Иһинээҕитигэр көс

Оҥоруу кытаанах (Ньукулай Неустроев)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

ОҤОРУУ КЫТААНАХ (Үс төгүллээх романтическай драма)

Жестокие нравы, сударь!
Островский

МАҤНАЙГЫ ТӨГҮЛЭ

[уларыт]

Оонньуур дьоно:

1. Маарыйа — үчүгэй дьүһүннээх эдэр дьахтар.
2. Куочай эмээхсин.
3. Барахсаанап — эдэр, нууччалыы киһи, үөрэхтээх.
4. Тиэхээн — кини доҕоро.
Оонньуур сирдэрэ:

Чараҥ тыа иһэ, антах хонуу, үүт күрүө көстөллөр. Сайын. Им-дьим. Ким да суох.

Маҥнайгы көстүүтэ

[уларыт]

Чараҥ быыһыттан М а а р ы й а ол-бу диэки көрө-көрө, тахсан кэлэр. Баһыгар үрүҥ былааттаах. Сытар мас үрдүгэр кэлэн олорор. Сирэйэ-хараҕа турбут, тугу эрэ иһиллиир.

Маарыйа (соҕотоҕун). Кини манна кэлиэх буолбута ээ, тоҕо биллибэт? (Үөһэ тыынар). О-о, дьэ, киһи эҥин араас буолар ээ! Эрэй туохха тириэрпэт диэтэҥий? Мин сордоох, аҕам оҕонньор күүһүнэн, баттаан-үктээн, мас чоку¬йар акаары киһиэхэ ойох биэрэн, ол-бу киһи сирэйин-хараҕын кэтиирим, көрдөһөрүм кэллэҕэ... Тэҥнэһиэм дуо, хайтах гыныамый? Муҥ маһы кэрийбэт, киһини булар. Онон оҥорбут оҥорууларын, ыйбыт ыйаахтарын хоту сылдьыам буоллаҕа. Аҕам этэр: «Эргэр төнүн, айдааны, сааты оҥорбокко эрэ, баран хаал»,— диир. «Син биир, хайтах да буолтун иннигэр, төттөрү ыытыам», — диир. (Тохтуур). Чэ, ол эрээри оҥоруу билиэ. Кини эппитин курдук, барабын дуу, суох дуу...

Барахсаанап кэлэр.

Иккис көстүүтэ

[уларыт]

Барахсаанап. Хайа, Маарыйа, кэлбит эбиккин дуу? (Аттыгар олорор).

Маарыйа. Кэлиминэ. Тустаах эрэ¬йим буоллаҕа... (Кини сирэйин одуулуур).

Барахсаанап. Даа, буоллаҕа. Туох диэҥий эрэйдэнэр, кыһаллар киһи? Хайа, аҕаҥ оҕонньор туох диир, тугу саҥарар?

Маарыйа. Аҕам оҕонньор этэр: «Эн билигин барбат буоллаххына, биһи¬ги күүспүтүнэн ыытыахпыт», — диир. «Онон, бостуой санааҕын аралдьытыма, ол-бу куһаҕан дьоҥҥо сөрүөстүмэ», — диир. Эйигин: «Тоҕо булар, туох буолбут киһиний?» — диир...

Барахсаанап (күлэр). Булумуна, доҕор! Булуохха булуллар буоллаҕа эбээт. Дьэ, онон, эн хайтах гынаҕын? Туох дии саныыгын? Аҕам сөпкө этэр, саата-суута бэрт буолсу барбатахпына диэҥҥин, бараҕын дуу? Хайтах дуу? Бэйэҥ билиэҥ буоллаҕа, тустаах киһи.

Маарыйа (куһаҕан буолар). Бэйэҥ билиэҥ буоллаҕа диэн, ити хайтах эттэҥий? Оттон эн билиэҥ этэ буоллаҕа дии, эн сүбэлээн-амалаан, быыһы-арды булан биэрдэргин, оччоҕо мин атыны сананыам этэ буоллаҕа дии...

Барахсаанап. Оннугун оннук да, оттон эн бастаан тугу санаан барбыккыный?

Маарыйа (абарбыт киһи быһыытынан). Аҕам миигин, умса анньан туран, күүһүнэн биэрбитэ. Ол уол аҕатыгар улахан биэрэр иэстээх этэ, онтон быыһанаары, миигин хара күүһүнэн, таҥараны-айыыны умнан туран, биэртэ. Ону мин, үөрэҕэ суох, акаары кыыс, хайтах гынан батан кэбиһиэм этэй? Бу киһиэхэ биэримэ диэн, ааттыы, иэйэ-туойа сатаан кэбиспитим. Ийэм да эмээхсин этэ сатаабыта. Ону төрүт истибэтэҕэ.

Барахсаанап. Туох буолбут дьиикэй дьонуй доҕор! (Ойон турар.) Хастара-хаһынан итинник сигилилээх-майгылаах буоллахтара үһү! Бил баһыттан сытыйар диэбиккэ дылы, төттөрү, муҥ эрэ дьон үтүөлэрэ, өйдөөхтөрө ааттаахтар, ити курдук быһыыланар буоллахтара. Тоҕо баҕас кыһыытай, абатай, доҕор. Итинник быһыыларыттан сааталлара буолуо дуо? Кинилэргэ туох итинник кытаанах санааны биэрэрэ буолуой? Бу төрөппүт оҕотун өлүү айаҕар таҥнары анньан биэрэр диэн киһи баар буоллаҕа — ама да бу сир ийэ аньыыны, батталы уйан турарын иннигэр! Итинник дьон хайтах эрэ дууһалаах, сүрэхтээх буоллулар? Көрбүт киһи. (Олорор). Киһи сүрэҕэ таас дииллэрэ, кырдьык ээ.

Саҥата суох олороллор.

Маарыйа. Дьэ, инньэ гынан, мин хайтах сүбэлэннэхпинэ, бу суолтан быыһанабын? Хайа, үөрэхтээх, өйдөөх киһи, абыраа, күн-ый буол. Сороххо сырдык күн тахсыбатаҕын кэриэтэ буолаары гынна. Мин билигин туохтан да харыстанарбын билиминэ олоробун. Эн сибилигин миигин илдьэ да бардаххына — кэрэйимээри гынабын. Бу дойдуга сылдьан, үтүөнү көрөр биллибэт. Миэхэ ханна да син биир. (Үөһэ тыынар). Оҕо эрдэхпинэ, Куочай эмээхсин кэпсиир буолара: мантан тус соҕуруу бэт үтүө киһилээх-сүөһүлээх дойду баар диэн. Ол дойдуну санаатахпына, хайтах эрэ санаам чэпчииргэ дылы гынар. Оттон бу хоту дойдуну санаатахпына, сүрэҕим ыалдьар. Ол курдук, икки саары икки ардыгар биэрэс тэбэн хааллым. Миигин ким быыһыыр үһүө... (Ытамньыйар).

