Иһинээҕитигэр көс

Сайыҥҥы быйаҥнаах алааһыҥ!.. (Сэмэн Данилов)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт


Сайыҥҥы быйаҥнаах алааһыҥ!

Кыһыҥҥы ыарахан көмнөҕүҥ!

Төрөөбүт чысхааннаах алаһам,

Ыраахтан эн тупсан көстөҕүн.


Кырынаас сонноммут курдуктар

Кырыаны таҥныбыт хатыҥнар,

Чуумпуран, налыйан турбуттар

Чоҥкуйбут чараҥмар мустаннар.


Күөх солко таһынан бэсчээннэр

Үллэккэй саҥыйах кэппиттэр,

Халысхан хайыһар миинэннэр

Халдьыаны таҥнары тэппиттэр.


Санаабар саһылы сойуолаан,

Кыраһа суругу ааҕабын,

Чуорааннаах табабын ньуоҕулаан,

Тоҥууну тыырдаран ааһабын.


Сайыҥҥы быйаҥнаах алааһыҥ,

Кыһыҥҥы ыарахан көмнөҕүҥ...

Төрөөбүт чысхааннаах алаһам,

Ыраахтан эн тупсан көстөҕүн.



Сүрүн сирэйгэ