Российскай Федерация холуобунай кодекса
УОПСАЙ ЧААҺА
[уларыт]I САЛАА.ХОЛУОБУНАЙ СОКУОН
[уларыт]1 баһа Российскай Федерация Холуобунай кодексын соруктара уонна бириинсиптэрэ
[уларыт]1 ыстатыйа. Российскай Федерация Холуобунай суута-сокуона
[уларыт]1. Российскай Федерация Холуобунай суута-сокуона бу Кодекстан турар. Холуобунай эппиэтинэһи көрөр саҥа сокуоннар бу Кодекска киириэх тустаахтар. 2. Бу Кодекс Российскай Федерация Төрүт сокуонугар итиэннэ норуоттар икки ардыларынааҕы быраап уопсай билиниллибит бириинсиптэригэр уонна нуормаларыгар олоҕурар.
2 ыстатыйа Российскай Федерация Холуобунай кодексын соруктара
[уларыт]1.Бу Кодекс соруктарынан киһи уонна гражданин быраабыгар итиэннэ көҥүлүгэр, бас билиигэ, уопсастыба бэрээдэгэр уонна уопсастыба куттала суох буолуутугар, тулалыыр эйгэҕэ, Российскай Федерация Төрүт сокуонун тутулугар буруйу оҥорор суудайыылартан көмүскээһин, киһи-аймахха эйэни уонна куттал суох буолуутун хааччыйыы, ону тэҥэ буруйу оҥорууттан сэрэтии буолаллар. 2.Ыйыллыбыт соруктары олоххо киллэрэргэ бу Кодекс холуобунай эппиэтинэс төрүтүн уонна бириинсиптэрин олохтуур, лиичинэскэ, уопсастыбаҕа эбэтэр судаарыстыбаҕа ханнык кутталлаах дьайыылар буруйу оҥоруунан билиниллэллэрин быһаарар уонна буруйу оҥоруу иһин накаастабыл көрүҥүн уонна холуобунай-правовой майгылаах атын миэрэлэри олохтуур.
3 ыстатыйа Сокуоннас бириинсибэ
[уларыт]1.Дьайыы буруйа уонна ол буруйга тардыллыан төһө сөптөөҕө, атын да холуобунай-правовой содуллара бу Кодексынан эрэ быһаарыллаллар. 2.Холуобунай сокуону ханыылаан көрөн (по аналогии) туттар көҥүллэммэт.
4 ыстатыйа Гражданнар сокуон иннигэр тэҥ буолууларын бириинсибэ
[уларыт]Буруйу оҥорбут дьон сокуон иннигэр бары тэҥнэр уонна холуобунай эппиэтинэскэ эр киһититтэн, дьахтарыттан, араасатыттан, омутуттан, тылыттан, төрдүттэн-ууһуттан, баайыттан-дуолуттан уонна дуоһунаһыттан, олорор сириттэн, итэҕэлгэ сыһыаныттан, итэҕэбилиттэн, уопсастыба ханнык холбоһугар турарыттан уонна да атын түгэннэртэн тутулуга суох тардыллаллар.
5 ыстатыйа Буруйу оҥоруу бириинсибэ
[уларыт]1.Уопсастыбаҕа кутталлаах уонна кутталлаах содуллаах дьайыы (дьайбат буолуу) иһин холуобунай эппиэтинэскэ буруйу оҥорбута биллибит эрэ киһи тардыллар. 2.Буруйа суохтан тахсыбыт хоромньу иһин холуобунай эппиэтинэскэ тардыы көҥүллэммэт.
6 ыстатыйа Кырдьыктаах буолуу бириинсибэ
[уларыт]1. Буруйу оҥорбут киһиэхэ туттуллар накаастабыл уонна холуобунай-правовой майгылаах атын да миэрэлэр кырдьыктаах буолуохтаахтар, ол эбэтэр буруйу оҥоруу уопсастыбаҕа кутталын майгытыгар уонна истиэпэнигэр, оҥоһуллубут быһыытыгар-майгытыгар итиэннэ буруйдаах лиичинэһигэр сөп түбэһиэхтээхтэр. б 2. Ким да биир буруйу оҥоруу иһин икки төгүл холуобунай эппиэтинэһи сүгүөн сатаммат.
