Иһинээҕитигэр көс

Оччоҕуна хайыамый (Айыы Уола)

Сахалыы Бикитиэкэттэн — аһаҕас бибилитиэкэттэн
Оччоҕуна хайыамый
 Айыы Уола
Ырыалар
1249Оччоҕуна хайыамый — ЫрыаларАйыы Уола

Оччоҕуна хайыамый

Билэҕин дии таптыырбын,
Билиммэтэрбин даҕаны.
Этиий миэхэ, эн этиий,
Уоллаахпын диэн кистээмэ...

Оччоҕуна хайыамый? -
Оргуй өрө тыныаҕым,
Өссө биирдэ ууруоҕум
Эргиллэммин барыаҕым.

Тоҕо куотар курдуккун?
Атын сири көрөҕүн?
Куттаныма, хомойуо,
Куhаҕаннык саныа диэн...

Оччоҕуна хайыамый? -
Оргуй өрө тыныаҕым,
Өссө биирдэ ууруоҕум
Эргиллэммин барыаҕым.