар өлбүттэрин, библиотека остуорастара түүн араас тыаһы-ууһу истэллэрин куһаҕан сир баарынан быһаарар.

Суорҕаннары ылан быраҕар, оҕолор утуйа сытар оронноругар кэлэн олоро түһэр абааһылар биһиги куораппытыгар бааллар эбит. Маннык уустук кэмнэр ыаллар ийэлэрэ бэйэтигэр тиийинэн өлбүтүн кэннэ биллэн тахсыбыттар.

Н.Слепцов бу көстүүлэри быһаарарга элбэх гипотезалар баалларын ыйар уонна бэйэтин көрүүлэрин маннык быһаарар: - По поводу привидений, призраков, полтергейстов, звуков, конеч-но, нет однозначного научного объяснения. Есть много предположений, гипотез. Есть, например, гипотеза о полевой форме жизни. Это на уровне микрочастиц и микрополей накопленный энергоинформационный сгусток или поле, которое может принимать всякую форму и видоизменяться, запрограммироваться на всякое воздействие на окружающую среду, людей и животных. С одной стороны, человек является биологическим объектом, т.е. живет биологической формой жизни. С другой стороны, душа человека есть полевая форма жизни.

Когда человек умирает, то умирает как биологический объект, а полевая форма жизни отделяется, переходит в различные уровни - в рай или в ад, в зависимости от того, какую жизнь он прожил. Если человек покончил жизнь самоубийством, то его полевая форма жизни блуждает между “нижним” и “средним” мирами, по тем местам, где он жил, много времени проводил, умирал.

Таким образом, становится неприкаянной душой - нечистой силой. Такие силы в определенных условиях могут стать зримыми, проявлять элементы разума, издавать различные звуки, даже в физическом плане могут передвигать предметы, вкючать электроприборы, открывать кра¬ны в ванной. (14,36).

Былыргы сахалар итэҕэллэрин туһанан айылҕа араас көстүүлэрин быһаарыы атыттартан быдан оруннаах. Сахалар итэҕэллэринэн киһи өллөҕүнэ үс куттара тус-туспа бараллар, үөр буолан ыһыллаллар. Үөр диэн туох эрэ элбэх холбуу бииргэ сылдьара ааттанар. Куттар тус-туспа баран, элбэх буола ыһыллан хаалалларын иһин былыргы ойууннар үөр буолаллар диэн этэллэр. Бу куттар ханнык сир¬гэ түбэһэн сылдьаллара Айылҕаҕа араас көстүүлэри үөскэтэллэр. Са¬халар итэҕэллэринэн киһи куһаҕан, иэстэһэр санаалаах эбэтэр ханнык эрэ баҕа санаата туолбатах киһи кута тардыһар күүһүттэн кыайан ыраах барбакка үөр, иччи, абааһы буолан олорбут сиригэр хаалан хаалар, онтон үтүө санаалаах кут кырдьык үөһээ диэки тахсан, ыраатан дьоҥҥо-сэргэҕэ биллибэт буолар.

Ыарахан, кэлэр көлүөнэлэригэр хом санаалаах киһи ийэ кута эмиэ ханна да барбакка иччи буолан олорбут, урукку сылдьыбыт сирдэринэн сылдьар. Абааһылар тустарынан кэпсээннэри ырыттахха, төрүт сирин булан, көмүллэн, хараллыбатах киһи буор кута киһи уҥуоҕун аттыгар сылдьарын үгүс дьон көрөннөр абааһы диэн ааттыыллар эбит. Киһи кы¬рамтатын булан, харайан, көмөн кэбистэхтэринэ абааһы дьэ суох буо¬лан, сүтэн хаалара ити быһаарыыны бигэргэтэр.

Онон, саха дьонун абааһы туһунан кэпсээннэригэр итэҕэл, кут-сүр үөрэҕин өйдөбүл¬лэрэ иҥэн сылдьаллар. Киһи өлбүтүн кэннэ куттара туспа да бардаллар даҕаны киһи бэйэтин мөссүөнүн эмиэ илдьэ сылдьар эбиттэр. Ол курдук өлөн баран көмүллүбэккэ хаалбыт дьон үксүгэр илэ бэйэлэринэн сылдьар курдук көстөллөр. Сахалар итэҕэллэринэн киһиэхэ бэйэтигэр маарынныыр көстүү - иччи киһи уҥуоҕун аттыгар, олорбут сирдэринэн сылдьар.

Абааһылар туһунан суруйан баран врач-психиатр И.А.Иванов быһаарыыларын киллэрбэккэ хаалыы суруйуу итэҕэстийэригэр тириэрдэр. Англия психологтара өссө 1949 сыллаахха быһаарбыттарынан киһи-аймах уопсай ахсааныттан 10 бырыһыаннарын кэриҥэ олохторун устатын тухары, кырата биирдэ, сороҕор хаста даҕаны, галлюцинациялары, ол аата, ханнык эрэ көстүүлэри көрбүттэр эбит. (15,73). Дьон доруобуйалара мөлтөөн-ахсаан иһиитэ абааһылары, араас көстүүлэри көрөөччүлэр элбээн иһиилэригэр тириэрдэр, араас невротическэй туруктар ыарыыга кубулуйан олохсуйан хаалаллар. Маннык быһыы дьон сирдээҕи олохторугар ханнык эрэ кэрдиини эмиэ аһара барбаттарын эрэйэр. Ол аата сахалыы алгыс: “Yөһээттэн үргүөр үргүйбэтин, алларааттан аргыар аргыйбатын!”- диэн этиилэрэ кырдьык Орто дойду олоҕо туруктанарыгар ананарын быһаарар.

АБААҺЫНЫ КӨРҮҮ

Сахалар “Аһаҕас эттээх” киһи араас элбэх абааһылары, былыр үйэҕэ өлбүт дьону көрөр дииллэр. “Аһаҕас эттээх” киһи абааһылары, былыр үйэҕэ өлбүт дьону күн сырдыгар кытта көрөрүнэн уратыланар эбэтэр элбэх киһиттэн кини эрэ итилэри булан көрөрө билиҥҥи да кэмҥэ бэлиэтэнэр.

“Бүтэй эттээх” киһи үйэтин тухары ханнык да абааһы, сибиэн диэни билбэккэ, түүлү элбэхтэ көрбөккө эрэ уһун олоҕун холкутук олорор. Дьон-аймах лаппа эл¬бэх өттүлэрин бүтэй эттээх дьонунан ааҕыахха сөп. Үөрэхтээхтэр ааҕан таһаарыыларынан дьон-аймах уонча бырыһыаннара үйэлэригэр биирдэ эмэ галлюцинациялары, араас көстүүлэри көрөллөр. Ити быһаарыыга сөбүлэстэхпитинэ, араас көстүүлэр “Аһаҕас эттээх” киһиэхэ бэйэтигэр эрэ анаан-минээн кэлэллэрэ быһаарыллар. Ол курдук элбэх киһи бииргэ сырыттахтарына биир эмэ киһи, “Аһаҕас эттээх” киһилэрэ, абааһылары булан көрөрө бэлиэтэнэр.

Абааһылар тустарынан кэпсээннэртэн быһаардахха абааһылары көрүү эмиэ түүл эйгэтигэр киирэн ылыы курдук көстөр. Ол курдук киһи олус соһуччу, сороҕор хараҕын кырыытынан абааһылары көрөрө кэпсэнэр. Киһи түһээтэҕинэ эмиэ атын эйгэҕэ киирэн тахсарынан абааһылары элбэхтик көрөллөр. Манна бары барыта сирдээҕи кээмэйгэ сөп түбэспэт. Туга да биллибэт хара бэкир дьону киһи түүлүгэр элбэхтэ көрөр.

Түүллэри үөрэтии түмүгүнэн биһиги киһи куттара тус-туспа сылдьалларын быһаарбыппыт кэнниттэн иччилэр хайа эрэ киһи буор эбэтэр ийэ кута буолалларын итэҕэйиэххэ сөп.

Абааһыны дьон үгүстүк киэһэ борук-сорукка утуйаары сытан эбэтэр уһуктан иһэн көрөллөр. Бу кэмҥэ киһи саҥардыы утуйан эрдэҕинэ бэйэтэ утуйбутун дуу, уһуктаҕаһын дуу ситэ араарбат кэмигэр түбэһиннэрэн араас көстүүлэ¬ри көрөр. Абааһыны көрөр киһи бу кэмҥэ түһээбитин эбэтэр илэ көрбүтүн өйдөөбөккө хаалара сөп.

Биһиги быһаарыыбытынан быстах кэмҥэ киһи утуйа охсон баран түһээн көрбүтүн илэ курдук санаатыгар оҕустарыан сөп. Сорох түүл көстүүтэ илэни кытта ситимнэспит курдук эмиэ көстөр түбэлтэлэрэ биллэллэр. Маннык кэм тирээн кэллэҕинэ сахалар: “Көм эккиттэн кымаахтаан көрөр буол”,- диэн сүбэлииллэр. Ол аата киһи этэ ыарыыны биллэҕинэ эрэ илэ көрөрө чахчыта быһаарыллар.

Абааһылар биллибит түбэлтэлэриттэн араас тыастары истиини элбэх киһи бииргэ истэллэр. Биир дьиэҕэ хоно сыттахтарына истиэнэни ох¬суолуур тыас чугаһаан, улаатан иһэр үһү. Дьиэ иччитэ сүгүн хоннорумаары гынна диэннэр түүннэри хомунан атын сиргэ көспүттэр. (16,7).

Балааккаҕа утуйа сытар отчуттар арай аттаах дьон тула сүүрдэ сылдьар тыастарыттан соһуйан уһуктубуттар. Күнүс бу дьон эргэ киһи уҥуохтарын көрө сылдьаннар кынчаал булан ылбыттар. Аттаах дьон бу кынчаалы көрдүү кэллэхтэрэ диэннэр таһырдьа быраҕан биэр¬биттэригэр туйахтар тыастара дьэ сүппүт.

Айылҕаҕа, эргэ дьиэлэргэ, дьон мустан ааһар сирдэригэр киһи истэн соһуйар араас тыастара хаһан баҕарар бааллар. Киһи соһуйан хаалан ханнык тыаһын кыайан араарбатаҕына үгүстэрин абааһыга да балыйыан сөп.

Курууппа ойуун үөрдэри абааһылар диир. (2,48). Быстах өлүүгэ түбэһэн өлбүт дьон куттара үөр буолаллар диэн өйдөбүл эмиэ баар. Онон, абааһылар диэн үөрдэри эмиэ ааттыыллар.

Дьон сөбүлээбэтэхтэрин, билбэттэрин, урут көрбөтөхтөрүн соһуччу көрдөхтөрүнэ хаһан баҕарар абааһыга балыйаллара билигин да хаала илик.

Киһини тиһэх суолугар атаарарга сиэри-туому кытаанахтык тутуһуу ирдэнэр. Олус былыргы өтөхтөргө биллэр араас көстүүлэр, абааһылар барылара кэриэтэ кыайан сиэр-туом быһыытынан көмүллүбэтэх, хараллыбатах дьон өлүктэриттэн үөскээбиттэрэ билэр дьон кэпсээннэринэн быһаарыллар.

Өлбүт киһи малын-салын, оронун туспа киһи туһанара куһаҕан, сэрэхтээх. Балары туһанар киһиэхэ киһи кута түүлүгэр киирэн көстүөн, куһаҕаннык утуйуон, баттатыан сөп.

Бэйэлэригэр тиийиммит дьон өйдөрө-санаалара, куттара үөр буолаллар диэни сахалар былыргыттан билэллэр. (17,17-41). Өлүөн иннинэ айыытын-харатын этэн ыраастамматах киһи өйө-санаата, кута үөр буолара кини туолбатах санаата тардыһыытыттан кыайан ыраах, дьабыныгар барбакка аймах дьонун аттыларыгар сылдьарынан уонна тугунан эмэ биллэринэн үөр буолар.

Онон, былыргы кэмнэргэ олорон ааспыт дьон, араас иччилэр, куттар быыстарыгар киһи олоҕун олорор. Ол иһин сыыһа-халты туттубат туһугар ордук сэрэхтэнэрэ, харыстыыра, былыргы олох үөрэҕин билэрэ, үгэстэри олоҕор тутуһара ирдэнэр.

АЙЫЫ БУОЛУУ

Саха тыла олус былыргы кэмҥэ үөскээбититтэн үгүс тыллар дорҕоонноруттан тутулуктарын билигин да сүтэрбэккэ сылдьаллар. Саха тыла дорҕоонноруттан тутулуктарын биһиги “Дорҕооннор өйгө-санааҕа дьайыылара” диэн үлэбититтэн булуохха сөп.

Айыы диэн өй-санаа үөскээһинин уонна киһи оҥорор быһыытыгар кубулуйуутун, уларыйыылар киириилэрин быһаарар соҕотох тылбыт. Бу тылбытын сэбиэскэй былаас кэмиттэн ыла тыл үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылар, нууччатымсыйбыт учуонайдар буккуйууларыттан, уларыта, икки аҥы араара сатыылларыттан бары үлэһиттэр көмүскүүр кэммит тиийэн кэлбитин билиэхпит этэ.

Саха тылыгар өйү-санааны быһаарар “ай” диэн тыл баар. Өйгүттэн саҥаны булан, оҥорон таһаар; кими, тугу эмэ баар гын, олохтоо диэн киэҥ өйдөбүллээх. (12,15). Бу тыл киһи саҥаны айа сатыыр өйүттэн-санаатыттан “айыы”, саҥаны арыйыы оҥоруллан, чочуллан, үөскээн тахсарын чуолкайдык быһаарар. Ол аата ай диэн биһиги тугу эмэ айа, арыйа сатыырбытын баспыт иһигэр саныыбыт, онтон тугу санаабыппытын илэтигэр оҥорон таһаардахпытына уонна киһи билбэт, оҥорбот быһыыта буоллаҕына айыы буолан тахсар, “ыы” диэн ытааһыны биллэрэр дорҕооннонор. Бу саҥаны айыыбыт аан маҥнай үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана араарыллан быһаарыллыбат уратылаах. “Ыы” диэн ытааһын сыһыарыыта эбиллэринэн куһаҕана элбэҕэ быһаарыллар.

Сахалар былыр-былыргыттан киһи өйө-санаата икки өрүттээҕин арааран билэн олохторугар туһана сылдьаллар. Ол билиилэрэ барыта “айыы” диэн икки өрүттээх; үчүгэй уонна куһаҕан өйдөбүллээх тылбытыгар иҥэн, түмүллэн сылдьар. Ол барыта киһи үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны оҥорон кэбиһэриттэн быһаччы тутулуктаах. Итэҕэлгэ олоҕурбут бобууну, үгэһи кэһии, дьон сиэригэр баппат быһыылары оҥоруу эмиэ айыыны оҥоруунан ааҕыллар. (12,16). Ол аата киһи куһаҕаны, дьон оҥорбот быһыыларын оҥордоҕуна эмиэ айыы буолан тахсарын билиэ, онтон сэрэниэ, “айыы үчүгэй” диэн арбаабакка эрэ сылдьара эрэйиллэр.

Дьон бэйэлэрин биир мэйиилэринэн өйдөөн-санаан туран оҥо-рор быһыылара икки аҥы арахсалларын “айыы” диэн тыл икки өрүттээх өйдөбүллээҕэ, быһаарыылааҕа толору дакаастыыр. Киһи мэйиитэ үчүгэй да дьыалалары эбэтэр куһаҕаны да толкуйдаан, оҥорон таһаарар кыахтааҕын айыы диэн тылбыт соҕотох буоллаҕына эрэ табатык быһаарар. Киһи мэйии¬тин итинник оҥоһуулааҕын сахалар былыр-былыргыттан билэннэр “айыы” диэн өйү-санааны быһаарар тылбыт соҕотох уонна икки өрүттээх өйдөбүлүн иҥэринэн сылдьар. Үчүгэйи оҥордоххо үчүгэй, үрүҥ айыы, онтон куһаҕаны оҥоруу куһаҕан, хара айыы диэн араарыллан ааттанал¬лар. Элбэх өйдөөх киһи оҥорор куһаҕан быһыылара ордук ыар, улахан содуллаахтар. Улахан уоппуттаах буруйу оҥорооччуну, уоруйаҕы, халабырдьыты булан тутуу, хаайыы улахан уустуктары үөскэтэрин, эрэйдээҕин полиция үлэһиттэрэ үчүгэйдик билэллэр.

Айыы диэн тыл биллэр уратытынан аан маҥнай оҥоруллубут айыы, саҥаны айыы үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана биллибэт, арай барыта үчүгэй буолуон баҕарабыт эрэ. Ол эрээри төһө эрэ кэминэн бу айыыбыт хайдаҕа олох уопутунан дьэ быһаарыллан тахсар уратылаах. Улуу Өктөөп өрө туруута кыайан салайар былааһы дьадаҥылар уонна үлэһиттэр ылбыттара куһаҕана 74 сылынан биирдэ биллэн тахсыбытыттан, үлэ-хамнас сатарыйбытыттан бу былаас бэйэтэ эстибитэ. Ол аата төһө эмэ уһун кэмҥэ саҥаны айыыбыт үчүгэй дии сылдьыбыттара кэлин куһаҕана биллэн тахсан салайар былаас уларыйбыта атыттарга үөрэх буолар.

Киһи оҥорор бары быһыыларын; үчүгэйин эбэтэр куһаҕанын бэйэтэ мэйиитинэн толкуйдаан айан таһаарарын сахалар былыр-былыргыттан билэннэр “айыы” диэн ааттаабыттар, үчүгэйи да, куһаҕаны да оҥоруу барылара айыыны оҥоруунан ааттаналлар. Ол аата биир мэйииттэн үөскээн, айыллан тахсаннар хайалара да айыы буолан баран салгыы үчүгэй эбэтэр куһаҕан диэн икки аҥы арахсаллар. Биһиги тылбыт үөрэхтээхтэрэ, суруйааччыларбыт, учуонайдар аһара нууччалары үтүктэллэриттэн уонна өй-санаа бу арахсыытын билбэттэриттэн билигин буккуллан, итэҕэллэниэхтэрин баҕарар саха дьонун барыларын албынныы, сымыйалыы, “айыы үчүгэй” диэн этэ, үөрэтэ сылдьаллар. Итини тэҥэ бэйэлэрин аһара “үчүгэйбит” диэн сыыһаларын саптынаарылар “аньыы” диэн сахаларга суох тылы булан туһаннара сатыыллар.

Дьон өйдөрө-санаалара тугу үчүгэй уонна тугу куһаҕан диэн тус-туспа араартааһыннара сөп түбэспэттэр, тус-туспалар. Үгүс дьон үлэлээн-хамсаан, тоҥон-хатан үчүгэйи, баайы-малы оҥороллор, онтон сорохтор ол баайтан-малтан босхо, талбыттарынан ылан туһаныахтарын баҕараллар. Бу дьон тугу үчүгэй, тугу куһаҕан быһыы диэн этэллэрэ букатын да утарыта турар өйдөбүллээхтэр. Ханнык баҕарар оҥорор быһыыларын дьон бары бэйэлэрин өйдөрүнэн-санааларынан төһө эмэ өр кэмҥэ санаан, толкуйдаан, бэйэлэригэр барыстааҕын билэн баран оҥороллоруттан өй-санаа икки аҥы; үчүгэй эбэтэр куһаҕан диэн арахсыыта үөскээн тахсар.

Оҕоҕо кыра эрдэҕинэ ханнык өй-санаа; үчүгэй үгэс дуу, куһаҕан үгэс дуу иҥэриллибититтэн өйө-санаата туспа уратылардааҕын саха дьоно былыргыттан бэлиэтиил¬лэр. Аһара көрүллэн, мааныланан иитиллибит киһини “Атаахтык иитиллибит киһи” диэн туспа арааран ааттыыллар. Оҕону атаахтык иитии үлэһит дьон өйдөрүгэр-санааларыгар, олохторун сиэригэр, тугунан дьарыктаналларыгар, үлэлэригэр-хамнастарыгар сөп түбэспэккэ атын өйү-санааны бэлиэтиирин иһин итинник этэллэр.

Сахалар оҕолорун үөрэтэллэригэр ытык сирдэргэ мэниктээбэт, ай¬даарбат куолу уонна киһи уҥуоҕар ону-маны тыытар улахан айыы диэн этэллэр. (18,13). Былыргыттан үөскээбит үгэстэри, сиэри кэһиини саха дьоно ордук сөбүлээбэттэр. Өлбүт киһи кута иҥмит малын-салын ыстахха, алдьаттахха кута айманыан, хамсыан, ол иһин дьоҥҥо биллэ сылдьыан сөп дии саныыллар. Ол аата, айыыны оҥоруу диэн куһаҕаны оҥорууну этэллэр. Сахалар ойууннара киһи өйүн-санаатын олус дириҥник үөрэтэннэр куһаҕаны оҥорууну дьон билбэттэрин, туттубаттарын оҥоруу буоларын быһааран эмиэ айыы диэн ааттаабыттар.

Айылҕаҕа аһара улахан алдьатыылары оҥоруу, сири-уоту, мастары алдьатыы, айыыны оҥоруунан ааҕыллар. (19,172). Сахалар Айылҕа бары тыыннаах мастара куттаах буолалларын билэллэр. Улахан, көс¬түүлээх мастарга араас куттар, иччилэр олохсуйалларын иһин олору тыыппаттар. Алдьатар, буорту¬луур дьон бэйэлэрэ эмиэ куттаахтарын уонна ол куттара үөрүйэх буолан оҕолоругар бэриллэрин билэллэрэ буоллар Айылҕаҕа сыһыаннара үчүгэй өттүгэр уларыйыан сөп этэ.

Дьон иннигэр хараҥа буруйу, халыҥ айыыны оҥостуу биир тэҥ өйдөбүллээхтэр. (20,307). Киһи оҥорор куһаҕан быһыылара, буруйдара барылара хара айыы буолаллар. (21,86). Сахалар былыр-былыргыттан дьон олоҕор, сиэригэр, майгыныгар сөп түбэспэт куһаҕан быһыылары айыы¬ны оҥоруунан ааҕаллар. Үгүс дьон оҥорбот, билбэт быһыыларын оҥоруу айыыны оҥоруу буолар. Айыыны оҥоруу олохсуйбут сиэри кэһэр, таһынан барар быһыы буолар, ол иһин сахалар сөбүлээбэттэр.

Киһи дьон билбэтин, оҥорботун саҥаны айыыны оҥордоҕуна аан маҥнай үчүгэйэ, куһаҕана төһө эмэ өр кэмҥэ биллибэт, кыайан араарыллыбат уратылаах. Көннөрү айыы диэн ааттанан өр кэмҥэ, үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана быһаарыллыар диэри сылдьар кыахтанар. Саҥаны арыйыы, айыыны оҥоруу дьоҥҥо үчүгэйи оҥорууга туһуламмыта чахчы билиннэҕинэ, өр кэмҥэ дакаастаннаҕына эрэ, үчүгэй, үрүҥ айыыга биирдэ кубулуйар, онтон туга эмэтэ табыллыбатаҕана, сатамматаҕына, буортуланан таҕыстаҕына хара айыыга кубулуйуон сөп. Ол иһин айыыны оҥоруох инниттэн олус улаханнык сэрэниигэ сахалар таҥараларын үөрэҕэ ыҥырар, ордук элбэхтик сыыһа-халты туттунуохтарын сөптөөх эдэрдэри харыстыырыттан “Айыыны оҥорума” диэн үөрэтэр.

Саха дьоно ханнык баҕарар саҥаны айыыны, дьоҥҥо урут биллибэ¬ти оҥорууну айыыны оҥоруунан ааҕаллар. Ол курдук былыр-былыргыттан киһи бэйэтин өйүнэн туох саҥаны арыйбытын барытын дьону утары, кинилэри баһылыырга анаан туттар этэ. Билигин даҕаны араас наукалар саҥаны арыйыылара бары быһаччы киһини бэйэтин буолбатаҕына, Айылҕаны утары хайысхалаахтар. Дьон бары саҥаны арыйыыларын үгүс өттүн сэрии сэбин оҥостуутугар, дьону хайдах элбэхтик өлөртүүргэ аныыллар. Ол иһин саха дьоно былыргыттан ханнык баҕарар саҥаны айыыларга аан маҥнайгыттан сэрэхтээхтик сыһыаннаһаллар, “Айыы буолуо” диэн этэннэр сэрэнэллэр. Онтон кэлин ити саҥаны айыы дьоҥҥо үчүгэйэ чахчы биллэр буола дакаастаннаҕына, дьон чахчы итэҕэйдэхтэринэ эрэ үчүгэйи оҥоруу, үрүҥ айыы диэн ааттанар, элбэхтик туттуллар кыахтанар.

Саҥаны айыыны ханнык да кыыллар уонна көтөрдөр оҥорботтор, киһи эрэ оҥорор. Киһи өйдөөх-санаалаах, салгын кута сайдарыттан бэйэтэ толкуйдаан таһаа¬ран саҥаны арыйыыны булан, айыыны оҥорор. Сахалар киһи бу саҥаны арыйыытын хайдах көрүҥнээхтик туһанарыттан, дьоҥҥо үчүгэйи дуу, куһаҕаны дуу оҥороруттан көрөн икки аҥы, ханна да халбаҥнаабат чуолкайдык тус-туспа арааран ааттыыллар:

- Үчүгэйи айыы - үрүҥ айыы буолар.

- Куһаҕаны айыы - хара айыы диэн ааттанар.

Киһи тугу оҥорорун толкуйдаан оҥороруттан, туох оҥорбута ба-рыта атын дьоҥҥо хайдах өйдөнөрүттэн көрөн, куһаҕан эбэтэр үчүгэй диэннэргэ арахсаллар. Куһаҕан эбэтэр үчүгэй диэн үгүс дьон өйдөрүгэр-санааларыгар уһун кэм устата олохсуйан хаалбыт, былыргыттан үгэскэ кубулуйбут өйдөбүллэри ааттыыбыт.

Былыргы эбэтэр олус да былыргыта суох кэмнэргэ ханнык баҕарар саҥаны арыйыылары дьон үйэлэригэр биирдэ эмэтэ оҥороллоро биллэр. Сахалар былыр айыы диэн тылы үөскэтэллэрин саҕана саҥаны арыйыы диэн биирдэ эмэтэ оҥоруллар быһыы буолуон сөп. Саҥаны арыйыылар ити билигин эрэ элбээн тураллар, киһи - аймах өйдөрө-санаалара сайдан истэхтэрин аайы саҥаны арыйаллара кырдьык эбиллэн иһэр. Ол да буоллар үгүс саҥаны айыылар дьон олоҕор туһаны да аҕаллахтарына айылҕаҕа буортуну оҥороллоро быдан элбэх.

Дьон бары бэйэлэрэ тутан-хабан туох саҥаны арыйбыттарын барытын бэйэлэрин туһаларыгар туһана сатыыллар. Былыргы кэмҥэ экономикаҕа саҥаны арыйдахтарына, онтуларын сайыннаран сэрии сэбин оҥостон атын омуктары, кинилэр сирдэрин сэриилээн ыларга туһаналлар этэ. Туох саҥаны оҥорбуттарын барытын аан бастаан дьону утарарга анаан туһаналлар. Оннооҕор академик А.Д. Сахаров саҥаны арыйыытын водороднай буомбаны оҥорууга туһаммыта. Маҥнайгы гааһынан үлэлиир тимири быһары айбыт киһи харчылаах сиэй¬пэни дьөлө быспыт. Уорууну, куһаҕаны оҥорбут. Киһи итинник быһыы¬тын, бэйэлэрин үйэлэригэр элбэх саҥаны айыылары оҥорон туһананнар сахалар билэллэр эбит. Ол иһин былыргы сахалар ханнык баҕарар саҥаны арыйыыттан сэрэнэн “Айыыны оҥоруу” диэн ааттыыллар. Ханнык баҕарар “Айыыны оҥоруу” дьоҥҥо куһаҕаны оҥорор, кинилэр олохторугар уларыйыылары киллэрэр, үгэстэрин уларытарга тириэрдэр, олохторун оҥкулун уларытар. Ол иһин ханнык баҕарар саҥаны айыы дьоҥҥо куһаҕаны оҥорууга тэҥнэнэрэ сөп. Ордук саҥа улаатан, тугу барытын билиэн-көрүөн баҕара саныыр эдэр киһи үгүс дьон билбэтин, саҥаны, айыыны оҥорор кыахтаах, онтуларыттан үгүстэрэ куһаҕаҥҥа кубулуйуохтарын сөп. Төрөппүттэр оҕолорун “Айыыны оҥорума” диэн үөрэтиилэрэ ити быһаарыыларга олоҕурар уонна оҕо билбэтигэр тэптэрэн дьон билбэтин, туттубатын, куһаҕаны оҥороруттан харыстыыр аналлаах.

Онон, киһи билбэтин, урут туттуллубатаҕы, дьон оҥорбот быһыыларын оҥоруу айыыны оҥоруу буолар. Айыыны оҥоруу сиэри кэһэр, таһынан барар. Ол иһин айыы сиэри кэспэтин туһугар айыы-сиэр диэн холбуу этии туттуллар, айыы сиэри кэспэтэ ирдэнэр.

Айыы диэн тыл мээлэ туттуллубат сэрэхтээх, икки өрүттээх өйдөбүллээх тыл. Бу икки өрүтүттэн куһаҕан өттө уруттаан дьайарыттан эрдэттэн сэрэнии эрэ быыһыыр кыахтаах. Айыы буолуо диэн сибигинэйэн этиллэр. Бэйэлэрин олохторун соһуччу уларытыахтарын баҕарбат үчүгэй дьон санааларыгар хаһан да сөп түбэспэт, ыарахан, мээнэ туттуллубат тыл. Бу тылы улаханнык саҥарар, элбэхтик туттар дьон куһаҕан дьайыытыгар хайаан да түбэһиэхтэрэ. Ити курдук киһи өйүттэн-санаатыттан быһаччы тутулуктаах айыы диэн тылбыт икки, утарыта өйдөбүллээх. Бу тыл киһи оҥорор быһыыларын барыларын өйүнэн-санаатынан толкуйдаан, быһааран таһаарбытын биллэрэр. Киһи биллэр үчүгэйи оҥордоҕуна - үрүҥ айыы, онтон оҥорбута куһаҕана билиннэҕинэ - хара айыы буолар. Былыр-былыргыттан өй-санаа хайдах туруктааҕын быһаарар тылбытын уларыта сатааччылартан харыстыыр кэммит кэллэ.

Хайа да киһи бэйэтэ таҥара биэрбит үчүгэй кэһиитэ, бадаарага буолбатах. Кинини олус өр кэмҥэ үчүгэй быһыылары оҥорорго кыра эрдэҕиттэн ииттэххэ уонна үөрэттэххэ эрэ киһилии киһи өйө-санаата иҥэн, үчүгэй киһи буола улаатар. Ол аата, киһи дьоҥҥо куһаҕаны, хара айыыны оҥорбокко кыра эрдэҕиттэн үөрэннэҕинэ, үгэс оҥоһуннаҕына эрэ, үчүгэйи, үрүҥ айыыны оҥороро быһаарыллар.

Kиһи тыыннааҕын тухары өйө-санаата хамсыы, уларыйа, эбиллэ турар. Өй-санаа киһи тыыннааҕар биир сиргэ турбат. Куруук хамсыыр. Сайдар. Үүнэр. Улаатар. Хаһан баҕарар саҥаны арыйыыны — айыыны оҥорор кыаҕа хаалан хаалбат. Сахаларга айыы буолуу диэн умнуллубат өйдөбүл баар. Бу өйдөбүл үөскүүрүгэр өй-санаа уларыйар уратыларын билиилэрэ олук буолбут. Арай бу быһыы киһи өлбүтүн, өйө-санаата Үөһээ дойдуга көппүтүн кэннэ биирдэ кэлэр. Өлүү-сүтүү кэнниттэн өй-санаа эттэн-сиинтэн арахсан эбиллибэт, уларыйбат турукка киирэр. Киһиттэн, мэйииттэн ылар эньиэргийэтэ быстарыттан аны уларыйара тохтуур. Мастыйар. Kиһи өлөн, куттара ыһыллан, үөр, айыы буолан Үөһээ дойдуга бараллар. Үгэс буолбут өйдөр-санаалар, ол иһигэр саҥаны арыйыылар — айыылар бэйэлэрэ туспа куттарга арахсаннар Үөһээ дойдуга сылдьар кыахтаналлара айыы буолуу өйдөбүлүн үөскэппит. Билиҥҥи эньиэргийэ мунньуллуутун сокуонугар өй-санаа, кут бу курдук уларыйан тус-туспа айыы буолан сылдьыыта сөп түбэһэр. Ол курдук түүлбүтүгэр өлбүт дьон айыы буолбут өйдөрүн-санааларын кытта көрсөбүт.

Үрүҥ айыы итэҕэлэ диэн урукку олорон ааспыт көлүөнэлэр билиилэрин, үөрэхтэрин билэн олоххо тутуһуу аата буолар. Үрүҥ диэн быһаарар тылбыт ааспыт көлүөнэлэр үөрэтэн билбит билиилэриттэн билиҥҥи, уруккуттан улаханнык сайдыбыт, уларыйбыт олоххо туһалааҕын, сөп түбэһэрин, ол аата үрүҥүн, үчүгэйин талан ылан туһаныыны быһаарар. Ураты, атын дьоҥҥо маарыннаабат дьон өллөхтөрүнэ өйдөрө-санаалара айыы буоларын туһунан сахалар былыр-былыргыттан билэллэр. Хас биирдии киһи өйө-санаата туспа уратыларынан бэйэ-бэйэлэригэр маарыннаспаттар, ол иһин хас киһи өйө-санаата туспа айыы буолан Үөһээ дойдуга сылдьаллар. Сэһэн Боло былыргы суруйуулары хомуйуутуттан ыллахпытына өлбүт киһи өйө-санаата айыы, үөр буолар. (4,307).

Хас биирдии киһи өйө-санаата атын ханнык да киһи киэнигэр маарыннаабатынан, уратытынан өллөҕүнэ өйө-санаата туспа арахсан барарынан туспа айыы буолар. Манна бу киһи өлөрүгэр оҥорбут быһыыта эмиэ дьайа сылдьар. Ол курдук олус куһаҕан быһыыны оҥорон бэйэтигэр тиийиммит киһи өйө-санаата олус ураты, ким да оҥорбот быһыытын, айыыны оҥорбута дьайан, бу киһи өйө-санаата хара айыы буолар.

Киһи түүлүгэр былыргыта өлбүт дьону көрөрө, кэпсэтэрэ түүл дойдутугар өлбүт дьон өйдөрө-санаалара эмиэ сылдьалларын быһаарар. Үөһээ дойдуну түүл дойдута диэн ааттыахха сөп, аҥардастыы өйдөр-санаалар эрэ сылдьаллар. Киһи этэ-сиинэ өлбүтүн кэннэ өйө-санаата туспа арахсан Үөһээ дойдуга айыы буолан уларыйан сылдьарын түүлбүтүгэр көрөбүт.

Былыр-былыргыттан киһи өллөҕүнэ өйө-санаата туспа арахсан барарын сахалар ойууннара билэр этилэр. Сэттэ уонтан тахса сыллар усталарыгар сэбиэскэй былаас өй-санаа үөрэҕин суох оҥоро сатаабыта. Ол да буоллар өй-санаа үөрэҕин оннооҕор наука билигин итэҕэйэн үөрэтэн эрэр. Билигин өй-санаа үөрэҕэ сайдан, сыыйа-баайа оннугар түһэн барар кыахтанна.

Сахалар айыы диэн өлбүт киһи өйүн-санаатын, кутун эмиэ ааттыыллар. Улахан айыылар Бахсы Айыыта, Бологур Айыыта дьоҥҥо барыларыгар биллэллэр. Онон айыылар диэн бары урут тыыннаах сылдьыбыт дьон айыылаах-харалаах куттара дьабыҥҥа кыайан көппөккө, ыраах барбакка үөр, айыы буолан Орто дойдуга сылдьаллара ааттанар.

Киһи өллөҕүнэ өйө-санаата этиттэн-сииниттэн арахсан, туспа баран Yөһээ дойдуга көтөр. Хас биирдии киһи өйө-санаата тус-туспа, атын кимиэнигэр да маарыннаабат, ол иһин туспа айыы буолан Yөһээ дойдуга сылдьар кыахтаах. Үөһээ дойдуга сылдьар, өлбүт дьон өйдөрүттэн-санааларыттан үчүгэйи, туһалааҕы оҥорор билиилэрин ылыныы Үрүҥ айыыттан кэлэр билиилэр диэн ааттаналлар уонна өс хоһооннорунан этиллэ сылдьаллар.

Өлбүт дьон өйдөрө-санаалара Үөһээ дойдуга айыы буолан сылдьалларын сахалар бэйэлэрин айыы аймахтарынан ааттаналлара биллэрэр. Кинилэр бэйэлэрэ айыы буолбатахтарын билинэн айыы аймахтарынан ааттаналлара хайа эрэ аймахтара өлөн, өйө-санаата айыы буолан сылдьалларын биллэрэр.

Онон айыы диэн тылбыт үчүгэйи уонна куһаҕаны оҥорууну арааран быһаарарын тэҥэ, өлбүт киһи өйө-санаата туспа сылдьарын эмиэ биллэрэр аналлаах. Бу өйү-санааны быһаарар соҕотох тылбытын харыстыахпыт, уларыта сатыахпыт суоҕа этэ.

БОЛУГУР АЙЫЫТА

Саха дьонун олохторун үөрэҕэр айыы буолуу диэн өйдөбүл былыр-былыргыттан баар. Бу өйдөбүлү табатык быһааран олоххо туһаныы саха дьонун өйдөрүн-санааларын туруктаах оҥорор, былыргы өбүгэлэр билиилэрин иҥэрэр. Хас биирдии киһи өйө-санаата хаһан да бэйэ-бэйэлэригэр маарыннаспаттар, тус-туспалар, ол иһин киһи өллөҕүнэ куттара этиттэн-сииниттэн туспа бардахтарына айыы буолан сылдьаллар. Төһө күүстээх айыы буолара ханнык өй-санаа мунньустубутуттан уонна туох ураты быһыыны, айыыны оҥорбутуттан быһаччы тутулуктанар.

