Саха дьахталларын мэтириэттэрэ (Өксөкүлээх Өлөксөй)
←Өрүс бэлэхтэрэ (Өксөкүлээх Өлөксөй) | Сүрүн сирэй (Хоһооннор) Өксөкүлээх Өлөксөй |
Саха омук (Өксөкүлээх Өлөксөй)→ |
Маҥнайгы мэтириэт
[уларыт]Ынах ыыр амньыраппыт,
Саах күрдьэр салытыннарбыт,
Уу баһар улугурпут,
Бурдук тардар буораппыт,
Кыраабыл мас кыайбыт,
От мунньар олуйбут;
Оҕо сааҕар булкуллубут,
Кыра сыптараҥар сыстыбыт,
Ньирэй иигэр биһиллибит;
Үөрэ ас өлөрбүт,
Тар ас татыарпыт,
Бутугас ас буораппыт;
Мыыланы билбэтэх былааттаах,
Сууйууну көрбөтөх соттордоох,
Ырааска ыксаласпатах ырбаахылаах;
Көкөйбүт күөс бэргэһэлээх,
Нээдэллибит нэк сонноох,
Толунньаҥынан туллай этэрбэстээх;
Хотоҥҥо хорҕойбут,
Тиэргэҥҥэ тиэстибит,
Хаҥас диэки хаҥкынаабыт;
Киргэ сиэппит,
Быкка ыстарбыт,
Кумаарга туттарбыт;
Алааһыттан арахпатах,
Тиэргэниттэн тэйбэтэх,
Өтөҕүттэн өнүйбэтэх,
Оҕолорун кытта
Охсуһар буруйдаах,
Ыалларын кытта
Ыыстаһар ымсыылаах,
Эрин кытта этиһэн
Илби сынньыллар идэлээх;
Саппах санаалаах,
Кэрэгэй мэйиилээх,
Мөлтөх өйдөөх;
Сыыҥ-сыраан сырайдаах,
Ньуур-ньаҕаан тыллаах,
Уу-хаар оһоҕостоох
Уһун эрэйдээх.
Иккис мэтириэт
[уларыт]Адаархай хаастаах,
Уһуктаах уостаах,
Сүллүстүгэс сүүстээх,
Саҥарарга сах ууһуттан аналлаах,
Үөхсэргэ үөдэн ууһуттан үһүттэриилээх,
Этиһэргэ ис-иһиттэн имэҥнээх,
Оҕолорун онолуйан-онолуйан
Буомурдан кэбиспит,
Ыалларын ыыстаан-ыыстаан
Ыксаласпат гыммыт,
Эрин этиһэн-этиһэн
Кэлэтэн кэбиспит,
Дьукааҕы дьулутан-дьулутан
Дьон дьукаахтаспат буолбут,
Икки атахтаах этиһэн
Иннигэр түспэтэх,
Сытыы тыллаах
Сытаан сыссыбатах,
Хомоҕой уостаах
Холоонноһон холобурдаспатах,
Саҥарарын дьаабытын,
Саха ураанхай
Сатаан сабаҕалаабатах,
Кулугуруурун дьуугутун
Кулгаахтаах ураанхай
Тууратын булбатах,
Этэрин дьаабытын
Икки атахтаах
Ситэн истибэтэх,
Биир тылга биэс уону
Эппиэттээн иирэр,
Икки тылга икки сүүһү
Этэн илгистэр,
Кыраттан да кыыһыран
Кыһыл тылынан
Кынаттанан кыырар,
Аччыгыйтан да абаран
Айманан-айдааран,
Аһа арбайан,
Тыла сытыырхайан,
Өҥүс баһа күүрэн,
Тиирбит дүҥүр сирэйдэнэн,
Бэлэһигэр биэс иннэлэнэн,
Саҥарарын дьаабылаабат,
Этэрин билбэт буолан,
Тимир тириитин кэтэн,
Илгистэ-дьигиһийэ олордоҕуна,
Илэ-бодо илиэһэй кыыһа,
Ала-бааччы абааһы кыыһа,
Көстө-бааччы көстүбэт кыыһа.
Хата хагдаҥ оттоох сиргэ
Хаһан эмэ олордоойоҕут.
