Иһинээҕитигэр көс

Саввин Степан Афанасьевич-Күн Дьирибинэ олоҕун уонна айар үлэтин туһунан сэдэх суруйуу

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Степан Афанасьевич Саввин-Күн Дьирибинэ саха литературатыгар сатирик бэйиэт, хомоҕой тыллаах үгэһит быһыытынан киирбитэ. Кини норуот поэзиятын хоһуйар ньымаларын ойуулуур кырааскаларын тус бэйэтин айар үлэтигэр дьүөрэлээн, хаайыы эрэйин, сорун-муүун көрбүт, сэрии суоһун-суодалын этинэн-хаанынан билбит ыарахан дьылҕалаах киһи диэтэххэ көр-күлүү, үгэ курдук уустук жанры төрүттээбитэ, сахалыы сатирическай поэзияны сайыннарбыта дьикти. Критик К.Л. Зелинскэй бу курдук эппит: “Своей меткостью и остротой они сразу привлекли внимание читателей. Автор изобличал врагов Советской власти, бичевал во имя утверждения нового, уродливые пережитки предрассудки и пороки старого общества”. Үгэлэрэ биир тыынынан ааҕыллар сытыы, уус-уран күлүүс тыллаахтар, иитэр-үөрэтэр ураты тыыннарын сүтэрбэттэр. Онон сүнньүнэн маннык бэлиэтээһиннэри оҥоруохха сөп: омсолоох быһыыны-майгыны саралааччы тыл маастара; айар үлэтэ кини бэйэтин олоҕун кэрдиис кэмнэригэр сөп түбэһэр. П.А. Ойуунускай эппитинии, “Куһаҕаны куттуурга кутаа уот тыллаах” биир маҥнайгынан саха дьадаҥы киһитин сырдык инникитин иһин хорсуннук турууласпыт тыл маастара. Кини кыргыттара быраас Марияны (аҕата таптаан ыҥырарынан “Довоенная”) уонна бибилэтиэкэр идэлээх Людмиланы (“Послевоенная”) кытта ирэ-хоро сэһэргэстибит.

Сэрии охсуута

- Аҕабыт гражданскай сэриигэ сылдьан Алдантан cатыы Чурапчыга кэлбитигэр ийэтэ маҥнай билбэтэх. Оччо буолуор диэри дьүдэйбит. Ырбаахыта этигэр сыстан хаалбытын көлбүһүөҕүнэн аалан нэһиилэ сууннарбыттара эбитэ үһү. Сэриини кэпсээбэт туһунан мэктиэ сурук биэрбит быһылаах эбит диэн кэлин сэрэйэ саныыбыт. Эрэпириэссийэ кытаанах ытарчатыттан босхолонон, хаайыыттан тахсан баран биирдэ 1939 с. Лаанаҕа оҕо көстүүмүн атыылаһа сылдьан ийэбитин Мария Митрофановна Бурцеваны «Детскэй мир» маҕаһыыҥҥа көрсө түспүт. Ону көрөн ийэбит «эн оҕолордооххун дуо» диэн ыйыппытыгар аҕабыт «суох, балыспар Саргылаанаҕа» диэн симиктик хоруйдаабыт. Саргылаана ону наар кэпсиирэ. Кини Ойуунускай куопуйата этэ, онон аҕабыт олус сөбүлүүрэ.

Аҕа дойдуну көмүскүүр улуу сэрииттэн кэлэн баран хаһан да сааны ылбатаҕа, бэл, булка сылдьыбатаҕа. Бу алдьархайдаах кэм оннук күүскэ охсубут этэ. Кини үлэлээбит издательствотыгар “Алта ыйтан ордукка передовой позицияҕа сырыттым. Онно ураты Сталин куоратын көмүскүүр саҕана түгэн суоҕа... Сэрии туһунан бэйэҕит да бэркэ билэргит буолуо. Бэрт кытаанах суоһар сэрии. Быһатын эттэххэ, олоҥхо бухатыырдара охсуһалларын курдук сир-халлаан киэбэ барыта хамсыырга дылы...” диэн 1942 с. суруйбута. Сэрии кэмигэр ийэбит бибилэтиэкэҕэ үлэлээбитэ. Бириистэҥҥэ дьахталлар чох сүөккүүллэрин, илистиилээх ыарахан үлэ эбитин хойукка диэри санаан кэпсиирэ.

