Оҕо этэ аһаҕас дииллэр... (Умсуура)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

...Оҕо этэ аһаҕас дииллэр:
Көстүбэти көрөр,
Иһиллибэти истэр,
Бэл сатаан кэпсэтэр.

Уонна тоҕо туту да
Өйдөөн хаалбатахпын?
Мин да оҕо дойдутугар
Биһикпин ыйаатаҕым!

Ол аата, Орто дойду
Олуурдаах олоҕо саҕаламмыт.
Көстүбэт эйгэлээх Ол дойду
Эргиппэттии атаарбыт.

...Эдэр саас
Сүрэҕэ аһаҕас,
Кини иэйии тылынан
Саҥарар ээ, табыллан.
Биһиги да эдэр сырыттахпыт.
Оччоҕо тоҕо дьолбут
Соргутун туттарбыт
Тылбытын умуннубут?
Эбэтэр сүрэхпит
Тылыттан маппыт?

Ол аата тапталбыт
Улааттаҕа...
Сүрэхпит быатын
Уһаттаҕа...
Оҕо сааһын өйдөөбөт улахан киһилии
Буруй буолуо дуо бүтэй эттэнии?