7 ыстатыйа Киһилии буолуу бириинсибэ
[уларыт]1.Российскай Федерация Холуобунай суута-сокуона киһиэхэ куттал суох буолуутун хааччыйар. 2.Буруйу оҥорбут киһиэхэ туттуллар накаастабыл уонна холуобунай-правовой майгылаах атын миэрэлэр киһи достоинствотын түһэрэр эбэтэр киһини эт-хаан өттүнэн эмсэҕэлэтэр сыала суох буолуохтаахтар.
8 ыстатыйа Холуобунай эппиэтинэс төрүтэ
[уларыт]Холуобунай эппиэтинэс төрүтүнэн бу Кодексаҕа көрүллүбүт буруйу оҥоруу састаабын ханнык баҕарар бэлиэтэ баар дьайыыны оҥоруу буолар. 2 баһа Холуобунай сокуон кэмҥэ-кэрдиискэ уонна эйгэҕэ дьайыыта
9 ыстатыйа Холуобунай сокуон кэмҥэ-кэрдиискэ дьайыыта
[уларыт]1.Буруйу оҥоруу уонна буруйга тардыллыы ол дьайыы оҥоһуллубут кэминээҕи холуобунай сокуонунан быһаарыллар. 2.Буруйу оҥоруу буолар бириэмэтинэн, содула хаһан буоларыттан тутулуга суох, уопсастыбаҕа кутталлаах дьайыы (дьайбат буолуу) буолар бириэмэтэ билиниллэр.
10 ыстатыйа Холуобунай сокуон төттөрү күүһэ
[уларыт]1. Буруйу оҥорор дьайыыны туоратар, накаастабылы сымнатар эбэтэр атын да көрүҥүнэн буруйу оҥорбут киһи балаһыанньатын 7 чэпчэтэр холуобунай сокуон төттөрү күүстээх, атыннык эттэххэ, туһааннаах дьайыылары маннык сокуон күүһүгэр киириэр диэри оҥорбут, ол иһигэр накаастабылы боруостуур эбэтэр боруостаабыт, ол эрээри суутунан буруйдана сылдьыбыт дьоҥҥо тарҕанар. Накаастабылы күүһүрдэр эбэтэр атын да көрүҥүнэн киһи балаһыанньатын мөлтөтөр буруйу олохтуур холуобунай сокуон төттөрү күүһэ суох. 2. Өскөтүн саҥа холуобунай сокуон накаастана сылдьар киһи дьайыытын чэпчэтэр буоллаҕына, маннык накаастабыл саҥа холуобунай сокуонунан көрүллүбүт болдьох иһинэн кылгыахтаах.
11 ыстатыйа Холуобунай сокуон Российскай Федерация сиригэр-уотугар буруйу оҥорбут дьоҥҥо сыһыаннаах дьайыыта
[уларыт]1.Российскай Федерация сиригэр-уотугар буруйу оҥорбут киһи бу Кодексынан холуобунай эппиэтинэскэ тардыллар. 2.Российскай Федерация сиригэр-уотугар баар ууга эбэтэр салгыҥҥа оҥоһуллубут буруйу Российскай Федерация сиригэр-уотугар оҥоһуллубутунан билиниллэр. Бу Кодекс дьайыыта континентальнай шельфкэ уонна Российскай Федерация ураты экономическэй зонатыгар оҥоһуллубут буруйдарга тарҕанар. 3.Өскөтүн Российскай Федерация норуоттар икки ардыларынааҕы дуогабарынан атын көрүү суох буоллаҕына, Российскай Федерация тас өттүгэр аһаҕас ууга эбэтэр салгыҥҥа сыддьар Российскай Федерация хайа эмэ пордун суудунатыгар буруйу оҥорбут киһи бу Кодексынан эппиэтинэскэ тардыллар. Бу Кодексынан Российскай Федерация байыаннай хараабылыгар эбэтэр салгын байыаннай суудунатыгар буруйу оҥорбут киһи, кинилэр ханна сылдьалларыттан тутулуга суох, эмиэ холуобунай эппиэтинэһи сүгэр.
