Иһинээҕитигэр көс

Саас бэл дулҕа сиэлэ... (Умсуура)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Саас бэл дулҕа сиэлэ —
Кынаттаахха уйа бэрдэ.
Хагдаҥ отун силэйэ
Күөҕэ үтэр бэргэһэ...

Чээн! Сааскы тиллии,
Бэргэһэлэнии!
Эбир-чуоҕур сымыыттар
Эриэн оҕонон быыһаммыттар.

«Бу дулҕа, — диир былдьырыыт, —
Сылын ахсын хаардыыр төҥүргэскит,
Имэҥнээх тапталгыт бугула,
Сайгытыттан хаалбыта».
Ама?!
Сутуругу санатар үүнээйи
Эн биһикки сүрэхтэрбит?!
Өйдүүгүн: бу күөл суоҕа дии...
Оччо үгүс хаары ууллардыбыт?

Элбэх да дулҕа сиэллэммит!
Ол да иһин Эдэр сааспыт,
Ньургуһуннаах кырдалбыт
Эн биһиккини мэлдьэспит!