Саргы дьаалы салалынна... (Суорун Омоллоон)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Саргы дьаалы салалынна,
Өрөгей талаан үрдээтэ!
Аан дойду арчыланна,
Айыы аймах дьоллонно!
Харах уута ханыннын,
Тохтор хаан аҕыннын!
Ааспыт-туорбут астыннын.
Ииммит-хаппыт тылыннын!
Эрэй-буруй эһиннин,
Муҥнаах-сордоох дьоллоннун!
Дьоллоох туона тунаардын,
Барҕа быйаҥ тэнийдин.
Күнүс эрэ күндээрдин,
Сайын эрэ сандаардын!
Икки атах ийэ сирэ
Инникитин биир буоллун!
Киһи бииһин уустарын
Иллээх кэрэ кэскилин
Килбиэн маҥан күннзрэ
Үйэлэргэ үрүлүйдүн,
Саастарга сандаардын!
Айхал-мичил! Күөгэл-нусхал!
Нарын-наскыл! Уруй-туску!
Айхал! Айхал! Айхал!