Барахсаанап. Чэ, кэбис, ытаама, Маарыйа. Ытаан даҕаны, аһыннарарыҥ биллибэт. Хата, миигин кытта куоракка барыс. Эргэр төнүннэххинэ, киһи аатыттан ааһыаҥ. Туох айыыҥ иннигэр эн эрэйи көрүөх тустааххыный? Эрэйигэр-буруйугар сырыттыннар ээ, оҥорбут, тэрийбит дьоннор. Туох да иэстэбилэ суох буолбат. Хараҥа суол төһөҕө даҕаны күн сырдыгар күөрэйиэх тустаах. Оччоҕо бар дьон сыаналыахтара — ким буруйдааҕын, ким буруйа суоҕун. Эн, бу суолтан, бу эрэйтэн куотуоххун баҕарар буоллаххына, миигин кытта барыс. Мин, кырдьыгы эттэххэ, биир кыыс оҕону айаҕынан-таҥаһынан дьүдьэппэт киһибин... Маарыйа (үөрбүт). Эн, кырдьык, этэр буоллаххына, мин барсарым кэмнээх буолуо дуо! Туох иннигэр мин бу дойдуга хааламмын эрэйи-буруйу көрүөхпүнүй? Таҥара быыһаатын маннык олохтон!

Саҥата суох өр соҕус олороллор.

Барахсаанап (аргыый аҕай). Маарыйаа, эн мин тугу саныырбын, сүрэҕим туохтан эрэйдэнэрин сэрэйэ саныыр буолаҕын дуо? Маарыйа. Тугун мин сэрэйиэм буоллаҕай? Ол курдук, эн тугу саныыгын?

Барахсаанап. Мин, бастаан эйигин көрөн баран, санаабытым: таас да быыһыгар үчүгэй, кэрэ дьүһүннээх сибэкки үүнэр буолар эбит диэн. Кэнники, билсэн-көрсөн баран, эйигин көрдөхпүнэ, санаам көтөҕүллэргэ дылы гынар, сүрэҕим тэбэр. Ол курдук мин эйигин үчүгэйдик көрөбүн, тоҕойум оҕотун. (Кууһар).

Маарыйа. Ол курдук туох үтүө ааппар эн миэхэ куккун туттардаҥый? Сорох эрэйдэнэрин-муҥнанарын санаан, эчи киһи ити курдук саныыра буолуо диэбэт.

Барахсаанап. Тоҕойуом, мин эйигин бэркэ таптаатым, сүрэхпинэн сөбүлээтим. Онон эн биһикки, хата, бэйэ-бэйэбитин ытыктаһар, таптаһар буолуох. (Кууһан олорон, ууруур, сыллыыр.)

Маарыйа. Ити этэриҥ курдук таптыыр буоллаххына, миигин бу суолтан быыһаа, куоракка илдьэ киир. Арай, миигин абыраатаххына, эн абырыаҥ. Онон...

Барахсаанап. Маарыйаа! (Кытаанахтык). Эн миигин бүк эрэн! Хайтах да буолтун иһин, хайтах да мэһэй¬дээбиттэрин, куттаабыттарын иннигэр, мин эйигин илдьэбин. Ону эн мас курдук эрэн. Кэнники, барар саҕана, ол-бу буола сылдьаайаҕын! Эр санааны ылыныах тустааххын. Маннык суол — оҕо оонньуута буолбатах. Чэ, бэйи, мин барабын, бырастыылаһыах. (Уураһаллар).

Барахсаанап барар.

Үһүс көстүүтэ

[уларыт]

Маарыйа (соҕотох). Аата, буоллаҕа үһү! (Үөрбүт киһи быһыытынан). Ити аата буоллаҕа — ытыыра, күлэрэ икки тэҥ диэн. (Күлэр). Аны мин куһаҕан олохтон, сортон-муҥтан быыһаныам буоллаҕа. Бар дьон туох эрэ дииллэр? Бэккэ гыннар, бу кыыс киһини батыһан барда диэхтэрэ буоллаҕа. Чэ, дьон оннооҕор буолуоҕу оҥороллор. Сорох, эрэйтэн быыһанаары, бу суолу оҥосторо буолуо. Ону үрдүк таҥара билэн турар.

Төрдүс көстүүтэ

[уларыт]

Куочай (чараҥ быыһыттан тахсар). Хайа, тукаам, манна тоҕо олордуҥ? (Сирэйин одуулуур). Туохтан санаарҕаатыҥ, тукаам?

Маарыйа (кыыһырар). Туохтан са¬наар¬ҕаабат буолуомуй? Эрэйдээх-буруйдаах киһи санаата дириҥ, киэҥ буолар. Ону эн барытын ситэн мээрэйдиэҥ суоҕа.

Куочай. Тыый, тукаам, туох диэн эттэҥий?! Мин эрэйдээх, киһи санаатын хайтах диэн мээрэйдиэм буоллаҕай? Бэйэм даҕаны илини-арҕааны билбэт курдукпун. (Тохтуур). Ээ, Маарыйаа, диэбэт даҕаны, били эриҥ киһи кэллэ. Эйигин илдьээри кэллэҕэ буолуо.

Маарыйа (улаханных соһуйар). Туох даа?! Эриҥ кэллэ диигин дуу? Ол кыайар уола тугу көрдөөн кэллэҕэй? Муҥум баар эбит нии!.. (Сирэйин саба туттар).

Куочай. Ээ, тукаам, олус санаарҕаама. Хайа, киһи оҥоруута кытаанах буолар. Таҥара ыйбыт ыйааҕа буоллаҕа. Ону хайтах гыныаҥый? Дьонуҥ даҕаны, сөптөөх буолаарай диэн, тэрийбиттэрэ сатамматах буоллаҕа...

Маарыйа. Оҥоруу кытаанах буола-буола. Ол миигин таҥара туох буруйбар-аньыыбар эрэйгэ анаабытый?

Куочай. Тукаам, таҥара киһини эрэйгэ анаабата буолуо. Ол гынан баран оҥоруу диэн улахан буолар. Дохуобунай аҕабыыттар этэр буолаллара: «Эрэйдээҕи таҥара аһынар»,— диэн. Онон айыы тойон эйигин даҕаны аһынаа ини. Кырдьыга даҕаны, эн туох аньыыны-буруйу оҥорбутуҥ баар буолуой?! Ыраас чыычаах оҕото буоллаҕыҥ дии. Ол гынан баран саха дьахтарын оҥоруута биир буолар. Итинник эрэй-буруй ханна да баар суол. (Тохтууллар).

Маарыйа. Эмээхсиэн, арай мин букатын барбаппын диэн аттыы батан кэбиһиим? Оччоҕо миигин кинилэр тугу гыныахтарай?

Куочай. Тыый, тукаам, инньэ диэн баар дуо?! Кэбис, итинник быһыыны быһыыланыма. Төрөппүт дьон эппиттэрин утары барар сүрэ бэрт. Хайа, бар дьон да истэллэригэр сүрүккэтэ бэт буолсу. Сааты-сууту эмиэ саныахха.

Маарыйа. Суох, эмээхсин, эн туох да диэн туой! Мин ыыра кинини кытта барыам суоҕа. Ол кэриэтин ханна анаабыттарай да, онно сылдьыам. Ол кэриэтин ууга түһэн... Ол эбэтэр кими эмэ кытта куоракка киириэм, кинилэргэ барыам кэриэтин.