Үһүс мэтириэт
[уларыт]Мөдөөт дьүһүннээх,
Мөлтөх мөссүөннээх,
Мөлбөрдөөбүт быһыылаах,
Айдаана суох астыыр,
Күүгэнэ суох күөстүүр,
Иирээнэ суох иистэнэр;
Эриттэн атыҥҥа иэдэйбэт,
Тойонуттан туһунаны тутуспат,
Атын киһиэхэ аралдьыйбат;
Аймахтарын ааннарын
Ахсыылаахтык аһар,
Төһө эмэ көһүттэрэн баран
Төрүөбүттэригэр төккүттүүр,
Ыҥырыы күүһүнэн
Ыалларыгар сылдьар;
Оонньуурунааҕар олорору ордорор,
Үҥкүүлүүрүнээҕэр үлэлииргэ үөрэр,
Сылдьарынааҕар сынньанары сыаналыыр;
Дьиэтиттэн тэлэһийбэт,
Анаҕыттан арахпат,
Түбүгүттэн түксүлээбэт,
Баҕадьыга барбат,
Урууга буолуммат,
Сыбаайбаҕа сылдьыбат,
Тараанары таптаабат,
Симэнэрин сирэр,
Киэргэнэрин килбигийэр.
Хаһаасчыт бастыҥа,
Үлэһит үтүөтэ,
Дьаһаллаах талыыта.
Маннык барахсан
Баракаас саҥҥа баһыттарбыт,
Муода суолга булларбыт,
Күнүүһүт өлүүгэ көмүллэппит.
Күнүстэри-түүннэри
Кэтиирэ эрэ киһитэ,
Одуулуура эрэ доҕоро,
Эрэйдиирэ эрэ эрэ.
Ыалга бардаҕына ыксыыр,
Кэлэн биэрбэтэҕинэ киҥнэнэр,
Өр буоллаҕына өлөөрү гынар.
Күүтэригэр күнэ уһуур,
Күнүүлүүрүгэр түүнэ уһуур.
Кэлэрин кытта
Кэнийбитинэн барар,
Ааны аһарын кытта
Анырдаабытынан барар,
Көрө түһээт
Күнүүлээбитинэн барар.
Оргууй бэйэтэ уоҕурар,
Көссүө бэйэтэ күүһүрэр,
Сэмэй бэйэтэ сэтэрэр.
Киһи баар диэн килбигийбэт,
Дьон баар диэн толлубат,
Саха баар диэн сааппат.
Киэһээни быһа киҥинэйэр,
Түүнү быһа түтүгүрүүр,
Хараҥаны быһа хаҕынайар.
Кэпсэтиэн кэриэтэ кэнийэр,
Утутуон кэриэтэ улугурдар,
Сынньатыан кэриэтэ сынньар.
Эрэ эрэйдээх
Айаҕалыы сатаан
Ааттаһан көрдөҕүнэ,
"Анарааҥыларгын ааттас" диир,
Саҥата суох сыттаҕына,
"Саҥаларгын санаан
Саҥата суох бардыҥ" диир.
Эр киһи эрэйдээх
Ааттаһа сытаан баран абаланан,
Тулуйа сатаан баран тумнастан,
Кыатана сатаан баран кыһыйан,
Кырбаатаҕына, "кыттыгастарыҥ
Кырбаттахтара" диир,
Эттиэтэҕинэ, "эйэлээхтэриҥ
Эттэттэхтэрэ" диир,
Таһыйдаҕына, "тапталлаахтарыҥ
Таһыттардахтара" диир.
Этэр тыла элбэх эбит,
Саҥарар тыла салаҥ эбит,
Үөҕэр тыла үгүс эбит.
Быһытатын ыыттахпына:
"Бу курдук муҥҥа
Булкуйуоҥ кэриэтэ
Бу түүн буоссаан хон" диир,
"Сүлүһүннээх сүрэхтээхтэргэр
Сүтүөрүргэтиэҥ кэриэтэ
Сүнньүбүн ас" диир.
"Сидьиҥ идэлээхтэргэр
Сэтэрэтиэҥ кэриэтэ
Сибилигин сиикэйдии сиэ" диир.