Аҕабыт эдэркээн кырасыабай баҕайы ньиэмэс уола утары сүүрэн истэҕинэ, тааҥканан тэбистэрбиттэрин көрөн, олус дьулайбытын санаан хараастар этэ. Сэрии буоллаҕа... Мин этэрбэспин илдьэ сылдьан сөп-сөп сыттаан, сыллаан ылара үһү. Ол киниэхэ күүһү-уоҕу биэрбитэ, ымыы курдук харыстаабыт буолуохтаах. 1945 с. сэрии бүтэн Харьковтааҕы училищеҕа ыытаары гыммыттарын “дойдубар барабын” диэн буолумматах. Аҕам сэрииттэн кэлбит түгэнэ диэни бэрт кылгастык лоскуй-лоскуй эрэ өйдүүбүн. Кэлээт да, үлэлээбит издательствотыгар тиийбит (биһиги ол тиэргэнигэр Октябрьскай уул., 4 нүөмэригэр олорорбут). Ийэм ону истэн сүүрэн аҕай тиийбитигэр ким эрэ “тоҕо уураспаккыт” диэн ыйыппытыгар, хап-сабар кытаанахтык «онтон» диэбит. Оччотооҕуга мин 4 саастааҕым. Түннүкпүт аһаҕас турарынан аҕам кэлэн иһэрин аан маҥнай көрбүтүм. Кыараҕас дьиэбит иһигэр орон, остуол, биир устуул уонна дьааһыктар эрэ бааллара. Кэпсээнтэн кэпсээн. Аҕабыт ааттаах ууһут эбитэ үһү. Сайсары күөлү холкутук харбаан туоруур кыахтааҕа. Кини ууга түспүт хас да киһини быыһаан турардаах. Холобур, худуоһунньук Петр Романовы уонна сэриигэ сылдьан, Дону туоруур кэмнэригэр нуучча саллаатын быыһаабыт. Ол киһи кэлин наар киниэхэ суруйара. Атаҕынан лаппа кыанар киһи, бэртээхэй кылыыһыт этэ. Биир нуучча саллаата атаакаҕа сүүрэн истэхтэринэ гражданскай сэриини ааспыт сааһыран эрэр киһи атаҕар кыахтааҕын көрөн: “Якут, ты хорошо бегаешь” диэбитэ үһү. Балыһа Акулина Николаевна кэпсээбитинэн, биир ыһыахха кылыйсан кимиэхэ да иннин биэрбэтэх. Оҕонньоттор ону көрөн, “бу оҕону харыстыахха наада эбит” диэн, кэлин ханна да оннук кытыннарбатахтар. Кырдьыга да, ол иһин аҕата аах 16 оҕону төрөппүттэриттэн үс эрэ оҕо орпутун Бииктэри уонна Маарыйаны абааһыттан күрэтэннэр таайдарын аахха ииттэрэ биэрбиттэр.