Куочай. Тукаам, аньыыны саҥарба даа. Инньэ диэн баара дуо? Эһиги төрүккүтүгэр даҕаны, аныгы бүттүүҥҥүт да олоҕор маннык быһыы диэн суоҕа. Хайа, төрөөбүттэриҥ үтүөлэрин-мааныларын саныах тустааххын. Ити курдук харса суох тыллаһар төрүт сатаммат.

Маарыйа. Суох, эмээхсин, үксү лабаҥхалаама. Эппит тыл биир, санаабыт санаа төлөрүйбэт. Хараҥа былыт күнү сабан кэлэр. Ыраах этиҥ этэр. Куочай. Дьэ, бэрт доҕор! Сананнаҕыҥ баҕас кытаанаҕын... Эмээхсини ыҥыран хаһыытыыллар. Ээ-х, барды-аам. (Барар).

Бэһис көстүүтэ

[уларыт]

Маарыйа (соҕотох). Оо, муҥум-сорум баар эбит нии! Туох иннигэр төрөөммүн, маннык эрэйи көрөн эрэр буоллум? (Ытыыр). Үөһэ үрдүк таҥара баар буолан, абырыа, аһыныа дуо? Аан дойдум иччитэ, көстөр күөх халлаантан тыгар сырдык күнүм, ити мин муҥнанарбын, ытыырбын-соҥуурбун истиэҕиҥ баара дуо? Тоҕо эрэ, эрэйгэ анаабыт курдук, аламай маҥан күнүм хараҥа былыкка састаҕа үһү! Туох миигин истиэ, көрүө баарай! (Ытыыр).

Ыраах кэҕэ этэр.

(Тохтоон, уоскуйан баран). Кэҕэ кыылым, мин санаабын сэрэйбит курдук, тоҕо баҕас эттэҕэ түбэлтэтэй! Ол курдук, туох барыта эрэйгэ анаппыт киһини санаатын батар буоллаҕа. Тоҕо баҕас муодатай?.. (Турар). Ок-сиэ! Ол эрээри, төһө да буолтун иһин, миигин көмүскэһэр киһи баар. Барахсаанап барахсаны таптыыбын даҕаны... Миигин бу суолтан быыһаатаҕына, арай, кини быыһыа. Кинини улаханнык эрэнэбин.

Чаҕылҕаннаах этиҥ кини үрдүгэр соҕотохто этэр. Маарыйа, хаһыытыы түһэн баран, сүүрэн хаалар. Тыал турар. Барахсаанап кэлэр. Ол-бу диэки көрөр. Сирэйэ-хараҕа турбут.

Алтыс көстүүтэ

[уларыт]

Барахсаанап. Хайа, баран хаалбыт эбит дуу? Маарыйаа! Туй-сиэ! Абааһы, арыый да эрдэ кэлэрэ суох. (Олоро түһэр). Дьэ, хайтах гыныах баҕайыный? Эрэ кэлбит диэтилэр. Илдьэ бараары кэллэҕэ. Дьэ, кыһыы эбит доҕор! Хайтах гыммыт киһи бу дьахтары күрэтиэй? (Тугу эрэ саныыр). Хайаатар да сүгүнэ суох буолбат дьон буолуохтара. Дэлэҕэ даҕаны мээлэ кэнниттэн көрөн хаалыахтара дуо? (Күлэр). Ол эрээри уол оҕо туохха төрөөбүппүнүй, мин дьахтары илдьэн көрдөҕүм. Кэнэҕэс дьон кэпсээн оҥостуохтара: оннук киһи урааҥхайа оннук дьахтары күрэтэн баарта үһү диэн. Араас мин таптыыбын да — сокуон буолуох тустаах. Син биир... (Турар).

Т и э х э э н кэлэр.

Сэттис көстүүтэ

[уларыт]

Тиэхээн. Хайа, доҕоор, бу тугу гына тураҕын? Кими кэтээтиҥ? Хайа, биир эмэ кыыһы көһүтэриҥ буолаахтыа ээ. (Күлэр).

Барахсаанап. Ээ, суох, доҕор! Хата, кэл эрэ, манна олор. (Олороллор). Дьэ, доҕор, дьыала кытаатарыгар тиийдэ быһыылаах. Сүбэлээ эрэ, хайтах гыныахха сөбүй? Эн киһи өйдүүрүҥ буолуо. Мин букатын иирэн хааллым.

Тиэхээн (кыһаммыт киһи быһыытынан). Дьэ, билбэтим, доҕор! Хайтах гыныах баҕайы буолла. Били эрэ киһи кэлбит. Дьэ, көрдүм ээ... Барахсаанап. Хайтах киһиний? Кэпсээ эрэ.

Тиэхээн. Дьэ, доҕор, киһи сүрдээҕэ. Быһатын эттэххэ: эн айыы бухатыырын курдуккун, кини абааһы бухатыырын курдук. Сүгүн-саҕын биэрэн ыытыа суох киһи.

Барахсаанап. Кырдьык дуо, доҕоор?! Оттон мас акаары, куһаҕан уол диэбэттэр этэ дуо? Ол хайтаҕый? Тиэхээн. Дьэ, туох да диэбит иннигэр, сөптөөх доҕоргун булсубуккун. Эйигин кытта иэн иҥиирин курдук эрийсэр, мас хайдыбытын курдук туруулаһар оҕо көстүбүт.

Барахсаанап. Эс, суох, доҕор, оннук буолуо суоҕа. Эн сымыйанан этэҕин. Хата, эн биһиги сүбэлэһиэх, хайтах буоларбытын. Кини, бэт да буоллар, биһигини улаханы гынар үһүө. (Күүстээхтик). Оччону көссөн, баччаҕа тиийиллибитэ! Кини саҕаны көрүллүбүтэ буолуо! Миигин олус куттуо суоҕа. Тиэхээн. Ээ, дьэ, кырдьык, оннук даҕаны. Киниттэн баҕас биир кыыс оҕону былдьаныллыа эбээ! Хайа, дьахтар сөбүлүүр дуо?

Барахсаанап. Сөбүлүүрэ кэмнээх буолуо дуо! Дьэ, хайтах сүбэлэһэбит?

Тиэхээн. Эн, кырдьык, дьахтары илдьиэххин саныыр буоллаххына, миэхэ икки үчүгэй атта булан кулу, дьахтары мин илиибэр туттар. Ол гэннэ мин кинини илдьэн да көрүүм. Эрэйбин хойут саныаҥ буоллаҕа...

Барахсаанап (тохтоон баран). Саамай сөпкө эттиҥ! Ол иһин мин эйигин эрэнэр, итэҕэйэр этим. Эн илдьэ баартыҥ гэннэ, мин хайтах буолабын? Тиэхээн. Оттон эн хаалыаҥ буоллаҕа. Хойут аргыстаргын кытта барыаҥ. Онуохаҕа дылы тугу да билбэтэх киһи буолан сырыт ээ. Ол кэриэтин миигин эккирэтэн көрдүннэр, туох тахсар эбит...

Барахсаанап. Чэ, сөп, буоллун даҕаны. Мин аты булабын. Эн миигин бүк эрэн. Билигин баран, дьахтарбын көрсөн, сүбэлэһиим. Ол гэннэ бүтэр. Тиэхээн. Саамай сөп! Мин онуоха дылы бэлэмнэниэм. Барахсаанап. Чэ, илиигин аҕал. (Илии тутуһаллар). Биһиги хайтах курдук дьоммутун биллэриэхпит кинилэргэ! Былыт ааһар. Күн тыгар. Ыраах чаҕылҕан чаҕылыйан баран, этиҥ этэр.