Болугур Айыыта диэн төрөппүттэрэ күүстэринэн сөбүлээбэт киһитигэр кэргэн биэрбиттэрин утаран, таптаабакка, олохтон бэйэтигэр тиийинэн туораабыт эдэр, кыраһыабай дьахтар өйүн-санаатын, кутун ааттыыллар. Былыргы кэмҥэ бу айыы хараҥа, үөрэҕэ суох төрөппүттэри аҥардастыы куттаан “Кыыскытын сөбүлээбэт киһитигэр эргэ биэрдэххитинэ аны Болугур Айыытын курдук буолан хаалыа” диэн киһи быһыытын аһара барбаттарыгар тириэрдэрэ, аҥардастыы баайы-малы эккирэтэн кыыстарын күүстэринэн хам баттаан баай киһиэхэ эргэ биэрэллэрин тохтоторо.

Эдэр, кыраһыабай кыыс оҕото Болугур Айыыта ааттаныан иннинэ Сыҥалаабыт Лыгый диэн көннөрү киһи курдук ааттааҕа. Сыҥалаабыт Лыгый туһунан биһиги билиибит барыта кэриэтэ 1935 сыллаахха Сэһэн Боло Чурапчы улууһугар Мугудай нэһилиэгэр олохтоох 70 саастаах Прокопий Моисеевич Оконешников тылыттан суруйуутугар олоҕураллар.

Болугур Айыыта Сыыдам Сыҥалаабыт диэн хотун (Омуоруйа Тумарча кыыһа). (4,203 ).

Сыыдам Сыҥалаабыт диэн былыргы баай бүөдээл кыыһа. Кини 1760-1780 сс. үөскээн эргэ тахсан баран ыйаанан өлбүт, тыыннааҕыттан ыла дьиибэлээх, кубулҕаттаах, абааһы-айыы аҥаардаах дьахтар (иирээн). Эргэ тахсан баран үс сылы быһа эрин кытта таптаспакка сылдьан өлөн куоппут. Кэнники кинини үөр оҥорон айыы дьахтара диэн айыы-хотун аҕаспыт диэн ытыктыыр буолтар. Кини аатын мээнэ ааттаабаттара. Ойуун, удаҕан үөргэ киллэрэн алгыыр-ааттыыр. Кини бэйэтин дьонун, аймахтарын харысыһар ааттаах. Кини илэ-бодо, чуорааннаах, аарыктаах, симэхтээх аттаах тыаһаан кэлэн ааһара үһү. (4,307).

Олус былыргы кэмнэргэ сахалар боростуой буойуннары уматар, баайдары көмөр, онтон биллиилээх ойуун өллөҕүнэ араҥаска уурар, араҥастыыр эбиттэр. Кэлин нууччалар кэлэннэр сахалар ити үгэстэрин уларытан барбыттар. Ойууннары уон ахсыс үйэҕэ араҥастыылларын тохтотон көмөн барбыттар. Холобур, ити кэм саҕана олорбут аатырбыт-сураҕырбыт Болугур Айыыта, кини таайа Кыпчытыын Уус ойуун ийэ буордарыгар угуллубуттар. (22,37).

Уон ахсыс үйэҕэ Боотурускай улууһугар Болугур нэһилиэгэр үс ойохтоох уон оҕолоох Омуоруйа диэн сүдү баай киһи олорбута үһү. Кини Айылҕа хотуна диэн ойоҕуттан соҕотох кыыс оҕо төрөөбүтүн Сыҥалаабыт Лыгый диэн ааттаабыттар. Бу кыыс таайа Кыпчытыын Уус уонна убайа Кыраһын Суоллар иккиэн дьонтон уһулуччу дьон, суон сураҕырбыт улуу ойууттар этилэр. Сыҥалаабыт Лыгый кыра эрдэҕиттэн олус дьиибэтик, арыт ойуумсуйар да курдук, быһыыланара үһү. Чугас эргиннээҕи ыалларын саастыы кыргыттарын мунньан Болугур сирин алаастарын барытын кэрийэ сылдьан оонньуур, ыллыыр-туойар, уот оттон, ас астаан, чэчир анньан сир-дойду иччитин алгыыр, аһатар эбит.

Соҕотох кыыстарын төрөппүттэрэ олус маанылыыллар. Олус мааны-чэбэр, тыллаах сытыыта, дьүһүннээх үтүөтэ, уҥуохтаах көнөтө кыыс, айылҕата хайдах айбытынан, кыра да кыһалҕа диэҥҥэ кыһарыттарбакка көҥүл босхо, көччүйэн улааппыт. Кыыстарын санаатын көнньүөрдээри, төрөппүттэрэ көмүс манньыат чылыгырастардаах удаҕан таҥаһын тиктэрэн биэрбиттэр. Бу кэмҥэ киниэхэ Сыыдам Сыҥалаабыт диэн ааты иҥэрэллэр.

Уон алта сааһыгар ийэтэ, аҕата кыыс сөбүлээбэтин үрдүнэн күүстэринэн саба баттаан, “оҕобут үтүө ыалга баран киһитийдин” диэн ааттаан Аччаҕар Хатылы нэһилиэгин кинээһэ Баҕарыынньа Баай уолугар Куһаҕаллай Киргиэлэйгэ, аатыттан сылыктаатахха, туох эрэ дьиэктээх киһиэхэ, ойох кэпсэтэллэр. Улахан баайдар илии тутустахтарына, ону мүччүрүппэттэр. Онон сотору кини дьоно сүҥкэн урууну тэрийэллэр.

Ыал буолан үс сыл олорбутун устата Сыыдам Сыҥалаабыт эригэр да, аҕа кынныгар да үтүө дьүһүнүн көрдөрбөккө, араас кыыл, үҥүү-батас, от-мас буолан хаалара. Маннык олоҕу тулуйбакка иккитэ быаламмытын өрүһүйбүттэр, онтон үһүс моҥнуутугар быатын быһаннар, тыына быстыбыт.

Көмүү сиэрэ-туома барыта тутуһуллубут курдук да, бары бэйэлэригэр тиийиммиттэр кэриэтэ, бокуонньук үөр буолан илэ барбыта үһү. Чугас эргинээҕи нэһилиэктэр ытыктаан да, куттанан да Болугур Айыыта (Хотуна), Аҕаспыт, Эдьиийбит диэн ааттыыр буолбуттар. Аарыктаах-чуорааннаах атынан көтүтэн ааһарын көрсүбүт баһаам.

1939 сыллаахха Сэһэн Боло уонна И.Д.Новгородов Болугур Айыытын иинин хаһан араас киэргэллэрин, симэхтэрин, таҥастарын музейга туттарбыттар. (22,48).

Болугур Айыыта саха дьахталларын тапталларын таҥаратыгар кубулуйбутун В.Н.Гаврильева бэлиэтээн кэпсээн суруйбута. Болугур Айыыта, Кыыс Таҥара, оо, ким билбэт буолуой кини аатын! Күөх сайын, чэчир, ыһыах, таптал таҥарата буолар – Болугур Айыыта!(23,9).

Билигин сайдан иһэр кут-сүр үөрэҕин туһанан тоҕо, туохтан сылтанан бу Болугур Айыыта үөскээбитин уонна Саха сиригэр барытыгар тарҕаммытын быһаарар кыах баар буолла. Таптал баайынан-малынан кыайан кэмнэммэтин, баайга-малга кыайан атастаһыллыбатын, бу айыы өйө-санаата дьоҥҥо өйдөтөр. Кэргэн буолан ыалы үөскэтэр уустугун, икки өрүттээҕин, тапталтан эмиэ улахан тутулуктааҕын, аҥардастыы баайынан-малынан кыайан тэриллибэтин быһаарар. Бу айыы үөскээһинэ уонна киэҥник тарҕаныыта дьахтар уонна эр киһи сыһыаннарыгар бэйэ-бэйэни сөбүлэһии, таптаһыы ыал буолан олоҕу олорууга баайдааҕар улахан оруолу ыларын биллэрэр.

Төрөппүттэр оҕолорун, кыыстарын санаатын күүһүлээбэккэ, ыкпакка эрэ эргэ биэрэллэрин, бу айыы өйө-санаата сэрэтэр, араҥаччылыыр. Эһиги кыыскытын күүһүлээн, бэйэтин баҕатын утаран сөбүлээбэт киһитигэр эргэ биэрдэххитинэ, аны бу Болугур Айыытын курдук буолан хаалыан сөп диэн куттаан үөрэтэр.

Болугур Айыытын өйө-санаата сахаларга таптал баарын уонна олус күүстээҕин билигин да биллэрэр. Таптал киһини олоххо сирдиир сүрүн күүс буоларын, таптала суох киһи олоҕо табыллыбатын, өлөн да хаалыан сөбүн биллэрэр. Бу айыы баайы-малы эккирэтэн бас-баттах барар төрөппүттэри аны кыыспыт Болугур Айыытын курдук буолан хаалыа диэн сэрэтэрэ билигин, ырыынак олоҕо эргийбитинэн, баай-мал бастакы оруолга тахсыбытынан ордук улахан суолталаах.

Ыал буолуу, кэргэн тахсыы эдэр киһиэхэ олус элбэх эбии көрдөбүллэри, үлэни-хамнаһы үөскэтэр, киһи киһиэхэ сыһыаныгар улахан тулууру ирдиир. Сыҥалаабыт Лыгыйы дьоно олус атаахтык, маанытык иитэннэр атын дьону кытта кыайан бииргэ олорбот, тапсыбат өй-санаа кыра эрдэҕиттэн иҥэн хаалбыт. Олус көҥүл, босхо көччүйэн улааппыт оҕо ыал, уруу тэрийэн, ким эмэ, оҕо да туһугар үлэлиир кыаҕа аҕыйаҕын, бу Болугур Айыытын олоҕо табыллыбатаҕа эмиэ биллэрэр.

Олус баай ыаллар мааны кыыстара олоҕор табыллыбакка, сөбүлээбэт киһитигэр кэргэн биэриилэриттэн моҥнон өлүүтэ саха сирин барытын үрдүнэн киэҥ кэпсээҥҥэ киирэн, дьон бары билэн, маннык быһыыттан сэрэнэллэригэр тириэрдэр. Сөбүлээбэт киһитигэр эргэ биэрииттэн кыыс оҕо моҥнон өлүүтүн курдук куһаҕан быһыы үөскүүрүттэн төрөппүттэри сэрэтээри Сыыдам Сыҥалаабыт олоҕо, өйө-санаата Болугур Айыытыгар кубулуйан сылдьар.

Быданнааҕыта өлбүт дьон өйдөрө-санаалара, куттара баар дьон түүллэригэр киирэн биллэллэр. Киһи бэйэтэ да билбэтинэн түүлгэ көстүбүтү толорон кэбиһэр кыаҕа хаһан да хаалбат. Ол иһин түүл Yөһээ дойдуну кытта тутулук диэн ааттанар. Бу өй-санаа түүллэринэн тутулуктарын сахалар билинэн киһи “Yөһээттэн көнтөстөөх сылдьар» диэн этэллэр.

Ойуун, удаҕан тойугар илэ киллэрбит курдук кырдьаҕас аатын ааттаан “Сыҥалаабыт Лыгый” диэн туойаллар. Айыы оҥостоллор, алгыыллар, көрдөһөллөр. Кинини илэ көрсүбүт бэрт элбэх. Биир киһиэхэ биирдэ: “Уҥуохпун уот сиэбит, эргийдиннэр”,- диэн аймахтарыгар Байбалларга илдьиттии сылдьыбыта эмиэ баар. Ону эргийбэтэхтэр. (24,125).

Уһун кэмҥэ коммунизм итэҕэлэ атын өй-санаа үөрэхтэрин хам баттаан айыыны, таҥараны букатын итэҕэйбэт, аанньа ахтыбат кэмнэр кэлэн аастылар. Билигин наука эмиэ сайдан өй-санаа туспа тутулуктара букатын атын кээмэйинэн кээмэйдэнэллэрин син билинэн эрэллэр.

БОЛУГУР АЙЫЫТЫН ХАРЫСТЫАХХА

Саха дьоно былыр-былыргыттан бэйэлэрэ айыы буолбатахтарын билинэн айыы аймахтарынан ааттаналлар. Бу ааттаныы дакаастабылынан билигин баар, сааһырбыт дьон хайа эрэ өлбүт аймахтарын, эһэлэрин, эбэлэрин өйдөрө-санаалара Үөһээ дойдуга баран айыы буолан сылдьаллара, түүллэригэр көстөллөрө буолар. Ол аата Үөһээ дойдуга сылдьар айыылар аймахтара билигин сиргэ, Орто дойдуга олороллоро бигэргэтиллэр.

Айыылар киһи түүлүгэр киирэн сорох ыксаллаах түгэннэр кэлэн иһэллэрин биллэрэллэрин тэҥэ, сороҕор түүлгэ киирэн эмтии, көмөлөһө сатыыллара чахчы. Айыылары харыстааһын диэн киһи уҥуоҕун тыыппат, алдьаппат, бэйэтин улаханнык ааттаан ыҥырбат, киһи уҥуоҕар мунньустан, айдааран, аһаан-сиэн куттарын үргүппэт буолуу ааттанар.

Улахан баай ыаллар кыыстара, бэйэтигэр тиийинэн өлбүт Сыҥалаабыт Лыгый диэн эдэр дьахтар кэлин олус улахан үөр, айыы буолбута биллэр. Дьон өй-санаа үөрэҕин билэр, олохторугар туһанар эрдэхтэриттэн, былыргыттан Болугур Айыыта диэн ааттыыллара биһиэхэ тиийэн кэлбит.

Киһи бэйэтигэр тиийиниитэ олус улахан, сиэри таһынан барар ыар, хара айыыны оҥостуута буолар. Бэйэҕэ тиийиниини сахалар киһи хаһан да оҥорбот, сиэри таһынан барар ыар быһыынан, хара айыыны оҥоруунан ааҕаллар.

Киһи тыыннаах, эттээх-сииннээх Орто дойдуга киһи буолан олоҕун биирдэ эрэ олорор диэн сахалар үөрэхтэрэ этэрин таба өйдөөн олохпутун харыстыахпыт, киһи оҥорор быһыытын аһара барыахпыт суоҕа этэ. Айыы буолуу диэн киһи өллөҕүнэ биирдэ кэлэр өй-санаа тосту уларыйыыта, этиттэн-сииниттэн арахсыыта, тус-туспа үгэстэринэн ыһыллыыта буолар уонна киһи буолан бүтүүнү, Орто дойдуну хаалларыыны биллэрэр.

Бэйэҕэ тиийинии диэн кыаттарыы, тулуура суох буолуу, киһи оҥорор быһыытын, сиэри аһара барыы, олох ыараханын тулуйбакка олохтон бэйэ баҕатынан туорааһын, бэринии, ыар, хара айыыны оҥоруу буолар. Баай ыал мааны, атаах, аһара көҥүлүнэн сылдьан улааппыт кыыстара ыал буолан олоҕу олорууну тулуйбакка бэйэтигэр тиийиммитэ, кэлин улахан үөр, айыы буолбутун Болугур Айыыта диэн ааттаабыттара биһиэхэ тиийэ кэлбит.

Сымыйаны үөрэтэр “айыы үөрэҕэ” Болугур Айыыта оҥорбут ыар быһыытын быһаарыыга кэлэн син иҥиннэ. Ол курдук айыы диэн тылы үчүгэй эрэ оҥоро сатааччылар кыайан быһаарбат кыахха киирдилэр. Тоҕо диэтэххэ Сыҥалаабыт Лыгый киһи оҥорбот ыар, олус куһаҕан быһыытын, бэйэҕэ тиийиниини, хара айыыны оҥорон өйө-санаата үөр буолбута, Болугур Айыыта диэн аатырбыта хаһан да уларыйбат.

Болугур Айыыта олус ыар, куһаҕан быһыыны оҥорон айыы буолбутун уларытыы, тупсарыы кыаллыа суоҕа. Куһаҕаны оҥоруу эмиэ айыы диэн ааттанара, киһи оҥорбот быһыыта буолара хаһан да уларыйбат. Киһи өйүттэн-санаатыттан оҥоруллан тахсар ураты быһыы буолара хаалан хаалбат. Тоҕо диэтэххэ киһи бэйэтэ үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны оҥорон кэбиһэр кыаҕын бу айыы диэн тылбыт икки өрүттээх өйдөбүлүн илдьэ сырыттаҕына эрэ табатык быһаарар кыахтанар. Биһиги сахалар айыы диэн тылбыт икки утарыта өйдөбүлү, үчүгэйи уонна куһаҕаны оҥорууну холбуу иҥэринэн сылдьарынан, өй-санаа ити уратытын билэрбитинэн, олоххо быһаччы туһана сылдьарбытынан киэн туттуохпут, атын омуктартан өйбүт-санаабыт улахан уратытын билиниибит буолуо этэ.

Киһи хаһан баҕарар үчүгэйи эбэтэр куһаҕаны оҥорон кэбиһиэн сөп. Болугур Айыыта куһаҕан, ыар, хара быһыыны оҥорума диэн үөрэтэрэ хаһан да уларыйбат.

Айыы диэн тылбытын уларыта сатааччылар аһара баран Болугур Айыытын үрдүгэр түһэн хайдах ааттанарын кытта уларытан эрэллэр. Кинилэр Болугур Айыыта диэн ааттанарын аны уларытан Болугур “аньыыта” диэн суруйа сатыыр буоллулар.

Тумарча – Егоров В.Н. “Өбүгэ тыына”, “Одьулууннар” диэн 2010 сыллаахха бэчээккэ тахсыбыт кинигэтигэр 182 страницаҕа “Сыыдам Сыҥалаабыт үөр буолбут, абааһы, аньыы, букатын илэ сылдьар үһү” диэн этитэн суруйда.

Өй-санаа үөрэҕин билбэт аата нууччалары үтүктэрбит олус сиэри таһынан баран эрэр. Ол эрээри баччааҥҥа диэри Болугур Айыытыгар саба түһэ иликтэр этэ. Тумарча суруйуутун кэнниттэн үтүктэн барааччылар эмиэ бааллара билиннэ. Айыы диэн тылбыт өйү-санааны быһаарар уратыларын билбэт эрээри сиэри-туому үөрэппитэ буолан халыйыыны үөскэтээччилэри тохтотор кэм кэллэ.

Федоров Афанасий Семенович “Өбүгэ сиэрэ-туома” диэн 2011 сыллаахха тахсыбыт улахан үлэтигэр 17 страницаҕа айыыларбытын ааҕарыгар Болугур “аньыыта”, Алтан “аньыыта”, Бахсы “аньыыта” диэн уруккута айыы диэн ааттаналларын уларытан суруйар.

Айыылары уларытан “аньыы” диэн суруйууну айыыларбыт, былыргы өбүгэлэрбит чахчы сөбүлүөхтэрэ суоҕа. Ол курдук “аньыы” диэн тыл өйгө-санааҕа ханнык да сыһыана суох, сахалар тыллара буолбатах, урукку кэмнэргэ бу тыл букатын суох этэ. Православнай таҥара үөрэҕин сахалыы тылбаастаарылар нуучча аҕабыттара булан кэбиспит тылларын сымыйаны үөрэтэр “айыы үөрэҕэ” билигин сахаларга киллэрэ сатыыр.

Бука бары сахабыт тылын харыстыыр санаалаахпыт. Ол эрээри хантан эрэ сахаларга суох тылы булан өй-санаа үөрэҕэр киллэрэ сатааһын тылбытын харыстаабат, алдьатыы, үрэйии буолар.

Бары суруйа сатыыр омуннарыгар, куһаҕаны үтүктэр санааларын күүһүттэн айыыларбытын барыларын “аньыы” диэн ааттыылларыгар тиийэн эрэллэр. Бу үтүктээччилэр аҥардастыы үчүгэй айыы диэн олоххо суоҕун билиэ этилэр. Ол курдук үчүгэй дии саныыр Байанай айыыбыт тугу да бэрсибэккэ үгүс булчуттар кэргэннэрэ бары хоргуйан өлөллөрө эмиэ баар буолар этэ. Оччоҕо бары билэр Байанай айыыбытын эмиэ “аньыы” диэҥҥэ уларытабыт дуо?

Болугур Айыытын үрдүгэр түһүмүөххэ, “аньыы” диэҥҥэ уларытымыахха. Бэйэтинэн айыы диэнинэн сылдьыа этэ. Ол курдук бэйэҕэ тиийинии диэн киһи хаһан да оҥорбот, сиэри таһынан барар куһаҕан быһыыта, саҥаны айыыта буолара хаһан да уларыйбат. Ханнык баҕарар айыыны оҥоруу сиэри кэһии, киһи быһыытын таһынан барыы буолар.

Сымыйаны үөрэтэр “айыы үөрэҕин” тохтотор кэм кэллэ. Айыы үчүгэй, олоххо туһалааҕа билиннэҕинэ эрэ Үрүҥ айыы диэн туспа араарыллан ааттанар. Улахан таҥарабыт Үрүҥ Аар тойон диэн ааттанара былыргы салайааччы оҥорбут бары быһыыларыттан үрүҥүн, үчүгэйин эрэ талан ылан кэлэр көлүөнэлэри иитиигэ, үөрэтиигэ туһанарбытыгар аналлаах. Үчүгэй быһыылары эрэ талан үтүктэрбит туһугар таҥарабыт аатын иннигэр үрүҥ диэн быһааран биэрэр тыллаах туттуллар.

Онон суруйааччылар, тыл үөрэхтээхтэрэ, учуонайдар сахалыы өй-санаа үөрэҕин билбэттэр. Арай урукку, эстибит сэбиэскэй былааска мааныламмыт тобохтор билигин ордон сылдьаллар. Кинилэр эстибит сэбиэскэй былаас революцияны оҥорон олоҕу тосту уларытарбыт “үчүгэй” диэн сыыһа өйдөбүллэрин хааллара иликтэриттэн айыыны оҥорууну барыларын “үчүгэй” диэн этэллэрин билигин да уларыта иликтэр. Бары өбүгэлэрбит Үөһээ дойдуга айыы буолан сылдьалларын уларытыы кыаллыа суоҕа, айыыларбытын “аньыы” диэҥҥэ уларыта сатаабат ордук буолуо этэ.

ИЧЧИЛЭР

Сахалар былыр-былыргыттан олорор сирдэрин Орто дойду диэн ааттыыллар. Орто дойдуга күнүс сырдаан, онтон түүн хараҥа сабардаан сырдык уонна хараҥа бэйэ-бэйэлэрин хардары-таары солбуйсан биэрэн иһэллэр. Бу дойдуга айыы аймахтара олороллор уонна олус үгүс эҥин элбэх иччилэр бааллар. Саха дьоно айыы аймахтарынан ааттаныылара хайа эрэ, ыраах, чугас аймахтара өлөн, өйө-санаата айыы буолан Үөһээ дойдуга сылдьарын билинэллэрин, кинилэри ытыктыылларын, үөрэхтэрин-билиилэрин, олохторун уопутун тутуһалларын биллэрэр.

Айылҕа бары ото-маһа, үөннэрэ-көйүүрдэрэ, көтөрдөрө, кыыллара уонна дьоно-сэргэтэ барылара биир көстүбэт ситиминэн холбуу баа¬йылла сылдьалларын киһи-аймах ситэ үөрэтэ илик. Арай былыргы сахалар “Аан дойдуну санаа тутан турар” диэн этиилэрэ бу туга-ханныга биллэ илик боппуруоска таба быһаарыыны биэрэр. Аан дойду санаа ситиминэн быыһа суох бүрүллэн турарын биһиги бу үлэбитигэр быһаара сатыахпыт.

Саха итэҕэлинэн туохха барытыгар иччи баар. Быһаарыылаах кылгас тылдьыкка иччини маннык диэн быһаараллар: Киһиэхэ үчүгэйи да, куһаҕаны да оҥоруон сөптөөх тыын. Уот иччитэ. Уу иччитэ, Тыа иччи¬тэ. Аал уот оттон иччилэри аһаталлара. (12,82). Kиһи хараҕа эмиэ иччилээх: “Иччитэ суоҕунан көрүү” диэн этии өйө суох киһи мээнэнэн, мэндээриччи көрөрүн бэлиэтиир. Бу этии иччитэ суох, өй суоҕун чуолкайдаан биэрэр уонна иччи диэн ханнык эрэ өй-санаа сылдьарын бигэргэтэр. Сахалар өй-санаа мунньустуутун кут диэн ааттыыллар. Оччоҕо иччи диэн ханнык эрэ кут, үс куттан биирдэстэрэ сылдьара быһаарыллар.

Психолог Карл Юнг быһаарбыт “Коллективное бессознательное” диэн өйдөбүлүгэр былыргы олорон ааспыт дьон өйдөрө-санаалара мунньуллан сылдьаллар. (8,84). Бу өй-санаа мустубут сирэ сахалар ойууннарын Үөһээ дойдуларыгар сөп түбэһэрэ оруннаах. Ойуун кыыран өйө көппүт кэмигэр киирдэҕинэ өйө-санаата Үөһээ дойдуга тахсар. Ойуун Үөһээ дойдуга таҕыстаҕына эбэтэр тиийдэҕинэ онно баар айыылартан ыйыталаһан инники туох кэтэһэрин билэр. Ол дойдуга былыргы дьон куттара баалларыттан ойуун туох быһыы буолуон сөбүн ыйыталаһар. Ойуун араас манньалары биэрэн куттар санааларын көннөрдөҕүнэ, инники туох буолаары турарын этэн биэрэллэрин истэн дьоҥҥо тириэрдэр.

Былыргы сахалар итэҕэллэринэн туох баар барыта; от, мас, сир-дойду, тыынар-тыыннаахтар бары иччилээхтэр. Саха дьоно иччилэр баалларын билигин да итэҕэйэллэр уонна ыксаатахтарына олортон күүс-көмө, тирэх көрдүүллэр, санааларын бөҕөргөтөллөр. Кинилэр санааларыгар Аан дойду иччитэ Аан Алахчын хотун туох баар тыынар-тыыннааҕы барыларын көрөр-истэр уонна харыстыыр, кэмэ кэллэҕинэ көмүскүүр кыахтаах.

Иччилэр тустарынан өйдөбүллэр сахалар кут-сүр үөрэхтэрин кытта сибээстээхтэр. Ол курдук кут-сүр үөрэҕин быһаарыытынан бары тыынар-тыыннаахтар буор уонна ийэ куттаахтар. Онтон дьоҥҥо эбии өссө 5 эбэтэр 6 саастарыттан салгын кут үөскээн сайдар. Кыыллар бэйэлэрин олохторун устатыгар ийэ кут¬тара сайдан иһэр. Бу кыыллар өллөхтөрүнэ ийэ куттара арахсан тыын-наах эрдэҕинэ сылдьыбыт сирдэринэн сылдьыан сөп. Кыыллар куттарын уонна дьон киэннэрин эмиэ илэ көрсүтэлиир дьон бааллар. Былыргы дьон уонна кыыллар куттара иччилэр диэн өйдөбүлү үөскэтэллэр. Онон, иччи диэн хаһан эрэ өлбүт киһи дуу, кыыл дуу буор эбэтэр ийэ кута буолар. Бу кут туох эмэ малга, эҥиҥҥэ иҥэн хаалыан эмиэ сөп.

Урут олоро сылдьыбыт киһи кута уһуннук олорбут дьиэтигэр-уотугар иҥэн хаалан бу дьиэ иччитэ буолар. Дэҥҥэ, оһолго түбэһэн хайаҕа, тыаҕа өлбүт киһи кута хайа иччитигэр, тыа иччитигэр кубулуйар. Быстах өлүүгэ түбэһэн өлбүт дьон куттара Үөһээ дойдуга кыайан тахсыбаккалар, оннуларын булбакка эрэйи көрөллөр. Быстах өлүүгэ түбэһэн өлбүт дьон кыахтаах, күүстээх куттара, атын дьоҥҥо билиннэхтэринэ эрэ иччи диэн ааттаналлар. Сэһэн Боло суруйбутунан аатырбыт-суолурбут иччилэри кэлин айыы диэн ааттаабыттар. Иччилэри айыы диэн ааттыылларын Курууппа ойуун эмиэ бэлиэтиир. Ол аата өлбүт дьон куттара айыы диэн ааттанара бигэргэтиллэр.

Сахалар итэҕэллэрэ иччилэри итэҕэйииттэн үөскээн-сайдан тахсар. Ханнык баҕарар иччи диэн бу урут тыыннаах сылдьыбыт харамай кута сылдьар дии саныыллар. Киһи салгын кута көтөн, этиттэн-сииниттэн арахсан “Өйө көтөн” хааларын сахалар былыргыттан билэллэр. Өй көтүүтэ киһи салгын кутун кытта сибээстээҕин эмиэ быһаарбыттар.

Былыргы ойууннар киһи өйө көтөн, этиттэн-сииниттэн араҕыстаҕына атын сиргэ, өлбүт дьон куттара сылдьар сирдэригэр тиийэн хааларын билбиттэр. Ити сири кинилэр былыргы кэмҥэ Ол эбэтэр Анараа дойду, онтон кэлин Үөһээ дойду диэн ааттаабыттар.

Сахалар билигин даҕаны Сир дойду иччилэригэр итэҕэйэллэр, иччилэри харыстыыллар, үргүппэттэр, аймаабаттар. Кини¬лэр санааларыгар иччилэри тыыппатахха дьону эмиэ тыыппаттар, биирдэ эмэ баалларын биллэриэхтэрин сөп. Элбэх киһи быыһыгар “аһаҕас эттээх” дьон бааллара иччилэр чугас, тулабытыгар сылдьалларын туоһулууллар. Бу дьон ханнык баҕарар кэмҥэ бэйэлэрин санааларын түмнэхтэринэ иччилэри кытта илэ көрсөн сибээстэһиэхтэрин сөп.

Улахан кыахтаах, күүстээх иччилэр сөбүлээтэхтэринэ киһиэхэ көмөлөһөллөр. Көрөр сүөһүлэрэ ыалдьан барбыттарыгар Сир-дойду отун-¬маһын иччитин уонна Аал уот иччитин Бырдьа Бытыгы ааттаан-суоллаан туран аһатан көрдөспүттэригэр сүөһүлэрэ ыалдьаллара тохтообут, этэҥҥэ дьылы туораабыттар. (25,85). Иччилэргэ анаан бэлэх-туһах биэрии, уоту аһатыы кинилэр харысхалларыгар киирии бэлиэтэ. Сир дойду иччитэ дьахтар, Ахтар Айыы Алам Дахсым хотун. Кини олорор сирэ биллибэт эрээри, сир үрдүгэр, сир кырсыгар олорор буолар. (2,15).

Уу иччитэ уу саамай дириҥэр олорор. Кини таҥастааҕа-саптааҕа биллибэт. Илим, муҥха, ардьа, туу симэхтээх. Барыта уу булдун сэбэ симэхтээх. Бэйэтэ сүдү улахан дьахтар буолар. Куруутун хотунунан аатырар. “Эбэ хотун” диэн буолан иһэр. Кини оҕустаах. Оҕуһа ула¬хан, мыылай маҥан. Ууга уһуктааҕы түһэрбэттэр уонна туох сэптэрин барытын күөл диэки айахтаабаттар. Айахтаатахха ороһуйа көрөр. Быһаҕы эҥини ууга түһэрдэххинэ, уһугунан хайа миэстэтигэр түһэр да, онон эн ыалдьыах тустааххын. Уу иччитин ахтарга чугас турар тииккэ бэлэх ыйанар уонна тиит анныгар уот оттон ас биэрэллэр.(2,27).

Иччилэр биирдэ эмэ туох баҕарар көрүҥүн ылынаннар киһиэхэ көстүөхтэрин сөп:

- Биир киэһэ эбэм уҥуоргу өттүгэр тыылана сылдьан хомус быыһыгар күөлүм иччитэ хара ыт буолан тахсан олорорун көрбүтүм.

Күөл иччитэ сүдү оҕус буолан, муоһунан күөл мууһун хайа солуур дииллэрэ былыргы дьон, ол этэллэрэ кырдьык эбит буоллаҕа. Эмээхси¬ним өлөр кыһыныгар эбэм мууһа туоратынан күөрэлэммит этэ. Нэһилиэктэн киһи өллөөрү гыннаҕына, ол курдук гынар. (26,17).

Саха дьоно былыр-былыргыттан дьиэ туттан олорор сирдэрин олус кыһанан талаллар этэ. Дьиэ туттар сири талыыга туттуллар араас билгэлээһиннэрэ, алгыстара-туомнара туспа үөрэх этилэр. Дьиэ турар сирин иҥнэритэ илин эбэтэр соҕуруу диэки хайысхалааҕын ордороллор. Балаҕан дьиэ тутталларыгар арҕаалыы-соҕуруу баҕанатын төрдүгэр сылгы сиэлин уураллар. Сиэл уурдахха бу баҕана төрдүгэр дьиэ иччитэ олохсуйар дии саныыллар. (27,22).

Оттуу киириэхтэрин иннинээҕи күн уот оттон, ас биэрэн сирдэрин-дойдуларын аһаталлар. (27,55). Сир-дойду иччитин аһаттахха ханнык баҕарар үлэ-хамнас табылларыгар олук ууруллар. Бэйэ кэлбитин биллэрбэккэ, уот оттон иччилэри ахтан аһаппатахха, бэрт боростуой да дьыала табыллыбакка үлэ-хамнас атахтанар түбэлтэлэрэ биллэллэр. Ол курдук алааска от оҕустара кэлээт, тиэтэйбит санаатыгар, биирдэ эмэтэ эргийэ түһэн баран эбиэттиэххэ диэбит киһи улахан төҥүргэһи көрбөккө тракторын хотуурун тосту тартаран кэбиспитэ эмиэ биллэр.

Киһи ханна да сырыттаҕына иччилэр көрө-истэ сылдьаллар, сөбүлээтэхтэринэ кыахтара баарынан көмөлөһөллөрө эмиэ сэрэйиллэр. Ол курдук уһуннук айаннаан иһэн массыынатын уруулун тутан олорон утуйан хаалбыт киһи хата, суол муостатын кытыытыгар туруоруллубут остоолбону тосту көтүтэн, ол тостор тыаһыттан уһукта биэрэн, өрүһүнэн, уруулун эрийэ тута охсон, массыынатын суолга киллэрэн көҥүскэ түһэриттэн быыһаммыта эмиэ баар.

Киһи иччилэргэ сыһыанын В.Тарабукин “Элэмэс кулунчук” диэн кэпсээнэ быһаарар. Биллибэт кулунчукка үтүө сыһыанын көрдөрөн, аһатан-сиэтэн сынньаппытыгар махтанан иччилэр көмөлөрүнэн Ньукулай сылгыларын туруктара көнөн, бэйэтин үлэтэ-хамнаһа тупсубута бу кэпсээҥҥэ суруллар. (28,7).

Дьиэ иччитэ сөбүлээбэтэх киһитин сүгүн хоннорботун, оннооҕор таһырдьа ылан быраҕарын туһунан кэпсээннэр эмиэ элбэхтэр. (29,7).

Иччилэр тустарынан бары быһаарыыларбытын түмнэхпитинэ, иччи диэн киһи дуу, кыыл дуу буор эбэтэр ийэ кута эбит. Бу кут киһи дуу, кыыл дуу өлбүтүн кэннэ этиттэн-сииниттэн арахсан туспа баран хааллаҕына иччи диэн буолар. Иччи урут олорбут, сылдьыбыт сириттэн ханна да ыраах баран хаалбат, чугаһынан көрө-истэ сылдьар. Буор кут иччитэ киһи уҥуоҕун аттыгар сылдьара бэлиэтэнэр. Иччи Айылҕаҕа үөскүүр араас эттиктэргэ иҥэн сылдьара эмиэ элбэх. Сахалар туох барыта иччилээх диэн этэллэрэ итинник дакаастанар.

Куһаҕан санаалар, үгэстэр мунньуллубуттара киһиэхэ хаһан баҕарар көстүөхтэрин сөп. Араас абааһылары дьон утуйан эрэр эбэтэр улаханнык сылайбыт, быстыбыт кэмнэригэр соһуччу көрөллөр.

Туох эмэ олус куһаҕан быһыы буолаары гыннаҕына төбөтүгэр саба түһэр хара таҥастаах, тайахтаах киһи көстөр. Атын омуктар хотуурдаах киһини көрөллөрө кэлин, мас тутаахтаах туора хотуур оҥоруллубутун кэннэ үөскээбит көстүү буолар. Төбөтүгэр саба түһэр хара таҥастаах, тайахтаах киһини көрдөхтөрүнэ: “Илэ сиэри кэлбит”,- диэн дьон чаҕыйаллара, саллаллара.

Киһиэхэ биирдэ эмэ илэ көстөр иччилэр, абааһылар үчүгэй санаалаахтара биллибэт, үксүгэр туох эмэ куһаҕан биллээри гыннаҕына көстөллөрө элбиир. Ол иһин итилэри үргүппэт, тыыппат, кыйахаабат ордук диэни сахалар былыргыттан билэллэр, баар сирдэриттэн сэрэнэллэр, тумналлар, тыыппаттар, улаханнык саҥаран ыҥырбаттар, үргүппэттэр.

Киһи утуйдаҕына өйө-санаата уларыйар, ийэ уонна салгын куттара көтөллөр. Олор ханна сылдьалларын киһи түһээн тугу көрбүтэ эрэ быһаарар кыахтаах. Киһи утуйар сирэ ыраас, атын куһаҕан санаалар мунньуллубатах сирдэрэ буоллаҕына үчүгэйдик утуйан, сынньанан туруохха сөп.

