Иһинээҕитигэр көс

Паркаҕа (Арбита)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Даачаҕа Сүрүн сирэй
(Хоһооннор)
[[|ааптар]]
Бүгүн миэнэ бастыҥ баҕам...



Паркаҕа


Пааранан дьаарбайар паркабыт
Маанылаах таҥаһын таҥныбыт,
Баар күндү барчатын, баархатын
Бар дьоҥҥо барытын өҥнүбүт.

Туочунай хардыынан үктэнэр
Чочуонай үчүгэй чулкулар,
Аллея кырыһын үрдүнэн
Харахпар элэҥнии турдулар.

Мин ол муннукка, ити ааҥҥа
Кэтиибин уһун күн тухары –
Туохтан да туйгун, идеальнай
Дьикти кырасыыбай дьахтары.

Күн аайы, түүн аайы кэтиибин,
Ол тоҕо кэтиирим буолуоҕай? –
Бүгүн бу суруйар истииҕим
Киһилии тахсыаҕын баҕаран.


1938