Санаа(Алексей Суола)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Силигин ситэрбэтэҕим,
Олохтоон оңорботоҕум,
Ѳйдѳѳн-дьүүллээн кѳрдѳххѳ
Элбэҕиттэн сѳҕѳбүн, саллабын.

Айыах, тутуох кэмнэргэ
Аараан, тохтоон хаалбыппын,
Туойуох, ыллыах тµгэннэргэ,
Эппэт кэлэҕэй буолбуппун.

Ааспыты кырыыр, таныйар
Туhаката кыра буолуо.
Ол эрэн кыhыыта, халахайа
Бэйэбэр, бэйэбэр эрэ, эбит.
2000 сыл. Майа.