Ханна эрэ атын сиргэ утуйан туран баран тугу түһээбити ырытан, толкуйдаан көрүү туһата улахан. Хоноһо хайдах утуйбутун билии, өссө табылыннаҕына тугу түһээбитин ыйытыы дьиэҕэ ханнык санаалар мунньуллубуттарын билэргэ туһалыыр. Ол курдук киэҥ дьиэ араас хосторугар тус-туспа куһаҕан санаалар мунньуллуохтарын уонна олор дьайыылара уратыланыахтарын сөп.

Этэҥҥэ сылдьар киһи куһаҕан көстүүлэри көрбөккө, билбэккэ сылдьыан сөп. Куһаҕан көстүүлэр туох эрэ куһаҕан биллээри гыннаҕына киһини сэрэтэр быһыынан көстүөхтэрин сөп. “Илэ барбыт” куһаҕан көстүүлэр туох эрэ куһаҕан кэлэрин биллэрэллэр.

Онон, саха дьонун итэҕэллэрэ иччилэргэ итэҕэйии, олору харыстааһын буолар. Бу итэҕэл кут-сүр үөрэҕиттэн тутулуктаах. Кыахтаах, дьоҥҥо көмөлөһөр, үчүгэйи оҥорор иччилэри таҥара, айыы оҥостон үҥүү саха дьонугар тарҕаммыт.

Айылҕа бары көрүҥнэригэр баар иччилэри итэҕэйии, Айылҕаҕа харысхаллаахтык, сиэрдээхтик сыһыаннаһары үөскэтэр. Айылҕа уларый¬бакка, алдьаммакка-кээһэммэккэ уруккутун курдук турдаҕына дьон-сэргэ олоҕо туруктанар диэн этиини сахалар былыргыттан билэннэр олохторугар билигин даҕаны туһана сылдьаллар.

ИЧЧИЛЭРГЭ ҮҤҮҮ

Сахалар былыр-былыргыттан киһини “Айылҕа оҕото” диэн ааттыыллар. Кинилэр ити этиилэрэ киһи айылҕаттан олус улахан тутулуктааҕын, айылҕаттан кыратын, оҕото эрэ буоларын бигэргэтэр, айылҕаны баһылыы сатаабатыгар ыҥырар. Итини тэҥэ айылҕа хайдах туруктааҕа киһи олоҕор быһаччы дьайарын ити этии эмиэ биллэрэр.

Киһи бэйэтин аһара күүстээх курдук сананыытын үөскэппит коммунистар-матери¬алистар билигин бэйэлэрэ мөлтөөн-ахсаан иһэллэр. Кинилэр элбэх ахсааннаах үлэһит дьон тулуурдаах, дьулуурдаах үлэлэригэр, үтүөнү баҕарар санааларыгар өй-санаа, кут-сүр үөрэҕин билинэн холбообуттара эбитэ буоллар итэҕэллэрэ күүһүрүө, айылҕаттан тутулуктаныа этэ, үлэни-хамнаһы кыайа-хото тутууларыттан эстиигэ тиийиэ суоҕа этилэр. Билигин мөлтөөн-ахсаан, эстэн бараннар айылҕаны кыайбаттарын, онтон улахан тутулуктаахтарын син билинэн эрэллэр.

Коммунистар салайан олорбут кэмнэригэр хайа баҕарар кытаанах санаалаах коммунистан: “Иччи баарын итэҕэйэҕин дуо?”- диэн ыйыттахха ханнык да эппиэти кыайан биэрбэт этэ. Бэйэлэрэ эмиэ түүлү көрөллөрүттэн түүл айылҕаттан тутулуктааҕын билэллэрэ, онно-манна, тыаҕа-хонууга сылдьаннар иччилэр тустарынан эмиэ истэллэрэ, түбэһэ түһэн көрөөччүлэр да бааллара. Арай материалистар үөрэхтэрэ түүллэри, иччилэри итэҕэйимэҥ диэн олус кытаанахтык этэриттэн тугу көрбүттэрин-истибиттэрин кыайан быһаарбаккалар улаханнык эрэйдэнэллэр этэ.

Киһи бэйэтэ мөлтөөтөҕүнэ, дьадайдаҕына, ыарыйдаҕына, тугу эмэни кыайбатаҕына, ким кыахтаахтан көмө көрдүүр санаата киирэр. айылҕа кыаҕын-күүһүн итэҕэйдэҕинэ сүгүрүйэр, мөлтөҕүн билинэн айылҕаттан, айыылартан, иччилэртэн көмө көрдөһөргө тиийэр.

Бу көмө көрдөөһүнэ - үҥүү диэн ааттанар. Үҥүү көнөтүк өйдөбүлүнэн, айылҕа бары өттүнэн баһылыырын билинэн, күүһүн-кыаҕын сыаналаан, көрө-истэ сылдьарын учуоттаан харысхалыгар, көмүскэлигэр киирии, айылҕа көмөтө суох киһи Сир үрдүгэр олох олороро табыллыбатын билинии буолар. Саха дьоно Айылҕа олус былыргы кэмҥэ үөскээбитин, ханнык да таҥара айылҕаны, киһини айбатаҕын билинэллэр, күүһүгэр итэҕэйэллэр, бэйэлэрин “Айылҕа оҕотунан” ааттаналлар. Айылҕа күүһэ, өйө-санаата дьоҥҥо түүл буолан өйдөрүгэр-санааларыгар киирэн дьайа сылдьарын биһиги бу үлэбитинэн эмиэ да¬каастыыбыт.

Өлбүт киһи өйө-санаата туспа баран Үөһээ дойдуга айыы буолан сылдьар. Өлбүт төрөппүттэри, аймахтары айыылар диэн ааттаан ытыктааһыны, кэриэс этиилэрин толорууну сахалар куруук тутуһаллар. Түүлгэ өлбүт төрөппүттэр киирэн көстөн көрө-истэ, оннооҕор эмтии сатыыллара биллэр.

Сиргэ дьайар иччилэртэн саамай күүстээх иччи - Күн иччитэ буолар. Сахалар Күн иччитин Аламай Маҥан Күн Таҥарам диэн ааттыыллар. Сир үрдүгэр туох баара барыта Kүнтэн тутулуктаах, кини кыаҕын иһинэн буолар. Күн иччититтэн киһи салгын кута тутулуктаах. Күн иччитэ быһаччы киһи салгын кутугар дьайар. Күнтэн кэлэр сырдык уонна араас эньиэргийэлэр бары киһи бу өйүгэр-санаатыгар быһаччы дьайаллар. Ол курдук Күнтэн кэлэр сырдыктан киһи үчүгэйи-үрүҥү уонна куһаҕаны-хараны араарар өйдөбүлэ үөскээн олохсуйар. Ол иһин үтүө санаа Kүнтэн, халлаантан кэлэр диэн өйдөбүлтэн саха дьонугар Kүн таҥараҕа кубулуйбут.

Киһиэхэ бэйэтигэр ийэ кутугар быһаччы дьайар иччинэн Сир-дойду иччитэ Аан Алахчын хотун буолар. Киһи ийэ кутун өйө-санаата бу иччиттэн быһаччы тутулуктаах. Тыынар салгына, иһэр уута, аһыыр аһылыга уонна тулалыыр көстүүтэ барыта кини өйүн-санаатын оҥкулун оҥороллор, ийэ кутун төрүттүүллэр.

Киһи этэ-сиинэ, доруобуйата, буор кута Ахтар Айыыһыттан тутуллар. Ахтар Айыыһыт киһини хаһан баҕарар көрө-истэ сылдьар. Сөбүлүүр киһитин ол-бу быстах түбэлтэлэргэ түбэһээри гыннаҕына быыһаан ылыан сөп. Өбүгэлэр, төрөппүттэр – айыыһыттар буор куттара киһиэхэ бэриллэн сылдьаллар уонна хаан аймах дьоҥҥо барыларыгар холбуу дьайаллар. Бу хаан аймах дьон буор куттара барыларыгар биирдэр, хас биирдии аймах киһиэхэ бэриллэн сылдьаллар. Киһи буор кута этин-сиинин кытта куруук бииргэ сылдьарыттан Ахтар Айыыһыт итилэргэ холбуу дьайар.

Киһи иччилэртэн, айыылартан, куттартан көмө, тирэх, өйөбүл көрдүүр. Ол көрдөһүү - үҥүү диэн ааттанар. Ханнык баҕарар куттартан, айыылартан аатын-суолун толору ааттаан, бэйэни билиһиннэрэн баран тугу көрдөһөрү этиллэр. Төһө элбэх айыылары ааттаан, суоллаан көрдөһүллэр даҕаны, көрдөһүү туоларыгар эрэл элбиир. Kүүстээх, кыахтаах ойуун киһи кута аймах дьонугар көмөлөспүт түбэлтэлэрэ дьоҥҥо биллэллэр. Үҥүү маннык көрүҥнээх буолуон сөп: - Сир-дойдум иччитэ Аан Алахчын Хотунум ыалларбын, аймахтарбын, доҕотторбун көмүскэс уонна харыстаа. Дьоллоох доруобай буоллуннар, кыайыыга-хотууга дьулуурдара элбээтин, майгылара, санаалара тубустун.

- Ахтар Айыыһытым араҥаччылаа эбэтэр көмүскээ уонна харыстаа.

Онон, иччилэртэн көрдөһүү эбэтэр үҥүү диэн бэйэ өйүн санаатын иччи, айыы күүстээх санаатынан толоруу, кинилэртэн күүс-күдэх ылыныы, өйү-санааны бөҕөргөтүү буолар.

Таҥараттан көрдөһүү иччилэртэн үҥэн көрдөһүүттэн букатын атын. Таҥара диэн киһи бэйэтин үтүө, үчүгэй санааларын түмсүүлэрэ, баҕа санаата, үгэстэрэ буолар. Ол иһин киһи бэйэтин өйүн-санаатын куһаҕан санааларыттан ыраастааһынынан уонна үтүө, үчүгэй санааларынан толоруутунан ситиһил¬лэр. Ол аата, маннык көрүҥнээх буолуохтарын сөп:

- Аламай Маҥан эбэтэр Үрүҥ Күн Таҥарам сахам дьонугар үтүө санааларгын тириэрт. Саргылаах, үтүө санаалардаах, дьоллоох-соргулаах, иллээх-эйэлээх, баай-талым олохтоох буолууну ситистиннэр.

Таҥараттан көрдөһүү диэн бэйэ куһаҕан, мөлтөх санааларыттан ыраастаныы, олортон өйү-санааны быыһааһын, сыыһалары көннөрүү, ол кэнниттэн үчүгэй, сырдык, күүстээх санааларынан толорон биэрии, үчүгэй санаалары куруук санааһын, олору харыстааһын, иҥэринии, үчүгэй үгэстэри үөскэтинии буолар.

Үөһээ дойду өйө-санаата хантан эрэ ылан дуу, булан биэрэн дуу хаһан да көмөлөспөт. Таҥараттан көрдөһөргө “кулу”, “биэр” диэн тыллар туттуллумуохтарын сөп. Таҥара, иччилэр киһи бэйэтин өйүн-санаатын бөҕөргөтөн, санаатын күүһүрдэн, дьулуурун эбэн биэрэллэр. Таҥараттан, иччилэртэн күүс, көмө ылар туһугар бэйэ куһаҕан, быстах санааларын ыраастанан, олортон быыһанан, үтүө, үчүгэй санааларынан толорон биэрэрэ ордук туһалаах. Ол иһин киһи санаата ыраастанарын, күүһүрэрин, кыаҕырарын атын дьоҥҥо, бэйэ дьонугар үчүгэйи баҕаран эрэ ситиһиллэр.

Таҥараны кытта сыһыаны толору быһаарарынан “На бога надейся, а сам не площай” диэн нууччалыы этии буолар. Бу этии сүрүн өйдөбүлүнэн баҕа санааҕын таҥара өйүнэн-санаатынан күүһүрдэн баран, ону толорорго бэйэҥ кыһаныахтааххын.

Үөһээ дойду көмөтө баара киһи түүллэригэр көстөн биллэр. Ол курдук киһи түүлүгэр көстүбүт куһаҕан киһини эбэтэр кыылы кыайыыта киниэхэ кыайыы, ситиһии кэлиитин түстүүр. Сорох түүлгэ киһи үөһээ ыттар, эрэйдэнэн син ситиһэр. Түүлгэ маннык кыайыылар киһи бэйэтин санаатын күүһүрдэн, кыайыыны ситиһэригэр тириэрдэллэр.

Айылҕа күүстэригэр итэҕэйэр буолуу, сири-дойдуну ытыктааһын өйдөбүлүн иҥэрэр. Айылҕа киртийиитэ дьон олоҕор биллэр уларыйыылары киллэрэн иһэриттэн дьон өйдөрө-санаалара туруга суох буолан иһэр. Манна биллэр уларыйыылар үчүгэй өттүгэр тахсыбатахтарына дьон тыыннаах сылдьалларын туһугар улахан эрэйдэри көрсөр кэмнэрэ кэлэн хаалыан сөп. Ол иһин кэлэр көлүөнэ дьон сахалар үөрэхтэрин, “Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс” диэн өс хоһоонун тутуһан ордук дьулуурдарын, тулуурдарын эбэллэрэ эрэйиллэр кэмэ кэлэн турар.

Онон таҥара туһата диэн киһи өйүн-санаатын күүһүрдүү, үтүөҕэ, үчүгэйгэ баҕарар санааларынан толорон биэрии, соннук үгэстэри үөскэтии буолар.

СИБИЭН

Биһиги дойдубутугар кэлин кэмҥэ үөрэҕи-билиини ылынан иһиини, үөрэхтээһини, олох үөрэҕин кытта буккуйуу баар буолла. Атын омук тылын, үөрэҕин баһылаабыт киһини үөрэхтээх, барыны бары билэр киһи курдук санааһын уонна дьоҥҥо оннук итэҕэтии олохсуйда. Бу үөрэхтээһин охсуутугар ылларан сахалар бэйэлэрин олохторун үөрэҕин умнан, хаалларан сылдьаллар. Эдэр көлүөнэлэри олох үөрэҕэр үөрэтии кэлин кэмҥэ букатын мөлтөөтө. Ол түмүгэр билигин эдэрдэр өйдөрө-санаалара туруга суох буола улааталларыттан олоххо оннуларын кыайан булумматтар, быстах суолга түбэһэллэрэ элбээтэ.

Үөрэҕи-билиини, үөрэхтээһини, олох үөрэҕин кытта холбуу буккуйбуппут бэлиэтинэн былыр-былыргыттан биллэр өс хоһоонун: “Кырдьаҕаһы хааһахха сүгэ сылдьан үөрэн” диэни, олус быһаччы өйдүүр уонна аҥардас¬тыы үөрэхтээһиҥҥэ эрэ сыһыаннаах курдук саныыбыт. Ол эрээри бу өс хоһооно аан бастаан олох үөрэҕэр сыһыаннааҕа, киһи сааһыран, кырдьан истэҕинэ өйө-санаата эмиэ уларыйан, эбиллэн иһэринэн табатык быһаарыллар. Сааһыран истэххэ өй-санаа уонна эт-сиин уларыйыыларын этинэн-хаанынан билбит бэйэтэ кырдьаҕас киһиттэн эрэ билиэххэ, үөрэниэххэ сөбүн, бу өс хоһооно ыйар. Эт-сиин сааһыран, кырдьан, мөлтөөн истэҕинэ өй-санаа эбиллэн, күүһүрэн биэриитэ сөп түбэспэт, утарыта турсуулары үөскэтэн киһи олоҕор эбии уустуктары, олох ыараханын киллэрэр.

Биһиги сорох үөрэхтээхтэрбит атын омуктар; индиецтэр, кытайдар, нууччалар, дьоп¬пуоннар уонна да атыттар сахалардааҕар ордук билиилээхтэр, кинилэри батыһыаҕыҥ, үтүктүөҕүҥ диэн сыыһа ыҥыраллар. Бу ыҥырыыларынан кинилэр бэйэлэрэ сахалыы тылы, өй-санаа үөрэҕин букатын билбэттэрин, сахалар олохторун үөрэҕэр сыһыаннара кыратын көрдөрөллөр.

Тылы үөскэтэр дорҕооннор суолталарын ситэ үөрэтэн туһана иликпит. Тыл үөрэҕин быһаарыытынан дьон аан маҥнай туттар буолбут тыллара биирдии дорҕоонноох тыллар эбиттэр. “Ы” дорҕоон уһаатаҕына “ыы” диэҥҥэ уларыйдаҕына ытааһын, онтон “р” дорҕоон хатыланнаҕына – “рр” диэҥҥэ тиийдэҕинэ ырдьыгынааһын үөскээн тахсаллара хаһан да уларыйбат.

Саха тыла олус былыргы тыл буолан бу дорҕооннор суолталара үөскэтэр тылларын өйдөбүлүгэр сөп түбэһэллэр. Ол аата бу тыл дорҕооннорун суолталара, дьайыылара тылга, өйгө-санааҕа бэриллэллэрэ билигин да уларыйбакка эрэ сылдьаллар. Аҥардастыы “а” дорҕоону саҥарар киһи, биир эрэ дорҕоону элбэхтик туттарыттан, айаҕын атан баран турарыттан аҥала соҕус буолар дииллэр. Киһи тугу эмэ эт¬тэҕинэ аанньа истибэккэ “аа” диэн ыйыталаһан иһэр киһини кырдьык да итинник саныахха сөп курдук.

Кытайдар ци диэн эньиэргийэ баарын үөрэтэн, баһылаан сылдьаллар диэн билэр-көрөр, ону-маны аахпыт дьоммут этэллэр, бэйэлэрэ сахалыы сибиэн, сибики, сибигинэйии диэн тыллар баалларын букатын да билбэттэрин биллэрэллэр. Сахалар “си” диэн эньиэргийэ баарын билэллэрин булан сурукка киллэрбит киһинэн Тумус Мэхээлэ буолар. Кини “Удьуор үөрэҕэ” диэн үлэтигэр бу эньиэргийэ саха тылыгар хайдах киирэ сылдьарын быһаарара оруннаах.

Си биллиитэ – сибиэн, сибики диэн буолар.

“Си буолуохтааҕар этэбин”,- диэн этиини сахалар элбэхтик тутталлар. Бу этии туох эрэ олус кыра таах хаалан хаалыаҕынааҕар этэбин диэн өйдөбүллээх, олус кыра хамнааһын баарын биллэрэр. Си кыра хамнааһыны үөскэтэрэ быһаарыллар.

Си диэн төһө эмэ улахан күүс буоллаҕына сибики олох кыра, нэһиилэ, сыһыаннаах эрэ киһи билэр күүһэ. “Тугу эмэ сибикилээн биллиҥ дуо?” “Туох эмэ сибики биллэр дуо?”- диэн ыйыталаһаллар. Туох эмэ сибики биллиитэ диэн өйдөбүлгэ киһи түүлү көрүүтэ, этэ-сиинэ биттэниитэ киирсэр. Киһи олоҕор туох эмэ уларыйыылар тахсаары гыннахтарына киһи түүлү көрөр. Түүл киһини сэрэтэр, бу буолаары турар быһыыларга эрдэттэн бэлэмниир аналлааҕын олоххо туһана сылдьыахха сөп этэ.

Сибики биллиитэ араас биттэниилэринэн эмиэ биллэр. Ыарахан ыалдьыт иһэрин кыра оҕо эрдэттэн билэр. Атаҕыргыырыттан кыҥкыйдыыр, ытыы, хаппырыыстыы сылдьыан сөп. Кыра, хаампат оҕо кэннинэн харахтаннар эрэ ыалдьыт кэлэн иһэрэ биллэр.

Киһи этигэр-сиинигэр сибики биллиитэ имэ кэйиитинэн, сорох быччыҥнара тардыалааһыннарынан эмиэ биллэр. Быччыҥнар киһиттэн бэйэтиттэн тутулуга суох тардыалааһыннарын сахалар үөрэтэннэр биттэнии диэн ааттыыллар. Ол аата биттэнии диэн буор кут таһымыгар дьайар быһыы буолара быһаарыллар. Тастан киирэр санаа дьайыыттан киһи быччыҥнара бэйэлэрэ хамнааһыннара биттэниини үөскэтэр.

Сибигинэйии диэн олус кыратык саҥарыы. Си биэрэбин диэн өйдөбүлтэн үөскээбит. Киһи уоһа хамнааһынынан көрөн тугу саҥарбытын билии сибигинэйиини билии биир көрүҥэ буолар.

Ити курдук сахалар си диэн ханнык эрэ айылҕа күүһэ баарын бэйэлэрэ да былыргыттан билэллэр. Си эньиэргийэ киһиэхэ баарын биллэрэр тылынан “сигили” диэн буолар. Бу тыл киһи ис майгытын, үчүгэй эбэтэр куһаҕан өйүн-санаатын быһаарар. Сигили киһиэхэ бэйэтигэр, этигэр-сиинигэр ордук сыһыаннаах уонна кыраны, уларыйа охсубаты көрдөрөр.

Онон си эньиэргийэ киһиэхэ буор кут таһымыгар дьайар кыаҕа арыллар. Эти-сиини утумнаахтык дьарыктаан буор куту төһө эрчийиллэр даҕаны си эньиэргийэ күүһүрэн, кыаҕыран иһэр.

Ити курдук саха дьоно кытайдар билэр “ци” диэн эньиэргийэлэрин кинилэртэн итэҕэһэ суохтук билэллэр. Олох кыра сибиэннэри, сибикилэри, түүллэри бэйэлэрэ даҕаны сиһилии билэн олохторугар туһаналлар. Арай бэйэлэрин өбүгэлэрин билиилэрин сыаналаан үөрэтэллэрэ уонна олохторугар туһаналлара эрэ эрэйиллэр.

ҮӨР

Киһи өйө-санаата хайдах тус-туспа арахсалларын былыргы сахалар билэл¬лэрин билигин сөҕө уонна киэн тутта саныыбыт. Саха ойууннара киһи өйүн-санаатын дириҥник үөрэтэн итилэри былыр үйэҕэ быһаарбыттар. Сахалар үөрэхтэринэн киһи бэйэтэ: этэ-сиинэ уонна үс; буор, ийэ уонна салгын куттара бары бииргэ сүр диэн ис күүһүнэн холбуу тутуллан сырыттахтарына эрэ киһи эттээх-сииннээх, тыынар тыыннаах сылдьар, онно эбии өйдөнөн-санааланан киһи буолар кыахтанар.

Эстибит, быстыбыт, санаата букатыннаахтык түспүт киһини сахалар “Сүрэ тостубут” диэн этэллэр. Сүр тостуута санаа түһүүтүн, өй көтүүтүн, киһи буолан бүтүүнү, сүөһү өйүгэр-санаатыгар төннүүнү бэлиэтиир. Ол аата сүр диэн киһи өйүн-санаатын, куттарын холбуу тута сылдьар, өбүгэлэриттэн, айылҕаттан бэриллибит ис күүһэ буолар. Бу күүс киһи туттунар күүһүн, тулуурун, ычатын быһаарар.

Киһи салгын кута арахсан бардаҕына - иирэр, өйө көтөр, буккуллан ылар киһи буолар. Салгын кут арахсан барыыта “Өйө көппүт” диэн этиинэн бэлиэтэнэр. Арыгыны элбэхтик иһии өй көтүүтүгэр тириэрдэринэн итирэн өйө көппүт киһи куһаҕаннык быһыыланарын, сүөһү курдук буоларын дьон үөрэтэн билбиттэр. Салгын кут быстах кэмҥэ көтөн эбэтэр арахсан ылыыта “Өйө баайыллан ылар” диэн этиинэн эмиэ толору бэриллэр.

Киһи өллөҕүнэ куттара арахсан бараллар. Сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ этэринэн киһи салгын кута үрэллэн ыһыллар, онтон ийэ кута Үөһээ дойдуга тахсан ханнык эрэ айыы буолар. Үчүгэйи оҥордоҕуна үрүҥ айыы буолан кэлэр көлүөнэлэри үөрэтиигэ туттуллар кыахтанар, онтон куһаҕаны оҥордоҕуна хара айыы буоларынан умнуллууга, хаалыыга аналланар.

Туох эмэ олус кыралар, бытархайдар биирдиилээн сылдьаллара кыаллыбатыттан үөр буолан, холбоһон сылдьаллар. “Бөрө үөрэ”, “Сылгы үөрэ” диэн элбэх бөрөлөр, сылгылар холбоһон бииргэ бөлөхтөһөн сылдьалларын ааттыыбыт. Yөрэ диэн араас астартан холбуу булкуллан оҥоруллубут аһылык сахаларга эмиэ баар. Сайыҥҥы кэмҥэ араас оттортон оҥоруллубут үөрэлэри элбэхтик аһыыллар эбит.

Үөрэх диэн үөр уонна ээх диэн тыллар холбоһууларыттан үөскээбит. Ол аата элбэхтэр этиилэрин ылын, иҥэрин, сөбүлэс, “ээх” диэ диэн буолара, өй-санаа сайдыытын элбэхтэр баһылыылларын биллэрэр. Бэйэлэрэ кыра-кыра, тус-туспа эрээри бииргэ холбоһон сылдьар өй-санаа холбоһуктара эмиэ үөр диэн ааттаналлара үөр буолуу диэн баарыттан биллэр.

Былыргылар этэллэринэн куһаҕаннык өлбүт киһи кута Үөһээ дойдуга кыайан тахсыбатаҕына үөр буолар. Быстах өлүүгэ түбэһэн, эдэр сааһыгар өлбүт киһи ийэ кута ситэ сайдыбатаҕына, кыайан Үөһээ дойдуга тиийбэккэ хаалар. Ол иһин кини кута бэйдиэ сылдьар үөргэ кубулуйар. Урут тыыннаах эрдэҕинэ сылдьыбыт сирдэринэн көҥүл сылдьарыгар тиийэр. Хас киһи барыта үөрү көрүөн сөп. Ордук аһаҕас эттээх дьон араас үөрдэри, абааһылары элбэхтик көрөллөрө биллэр. Өлөрүллүбүт дьон куттара эмиэ ханна да ырааппакка эрэ чугас сылдьаллар, сыһыаннаах дьоҥҥо биллиэхтэрин сөп. Үөрү саха дьоно былыргыттан билэллэр. Урукку итэҕэлинэн, бэйэтигэр тиийинэн эбэтэр оһолго өлбүт киһи кута абааһы буолан тыыннаах курдук сылдьара үөр диэн ааттанар. (12,217).

Салгын кут үөр буолар диэн быһаарар Курууппа ойуун. (2,34). Биһиги бу этиигэ сөбүлэспэппит. Салгын кут диэн өссө үгэскэ ситэ кубулуйа илик өй-санаа, билии ааттанар. Киһи өллөҕүнэ салгын кут үс хонугунан ыһыллар, симэлийэр. Ол курдук өй-санаа үөрэх буолан умнуллубат үгэстэри үөскэттэҕинэ ийэ кут таһымыгар тиийдэҕинэ биирдэ умнуллубат турукка тиийэр. Түүл үгүс көстүүлэрэ үгэс буолбут, ол аата ийэ кут таһымыгар тиийбит өйдөбүллэринэн табатык тойонноноллор.

Моҥнон өлбүт, анньынан, оһоллонон, иирэн өлбүт, абааһы буолан өлбүт киһи дууһатын туох да туппат эбит. Онон Орто Дойдуга хаалан үөр буолар эбит. Онон маннык өлбүт киһи аатын ааттаабаттар эбит, абааһы буолла диэн куттанан. Үөрдэр абааһы буолаллар. Кырдьаҕас оҕонньор, оҕо үөр буолбат. Киһи бэйэтин аймахтарыгар үөр буолар. Атын ыалга баран үөр буолбат. Үөртэн туттаран ойуун буолаллар. (2,48).

Үөр - былыргы саха итэҕэлинэн киһи кута абааһы буолта. Бэт былыргы кэмҥэ Омоҕой баай мааны кыыһа моҥнон, ыйанан өлөн Аан Чээкэй диэн харах абааһыта буолбут. Ол тэҥэ Чуонах ууһа хотун - брааскай омук Иирэр Саар кыргыттара: Тайахтаах Натааһа, Баттахтаах Маарыйа, Өксөкүлээх өрө харах Өрүүнэ той диэннэр. Болугур, Аллан, Игидэй, Бахсы айыылара кэнники үөскээбиттэрэ бааллар. Кинилэр бары баай олоҕор үөскээбит, баай удьуордара, ону кэнники айыы диэн аат биэрбиттэр. Ол үөрдэр айыылаах-буруйдаах куттара үөһэ көппөккө отто дойдуга уста сылдьаллар. Кырыыска этиллэн, кырамаҥҥа анньыллан үөр буолаллар. Үөрдэр куттара дьабыҥҥа кыайан көппөккө айыы-үөр буолаллар эбит. (4,313).

Онон, өлбүт киһи кыайан Үөһээ дойдуга барбакка хаалбыт ийэ кута ыһыллан, бытарыйан үөр буолара быһаарыллар. Эдэр саастарыгар оһоллорго, быстах өлүүлэргэ түбэһэн өлбүт дьон ийэ куттара үөр буолан олорбут сирдэрин чугаһынан сылдьаллар диэн этэллэр. Ол аата, киһи өлөрүгэр быстахтык быһыыланан куһаҕан санааларын илдьэ бардаҕына эбэтэр бэйэтэ даҕаны куһаҕан санаалардаах өллөҕүнэ кута үөр диэн буолар. Куһаҕан, иэстэһэр санаа мунньустуутуттан, тардыһыытыттан үөр ыараан, үөһээ диэки кыайан тахсыбакка, аллараа дьон олорор сирдэринэн сылдьарга күһэллэриттэн дьоҥҥо көстөр, биллэр.

Манна биһиги быһаарыыбытын эбэн биэрдэхпитинэ куһаҕан санааларынан туолбут кут, ол аата үөр, бу санаалар бэйэ-бэйэлэрин кытта тардыстыыларыттан кыайан үрэллэн, ыһыллан хаалбакка, ыраах барбакка чугас сылдьалларыттан дьоҥҥо көстүөхтэрин, биллиэхтэрин сөп.

Киһи бэйэтин өлөрүнүүтэ диэн олус куһаҕан, ыар быһыы, хара айыыны оҥостунуу буолар. Маннык ыар быһыыны киһи куһаҕан санаалара мун¬ньустан элбээтэхтэринэ, олоххо дьулуурун, үчүгэй санааларын баһый¬дахтарына оҥоруон сөп. Ол аата бу киһи кута куһаҕан санаалара элбиириттэн үөргэ кубулуйара чахчы.

Үөрдэр бэйэлэрэ ханна да барбаттар, чугас, урут олорбут сирдэрин аттыгар сылдьаллар. Аһаҕас эттээх дьон үөрдэри элбэхтик көрөллөрө бэлиэтэнэр. Yөр ордук элбэхтик бэйэтин аймахтарыгар көстөн биллэр. Өлөөрү сытар киһи аймахтарыгар хом санаалара элбээтэҕинэ үөр буолан кинилэргэ көстөр дииллэр.

Yөрү дьон билигин да көрөллөрө биллэр. Улааппыт кыргыттара көрбөккө быраҕан барбыт эмээхсиннэрэ өлбүтүн кэннэ дьиэтин атыылаан кэбиспиттэр. Кэлин бу дьиэҕэ олорор дьон эмээхсини көрөллөрүн таһынан куукунаҕа араас тыаһы-ууһу истэллэр эбит. Ууга түһэн соһуччу өлбүт киһи дьиэтигэр звоноктаан, ааны астаран киирэн кэлэн кириэһилэҕэ олорунан кэбиһэрин дьиэлээхтэр бары көрөллөрө эмиэ биллэр.

Онон, үөр диэн этиттэн-сииниттэн арахсыбыт өй-санаа биир уларыйан сылдьар көрүҥэ буолар. Былыргы хомуһуннаах ойууннар үөрү тутан ылан онно-манна хаайан эбэтэр ыраах үтүрүйэн, суох, биллибэт оҥороллоро кэпсээннэргэ ахтыллаллар.

БЭРИЭЧЧИК

Киһи Айылҕаттан айыллан төрүөҕүттэн ыла төлкөтө суруллан, дьылҕата ыйыллан, бу Сир үрдүгэр бэйэтэ олорон ааһар кэмигэр тугу оҥо¬руохтааҕа эрдэттэн быһаарыллан сылдьар диэн сахалар итэҕэйэллэр. Ол иһин киһи олоҕор дьылҕата, төлкөтө аан бастаан дьайарын курдук саныыллар.

Биһиги санаабытыгар бу быһаарыы “Туох барыта икки өрүттээх” диэн сахалар этиилэригэр эмиэ сөп түбэһэр. Ол курдук айылҕа киһиэхэ биэрбит этин-сиинин бэйэтэ көрөн-истэн харыстыыр буоллаҕына, киһи өйө-санаата сайыннаҕына бэйэтэ эмиэ билэн-көрөн, үөрэх-билии көмөтүнэн этин-сиинин харыстаныан, үйэтин уһатыан эбэтэр сыыһа-халты туттунан кылгатан кэбиһиэн сөп.

Бөҕө быалаах киһи диэн быстах быһылааннарга киирэн биэрбэт бөҕө оҥоһуулаах киһини ааттыыллар. Бөҕө быалаах дьон сорохторо өссө бэриэччиттэнэллэр. Киһи ханна да сырыттаҕына куруук иннигэр сылдьар бэриэччиттэннэҕинэ, айылҕа бэйэтэ көрөр-истэр харыстыыр күүһэ улаатар, быстах өлүүгэ киирэн биэрбэтигэр аналлаах оҥоһууланарын хааччыйар.

Бэриэччиттээх киһи хантан эрэ айаннаан ыалга кэлиэн чочумча соҕус иннинэ аан маҥнай киһи кэлбит тыаһа урут иһиллэн, кэлэн иһэрин биллэрэр түбэлтэлэрин кэпсииллэр. Ол курдук таһырдьа киһи атаҕын тэбэнэр тыаһа иһиллибитигэр тахсан көрдөхтөрүнэ киһилэрэ өссө кэлэ илик буолар эбит. Онтон сотору соҕус буолан баран үүт-үкчү соннук тыаһаан-ууһаан бэйэтэ дьэ тиийэн кэлэрин хайы-үйэҕэ бэлэмнэнэн көрсөллөр эбит.

Иннигэр сылдьар бэриэччиттээх киһи араас быстах быһылааннартан, оннооҕор улахан сэрии да кэмигэр, бэриэччитин көмөтүнэн быыһанарын туһунан кэпсээни В.В.Габышева суруйбута биллэр. (30,157).

Киһи бэйэтэ бэриэччигэ баарын билбэккэ эрэ сылдьара үчүгэй. Куруук ин¬нигэр баар буола сылдьыахтаах бэриэччитин бэйэтэ көрсө түспүтүн кэнниттэн бу киһи олоҕор сотору кэминэн тосту уларыйыылар тахсаллара бэлиэтэнэр. (31,15).

Сайдан иһэр кут-сүр үөрэҕэ быһаарарынан киһи этин-сиинин үгүс¬түк үлэлээн, хамсанан эрчийиититтэн, үгэс буолбут хамсаныылар үөскээһиннэриттэн үөрүйэх буолуу үөскээн киһиэхэ буор кута сайдар. Буор кут эмиэ өйгө-санааҕа киирсэр эрээри аҥардас хамсаныылартан, ыарыылартан үөскүүрүттэн быһаарар, толкуйдуур өйө-санаата сайдыбат, арай эти-сиини араастаан хамсатарга аналланар.

Этэ-сиинэ олус сайдыбыт, эрчиллиилээх, күүстээх-уохтаах киһи буор кута ордук уруттаан сайдар. Бэриэччит киһи буор кута буоларын быһаарыыга маннык бэлиэлэри аахсыахха сөп:

1. Бэриэччит киһи бэйэтин курдук көрүҥнээх уонна хамсанара эмиэ маарынныыр.

2. Киһи курдук үүт-үкчү хамсанар, араас маарынныыр тыастары таһаарар.

3. Ханнык да өй-санаа бэриэччиккэ баара биллибэт.

Дьон өйдөрүгэр-санааларыгар кутталлаах сирдэр, биллибэт, кыайан быһаарыллыбат быһыылар уонна күүстэр баалларын туһунан үгүс өйдөбүллэр олохсуйан хаалбыттар. Киһи бэйэтин олоҕор суоһуур араас кутталлартан, ыарахан, соһуччу быһыылартан этин-сиинин харыстанарыгар бэриэччит аналланар.

Бэриэччит диэн күүстээх эттээх-сииннээх киһи сайдыбыт буор кута ааттанар, бу кута иннигэр сылдьан киһи түбэһиэхтээх быһыыларыгар урут түбэһэн быстах суолга киирэн биэрэриттэн харыстыыр аналлаах. Ол аата буор кут олус күүскэ сайдан киһи бэйэтин этин-сиинин иннигэр сылдьан арыаллыыра бэриэччиттээх буолуу диэн ааттанар. Эти-сиини олус күүскэ сайыннарыы, эрчийии хамсаныыттан үөскүүр өй-санаа, буор кут эбиллиитигэр тириэрдэр.

Күүстээх эт-сиин бэйэтэ даҕаны киһи көмүскэнэр күүһүн улаатыннарар. Бары биллэр бэриэччиттээх дьон бэйэлэрэ күүстээх-уохтаах эттээх-сииннээх дьон буолаллар. Ол иһин бэриэччиттээх буолуу диэн Айылҕа күүстээх-уохтаах, сайдыылаах эттээх-сииннээх дьону ордук харыстыырын, көрөрүн-истэрин бэлиэтинэн ааҕыллар.

Эдэр, кыанар эрдэхтэн эти-сиини эрчийии, үлэнэн-хамнаһынан утумнаахтык дьарыктааһын, ол аата барыга бары үөрүйэх оҥоруу буор куту күүскэ сайыннаран айылҕа харыстабылыгар киллэрэрэ киһи олоҕун сыала буолан сирдиир, ыҥырар күүскэ кубулуйарын сахалар былыргыттан билэн олохторугар туһана сылдьаллар.