Быыс.

ИККИС ТӨГҮЛЭ

[уларыт]

Оонньуур дьоно:

1. Маарыйа.
2. Xабдьы — кини эрэ.
3. Өлөксөөндөрө оҕонньор — Маарыйа аҕата.
4. Ыстапаанньыйа эмээхсин — кини ойоҕо.
5. Уоһук кырдьаҕас.
6. Куочай эмээхсин.
7. Барахсаанап.
Оонньуур сирдэрэ:

Өлөксөөндөрө оҕонньор дьиэтэ, былыргылыы тэриирдээх ыал. Хаҥас диэки чуулааннаах. Күнүс. Уҥа ороҥҥо X а б д ь ы олорор. Бүрэ дьүһүннээх уол, үрэх баһыныы мааны, сайыҥҥы таҥастаах, аҥалатыҥы быһыылаах. Саҥата да быһыта баттаабыт курдук. Туой киһи сирэйин-хараҕын кэтэһэр. Уот иннигэр Ыстапаанньыйа эмээхсин олорор.

Маҥнайгы көстүүтэ

[уларыт]

Хабдьы (көхсүн этитэн баран). Ийээ, мин Маарыйабын ыла кэллим. Аҕам оҕонньор аҕала тат диэбитигэр, бэт түргэнник кэллим. Ону, барар буоллаҕына, Маарыйа оҥоһуннар үчүгэй буолуо этэ. Онто суох кини кэлбитин гэннэ дьиэбит бэккэ сатайда. Манна да кэлэр улахан орускуоттаах буолар. Киһи санаатаҕын аайы кэлбэт дойдута. Онон сарсын бардарбыт сөп буолуо этэ. Аҕам оҕонньор сотору кэлээриҥ диэбитэ.

Ыстапаанньыйа. Оттон Маарыйа сайылыы кэллим диэбитэ дии. Ол гэннэ хайтах билигин эн кинини батыһан кэллиҥ?

Хабдьы. Суох, оннук буолбатах. Аҕам оҕонньор сөбүлээбэтэҕин үрдүнэн, кини бэйэтэ күүһүнэн кэлбитэ. Барыма диэн этэ сатаан кэбиспитэ, ону төрүт истиминэ кэлбитэ.

Ыстапаанньыйа. Мин тугу билиэхпиний? Кылыныҥ оҕонньорго эт. Биэрбит киһи кини баар дии. Тэрийэн ыыттын ээ киһитин, анаабыт сиригэр.

Хабдьы. Кэбис, инньэ диэмэ, ийээ. Эн тылгын-өскүн тириэрпэт буоллаххына, ити сатаныа суоҕа. Билигин Маарыйаны биэрэн ыыппатаххына, миигин аҕам оҕонньор өлөрүө буоллаҕа. Сүрдээх кытаанах киһи, ытыһын иһигэр сокуоннаах.

Ыстапаанньыйа. Чэ, ол-бу диэмэ. Миигинэ да суох дьаһайан ыытыахтара. Эчи, сорох киһи саҥарбыта ыт да үрбүтүгэр остуойута суох. Таһырдьаттан Уоһук кырдьаҕас, Өлөксөөндөрө оҕонньор киирэллэр.

Иккис көстүүтэ

[уларыт]

Уоһук. Дорооболоруҥ. Хайа, тукаам, тугу биллиҥ? (Дорооболоһор).

Хабдьы. Суох. Эн хайтах олороҕун?

Уоһук. Таҥара көмөтүнэн үчүгэйдик, этэҥҥэ олоробут.

Хабдьы. Дьэ, буоллаҕа. Үчүгэй, доҕор!

Уоһук. Эн хаһан дойдулуугун, доҕоор?

К у о ч а й эмээхсин киирэр.

Хабдьы (ол-бу диэки көрөр). Ким билэр... Сотору бардарбын үчүгэй буолуо этэ. Хойутаатахпына, аҕам оҕонньор кыыһырыа буоллаҕа.

Уоһук. Кырдьык, били мин үөлээннээҕим суостаах да киһи буолуо. О-о дьэ, кырдьаҕас — киһи ахан буолаахтаатаҕа. Хайа, били сокуон мин ытыһым иһигэр баар диирэ кэм да хаала илик ини?

Хабдьы. Дьэ, баар, доҕор! Онтуката билигин да хаала илик.

Уоһук. Былыр, эдэр эрдэҕинэ, хардааччы, модьу санаалаах киһи этэ. Кини тугу эттэ да, быраап буолуох тустаах. Утары эрэ эттэргин, дьэ, тугу хоргутуоҥуй? Кырдьаҕас кэлэн саҕаһалаан да туруо, доҕор. Дьэ, сүрдээх киһи этэ. Ол билигин, кырдьан, намырыйдаҕа буолуо. Көнөкөтүн да оҕотун көрүөҥ этэ! Барахсан, эргитэн-урбатан, иэс-күүс биэртэлээн, оҕуруктаах уол оҕо буоллаҕа. Бука, эдэр эрдэҕиттэн үрэх баһын сүүнэ баайынан аатыраахтаабыта.

Хабдьы. Дьэ, оннук. Эн кырдьыгы этэҕин. Өр соҕус, туохтан эрэ моһуогурбут дьон быһыытынан, саҥата суох олороллор.

Өлөксөөндөрө. Хайа, эмээхсин, кыыһыҥ ханна барда? Тоҕо көстүбэт буолан хаалла?

Ыстапаанньыйа. Баар, чуулааҥҥа. Ханна да бара илик.

Өлөксөөндөрө (көхсүн этитэр). Дьэ, бу, Уоһук кырдьаҕас, биһиэхэ үтүө сүбэҕиттэн бэрис. Биһиги эрэйгэ баран олорор дьоммут. Ону эйигиттэн тоҕо кистиэхпитий? Ити биир кыыс оҕолоохпут, эргэ баран баран, эрин дьиэтиттэн тахсан кэлэн олорор. Ону ити эрэ батыһан кэлбит. Биһиги, төрөппүт ааттаах дьон, бу эргин кытта дойдугар барыс диэн иэйэ-туойа сатаан кэбистибит. Ону төрүт истибэт, олус истиэн да баҕарбат быһыылаах. Хата, ол-бу дьоҥҥо сөрүөстэр. Ити биир урааҥхай, Барахсаанап диэн ааттаах киһи, туой булар. Кини тугу санаан ити курдук быһыыланарын мин сатаан билбэтим. Онон биһиэхэ, төрөппүт ааттаах дьоҥҥо, олус да саата-суута бэрт буолсу — бу курдук соҕотох кэриэтэ оҕобут быһыыланарыттан. Туома, кинини оҕоттон эрэ ордук маанылаан, таптаан ииппит оҕобут этэ. Онтукабыт үтүө быһыыта ити баар. Ону эн, Уоһук, сүбэлээн, тылгар-өскөр киллэрэн, бу дьахтары дойдутугар ыыттар сөп буолуо эбит, туох да айдаана, иирээнэ суох.