Ааттыан кэриэтэ
Анырдаан иһэр,
Саҥарымыан кэриэтэ
Саталаан иһэр,
Тохтотуон кэриэтэ
Тууһаан иһэр.
Эр киһи
Сылайыар диэри
Сынньа сатаан баран
Сынньанар сир көрдүү сыылар,
Ону
"Сылаас хоонньоохторгор барар
Сылтаххар сыстыҥ" диир.
Төрдүс мэтириэт
[уларыт]Майгылаах бастыҥа,
Дьүһүннээх үчүгэйэ,
Субалаах туттаҕыра.
Ууруохха айылаах
Обугуркаан уостаах,
Сыллыахха айылаах
Сырыылаах муруннаах,
Кууһуохха айылаах
Кумуулаах тарбахтаах,
Мэтэгэр бэйлээх,
Тэтэгэр эмийдээх,
Кынаҕар быһыылаах,
Салаҥ элбэх саҥалаах,
Олус элбэх оонньуулаах,
Күтүр элбэх күлүүлээх.
Үҥкүүһүт үтүөтэ,
Битииһит бэрдэ,
Ырыаһыт ырааһа;
Мөлтөһүөр үлэһит,
Оттоһуор оҕоһут,
Ханнык эмэ хаһаасчыт;
Мааны таҥаска баҕалаах,
Кыһыл таҥаска кыһалҕалаах,
Күөх таҥаска көхтөөх;
Тас хармааныгар тараахтаах
Ис сиэбигэр сиэкилэлээх,
Хос хоонньугар хомустаах;
Суптурун суунан субуруйар,
Таптыырын тараанан тарайар,
Кэриирин киэргэнэн кэҕийэр.
Сылдьарга сылтаҕы
Сытыытык булар,
Барарга баһылыгар да
Бас биллэрбэт,
Элийэргэ эриттэн да
Иҥнэн турбат;
Ыалга бараары
Ыанньыгын ыһар,
Оонньууга бараары
Оҕолорун хоргутар,
Көргө бараары
Күөһүн көрбөт;
Аһатынньаҥынан алыс,
Бэринньэҥинэн бэрт,
Хоноһомсо5унан олус.
Баҕадьыга барбыта баар,
Урууга ойбута баар,
Ыалга ыстаммыта баар.
Эдэр киһиэхэ эйэлээх,
Бэрт киһиэхэ билсиилээх
Аҕам киһиэхэ аҕайдам.
Хаамтаҕына хараҕа
Хара тыа диэки,
Оттуу сылдьан
Ойууру одуулуур,
Киэһэлик сылдьан
Кэннин кэтиир,
Ыҥырыыга ыллам,
Хоноһоҕо холлоох,
Ааттаспыты аһыныык.
Тиит иэччэхтиитэ
Иэнэ иирэр,
Күөх үүнүүтэ
Көхсө ирэр,
Сайылыкка тахсыыга
Самыыта ирэр.
Түргэн сырыылаах
Түптэ кутурук,
Тиэтэл сырыылаах
Тэлээр тэллэх,
Сытыы сырыылаах
Сырбай сыһыах;
Хаас-харах хамсатар,
Уос-тиис оҥостор,
Быһыы-тутуу быакайар,
Тыгыл-игил тыынар,
Тылбык-илбик көрөр,
Тыыраахылыы тэбинэр,
Тыһы кыскыйдаах
Кыыс оҕо кылаан бэрдэ!
