Иһинээҕитигэр көс

Санааргыыр санаа (Алампа)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Санааргыыр санаа


Эҥин элбэх эгэлгэ
Эймэлгэн эрэйдэр
Күн ахсын күүһүрэн,
Эриэн кыыллыы эриллэн,
Эппэр-хааммар иҥэн
Эймэнитэн даа эрэллэр…
Сүрэҕим
Ньүөлүйэ-ньүөлүйэ мөхсөр,
Баһым
Тырытта-тырытта тыңыыр,
Мэйиим
Дьалкыйа-дьалкыйа баттыыр,
Хараҕым
Ирбэнньик-ирбэнньик элэңниир.
Куһаҕан сана
Куоттарбакка холбосто,
Хоннуктары хоонньосто…
Барар сирбэр барытыгар
Батыһа сылдьан баттаан
Күүспүн өһүлэр,
Күдэхпин күлкэдитэр
Күчүмэҕэй күнэ
Күлүгүрэн көһүннэ…
Кини
Тоҥ тарбаҕынан
Толугуруур сүрэхпин
Тобулу туппутун
Туох тохтотуой?
Эриэн кыыллыы
Эппэр-хааммар
Эриллэн иҥмитин
Туох босхолуой?
Болуо муус
Сулбуруйбат суорҕанынан
Самнары саппытын
Ким ириэрэн
Сараҕытан арыйыай?
Хабыс-хараҥа,
Им-балай…


23/IV-29

Сүрүн сирэйгэ