Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт
Сайын
Бу көстөр чэл күөх, чэл бараан
Хантан кэлбитэй — диэтэргин,
Үс хаттыгастаах
Өндүл маҥан халлаан
Маанылаах мандаара буолбут,
Аламаҕай маҥан күннэригим уота
Алтан биһилэх
Аалыытын курдук,
Таҥнары саккыраан түһэн,
Ахсынньылыыр ыйым
Аам-даамын аһаран,
Тохсунньулуур ыйым
Дьоһун болуо
Дьыбарын дьуххарытан,
Олунньулуур ыйым
Омун тымныытын
Ууратан,
Кыһайан турбут
Кыстык хаары
Кыайан,
Буойан турбут
Болуо мууһу
Булгурутан,
Үс хаттыгастаах
Өндүл маҥан халлаан
Үктэллээх,
Үүс аас бэйэлээх
Үрүҥ Айыы тойон,
Сибиириктиир ийэкэм
Симэҕэ буолбут
Аҕыс салаалаах,
Ньалгаххай лабаалаах,
Сиэрэй солко сэбирдэхтээх,
Чараастыыра хатырыктаах
Чаллах хатыҥ
Арҕахтаах,
Аан дойдум иччитэ
Ахсарыма мичил хотун эбэкийбин,
Айылгылаах дьыл
Аттанан кэлиитигэр
Аан дойдубун
Алгыыр гына,
Айылгылаабытынан,—
Сэттэ дьэһиэл иэйэхсит
Итии салгын тыына
Илин ийэ эбир маҥан халлаантан
Илибирии сиэттиһэн,
Алта ахтар Айыы салгын тыына
Ахтаах лаадан буолан
Таҥнары саккыраан түһэн,
Илин ийэ халлаантан
Итии салгын илдьиттэнэн,
Ибир былыт эҥийэлэнэн,
Сүллэр этиҥ сүргүөһүннэнэн
Сааллар чаҕылҕан сапсыырданан,
Холлоҕос саҕа
Кутаа уот куйбуурданан,
Сиилинэй силлиэ сирдьиттэнэн,
Аан тыал аргыстанан,
Орой-буурай оонньоон,
КурааН дьылга
Куодалаах маска хорҕойбут
Хоохоон бииһин ууһун
Холдьоҕон туран,
Хаҕыс дьылга
Хайдыылаах маска хорҕойбут
Хара дьайга
Халбарытан туран,
Сарсыарда дьыбарга
Салаалаах маска саспыт
Сараһын аймаҕын
Салгытан туран,
Киэһэ дьыбарга
Киил маска кистэммит
Кирдээх сирэйдээх кикииримэни
Киэр үүрэн туран,
Эбир ийэ былыттан
Итии самыыр
Илибирии ибиирбититтэн
Аан ийэ дойдум,
Алгыстардаах алаастарым.
Аҕыс салаалаах
Ача күөх ото
Айылгыламмыта үһү,
Дьоллордоох толооннорум
Тоҕус салаалаах
Локуора күөх ото
Туйгуутаабыта үһү,
Баай хара тыатын
Маанылаах маһын
Сиэрэй солко сэбирдэҕэ
Сиппитэ үһү,
Аалай солко мутукчата
Муҥутаабыта үһү,
Доҕоттоор!
|
|
Ырыалаах Ыстапаан.
«Саха саҥата» диэн сурунаал 1 №-гэр 1912 с. бэчээттэммит.