Бэһис мэтириэт
[уларыт]"Айа-дьуо" аргыстаах,
Энэлгэн-сыналҕан эҥэрдээх,
Муҥнанар-муҥатыйар доҕордоох,
"Кутукаларыам" диэн
Кутукунатар кубулҕаттаах,
"Биэбэкэлэриэм" диэн
Биһирэтэр идэлээх,
"Чыычаахтарым диэн
"Ыксалаһар сылтахтаах,
Эрэ өлбүт эрэйдээх,
Аҥардас айыы саҥнаах,
Огдоомо сордоох буолан.ю
Харах-харах ойуулаах
Хара таҥастаах,
Эр киһиэхэ иҥээҥниир
Эрэйдээх бириэмэтэ ааспыт,
Эмэнсийбит эрэйдээх,
Көссүө дьүһүннээх,
Номоҕон ньуурдаах,
Сэрэммит сирэйдээх;
Эдэр сигил кыргыттар
Энчини эттэллэр эрэ,
"Эчикийи даа, кэбис!" диир идэлээх;
Аныгы дьахталлар
Алҕаһы саҥардаллар эрэ,
"Арах-пахай! Айыы-саат!" диир саҥалаах;
Былыргытын саныы-саныы
Ымманыйан барар,
Эдэрдээҥитин кэпсии-кэпсии
Иэрийэн барар,
Уруккутун умсуйа-умсуйа
Уҥан барар;
Аныгы быһыыны
Ааныттан ахсарбат,
Саҥа майгыны
Саҥардыан баҕарбат,
Билиги кэскили
Истиэн эрэйдэнэр;
Куорат дьонун
Куччугуйдарыттан билэр,
Атыыһыт аймаҕы
Ахсыыларынан ааҕар,
Олбуордар остуоруйаларын
Нойосуус субурутар;
Хайа эмэ хатын
Хаппахчатыгар хаайдаҕына,
Хара харах көрбөтөҕүн,
Хаптаҕай кулгаах истибэтэҕин,
Хаһаахтан хостуур курдук,
Хааттарбакка кэпсиэн хайҕатар,
Сип гыммыты
Ситиигэ тиһэ сылдьан
Сааһынан саҥаран саататар;
Эҥини билэ-билэ
Элбэх дьон баарыгар
Эппэт идэлээх эбит,
Үтүмэни көрө-көрө
Үгүс дьон баарыгар
Үтүктүбэт үгэстээх эбит,-
Кистээн кэпсиир идэлээх,
Аргыый кэпсиир адьынаттаах,
Ботугураан кэпсиир муодалаах эбит.
Ол оннугар
Хотуттар хосторуттан
Хонноҕор уктуулаах хоҥнор,
Суулааҕы туппутунан суугунуур,
Кыраны кыбыммытынан кыыкыныыр.
Хотуттарга
Таҥараһытынан таптатан,
Аҥардаһынан аһыннаран,
Итэҕэл сэһэнинэн иирдэн,
Кистэлэҥнэрин кэпсэтэр,
Хоһохторун хостотор,
Сабыылаахтарын саҥардар.
***
Бу эмээхсин
Сыыла да сырыттар
Сыталлаах эбит,
Саһа да сырыттар
Санаалаах эбит,
Аргыый да сырыттар
Айаҕын ииттэр эбит.
Кыыстаах ыалга сырыттаҕына,
Баарысыналаах ыалга бардаҕына,
Ньэмиэстэлээх ыалга кэллэҕинэ,
Урукку ол-бу кэпсээнин
Уус баҕадьытык уларытан,
Онон-манан олоон ылан,
Онолуйар эбит
Оннооҕу-маннааҕы
Ойоҕо суох
Уолан дьон тустарын.
Ону оноллоон туран
Ойоҕоһуттан иһиттэхпинэ,
Оннук буолар эбит:
Уолаттар -
Үөрэхтээх эмиэ,
Үчүгэй эмиэ,
Сытыары эмиэ
Сымнаҕас эмиэ,
Төрүттээх эмиэ,
Төлкөлөөх эмиэ
буолаллар эбит.
Онтон
Ойох ылар сааһын туолбут
Уоллаах ыалга олордоҕуна,
Уолаттар тустарынан уурайан,
Кыһамньылаах баҕадьытык
Кыргыттар тустарын
Кырыытыттан кэпсиир эбит.
Ону иһиллээн көрдөххө:
Эмээхсин бэйэтэ
Бэлэхтэппит ыалын кыыһа
Бэсиэлэй майгылаах,
Бэринньэх сүрэхтээх,
Бэлэм биридээнэлээх
Бэрт тэриирдээх кыыс
буолан тахсар эбит.