Онон эти-сиини эрчийии, спордунан, үлэнэн-хамнаһынан утумнаахтык дьарыктааһын туһалаах үөрүйэхтэри үөскэтэн, буор куту сайыннаран бэриэччиттээх буолууга тириэрдиэн сөп.

ОЙУУН

Былыргы кэмҥэ сахаларга ойууннар улахан аптарытыаттаах, салайааччы дьонунан биллэллэр. Нууччалар маҥнай кэлээт суруйбут дьаһаах хомуйар суруктарыгар сахаларга элбэх ойууннар кинээс буола сылдьыбыттара элбэхтик бэлиэтэммит. (32,10). Оччотооҕу кэмҥэ өйдөрө-санаалара сайдыбыт, аймахтарын, дьоннорун тустарыгар ордук кыһанар, кыахтаах дьон уустары баһылаан салайаллара ханан да саарбахтаммат. Ойуун баһылыктаах уустар ордук дьаныһан нууччаларга, кэлии дьоҥҥо утарыласпыттарыгар сөп. 1680 сыллаахха Дьэллик салайааччылаах сахалар өрө туруулара хам баттаммытын кэнниттэн дьаһааҕы төлөөбүт дьон ааттарыгар ойуун диэн эбиилэрэ суох буола сүппүттэр.

Омук атын омукка саа-сэп күүһүнэн баһыттардар даҕаны итэҕэллэрэ син-биир күүскэ уонна уһуннук утарсаллар. Ойууннары былаастан туоратталлар даҕаны хас эмэ үйэ устата бэйэлэрэ симэлийэн, сүтэн хаалбатахтар, оннооҕор сэбиэскэй былаас кэмигэр бааллара биллэр. Билигин ойууннар үөрэхтэрэ саҥалыы тэнийэн, үөрэтиллэн, сайдан эрэр. Бу кэмҥэ ойууннарга “айыы ойуунабын” диэн уратытык ааттаныыны үөскэтэ сатыыллар. Бу ааттаныы сэбиэскэй кэм өй-санаа төрүттэрин, тутулуктарын буккуйбута ситэ ааһа илигинэн уонна саха тыла өйү-санааны кытта дорҕооннорунан тутулуктарын билбэттэн үөскээн таҕыста. Сэһэн Боло суруйарынан айыы диэн өлбүт дьон өйдөрө-санаалара үөр буолан, илэ баран сылдьаллара ааттанар. Холобур, Болугур Айыыта, Бахсы Айыыта уонна да элбэхтэр. Ол аата өлбүт дьон өйдөрө-санаалара этиттэн-сииниттэн арахсан, туспа баран айыы буолан сылдьаллар. Тыыннаах киһи өйө-санаата уларыйа сылдьарынан кыайан айыы буолбат, киһи быһыытын тутуһа сырыттаҕына эрэ Орто дойдуга олоҕо табыллар. В.А.Кондаков “Айыы ойууннара” нууччалар кэлэн боппуттарын кэннэ суох буолбуттарын бэлиэтиир. (33,7). Кини В.Ф.Трощанскай “Эволюция черной веры у якутов” диэн үлэтигэр “Айыы ойууннара” суох буолбуттарын кэннэ ордон хаалбыт хара, куһаҕаны айар төрүттээх ойууннар ордон хаалбыттарын булан суруйбутун бэлиэтиир.

Биһиги В.А.Кондаков ити этиитигэр сөбүлэстэхпитинэ сахалар кэлин ордон хаалбыт чахчы кыахтаах, хомуһуннаах ойууннарын нууччалар, кэлии дьон кыайбаккалар, хара, куһаҕан ойууннар диэн ааттаабыттарыгар сөп. Кырдьык даҕаны саҥа, христианскай итэҕэли киллэрээччилэр, былыргы итэҕэллэрин көмүскүү, харыстыы сылдьар ойууннары, бары кыахтарынан, күүстэринэн утарсар дьону хайаан даҕаны куһаҕан, хара диэн этиэхтэрин, сөбүлээбэттэрин биллэриэхтэрин сөп. Кэлин ол этиилэрэ ойууннарга барыларыгар иҥэн хаалбыта биһиэхэ тиийэн кэлбитигэр сөп.

Норуоттар сэриилэһэн кыаттарбыттарын да иһин итэҕэллэрин умуннаран, суох оҥорон туоратыы олус ыарахан суол. Саха сиригэр христианскай итэҕэли киллэрии сахалар былыргы таҥараларын итэҕэллэрин, ойууннарын туораттахха, кинилэр үөрэхтэрин куһаҕан, хара диэтэххэ эрэ кыаллыахтааҕа эмиэ биллэр. Оннук туоратыыга сахалар итэҕэллэрин куһаҕан, хара диэн ааттааһын ордук табыллар. Дьон саҥа итэҕэли, христианствоны үчүгэй диэн ааттаатахха, ол аата үрүҥ диэтэххэ, үчүгэйин биллэрдэххэ эрэ ылыналларын оччотооҕуга киэҥник туһаммыттар эбит. Православнай итэҕэли ылыммыт дьоҥҥо араас чэпчэтиилэри, бэлэхтэри эбии биэрэллэрэ эмиэ биллэр.

Ол дьалхааннаах кэмнэргэ итэҕэллэр үтүрүйсэр, кыайбыт аҥардастыы туоратар, ойууннар таҥастарын, дүҥүрдэрин былдьаан ылан уматар, бэйэлэрин өлөртүүр кэмнэригэр сахалар бары ойууннарын, итэҕэллэрин барыларын холбуу хара диэн түһэрэн, намтатан ааттаабыттарыгар сөп. Бу кэмҥэ саха итэҕэлэ букатыннаахтык туоратыллан ойууннар өлөннөр өйдөрө-санаалара Үөһээ дойдуга эрэ ордон, айыы буолан хаалбыттарын бэлиэтээн айыы ойууна диэн этии үөскээбит.

Билигин саҥа үйэҕэ үөскээбит ойууннар хара уонна үрүҥ диэннэргэ арахсыылара былыргы хаалынньаҥ өйдөбүлгэ кубулуйан умнуллуон да сөп буолла. Ол эрээри билигин ойууннар хара уонна үрүҥ диэҥҥэ арахсалларыгар аны майгыларын уратылара кыратык да буоллар эмиэ дьайара билиннэ. Атын дьон куттарыгар-сүрдэригэр дьайар күүстээхтэриттэн ойууннар бэйэлэрин майгыларын уратыларын, үчүгэй эбэтэр куһаҕан дьайыылаахтарын үгүс дьон арааран билэллэр уонна бэлиэтии көрө сылдьаллар. Куһаҕан майгылаахтара, дьоҥҥо үчүгэйи баҕарбаттара биллэн хааллаҕына хара ойуун диэн ааттыахтарын сөп.

Сахалар айыы ойуунуттан атын ойууннары хаһан да барыларын хараларынан ааттаабаттар, барыларын ойууннар диэн биир чуолкай аатынан ааттыыллар. Ити ойууннар истэриттэн сиэмэх ойууннар диэн туспа биир бөлөҕү араараллар. (33,12). Дьиҥнээх ойуун хайдах майгылаах буола иитиллэн тахсара Ытык мас хайа өттүгэр куттара-сүрдэрэ иитиллибититтэн тутулуктаах диэн В.А.Кондаков быһаарар.

Ойууннар эмиэ киһи оҥорор дьыалалара барылара үчүгэй, үрүҥ эбэтэр куһаҕан, хара диэннэргэ арахсалларын курдук хара уонна үрүҥ диэннэргэ арахсаллара бэйэлэрэ хайдах майгылаахтарыттан тутулуктааҕа ити курдук быһаарыллар. Ол аата кинилэр майгыларын, үчүгэйи дуу эбэтэр куһаҕаны дуу оҥороллорун атын дьон билэннэр итинник араарыыны оҥорор кыахтаахтар.

Дьоҥҥо бары үтүөнү, үчүгэйи баҕарар уонна оҥорор, ыарахан олохторун чэпчэтэргэ кыһанар ойууннары үрүҥ ойууннар диэн этэллэр. Дьон-аймах үчүгэйгэ, үтүөҕэ тардыһар өттүлэрин баҕа санаалара ити этиигэ сөп түбэһэллэр. Ол эрээри киһи бэйэтин олоҕор куруук үрүҥ, үтүө дьыалалары эрэ оҥорботун бары билэбит, үчүгэй диэн ааттаммыт дьон куһаҕаны эмиэ оҥорон кэбиһэллэр. Үгүс дьоҥҥо элбэх үтүөнү оҥорорго анаан талыллар салайааччылар бэйэлэрин тустарыгар харбас буолан хаалалларын Аан дойду солуннарыттан истэн, хата билэ сылдьабыт.

Айылҕа биэрбит талааннарын бэйэлэрин тустарыгар ордук туһанар, атын дьону ордук санааһын иҥмит, ол-бу куһаҕаны түстүүр ойууннар хара ойууннар диэн ааттаныахтарын сөп. Хара, куһаҕан санаалаах ойууннар алҕаабаттарыгар, алгыс эппэттэригэр сөп. Кинилэр үгүс дьоҥҥо үчүгэйи баҕарбаттарыттан дьоҥҥо алгыс этэр кыахтара чахчы суох буолуон сөп.

Ойууннар син-биир бары дьон курдук майгыларын уратыларынан икки аҥы арахсаллар. “Сүөһү эриэнэ таһыгар, киһи эриэнэ иһигэр” диэн сахалар этиилэрэ ойууннарга эмиэ сөп түбэстэҕинэ, кинилэр үчүгэй дуу эбэтэр куһаҕан дуу майгылаахтара тастарыгар биллибэтэ сөп. Ол курдук хара санааларыттан ыраастаммыт ойуун үрүҥ ойуун буолан хаалыан эмиэ сөп.

Күүстээх куттаах-сүрдээх ойууннар бары эмтиир, отоһуттуур, билгэлиир уонна алгыыр кыахтаахтар, арай алгыс оҥорорго атын дьоҥҥо үчүгэйи баҕарар санаалара эрэ элбэҕэ ирдэнэр.

Былыр биһиги өбүгэлэрбит тимири уһаарааччылар, уһанааччылар уонна сүөһү көрөөччү, булчут диэн дьоҥҥо арахсар эрдэхтэринэ бэйэ-бэйэлэрин ойууннарын тус-туспа араартаан, хара уонна үрүҥ диэн ааттаспыттарыгар эмиэ сөп. Ол курдук буору хаһар тимир уһаарааччылар ойууннарын сүөһү көрөөччү, үрүҥ аһы оҥорооччу уонна булчут дьон, абааһы, сир анныгар дойдулаах уот кымньыылаах ойуун диэн ааттыы сылдьыбыттар эбит. Былыргы сахалар үгүс ойууннарын итинник этэллэр.

Кэнники кэмҥэ саха сиригэр сүөһү көрөөччүлэр элбээннэр, онтон тимири уһаарааччылары нууччалар баһыйаннар, букатын да суох гына эһэннэр уонна итэҕэлбит саҥа оннун булан эрэринэн ойуун үксэ үрүҥ ойуун буола сатыылларыгар бары кыах баар буолбутугар сөп.

Ойууннар хара уонна үрүҥ диэн ааттанан арахсыыларыгар былыргы сахалар төрүттэрэ хас да тус-туһунан үлэлээх-хамнастаах дьонтон холбоһон үөскээбиттэрэ улахан оруолу ылбыт. Ол курдук сахалар биир сүрүн баһылааччы, бастаан иһээччи төрүттэринэн тимир уустара биллэллэр. Бу дьон ойууннара тимири уһаарааччылар, тимир уустара. Кинилэр дьаамалары хаһаннар тимирдээх тааһы көрдүүллэр уонна олору уулларан тимири уһаараллар. Тимир ууһа ойуун күөтүн сирдиргэччи үрдэрэн, кыымынан ыһыахтанар оһоҕун аттыгар түүҥҥү хараҥаҕа эккирии турара атын ынах, сылгы сүөһүлээх эбэтэр булчут дьон көрүүлэригэр бэйэтэ ынырык хартыына буолуон сөп. Бу тимир ууһа уонна сүөһүлээх дьон ойууннарын холбоһууларыттан билиҥҥи ойууннар үөскээн тэнийбиттэрэ сөп. Ол курдук бары ойууннар таҥастарыгар элбэх тимир тэриллэрдээхтэр.

Бу кэмҥэ тус-туспа итэҕэллэр холбоһууларыгар бэйэ-бэйэлэрин, эн куһаҕаҥҥын, хараҕын, мин үчүгэйбин, үрүҥмүн дэспиттэригэр сөп. Оччотооҕу, былыргы кэмҥэ ынах, сылгы сүөһүлээх ойууннар кыаттарбыттарыттан кыйаханан, тимир ууһа ойууну хара куһаҕан, буору хаһар ойуунунан ааттаабыт кэмнэрэ баара. Өссө былыргы кэмҥэ тимир уустарын букатын да Аллараа дойдуга олохтуу сылдьыбыттара ити этиини эмиэ бигэргэтэр. Кэлин тимир уустара быста аҕыйааннар хара ааттаах, уот кымньыылаах ойууннар суохтар диэхпитин сөп.

Бу быһаарыы кэлин нууччалар кэлэн бэйэлэрин христианскай итэҕэллэрин киллэрэ охсоорулар сахалар итэҕэллэрин илдьэ сылдьааччы ойууннарын тус-туспа араартаары сорохторун хараларынан, куһаҕаннарынан ааттаабыттарыгар эмиэ сөп түбэһэр. Өйдөрүнэн-санааларынан, киһи быһыыларынан, куттарын күүһүнэн кыайбаккалар, итинник түһэрэр ааты иҥэрбиттэригэр сөп. Ким ахсаанынан элбэх, баһылаабыт, кыайбыт үрүҥ, үчүгэй ааттанара былыргыттан дьон олоҕор эмиэ биллэр суол буолар.

Онон, билигин төһө эмэ сайдыылаах кэмҥэ кэлбиппит кэннэ, ойууннары хара, үрүҥ диэн араартааһыны суох оҥоруохха сөп буолла. Үөрэх-билии сайдан ким хайдах ойуунун, төһө кыахтаах эмчитин үлэтэ-хамнаһа, ситиһиитэ, дьон-сэргэ билиниитэ бэйэтэ көрдөрөн-биллэрэн иһиэ этэ. Бу быһаарыы Константин Чирков, Гурий Турантаев эмчиттэр Саха сиригэр барытыгар биллэр үлэлэринэн дакаастанар.

Күүстээх куттаах-сүрдээх, дьоҥҥо тиийимтиэ тыллаах-өстөөх, үтүө баҕа санаалардаах киһи алгыс этиитэ ордук ылыннарыылааҕа, дьоҥҥо тиийимтиэтэ ханан да саарбахтаммат. Ол иһин омук сайдан, үүнэн иһиитигэр кинилэр ордук улахан сабыдыалы ылынан, күүскэ үлэлээн-хамсаан биэрэллэрэ эрэйиллэр.

Сахалар ойууннара тоҥус ойууна ордук күүстээх диэн билинэллэр эбит. Бу билинии өй-санаа мунньуллуутун биллэрэриттэн сөптөөх эбит диэн быһаарыллар. Ол курдук омук төһө уһун үйэлээх даҕаны өйө-санаата мунньуллуута соччонон элбэх. Кут-сүр үөрэҕэ быһаарарынан өй-санаа мунньуллан ийэ кукка кубулуйар. Өй-санаа мунньуллуутуттан ийэ кут күүһүрэр. Кытаанах, халбаҥнаабат үгэстэр үөскүүллэр уонна үксүүллэр. Ол иһин уһун үйэлээх омуктар өйдөрө-санаалара күүстээх.

Ойууннары омуктар шаман диэн аатынан билинэн сылдьаллар. Сахалыы самаан сайын диэн сайын үтүөтэ кэмэ ааттанарыттан быһа тардан ылан шаман диэн тылы туттунууга киллэрэн кэбистилэр.

Санаа күүһүн туһаныы ойууннааһын диэн ааттанар. Санаата күүстээх, атын дьоҥҥо дьайыыта тиийэр кыахтаах киһи ойуун буолар кыахтаах. Хас киһи барыта утумнаахтык дьарыктаннаҕына ойуун таһымын ситиһиэн сөп. Киһи сааһыран истэҕинэ өйө-санаата эбиллэн, мунньуллан уонна тулуура эбиллэн иһэриттэн санаатын күүһэ элбиир, улаатар, күүһүрэр. Күүһүрбүт, түмүллүбүт санаалары салайарга кыах кырдьаҕас киһиэхэ үөскүүр.

Күүстээх санаалаах киһи сааһырдаҕына, дьарыктаннаҕына ойуун буолуон сөп. Бу киһи санаатын күүһүнэн атын киһиэхэ дьайыан, саныыр санаатын уларытыан, бэйэтин санааларын соҥнуон сөп.

Сааһыран иһэр эт-сиин айылҕа уларыйыыларын билэр кыаҕа улаатан иһэр. Киһи ол уларыйыылары билгэлээн билэн айылҕа уларыйыыларын билэр кыаҕа улаатар. Ол курдук сүһүөх дьаралыйыыта ардах, хаар кэлэрин сыыспакка билгэлиир.

Киһи барыта сааһыран, олох уопутун мунньунан, санаата күүһүрэн истэҕинэ уонна эбии дьарыктаннаҕына ойуун таһымыгар тахсан иһиэн сөп. Ол курдук дьон кырдьан истэхтэринэ түүллэрэ ордук чуолкайданар уонна элбэхтик уопутуран таба тойоннуур кыахтаналлар, инникини билэн-көрөн ойуун таһымыгар тахсаллар.

Өй-санаа сайдан иһэр таһыма итинник баран иһэр. Кыахтаахтар, күүстээх санаалаахтар ойуун буолан, эдэрдэри иитиигэ-үөрэтиигэ кыттыһар кыахтаналлар. Сахалар кырдьаҕаһы ордук ытыктыыллара сааһыран истэххэ өй-санаа сайдан, күүһүрэн иһэрин билэллэриттэн тутулуктаах.

Онон кырдьаҕастар өйдөрө-санаалара күүһүрбүтүнэн туһанан сахалыы таҥара үөрэҕинэн дьарыктанан эдэрдэри иитиигэ, үөрэтиигэ ылсыһаллара эрэйиллэр.

УДАҔАН

Дьон сааһыран олоххо үөрүйэхтэрэ эбиллэн истэҕинэ өй-санаа күүһүрүүтүн, кыаҕырыытын ситиһэллэр. Өй-санаа сайдыытын, күүһүрүүтүн баһылаабыт дьон удаҕан эбэтэр ойуун таһымыгар тиийэ сайдаллар. Айылҕаттан аһара талааннаахтар эдэр эрдэхтэриттэн өй-санаа сайдыытын ситиһиэхтэрин сөп.

Удаҕан диэн сахалар ойуун дьахтары ааттыыллар. Дьахтар ойуун, удаҕан эр киһи ойууннааҕар кыаҕа улаханын, санаата күүстээҕин былыргылар бэлиэтииллэр. Кыыс оҕо кыра эрдэҕиттэн ийэтин батыһа сылдьан үчүгэй үгэстэргэ иитиллэриттэн, көрсүө, сэмэй буолууга үөрэтиллэриттэн ийэ кута ордук сайдан дьахталлар олох үгэстэрин тутуһууга эр дьону улаханнык баһыйаллар.

Олус былыргы кэмнэргэ дьиэни көрүүгэ уоту сатаан туһаныы улахан оруолу ылара. Ас буһарыыта, олорор сири сылытыы барыта аһаҕас уотунан оҥоруллар кэмнэрэ бааллара. Ол курдук аан маҥнай уоту туһаҕа туттууну, дьиэни сылытыыны, уоту аһатыыны дьахталлар баһылаабыттар.

Туойтан иһит оҥорууну уонна уокка уматан кытаатыннарыыны аан бастаан дьахталлар туһанан олоххо киллэрбиттэр. Уоту сатаан туһаныыны баһылааннар удаҕан аатын ылбыттар. Оччотооҕу кэмҥэ туой умайан кытаатыытын үөһээттэн эрэ айдарыылаахтар оҥороллорун курдук санааларыттан итинник ааты иҥэрбиттэр.

Сахаларга удаҕан үчүгэй, үтүө эрэ өйдөбүллээх. Хара удаҕан диэн баар буола сылдьыбыта биллибэт. Ол барыта дьахтар ойууннар аҥардастыы туой иһити оҥоруунан уонна эмтээһининэн эрэ дьарыктаммыттарын туоһулуур. Эмтиир, кыһанар, үтүөрдэр киһи үчүгэй, үтүө диэн ааты ылар.

Нууччалар кэлэн бэйэлэрин православнай таҥараларын үөрэҕин, “богтарын” киллэрэ сатыылларыгар улаханнык утарыласпыт эр дьон ойууннары хара, куһаҕан диэн ааттыыры ситиспиттэрин кэнниттэн саҥа таҥара дьиэлэрэ элбэхтик тутуллубуттар. Дьон “үрүҥ” диэн ааттаммыт “бог үөрэҕин” өрө тутуулара саҕаламмыт.

Атын омуктар удаҕаннара кэлии нууччаларга улахан утарсыылары оҥорбуттарын “ведьма” диэн үөхсэн ааттанар аптаах, эмчит дьахталлар бааллара биллэрэр. Кэлин бу аат нуучча тылыгар көһөн “ведьма” диэн куһаҕан санаалаах дьахтарга кубулуйбут.

Нууччалар кэлии “богтарын” үөрэҕин утарар, тыаҕа олорор дьахтары “ведьма” диэн ааттаан тутан ылан уокка уматаллара. Ол иһин аптаах диэн ааттаммыт ойуун дьахталлар дьонтон саһан халыҥ тыаҕа олорорго күһэллибиттэр.

Тыа быыһыгар кыра дьиэҕэ соҕотоҕун олорор кырдьаҕас эмээхсини “баба-яга” диэн ааттаан оҕолору халыҥ тыаҕа баран хааларыттан куттаан тохтоторго туһаммыттар. Бу эмээхсин отунан эмтээн дьоҥҥо туһалыыра кэпсээннэргэ киирбиттэр. Сахаларга киэҥник биллэр удаҕанынан Анна Павлова диэн Кэбээйигэ олохтоох улахан уҥуохтаах, маҕан, кыраһыабай дьахтар буолар. Маанытык таҥнар дьахтар кэлии нууччалары кытта биир тылы булунан араас көрсүһүүлэргэ сылдьара биллэр. Анна Павлова нуучча тойотторун эмтээн-томтоон удаҕаннар хара диэн куһаҕаннык ааттаналларыттан, туоратыллалларыттан быыһаабыт.

Эмчитинэн кырдьык аатырбыт. Сыгынньах Ньукулай диэн ойууҥҥа эргэ тахсыбыт, үстэ араас көтөрдөрү, сордоҥу төрөппүт. Бу көтөрдөрө, сордоҥо эмтииригэр, сүппүт киһини буларыгар көмөлөһөр эбиттэр.

Кэлии нууччаларга улаханнык утарыласпыт, православнай “бог” үөрэҕэ олоххо киирэрин сөбүлээбэтэх саха ойууннарын нууччалар хара ойууннар диэн туоратан, тэйитэн ааттаабыттар. Итэҕэллэр харсыһыыларыттан, хайалара кыайарын былдьаһыыларыттан үөскээн тахсыбыт хара ойуун диэн сирэр, туоратар аат биһиэхэ тиийэ кэлбит.

Хара ойууннар диэн туоратан ааттааһын дьиҥнээх суолтатын билбэттэриттэн тыл үөрэхтээхтэрэ, суруйааччылар кинилэри куһаҕан ойууннарга киллэрэллэр. Ону баара саамай кыахтаахтар, нууччалар “бог” үөрэхтэригэр улаханнык утарыласпыттар, сахалыы өй-санаа үөрэҕин билээччилэр бу туоратыыга түбэспиттэр.

Онон саха дьахталлара кэлии нууччалары аһара туораппатахтарын бэлиэтинэн удаҕаннары хара диэн намтатан ааттаабатахтара буолар.

ОҺОЛ

Быстах өлүүгэ, оһолго түбэһииттэн үлэлии-хамсыы сылдьар киһи куруук сэрэнэн, харыстана сылдьара табыллар. Айылҕаҕа сылдьар кэмҥэ киһи бэйэтин бэйэтэ эрэ харыстанарыгар тиийэр. Барыттан бары олус сэрэнэ сылдьыы үлэһит киһиэхэ соччо кыаттарбатар даҕаны куттал суоһуур өрүттэрин арааран билии уонна олортон сэрэнии хайаан да эрэйиллэр. Манна улахан туһаны “Таҥара сэрэҕи таптыыр” диэн үөрэх оҥорор кыахтаах. Араас элбэх улахан тиэхиникэ, саа-сэп дэлэйиититтэн арай сэрэниигэ үөрэнии эрэ киһини харыстыыр кыахтааҕа хас биирдии киһи хайаан да билиэхтээх, олох тутаах көрдөбүлүгэр кубулуйда.

Оһол-төрүөт төрдүн “Оноҕочоон Чоохоон” эбэтэр “Оһол уола” диэн сахалар ааттыыллар. Уһун күн устата киһини 44 оһол кэтэһэр диэн этэллэр. Бу оһоллору барыларын этэҥҥэ туораатаҕына эрэ киһи утуйаары оронугар тиийэн сытар кыахтанар. Ол эрээри утуйа да сытан араас оһолго түбэһэр дьон эмиэ бааллар. Ол курдук оронтон да охтоллор, аны тураары онно-манна да кэтиллэллэр. Онон, оһол киһини хаһан баҕарар кэтии сылдьар, туохха эмэ сыыһа-халты туттарын куруук кэтэһэр.

Ханнык баҕарар үлэ көрүҥэр оһол тахсыбатыттан сэрэтэр аналлаах үөрэхтэри үлэһиттэр бары биллэхтэринэ уонна халбаҥнаабакка тутустахтарына эрэ табыллар. Улахан тиэхиникэлэри сөптөөхтүк, нэмин билэн туһаныы, сэрэнии оһол тахсыытыттан быыһыыр, харыстыыр аналлаахтар. Үлэһит дьон бэйэлэрин билиилэринэн-көрүүлэринэн, олоххо уопуттарынан туһанан эрэ араас элбэх оһоллортон көмүскэнэр, харыстанар кыахтаахтар. Арай улахан дуоһунастаах, баай дьону кинилэртэн улахан туһаны таһаарынар дьон куруук маныы, харыстыы сатыыллар.

Киһи тыыннаах буолан сылдьарыгар айылҕа эмиэ көмөлөһөр курдук. Ол аата олоҕор көрсөр сорох быстах, соһуччу быһыылартан көмүскэнэр кыахтанар эбэтэр “Ким эрэ” көмүскэһэрэ, харыстыыра кэлин биллэр. Алҕас сыыһа туттууттан, оһолтон киһи үөрүйэҕэ, уоппута, билиитэ-көрүүтэ эбиллэн истэҕинэ көмүскэнэр күүһэ эбиллэн иһэр. Ол аата, үөрүйэх, билии-көрүү, уопут эбиллиитэ оһолтон көмүскэнэргэ быһаччы туһалыыр үөрэхтэр эбиттэр. Охтон түһүү үөрэҕин баһылаабыт тустуук халтарыйан охтон илиитин тоһутара быдан аҕыйах буолар. Үөрэх, эрчилии эбиллэн истэҕинэ киһи бэйэтин быыһанар күүһэ эбиллэрин ити холобур дакаастыыр. Быстах түбэлтэлэргэ түбэһиигэ киһи бэйэтэ үөрэммит уоппута ордук туһалыыр. Урут бу курдук быһыыга түбэһэ сыспыт уонна быыһаммыт буоллаҕына, билигин онтун тупсаран, саҥалыы оҥорон биэрэр кыахтанар. Ол аата оһолго түбэспэккэ үөрэнии сүрүн хайысхатынан киһи бэйэтэ сыыһа-халты туттубата буолар.

Сахалар туох барыта бэйэ-бэйэлэриттэн холбуу тутулла сылдьар “быалаахтар” дииллэр. Бу “быа”, тутулук хантан кэлэрий? Айылҕаҕа туох барыта икки өттүттэн тутулуктанан тэҥнэһии балаһыанньатыгар тутуллан сылдьаллар. Хайа да өттүгэр аһара барыы, хамсааһын үөскээн турар тэҥнэһиини хамсатара туруга суох буолууну үөскэтэр. Олоххо туруктанан, тэҥнэһиини хамсаппатахха “бөҕө быа” үөскүүр. “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн киһи олоҕо, бэйэтин харыстаныыта эмиэ икки өттүттэн тутулуктаахтар:

1. Киһи этэ-сиинэ айылҕа эттиктэриттэн үөскүүрүн быһыытынан эт-сиин айылҕаттан ордук тутулуктаах.

2. Киһи өйө-санаата сайдан үөрэх-билии көмөтүнэн этин-сиинин харыстыыра, көмүскэнэ үөрэниитэ киирсэр.

Киһи кыаҕа-күүһэ, үөрүйэҕэ эбиллэн истэҕинэ, сыыһа-халты туттунара аҕыйыырыттан олоҕун быата бөҕөргөөн биэрэр. Кыра эрдэҕиттэн олоххо тардыһар күүһэ эрчиллэн истэҕин аайытын эбиллэн биэрэн иһэр. Билэрэ-көрөрө элбээтэҕинэ, этин-сиинин эрчийдэҕинэ олоххо көрсөр ыарахаттары туорууругар санаата эмиэ күүһүрэр. Киһи санаата күүһүрдэҕинэ уохтанар, суоһурар, барыны кыайара, хоторо эбиллэр.

“Олох быата” диэн сахалар өйдөбүллэрэ чахчы буоллаҕына, киһи ол быата быһыннаҕына араас оһолго, быстах өлүүгэ түбэһэр. Оһол диэн киһи, сүөһү алҕаска эбэтэр туох эмэ дэҥҥэ түбэһэн эчэйиитэ, тугун эмэ өлөрүүтэ, өлүүтэ ааттанар. Былыргы кэмҥэ оһол кэлэрэ соһуччута бэрдиттэн, оһолу абааһы оҥорор диэн өйдүүллэрэ. Ким эрэ оһолтон, дьаҥтан өллөҕүнэ, тута абааһыга күтүрүүллэрэ. (12,132).

Оһол кэлиитэ киһи олоҕуттан, айылҕаттан тутулуктааҕын бэлиэтиир түгэнинэн киһи бэйэтэ эбэтэр олох чугас киһитэ оһолго түбэһиэн иннинэ түүлүгэр бу кэлиэхтээх оһол туһунан көрөрө буолар. Түүлү үөрэтээччилэр бу курдук көстүүлэр киһи бэйэтэ бу быһыыны уларытар кыахтаннаҕына эрэ көстүөхтэрин сөп диэн быһаараллар. Ол аата, киһи түүлүгэр көрбүт быһыытын таба тойонноон, ону бэйэтин кыаҕынан уларытыан сөп.

Холобурга, дьахтар түһээн массыына абаарыйатыгар түбэһэрин көрбүт. Ол иһин даачаттан айанныылларыгар оҕотунаан массыынаҕа олорсубатахтар, тимир суолунан барбыттар. Эр киһи массыынанан айаннаан иһэн абаарыйаҕа дьиҥнээхтик түбэспит.

Оһолго түбэһиэн төһө эмэ иннинэ киһи түһээн куһаҕан түүлү көрөн бэйэтэ эчэйиэн эбэтэр сууллуон сөп. Оһолго дэҥнэнээри гыммыт киһи түүлүгэр үксүн сууллар, туохтан эмэ дөлбү түһэр эбэтэр туох эмэ баттыан сөп. Бэйэ өлбүтүн эбэтэр чугас киһитэ өлбүтүн, туохха эмэ түбэспитин түһээн көрүү кэнниттэн хайаан да кэлиэхтээх быһыыны уларытарга тугу эмэ оҥоруохха сөп диэн этэллэр. Түүлгэ көстүбүт ити көстүүлэр илэ буолан хаалаллара элбэх дьоҥҥо биллэр.

Түүлгэ куһаҕан быһыылары, абаарыйаны, эчэйиини көрбүт киһи сэрэҕэ улаатыа этэ. Бэйэтэ оннук балаһыанньаҕа түбэспэтэҕинэ даҕаны баҕар билэр киһитэ түбэһээри гыммыта көстүөн эмиэ сөп.

Оһол эрдэттэн бэлэмнэммит суол устун кэлэн иһэр курдук саҕаланар. Ол иһин сахалар “Оһол быалаах” дииллэр. Оһол тахсыытыгар тириэрдэр быһыылар бары бэйэ-бэйэлэриттэн олуc күүстээх тутулуктаахтар. Бу быһыылар бары өттүлэринэн, ордук бириэмэлэрэ эмиэ олус сөпкө түбэстэхтэринэ эрэ оһол табыллар. Ол аата, оһол диэн олус уустук, хас да сүһүөхтээх быһыы буолар. Оһол туолуутугар тириэрдэр элбэх тус-туспа быһыылар бэйэ-бэйэлэригэр бириэмэлэринэн чопчу сөп түбэстэхтэринэ эрэ оһол табыллар.

Маны быһаарарга биир оһол түбэлтэтин ыламмыт ырытан көрүөхпүт. Бултуу баран истэхтэринэ үрдүлэринэн суор көтөн ааһан ис¬тэҕинэ биир эдэр булчут саанан ытан хабылыннарар. Саа тыаһыттан соһуйан оҕус туора ойбутугар ойоҕолуу миинэн испит оҕонньор охтон түһэн хомурҕанын уҥуоҕун тоһутан кэбиһэр.

Бу оһол тахсыытыгар тириэрдибит быһыылары барыларын кэлэн ааспыт бэрээдэктэринэн көрөн дьаарыстаатахпытына:

1. Сааны сэрэхтээхтик туттарга үөрэммэтэх эдэр киһи дьону кытта бултуу барсан испит.

2. Хара суор чугаһынан көтөн кэлбит.

3. Оҕонньор оҕуһу ойоҕолуу миинэн испит.

4. Уол саанан суору ыппыт.

5. Саа тыаһыттан соһуйан оҕус туора, тиэрэ өттүгэр ойбут.

6. Оҕонньор сууллан түһэн илиитинэн сыыһа тайаммыт.

Хомурҕан уҥуоҕа тостон хаалыытыгар тириэрдибит оһолу үөскэппит быһыылары аахтахха итинник элбэхтэр. Бу быһыылартан биирэ эмэ табыллан, сөп түбэһэн биэрбэтэҕэ эбитэ буоллар бу оһол тахсара кыаллыа суоҕа этэ. Ол иһин бу оһол тахсыытыгар бастакы төрүөт буолбут, син баччааҥҥа диэри тутуһуллан испит тэҥнэһиини аҥар өттүгэр хамнаппыт быһыыны буллахпытына оһол төрүөтэ көстөр кыахтанар.

Бу быһыылартан саамай сүрүннэрэ, оһолго быһаччы сыһыаннаах, саа тыаһа оһол төрүөтэ буолар диэн быһаарыыны ылы¬ныахпытын сөп. Ол эрээри эдэр киһи сааланыан иннинэ сааны сэрэхтээхтик илдьэ сылдьыыга үөрэммитэ эбитэ буоллар итинник ытыы оҥоруллуо суоҕа этэ. Дьону кытта бииргэ баран иһэн саанан ытыалыыр диэн букатын сатамматын эдэр киһи билэрэ эбитэ буоллар оһол төрүөтэ үөскүө суоҕа этэ.

Бу оһол төрүөтүн булууга маҥнайгы быһыынан суор көтөн кэлиитин ааҕыахха сөп диэччилэр эмиэ бааллар. Ол эрээри айылҕа араас кыылларын, көтөрдөрүн бэрээдэктээх сааһыттар хаһан да ытыалыы сылдьыбаттар. Бу быһаарыы суор көтөн кэлиитин сүрүн төрүөттэн уһулан кэбиһэргэ кыах биэрэр.

Сымнаҕас майгылаах оҕус саа тыаһыттан улаханнык соһуйуо суоҕа этэ. Оҕус соһуйан тиэрэ өттүгэр ойбокко аҥар өттүн диэки хам¬наабыта эбитэ буоллар, оҕонньор атаҕар тура түһүөн эмиэ сөп этэ. Охторугар илиитинэн таба тайаммыта буоллар, хомурҕан уҥуоҕа баҕар тостон хаалыа суох этэ. Ити аата, оһолго оҕонньор сэрэҕэ суох оҕуһу туора миинэн олорбута эмиэ төрүөт буолар.

Онон, бу оһол тахсыытыгар сүрүн буруйдааҕынан саанан ыппыт киһини ааҕыахха сөп. Кини саанан сэрэхтээхтик туттуу үөрэҕин баһылаабатаҕыттан оһол төрүөтэ буолбут.

Биир кэпсээҥҥэ куһаҕан киһи дьахтары өлөрөөрү эккирэтэн кэлбит. Ааһан иһэр поезка утары анньан кэбиһээри бэлэмнэнэн кэнниттэн кэ¬лэн испит. Бу кэмҥэ биир ааһан иһэр киһи ханнык поезд кэлбитин ыйытан, бу киһини тохтотон мэһэйдээн кэбиспит. Поезд ааһа охсон хаалбыт. Бу түбэлтэҕэ атын, сыһыана суох киһи кэлэн ыйыталаһан, мэһэйдээн кэбиһэн оһол, өлүү кыайан буолбатах.