Оччотооҕу олохтон

- Аҕам наар суруйан тахсара. Бу кэмҥэ элбэх айымньыны тылбаастаабыта (Горькайы, Твардовскайы о.д.а.). Эрдэ баҕайы туран суруксуттаабытынан барара. Ийэбитин кытта элбэхтик кэпсэтэрэ. Тугу суруйбутун эҥин хаһан да кэпсээбэт идэлээҕэ. Мин кини туһунан өйдөөн хаалбытым диэн, олус саҥата суох, туох эрэ санньыар санаа күлүгэ түспүт курдук сөҥүөрэн сылдьара дьикти кистэлэҥ буолан көстөрө. Люся төрөөбүтүгэр сыарҕаҕа уу кыһыл оҕону көтөхпүт ийэм уонна аҕам кэлбиттэрин өйдүүбүн. Аҕам сэриигэ баран миигин көрсүбэтэх буолан, баарыгар күн сирин көрбүт кыысчааныттан үөрбүт, астыммыт сирэйэ субу көстөн кэлэргэ дылы. Биһиги бэйэбит олбуордаах этибит. Дьиэҕэ балыспыныын наар иккиэн эрэ хааларбыт. Аҕабыт синиэлин үрдүгэр олорон оонньуурбут. £ссө ботуоҥка суумкалааҕа. Ону Тася (Ойуунускай кыыһа Сардаананы биһиги бары итинник ыҥырарбыт) оскуолаҕа үөрэнэригэр илдьэ сылдьара. Ол кэмҥэ кини биһиэхэ олорбута. Балтым «аһыахпын баҕарабын» диирин, мэниктээн, оройбунан көрөн, аһатар-аһаппат быһыылааҕым. Онон олох дьүдэйэн, аһааҕыран аҕабыт уоппуска эҥин ылан көрбүтүн туһунан ийэбит кэпсиир буолара. Аһылыкпыт диэн наар хортуоппуй этэ. Кып-кыра бытархай хортуоппуйу ыраастыыр үлэлээх буоларбыт. Оннук бытархай буолан сүрэхпэр астаран, “дьэ улааттахпына бу аһы сиэм суоҕа” диирим. Мин сэллигинэн ыалдьан өр кэм балыыһаҕа, санаторийга сыппытым. Арааһы айан кэпсиир идэлээҕим. Ону биирдэ аҕам “албыннаан кэпсээмэ” диэбитин кэннэ сабыллан хаалбыппын. Баҕар тугу эмэ суруйуох, айыах киһи бүттэҕим ол...

Доҕотторо

- Ыалларбыт Мординовтар, Кулачиковтар, Сивцевтар, Новиковтар о.д.а. этилэр. Икки этээстээх мас дьиэҕэ олорорбут. Элбэх ыал ыаллыы олорто да, ол саҕанааҕы дьон хаһан да улаханнык саҥарсыбат үгэстээхтэрэ. Биһиэхэ бары сылдьар этилэр. Биирдэ Сергей Зверев кэлэн хоммутун өйдүүбүн. Аҕабытын кытта кэпсэтэн-кэпсэтэн баран биһиги хоспутугар кэлэн сыппыта. Утуйа сытан түүнү быһа ыллаабыта. Онтон сарсыарда аҕабыт туран үлэтигэр барбыта. Киэһэ кэлэн эмиэ истибитэ. Онтон түүн эмиэ ыллаабыта. Баал Хабырыыс, Исай Никифоров, Иван Гоголев-Кындыл Уйбаан, Серафим Кулачиков-Эллэй куруук сылдьаллара. Хаһан да ыалдьыта суох буолбат этибит. Иван Гоголев сырдык, эйэҕэс киһи этэ. Уола ууга түһэн өлбүтүн кэннэ олох атын буолан хаалбыта. Мин кинилэргэ олоро сылдьыбытым. Аҕам кэпсээннэриттэн географ Сенькин ойууннуур дьоҕурдааҕын кэпсиирин өйдүүбүн. Остуолу хаамтаран, эһэ, сибиинньэ киллэрэрин сөҕөрө. Валерий Чиряев тыыннааҕар наар сылдьара, аҕабытын кытта бииргэ утуйаллара. Ол сытан Евгений Онегин хоһооннорун истэрин олус сөбүлүүрэ. Доҕоро аҕабыт бохоруонатыгар түүнү быһа хоһооннорун нойосуус аахпыта. Аҕабыт өлбүтүн кэннэ Серафим Романович кэриэстээн, биэс сыл устата наар сылдьыбыта, онтон бэйэтэ өлөр сылыгар, 1976 сыллаахха, тоҕо эрэ олох кэлбэтэҕэ. Хайдах эрэ онно көрсүөхпүт диэбит курдук. Биһиги ону ийэбитин кытта саамай элбэхтик сылдьар ыалдьыппыт буолан күүтэр этибит. 1953 с. доҕотторо Илья Алесеевич Будищев, Герасим Тимофеевич Дягилев хаайыыттан илбирийбит сиэрэй халтаҥ уһун сонноох, санныгар мөһөөччүк сүгэһэрдээх дьон кэлбиттэрэ. Дьоно Герасимы олус күүтэллэрэ, ону биһиги санаабытыгар олус мааны киһи кэлэрэ буолуо диэн харахпытыгар оҥорон көрөрбүт. Онтубут хаайыылааҕы күүтэллэр эбит.