Уоһук (тугу эрэ саныыр). Дьэ бэт, доҕор, Маарыйа бэйэтэ бэйэтинэн ити курдук быһыыланара. Киһи истибэтэх, санаан, түһээн да көрбөтөх суола. Эчи, кини ол курдук быһыыланар буоллаҕына, биһигинньиктэр сатаан да ыал буолуохпут суох. Оттон бу сокуоннай эрэ баар эбит дии. Тукаам, эн этэн көрбөтүҥ дуо? Хайа, иһиттэҕинэ, эн тылгын истиэ этэ буоллаҕа.

Хабдьы. Суох. Мин эппитим...

Өлөксөөндөрө. Ээ, суох, ити оҕо эппитин истибэт киһи, доҕор.

Уоһук. Оччоҕо ким билэр, доҕор? Мин да тылбын хотон истэрэ биллибэт. Ол эрээри сүбэлээн көрдөҕүм, эһиги оҕоҕут буолан. Хайа, барыбыт да иннэ буоллаҕа. Маарыйаны ыҥырыҥ эрэ манна.

Өлөксөөндөрө. Эн, Уоһук кырдьаҕас, сөпкө этэҕин. Ыл эрэ, эмээхсин, кыыскын ыҥыр. Манна таҕыстын. Тоҕо дугуйданан хааллаҕай?

Эмээхсин чуулааҥҥа киирэр, Сотору соҕус М а а р ы й а, чуулаантан тахсан, чуулаан муннугар олорор.

Үһүс көстүүтэ

[уларыт]

Уоһук. Тукаам, Маарыйаа, мин этэр тылбын үчүгэйдик өйдөөн иһит эрэ. Кырдьаҕас киһи сүбэтэ хойукку өттүгэр туһалаах буолуо. Бу дьонуҥ даҕаны, эриҥ, биһиги бары эйигиттэн улаханнык, үҥэн-сүктэн туран көрдөһөбүт: билигин эргин кытта дойдугар, тойонуҥ аахха барыс диэн. Маннык быһыы-майгы бар дьоҥҥо сааттаах-сууттаах буолар, таҥараҕа да аньыылаах. Ону эн барытын өйдөөн, сыаналаан көрүөх тустааххын, Маарыйа. Бу курдук быһыы диэн хаһан да биһиги төрүппүтүгэр суоҕа. Хайа, биһиги даҕаны мааны, үтүө, төрүт дьон буоллахпыт, төһө да кырыйдарбыт. Онон мин оҕобуттан улаханнык көрдөһөбүн, ити эппит тылбын истиэ диэн эрэнэбин. Аҕаҥ да кырдьаҕас, эйигин өһөөн, куһаҕаҥҥа тириэрдээри, эргэ биэрбэтэҕэ буолуо. Бу да оҕо бэт төрүт киһи ыччата. Ону эн барытын толкуйдаан көрүөх тустааххын, Маарыйа.

Өлөксөөндөрө. Тукаам, ити кырдьаҕас этэр тылын өйдөө эрэ. Кинини миигиннээҕэр ытыктыах тустааххын: сүрэхтээбит аҕаҥ буолар. Онон, кини эппитин кэннэ, барымынаҕын, эмиэ тиэрэ сигилилэнэ олорума. Сүрэхтээбит аҕаҥ көрдөспүтүн быһа гынарыҥ сөбө суох. Саҥата суох олоро түһэллэр.

Уоһук. Хайа, тукаам, инньэ гынан, туох дии санаатыҥ, ити мин сүбэлээбит сүбэбин? Санааҕын биллэр.

Маарыйа. Санаабын биллэрэрим диэн туох баар буолуой? Барбаппын диэн урут да эппитим, билигин да этэбин. Мин бэйэм ити киһиэхэ баҕаран туран барбатаҕым. Онон төрүт барбаппын.

Уоһук. Кэбис, инньэ диэн баара дуо! Тукаам, саата-суута бэрт буолуо, баран көр.

Маарыйа. Сааты-сууту мин оҥоро иликпин. Оҥорбут да буоллахтарына, атыттар оҥорбуттара буолуо. Өлөксөөндөрө (кыыһырар). Дьэ, ким сааты оҥорбутун булан таһаар ээ! Бэрт эн баар эбиккин дии? Хайа, булан таһаарымына саатаайаҕын! Уоһук. Ээ, кэбис, доҕор, туох баҕайытын эмиэ саҥарсан бардыгыт?

Өлөксөөндөрө. Бэйи, оттон кини булан таһаардын ээ — ким сааты-сууту оҥорбутун. Хата, бэйэтэ дьүһүлэнэ олорор буолбат дуо? Кини ити быһыытыттан саатыа дуо бар дьонтон? Муҥнаах оҕо төрөөн, муҥнаан эрэҕин ээ, тугу этиэм баарай! Уоһук. Ийэтэ эмээхсин, ыл, эн этэн көр. Төрөппүт киһи тылын истиэ Маарыйа, сөптөөҕүн иһиттэҕинэ. Ыстапаанньыйа. Ол мин, акаары, өйө суох киһи, тугу булан этиэмий? Этэн да иһитиннэрэрим суох. Урукку да өттүгэр олус мин тылым тилиннэҕэ диэни билэ иликпин.

Өлөксөөндөрө. Ити киһи, хайтах буолан, тэптэрэ олордоҕой? Иирбит дуу, баҕайы? Ыстапаанньыйа. Итирэ да, иирэ да иликпин. Бэйи, олус кыраларгын куттаама... Уоһук. Доҕоттоор, туох буолуох баҕайытын! Түксү, кэбис, этиһимэҥ. Хата, оҕоҕутун тэрийэн ыытыҥ. Эрэйдээмэҥ. Өлөксөөндөрө. Хотуой, ол-бу буолан эрэйдээмэ, барар буоллаххына, бар! Тоҕо сирэйгин-хараххын кэтэтэҕин? Эн саҕа баар ини!

Маарыйа. Барбаппын диэтим да — биир тыл: төрүт, киһи курдук эрдэхпинэ, барыам суоҕа. Эн да олус тоҕо мөҕөҕүн-этэҕин, төһө да төрөппүтүҥ иннигэр? Тоҕо олус атаҕастыыгын? Туох кистэлэй, эн миигин ити киһиэхэ күүскүнэн ойох биэрбитиҥ буолбат дуо, соҕотох иэскиттэн быыһанарыҥ иннигэр? Ити киһи аҕатын баайыттан тииһинээригин, миигин атыылаабытыҥ буолбат дуо? Ол баҕас кырдьык ини...

Өлөксөөндөрө (ойон турар). Бу хара ыт үрэн эрдэҕин истиҥ эрэ, бар дьон! Абакка-бы-ын! Сордоох оҕолор! Эн өссө барардааххын-барбаттааххын! Мин эйигин мосуораҕын көннөрүөм, хара ыты. Кэл манна! (Маарыйаны харытыттан сиэтэн аҕалан, Хабдьы иннигэр тобуктатар). М а а р ы й а ытыыр. X а б д ь ы ол-бу диэки көрөр.