4. Атын судаарыстыбалар дипломатияҕа бэрэстэбиитэллэрэ уонна иммунитетынан туһанар атын гражданнар холуобунай эппиэтинэстэрин туһунан боппуруос, бу дьон Российскай Федерация сиригэр-уотугар буруйу оҥорор түбэлтэлэригэр, норуоттар икки ардыларынааҕы нуормаҕа сөп түбэһиннэрэн быһаарыллар.
12 ыстатыйа Холуобунай сокуон Российскай Федерация тас өттүгэр буруйу оҥорбут дьоҥҥо сыһыаннаах дьайыыта
[уларыт]1.Российскай Федерация тас өттүгэр буруйу оҥорбут Российскай Федерация гражданнара уонна Российскай Федерацияҕа бастайааннайдык олорор гражданствота суох дьон, өскөтүн кинилэр дьайыьшара ол судаарыстыбаҕа буруйу оҥоруунан уонна кини сиригэр-уотугар оҥоһуллубутунан билилиннэҕинэ, ону тэҥинэн өскөтүн бу дьон атын судаарыстыбаҕа сууттана сылдьыбатах буоллахтарына, бу Кодексынан холуобунай эппиэтинэскэ тардыллаллар. Ыйыллыбыт дьону сууттуурга омук судаарыстыбатын кини сиригэр-уотугар оҥоһуллубут буруйу оҥоруу иһин сокуонунан көрүллүбүт накаастабыл мунугуур саансыйатын аһарар табыллыбат. 2.Өскөтүн Российскай Федерация норуоттар икки ардыларынааҕы дуогабарынан атын көрүү суох буоллаҕына, Российскай Федерация тас өттүгэр баар Российскай Федерация байыаннай чаастарыгар сулууспалааччылар атын судаарыстыба сиригэр-уотугар оҥорбут буруйдарын иһин бу Кодексынан холуобунай эппиэтинэһи сүгэллэр. 3.Российскай Федерация тас өттүгэр буруйу оҥорбут Российскай Федерацияҕа быстах олорор атын омук гражданнара уонна гражданствота суох дьон буруйу оҥоруулара Российскай Федерация интэриэһин утары хайысхалаах түбэлтэтигэр итиэннэ Российскай Федерация норуоттар икки ардыларынааҕы дуогабарынан көрүллүбүт түбэлтэтигэр, өскөтүн кинилэр атын омук судаарыстыбатыгар сууттамматах уонна Российскай Федерация сиригэр-уотугар холуобунай эппиэтинэскэ тардыллар буоллахтарына, бу Кодексынан холуобунай эппиэтинэскэ тардыллаллар.
13 ыстатыйа Буруйу оҥорбут дьону биэрии
[уларыт]1.Атын омук судаарыстыбатын сиригэр-уотугар буруйу оҥорбут Российскай Федерация гражданнара ол судаарыстыбаҕа бэриллибэттэр.
2.Российскай Федерация тас өттүгэр буруйу оҥорбут Российскай Федерация сиригэр-уотутар баар атын омук гражданнара уонна гражданствота суох дьон Российскай Федерация норуоттар икки ардьшарынааҕы дуогабарыгар сөп түбэһиннэрэн, холуобунай эппиэтинэскэ тардылларга эбэтэр накаастабылы боруостуурга атын омук судаарыстыбатыгар бэриллиэхтэрин сөп.