Оһол эбэтэр өлүү бэрт кыраттан сылтанан кыайан буолбакка хаал¬лаҕына, сахалар “Олоҕун быата” бөҕөтүттэн этэҥҥэ орто диэн этэл¬лэр. Бу этиигэ сөп түбэһэр бөҕө оҥоһуулаах киһи диэн эмиэ баар. “Сылдьа түһэр оҥоһуулаах киһи буоламмын быыһанан турабын”,- диэн оһолго түбэһэ сылдьыбыт уонна ону этэҥҥэ ааспыт дьон этэллэр.

Сахалар оһол хаһан баҕарар кэлиэн сөбүн бигэргэтэн: “Киһи сырыттаҕына, сылдьар”,- диэн этэллэр. Бу этии киһи биирдэ сыыһа туттунара олоҕор улахан суолтаны ыларын, киһи айылҕаттан ордук улахан тутулуктааҕын бигэргэтэр. Итини тэҥэ оһолго түбэспэт туһугар ханнык быһыылартан оһол үөскүүрүн киһи барыта билэрэ, олортон сэрэнэрэ харыстаныы туһатын улаатыннарар.

Онон оһолго түбэһии киһиттэн бэйэтиттэн тутулуга ордук улахан. Ол курдук сэрэхтэнии, эрчиллии, харыстанар ньымалары билии, “Таҥара сэрэҕи таптыыр” диэн этиини тутуһуу оһолу аҕыйатар кыахтаахтар.

ОЛОХ БЫАТА

Сахалар олохторун үөрэҕэ олус киэҥ уонна дириҥ. Киһи туһунан үөрэхтэрэ оҕо кыра эрдэҕиттэн улаатан киһи буолууну баһылаан, киһи быһыылаахтык, сиэри-туому тутуһан олоҕун олорорун тэҥэ, өйүн-санаатын уларыйыыларын кытта быһаарар. Ол курдук оҕо улаатан, өйө-санаата ситэн киһи буолууну баһылааһына, тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥорорго үөрэниитэ сахалыы өй-санаа, таҥара үөрэҕин сүрүн уратыта буолар уонна оҕо олоҕу олорууга үөрэммитин, бэлэмнээҕин биллэрэр.

Дьон бары биирдэ бэриллэр олоҕу уһуннук, дьоллоохтук олоруохтарын баҕараллар. Олоҕу олоруу уһуна тулууртан, өһөстөн, киһи быһыылаахтык, сиэри тутуһан олорууттан ордук улахан тутулуктаах. Итини тэҥэ сахалар “Олох ыарахан”, “Олох иһин охсуһуу” диэн этиилэрин тутуһуу киһи сааһыран истэҕинэ олох ыарахаттарын тулуйар күүһүн улаатыннаран, уһун үйэни ситиһэригэр көмөлөһөр. Бары уһун олоҕу ситиспит кырдьаҕастарбытын ахтарбытыгар олоҕун киһи быһыылаахтык, көрсүөтүк, сэмэйдик олорбутун, буруйу-сэмэни оҥорботоҕун, сыыһа-халты туттубатаҕын ахтабыт. Сахалар “Олох быата” диэн үөрэхтэрэ этэринэн киһи өлөрө кэлбитин ханнык эрэ бэлиэлэринэн бэйэтэ билэр эбит. Ол курдук өлөрө чугаһаабыт киһи былыргы, бииргэ үөскээбиттэрин кэрийэн кэпсэтэрэ эбэтэр өлөрө чугаһаабыт аҕа уолугар кэриэһин курдук баҕа санаатын этэрэ, уратытык, олус истиҥник быраһаайдаһан баран барара былыргыттан биллэр.

2010 сыллаахха кулун тутар ый саҥатыгар биллэр артыыс Юрий Степанов соһуччу массыына абаарыйатыгар түбэһэн өлбүтэ. Кини премьератыгар хаһан да оонньооботох үчүгэйдик, таһаарыылаахтык оонньоон баран, дьиэтигэр тиэтэйэн ааһан иһэр массыынаны тохтотон, олорсон барбыт. Уулусса быһа охсуһуутугар күөх уот умайарын кэтэһэн тохтоон турдахтарына кэннилэригэр массыына кэлэн түспүт. Суоппар уруулун хаҥас диэки эргийээри эрдэттэн эрийэн бэлэмнээбититтэн, массыыналара иннин диэки хамныырыгар утары иһэр массыынаҕа киирэн биэрбит. Утары иһэр массыына ойоҕоско, Степанов олорор өттүгэр түспүт. Артыыс тута өлбүт.

Хас да хонон баран бииргэ үлэлиир, биир гримеркаҕа таҥнар киһитэ Тахир Рахимов артыыс малын хомуйа сылдьан суруктаах кумааҕыны булан ылбыт. Бу кумааҕыга Юрий Степанов өлүөн эрэ иннинэ сэттэ айыыны оҥорбутун туһунан билинэн суруйан уурбут, эрдэттэн айыытын этэн бэлэмнэммит эбит.

Киһи олоҕо бүтэр кэмигэр кэлбитин дьиэ кыыллара; ыттар уонна куоскалар ордук билэр эбиттэр. Биир кыыс мааны, көтөҕө сылдьарга үөрэппит куоската биир киэһэ тутаары, имэрийээри гыннаҕына куота, өссө ырдыгыныы, илиитин тырыта тыыта сылдьарыттан олус соһуйбут. Куоската аны чугаһаппатах. Нөҥүө күнүгэр бу кыыс массыына абаарыйатыгар түбэһэн өлбүт. Онно илиитэ хайыта тыытыллыбытыттан көрөн бэҕэһээ куоската куота сылдьыбыта, туттарбатаҕа арыллыбыт.

Сахалар киһи олоҕо бэйэтин өйүттэн-санаатыттан, доруобуйатыт¬тан, күүһүттэн-кыаҕыттан улахан тутулуктааҕын таһынан тулалыыр айылҕаттан эмиэ кыра да буоллар тутулуктаах дии саныыллар. Бу быһаарыы сахалар “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиилэригэр эмиэ сөп түбэһэр уонна олох сүрүн тутулуктарын арыйар.

Киһи олоҕо айылҕаттан тутулуктааҕын билинии үөскээһинигэр сүрүн төрүөтүнэн олоххо кэлэн ааһар ханнык эмэ соһуччу быһыы буолуон иннинэ аан бастаан киһи түүлүгэр киирэн көстөрө буолар. Киһиттэн бэйэтиттэн туох да тутулуга суох түүлгэ көстүбүт быһыылар сороҕор туолан хаалаллар.

Талааннаах сэрэбиэйдьиттэр араас ньымалары туһананнар киһи ааспыт олоҕун тэҥэ, кэлэн иһэр кэмҥэ хайдах олоруохтааҕын кытта билэллэр. Киһи олоҕо эрдэттэн суруллубут суол устун баран иһэринэн инники туох буоларын сэрэбиэйдээн таайыы табыллар курдук.

Көрбүөччү идэлээх өтө көрөөччүлэр киһи олоҕо ханнык суолунан сайдан баран иһэрин уонна ханна тиийэн бүтүөхтээҕин көрөллөрө киирдэҕинэ таба таайаллар.

Билигин дьон науканы уонна араас тиэхиникэни күүскэ сайыннарбыттарын түмүгэр айылҕаттан тутулуктаахтарын туһунан умнан кэбистилэр. Өссө ааһа баран айылҕаны бэйэтин баһылыахтарын баҕалаахтар эмиэ бааллар. Науканы төһө да сайыннарбыт иһин киһи олоҕо айылҕаттан, өйүттэн-санаатыттан, түүлүттэн, сэрэбиэйтэн туох тутулуктааҕын билигин да кыайан быһаара иликтэр.

Киһи олоҕо икки өрүттээх тутулуктааҕа дьону-аймаҕы бы-лыргыттан ыҥырар, угуйар. Сааһыран истэххэ элбэх биллибэт кистэлэҥнээх буолан олох ордук интэриэһинэйэ эбиллэн иһэр. Киһи олоҕо бэйэтиттэн ураты айылҕаттан эмиэ быһаччы тутулуктааҕа дьон-аймах олохторо былыргыттан оҥкуллубут суол устун баран иһэрин курдук өйдөбүлү үөскэтэр.

Хас биирдии киһи бэйэтин олоҕор аналлаах сыаллаах-соруктаах диэн сахалар этэллэр. Ити этиилэрин барыларын холбоон киһи “Олоҕун быата” диэн ааттыыллар. Олох быата үөһээттэн Дьылҕа Хаантан тутулуктаах дии саныыллар. Ити санааларын “Мин дьылҕам буоллаҕа” диэн этиилэрэ бигэргэтэр. Киһи олоҕун быата быһыннаҕына “Арбаҕастаах да абыраабат” балаһыанньатыгар түбэһэр. Сахалар киһи “олоҕун быата” диэн этиилэрэ, немец профессора Минковскай “киһи олоҕо эрдэттэн тардыллыбыт линия устун баран иһэр” диэн этиитигэр эмиэ сөп түбэһэр эбит. (34,48). Ити “олох быата” быһыннаҕына этэҥҥэ да сылдьар киһи уһаабат диэн этэллэр.

Киһи олоҕо бүтэр кэмэ, өлөрө ханнык эрэ биллэр бэлиэлэрдээҕин, ону киһи бэйэтэ эбэтэр туора киһи билэллэрин сахалар билэллэр. Уһуннук сэриигэ сылдьыбыт киһи бу буолуохтаах кыргыһыыттан тыыннаах ордубат саллаат сирэйигэр “Өлүү күлүгэ” түһэрин хас да күн инниттэн көрөн билэрин бэлиэтиир. Киһи сирэйэ хараара өһөн хаалан көстөрүттэн өлөрө чугаһаабыт киһини өлүөн төһө эмэ инниттэн аһаҕас эттээх дьон эмиэ билэллэр.

“Киһи күннээх, балык ыамнаах” диэн өс хоһооно сахалар киһи айылҕаттан тутулуга олус улаханын билэллэрин бэлиэтиир. Ол курдук бу этии киһи эмиэ сайдан, күүһүрэн ылар кэмэ бириэмэтигэр кэлэн баран, ааһан, суох буолан хааларын биллэрэр. Бу кэм кэлэн ааһыытын ити өс хоһооно биллэрэр.

Киһи айылҕаттан айыллан төрүөҕүттэн ыла төлкөтө суруллан, дьылҕата ыйыллан, бу Сир үрдүгэр бэйэтэ олорон ааһар кэмигэр тугу оҥоруохтааҕа, уларытыахтааҕа эрдэттэн быһаарыллан сылдьарын сахалар итэҕэйэллэр. Бөҕө быалаах киһи диэн быстах быһылааннарга киирэн биэрбэт бөҕө оҥоһуулаах киһини ааттыыллар. Бөҕө быалаах дьон сорохторо өссө бэриэччиттээхтэр. Киһи иннигэр сылдьар бэриэччиттэннэҕинэ айылҕа бэйэтэ көрөр-истэр харыстыыр, быстах өлүүгэ киирэн биэрбэтигэр аналлаах оҥоһуулааҕын бэлиэтиир.

Хантан эмэ бэриэччиттээх киһи ыалга кэлиэн чочумча соҕус иннинэ аан маҥнай кэлбит тыаһа иһиллэн, кэлэн иһэрин биллэрэр түбэлтэлэрин кэпсииллэр. Ол курдук таһырдьа киһи атаҕын тэбэнэр тыаһа иһиллибитигэр тахсан көрдөхтөрүнэ, киһилэрэ өссө кэлэ илик буолар эбит. Онтон сотору буолан баран үүт-үкчү соннук тыаһаан-ууһаан бэйэтэ дьэ тиийэн кэлэрин көрсөллөрүн кэпсииллэр.

Аан дойдуга биллэр дьонтон У.Черчилл немецтэр Лондоны күүскэ буомбалыыр кэмнэригэр буомба дьэ таба түһээри гыммытын эрдэттэн сэрэйэн, саһар сиргэ повардарын кытта баран биэрбитин билэр дьон ахталлар. А.Гитлер буомба ууруллан, тоҕо тэбээри турар самолетугар субу кэлэн баран, тоҕо эрэ киирбэккэ ааһа баран хаалбыта, онтон иккис холонууларыгар буомбалаах суумка ууруллан турар сириттэн субу тоҕо тэбиэн эрэ иннинэ халбарыйан түннүк аттыгар тиийэн биэрбитэ эмиэ биллэр.

Бэлиэтэммит дьон бириэмэлэрэ кэлэ илигинэ быстах суолга киирэн биэрбэттэриттэн айылҕа бэйэтэ көрөн-истэн харыстыыра итинник эмиэ быһаарыллыан сөп. Ити майгы сахалар “Туох барыта быалаах курдук” диэн ааттыылларыгар сөп түбэһэр. Айылҕаҕа бары-барыта бэйэ-бэйэлэриттэн олус күүстээх тутулуктаах сылдьаллар. Биир тутулук арахсан хаалыыта атыттара эмиэ хамсыылларыгар, уларыйалларыгар тириэрдэр. Ол барыта Сир дойду үрдүгэр туох баар барыта, ыйааһын хараҕын курдук, тэҥнэһии балаһыанньатыгар ыйана сылдьалларыттан тутулуктанар.

Үгүстэр өлөр кэмнэрэ кэлбитин түһээн көрөн билэллэр. Ол курдук түүлгэ куруук өлбүт дьону кытта сылдьыы өлүү кэмэ чугаһаабытын биллэрэр. Итини тэҥэ киһи өлбүт киһини кытта билбэт сиригэр барыстаҕына өлүү чугаһаабыт буолуон сөп.

Олох быатын быстыыта киһи түүлүгэр киирэн көстүүтүн биллэр дьон олохторуттан сурукка киирбит холобурдар дакаастыыллар. Ол курдук Юлий Цезары өлөрүөхтэрин иннинэ кэргэнэ Кальпурния түһээн өлбүт кэргэнин кууһан олорорун көрөн, ытаан уһуктубут. Онтон Цезарь кэргэнэ санаарҕаабытыттан сенат мунньаҕын ыытымаары гынан баран син-биир ыыппыт эрээри, өлөрүөхсүт Брут илиититтэн охтубут.

Өлүөн иннинэ Абраам Линкольн эмиэ түүлү көрбүтэ биллэр. Кини бу түүлү түһээн көрөн баран, муодарҕаан кэргэнигэр кэпсээбит. Ол түүлүгэр арай элбэх похорона дьоно баран иһэллэр үһү. Онуоха кини: “Кими көмөллөрүй?”- диэн ыйыппыт, онно: “Абраам Линкольны көмөллөр”,- диэн эппиттэр. (6,322).

Араас элбэх сэрэбиэйдьиттэр киһи бэйэтин олоҕор тугу оҥорбутун уонна өссө тугу оҥоруохтааҕын билэллэрэ киһи айылҕаттан тутулуга өссө күүстээҕин бэлиэтиир. Билэр-көрөр сэрэбиэйдьиттэр киһи олоҕун быата хаһан быстарын эмиэ билэллэр.

А.С.Пушкиҥҥа сэрэбиэйдьит эппитэ билигин дьоҥҥо барыларыгар биллэр: “Эн баҕар уһуннук олоруоххун сөп. Ол эрээри 37-с сааскар маҕан киһиттэн, маҕан аттан эбэтэр маҕан төбөттөн сэрэнээр”,- диэн эппит эбит. Бу этии туоларыттан А.С.Пушкин кыаҕа баарынан харыстана сатаан баран хайдах да кыайан куоппатах.

Мадам Ленорман С.Муравьев-Апостолга сэрэбиэйдээн таайыыта бэрт кылгас буолан баран олус чуолкай эбит: “Эйигин ыйаан кэбиһиэхтэрэ”,- диэбит үһү. Ити кэнниттэн уон түөрт сыл ааспытын кэннэ декабристар табыллыбатах өрө турууларын хам баттаан баран 4 салайааччыларын тутан ылан ыраахтааҕы ыйыылларыгар сорудахтаабыт. (6,304).

Өтө көрөөччүлэр киһи олоҕун быата хаһан быстарын эндэппэккэ эрэ билэллэр. Болгария биллиилээх өтө көрөөччүтэ Ванга Ю.Гагарин алдьархайга түбэһиэн хас да нэдиэлэ иннинэ эппитэ биллэр: “Юрий алдьархайга түбэһэр буолбута хомолтолоох”. Ол эрээри билэр дьон Москваҕа телефоннаан биллэрээри гыммыттарыгар кинилэри тохтоппут уонна: “Билигин тугу да уларытар кыах суох”,- диэн эппит эбит. Икки нэдиэлэнэн Ю.Гагарин самолета үлтү түспүтүн, онтон кини өлбүтүн туһунан хаһыакка бэчээттээбиттэр. (6,334).

Былыргы Шумерга туох барыта, государстволар, куораттар ол иһигэр киһи эмиэ биллибэт күүстэртэн тутулуктаахтарын итэҕэйэллэр эбит. Сахалар айылҕа биллибэт күүстэригэр, иччилэргэ уонна түүлгэ билигин да итэҕэйэллэр. Айылҕа түүлү дьону сэрэтээри уонна үөрэтээри айбыт. Ол иһин буолуохтаах быһыыны киһи бэйэтэ уларытар кыахтаннаҕына ону биллэрэр түүл көстөр. Август диэн Рим императорын доҕорун түүлүгэр сэрии кэмигэр балаакка иһигэр өстөөхтөр илиилэриттэн император өлөрө көстүбүт. Цезарь кэргэнэ сэрэппитин үрдүнэн Сенакка баран өлбүтүн санаан Август төһө да ыалдьа сырыттар балааккаттан тахсан атын сиргэ барбыт. Сэрии саҕаламмытын кэнниттэн өстөөхтөр император балааккатын сэриилээн ылбыттар. Түүл сэрэтиитин толорбут киһи тыыннаах ордон хаалбыт. (35,дек.14 ).

Буолуохтаах быһыы түүлгэ төһө эмэ көстүбүтүн үрдүнэн сатаан таба туһамматах дьон элбэхтэр. Иччилээх, сэрэхтээх түүлү түһээбит киһи бэйэтин олоҕун эбэтэр чугас билэр дьонун тустарынан санаатыгар оҕустаран, инники олоҕун туһунан толкуйдуу түһэн ааһарын айылҕата, дьылҕата ирдиир.

Онон, киһи олоҕо эмиэ сахалар “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиилэригэр сөп түбэһэр уонна маннык икки тутулуктардааҕа быһаарыллар:

1. Киһи олоҕо айылҕа уларыйыыларыттан тутулуга.

2. Киһи бэйэтэ тугу быһаарынан олоҕун оҥосторуттан, үлэтиттэн уларыйыан сөп.

Киһи өйө-санаата күүскэ сайдарынан, саҥаттан саҥаны айан, айыыны оҥорон олоххо киллэрэн иһэринэн аҥардастыы айылҕа биэрбитинэн олоҕун олорорун астыммат. Киһи саҥаттан саҥаны айан, үчүгэйтэн үчүгэйи оҥорон бэйэтигэр үчүгэйи ситиһиитэ олорор айылҕатын уларытарыгар тириэрдэр. Айылҕа уларыйыыта ханнык эрэ биллэр кээмэйдэри аһара барар кыахтааҕа билигин дьоҥҥо санаарҕабылы үөскэтэр. Киһи бэйэтэ соҕотоҕун эрэ ордон хаалан үчүгэй буолан, тупсан сылдьара кыаллыбат, айылҕа буорту буоллаҕына олус ыарахан кэмнэр кэлиэхтэрин сөп. Онно дьон ордук улаханнык эрэйдэниэхтэрин сөп.

Онон дьон өйдөрө-санаалара сайдан, тупсан үөрэҕи-билиини баһылааһыннара, араас улахан тиэхиникэлэри, саҥаны айыылары оҥоруулара айылҕа төрүт тутулуктарын хамсаталларыттан, уларыталларыттан олохторун сүнньэ уларыйарыгар тириэрдиэн сөп.

ЫКСАЛЛААХ КЭМ

Киһи олоҕор биирдэ эмэтэ олус ыксаллаах, чыпчылҕан түгэнэ таба быһаарыыны ылынар уонна ураты түргэнник хамсанан ол быһаарыыны олоххо киллэрэр кэм тиийэн кэлэн ааһар. Соһуччу, олус ыксаллаах кэмҥэ түбэһэн ылыы ураты эппиэтинэһи үөскэтэр. Бу кэмҥэ киһи хайдах туттубутуттан, хамсаммытыттан, тугу оҥорбутуттан салгыы олоҕо барыта тутулуктанар.

Сааскы бадарааннаах суолга халдьаайыга тахсан иһэн биир колея устун түргэнник утары иһэр массыынаны көрсө түһэн баран, суоппар массыынатын уруулун олус сымсатык эрийэ тута охсон, утары иһэр массыынаттан бэйэтин массыыната туоруу охсон биэрэрин ситиһэн абаарыйаны, харсыһыыны мүлчү түспүтэ салгыы суоппардыырыгар бөҕө тирэх буолбута. Ыксаллаах кэмҥэ түргэнник хамсаныыны киһи этин-сиинин эрчийэн, буор кутун утумнаахтык дьарыктаан эрэ ситиһиэн сөп. Дьарыктаах, эрчиллиилээх киһи санаата өссө күүһүрэн, ордук түргэнник хамсанары ситиһэр кыахтанар.

Киһи ыксаллаах кэмҥэ түбэстэҕинэ олус, ураты түргэнник хамсаннаҕына табыллар. Бу балаһыанньаҕа өйдөрүн сүтэрбэтэх, быыһанар санааларын ханан даҕаны мөлтөппөтөх дьон санааларыгар бириэмэ уһаан биэрэн быыһанар кыахха киирэн хаалаллара биллэр.

Үөрэхтээхтэр маннык кэм тиийэн кэлиитин “Бириэмэ тохтоон ылар кэмэ” диэн ааттыыллар. Ыксаллаах балаһыанньаҕа түбэһэ сылдьыбыт дьон кэпсээннэринэн бу кэм биллэр уратылаах. Ол уратытынан быыһанаары гыммыт киһи санаатыгар бириэмэ уһаан хаалбыт курдук буолар, онтон кыайан быыһаммат киһиэхэ бириэмэтэ төттөрү, кыайан тиийбэккэ кылгаан хаалар. (36,6).

Ыксаан, ыгылыйан барыны барытын төттөрү-таары, сыыһа-халты оҥоруу уоппута, эрчиллиитэ суох киһиттэн тахсара ордук элбэх. Ыксаллаах түбэлтэҕэ элбэхтэ эрчиллибит киһи түргэнник уонна табатык хамсанар кыахтанар. Кини чыпчылҕан да түгэнин таах хаалларбакка бэйэтин быыһанарын туһугар олус наадалаах хамсаныылары оҥорор кыахтаах. Ол иһин киниэхэ быһаарыылаах сөкүүндэлэр уһаан биэрэллэр. Онтон ыксаабыт, мэй-тэй барбыт, буккуллубут киһи барытын төттөрү-таары, сыыһа-халты оҥороруттан төһө эмэ элбэх да бириэмэ тиийбэккэ хаалан быыһанар суолу кыайан булбат эбэтэр быыһанар сиригэр кыайан тиийбэккэ хаалыан сөп.

Сэриигэ сылдьар киһи алҕас миинэни үктээбитин элбэрээгин тыаһыттан истэн күүһүн муҥунан соҕотохто туора ойон биэрбитигэр, хата атаҕа эрэ оскуолкаларга табыллыбыт. Кини миинэ эстэригэр элбэрээгин тыаһын истээт соҕотохто күүһэ баарынан туора ыстаммыт. Хапсаҕайдык хамсанан, кыахтаахтык туора ойон биэрэн тыыннаах ордорун ситиспит. Ити кыайыыны ситиһэригэр кини эрдэттэн миинэ туһунан үөрэппитэ, хайдах хамсанарга бэлэмнэммитэ уонна эрчиллибитэ олук буолан туһалаабыттар.

Ыксаллаах балаһыанньаҕа түбэһэ сылдьыбыт дьон билинэллэринэн бэлэмнэнии, эрчиллии олус улахан оруолу ылар. Чыпчылыйыах да түгэнэ сыыһа-халты туттубакка, хайдах быыһанар туһунан эрдэттэн быһаарыммытын курдук оҥорбут киһи быыһанар кыаҕа элбээн биэрэр.

Тимирэн эрэр хараабылтан тымныы ууга түһэригэр эрдэттэн бэлэмнэнэн эбиискэ аһаабыт, халыҥнык таҥныбыт, тимирбэт гына оҥостубут киһи төһө эмэ өр кэмҥэ уста сылдьан тоҥон хаалбакка тыыннаах ордубута биллэр. Ыксаан, тиэтэйбит санааларыгар хараабылтан куота охсоору төбөлөрүнэн тымныы ууга ыстанан сытыйан хаалбыт дьон сотору тоҥоннор тимирэн хаалбыттар.

Муораҕа хараабыл тимирэн эрдэҕинэ эрдэттэн санаалара түһэн, ханна да баралларын-кэлэллэрин билбэт буола соһуйбут, куттаммыт дьон кыайан быыһанар кыахтара лаппа кыччыыр. Ханнык баҕарар балаһыанньаҕа киһи бэйэтин хайдах быыһанарын туһунан өйдөбүллээх, билиилээх уонна олус түргэнник хамсанарга сөптөөхтүк эрчилиннэҕинэ ыарахан да балаһыанньаттан быыһаныан сөп. Олус түргэн уонна чуолкай хамсаныылары оҥоруу кыра да кыаҕы таба туһанарынан ситиһии кэлэрин хааччыйар. Ол аата, элбэх эрчиллиилээх, туруктаах өйдөөх-санаалаах, этин-сиинин үөрүйэх оҥорбут, буор кута сайдыбыт киһи ханнык да ыксаллаах түгэннэргэ санаата буккуллан хаалбакка, кыра да бириэмэни таах ыыппакка сөптөөхтүк, табатык хамсанар кыахтанарыттан быыһанар суолу булунар кыаҕа улаатар.

Ити курдук эрчиллии, эти-сиини дьарыктааһын, үөрүйэх оҥоруу киһи олоҕор куруук кэлэн ааһар оһоллортон, сыыһа-халты туттунуулартан быыһанар кыаҕы биэрэр. Урут буолан ааспыт маарынныыр быһыыларга дьон тугу оҥороннор туһаммыттарын үөрэтии, билии-көрүү, ол аата тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥоруу, киһи быһыылаах буолуу сыыһа-халты туттунары аҕыйатар. Ол иһин дьон олохторун уопутун үөрэтии, олору бэйэ олоҕор сатаан туһаныы олоҕу уһатыыга көмөтө улахан.

Ыксаллаах кэмҥэ айылҕа киһи харыстанар күүһүн эбэн биэрэр. Ол курдук аһара ыксаабыт киһи толкуйдуур өйө, салгын кута көтөн хаалыыта кинини салайыыны ийэ кута ылынан быһалыы салайарыгар тириэрдэр. Бу ыксаллаах кэмҥэ улахан тииккэ ыттыбыттарын, киэҥ көҥүһү үрдүнэн ойбуттарын билбэккэ хаалбыт дьон бааллар. Ол аата, айылҕа киһиэхэ ыксаллаах кэмҥэ буккуллар, быһаарыыны ылыммакка хаалан хаалыан сөптөөх толкуйдуур өйүн, салгын кутун арааран, түргэнник быһаарыыны ылынар кыахтаах ийэ кутун өйүн-санаатын холбоон күүһүгэр күүс эбэр, аһара түргэнник хамсанарын ситиһэр быһыыта эбит.

Онон олоххо биирдэ эмэтэ да буоллар кэлэн ааһар ыксаллаах, ыгыллыылаах кэмҥэ сыыһа-халты туттубатахха киһи быһыылаахтык олоҕу уһуннук олоруу табыллар.

КЭРИЭС ЭТИИ

Дьон олоҕо былыр-былыргыттан олохсуйбут үгэстэри тутуһан, инники олорон ааспыт көлүөнэлэр үөрэхтэрин туһанан салгыы сайдан истэҕинэ эрэ туруктанар диэн этэллэр. Онтон олохсуйбут үгэстэр диэн өй-санаа түмсүүлэриттэн, хос-хос хатыланыыларыттан уһун үйэлэргэ үөскээн олохсуйаллар.

Сэбиэскэй былаас өй-санаа үөрэхтэрин суох оҥоро сатаабыта, ол иһин дьон былыргыттан олохсуйбут үгэстэрин хаалбыттарынан ааҕан тутуспат кэмнэрэ кэлэн ааспыта. Ол да буоллар саха дьоно былыргы үгэстэрин үксүн умнубатахтара.

Саха дьонугар олус былыргыттан олохсуйбут, бары билигин даҕаны кытаанахтык тутуһа сылдьар үгэстэрэ баар. Кырдьаҕас киһи өлөөрү сытан, кэннигэр хаалар кэнчээри ыччаттарыгар анаан-минээн бүтэһик баҕа санаатын этэн хаалларыыта - кэриэс этиитэ диэн үгэс билигин даҕаны туттуллар.

Бу үгэс хаһан үөскээбитэ биллибэт. Олус былыргы үгэс буолан өлөн эрэр киһи кэриэс этиитин хаалар дьоно, оҕолоро, сиэннэрэ, аймахтара хайаан да толоруохтаахтарын туһунан өйдөтөрө эрэ умнуллубакка хаалан сылдьар. Арай сахалыы саҥарар, сахалыы таҥара итэҕэллээх хууннар Европаны кыайан-хотон сэриилээн баран кыахтаах салайааччылара Аттила өлбүтүн кэнниттэн ыһыллан хотторууларыгар, бу кэриэс этиитэ диэн үгэһи, “Кэриэстэс” диэн этэн элбэхтик туһаммыттарыттан Христос таҥара үөскээн тарҕанан сылдьарын билигин да билинэ иликтэр.

Биһиги бу үлэбитигэр кырдьаҕас, өбүгэ киһи кэриэс этиитин толоруу киһи олоҕор туох суолталааҕын кут-сүр уонна түүл үөрэхтэрин көмөлөрүнэн быһаара сатыахпыт.

Сахалар былыргы ойууннара киһи өйүн-санаатын олус дьаныһан туран үөрэппиттэр. Кинилэр кут-сүр туһунан үөрэхтэрин курдук үөрэх Аан дойду үрдүнэн суох. Бу үөрэх оҕо өйө-санаата хайдах сайдан үүнэн иһэрин, кыра эрдэҕиттэн үгэстэрэ үөскээн мунньуллалларын уонна улаатан иһэн киһи буолууну ситистэҕинэ киһи быһыылаахтык олоҕун олорорун олус чуолкайдык быһаарар.

Кут-сүр үөрэҕин баһылаабыт ойууннарга киһи өйө-санаата өлбүтүн кэннэ ханна сылдьарын быһаарыы улахан уустуга суох. Киһи түһээн былыр үйэҕэ өлөн хаалбыт дьону хаһан баҕарар көрсөр. Өлбүт киһи өйө-санаата айыы буолан Үөһээ дойдуга сылдьара кырдьык. Арай бу өлбүт киһи хайдах көрүҥнээх түүлгэ көстөрө кини аймахтара, оҕолоро-уруулара төһө үчүгэйдик сылдьалларыттан тутулуктанар. Ол курдук түүлгэ көстүбүт өлбүт киһи көрүҥэ тупсан көһүннэҕинэ, олох төһө да ыараханын иннигэр оҕолоро, сиэннэрэ кыайа-хото үлэлии-хамсыы сылдьыахтара, доруобуйалара, майгылара үчүгэй буолуо диэн түүл үөрэҕэ быһаарар.

Kиһи хаһан баҕарар түүлү көрөр. Сорох түүллэр олус уратытык киһи өйүгэр-санаатыгар дириҥник хатанан хаалаллар. Киһи бэйэтэ өлбүт төрөппүтүн түһээн көрдөҕүнэ, кини хайдах көрүҥнээх көстөрө олус улахан оруолу ылар. Төрөппүт киһи көрүҥэ уруккутуттан мөлтөөн көһүннэҕинэ, ханнык эрэ дьыалаҕа табыллыбат буолуу тахсыан эбэтэр эн оҥорор дьыалаларгын кини сөбүлээбэтин бэлиэтэ буолуон эмиэ сөп. Түүл ити көстүүлэрэ киһи ханна да сырыттаҕына, төрөппүттэрин айыы буолбут куттара куруук көрө-истэ сылдьалларын толору дакаастыыллар.

Оҕо кыра эрдэҕинэ киһи сирэйин олус сирийэн көрөр. Үөрбүт сирэйи көрдөҕүнэ - үөрэр, онтон сирэйгин куһаҕаннык тутуннуҥ даҕаны оҕо мөлтүүр, санаата түһэр, букатын ытаан тоҕо барыан сөп буолар. Ити курдук киһи сирэйин көрүҥэ оҕоҕо олус күүскэ дьайар. Бу кэмҥэ кини ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар сылдьарыттан, төрөппүтүн сирэйин көстүүтэ кини салгыы хайдах быһыыланарын быһаарар. Түүл киһи ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар киирдэҕинэ көстөрүттэн түүлгэ сирэй хайдах көрүҥнээҕэ киһиэхэ олус улахан дьайыылаах.

Киһи олоҕо төрөппүттэрин кытта биир ситиминэн баайылла сылдьалларын ити курдук быһааран бараммыт салгыы кэриэс этиини быһаарарбыт ордук оруннаах буолуоҕа. Ол курдук төрөппүт киһи бэйэтин кэннигэр хаалар ыччаттарыгар анаан кэриэс этиитэ хайаан да ылыныллыахтааҕын уонна толоруллуохтааҕын түүл ити көстүүлэрэ дакаастыыллар. Ол курдук киһи хаһан баҕарар түүлү көрөрүн быһыытынан бэйэтин төрөппүтүн эмиэ түһээн көрүөн сөп. Кэриэс этиитэ туолбатаҕына төрөппүтүн куһаҕан, санаата түспүт көрүҥэ сотору-сотору түүлүгэр көстүөн сөп. Төрөппүтэ куһаҕан көрүҥнээх түүлүгэр көһүннэҕинэ, санаата түһэн, дьыалалара табыллыбатахтарына, бу киһи толорботох кэриэс этиитин син-биир өйдөөн кэлэригэр тиийэр.

Кэриэс этии диэн төрөппүт киһи бэйэтин кэннигэр хаалар ыччаттарыгар анаан этэр баҕа санаата буолар. Бу кини баҕа санаата туолуутуттан хаалар ыччаттар хайдах олохтоох дьон буолан тахсаллара эмиэ тутулуктанар. Ол аата, өлөөрү сытар киһи баҕа санаата туолан санаата көммүтүттэн оҕолоро, ыччаттара хайдах сылдьаллара быһаччы тутулуктанара быһаарыллар.

Сахаларга кэриэс этиини хайаан да толоруллуохтаах диэн өйдөбүл былыргыттан олохсуйбут. Өлбүт киһи бүтэһик баҕа санаатын “Кэриэс этиитин” сахалар хайдах толороллоро эмиэ итэҕэл буолан сылдьар. Бу туһунан Эрилик Эристиин “Кэриэс туолуута” диэн сэһэнигэр толору арыйар. Итини тэҥэ былыргы кэпсээннэргэ эдэр киһи кырдьаҕас “Кэриэс этиитин” хайдах толорбутун туһунан эмиэ элбэхтик ахтыллаллар.

Онон, оҕо хайдах киһи буола улаатара, өйө-санаата тугу үчүгэй эбэтэр куһаҕан диэн быһаарара барыта төрөппүттэриттэн эрэ тутулуктаах. Кинилэр ханнык үөрэҕи биэрэн, үгэстэри иҥэрэн, хайа омук тылынан саҥардан, иитэн-үөрэтэн улаатыннараллар даҕаны соннук киһи, омук буола улаатар. Төрөппүтэ өлөрүгэр эппит баҕа санаатын, үчүгэй дуу, куһаҕан дуу да буоллар толорботоҕуна төрөппүтүн кута-сүрэ хаһан баҕарар эккирэтэ сылдьар. Ол иһин кини түүлүгэр сотору-сотору көстөн, биллэн ааһыан сөп. Бу курдук киһи олоҕор, өйүгэр-санаатыгар үөскүүр олус уустук быһыыны сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ эрэ таба быһаарар уонна төрөппүтүн баҕа санаатын, кэриэс этиитин толорботох киһи өйө-санаата туруга суоҕуттан араас быстах быһыыларга түбэһиэн сөп диэн эмиэ сэрэтэр.

Төрөппүтүн баҕа санаатын оҕо толоруута кини төрөппүттэрин иннилэригэр иэһэ буолар. Киһи өлөрүгэр илдьэ барбыт санаата кыайан уларыйбат уратылаах. Эмиэ айыы буолан хаалар. Төрөппүт бу иэһэ, санаата туолбатаҕына хаһан баҕарар толотторуон баҕата хаалан хаалбакка түүлүгэр киирэн биллиэн сөп. Оҕото тыыннааҕар толорботох иэһин өлбүтүм да кэннэ толороор диэн баҕа санаатын биллэриэн уонна ол баҕа санаата туоларын кэтэһэ сылдьыан сөп. Оҕолоро төрөппүттэрин баҕа санааларын толорботохторуна, кини кута ол дойдутугар хом санаалаах, санаатыгар тардыһыылаах сылдьарыгар тириэрдэр. Кини кутун баҕа санаата туолбакка кыайан ыраах барбакка чугас сылдьан оҕолоругар сотору-сотору көһүннэҕинэ бу дьон олохторун кырдьык аймыан да сөп.