Дьэ, эргин кытта барсаҕын дуу, суох дуу? Иэҥҥин тарда иликпинэ этэ тарт! (Охсоору гынар). Бэйэҥ көҥүл өттүгүнэн барбат буоллаххына, мин эйигин кэлгийэн туран илдьиэм, хара түөкүнү! Уоһук (туран быыһыыр). Кэбис, доҕор, туох ааттаах буоллуҥ? Бу курдук быһыы диэн тугуй? Тоҕо сүргүнүй эчи! Маарыйаа, тукаам, ытаама, кэл, тур. (Илиититтэн туруору тардар). Маарыйа, ытыы-ытыы, хаҥас диэки барар. Олороллор.

Ыстапаанньыйа. Тоҕо баҕас сүрэй, доҕор, бу киһи быһыыланнаҕа! Аата, эн саҕа күтүөттээх баар ини. Хара буор, сааппаккын даҕаны, итинник быһыыгыттан! Өлөксөөндөрө. Түксү, эмээхсин! Аны эн кэрбиириҥ итэҕэс буолла дуо? Сордоох оҕолор! Таһыттан Барахсаанап көтөн түһэр, ол-бу диэки көрүтэлиир.

Төрдүс көстүүтэ

[уларыт]

Барахсаанап. Дорооболоруҥ! Хайа, бу хайтах буоллугут? (Олорор).

Өлөксөөндөрө.Ол биһиги хайтах буолбуппут эйиэхэ туох наадалааҕый?

Барахсаанап (күүстээх куолаһынан). Наадата ханна барыай, доҕор! Баҕардаҕына, наадалаах да буолуом. Ону эн хайаары гынаҕын?

Өлөксөөндөрө. Бар, таҕыс — киирбит ааҥҥынан! (Турар).

Барахсаанап (ойон турар). Бэйи, аргыый ык! Мин киирбит ааммын билэ-билэ киирбитим. Онон эн олус киһиргээмэ. Мин туох наадаҕа киирбиппин билиэххин баҕарар буоллаххына — ол маннык: мин соҕотох ити Маарыйа көмүскэлигэр киирбитим. Ити төрөппүт оҕоҕун, сүөһүтээҕэр куһаҕаннык тутаргын истэн, ону көрөөрү-билээри кэллим. Итинник быһыыгыттан сааппаккын даҕаны!

Өлөксөөндөрө. Бар, таҕыс, диибин ээ! (Дибдигириир).

Барахсаанап. Тахсыбаппын диибин ээ! (Олорор).

Уоһук. Доҕоор, бу эн, хайтах буолбут киһи, биһигини буллуҥ?

Барахсаанап. Мин эһигини киһи курдук киһи булан олоробун. Дьэ, туох да буоллар, иннибинэн оҕобун! Ону эн тоҕо эппиэттэттиҥ?

Уоһук. Суох, доҕор, мин эйигин эппиэттэппэппин. Ол эрээри, мин санаабар, эн сыыһа быһыыланаҕын — туох да наадата, сыһыана суох суолгар кэлэн иирсэҕин. Бэйэҥ эмиэ мааны, үөрэхтээх киһи курдук эбиккин. Ол гынан баран син сөбүгэр быһыыланар эбиккин.

Өлөксөөндөрө. Тугу лабаҥхалаһа олороҕун, оҕонньоор, ити ыты кытта? Кинини сирэйин бысталаан таһаарыахха! Бар, эмээхсин, уолаттары ыҥыр.

К у о ч а й эмээхсин тахсар.

Бэһис көстүүтэ

[уларыт]

Хабдьы. Эн сөпкө эттиҥ. Бу киһини таһырдьа анньыахха.

Барахсаанап. Ээ, бу эрэйдээх, акаары тойооску, кими эрэ кыайан таһырдьа быраҕаары! Өссө саҥалаах баҕастаах! Маннык да баҕайыга оҕолорун биэрэн эрэйдээтэхтэрэ.

Хабдьы. Хата, кырдьык бырахтараайаҕыный? (Тураары гынар).

Уоһук. Мээлэни саҥарсымаҥ, доҕоттор! Бу эн, дойду киһитэ, дьиэлээх сөбүлээбэт буолтун гэннэ, тоҕо күүскүнэн мэһэмээннэнэҕин?

Барахсаанап (туран эрэ). Дьэ, доҕоттор, мин эһиэхэ сөптөөх атас буоларым буолуо! Бу суолу, таҥара баарына, мээлэ хаалларыам суоҕа. Маарыйаны акаары эригэр илтэриэм суоҕа. Туох иннигэр мин эһигини булбуппунуй? Дьэ, атастаар, сөпкүтүн көрүөм! Бэйи, дэлбэрийэн эриҥ, эһигини баҕас тиэрэ көтөрүм буолуо! Бырастыыларыҥ!

Тахсар. Дьиэлээхтэр бэйэ-бэйэлэрин көрсөллөр.

Алтыс көстүүтэ

[уларыт]

Уоһук. Доҕоттоор, ити туох хара түөкүнүй?! X а б д ь ы (турар). Ити кимий, хайаларай? Туох буолбут киһиний? (Ол-бу диэки көрөр.) Быыс.


ҮҺҮС ТӨГҮЛЭ

[уларыт]

Оонньуур дьоно:

1. М а а р ы й а.
2. X а б д ь ы.
3. Далбарай Сэмэн — үрэх баһын баайа. Хабдьы аҕата.
4. Кэргэн уол (Сүөдэр).
Оонньуур сирдэрэ:

Үрдүк таас хайалаах сир. Хайа анныгар куһаҕан, эрбэҕэй мастаах тыа көстөр. Хайа бэтэрээ өттүнэн хаптаҕай, үрэх уута түһэр аппалаах. Уу көстүбэт. Чочур кэннигэр ураһа төбөтө көстөр. Маарыйа сытар таас үрдүгэр олорор. Бэркэ дьүдьэйбит. Кини аттыгар уу баһар ыаҕас турар. Уҥа-хаҥас өттүгэр хатыҥнаах талах көстөр. Чуумпу, туох да тыас иһиллибэт. Былыттаах күн. Толоон. От-мас барыта санаарҕаабыт курдук буолбут.

Маҥнайгы көстүүтэ

[уларыт]

Маарыйа (соҕотоҕун). Ок-сиэ, оҥоруу диэн кытаанах суол буолар эбит. Эмиэ бу дойду түгэҕэр быраҕыллан хааллаҕым. Туох миигин быыһыай, абырыай? Дьэ, бэрт муҥ-сор эбит оҕолор! Тугу этиэм баарай? Көҥүл, киһилии олоххо анаппатах эрэйдээхпин. Ийэм иһигэр үөскээн сырыттахпына, айыыһыт хотун кыраан, маннык олоххо анаабыта буолуо. Дьоло суох олох диэн бу аата буоллаҕа. Ол эрээри, төрөппүт аҕам кыһарыйан умса анньан биэрбэтэҕэ буол¬лар, мин да үтүө олоҕу булуом этэ, ама да таас хайа быыһыгар олорорго анаппытым иһин. (Тохтуур). Сатахха, кэлбитим гэннэ, тойонум оҕонньор кытаанах үлэни үлэлэтэн өлөрдөҕө үһү, онон мин санаабын түһэрээри. Ол эрээри, бэйи, кини онон миигин илин-арҕаа барбат гына оҥорорун көрүллүө! Кини бэйэлээх, төһө да дэлбэрийдэр, миигин олус итинник быһыытынан көннөрүө суоҕа. (Тохтуур). Били Барахсаанап диэн киһи ханна эрэ тиийдэ? Көр, кини миигин бу суолтан быыһыах буолбута ээ. Ол гынан баран тоҕо эрэ биллибэт. О-о, кини билигин тиийэн баҕас кэллэҕэ дуу! Төһө эрэ үчүгэй буолар этэ. Ыраас халлааҥҥа аламай маҥан күн тахсара буолуо эбээ, ханна эмэ ыраах, үтүө киһилээх-сүөһүлээх дойдуга. Оннук олоххо мин анаппатах эрэйдээхпин. (Умса түһэн, сирэйин саба туттан олорор).