Акулина Николаевна туһунан...

- Аҕабыт төрдө-ууһа удьуор утум өйдөөх, дьоҕурдаах дьон эбиттэр. Убайбыт этнограф-учуонай А.А. Саввин да, В.Н. Протодьяконов-Кулантай да, эдьийбит Акулина Николаевна Ойуунускайа, атын да аймахтарбыт бары улуу дьон. Эһэбит Афанасий Андреевич Саввин-Чочооло Уола ураты дьарыктаах киһи этэ. Оҕуруот олордооччу, миэлиҥсэни таҥмыт уус, олоҥхоһут, бэйэтэ оҥорбут үстүрүмүөннэринэн халлаан туругун кэтээн көрөөччү эбитэ үһү. Чурапчыга көскө кэлбит политсыылынайдары сылларын ыйан, хайдах олорбуттарын сэттэ кэрдиис кэмҥэ арааран оҥорбута чинчийээччилэргэ улахан көмөлөөх буолла. Акулина Николаевнаны кытта “Дьулуруйар Ньургун Боотуру” бэчээттээбиттэригэр Суорун Омоллооҥҥо, онтон Мординовтарга сылдьыбыппыт. Онно тоҕо эрэ Люсяны илдьэ сылдьыбыта. Бииргэ төрөөбүттэринээҕэр аҕабытыгар ордук майгынныыр Акулина дии саныыбыт. Кинини аҕабыт дьоно 6 саастааҕар ииттэ ылбыттар. Оттон инитин атын аймахтарга биэрбиттэр эбит. Аҕабыт өлөрүгэр хаанынан сөтөллөбүн диэбитэ. Онно суһаллык быраастарга сырытыннарбыппыт. Эпэрээссийэттэн аккаастаммыта. Өлүөн иннинэ мин уоппуска ылан көрбүтүм, Люся уолланан балыыһаҕа сытара. Онно ити кэмҥэ бастакы сиэнэ төрөөбүтэ. Эдьийбит Акулина Николаевна хас күн аайы сылдьара. Николай Тыаһыт баар буолара. Николай Николаевич биһиги аҕабытыныын доҕордоһууларын туһунан маннык ахтан суруйбута баар: “... биэс уон сыл тухары хайдах эрэ сэргэстэһэ испит курдукпут, арыт уончалыы сылынан көрсүспэтэрбит даҕаны – ахтыһа сылдьарбыт. ... Туох да диэҥ, биэс уон сыл усталаах-туоратыгар санаабытын тапсыбатахпыт диэн суоҕа. Иккиэн даҕаны нууччалаатахха “гонордаах” дьоммут – олох эрийбит дьонобут”. Онон биһиги аҕабыт дьылҕата олус уустук. Төһө да хаайыыга олорбут, икки сэриигэ сылдьыбыт да буоллар, киһилии үтүө, сэмэй майгытын сүтэрбэтэх этэ. Олоҕу олус күүскэ таптыыра. Ону эбиитин ис хаан дьонноруттан бэриллибит сүдү кыах баара көмөлөспүтэ. Быстыан иннинэ Акулина Николаевна, Тыаһыт уонна эдьиийбит Лаана кэлбиттэрэ. Туох диэн кэпсэппиттэрин билбэппит. Иһитиннэрбэт этилэр. Аҕабыт саҥата суоҕа биһиэхэ эмиэ бэриллибит быһыылаах. Хаһан да, кимиэхэ да, тугу да кэпсээбэт идэлээхпит. Бу аан бастаан маннык айахпыт аһыллаан кэпсэттибит...

Ангелина КУЗЬМИНА, тыл билимин хандьыдаата.

Сигэлэр

[уларыт]

Категоория: Кузьмина Ангелина Афанасьевна

http://sakhaetigentyla.ru/%d0%be%d0%bb%d0%be%d1%85-%d1%8d%d1%80%d0%b8%d0%b9%d0%b1%d0%b8%d1%82-%d0%b4%d1%8c%d0%be%d0%bd%d0%be/