Киһи олоҕо туруктаныыта ордук өйүттэн-санаатыттан тутулуктаах. Онтон өй-санаа диэн киһи куттара ааттаналлар. Куттар санаа күүһүнэн киһиэхэ дьайаллар, онтон санаа туохтан да иҥнибэт. Киһи ханна да сырыттаҕына куттар дьайыыларыттан кыайан куоппат. Ол курдук куттар хаһан баҕарар киһи түүлүгэр киирэллэрин тохтотор күүс баара биллибэт. Итини тэҥэ куттар сир үрдүгэр атын көрүҥнээхтик эмиэ сылдьаллар. Киһи салгын уонна ийэ куттара өлбүтүн кэннэ арахсаллар, тус-туспа бараллар. Салгын кут үрэллэр, ыһыллар. Ийэ кут ыраас, үчүгэй санааланнаҕына, үөһээ диэки, Үөһээ дойдуга тахсар, ыраах барар, онтон куһаҕан, хара санаалар киирдэхтэринэ үөр буолан чугас, аттыларыгар сылдьар. Ийэ кут куһаҕан санааланнаҕына урут олорбут, сылдьыбыт сирдэрин чугаһынан сылдьар иччигэ кубулуйар диэн сахалар былыргы итэҕэллэрэ быһаарара оруннаах буолуон сөп.

Ити курдук киһи өйө-санаата, куттара Айылҕаны уонна бэйэтин өбүгэлэрин куттарын кытта сибээстэһэ, хам баайылла сылдьаллар. Бу тутулук тыыннаах дьону ханна да халбаҥнаппат кытаанаҕа сотору кэминэн быһаарыллан иһэр чинчилээх. Үөһээ дойдуга үчүгэй, араас, үтүө өйдөр-санаалар мунньустахтарына уонна Орто дойду дьонун санааларыгар үчүгэй дьайыыны түүл нөҥүө оҥордохторуна Орто дойду олоҕо тупсар кыахтанара кырдьык.

Онон киһи Үөһээ дойдуну кытта өйүн-санаатын кытаанах тутулугунан түүллэринэн тутулуга буолар. Бу тутулугу былыргылар билэн “Көхсүттэн көнтөстөөх” диэн этэллэр. Ол аата үөһээттэн халбаҥнаабат тутулуктаах диэн өйдөнөр.

ҮӨҺЭЭ ДОЙДУ ҮӨРЭҔЭ

Айылҕаҕа киһи соҕотох тыынар-тыыннаах буолбатах. Дьону тэҥэ араас көтөрдөр, кыыллар, элбэх кыра тыынар-тыыннаахтар эмиэ бааллар. “Туох барыта икки өрүттээх” диэн айылҕа төрүт тутулугун быһаарар этиигэ сөп түбэһэн тыынар-тыыннаахтар икки өрүттээхтэр:

1. Эттэрэ-сииннэрэ.

2. Өйдөрө-санаалара. Киһи өйө-санаата үс кукка арахсар:

- буор кут.

- ийэ кут.

- салгын кут.

Айылҕаҕа өссө Үөһээ дойду өйө-санаата диэн баар. Өлбүт дьон өйдөрө-санаалара айыы буолан Үөһээ дойду өйүн-санаатын үөскэтэллэр. Сахалар ойууннара онно тиийэн инники туох буолуохтааҕын айыылартан ыйытан билэллэрин туһунан элбэх кэпсээннэр бааллар.

Саха дьоно билинэллэринэн айылҕаҕа үөскүүр “Туох барыта иччилээх”. Айылҕаҕа үүнэр оттор, мастар буор эрэ куттаахтар, онтон киһиттэн ураты үөскүүр тыынар-тыыннаахтар буор уонна ийэ куттаахтар. Киһи бу балартан ураты үрдүктүк турарын буор, ийэ куттарын тэҥэ, салгын кута сайдан өйө-санаата түргэнник эбиллэн, сайдыыны ситиһэрэ биллэрэр.

Киһи эбэтэр тыынар-тыыннаах өллөҕүнэ этэ-сиинэ туһатыттан тахсар, быраҕыллар, онтон өйө-санаата ыһыллар, үрэллэр. Ураты өйө-санаата айыы буолан Үөһээ дойдуга тахсар.

Киһини көмүүгэ былыргыттан тутуһуллар үгэстэр бааллар. Киһи үгэстэргэ кубулуйбут өйө-санаата табыллан көмүллүбэтэҕинэ иччи буолан туспа барар, онтон атыттара үөр буолан ыһыллыахтарын сөп.

Үөһээ дойду биһиги тулабытыгар, үөһээ диэки өттүбүтүгэо баар. Үчүгэй санаа, ыраас санаа киһи өллөҕүнэ Үөһээ дойдуга барар, түүлгэ киирэн биллибэт дьылҕаланар, букатын да суох буола симэлийэр.

Аллараа дойду чугас баар. Куһаҕан санаа ханна да ыраах барбат, чугас, олохсуйбут сирдэринэн сылдьар, үөр, айыы буолар дьылҕаланар. Бу чугас сылдьар өй-санаа элбэхтик дьоҥҥо биллэ, түүллэригэр киирэн эбэтэр сорохторго илэ да көстүөхтэрин сөп.

Сахалар былыр-былыргыттан олоҥхолоругар өйдөөх дьон Үөһээ дойдуттан Орто дойдуга түспүттэрэ диэн этэллэр. Бу этиини көнөтүнэн, дьон бэйэлэрэ онтон түспүттэрэ диэн быһаччы өйдөөбөккө, ылыммакка Сиргэ олорор дьоҥҥо Үөһээ дойдуттан былыргылар өйдөрө-билиилэрэ түүлгэ киирэн биэрэр диэн өйдөөтөххө таба буолар.

Бу былыргылар этиилэрин таба быһаарыы аныгы, үөрэҕи-билиини баһылаабыт өйдөөх-санаалаах дьонтон ирдэнэр көрдөбүл буолла. Биһиги өйдөөх-санаалаах, үөрэҕи-билиини баһылаабыт дьон Үөһээ дойдуну кытта сибээспит, тутулукпут ханна, ханан баарын дьэ буламмыт олохпутугар таба туһанар кэммит тиийэн кэллэ.

Билигин Үөһээ дойду диэн түүл дойдута буоларын быһаарбыппыт кэнниттэн киһи Үөһээ дойдуну кытта тутулугун булуу уустуга суох буолар. Киһи түүллэринэн Үөһээ дойдуну кытта быһаччы тутулуктанара түүллэри үөрэтиинэн быһаарыллар, ол аата Үөһээ дойду өйө-санаата киһиэхэ түүл буолан киирэн өйүгэр-санаатыгар дьайа, салайа сылдьар.

Түүлү киһи барыта кэриэтэ көрөр. Ол эрээри үгүстэр көрдөхтөрүнэ даҕаны умнан кэбиһэллэр. Түүлү көрөр киһи бэйэтин олоҕор эбэтэр билэр дьонун олохторугар туох эмэ уларыйыылары киллэрэр кыахтаннаҕына эрэ түүлү көрөр уонна умнубакка өйдөөн хаалар. Түүл үксэ киһиэхэ кыайан өйдөммөт, Үөһээ дойду өйө-санаата киһи аайы мээлэ киирбэт. Түүл көстүүлэрин таба быһаарыы дьоҥҥо олус улахан туһаны аҕалар кэмэ кэлэн иһэр. Бары кыаҕын, күүһүн ууран түүллэринэн дьарыктанар киһи түүллэри таба быһааран дьон олоҕун тупсарыыга улахан туһаны аҕалыан сөп.

Түүлү ситэ үөрэтэ иликпит. Үгүс дьон түүлү көрөн баран умнан кэбиһэр курдук саныыллар. Ол эрээри түүлү көрүү киһи өйө-санаата уларыйан ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар киирдэҕинэ эрэ көстөрүн биһи¬ги инники үлэлэрбитинэн дакаастаатыбыт. Түүл өйө-санаата биһиги ийэ куппутугар быһаччы дьайыыта ордук улахан буолуон сөп. Салгын кутунан, илэ өйүнэн салаллан сылдьар кэмигэр түүл дьайыыта киһиэхэ бэйэтигэр биллибэт, өйүгэр ханан даҕаны өйдөммөккө хаалар курдук. Ол эрээри киһи биирдэ эмэтэ ийэ кутун салайар кэмигэр киирэн ыллаҕына ити дьайыы тута биллэр. Киһи итирэн, өйө көппүт кэмигэр оҥоро охсон кэбиһэр куһаҕан быһыылара төһө эмэ эрдэттэн, хаһан эмэ санаатын уурбут, элбэхтэ санаабыт быһыылара буолан тахсаллара элбэх. Оҕону кыра эрдэҕинэ төрөппүттэрэ аһара ыган-хаайан, бобон ииттэхтэринэ кини улаатан баран итирдэҕинэ төрөппүттэрин кытта тапсыбата үөскүүрүттэн сэрэниэ этилэр.

Өбүгэлэр, төрөппүттэр өйдөрө-санаалара, куттара Үөһээ дойдуга мунньустан сылдьаннар, оҕолорун, кэлэр көлүөнэлэрин өйдөрүгэр-санааларыгар түүл буолан, ийэ кутугар киирэн дьайа сылдьаллар. Сахалар былыр-былыргыттан киһи өйө-санаата Үөһээ дойдуттан итинник тутулуктааҕын арааран билэннэр “Көхсүттэн көнтөстөөх” диэн этэллэр. Түүлү көрөн баран умнан кэбиһэбит диэччилэр элбэхтэр. Ол барыта түүл өйө-санаата киһи ийэ кутугар быһаччы киирэриттэн салгын кутун өйүгэр биллибэккэ хааларыттан буолар. Түүл өйө-санаата киһи ийэ кутугар киирдэҕинэ кини оҥорор дьайыыларыгар уларыйыылары киллэриэн сөбө быһаарыллар.

Оҕону кыра эрдэҕиттэн чиҥник үөрэтэн, ийэ кутун үчүгэй үгэстэринэн толору иитэн, олору иҥэрэн туруктаах өйдөөх-санаалаах, киһилии быһыылаах оҥоруу сирдээҕи дьонтон, төрөппүттэртэн эрэйиллэр биир тутаах көрдөбүл буолар. Оҕо аан маҥнай иҥэриммит өйдөбүллэрэ, тугу саҥа билбитэ барыта быһалыы үгэс буолан ийэ кутугар иҥэн иһэллэр, ол иһин чиҥ, халбаҥнаабат уонна мээнэ уларыйбат өйдөбүллэргэ кубулуйаллар. Бу кэмҥэ киһилии, үчүгэй майгыга үөрэммит оҕо улаатан, улахан киһи буолан, бэйэтин курдук өйдөөх-санаалаах кэлэр көлүөнэлэрин иитэн-үөрэтэн баран өллөҕүнэ, үтүө санаалаах өйө-санаата, салгын кута Үөһээ дойдуга таҕыстаҕына, Үөһээ дойду өйө-санаата эмиэ тупсан иһэр кыахтанар.

Онон, дьон-аймах өйө-санаата тупсарын, туруктанарын туһугар үлэлээһин диэн оҕолору кыра эрдэхтэринэ ийэ куттарын киһилии, үчүгэй быһыылары оҥорууга иитии, онтон улаатан истэҕинэ куһаҕан быһыылары арааран билэн оҥорбот, үчүгэйи оҥоруу өйүгэр-санаатыгар үөрэтии буолар. Дьон-аймах сайдар-үүнэр, тулуурдара улаатар өйдөрө-санаалара ити үөрэххэ, оҕо ийэ кутун иитиигэ иҥэн сылдьар. Киһиэхэ бу кут олус улахан суолталааҕын уонна кыра эрдэҕинэ ийэтэ эрэ иитэн биэрэрин былыргы сахалар билэн ийэ кут диэн олус табатык ааттаабыттар.

Киһиэхэ подсознание диэн баарын наука дакаастаабыта ыраатта. Бу подсознание өйө-санаата сахалыы ийэ кут өйүгэр-санаатыгар сөп түбэһэр. Ол курдук ийэ кут өйө-санаата киһи салгын кутун өйүгэр-са¬наатыгар эмиэ подсознание курдук, ханан да баара биллибэккэ сылдьан дьайар. Бу дьайыы кырдьык баарын киһи итирэн, өйө көтөн сырыттаҕына оҥорор быһыылара дакаастыыллар. Kут-сүр үөрэҕэ киһи итирэн “Өйө көтөн” сырыттаҕына ийэ кутун өйүнэн-санаатынан, ол аата үөрэммит үгэстэринэн быһаччы салаллан сылдьарын эмиэ быһаарбыта. Ол курдук ийэ кута үчүгэй быһыылары оҥорууга чиҥник иитиллибэтэх, атаахтыы сылдьыбыт оҕо улаатан, биирдэ эмэ итирдэҕинэ элбэх сыыһа-халты туттунуулары оҥороро, быстах суолга киирэн биэрэрэ элбиирэ быһаарыллар.

Сир-дойду, Айылҕа уонна дьон-аймах өссө улахан, ханна да халбаҥнаппат кытаанах тутулуктаахтарын биһиги бу үлэбитинэн булан арыйдыбыт. Бу арыйыыбыт сүрүн төрүтүнэн Үөһээ дойду өйө-санаата дьоҥҥо түүл буолан киирэн кинилэр өйдөрүн-санааларын салайан биэрэрин быһаарара буолар. Буор куттара барылара бииринэн бу өй-санаа ордук күүскэ эт-хаан аймахтарынан киирэн дьайар. Ол курдук киһи түүллэригэр бэйэтин аймах-билэ дьонун элбэхтик көрөр. Кинилэр өйдөрө-санаалара, куттара оҕолоругар быһаччы бэриллэр ситимнэрэ итиннэ саһан сылдьар.

Өлөн эрэр дьон бары куһаҕан быһыылары оҥорбуттарын, айыыларын-хараларын этэн куттарын ыраастанан баран өлүүлэрэ Үөһээ дойду өйө-санаата ыраас, үтүө, үрүҥ буоларыгар тириэрдэр. Ол аата куһаҕан санаалар ыраастананнар Үөһээ дойду ыраас өйө-санаата кэлэр көлүөнэлэргэ үтүөнэн, үчүгэйинэн дьайдаҕына, дьон өйдөрө-санаалара туруктаах, олохторо биир тэҥник эйэлээхтик баран иһэригэр тиийиэ этэ. Бу быһаарыыны бары таҥара үөрэхтэрэ тутуһан, айыы этиитэ диэн үгэһи толоро үөрэннэхтэринэ Үөһээ дойду өйө-санаата ырааһырарын ситиһиэхтэрэ этэ.

Айыы этиитэ сахаларга былыр-былыргыттан баар. Ордук кырдьаҕас дьон өлөр кэмнэрэ кэллэҕинэ тыыннаах сылдьан оҥорбут араас айыыларын-хараларын этэн, куттарын-сүрдэрин ыраастанан уонна чэпчэтинэн, ол аата ханнык да куһаҕан, хом санаата суох “Анараа дойдуларыгар”, Үөһээ дойдуга өйдөрүн-санааларын атаараллара ирдэнэр. Ону тэҥэ, итинник айыыны этинэн Үөһээ дойдуга барыы, ол дойдуга ыраас, кир¬тийбэтэх кут тиийэригэр аналланар. Бу быһаарыы сахалар таҥараларын үөрэҕин биир тутаах көрдөбүлэ буолар. Сахалыы таҥара үөрэҕин тарҕатааччылар бу туһалаах үгэһи толоро үөрэниэхтэрэ этэ.

Өйү-санааны ыраастаныы диэн куһаҕан санаалартан босхолонуу, олору умнуу, суох оҥоруу ааттанар. Киһи куһаҕан санааларын өйүттэн-санаатыттан ылан быраҕыыта, босхолонуута кутун ыраастыыр. Кут куһаҕан санаалартан ыраастаннаҕына чэпчиир диэн былыргылар этэллэр. Биһиги быһаарыыбытынан куһаҕан, иэстэһэр санаалар тардыгар күүстэрэ улаханыттан ыраах барбаттар.

Кукка ыраас, үчүгэйи баҕарар санаалар эрэ хааллахтарына кут чэпчиир. Чэпчэки кут Үөһээ дойду халлааннарыгар үрдүк хаттыгаска олоҕурар кыахтанар. Маннык ыраас санаалаах куттар үрүҥ айыы буолан Үөһээ дойдуга мунньустахтарына Yөһээ дойду өйө-санаата ырааһырар. Бу куттар киһи түүлүгэр киирэн көһүннэхтэринэ, киһиэхэ үтүөнү, үчүгэйи баҕараллара элбиир, үчүгэйинэн дьайаллар, дьон санаалара тупсар кыахтанар.

Бүтэһик айыы этиитэ “Өлөн эрэр киһи кырдьыгы эрэ этэр” диэн өйдөбүлгэ олоҕурар. Айыыны этии сахалар былыргы итэҕэллэринэн “Өлөөрү гыммыт киһи кэриэс этиитин” хайаан даҕаны толоруллуохтааҕын быһыытынан, быһа бырастыы буолар уратылаах. Өлөн эрэр киһи айыытын этиитэ быһа бырастыы буолар, ол иһин эмиэ кута ыраастанарыгар тириэрдэр.

Өлөөрү сытар киһи бэстилиэнэй баҕа санаатын, кэриэс этиитин бэйэтин оҕолоро, ыччаттара толоруулара кини өйүн-санаатын, кутун баҕата туоларыгар тириэрдэриттэн санаата уоскуйар, ырааһырар. Баҕа санаата туоллаҕына кини кута уоскуйан, көрүҥэ тупсан оҕолорун түүллэригэр үчүгэй көрүҥнээх көһүннэҕинэ кинилэр үтүө баҕа санааларын туолуута кэлиэн сөп.

Онон, Үөһээ дойду өйө-санаата сирдээҕи дьоҥҥо түүл буолан ийэ куттарыгар быһаччы киирэн дьайар. Киһи салгын кутунан салаллан сылдьар кэмигэр бу Үөһээ дойду өйө-санаата дьайарын билбэккэ эрэ сылдьар. Ол иһин бэйэтин сиртэн, айылҕаттан тутулуга суох курдук сананара онтон үөскүүр. Билигин кут-сүр үөрэх саҥалыы сайдыыта киһи айылҕаттан өссө күүстээх тутулуга ханна баарын быһаарыыта, дьон айылҕаны ордук харыстыылларыгар, өйдөрүн-санааларын куһаҕан санааларыттан ыраастана сылдьалларыгар тириэрдиэ этэ.

Үөһээ дойду өйө-санаата айылҕаны харыстыырга аналлаах. Сир айылҕата киртийэн, буортуланан истэҕин аайы, куһаҕан көрүҥнээх түүллэр көстөннөр дьон өйүн-санаатын куһаҕан өттүгэр уларытан кэбиһиэхтэрин сөп. Айылҕа киртийиитэ дьон өйдөрүгэр ордук улахан охсууну оҥорор, куһаҕан буолбут, хараарбыт сиртэн куотан, тэйэн биэрии өйүн-санаатын тарҕатар. Дьоҥҥо ханна эрэ куотуу, барыы өйдөбүлэ киириитэ, ол иһигэр Үөһээ дойдуга тахса, бара сатааһын үөскээтэҕинэ дьон олохторугар уонна айылҕаҕа ордук кутталлаахтык дьайыахтарын сөп.

Билигин бары быһаарыыларбытын барыларын мустахпытына сахалар Үөһээ дойду диэн ааттыыр, туспа, сиргэ олорон ааспыт дьон айыы буолбут өйдөрө-санаалара мунньустар уонна ууруллан сылдьар миэстэлэрэ, сирдэрэ баар. Бу өйдөр-санаалар, куттар сир үрдүттэн үөһээҥҥэ, олоҥхоҕо кэпсэнэринэн түөрт халлааҥҥа, тоҕус хаттыгаска диэри тарҕанан сыл¬дьаллар уонна дьон салгын куттарынан салаллан сылдьар кэмнэригэр кинилэргэ биллибэттэр. Ол аата, Үөһээ дойду диэн сирдээҕи дьон өйдөрө-санаалара, үөрэхтэрэ-билиилэрэ, куттара мунньустубут улахан саппаастара буолар уонна киһи ийэ кутугар быһаччы дьайыыны оҥорор кыахтаах.

Бу саппаастан ылан өйү-санааны туһаныы холобурдарын түүлү көрөн саҥаны арыйбыт дьон холобурдарыттан элбэҕи билиэхпитин сөп. Кинилэр саҥаны арыйыыларын түүллэригэр көрбүттэрэ уонна билбиттэрэ сурукка киирэн киэҥник биллэллэр.

Сиргэ маннык аналлаах өй-санаа саппааһа үөскүүрэ, күнүс кэнниттэн түүн кэлэрин санатыан сөп. Ол курдук дьон-аймах сайдыыларын аныгыскы эргийиитигэр уруккуттан ууруллубут, куттар буола кубулуйбут, бэлэм өйүнэн-санаанан туһанан салайтаралларыгар, сайдыыны эмиэ түргэнник ситиһэллэригэр Yөһээ дойду үөрэҕин билэн туһаныахтарын толору кыахтаналлар.

Онон сахалар Сиргэ, Орто дойдуга өй-санаа, айыы дьоно Үөһээ дойдуттан түспүттэрэ диэн этиилэрэ өй-санаа атын сиртэн, Yөһээ дойдуттан түүл буолан дьоҥҥо чахчы киирбитин эмиэ бигэргэтэллэр.

КИҺИ УҤУОҔА

Киһи уҥуоҕун эргиирэ диэн уҥуоҕун тутуута ааттанар. Киһи уҥуоҕун араас кыыллар уонна сүөһүлэр тэпсэллэриттэн, буорун ыһалларыттан харыстыыр, көмүскүүр аналлаах оҥоруута барыта манна киирсэллэр.

Сахалар өйдөбүллэринэн өлбүт киһи уҥуоҕун эргиирин үс сыл иһинэн оҥоруллуохтаах. Ити кэм иһинэн кыайан оҥорбокко хааллаххына, оҥорботун ордук дииллэр.

Бачча уһун кэм, үс сыл устата ытыктыыр, убаастыыр киһи хайдах баҕарар хамсанан бэйэтин кыаҕар сөп түбэһэр эргиири оҥоруон сөп. Олус уһуннук умнан баран өйдөөн, санаан кэлии төттөрү буолан хомолтону үөскэтиэн сөп. “Эрэннэрбити үс сыл кэтэһэллэр” диэн этии итини эмиэ бигэргэтэр курдук куруук туттуллар. Кырдьаҕастар ити кэмтэн уһаан баран эргиири оҥордоххо атын киһиэхэ аналлаах эргиир буолан тахсар диэн эмиэ этэллэр.

Биир киһи уҥуоҕа биир эргиирдээх, ол эргиирэ үс сыл иһинэн оҥоруллан бүтүөхтээх диэн кырдьаҕастар өйдөбүллэрэ өбүгэлэр үөрэхтэриттэн тирэх ылар. Сир үрдүгэр олус уһуннук олорбут омуктар олохторун үөрэхтэрэ өс хоһоонноро эбэтэр сомоҕо домох этиигэ кубулуйаннар эдэр көлүөнэлэригэр бэриллэн иһэллэр. Билигин үөрэх-билии сайдан былыргылар быһаччы, кылгатыллыбыт этиилэригэр быһаарыылар наадалаах курдуктар. Ол курдук “Эрэннэрбити тоҕо үс сыл күүтүллэрий?” диэн ыйытыыга ханнык да чуолкайдыыр эппиэти ким да биэрэ илик. Арай сахалар өлбүт киһи эргиирин үс сыл иһинэн оҥорбокко хааллахха кэлин, хойутаан оҥорбот ордук диэн этэллэрэ быһаарыы буолуон сөп. Бу этиини өссө чуолкайдык үс сыл кэнниттэн эргиири оҥордоххо атын киһи эргиирэ буолар диэн быһаараллар, ол аата хайа эрэ атын киһи өлүүтүгэр тириэрдиэн сөп. Биһиги даҕаны итини быһалыы ылынарбытыгар эрэ тиийэбит эрээри биир сыһыаннаах холобуру аҕалыахпытын сөп.

Сахалар киһи уҥуоҕун үс сыл кэнниттэн саҥалыы оҥорору сөбүлээбэттэр. Хайа эрэ аймаххыттан киһи өлүүтэ тахсыа диэн сэрэнэллэр. Бу этиини билбэт, тутуспат кыргыттар ийэлэрин уҥуоҕун сыл аайы саҥалыы кырааскалаабыттарыгар аймахтарыттан дьон өлүтэлээбиттэр.

Былыргы сахалар өйдөбүллэринэн өлбүт киһи уҥуоҕун тутуу үс сыл иһинэн оҥоруллан бүтүөхтээх. Өлбүт киһи кута нөҥүө сылы¬гар өлбүт күнүгэр чугаһаан кэлэн уҥуоҕун оҥоруутун көрөн-истэн барар үһү. Онтон кэлин сылларыгар кини кута эмиэ ити кэмҥэ, өлбүт күнүгэр кэлэн чугаһаан, чуҥнаан ааһар дииллэр. Ити кэмҥэ кини кута чугаһаан кэлбитэ чугас дьонун түүллэригэр сороҕор киирэн биллэн ааһар. Үһүс сылын кэнниттэн киһи кута ыраатан, тэйэн, чиҥэ суох буоллаҕына ыһыллан уҥуоҕар биллэ сылдьара олох аҕыйыыр диэн ааҕаллар. Бу быһаарыы киһи эргиирин үс сыл иһинэн оҥорор ордук диэн этиини эбии чуолкайдаан биэрэр.

Киһи кута-сүрэ өлбүт күнүгэр уҥуоҕар, олорбут, сылдьыбыт сирдэригэр чугаһыырын билэннэр сахалар былыргыттан өлбүт киһилэрин бэйэлэрин дьиэлэригэр олорон эрэ өлбүт күнүгэр ас астаан, ахтан ааһаллар. Итини тэҥэ сахаларга “Өлбүтү кытта өлүмүөххэ” диэн этии тыыннаах уонна өлбүт дьон икки ардыларыгар туспа, ураты сыһыан баарын быһаарар этии баар. Ити этии өлбүт уонна тыыннаах сылдьар дьон олохторо кыайан бииргэ барбаттарын быһаарар, ол аата кинилэр салгыы олохторо тус-туһунан суолунан сайдан бараллар, өлбүт киһи өйө-санаата айыы буолан Үөһээ дойдуга барар, онтон тыыннаах, инчэҕэй эттээх-сииннээх киһи Орто дойдутугар бэйэтинэн, киһи буолан олорон хаалар. Тыыннаах, эттээх-сииннээх эрэ киһи Орто дойдуга олорор, онтон Үөһээ дойдуга сылдьар айыы, кут этэ-сиинэ суох сылдьаллар.

Өлбүт киһиттэн өйө-санаата, куттара көтөн баралларын саха дьоно былыргыттан билэллэр. Киһи өлбүтүн кэннэ аҥардас этэ-сиинэ ордон хаалбыта Айылҕаҕа төннөн иһэрэ эрэйиллэр. Олох былыргы кэмҥэ сахаларга өлбүт киһини уматан кэбиһэр үгэс баара эт-сиин уларыйан Айылҕаҕа төннүүтүн ситиһиини кытта быһаччы сибээстээх.

Үчүгэйдик саныыр киһилэрин уҥуоҕун, өйдөбүнньүк пааматынньыгын туруоран, эргиирин бөҕө-таҕа гына оҥорон кэбиһэргэ үс сыл диэн син сөптөөх бириэмэ буолуон сөп. Бачча уһун бириэмэ устата киһи бэйэтин кыаҕар сөптөөх, уһун үйэлээх уҥуоҕун эргиирин оҥорон кэбиһиэххэ сөп курдук. Ити кэмтэн уһатан баран эбии-сабыы оҥордоххо киһигит бэйэтэ хомойуо, хоргутуо. Аһара эрэнэн кэтэспит киһи төһө эмэ кэм устата кэтэһэн көрөн баран, хоргутан, хомойон үчүгэйи баҕарар санаата сойон, кэхтэн хаалар кэмэ тиийэн кэлэрин умнумуохха. Үчүгэй санаа уларыйан куһаҕан санааҕа кубулуйан хаалыыта кэлэр көлүөнэлэргэ сабыдыаллыан сөп. Былыргылар үчүгэй санаа куһаҕаҥҥа уларыйар кэмэ хаһан кэлэрин билэллэрин бэлиэтинэн “Эрэннэрбити үс сыл кэтэһэллэр” диэн этиилэрэ буолуон сөп. Тугу эмэ эрэннэрбити үс сылтан ордук көһүттэрэр куһаҕанынан эргийэн хааларыттан сэрэниэхпит этэ.

Былыргы дьон хас эмэ үйэлэр анараа өттүгэр оҥортообут ампаардаах киһилэрин уҥуохтара билигин да тураллар. Арай баҕаналара эрэ эмэх буолан охтоннор, эргиирдэрэ алдьаналлар.

Улаханнык ытыктыыр киһилэрин уҥуоҕун билигин даҕаны уһун үйэлэргэ туох да буолбакка турар гына оҥороллор. Уһун үйэлээх матырыйааллартан таастан, бетонтан оҥоруллубут киһи уҥуохтара тыһыынчанан сылга туруохтарын сөп.

Саха дьоно былыр-былыргыттан ытыктыыр киһилэрин көмүс уҥуоҕун мэҥэ тааһын үс сылы аһарбакка эрэ, уһун үйэлээх матырыйааллартан бөҕө-таҕа, хамсаабат гына оҥорон, кэлэр көлүөнэлэрэ көрө сылдьалларыгар анаан туруоран кэбиһэллэр.

“Киһи уҥуоҕа иччилээх” диэн этэллэр. Көмүллүбүт киһи буор кута уҥуоҕар хаалар буолуон сөп. Улахан кыахтаах, күүстээх ойууннар, удаҕаттар буор куттара бэйэлэрин уҥуохтарын харыстыылларын саха дьоно билэллэр. (37,147). Итини тэҥэ олох араас уустуктарыгар түбэһэн онно-манна өлөн хаалан кыайан көмүллүбэккэ, хараллыбакка хаалбыт өлүктэр иччилэнэллэрин сахалар билэллэр.

Киһи уҥуоҕун ытыктаабат буолуу, үрэйии, алдьатыы кини аймахтарын, баар дьонун эмиэ ытыктаабаты көрдөрөр олус куһаҕан быһыы, хара айыы буолар.

“Kырдьаҕас киһини ытыктаабатахха, бэйэҥ кырыйдаххына оҕоҥ эйигин ытыктыа суоҕа” дииллэр сахалар. Бу этии эмиэ оҕону үөрэтиигэ төрөппүт өйө-санаата, туттар быһыыта ылар оруола, оҕо төрөппүтүн көрөн үтүктэн үөрэнэрэ олус улаханын быһаарар.

Ити курдук саха дьонун хас биирдии этиилэрэ олус уһун олохторун уопутуттан үөскээбиттэр уонна дириҥ суолталаах өй-санаа быһаарыыларыгар сөп түбэһэр өйдөбүллээхтэр. Былыргылар туһалаах этиилэрин тутуһарбыт, толорорбут үрүҥ айыылартан ылынар билиилэрбитин туһанарбытын биллэрэллэр. Ол аата былыргылар араас элбэх билиилэриттэн үчүгэйин, үрүҥүн, билиҥҥи олоххо туһалааҕын талан ылан олоххо туһаныыны Үрүҥ айыы итэҕэлэ диэн ааттыыбыт.

ТАҤАРА ААТА УЛАРЫЙАН ИҺЭР

Дьон-аймах уһун кэмнээх олохторун устата таҥараларын аата төһөтө уларыйбытын кыайан ааҕар кыах суох. Арай олус уһун үйэлээх омуктар, сахалар олоҥхолоругар кэпсэнэр кэмнэртэн ыла саҕалаан ааҕан көрдөххө элбэх таҥара аата ахтыллар. Элбэх таҥаралаах буолуу саха омуга олус уһун үйэлээҕин, киһи өйө-санаата сайдан, тупсан иһэрин барытын билэрин, олохтон хаалбакка сайдыыны ситиһэрин уонна уһун үйэлэр тухары аата уларыйа, атын омукка кубулуйа илигин быһаарар сүрүн тутулук буолар.

Олус былыргы дьон бастакы таҥараларынан араас улахан кыыллар, көтөрдөр эбиттэр. Дьон аҥардастыы бултаан иитиллэр эрдэхтэринэ, өйдөрө-санаалара саҥа сайдан истэхтэринэ кыайа-хото бултуур улахан кыыллар уонна көтөрдөр кинилэр ситиһэ сатыыр баҕа санааларыгар кубулуйалларыттан таҥараҕа тэҥнэһэр, онтон бэйэлэрэ олор курдук, кыайа-хото бултуурга кыһанар, баҕа санааланар эбиттэр. Ол баҕа санаалара таҥараларыгар кубулуйбуттар.

Таҥаралар ааттара уларыйан иһиитэ киһи өйө-санаата хайдах сайдан, уларыйан испитин уонна олоҕор тыын суолтаны туох баҕа санаата ылар эбитин быһаарар. Олус былыргы кэмнэргэ кыыл эбэтэр улахан көтөр таҥара буолар эбит.

Хотой, суор, куба уонна бөрө таҥаралаах улахан уустар сахаларга холбоспуттара биллэллэр. Оччотооҕу кэмнэргэ дьон бултаан эрэ айахтарын ииттинэр эрдэхтэринэ, бу улахан булчут кыыллар уонна көтөрдөр туһалаах хаачыстыбаларын бэйэлэригэр иҥэринээри, итилэр курдук кыайа-хото бултаары баҕа санаа - таҥара оҥостоллор эбит. Дьон өйө-санаата сайдан истэҕинэ үрүҥ дьүһүнү, сырдыгы ордук сөбүлээн, үчүгэйи куһаҕантан араарар кэмнэрин бэлиэтинэн сырдыгынан сыдьаайар Күн таҥара үөскээбит. Сахаларга ула-ханнык ытыктанар “Күн таҥарам” диэн этиини билигин да тутта, туох үчүгэйдэрин барытын күҥҥэ тэҥнии сылдьаллар.

Олус былыргы кэмҥэ булдунун эрэ иитиллэр дьон баай хара тыа булдуттан бэриһиннэрэн аһаары, таҥнаары Байанай диэн ааттаах булчуттар таҥараларын үөскэппиттэр.

Бултааһын кэнниттэн сахалар таҥаралара таба буола сылдьыбыт. “Таҥара табата” диэн ааттааҕа иҥэн хаалбыта билигин да ахтыллар. Таба таҥара буолуутугар “тап” диэн таба оҥорууну биллэрэр тылбыт улахан суолтаны ылбыта буолуо дии саныыбыт. Ол курдук таба кырдьыгы уонна сымыйаны араарарга элбэхтик туттулла сылдьыбытын “Таба этии”, “Таба быһаарыы” диэн этиилэр туоһулууллар. Ол былыргы кэмнэргэ табаны дьиэтитэн, үөрэтэн миинэр миҥэ оҥостон, астара-таҥастара, олохторо барыта табаттан тутулуктанар кэмэ этэ. Ол кэмҥэ таба кинилэр ситиһэ сатыыр баар-суох баҕа санааларыгар кубулуйан таҥаралара буолбут.

Үлэ-хамнас сайдан истэҕинэ киэҥ-куоҥ хоту сиргэ олорор омуктар бары дьарыктанар үлэлэриттэн тутулуктанар тус-туһунан таҥаралардаах эбиттэр. Ол курдук сылгы көлөлөөхтөр - Дьөһөгөй, ынах сүөһүнү көрөөччүлэр – Ынахсыт, булчуттар - Байанай, уустар, тимир уустара – Сах, Улуутуйар Улуу тойон таҥараларын илдьэ сылдьыбыттар. Итини тэҥэ “Син” диэн таҥара эмиэ баар буола сылдьыбыт бэлиэлэрэ тылбытыгар киирэн сылдьаллар. Ол курдук синим-биир, син даҕаны, синигэр түспүт диэн этиилэр Син таҥараҕа тэҥнээҕин биллэрэллэр.

Бу ааттанар таҥаралартан хайалара даҕаны олус улаатан, күүһүрэн атыттарын суох оҥортуурга дьулуспатахтар, тоталитаризм суолун тутуспатахтар, аҥардастыы баһылаан сабардаабатахтар. Ол иһин бу таҥаралартан хайалара да сүппэккэ, симэлийэн умнуллубакка бары баччаҕа диэри тиийэн кэлбиттэр. Сахалар билигин элбэх таҥараларын умна иликтэрэ үлэлэринэн-хамнастарынан улаханнык арахсалларын, бэйэлэрэ демократия үөрэҕин, “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини тутуһалларын биллэрэр.

Элбэх сылгылаах киһи баҕа санаатынан сылгыта өссө элбээн иһиитэ буолар. Ол иһин сылгытын элбэтэн биэрэр, көрөргө-истэргэ көмөлөһөр Дьөһөгөй таҥараланар. Булчут киһи элбэҕи бултуон баҕарар, киниэхэ булт таҥарата Байанай баар буолан көмөлөһөр. Ынах сүөһүлээхтэр Ынахсыт таҥараны умнуохтара суоҕа этэ.

Олоҥхолорго кэпсэнэр кэмнэргэ сахалар таҥаралара айыы диэн ааттана сылдьыбыт буолуон сөп курдук. “Айыым-таҥарам”,- диэн этии баара айыы, өлбүт киһи күүстээх кута хаһан эрэ таҥара буола сылдьыбытын бигэргэтэр. Биһиги быһаарыыбытынан бу этии өй-санаа икки өттүттэн тутулуктааҕын биллэрэр. Ол курдук айыы диэн былыргылар билиилэрэ буоллаҕына, кинилэртэн ылынар туһалаах билиилэрбит Үрүҥ айыы диэн ааттаналлар, онтон кыра оҕону төрөппүт бэйэтин үтүгүннэрэн, батыһыннаран иитиитэ, үөрэтиитэ таҥара үөрэҕэр киирсэр. Ити барыта өй-санаа “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн икки өттүттэн тутулуктааҕынан быһаарыллар.

Үрүҥ Аар тойон, Үрүҥ айыы тойон, Улуутуйар Улуу тойон диэннэр оччотооҕу таҥаралар олорор Үөһээ дойдуларыгар саамай үрдүкү хаттыгастарга олороллор. Кинилэр анныларынан Одун хаан, Чыҥыс хаан таҥаралар, былыргы улахан, биллэр салайааччылар таҥара буолбуттара миэстэлэрин булуммуттар.