Чуумпу. Ураһа диэки ыт үрэр. Маарыйа, ол-бу диэки көрөн баран, ыаҕастарын тутан, уу баһа барар.

Иккис көстүүтэ

[уларыт]

Өр соҕус буолан баран, хаҥас диэки мас быыһыттан Далбарай Сэмэн аргыый аҕай үөмэн кэлэн, Маарыйа олорбут сиригэр олорор. Куһаҕан таҥастаах, арбы-сарбы дьүһүннээх оҕонньор. Баттаҕа кыырыктыйбыт, бытыга маҥхайбыт. Ол-бу диэки көрөн баран, сири дьөлө одуулаан, сөҥөн олорор.

Далбарай. О-о, дьэ, бэрт үлүгэр, оҕолоор! Биир уоллааҕым сыыһа, ойох ылабын диэн, бэркэ айманна, өллө-хаалла. Сордооххо сото таһа түбэһэр диэбиккэ дылы, киниэхэ, түбэһээри түбэһэн, киһи бөҕө түбэһэн өлөрдө, алдьатта. Туох ону истиэ, өйдүө баарай? Онуоха эбии мин, быһах угун кыстыбатын кэриэтэ, сөрүөстэн өллөҕүм. Сордоох, киһи буолаарай диэн, туохпун даҕаны харыстаабакка биэрэн туран, омук баайын кыыһын ойох ылан биэрдэҕим. Онтукам, биһиэнэ буолаары, кэдэрги сигилилээх, харсаах майгылаах, абааһыттан дуу, айыыттан дуу анабыллаах дьахтар түбэстэҕэ үһү. Сатаатахха, уолум буолуохсут бэйэтэ да илини-арҕааны билбэтэ, акаарыта биир үксүн өлөрдө. Сордооҕуҥ баара, ким тугу этэр да, ол хоту бара сылдьар буоллаҕа үһү. (Тохтуур). Мин, бу дьону кытта уруурҕаһабын диэн, ньочоотурдум, дьадайдым даҕаны. Ону бар дьон, үҥэр үрдүк таҥара билэн турар суола. Уолум ойоҕун баран аҕалбыта аҕыйах хонно да, ойоҕо туой тыаны сирэйдэнэр буоллаҕа үһү. Туой барыан, күрүөн саныыр быһыылаах. Туох кинини тохтотуо баарай?! Бэйи, сөпкүн көрөн иһиллиэ! Эн саҕаны көрсөн, баччаҕа тиийиллибитэ.

Ураһа диэкиттэн X а б д ь ы кэлэр.

Үһүс көстүүтэ

[уларыт]

Xабдьы. Аҕаа, тугу гына олороҕун? Тоҕо дьиэҕэр барбаккын?

Далбарай. Эн үтүө ойоххун кэтээн олоробун. Сордоох оҕолор, чолойо сытыйаҥҥын, бачча сааскар диэри тугу да өйдөөбөккүн, билбэккин ээ. Туохха да наадата суох эрэйдээххин. (Киэр хайыһар).

Xабдьы (сиргэ олорор). Ону мин хайтах гыныамый? Онто да суох Маарыйа сүгүн кэпсэппэт буолла, түүн бииргэ сыппат. Тоҕо эрэ барыан саныыр быһыылаах. Далбарай (үтүктэр). «Барыан саныыр» буола-буола! Маннык баҕайыттан барбат да буолуо дуо! Эн киһигин дуо, нохоо? Эн чиччик, абааһы буолбаккын дуо? Сордоох!

Хабдьы (куһаҕан буолар). Чиччик, абааһы буолбатахпын, киһибин. Оннук буолтум да иһин, мин буруйум буолбатах.

Далбарай. Эн, кырдьык, буруйдаах да буолуоҥ дуо? Сибэтиэй барахсан, эрэйгэ анатан сырыттаҕыҥ дии. Өр соҕус саҥата суох олороллор.

Xабдьы. Аҕаа, мин хайаҕа тахса сырыттым ээ. Ол сылдьан көрдөхпүнэ, табалаах киһи сылдьыбыт суола баар. Туора үрэҕи таҥнары киирэн, үрдүк тааска тахса сылдьан баран, хотунан эргийэн, улахан үрэҕи өрө барбыт. Ол туох сылдьара буолуой, аҕаа?

Далбарай. Билигин онон туох киһитэ сылдьыай? Хайа, туох эмэ кыыл суолун этэриҥ буолаарай, нохоо?

Xабдьы. Суох, аҕаа, чахчы таба суола. Киһи сылдьыбыт, быһыыта.

Далбарай. Ама билигин онон туох киһитэ сырыттаҕай. Бука, алҕас көрбүт баҕайы буолуоҥ ээ.

Xабдьы (кириэстэнэр). Таҥара баарына, кырдьык, аҕаа!

Далбарай. Бу уол иирдэ эбээ! Нохоо, мин эйигин, мээлэ андаҕайбат буол диэн үөрэтэр этим буолбат дуо? Ону эн туоххунан өйдүүгүн? Солуута суохха таҥараны ахтар аньыы буолар ээ. Ону эн өйдүөх киһи буолаахтыаҥ дуо! Эйиэхэ эт да, этимэ да, син биир.

Xабдьы (абарбыт киһи быһыытынан). Таҥара баарына, кырдьык диибин ээ!

Далбарай (ойон турар). Бар, киэр бар, икки харахпар көстүмэ, хара ыт! (Түөскэ анньар).

Хабдьы кэннинэн тэйэр. Кэтэҕин тарбана-тарбана, ымах гынар.

Бар диибин ээ, тоҕо тураҕын? (Олорор).

Хабдьы тэйиччи турар.

Xабдьы. Аҕаа, миигин итэҕэйбэт буоллаххына, бэйэҥ баран көр эбээ. Баҕардаҕына, араас дьиибэ санаалаах дьон сылдьаллара буолуо, ону-маны оҥороору.

Далбарай. Туох суолун кэпсээн эрэр киһи буоллуҥ! Билигин онон туох сылдьыай? Тоҥус сылдьыан эмиэ сатаммат. Туох киһитэ онон сылдьыан сөбүй? (Мунаахсыйар).

Xабдьы. Мин санаабар, дойдуттан киһи тахса сылдьара буолуо. Маарыйа аҕыйах хонуктан ыла бэркэ ону-маны сэргэҕэлиир, түүн аанньа утуйбат: туой үөһэ тыынар, улаханнык санааргыыр быһыылаах. Онон, бараары гынар, быһыыта.

