Иһинээҕитигэр көс

Оччоҕо саас. Сааскы күн... (Арбита)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Албын көрсүһүү Сүрүн сирэй
(Хоһооннор)
[[|ааптар]]
Эн ханна бааргыный...




Оччоҕо саас. Сааскы күн,
Олус кэрэ күн этэ,
Санаа самнар күлүгүн
Эн эмиэ көрбөт этиҥ.

Оччоҕо саҥа таптал
Сайдан тахсар баар этэ…
Эн ону санаан-ахтан
Мөхсөр сүрэҕиҥ тэптэ…

Бүгүн сүрдээх тымныы түүн,
Халлааны былыт саппыт…
Оҕо сааһыҥ үөрүүтэ
Таптыыр кыыһыҥ арахпыт.

Сааскы кыыһар киэһэҕэ
Эн ол кыыһы күүтэриҥ,
Бүтэй Бүлүү биэрэгэр
Күҥҥүн-дьылгын ыытарыҥ.

Дьоллоох томтор иэнигэр
Кини тиийэн кэлэрэ –
Саныыр санааҥ эйиэнэ
Күлүм гына түһэрэ.

Умнуллубат минутаҥ
Ол курдук кэлэн ааспыт,
Оҕо сааһыҥ үөрүүтэ
Таптыыр кыыһыҥ арахпыт…

Таастаах үрэх сүньньүттэн
Күүгэн алан оргуйбут,
Сааскы дохсун сүүрүктэр
Омуннара уоскуйбут.

Халаан улар баалларын
Тымныы түүннэр сиэбиттэр,
Ити курдук тапталлар
Эмиэ сойор эбиттэр.

Үрдүк үөрүү дьолунан
Кынаттаммыт сүрэххин,
Санаа аалар сорунан
Эрэйдээмэ, сэгэттэй.

Көссөр кундү минуутаҥ
Онон эрэ бүппэтэх –
Эдэр сааһыҥ үөрүүтэ
Инники суолгар элбэх.


1937, атырдьах ыйа, Лена өрүс