Самогонщик (Слепцов Анатолий Игнатьевич)
Старик! Я слышал много раз, что ты меня от смерти спас...
- М.Ю. Лермонтов «Мцыри». 1839 г.
... И не церковь, и не кабак
— а ничего не свято!
Нет, ребята, все не так...
Все не так, ребята!
Эх, раз, да еще раз,
Да еще много-много раз...
B.C. Высоцкий «Моя цыганская».
— «Гастелло», дьэ эйиэхэ, доҕор, көһүннэ!
санитарка куолаһа түүлүм ситимин быһар. Икки күнү быһа палаатабар соҕотох сыппыт киһи үөр-дүм аҕай. Өндөйөн көрбүтүм аттыбар төбөтө
бүтүннүү биинтэнэн эриллибит киһи турар, биинтэ неҥүө онон-манан хаан өтөн кытарар. Билсиһиэх буолтум, аатын эппитигэр, салгыы кэпсэтэр баҕам сүтэн хаалла. Этэргэ дылы, билэр күөлүм балыга эбит - мин олорор уулуссабар олорор, дэриэбинэ биир биллэр күлүгээнэ, Баплат Баанньа диэн уол. Киһим буоллаҕына, «баппатын» ааһан, «мээ-ри» соҕус буолан биэрдэ:
— Ити эйиигин санитарка ким диэн ааттаата? Киирбитиҥ хас хонно? Тоҕо соҕотох сытаҕын? -диэн доппуруос бөҕөтө. Бу киһи айаҕа хам буолуо суох диэммин хоруйдаатым:
— Ити Клава миигин Гастелло диэн күлүу гынар. Сэрии кэмигэр Гастелло диэн лүөтчук умайа сылдьар сөмөлүөтүн өстөөхтөр колонналарын үр-дүгэр түһэрбитэ үһү, онно холуур миигин. Мин иллэрээ күн оттуу баран иһэн аара кимнээх эрэ ходуһалара умайан эрэрин көрен умулларааччы буолтум. Онтукам быстыбыт уот боруобата хатыһан от умайбыт эбит, ол боруобаты көрбөккөбүн уокка оҕустаран, дөйөн, аны эбиитин уоюса илиибин сиэтэн балыыһа киһитэ буоллум.
— Дьэ, кырдьык герой эбиккин буолбат дуо? Мин санаабар эйиигин сөпке ааттыыллар эбит. Ким диэтиҥ ол герой аатын? Киһим саҥатыттан сылайан, истибэтэҕэ буолан улаҕа хайыстым, утуйбута буоллум.
Эбиэттэн киэһэ биир, тойон буолуох көрүҥнэзх, киһи биһиги палаатабытыгар эмтэнэ киирдэ. Бү-тэй бэйэтэ бүтүн эрээри тоҕо хирургияҕа киирдэ буолла? Тойон олоҕо сыаҕаарыыга буккулларын уйбакка үөһэ туоллаҕа дуу? Тойон дьилпиэн көрү-ҥүттэн толлон, оннооҕор Баппат Баанньа саҥата суох сытта.
Бырааспыт, дьэ соло булан, ыарыһахтарын исто-рияларын толороору кэллэ. Киниэхэ кэпсиир югь сээннэрин истэ сытан санаатахха, биһиги сытар хос-пут бүгүннүү «героццар» палааталара эбит. Баппат Баанньа, «теневой» фронт геройа, бэйэтин курдук «өҥнөөхтөрү» кытта «разборкалаһа» сылдьан эчэйбит. Тойоммут «аһыы ас» фронугар эмсэҕэлээн «сай-ҕана» киирбит эбит. Бырааслыт ол тойону быра-быыталыстыбаттан төлөлүеннээн ыйыталаспыттарын туһунан сибигинэйэн кэриэтэ эттэ уонна бырастыы гынарын көрдөһөн туран, киэһэлик, ооҕотох сытар палаатаҕа миэстэ таһааран, көһөрүөх буолла.
Ол кэмҥэ аан аһыллан кэллэ уонна кыра унуох-таах, содьороҥ атахтаах, кырдьаҕас оҕонньору санитаркабыт Клава сиэтэн киллэрдэ. Оҕонньор салыбырас илиитигэр киртийэн лаҕыыр буолбут биинтэҕэ баайыллыбыт пластик хабаҕы тута сылдьар. Ону көрөөт Тойон күлэн тоҕо барда:
— Хайа, бу туох «самогонщигын» аҕаллыгыт? «Э-ээ-э!»