Сахаларга “Сах” диэн таҥара ордук күүстээх, кыахтаах эбит. Бу таҥара үөскээһинигэр былыргы сака омуктар ордук сайдыылаах уустара тимири уһаарыыны уонна уһаныыны баһылаан бараннар, уоту ордук туһаналлара, сөбүлүүллэрэ олук буолбут. Саҥа уустук идэни баһылааһынтан кинилэр олохторо барыта уоттан быһаччы тутулуктанара үөскээбит, кыымынан ыһыахтанар кыһа уота “Сах” таҥараларыгар кубулуйбут.

Кыыдааннаах кыһыннаах дойдубутугар тимир маллар дьоҥҥо ордук улахан туһаны аҕалаллара быһаччы көмөлөһөн Саха сиригэр олохтоох дьон таҥараларын барыларын “Сах” таҥара баһыйбыт. Олохтоохтор бары саха буолбуттар, итэҕэллэрин, тылларын ылыммыттар.

Өй-санаа уларыйыыта таҥараны ханна олохтууртан быһаарыллар кыахтаах. Атын кыра таҥаралары баһыйан, үтүрүйэн барбытын иһин ”Сах” таҥара халлааҥҥа олорор таҥараларга кыайан холбоммотох. Олохтоох дьон саҥа үөскээбит “Сах” таҥараны аан маҥнай сөбүлээбэтэхтэрин бэлиэтинэн сири хаһалларын туора көрөн былыргы кэмнэргэ өссө сир анныгар дойдулуу сылдьыбыттар, уотунан тыынар абааһылар дойдуларыгар бииргэ олордубуттар. Ол эрээри тимир уустара туһалара, үчүгэйдэрэ баһыйан, ойууннары барыларын кытта тэҥ кэккэҕэ турары ситиспиттэр. Онтон кэлин, тимир уустарын үчүгэйдэрэ лаппа биллибиттэрин кэнниттэн уларытан сир үрдүгэр син таһаарбыттар эбит.

Г.В.Ксенофонтов нууччалар кэлиэхтэрин иннинэ сахалар ойуун уонна айыы итэҕэллээхтэр диир эбит. Элбэх чинчийээччилэр итини эмиэ билиммиттэр. (39,128). Ксенофонтов хара ойууннар итэҕэллэрэ тимир уустарын төрүттэрин Кудай Бахсыны уонна Улуу тойону кытта сибээстээхтэр диэбитин Т.В.Жеребина эмиэ өйөөбүт. (39,130).

Омуктар сака эрдэхтэринэ көлүнэр көлөлөрө, астара, таҥастара табаттан тутуллар буолан таба таҥаралаах эбиттэр. Бэйэлэрин үйэлэригэр улуу саҥаны арыйыыны оҥороннор, таастан тимири уһааран таһаарар кэмнэриттэн ыла сака омук дьонун сорохторо таба көлөлөрүн бырахпыттар. Үлэлиир, тутаах дьарыктара уларыйан, тимири уһаарыыга кубулуйан, таҥаралара эмиэ уларыйбыт. Омуктарын аатын саҥа “Сах” таҥараларын аатынан саха диэн ааттыыр буолбуттар. Омуктар олохторун сыала уларыйдаҕына баҕа санаалара эмиэ уларыйар. Баҕа санааларын кытта таҥаралара эмиэ уларыйан саҥа ааттанар. Онон бу быһаарыыларбытын түмнэхпитинэ үгэс буолбут үчүгэйгэ ыҥырар баҕа санаа - таҥара буолара чуолкайданар. Баҕа санааны үгэс оҥостуу таҥараны үөскэтэр. Киһини үчүгэйгэ, киһи буолуу диэки ыҥырар баҕа санаа баар буолуута киһи, киһилии киһи буола улаатарыгар тириэрдэр. Дьон киһи буолуу диэки тардыһар үчүгэй санааларын элбэтээри кэлин христианскай таҥара мөссүөнэ үчүгэй киһи курдук көрүҥнээх буолбут уонна Христос диэн ааттаммыт. Ол иһин таҥара уруһуйдара бары үчүгэй киһини көрдөрөллөр.

Дьон бэйэлэрин олохторугар, тугу үчүгэй диэн өйдүүллэригэр сөп түбэспэт таҥараны букатын ылымматтар. Баҕа санааларыгар сөп түбэспэт өрүттэрдээҕиттэн христианскай православнай итэҕэли сахалар ылымматтар. Бу итэҕэли сахалар хас да сүүс сыл устата ылыммат биричиинэлэрин маннык түөрт көрүҥҥэ араарыахха сөп:

1. Сахалар бэйэлэрэ туспа омуктарын билинэллэр, өйдөрө-санаалара уратытын, айыылаахтарын, таҥаралаахтарын билинэн тылларын, үгэстэрин, сиэрдэрин, туомнарын сүтэриэхтэрин баҕарбаттар.

2. Сахалар бэйэлэрин сирдэригэр бэйэлэрэ хаһаайынныахтарын баҕаралларын хаһан да хаалларбаттар.

3. Айылҕаларын, тыаларын, хонууларын уонна ууларын харыстыыр санаалара күүстээх. Сахалар үчүгэй диэн өйдөбүллэрэ айылҕа үчүгэйиттэн, күөх сирэмтэн, сырдыктан быһаччы тутулуктанар.

4. Православнай таҥара дьиэтэ аһылыктан туттунар, эт, балык аһылыктары сиэбэт постарын саха дьоно букатын сөбүлээбэттэр.

Олох сайдыыта иннин диэки баран истэҕинэ баҕа санаа эмиэ уларыйан биэрэн истэҕинэ эрэ табыллар кэмэ кэлэр. Былыргы таҥаралар үөрэхтэрэ дьон - аймах өйдөрө-санаалара сайдыытын хааччахтыыллара, сайдыыттан хаалан иһэллэрэ история үөрэҕиттэн биллэр. Таҥара үөрэхтэрэ Сир төгүрүк эбитин эбэтэр Сир Күнү тула эргийэрин билиниилэрэ олус уһун кэмҥэ элбэх сиэртибэлэр кэннилэриттэн биирдэ эрэ ситиһиллибитэ.

Ханнык баҕарар таҥара туһунан толору өйдөбүлү “Надейся на бога, но сам не площай” диэн этии биэрэр. Бу этии таҥара диэн эрэл, баҕа санаа эрэ буоларын чуолкайдыыр, өссө дириҥэтэр. Эйиэхэ эрэл, баҕа санаа үөскээтэҕинэ уонна бэйэҥ олус кыһаннаххына, мүччү туппатаххына ол баҕа санааҕын бэйэҥ толордоххуна ханнык эрэ ситиһиини оҥоруоххун сөп диэн өйдөтөр тутаах этии буолар.

Манна этии саҕаланыытыгар аан маҥнай киһи тугу баҕарар оҥоруон иннинэ эрэл уонна баҕа санаа хайаан да баар буолуохтааҕын быһаарыыта ураты суолталаах. Ыҥырар, угуйар тугу эмэ оҥорорго күһэйэр баҕа санаа киһиэхэ баар буоллаҕына эрэ биирдэ таҥара көмөлөһөрүн туһунан этиллэр.

Бу этии итинтэн салгыыта баҕа санаа туолуута барыта киһиттэн бэйэтиттэн эрэ тутулуктааҕын быһаарар. Ол курдук “..., но сам не площай” диэн этии бүтүүтэ, баҕа санаа туолуута барыта киһи бэйэтин кыаҕын иһигэр баарын, киниттэн быһаччы тутулуктааҕын өйдөтөр.

Киһиэхэ үөскээбит баҕа санаата уларыйан, күүһүрэн быһаарыныыга, ылыныыга тиийдэҕинэ, ол аата биир санааҕа кубулуйдаҕына толоруллар кыаҕа улаатар. Бу быһаарыы сахалыы “Биир санааланыы”, “Биир санааны ылыныы” диэн этиилэринэн бэриллэр. Ону тэҥэ ханнык баҕарар баҕа санааны илэтигэр толорууга, дьыалатыгар таһаарыыга киһиттэн өссө элбэх билии уонна сыыһа туттубат буолуу эрэйиллэр көрдөбүл буолар.

Бу этиигэ киһи бэйэтин кыаҕа өссө күүһүрүөхтээҕэ чопчу ыйыллар, ол иһин бэйэҥ мөлтөөн биэрбэтиҥ туһунан быһаарыы этии кэннигэр, түмүктүүр өттүгэр турара ылар. Ол аата, ханнык баҕарар үлэни, кыайыыны ситиһэргэ түмүгэ ордук улахан быһаарыыны биэрэрин көрдөрөр.

Сахалар “Биир санааны ылыныы” диэн этиилэрэ киһи баҕа санаатын толорууга бары кыаҕын-күүһүн уурбутун биллэрэллэр. Ол эрээри ылыныы диэн тыл “ыы” диэн ытааһын дорҕоонунан бүтэрэ биир санааны ылыныы “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэрин, үчүгэйгэ тириэрдэрэ аҕыйаҕын, куһаҕаны оҥорууга эмиэ тириэрдиэн сөбүн быһаарар.

Олох сайдан истэҕинэ дьон баҕа санаалара эмиэ уларыйан биэрэллэр. Кинилэр баҕа санаалара олохторун сыалыттан, үлэлиир үлэлэриттэн тутулуктаналлар. Дьон олохторун сыала, үлэлиир үлэлэрэ уларыйыылара баҕа санаалара уларыйалларыгар тириэрдэр. Ол аата, баҕа санаалара, таҥаралара эмиэ уларыйан биэрэр кэмэ тиийэн кэлэр.

Билигин Сир дойду киртийэн, айылҕа туруга уларыйан аны дьон-аймах айылҕаны харыстыырга туруналлара кэлбитин өйдөтөр. Дьоҥҥо айылҕаны харыстыыр өй-санаа улаатыыта сахалар таҥаралара саҥалыы үөскээһинигэр, тарҕанарыгар тириэрдиэн сөп. Ол саҥа “Харыстас” таҥара айылҕаны ордук харыстыыр аналлаах. Билигин элбэх дьон айылҕаны харыстааһыҥҥа биир санааланан, түмсэн эрэллэр. Государстволар аайы айылҕаны харыстыыр тэрилтэлэр тэриллэн үлэлии сылдьаллар.

Аан дойдуга биллэр таҥаралартан арай сахалар таҥаралара эрэ сири-дойдуну, айылҕаны харыстыырга ордук сөп түбэһэр. Ол иһин сотору, дьон бары айылҕаны харыстыырга туруннахтарына, сахалар “Харыстас” таҥараларын ылыннахтарына санаалара биир буолан күүһүрдэхтэринэ, сахалар таҥаралара сайдар, күүһүрэр кыахтаныа.

Онон, сахалар уһун үйэлэрин тухары өйдөрүн-санааларын сайыннаран испиттэринэн баҕа санаалара, таҥаралара, үлэлэрэ-хамнастара уларыйан истэҕин аайы элбэхтик уларыйбыт, бэйэлэрэ олус уһун үйэлээхтэриттэн элбэх таҥаралаах эбиттэр. Саамай былыргы итэҕэл төрүтүнэн өй-санаа түүл буолан Yөһээ дойдуттан, халлаантан түспүтүн сахалар таҥаралара билинэр. Ол аата итэҕэл бэйэтэ икки өрүттээҕин; бастакынан, оҕо сайдан иһэр өйүн-санаатын сайыннарыыны, киһи буолуу суолунан салайыыны таҥара үөрэҕэ оҥорор, онтон иккиһинэн, былыргылар билиилэрин, олохторун уопутун иҥэринэрин, тутуһарын Үрүҥ айыылартан ылынар билиилэрэ, үгэстэрэ үөскэтэллэр.

Өйү-санааны сайыннарарга аналлаах сахалар итэҕэллэрэ сахалыы тылынан таҥара диэн ааттанара ордук оруннаах, олохтоох. Бу таҥара диэн тыл быдан былыргы кэмнэргэ Сибиир омуктарын итэҕэллэрин төрүттэрин “тенгрианствоны” үөскэппитэ сөбүн учуонайдар билинэллэрэ эрэ хаалан сылдьар.

ТАҤАРА ҮӨРЭҔЭ – САХАЛАР ҮӨРЭХТЭРЭ

Сахалар таҥара туһунан олус былыргы кэмнэртэн ыла билиилээхтэр. Сахалар таҥараҕа сүгүрүйэллэрин сурукка Я.Линденау 1742 сыллаахха киллэрбит. Таҥара туһунан былыргы этиигэ “Былыттаах таҥараҕа быктарбакка, халлааннаах таҥараҕа харахтаппакка” диэн этии киирсэр. Бу этии тугу эрэ кистээн, атын дьоҥҥо биллэрбэккэ оҥорууну биллэрэрин тэҥэ, оҕону иитии хайдах барыахтааҕын быһаарар. Ол курдук былыр сахалар оҕолорун “Хара харахтаахха көрдөрбөккө” эрэ иитэллэрэ, үөрэтэллэрэ.

Олус былыргы кэмнэргэ Сибииргэ “тенгрианство” диэн өй-санаа үөрэҕэ баар эбитин туһунан элбэхтик суруйаллар. “Тенгрианство” диэн тыл сахалыы таҥара диэн тылтан үөскээбитин дорҕооннорун сөп түбэһиилэрэ бигэргэтэрин тэҥэ, сахалар киһи буолуу үөрэхтэрэ оҕо улахан киһини үтүктэн үөрэнэриттэн тутулуктааҕа таҥара үөрэҕин төрүтэ буолбут. Таҥара диэн сахалыы тылы тупсара сатаан, нууччалыыга кубулутан “тенгрианство” диэн ааттаабыттар.

Сахалар өй-санаа үөрэхтэрин чинчийии былыргы сахалар билиилэрэ, этиилэрэ, өс хоһоонноро таҥара үөрэҕин төрүттээбиттэрин бигэргэтэллэр. Ол курдук киһи диэн киһини бэлиэтиир тыл өй-санаа сайдыытын, тупсуутун бэлиэтиирин уонна иккис өрүтэ сүөһү диэн, өй-санаа ситэ тиийбэтин биллэрэрин олус былыргы кэмнэргэ арыйан тылларыгар киллэрэннэр туһаммыттар. Бу тылларбыт киһи өйө-санаата аҕыйах өйдөөх сүөһү таһымыттан өссө сайдан, тупсан киһи буолууну ситиспитин биллэрэллэр.

Киһи өйүн-санаатын төрүттэрин үөрэтии, быһаарыы таҥара үөрэҕин үөскэтэр. Сахаларга киһи буолуу диэн этии оҕо улаатан өйө-санаата ситэн тугу барытын улахан киһи оҥорорун курдук оҥорорго үөрэниитэ, киһи курдук быһыыланыыта ааттанар. Бу үөрэх сахалар таҥараларын үөрэҕин төрүтэ буоларын киһи уонна сүөһү диэн өй-санаа сайдыытын быһаарар тыллар бааллара бигэргэтэр.

Биһиги өй-санаа, таҥара үөрэхпит кэлин түөрт үйэ устата нууччалар кэлии үөрэхтэрин кытта буккуллан хаалбыт курдугун да иһин биһиги үөрэхпит олус былыргыта, нууччалар кэлиэхтэрин быдан инниттэн баара, тылбытыгар иҥэн сылдьара биллэр. Ол курдук сахалыы киһи уонна сүөһү диэн тылларбыт нууччалар кэлиэхтэрин былан инниттэн бааллара саарбахтаммат. Бары өй-санаа үөрэхтэрин холбуу ылан таҥара диэн сахалыы ааттаабыттара биһиги үөрэхпит бастаан иһэрин биллэрэр.

Нууччалар православнай таҥараларын бэйэлэрэ “бог” диэн ааттыыллар, “бог” үөрэҕэ диэн атын омуктарга тарҕаталлар. Таҥара үөрэҕин сахалар нууччалартан ылыммыттара эбитэ буоллар өй-санаа үөрэҕин “бог үөрэҕэ” диэн ааттыахтара этэ. Ону баара сахалар бэйэлэрин таҥараларын үөрэхтэрэ баһыйан таҥара диэн нууччалар үөрэхтэрин кытта холбуу ааттаабыттар. Ол барыта хайа баҕарар итэҕэл оҕону иитии, үөрэтии хайысхатын тутуһар өрүттэрэ бары омуктарга биир хайысхалаахтарыттан, өйдөбүллээхтэриттэн биирдик таҥара диэн ааттаммыттар.

Өй-санаа үөрэҕэ таҥара диэн ааттаммытын табатык өйдөөһүн ирдэнэр. Ол курдук нууччалар аан бастаан кэлиилэригэр өй-санаа үөрэхтэрин сахаларга тарҕаталларыгар “бог” диэн ааттаан диэн этэ, үөрэтэ сатаабыттара биллэр. Ол курдук саха киһитэ Буох Диэхсин диэн ааттаах киһи баара сурукка киирбит. Кини элбэхтэ “буох диэҥ” диэн дьонугар этэ сатаабытын иһин бэйэтигэр хос аат оҥорон иҥэрэн биэрбиттэрэ сурукка киирбитин билэбит.

Онон таҥара үөрэҕэ диэн биһиги сахалар бэйэбит төрүт үөрэхпит. Оҕо өйүн-санаатын үгэстэри үөскэтэн сайыннарар, киһи быһыылаах буолууга иитэр үөрэхпит таҥара үөрэҕэ диэн ааттанар.

Таҥ, таҥар, таҥара диэн тыллар бэйэбит төрүт тылларбыт. Өй-санаа үөрэҕэр биһиги үгэстэр тус-туспа сылдьалларын булан киллэрдибит. Ол иһин өй-санаа мунньуллар, таҥыллар, эбиллэр диэн этиллэрэ таҥара үөрэҕин үөскэппит уонна өй-санаа мунньулларыгар, таҥылларыгар сөп түбэһэр.

Таҥара үөрэҕин сүрүн тутаах салаатынан киһи буолуу үөрэҕэ ааттанар. Оҕо кыра эрдэҕиттэн иитиллэн, улахан киһини үтүктэн үөрэнэн, үчүгэй үгэстэри үөскэтинэн өйө-санаата сайыннаҕына, үчүгэйи уонна куһаҕаны таба араарарга үөрэннэҕинэ, ол аата киһи буолууну ситистэҕинэ, сыыһа-халты туттубакка киһи быһыылаахтык олоҕун олороро табылларын таҥара үөрэҕэ биллэрэр.

Киһи буолуу үөрэҕэ сахалар бэйэбит төрүт үөрэхпит. Бу үөрэх уратыта киһи уонна сүөһү диэн тылларга иҥэн сылдьара “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиинэн быһаарыллар. Ол курдук оҕо кыра эрдэҕиттэн иитиллэн, үөрэнэн киһи буолууну баһылыыра кыаллар. Ол аата өйө-санаата кыра эрдэҕинэ сүөһү таһымыттан киһи буолууга тиийэ сайдар, тупсар.

Киһи буолууну кыайан ситиспэтэх киһи курдуктар сүөһү диэн ааттаналлар. Өйдөрө-санаалара киһи өйүгэр-санаатыгар ханан эрэ тиийбэттэрин, сыыһа-халты туттуналлара элбэҕин биллэрэллэр. Ол курдук итирэн хаалбыт киһи сүөһү курдук буоларын, быстахтык быһыыланарын, өйө-санаата киһи таһымыгар тиийбэт буолан ыларын бары билэбит.

Киһи буолуу үөрэҕэ хаһан үөскээбитин билэргэ киһи уонна сүөһү диэн майгы уратыларын быһаарар тыллар хаһан үөскээбиттэрин биллэхпитинэ таба быһаарарбыт кыаллар. Киһи уонна сүөһү диэн тылларбыт хаһан үөскээбиттэрэ биллибэт былыргылар. Сомоготто өссө былыргы диэн этэр. Нууччалар кэлиэхтэрин быдан инниттэн баар тылларын билигин бары билинэбит. Оҕо өйө-санаата сайдан киһилии быһыылары оҥорорго үөрэннэҕинэ эрэ киһи буолууну ситиһэрин сахалыы өй-санаа, таҥара үөрэҕэ тутуһар.

Санаа олус кыра. Сотору умнуллан хаалыан сөп. Онтон киһи элбэхтэ биири санаатаҕына ол санаата күүһүрэн, кэлин үгэскэ кубулуйдаҕына, умнуллубат буола чиҥиир, дириҥиир, бэйэтин салайар кыахтанар. Ол аата киһи санаабыт санаатын илэтигэр оҥорон кэбиһиэн сөп кэмэ тиийэн кэлэр.

Таҥара үөрэҕэ дьоҥҥо олус туһалаах, үчүгэй үгэстэри үөскэтэн, өйү-санааны дьаарыстаан, үчүгэй санаалары элбэтэн биэриигэ туһалаах. Ол курдук куһаҕан санаалары умнууну, ыраастаныыны уонна өйө-санаата үчүгэй санааларынан туоларын ситиһиини хас биирдии киһи туһана сылдьыа этэ. Үчүгэй үгэстэрдээх киһи үчүгэй быһыылары оҥороро элбиирин таҥара үөрэҕэ ситиһэр.

Таҥара диэн үгэс буолбут үтүө, үчүгэй санаалар ааттаналлар. Ол курдук үтүөҕэ ыҥырар баҕа санаабытын үгэс оҥостуннахпытына таҥаралаах дьон буолабыт. Хас биирдии төрөппүт оҕото бэрээдэктээх, үчүгэй киһи буола улаатыан баҕара саныырыттан үгүгэй үгэстэри иҥэрэ сатыыра таҥара үөрэҕэр киирсэр.

Онон таҥара үөрэҕэ диэн биһиги сахалар бэйэбит өй-санаа үөрэхпит буолар уонна төрөппүттэр бэйэлэрэ да билбэттэринэн, тугу барытын мин оҥорорум курдук оҥор диэн бэйэлэрин үтүгүннэрэн, батыһыннаран оҕолорун иитиигэ, үлэҕэ-хамнаска үөрэтиигэ туһана сылдьаллар.

ЫНАХСЫТ

Уһун үйэлэр тухары араас омуктар сахаларга холбоһон сахалыы саҥарарга, сахалыы үгэстэри тутуһарга үөрэммиттэр. Ол иһин сахалар таҥаралара араастар уонна элбэхтэр.

Саха дьоно кэлин икки тыһыынча сыллар усталарыгар биир киһи салайар былааһын, диктатураны үөскэтэн тоталитарнай государствоны тэриммэтэхтэрин биир туоһутунан бэйэлэригэр холбоспут бары омуктар араас таҥараларын суох оҥорон симэлиппэтэхтэрэ, биир таҥараны күүһүлээн үөскэппэтэхтэрэ буолар.

Большевиктар “коммунизм” таҥаратын оҥоро сатааннар бары атын таҥаралары суох оҥоро, бобо-хаайа сатаабыттара да бэйэлэрэ хата уһаабатылар. Дьоҥҥо-норуокка барыларыгар биир таҥара баар буолара кыаллыбата өссө былыргыттан биллэрэ, барыларын өйө-санаата, баҕалара биир буолара олус өр кэмҥэ кыаллымыан сөп.

Сылгы көрөөччү сахалар таҥаралара Дьөһөгөй диэн ааттаах. Былыр-былыргыттан сорох сахалар төрүт дьарыктара сылгы көрүүтэ эбитин бэлиэтиир.

Булчуттар таҥаралара – Байанай диэн.

Ынах сүөһү таҥарата – Ынахсыт диэн баар этэ. Бу таҥара билигин мөлтөөһүнэ, атынынан, Иэйиэхсит диэнинэн уларыйан барыыта хоро омуктар уларыйан сахаларга кубулуйбуттарыттан сибээстээх.

Билигин саха дьонун үксүлэрэ ынах сүөһү көрүүтүнэн дьарыктаналлар эрээри Ынахсыт таҥараны аанньа ахтыбаттар, кэлин кэмҥэ букатын да умуннулар. Бу таҥара аатын кинигэлэргэ да киллэрбэт буоллулар.

Бу таҥара аатын уларытыы туохтан сэдиптэнэн үөскүүрүн биһиги быһаара сатыыбыт. Уһун үйэлэргэ таҥара уларыйыыта омук бэйэтэ уларыйыытыгар тириэрдэр.

Биһиги кыра эрдэхпитинэ сайылыктарга араас сиэдэрэй быһыы ойуулардаах кыра күрүөлээх ортотугар синньигэс туруору ураҕастаах тутуулар баар этилэр. Бу ойууннар ынахсыт тартарбыт бэлиэлэрэ диэн этэллэрэ. Былыргы кэпсээннэргэ ынахсыт тартарыытын туһунан аҕыйах бэлиэтээһиннэр хаалбыттар. Ынах сүөһү көрүүтүн-истиитин, эмтээһинин аныгы ветеринарнай үлэһиттэргэ эрэ сыҥалаан кэбиһииттэн Ынахсыт таҥара симэлийэн суох буолан иһэр. Ынахсыт таҥара мөлтөөбүтүн бэлиэтинэн аныгы дьон ынах сүөһүнү аанньа ахтан көрбөттөрө буолар.

Былыргы кэпсээннэргэ ахтылларынан Хоро оҕонньор оҕус миинэ сылдьар, көлөтө - оҕус. Ынахсыт таҥара хоро омуктар таҥаралара этэ. Кинилэр сүрүн дьарыктара ынах сүөһү көрүүтэ буолара.

Сайдыылаах тимир уустара сахалар соҕурууттан хоту сирдэригэр көһөн кэлэннэр хоролору кытта бииргэ олорон, үлэ бары көрүҥнэригэр баһыйан, туоратан, симэлитэн, тыал буолбуттарга кубулутан кэбиспиттэр. Хороҕор муостаах ынах сүөһүлэр сахатыйбыт хоролор көрүүлэригэр-истиилэригэр хаалбыттар. Нууччалар кэлиилэригэр биир да хоробун диэн ааттанар киһи суох буолбутун да иһин сахатыйбыт хоролор ынахсыт итэҕэллэрин сэбиэскэй былаас буолуор диэри илдьэ сылдьыбыттар. Сахаларга ынах сүөһү таҥаратын Иһигэй Иэйэхсити сэбиэскэй былаас эстибитин кэнниттэн киллэрэ сатааһыны тыл үөрэхтээхтэрэ оҥоро сатыыллар.

Сахалар хоролор ынахсыт таҥараларын бэйэлэрэ Иэйэхсит таҥаралаах буолан ылымматахтар. Ынахсыт таҥара хоро омуктар өйдөрүн-санааларын кытта симэлийбит. Бу кэмҥэ букатыннаахтык сүтэн эрэр, аата эрэ ордон сылдьар. Ол аата нууччалар кэлиилэригэр биир да хоробун диэн ааттанар, суруттарар киһи суох буолбутун кэнниттэн сэбиэскэй былаас кыайыаҕар диэри хоролор ынахсыт таҥаралара баара биллэ сылдьыбыт.

Сахалар төрүт өйбүт-санаабыт дириҥ силистээх. Былыргы өбүгэлэрбитин умнан, быраҕан кэбиһэр санаабыт суох. Биһиги бэйэбит сахабытынан хаалан, таҥараларбытын харыстаан, киһи, үчүгэй киһи буолуу өйүн-санаатын тутуһан оҕолорбутун, кэлэр көлүөнэлэрбитин иитэн-үөрэтэн улаатыннаран иһиэ этибит. Билигин саха дьонугар сайдыыны ситиһэргэ кыах баар буолла. Ол курдук нуучча тылын, үөрэҕин күүһүлээн да кэриэтэ үөрэтэннэр, икки омук тылын баһылааммыт өйбүт-санаабыт сайдыыта биллэрдик түргэтээтэ, биир эрэ тылы билэр нууччалары баһыйарбыт билиннэ.

Оҕо “мөҕүллэн-мөҕүллэн” киһи буолар диэн этэллэр. Оҕо өйө-санаата сайдыытыгар айыыны оҥорбото табыллыбат, кини өйө-санаата, ийэ кута саҥаны билэн иһэриттэн хомуллар, таҥыллар. Кини хас күн аайы туох саҥаны билбитэ, сатыыра барыта айыы буолар, өйүнэр-санаатыгар соннук ууруллан иһэр. Өй-санаа сайдан иһиитигэр элбэх билии-көрүү эрэйиллэр. Эрчимнээх, билиэн-көрүөн баҕалаах оҕо өйө-санаата тугу эмэ саҥаны айыыны, барыны бары оҥорор баҕата ураты күүстээх. Оҕону кыра эрдэҕиттэн киһи оҥорор куһаҕан быһыыларын арааран билэн, олору оҥорботугар үөрэтии хайаан да туттуллуо этэ. Оҕо куһаҕан быһыылары биллэҕинэ эрэ олору оҥорбот кыахтанарын сахалыы таҥара үөрэҕэ тутуһар. Кини өйүн-санаатын киһи оҥорор быһыыларын оҥорорго салайан биэрии, соннук үгэстэри иҥэрии улахан, иитэр-үөрэтэр дьон сыаллара буолуо этэ.

Оҕо кыра эрдэҕинэ ханнык баҕа санаалар үөскээн, үгэс буолан иҥэн иһиилэриттэн кини таҥарата үөскээн олохсуйар. Ол иһин оҕо кыра эрдэҕинэ үтүө баҕа санаалары иҥэрэн, таҥаратын олохсутан биэрии бары төрөппүттэртэн, иитээччилэртэн ирдэнэр. Ол аата уол аҕатын курдук буолар баҕа санааланнаҕына, ол санаатын улаатан баран ситиһиэн сөп.

Саха дьоно хаһан даҕаны диктатура, тоталитарнай салайыы систиэмэтин баһылаан салайбыт дойдуларыгар киллэрбэтэхтэрин бэлиэтинэн элбэх таҥараттан ханнык да таҥараны туоратан, суох оҥорботохторо, симэлиппэтэхтэрэ буолар. Омук бэйэтэ суох буолан, симэлийдэр, тылын-өһүн сүтэрдэр даҕаны, атын омук буола уларыйбыт дьонун өйдөрүгэр-санааларыгар таҥаралара өр кэмҥэ хаалан хааларын Ынахсыт таҥара баар эбитэ биллэрэр.

Сахаларга былыр-былыргыттан сүүрүк оҕустаах Хоро оҕонньор туһунан үһүйээн кэпсээннэр бааллар. Билигин Хоро оҕонньор саха омук биир төрүтэ буолара саарбахтаммат. Ол да буоллар саха дьоно хаһан даҕаны ынах сүөһүнү көрөн, сөбүлээн олоҥхолоругар киллэрэн сүөһү көрөөччүнү арбаабыттара букатын суох. Сүөһү көрүүтэ, сылгы манааһына ханнык эрэ хамначчыт, ылгын уол үлэтинэн ааҕыллар этэ. Олоҥхолорго баһыйар оруолу ылааччы, салайааччы тимир ууһа туойуллар, хайҕанар. Кини оҥорбут сэриитин сэбинэн сэбилэнэн бухатыыра атын бухатыыры кыайара кэпсэнэр. Олоҥхо диэн саха тимир ууһа тимир оҥорууларын арбыыр-хайгыыр, дьоҥҥо билиһиннэрэр ырыата-тойуга буолара итинник быһаарыллар.

Сахалар уһун үйэлэр тухары хоролордуун холбоһон хаалбыттар. Ынах сүөһүлэрин кыттыһан көрүөхтэриттэн-истиэхтэриттэн ыла биир омукка кубулуйбуттар. Бу икки омук холбоһуутугар сахалар тыллара, өйдөрө-санаалара, тимири уһаараллара, уһаналлара, үлэлэрэ-хамнастара баһыйан хоролор бары сахалыы саҥарарга үөрэммиттэр, үгэстэрин ылыммыттар.

Саха тыла баһыйар оруолу ылыытыгар саха тимир уустара ордук улахан оруолу ылбыттарын таба сыаналаан, олоххо ордук туһалаах, элбэх барыһы киллэрэр үлэ омук сайдыытыгар ылар оруолун, билигин биһиги дойдубутугар үөскээн эрэр балаһыанньаҕа туһаныа этибит. Ол аата урукку даҕаны кэмнэргэ, билигин да аҥардастыы сүөһүнү көрүүнэн омукпутун сайыннарыы кыаттарымыан да сөп. Олоххо сайдыыны, барыһы биэрэр үлэ-хамнас салааларынан, былыргы тимир уустарын курдук, промышленноһынан, эргиэнинэн дьарыктанааччылар элбээтэхтэринэ сайдан иһэр олох хаамыытыттан хаалан хаалыахпыт суоҕа этэ.

ЫРАЙ

Саха сиригэр нууччалар кэлээт даҕаны христианскай, православнай итэҕэллэрин тарҕаппытынан барбыттара. Христианскай православнай таҥара үөрэҕин билбиппит 400-чэ сыллар буолан эрэллэр. Нууччалар православнай өй-санаа үөрэҕин “буох” үөрэҕэ диэн ааттыылларын таба өйдөөн сахалыы таҥара үөрэҕиттэн туспа араарыа этибит. Ол курдук нууччалар үөрэхтэрэ сурукка киирэн саалтыырга, библияҕэ суруллан сылдьаллар, онтон сахалар таҥараларын үөрэҕин саҥа суруйан эрэбит.

Сахалар былыр-былыргыттан өй-санаа үөрэҕин таҥара үөрэҕэ диэн ааттыылларыттан “буох” үөрэҕин таҥара үөрэҕэ диэн ааттаан иҥэрэн кэбиспиттэр. Ол да буоллар “буох” үөрэҕин таҥара үөрэҕин кытта буккуйуу табыллыбат, үгүс өрүттэрэ сөп түбэспэттэр. “Буох” үөрэҕин нууччалар арҕааттан илдьэ кэлбиттэриттэн былыргы таҥара, тенгрианство үөрэҕиттэн улаханнык уларыйбыт. Ол курдук былыргы таҥараһыттар икки тарбахтарын холбуу тутан үҥэр эбит буоллахтарына, аныгы сайдыбыт “буох” үөрэҕэр үс тарбахтарын холбуу тутан үҥэллэр.

Таҥара үөрэҕэ диэн сахалар былыр-былыргыттан бэйэбит үөрэхпит. Таҥ, таҥар диэн тылларбыт өй-санаа тус-туспа үгэстэртэн хомулларын быһааралларынан бу үөрэхпит таҥара диэн ааттаммыт.

“Буох” уонна таҥара үөрэхтэрэ оҕо төрүөҕүттэн ыла иитэн, үөрэтэн, сайыннаран үчүгэй киһини иитэн улаатыннарарга биир өрүттэрэ сөп түбэһэллэр, онтон үрүҥ айыылартан кэлэр, ылынар билиилэрэ тус-туһунаннар, нуучча уонна саха диэн тус-туспа омуктары айыылар үөскэтэллэр.

Билигин сахалар таҥараларын үөрэҕин чинчийэн үөрэтии кэнниттэн атын таҥаралар үөрэхтэрин кытта тэҥнээн көрүү кыаллар буолла. Ол курдук сахалар таҥараларын үөрэҕин сүрүн салаата киһи буолуу үөрэҕэ улахан киһи уонна үчүгэй киһи буолуу үөрэхтэрин быдан иннинэ үөскээбитэ быһаарылынна.

Киһи кыаҕа кыра. Араас элбэх баҕа санааларын барыларын толорор кыаҕа суох. “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн киһи баҕа санаалара икки аҥы арахсаллар:

1. Баҕа санаа. Баҕа санаа диэн киһи бэйэтин кыаҕынан, күүһүнэн олоҕун устата кыайан толорор баҕа санааларын этэллэр.

2. Ыра санаа. Киһи кыайан толорбот, олоххо кыайан киллэрбэт араас элбэх баҕа санаалара ыра санаа диэн ааттаналлар.

Ыра санаалар олус элбэхтик хос-хос хатыланнахтарына киһи бу баҕа санааларын кырдьык баалларын курдук санаатыгар оҕустарыан сөп. Итини тэҥэ бу араас үчүгэй баҕа санааларын элбэхтэ хос-хос саныырыттан ол санаалара үгэс буолан хараҕар субу баар курдук көстүөхтэрин сөп.

Сахалар киһи санаатын уратыларын дириҥник үөрэппиттэр. Баҕа санаа диэн киһи бэйэтин кыаҕынан толорор санаалара, онтон ыра санаа диэн киһи хаһан да туолбат араас санааларын ааттыыллар. Ыра санаа мунньустар сирэ, дойдута Ырай диэн ааттанан Христос таҥара үөрэҕэр киирэн сылдьар.

Сахалар ыра санаа диэн этиилэриттэн Христос таҥара үөрэҕэр Ырай дойдута үөскээбит. Бу дойдуга киһи өллөҕүнэ куттара тиийэллэр, баҕа санаалара дьэ туолаллар диэн христианскай таҥара итэҕэлэ итэҕэйэр дьону барыларын албынныыр.

Дьадаҥы, бэйэлэрэ кыаммат, кыахтара суох дьон ордук элбэх ыра санааларга оҕустараллар. Бу быһаарыыны сахалар “Дьадаҥы киһи остуоруйаһыт” диэн өс хоһоонноро чуолкайдыыр. Аһыыр аһылыктара тиийбэт дьадаҥылар бэйэтэ буһарар көһүйэни айан аччыктыыр санааларын уоскуталларын аптаах остуоруйа диэн ааттыыбыт.

Санаа үгэскэ кубулуйбутун бэлиэтин түүлү үөрэтииттэн булан ылабыт. Ол курдук киһи түүлүгэр үгэс буолбут санааларын, атын үгэстэри субу баар курдук көрөр кыахтаах. Куруук саныыр ыра санааларын киһи түүлүгэр курдук көрүөн сөп.

