Иһинээҕитигэр көс

Саас иһэр (Күннүк Уурастыырап)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

(Оҕобор Володяҕа)
 
Үөмэхтэһэн,
Үөрүҥ-көтүҥ!—
Сарпа сарыал
Саһарҕатын
Саҕахтарга
Сандаарпахтаан,
Саха киһи санаатын
Сайаҕастай иэйиинэн
Сайа сайҕаан,
Саас иһэр!
Быдан ыраах
Быраһаай буол,
Аргыар кыһын,
Аакка киирбит
Аан-даамнаах,
Аар туман тымныыгыныын,
Уһун түүҥҥэ
Уйуһуйан,
Урааларга, ытыы-соҥуу,
Улуйбахтыыр тыалгыныын!
Илэ-чахчы
Истэргэ дылыбын
Толон ардах
Доҕуһуоллаах,
Тостор этиҥ
Тоҕо күүрэн этэрин,
Буолак аайы
Бурдук ыһар
Мотуор тыастаах
Модун үлэ ньиргиэрин.
Көрөр курдукпун
Кенньүөс торҕо урсуннаах,
Тупсан сиппит
Долгун күөхтээх толоотторбун
Күнүм уота,
Күлэ-үөрэ, ууруурун
Уонна онно
Оттуу сылдьар
Оҕо дьонноох
Отуу уотун буруотун.
Урутунан
Уруйдуобуҥ,—
Үргэн көппүт
Үрүҥ хабдьы
Кынаттарын санатар
Кылыбырас мөһүүрэлээх,
Үчүгэйкээн Үрүйэчээн,
Саамай бастаан тыгыалыыр,
Сааскы сырдык сүүрээнин!