— Дьэ тугу самогоннуурун бэйэҕит кэлин сиһилии туоһулаһаарыҥ, — диэта, күлэ-күлэ, Клава. Бырааспыт ыраас кумааҕыны ылан аны оҕонньортон ону-маны туоһуласта: туга ыалдьарын, хаһааҥҥыттан моһуогурбутун, урут тугунан ыалдьа сылдьыбытын. Кырдьаҕас лоп-бааччы эппиэттэһэн истэ. Онтон эчэйиилэрин туһунан ыйытыыга төбөтүн төҥкөтөн, аастыйбыт баттаҕын арыйан көрдөрдө:
— Бу туөрдүөн ордугуна биир сыллаахха ньиэмэс уола саа прикладынан куйахабын хайа охсон турардаах. Бөдөҥ уол этэ, хайаан уҥуохпун хотуп-патаҕа буолла... — диэтэ.
Бырааспыт маннык эчэйиилээхтэри хаһан да-ҕаны көрсүбэтэх буолан мух-мах барда, уонна:
— Онно дөйбөтөҕүҥ дуо? Хайдах тыыннаах ордубуккунуй? - диэн ыйытта.
— Дөйүмүнэ, мин эмиэ киһи буоллаҕым дии, — оҕонньор дьэҥкирэр күөх хараҕынан бырааһын имэрийэ көрдө. - Онно Немоляев Коля диэн нуучча доҕордоох этим, ол уол миигин быыһаабьҥа. Барахсан, ханна тиийэн охтубута буолла - ол рукопашнай кэнниттэн кинини көрсүбэтэҕим.
— Сөп чэ, атын эчэйиилээххин дуо? - быраас бэйэтин «колеятыгар» киирэ сатыыр.
— Бу атаҕым протезтаах - бөлүмүөт буулдьата түөрдүөн ордугуна икки сыллаахха сотобун таппыта. Ол гынан баран онно атахпын медсанбатка сытыаран оһорбуттара. Сэрии бүппүтүн кэннэ, түөрдүөн ордугуна алта сыллаахха, атаҕым ол баастан сытыйан тахсыбытыгар быспыттара. Инньэ гынан сэрии инбэлиитэ буолбатахпын.
— Онтон атын эпэрээссийэлээххин дуо? - оҕон-ньор кэпсээнэ кэҥээри гыммытыттан быраас ыксыыр.
— Түөрдүөн үс сыллаахха миинэ оскуолага искэ таппыта, онно эпэрээссийэлээхпин, — оҕон-ньор ырбаахытын арыйан көрдөрөр - уонна иллэрээ сыл иигим барбат буолан хабахпар туруупка укпуттара.
— Оҕонньор! Оччоҕо сэриини ханна түмүктээбиккиний? — тойоммут куолаһа күөрэйдэ. Кырдьаҕас кини диэки хайыста уонна хаҥас илиитин көтөҕөн көрдөрдө:
— Бу илиибин Кенигсберг куоракка эмиэ миинэ оскуолага таппыта. Онно сыыһа оһон илиим бакыр бушггун иһин комиссиялаабыттара... — тохтуу түһэн баран оҕонньор сонньуйбуттуу салҕаата. -Ол эрээри, бу диэн эттэххэ, сэрии миэхэ түмүк¬тэнэрэ ыраах быһыылаах... Алта уои сылы түүн аайы түһээм, уолаттарбын кытары эгаакак^ турабын. Хата, эһигини мантан ыла утуппакка моһуоктуурум буолуо, нуучча маатыратын истибэтэххитин истиэххит турдаҕа...
Палаата иһэ уу чуумлу буолла. Санаабар Улуу сэрии тыына сирэйбин даҕайбыкка дылы гынна, куйахам күүрдэ, этим-сииним барыта титирээтэ, Туох иһин Дьылҕа-хаан киһиии маннык эрэйдиирий? Туох иһин тыыннаах киһини, этиттзн эт хаалларбакка, олоҕун суолугар суоллууруй?! Туох иһин эн хаарыан хааҥҥын тохпуккунуй, кырдьаҕас?! Бу олоробут, эн иннигэр, билиҥки кэм «геройдара»: Мин - ким эрэ үлэтигэр ээл-дээл сыһыаныттан эмсэҕэлээбит киһи, Баппат Баанньа - хаайыы киһитэ, Тойон - олох мааһын табан сыта байбыт киһи. Бу маннык олох иһин эн киирсибитиҥ дуо? Эн олорбут олоххун биһигиттэн, бу олорооччулартан, ким эмэ хатылыа этэ дуо?!
Эмискэ Баппат Баанньа эттэ:
— Санаарҕаама, кырдьаҕас! Билигин биһиэхэ саҥа маатыраҕа үөрэнэргэ саамай табыгастаах кэм. Онтон уутун харыһыйааччыга соҕотох сытар палаата бэлэм быһыылаах.