Далбарай. «Санааргыыр» буола буола. Туохтан кини санааргыыр? Оҕото да, эрэ да өлө илик. Бэйэтэ эрэйи-буруйу була сатыыр. Кинини ким да атаҕастыы илик. Баҕайы, аһыммыта буола олороҕун!

Xабдьы. Суох, мин кинини аһынан эппэтэҕим. Хайдах быһыыланарын кэпсиибин.

Далбарай. Чэ, эн миэхэ ол ойоҕуҥ үтүө быһыытын кэпсээмэ! Хайа муҥун салҕан, сылайан да бардым. Кини кэлбитин тухары мин сынньалаҥ олоҕу билэ иликпин. Соруйан, мин аньыым элбииригэр булбут киһи ээ...

Xабдьы. Мин санаабар, Сүөдэр уолу сирэй ыйыппыт киһи тугу эмэ билиэ этэ.

Далбарай. Ол Сүөдэр уолтан тугу ыйытаары гынныҥ? Кинини кытта туох кыттыгастааххыный?

Xабдьы. Кини ону-маны билэрэ буолуо дии саныыбын. Маарыйа кинини кытта соҕотохтуу кэпсэтэр.

Далбарай. Дьэ, бэрт да киһини кытта санаатын холбуур, доҕор оҥостор эбит. Аата, киниэхэ киһи бараннаҕа. Xабдьы (абааһы көрөр). Ол хайтах доҕордоһуой?..

Далбарай. Ээ, эрэйдээх, эн кэлэн, дьахтар хайтах санаалааҕын билиэҥ дуо? Хата, бар, Сүөдэр уолу ыҥыран аҕал эрэ, ханна баарый?

Xабдьы: «Сөп, сибилигин», — диэн баран, уҥа диэки барар. Аньыы төрдө дьахтартан тахсыбыта диэн аҕабыыттар кырдьыгы этэллэр ээ. Киһини дьахтар айыыга, куһаҕан суол төрдүгэр тэбэр. Былыр эмээхсиним, тыыннаах эрдэҕинэ, эмиэ муҥнаан-сордоон биэрэр этэ. Ол төһө да миигин кырбаан, өлүөн иннинэ өлөрдө диэбиттэрин иннигэр. Хайа, кини да кыыс оҕо этэ буоллаҕа, ама билигин буор ийэ баттаабытын иһин. Хата, кини эрдэ өлөн, сынньаннаҕа. Билигин, тыыннааҕа буоллар, эмиэ мин курдук эрэйдэниэ, муҥнаныа этэ. (Тохтуур). Аньыылаах дууһа өлбөт диэн кырдьык ээ, бадаҕа.

Хабдьы, Сүөдэр уол кэлэллэр.

Төрдүс көстүүтэ

[уларыт]

Сүөдэр. Тоҕо ыҥыртардыҥ? Туох баарый? (Тиэтэйбит киһи быһыытынан туттунар).

Далбарай. Бэйи, аргыый доппуруостаа! Туохха бачча тиэтэйдиҥ? Нохоо, кэл эрэ манна олор. (Уол олорор). Сүөдээр, мин эйигин бэркэ таптыыр, итэҕэйэр уолум этиҥ. Онон кырдьыгы этиэ диэн эрэнэбин.

Сүөдэр. Ол тугу ыйытаары гынаҕын, туох баарый?

Далбарай. Бэйи, аргыый, өйдөөн иһит киһи этэрин. Нохоо, тугу эмэ истэҕин дуо?

Сүөдэр. Суох, тугу да истибэппин. Тугу истиэмий мин?..

Далбарай. Бэйи даа, саҥарт! Хайтах киһини саҥарпаккын? Нохоо, ыраахтан туох эмэ иһиллэр дуо?.. Хантан эмэ киһи кэлэ сылдьара буолаарай?..

Сүөдэр. Суох, доҕор. Ол билигин хантан туох киһитэ кэлэрэ баарый? (Маарыйа уу баһан кэлэр. Далбарай көхсүн этитэр).

Маарыйа. Хайа, бу тоҕо мунньуһуннугут?

Далбарай. Ол биһиги мунньустубуппутугар эйиэхэ туох баарый? Туоххун мэһэйдэттиҥ? Бар дьиэҕэр, манна турума!

Маарыйа. Барарбын бэйэм да билэбин. Аргыый күргүйдээ! (Барар).

Далбарай (кэнниттэн дьөлө көрөн хаалар). Акаары! «Барарбын билэбин» буола-буола! Бэйи, холоон да бараа инигин. Нохоо, инньэ гынан, тугу да билбэккин дуо? Хайа, тугу эмэ билэн баран, кистиириҥ буолаарай?

Сүөдэр. Ол мин тугу билиэхпиний? Тугу да билбэппин.

Далбарай. Чэ, кэбис, бараахтаа. Күтүр өстөөх, тугу эмэ билбитиҥ баар үһүө? Сүөдэр барар.

Хастара-хаһынан акаарылара, тугу да билбэттэрэ сордоммут дьон. (Хабдьыга). Нохоо, баран, үлэҕин үлэлээ, тугу гына олордоҥуй? Нохоо, тоҕо барбаккын? Хабдьы барбат.

Бэһис көстүүтэ

[уларыт]

Xабдьы. Мин санаабар, Маарыйа чааһын быһаардаргын үчүгэй буолуо этэ. Кини, бука, барар санаалаах дьахтар буолуо, сүгүн олоруо суоҕа.

Далбарай (абарбыт куолаһынан). Маарыйа чааһын быһаар буола-буола! Ойохтоох эн бааргын дии, онтукаҕын көр-харай эбээ! Миэхэ хайатаары гынаҕын?

Xабдьы. Мин кинини сатаан тохтоторбун билбэппин, тылбын да истибэт. Онон, эн кыһамматаххына, мин эрэйдээх хайтах буолуомуй?

Саҥата суох өр соҕус олороллор.

Далбарай (сымныыр). Дьэ, инньэ гынан, хайтах гынабын? Оттон эр киһигин дии, сүбэтин бул ээ...

Xабдьы. Мин санаабар, Маарыйаны, күһүҥҥү хаар түһүөр диэри, чуулааҥҥа хаайан олортор, син буолуо этэ. Кыһын, кини да буоллар, ханна барыай?

Далбарай (курус гынар). Хайа, нохоо, дууһалаах киһини хаайан олорор сүрэ бэт буолаарай? Эттэҕиҥ баҕас тоҕо сүрэй!

Xабдьы (куһаҕан буолар). Дууһалаах диэн, дууһата мэһэйдиир эбит дии? Инньэ диэн, дууһатын хайтах гынабыт? Сүбэтин бул ээ. Мин чуулааҥҥа хаайартан атыны билбэппин.

Далбарай (мунаахсыйар). Чэ, бэйи, тохтоо, көрөн иһиллиэ. (Турар). Биир кыыс оҕону сатаан иҥиннэрээ инибит. (Барар).

Алтыс көстүүтэ

[уларыт]

Xабдьы (соҕотоҕун). Мин аҕам, төһө да кыыһырдар, өс киирбэх ээ. Син киһи тылын истэр. Бэйи, баран аһыы охсон баран, тыаҕа туһах көрө тахсыахха. (Ыллыы-ыллыы сүүрэн хаалар).

Быыс.