Иһинээҕитигэр көс

Сардаҥалыы күлүмнээн... (Суорун Омоллоон)

Бикитиэкэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Сардаҥалыы күлүмнээн,
Саһарҕалыы тырымнаан,
Күөрэгэйдии дьырылаан,
Күндүкэйгин, көмүһүм!

Тоҕо хотой буоламмын,
Туллукчаана доҕорбун,
Көтөн-дайан тиийэммин,
Күөннэриккин күейбэппин?

Барар сиргин биллэрбин
Батыһаахтаан тиийэммин,
Турук-очуос буоламмын,
Тутан-хаайан ылларбын...

Ыллыыр-туойар ырыаккам
Салгыннары сатардар,
Былыттары көбүтэр,
Күнүм уотун мөлтөтөр

Күүстэрдээҕин биллэрбин,
Күммүн, тоойбун, күөгэйбин.
Абылаахтыах этим мин,
Абаккайын эбитин!..