Билигин өлбүт киһи өйө-санаата хайдах үрэллэн ыһыллара биллэр буолла. Өлбүт киһи сүрэ күүһүн сүтэрэриттэн куттара үрэллэн, үөр буолан ыһыллаллар. Үгэс буолбут ураты өй-санаа айыы буолан Үөһээ дойдуга тахсан туспа сылдьар кыахтанар. Өлбүт киһи куттара маннык үрэллэн ыһыллаллар:

1. Салгын кута үс хонугунан ыһыллар. Үс хонук иһинэн киһи тилиннэҕинэ өйө-санаата оннугар түһүөн сөп. Өлбүт киһини үс хоннорон, баҕар тиллиэ диэн кэтэһэ түһэн баран көмөллөр.

2. Ийэ кута тоҕус хонугунан үрэллэр. Экстраценстар хаартыскаҕа көрөн киһи өлбүтүн тоҕус хонуга туолбутун кэнниттэн биирдэ арааран билэллэрэ кыаллар.

3. Буор кута түөрт уон хонугунан ыһыллар, бытанар. Өлбүттээхтэр 40 хонук устата бултуу сылдьыбаттарын бу кэм устата кини кута дойдутун кэрийэ сылдьарынан быһаарыллар.

Өлөн эрэр киһи куттара үрэллэн ыһылла иликтэринэ тыыннаах эрдэҕинээҕи баҕа санаатын илэ курдук көрүөн сөп. Өлө сыһан баран үс хонук иһинэн үтүөрбүттэр баҕа санааларын курдук дойдуну көрбүттэрин кэпсээбиттэрин элбэҕи суруйаллар.

Ыра санаа үгэс буолбута киһи хараҕар илэ көстөрө православнай таҥара үөрэҕэр Ырай диэн ааттанан киирэ сылдьар. Бу быһаарыы Христос таҥара үөрэҕэ сахалар үөрэхтэриттэн үөскээн сайдыбытын чуолкайдык дакаастыыр. Бу Ырайга, баҕа санаатын дойдутугар киһи өллөҕүнэ өйө-санаата тиийэр диэн православнай таҥара үөрэҕэ дьадаҥы дьону билигин да албынныыр.

Ыраахтааҕы баарын саҕана православнай таҥара үлэһиттэрэ аһара байбыттарга киирсэннэр итэҕэйээччилэри; дьадаҥылары, үлэһиттэри быһаччы албыннаары Ырай дойдутун айбыттар. Дьадаҥы киһи кыайан туолбат баҕа санаалара аһара элбэҕиттэн ыра санаалара үгүстэр. Ол иһин “Баҕа санааҕыт өлбүккүт кэннэ туолуоҕа” диэн этэр “буох” үөрэҕин албыныгар киирэн биэрэллэр. Киһи этэ-сиинэ өлөрүн кытта өйө-санаата түргэнник, үс хонук устата суох буола, уларыйа охсубат уратытын туһанан итинник албынныыллар. Бу албыҥҥа православнай “буох” үөрэҕин итэҕэйээччилэр билигин да киирэн биэрэ сылдьаллар.

Сахалар таҥараларын үөрэҕэр Ырай диэн дьадаҥы дьону албынныыр сымыйа дойду суох. Ол курдук куруук ыра санаатыгар ыллара сылдьар киһи ол санаата үгэс буолан хааллаҕына онтун илэ курдук көрүөн сөп диэн сахалыы өй-санаа үөрэҕэ быһаарар.

Онон Ырай диэн сымыйа, өйтөн булуллубут, дьадаҥы, өлөн эрэр дьону албынныырга аналланар дойду ааттанар.

ИТЭҔЭЛ ҮӨСКЭЭҺИНЭ

Өй-санаа тус-туспа өрүттэртэн; үгэстэртэн, үөрүйэхтэртэн, куттартан хомуллан, таҥыллан, мунньуллан үөскүүрүн быһаарар таҥара диэн тылбытынан этиллэр итэҕэл биһиги, сахалар төрүт бэйэбит итэҕэлбит буолар. Ол курдук таҥ, таҥар, таҥара диэн тыллар сахалыы өйдөбүллэрэ өй-санаа үөскээһинигэр, мунньулларыгар, тус-туспа үгэс буолан таҥылларыгар сөп түбэһэллэр.

Сахалар таҥара диэн былыр-былыргыттан бэйэлэрин итэҕэллэрин ааттыыллар. Таҥараҕа итэҕэл олус былыргы кэмнэргэ саҥа эра арыллыан быдан инниттэн Алтайга үөскээн тэнийбитин туһунан Евразия омуктарын, түүрдэри үөрэтээччи Мурад Аджи улахан үлэтигэр суруйар. (40,258).

Омуктар күүһүрбүт, сайдыыны баһылаабыт кэмнэригэр атыттары сэриилээн кыайдахтарына бэ¬йэлэрин таҥараларын, итэҕэллэрин атын омуктарга тарҕаталлар, кинилэр урукку итэҕэллэрин умуннараллар. Урук¬ку колониялары сэриилээн ылыы саҕана сайдыыны ситиспит, кыайбыт омуктар таҥараларын кыайтарбыт омуктарга күүстэринэн эмиэ соҥнууллара. Элбэх киһи баҕа санааларын биир сыалга түмнэхтэринэ санаалара күүһүрэрин былыргыттан билэллэр. Бары баҕа санааларын итэҕэйэллэрэ эбиллэр, санаалара өссө күүһүрэр. Элбэх киһи санааларын күүһүн түмүллүүтүн табан туһаныы итэҕэйэр дьон элбээн иһиилэригэр тириэрдэр.

Билигин хас биирдии таҥара туһунан үөрэхтэр бэйэлэрэ таҥараларын туһунан өйдөбүллэри оҥостон туһаналлар. Саха тылын кылгас быһаарыылаах тылдьытыгар таҥараны арҕааҥҥы үөрэхтээхтэри үтүктэн бу курдук быһаараллар. Таҥара диэн итэҕэл үөрэҕинэн бүтүн Аан дойдуну айбыт уонна дьаһайар, киһи курдук мөссүөннээх үрдүкү айыы. Таҥара хаптаһыҥҥа, холустаҕа ойууламмыт, металга быһыллан оҥоһуллубут мэтириэтэ. (12,179).

Бу таҥараны быһаарыылартан бастакыта, атын улахан православнай, мусульманскай итэҕэллэри быһаччы үтүктүү, батыһа сатааһын буолар. Ол курдук сахалар “Киһи Айылҕа оҕото” диэн этиини тутуһаннар ханнык да таҥара сири-дойдуну, айылҕаны айбатаҕын, айыы диэн киһи ураты, саҥаны айар өйө-санаата эрэ буоларын итэҕэйэллэр. Онтон иккиһэ, сахалар кут-сүр үөрэхтэрэ би-лэр иччи, түүктүйэ, эмэгэт диэн өйдөбүллэригэр сөп түбэһэр. Былыр-былыргыттан үрүҥ, үтүө санаалаах киһи кута иҥэриллибит бэлиэ маллара аймах-билэ дьонугар көмөлөөхтөрүн сахалар билэллэр уонна олохторугар туһаналлар этэ. Ол иһин кини оҥорбут үрүҥ, үтүө дьыалаларыгар, үгэстэригэр эдэрдэри, кэлэр көлүөнэлэрин уура сылдьан үөрэтээрилэр эмэгэт, түүктүйэ оҥорон туһаналлара.

Былыр-былыргыттан сахалар итэҕэллэрэ киһи кутун итэҕэйиигэ олоҕурар. Айылҕаҕа куттар араас көрүҥү ылынан сылдьаллара биллэллэр; кут бэйэтэ сылдьар, кут туох эмэ малга иҥэр, куту ханнык эмэ бүтэй иһиккэ хаайан илдьэ сылдьаллар. Бу көрүҥнэри маннык араартыахха сөп:

1. Иччилэр. Киһи эбэтэр кыыл кута туохха эмэ иҥэн эбэтэр олох-суйан сылдьыыта. Дьиэ иччитэ, мас иччитэ, хайа иччитэ эҥин диэн арахсаллар.

2. Үөрдэр. Киһи кута бэйэтэ бэйдиэ, урут олорбут сирдэринэн сылдьарын ааттыыллар.

3. Туос түүктүйэлэр эбэтэр туой көһүйэлэр. Үтүө киһи кутун ити иһиттэргэ хаайан илдьэ сылдьыы ааттанар.

4. Эмэгэттэр. Кут ханнык эмэ матырыйаалга иҥэриллэн уһун кэмҥэ сылдьарын итинник ааттыыллар. Бу көрүҥҥэ маска уруһуйдаммыт таҥара мөссүөнэ уонна араас илдьэ сылдьыллар ымыы бэлиэлэр эмиэ киирсэллэр.

Бу сахалар итэҕэйэр таҥаралара киһи кута туох көрүҥү ылыммыттарынан эрэ уратыланаллар. Бары таҥаралар дьайар күүстэрэ кыахтаах киһи кута буолар. Кут ханнык иһиккэ хаайыллыбытыттан эбэтэр иҥмититтэн туга да уларыйан хаалбат. Хаптаһыҥҥа уруһуйдаммыт мэтириэттэр, маһынан оҥоруллубут эмэгэттэр эмиэ куту уларыппаттар. Арай бу кут бэйэтэ төһө күүстээҕэ, кыахтааҕа эрэ быһаарар оруолу ылар.

Атын омуктар таҥараларын күлүктэригэр иҥэриллибит үтүө дьонно¬рун куттара бэйэлэрин курдук санаалаах, саҥалаах дьоҥҥо көмөлөһөллөр, атын өйдөөх-санаалаах, туспа тыллаах дьону туораталлар. Сахалар атын омуктары баттаан, симэлитэн, сирдэрин-дойдуларын былдьыыр өйдөрө-санаалара былыр-былыргыттан суох. Ол бэлиэтинэн саха дьонугар таҥаралара элбэҕэ буолар.

Сахаларга холбоспут, саха буолбут булчуттар Байанай, сылгы көрөөччүлэр Дьөһөгөй, ынах сүөһү көрөөччүлэр Ынахсыт, Иэйиэхсит таҥараларын илдьэ сылдьаллар. Нууччалар атын омуктары баһылыырга ыҥырар православнай таҥараларын өйдөрө-санаалара саха дьонун таҥараларын суох оҥоро, туората сатыыра үөрэхтээх, сайдыылаах дьон өйдөрүгэр-санааларыгар хайа да өттүнэн сөп түбэспэттэр.

Таҥаралар хантан кэлэн баалларын быһаарыы билигин да дьоҥҥо кыалла илик боппуруос буолар. Ол барыта таҥара диэн өй-санаа үөрэҕэ, итэҕэл буолара уонна быһаарыыта икки өрүттээҕиттэн, икки аҥы тутулуктааҕыттан үөскээн тахсар. Өй-санаа, итэҕэл үөрэҕин сахалар “Айыылаах-таҥаралаах” диэн холбуу этэн ааттыыллар. Бу холбуу этиилэрэ итэҕэл икки өрүттээҕин чуолкайдык быһаарар. Ол өрүттэрэ манныктар:

1. Таҥара итэҕэлэ. Таҥара итэҕэлэ диэн дьон бэйэлэрин өйдөрө-санаалара, ситиһэ сатыыр баҕа санааларын итэҕэйиилэрэ, ону үгэс оҥостуулара ааттанар. Оҕо сайдан иһэр өйүн-санаатын үчүгэй киһини үтүгүннэрэн кини оҥорорун курдук оҥорорго үөрэтэринэн таҥара үөрэҕэ аан бастаан өйү-санааны салайар, киһи буолууга, киһилии быһыыланыыга иитэр, үөрэтэр.

2. Үрүҥ айыы итэҕэлэ. Үрүҥ айыы итэҕэлэ диэн урукку, иннинээҕи олорбут элбэх көлүөнэ дьон үтүө, үрүҥ, үчүгэй өйдөрүн-санааларын, үөрэхтэрин, тылларын, үгэстэрин итэҕэйии, тутуһуу, олору толоруу, харыстааһын өйө-санаата буолар. Аныгы тупсубут өйдөөх-санаалаах көлүөнэлэргэ сөп түбэһэр өрүттэрин, ол аата үрүҥүн эрэ талан ылан туһаныы табыллар, онтон былыргы, өйдөрө-санаалара өссө да сайда илик дьон оҥорбут хара айыылара, куһаҕан быһыылара умнуллар, хаалларыллар аналлаахтар.

Итэҕэл үөрэҕин бастакы чааһа дьон өйө-санаата сайдан истэҕин аайытын ситиһэ сатыыр баҕа санаалара, саҥаны айыыны оҥороллоро аһара элбээн иһиитин үөскэтэриттэн итэҕэл иккис чааһа, Үрүҥ айыылартан тутулуктаах өттө харыстыыр, ончу уларыппат аналлаах. Үрүҥ айыылартан тутулук диэн омуктар тылларын, олохторун үөрэҕин, былыргы үгэстэрин, үөрүйэхтэрин ордук күүскэ харыстааһын, тутуһуу, уруккутуттан уларыппат буолуу ааттанар.

Итэҕэл бу икки өрүттэриттэн хайалара да аһара барбакка хайаан да тэҥнэһии балаһыанньатын тутуһа сылдьаллара өй-санаа сайдыыта туруктанарын, дириҥ силистэнэрин, олохтон тутулуктанарын хааччыйар. Ол курдук өй-санаа, салгын кут үөрэҕи ситиһэн, саҥаттан саҥаны арыйан аһара түргэнник сайдыыта олохтон, айылҕаттан тутулуктаах эт-сиин кыайан сиппэккэ хаалан хаалыытын үөскэтиэн сөп. Эт-сиин быраҕыллар туруктанар. Итэҕэл Үрүҥ айыылартан тутулуктаах өттө оннук балаһыанньаны үөскэппэт, былыргы кэмҥэ үөскээбит үгэстэри уларыппакка харыстыыр аналлаах.

Омуктар ханнык таҥаралара дьоҥҥо ордук туһалааҕа билигин да биллэ илик. Хас биирдиилэрэ бэйэлэрин таҥараларын хайгыыллар. Олохторугар ыарахан кэмнэр кэллэхтэринэ таҥараларыттан көмө көрдөөн үҥэллэр, бэйэлэригэр эрэ элбэх үчүгэйи оҥороругар ыҥыраллар, көрдөһөллөр.

Кут-сүр үөрэҕэ сайдыыта таҥара диэн тугун, туохтан үөскүүрүн быһаарыыга улахан оруолу ылар. Ол курдук сахалар ойууннара киһи кута, санаата туспа күүстээҕин, атыттар өйдөрүгэр-санааларыгар дьайар кыахтааҕын былыргыттан билэн туһаналлара. Киһи баҕа санаата күүһүрдэҕинэ үгэс буолан бэйэтин салайара таҥара үөскээһинигэр тириэрдибит.

Таҥара диэн сахалар өйдөрүгэр олус дириҥник иҥмит өйдөбүл буолар, таҥара туһунан элбэх өс хоһооннорун үөскэппиттэрин билигин да туһана сылдьабыт. Саха дьонун өйдөбүллэригэр таҥара уонна итэҕэл биир өйдөбүл курдуктар. Ол эрээри таҥара диэн киһи бэйэтин үтүө, үчүгэй баҕа санаатын үгэс оҥостуммута, онтон итэҕэл диэн быдан киэҥ, дириҥ үөрэх буолар, тугу барытын итэҕэл оҥостуохха сөп. Бу үөрэххэ хас да сүрүн өйдөбүллэр холбуу киирсэ сылдьаллар:

1. Кут-сүр үөрэх өйдөбүллэрэ бары таҥаралар үөрэхтэрин төрүттэринэн буолаллар. Ол аата, кыахтаах киһи күүстээх кута-сүрэ аймах дьонугар көмөлөһөр кыахтааҕа таҥара үөскүүрүгэр төрүтүнэн буолбут. Киһи кута Айылҕа араас матырыйаалларыгар иҥэн уһун кэмҥэ сылдьар кыахтааҕын туһаныы таҥараны үөскэтэр. Арҕааҥҥы омуктар таҥаралар мөссүөннэрин ханнык эрэ кут иҥэр матырыйаалыгар уруһуйдаан баран, онно кут иҥэрэн таҥара оҥостоллор. Кэлин бу таҥаралара кинилэр үчүгэйгэ баҕарар, кини курдук буола сатыыр санааларын киһитигэр кубулуйан хаалбыттар. Бу кут иҥмит мөссүөнүттэн көрдөһөн, көмө көрдүүргэ туһаналлар. Илиҥҥи омуктар киһи курдук улахан эмэгэккэ кут иҥэрэн бэйэлэрин үчүгэй баҕа санааларын киһитэ оҥороннор, ол киһи курдук буола сатыыр баҕа санааны үөскэтинэллэр. Былыргы сахалар кыахтаах ойуун киһи кутун туос эбэтэр туой түүктүйэҕэ хаайан эбэтэр эмэгэккэ иҥэрэн илдьэ сылдьар эбиттэр. Ыарахан кэмнэр кэллэхтэринэ олортон көмө, күүс, тирэх көрдүүллэр, олоҕу кини олорбутун курдук олорорго үөрэнэллэр. Улахан ойууннар уҥуохтарыттан күүс-көмө көрдүүллэрэ эмиэ баарын араас суруйуулар бигэргэтэллэр.

Онон, бары таҥара үөрэхтэрин төрүттэринэн сахалар билэр уонна олохторугар туһана сылдьар кут-сүр үөрэхтэрэ буолар. Саха дьоно кут-сүр үөрэх төрүттэрин былыр-былыргыттан бэйэлэрин олохторугар, оҕолорун иитэллэригэр туһаналлар. Үөрдэри, иччилэри бу куттар араас көрүҥнэри ылынан сылдьаллар диэн былыргыттан итэҕэйэллэр, харыстыыллар, аймаабаттар.

2. Норуот өр кэмҥэ мунньуммут олоҕун үөрэхтэрэ таҥара үөрэхтэ¬ригэр кубулуйан сылдьаллар. Дьиэ кэргэн олоҕун төрүттэрэ, оҕону иитии-үөрэтии үгэстэрэ, киһи киһиэхэ сыһыанын уратылара барылара таҥара үөрэхтэригэр кубулуйбуттар. Олох үөрэхтэригэр сыһыаннаах сиэри-туому толоруулары таҥара үлэһиттэрэ баһылаан салайаллара ордук оруннаах уонна туһалаах. Сир үрдүгэр уһуннук олорбут омуктар бэйэлэрин олохторугар мунньуммут уоппуттара, туһалаах үгэстэрэ элбэҕэ эмиэ биллэр.

Сахаларга олохторун сиэрдэрэ-туомнара, үгэстэрэ олус элбэхтэр. Арай олохторун үөрэхтэрин умнан, хаалларан кэбиспэккэ, салгыы сайыннаран эдэр көлүөнэлэрин иитиигэ-үөрэтиигэ туһана сылдьаллара эрэ эрэйиллэр. Кут-сүр, сэт, киһи буолуу, киһи быһыылаахтык олоҕу олоруу үөрэхтэрэ бары холбоһон саха дьонун олохторун үөрэхтэрэ диэн ааттаналлар. Онтон бу үөрэхтэр бары холбоһоннор сахалар таҥараларын үөрэҕэ, итэҕэллэрэ буолаллар.

3. Салайар былаас таҥара дьиэтин кытта бииргэ кыттыһан үлэлээһиннэрэ таҥара дьиэтин уонна былааһы күүһүрдэр. Хардары-таары бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн-толорсон, көмөлөһөн биэрэннэр государстволарын күүһүрдэллэр. Дьон бары биир итэҕэлгэ түмсүүлэрэ санааларын түмэр, күүһүрдэр. Омук дьоно биир итэҕэлгэ түмсэр санаалара олох ыараатаҕына ордук эбиллэр. Олох ыарахаттарын туоруурга итэҕэл оруола үрдээн биэрэр. Онон, салайар былаас уонна итэҕэл бииргэ түмсэн үлэлээһиннэрэ государствоны тоталитарнай, диктаторскай салайыныыга тириэрдэр, таҥара дьиэтин сайыннарар, ол иһин государство күүһүрэр.

Католическай, православнай уонна мусульманскай таҥаралар олус улахан диктатураны үөскэтэннэр биирдии киһи баһылааһыныгар киирэннэр тус-туспа таҥаралары үөскэппиттэр. Онтон буддистар уонна джайнистар өй-санаа уратыларын, икки өрүттээҕин билэн туһаналларыттан биир таҥараны үөскэппэтэхтэр. Сахалар өй-санаа үөрэҕин билэллэриттэн биир таҥараны эмиэ үөскэтэ сатаабаттар.

Саха дьоно уһун кэмнэр усталарыгар ыраахтааҕылаах Россия православнай таҥаратын дьиэтин батталыгар, туоратыытыгар уонна албыныгар олороннор ити, таҥара дьиэтин букатын итэҕэйбэт, ылыммат буолан хаалбыттар. Олохтоох дьон санааларыгар таҥара дьиэтиттэн билигин даҕаны “инородец” диэн туоратар тылынан илгийэр, таҥара дьиэтин үлэһитэ “владыка” диэн ааттанара былыргы импиэрийэҕэ төннүүгэ ыҥырарын дьонтон кыайан кистээбэт.

Онон, саха дьоно кут-сүр үөрэҕин билэллэр, бу уһун үйэлэр тухары мунньуммут олохторун үөрэҕэ буолар. Саха дьонугар таҥаралара билигин баар. Киһи таҥара диэн ааттаах. Оҕолору киһи буолууга иитэр, үөрэтэр аналлаах. Арай салайар былаастара суох буолан таҥаралара күүһүрэр кыаҕа аҕыйах. Ханнык баҕарар өй-санаа бэйэтэ мөлтөҕүн курдук сахалар таҥаралара билигин эмиэ мөлтөх.

Сахалар уһун үйэлэрдээх үөрэтиилэрин түмүгүнэн хаан аймах киһи кута-сүрэ аймахтарыгар эрэ көмөлөһөрө биллэр. Былыргы кэпсээннэргэ кэпсэнэринэн улуу, кыахтаах ойуун улахан холоруктары түһэртээн бэйэтин аймаҕын быыһаабыт түбэлтэлэрэ биллэллэр. Атаҕастаммыт киһи улаханнык иэйэн-туойан көрдөстөҕүнэ ойуун кута көмөлөһөр эбит. (7,152).

Дьон олохторугар былыргыттан олохсуйбут үгэстэри тутуһуу, өлбүт дьон уҥуохтарын ытыктааһын өйдөбүллэрэ кытаанахтык ту-туһуллаллара ирдэнэр. Үйэлэргэ олохсуйбут сиэри-туому тутуспаты, кэһиини сөбүлээбэккэ улахан ойууннар сүүнэ холоруктары, этиҥнэри түһэрэннэр, өбүгэлэр үгэстэрин кэспэккэ үөрэтэллэрин суруйааччылар бэлиэтииллэр. (37,147). Ойуун уҥуоҕун ытыктаабакка куһаҕаннык тыллаһар дьону өйдөтөөрү күүстээх холоругу түһэрбитин туһунан кэпсээни Сэһэн Боло эмиэ үлэтигэр киллэрбит. (4,216).

Норуоттары баһылыыр тоталитарнай режимнэр хайа эрэ бэйэлэрин киһилэрин кутун олус улаатыннараннар, үрдэтэннэр улахан, дьон бары итэҕэйэр таҥараларыгар кубулуталлар. Атын норуоттары баһылыыр баҕаларын толорууга бу таҥараларын уонна экономикалара сайдыылааҕын туһаналлар.

Билигин баар улахан таҥаралар бары күүстээх тоталитарнай салайыылар баһылыыр кэмнэригэр үөскээбиттэрэ. Дьон өйө-санаата биир сыалга түмүллүүтүн күүһүттэн таҥаралар күүһүрэн иһэллэр. Сэриитимсийбит былыргы государстволар атын сирдэри сэриилээн ылалларыгар таҥара күүһүн олус туһаммыттара биллэр. Американы арыйан бас бэриннэрии кэмигэр католическэй таҥара дьиэтэ улахан оруолу ылбыта. (41,246).

Россия Азияны сэриилээн ылыытыгар православнай таҥара дьиэтэ кыаҕа баарынан кыттыспыта. Аан маҥнайгы воеводалар Саха сиригэр кэлээт да сахалартан бэйэлэрин итэҕэллэрин ылынааччылары таҥараҕа сүрэхтээн барбыттара. (42,22).

Сахалартан саҥа итэҕэли ылынар дьоҥҥо чэпчэтиилэри оҥороллоро, үс сыл устата араас хомуурдартан уонна нолуоктартан босхолуур туһунан укаас таһааран бэйэлэрин таҥараларын үөрэҕин тарҕатыыга туһаммыттара. (42,72).

Туроктар Европа государстволарын сэриилээн ылан бараннар олохтоохтору күүстэринэн эбэтэр тугунан эмэнэн мэҥиэлээн мусуль¬манскай итэҕэли ылыннараллара. (43,280).

Коммунизм идеятын Арҕаа Европаҕа тарҕатыы фашистскай Германияны кыайыы кэнниттэн кыаллы¬быта. ССРС Европа дойдуларын босхолооһунун кэнниттэн государстволарга салайар былааһы коммунистическай партиялар ылбыттара. (44,97).

Тоталитарнай тииптээх салайыныылаах государстволар бэйэлэрин итэҕэллэригэр кыайбыт норуоттарын күүстэринэн киллэрэллэрэ, араас репрессиялары туһананнар бэйэлэрин таҥараларын итэҕэйээччилэр элбээн иһиилэрин ситиһэллэрэ. Бу быһаарыы табатын “коммунизм” таҥаратын үрэллиититтэн булан ылыахха сөп. 19-с үйэҕэ үөскээбит үлэһит дьон баҕа санаалара, таҥаралара Аан дойдуну баһылыы сатаан баран кыайбакка 20-с үйэ бүтүүтүгэр үрэллэн, мөлтөөһүн кэмигэр киирдэ. Бу итэҕэл бэйэтин кэмигэр улахан кыахтаах тоталитарнай государстволары үөскэтэлээбитэ. Бу государстволарга итэҕэллэрэ уонна салайар былаастара бииргэ кыттыһан үлэлииллэрэ.

Коммунистар итэҕэллэрэ кут-сүр үөрэҕин билиммэт, атеизмы тутуһар этэ. Ол иһин итэҕэллэрэ ситэтэ, Айылҕаттан тутулуга суох буолан үгүс дьоҥҥо таба өйдөммөтө. Итэҕэллэрэ дьон олоҕун сиэригэр, өйдөрүн-санааларын уратытыгар сөп түбэспэтиттэн бу государстволар тутуллара эйэлээхтик уларыйан үгүс өттүлэрэ билигин итэҕэли күүһүлээн туораппат демократия тутулун диэки салалыннылар.

Салайар былаас уонна таҥара дьиэтэ бииргэ үлэлээһиннэрэ күүстээх тоталитарнай, диктаторскай былаас үөскүүрүгэр тириэрдэр. Бары улахан таҥара үөрэхтэрэ баһылыыр былааска бас бэринэн, бэйэ кыратын, кыамматын билинэн көрдөһө, ааттаһа сылдьарга ыҥыраллар. Тоталитарнай, диктаторскай салайыныылаах государстволар норуоттар бииргэ олорууларыгар улахан кутталлары үөскэтэллэрин дьон-аймах ааспыт олохторун остуоруйата дакаастыыр. Ол курдук Улуу Октябрьскай революция хамсааһына былыргы олох үгэстэрин, таҥараларын үөрэхтэрин барыларын ыспыта, үрэйбитэ уонна саҥа итэҕэли үөскэтэ сатаабыта үгүс дьон, государстволар олохторун аймаабыта.

Бары таҥара үөрэхтэрэ кут-сүр үөрэҕэр олоҕураллар. Күүстээх, кыахтаах куттаах-сүрдээх киһи аймах-билэ дьонугар көмөлөһөр кыахтааҕа элбэх дьон итэҕэйэллэрин үөскэтэр. Дьон бары баҕара саныыр санааларын тутуһар таҥара үөрэҕэ сайдар кыахтанар.

Киһи бэйэтэ билбэт туспа таҥарата киниэхэ ханнык да дьайыыны оҥорбот. Таҥара өй-санаа үөрэҕэ буолан бэйэтэ мөлтөх, күүһэ суох. Ханнык баҕарар тоталитарнай былаас сөбүлээбэт итэҕэллээх дьонун хайдах баҕарар күүһүлээн туоратар кыахтаах. Былыргы кэмҥэ араас магтары, колдуннары тааһынан да тамнаан өлөртүүллэрэ, уокка да уматалаабыттара биллэр. Николай Бердяев “Дух и сила” диэн үлэтигэр дьиикэй күүс өйтөн-санааттан быдан күүстээҕин итэҕэтиилээхтик быһаарар. (38,11).

Уруһуйдаммыт таҥара күлүктэрин күүстэрэ олус кыра буолаллар быһыылаах. Коммунистар салайар кэмнэригэр нууччалар сүүһүнэн православнай таҥараларын күлүктэрин суулларан, тэпсэн кэбиспиттэрэ, таҥара дьиэлэрин ыспыттара. Таҥараҕа бэйэтигэр ханнык да күүс суоҕа кырдьык.

Таҥара итэҕэлин күүһэ диэн киһи бэйэтин итэҕэлин, өйүн-санаатын күүһэ буолар. Киһи бэйэтэ төһө тулуурдаах, дьулуурдаах даҕаны ханнык баҕарар кыайыыны ситиһиэн сөп. Киниэхэ өйө-санаата сайдан иһиитигэр аан маҥнай төрөппүттэрэ бэйэлэрин үтүгүннэрэн үөрэтиилэрэ, үчүгэй үгэстэри иҥэриилэрэ, дьонун-сэргэтин, аймахтарын көмөлөрө, сүбэлэрэ, үөрэҕи-билиини баһылааһына уонна киһилии киһи буоларга ыҥырар баҕа санаата тирэх буолар. Үчүгэй киһи курдук таҥара киһиэхэ кини курдук үчүгэй киһи буолар баҕа санааны иҥэрэринэн, үчүгэй киһи буолуу өйө-санаата киһиэхэ үөскүүрүгэр көмөлөһөрүнэн туһата улахан. Ол курдук оҕоҕо, киһиэхэ батыһар, үтүктэр киһилээҕиттэн өйө-санаата үгэстэргэ үөрэнэриттэн туруктаахтык сайдар. Дьону барыларын батыһыннарар, үтүгүннэрэр оруолу киһи курдук көрүҥнээх таҥара оҥорор диэннэр таҥараны аһара улаатыннаран кэбиспиттэр.

Онон, билигин сайдыылаах демократия олоҕор оҕо үчүгэй киһини үтүктэн үчүгэй киһи буола улаатыытыгар туһалыырынан үчүгэй киһи таҥара баара хайаан да эрэйиллэр. Демократия сокуоннарын тутуһар сахалар таҥараларын үөрэҕэ аныгы сайдыылаах олоххо ордук улахан туһалаах буолара сыыйа дакаастанан иһэр.

Хос быһаарыылар.

1. Иллюстрированный энциклопедический словарь Ф.Брокгауза и И.Ефрона. – М.: Эксмо; Форум, 2007. – 960 с.

2. Н.Н.Яковлев. Курууппа ойуун көрүүлэрэ. Дьокуускай: “Бичик” нац. кинигэ кыһата, 1993.- 56 с.

3. Ойуун. Ойууннар норуот номоҕор. Дьокуускай: РНА СО ССНК ТЛИНЧИ, 1992.- 64 с.

4. Сэһэн Боло. Лиэнэҕэ нуучча кэлиэн иннинээҕи саха олоҕо. Дьокуускай: “Бичик” нац. кинигэ кыһата,1994.- 352 с.

5. Предания, легенды и мифы саха (якутов). Новосибирск: “Наука” Сибирская издательская фирма РАН, 1995.- 400с.

6. Детектив и политика. - Вып.3.- Москва: Изд-во “Новости” (АПН), 1990.- 352 с.

7. Г.В.Ксенофонтов. Шаманизм. Избранные труды. (Публикации 1928-1929 гг.) Якутск: Творческо-производстенная фирма “Север-Юг”, 1992.- 318 с.

8. Г.В.Врублевская. 5 уроков по толкованию снов. Санкт-Петербург: “СМИО Пресс”, 1998.- 320 с.

9. Уткин К.Д. Сах саҕаттан. Ытык санаа ыйар ыллыгынан.- Дьокуускай: Бичик, 2000.- 288 с.

10. Сырдык. Таптал биоэнергията. - Дьокуускай: Бичик, 2001. - 96 с.

11. Васильев Ф.Ф. Военное дело якутов.- Якутск: Нац. кн. изд-во “Бичик”, 1995.- 224 с.

12. П.С.Афанасьев, П.А.Слепцов, В.И.Лиханов и др. Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьыта.- Дьокуускай: “Бичик” нац. кинигэ кыһата, 1994.- 264 с.

13. И.М.Сосин. Абааһы туһунан кэпсээннэр. Дьокуускай: “Ситим” КИФ, 1993.- 48 с.

14. Газета “Якутск вечерний”. 5.4.2002 г. N 13.

15. “Чолбон” сурунаал. 2 / 2000.

16. “Эдэр саас” хаһыат. 03.10.2001.

17. Арай биирдэ. Кэпсээннэр. – Дьокуускай: Кэскил, 2007. – 48 с.

18. “Чолбон” сурунаал. N 5, 1992.

19. И.К.Данилов. Саха сирин туһунан номох: Кэпсээннэр. Якутскай: Кинигэ изд-вота, 1986.- 232 с.

20. Николай Якутскай. Алмаас уонна таптал. Сэһэннэр. Якутскай: Кинигэ изд-вота, 1983.- 344 с.

21. Дмитрий Таас. Сэһэннэр. Хос таһаарыы. Якутскай: Кинигэ изд-вота, 1990.- 336 с.

22. П.В.Винокуров. История кэрэһиттэрэ. – Дьокуускай: Бичик, 2004.- 80 с.

23. Гаврильева В.Н. Болугур Айыыта: Сэһэннэр.- Якутскай: Кинигэ изд-вота, 1991.- 192 с.

24. Якутские мифы - Саха өс-номохторо / Сост. Н.А.Алексеев.- Новосибирск: Наука, 2004.- 451 с.

25. И.С.Прудецкай. Сиринэн, тыанан сиэттиһэн... Дьокуускай: “Бичик” нац. кн. кыһата, 1994.- 96 с.

26. Сүүрбэһис үйэ кэпсээнньиттэрэ: Саха прозаиктарын айымньыларын антологията. Дьокуускай:“Бичик”,2000.- 352 с.

27. В.Ф.Трощанскай. Наброски о якутах Якутского округа. Под ред. и прим-ми Э.К.Пекарского. Казань: Типография Императорского Университета, 1911.- 144 с.

28. “Эдэр саас” хаһыат. 19.7.2000.

29. “Эдэр саас” хаһыат. 7.3.2001.

30. Под полярной звездой. Сборник произведений русских, якутских, эвенкийских, эвенских и юкагирских писателей Якутии 20 века. Якутск: Бичик, 2000.- 256 с.

31. “Кыым” хаһыат. Сэтинньи 15 күнэ, 2001 сыл.

32. “Туймаада саҥата” хаһыат. N 49. 15.12.2000.

33. Кондаков В.А. Ойууннааһын эйгэтин кистэлэҥнэрэ. Ойуун эмтиир ньымалара.- Дьокуускай: Бичик, 1998.- 144 с. 34. “Илин” сурунаал. 1998, 1 N-рэ.

35. Календарь 2000. г. Кострома, ООО, ”Тетра К”, 1999.

36. Журнал “Техника молодежи”, N 11, 1987 г.

37. С.К.Захаров - Сиэллээх. Эн сүүс сааскар диэри олоруоҥ! Ахтыы сэһэннэр, кэпсээннэр.- Дьокуускай: Бичик, 2000.- 192 с.

38. “Илин” сурунаал. N 1. 2001.

39. А.Н.Дьячкова. Г.В.Ксенофонтов: ученый и обшественно-политический деятель. Якутск: Изд-во Якутского университета, 2000.- 203 с.

40. Мурад Аджи. Тюрки и мир. Сокровенная история.- Москва: ООО “Издательство АСТ”, 2004. – 649 с.

41. Е.В.Агибалова, Г.М.Донской. История средних веков. Учебник. Москва: “Просвещение”, 1996.- 319 с.

42. Якутия. Хроника. Факты. События. 1632-1917 гг. / Сост. А.А.Калашников. Якутск: Бичик, 2000.- 480 с.

43. История средних веков (в двух томах), т. 2. Учевник. Под ред. С.Д.Сказкина и др. Изд. 2-е, перераб. Москва: “Высшая школа”, 1977.- 336 с.

44. История СССР. (1938-1978 гг.) Учебник для 10 класса. Под ред. чл.-кор. АН СССР М.П.Кима. Москва: “Просвещение”,1980. - 256 с.

ИҺИНЭЭҔИТЭ

Аан тыл

Сырдык уонна хараҥа

Үөһээ уонна аллараа

Өй-санаа арахсыыта

Көстүбэт эйгэ

Үөһээ дойду

Орто дойду

Аллараа дойду

Абааһылар

Абааһыны көрүү

Айыы буолуу

Болугур Айыыта

Болугур Айыытын харыстыахха

Иччилэр

Иччилэргэ үҥүү

Сибиэн

Үөр

Бэриэччик

Ойуун

Удаҕан

Оһол

Олох быата

Ыксаллаах кэм

Кэриэс этии

Үөһээ дойду үөрэҕэ

Киһи уҥуоҕа

Таҥара аата уларыйан иһэр

Таҥара үөрэҕэ – сахалар үөрэхтэрэ

Ынахсыт

Ырай

Итэҕэл үөскээһинэ

Хос быһаарыылар

Иһинээҕитэ

Категориялар: Ааптардар-К. Итэҕэл