Туһанар ыалын кыыһын
Туура харбаабыт уол
Туйгуннаах дьахтары кытта
Тууралаах баай тутааҕын
Тутуо эбитэ үһү,
Маанылатар ыалын кыыһын
Баһылыктаабыт киһи
Бастыҥ майгылаах,
Баһаан элбэх маллаах
Баар эрэ оҕолорун кытта
Баламат баайы
Бас билиэ эбитэ үһү,
Кистээн кикпит ыал кыыһын
Кийиит гыммыт киһи
Киргиллээх киис таҥастаах
Кийиит оҕону кытта
Кистэлэҥ үпкэ
Киирсиһиэ эбитэ үһү,
Үчүгэйдии ыалын кыыһын
Үктэтэн ылбыт киһи
Үрдүк төрүттээх,
Үтүө суобастаах
Үчүгэй дьахтары кытта
Үлүскэн үбү
Үрэйэ оонньуо эбитэ үһү;
Аанньа ахтыбат ыал кыыһа
Ахтыллымына хаалар,
Улахаҥҥа уурбат ыал кыыһа
Умнууга хаалар,
Биһирэмнээбэт ыал кыыһа
Биллибэккэ хаалар эбит.
Дьэ бу эмээхсин
Тоһоҕолоон сураабыт кыыс туһун
Тохтообокко тобугураччы кэпсиир,
Толору билэр эбит:
Биһиктээҕиттэн билэрэ,
Кыратыттан кыҥаһара,
Оҕотуттан одуулаһара үһү;
Майгылаах бастыҥа,
Сүрэхтээх көнөтө,
Иистэнньэҥ эриэккэһэ үһү;
Бииллээххэ билсиспэтэх,
Оноолооххо орооспотох,
Арыҥах маһы атыллаабатах,
Сул дүлүҥү туораабатах кыыс үһү;
Аҕата алыстык таптыыр,
Убайа олустук таптыыр,
Ийэтэ иирээри гынар үһү.
Аналын ааҕан таҕаарар,
Тэриирин ситэ билэр:
Хас саҕалаахтары,
Истээх, иһэ суох соннору,
Солко дьууппалары,
Сэрбиис иһиттэри,
Сундуукка угуллубут
Суулаах харчылары
Суумайдаспыта үһү.
Биһилэхтэри билбит,
Көлөөскөлөрү көрбүт,
Атарҕалары аахпыт.
Кэрсиэтигэр тиийэ кэпсиир,
Ырбаахытыгар тиийэ ырытар,
Бэриинэтигэр тиийэ билэр.
Ол курдук хардарыта
Сылы быһа сылдьыталыыр,
Кыһыны быһа кыбычылаһар.
Итэҕэс билбитин
Икки-үс сылынан ситэрэр.
Уһугар тиийэн
Хайаларын да санааларын сабаҕалаан,
Икки диэки өттүн истиҥнэрин сэрэйэн,
Сөбүлэһэр сүрэхтэрин өйдүөн,
Биирдэ эмэтэ,
Биһирэм кэпсэтиигэ,
Бэлиэ тылы истибитин,
Бэйэтиттэн эбэ түһэн,
Биллэрэн биэрэн,
Дурууска дуоһунастанан
Дохуокка тиксэр,
Сыбааха чыыннанан
Сыбаайбаҕа сылдьар,
Уруурҕаһыннарбыт улуу-дьаалы буолан
Урууга угуйуллар,
Ыспартаабыт ытык киһи буолан
Ыҥырыыга сылдьар.
Уол-кыыс икки ороннорун оҥорон
Улаханнык суотуйар.
Саҥа эр-ойох икки
Санааларын тутан
Сааһын тухары
Салаҥнык туһанар.
Алтыс мэтириэт
[уларыт]Алыс уойан аҕылас буолбут,
Олус уойан олоругас буолбут,
Сыта уойан сыыгынас тыыннаммыт,
Моҕоҕо моһуоктаан
Молотон кэбиспит,
Алыс сыаланан
Алтахтаан хаампыт,
Ыга уойан ый курдук ырдьыйбыт,
Оҕо курдук охумалламмыт,
Харыс эрэ харыламмыт,
Тарбахтара тарай-
Марай барбыт,
Бэгэччик-бэрбээкэй
Мэлигир буолбут,
Тобуга-тоцолоҕо
Тобулуттан түспүт,
Оһоҕоһо тобугун
Толору олорбут,
Хаһата ханна эмэ
Халыйан түспүт,
Сабарай чыычаах курдук
Саапыска туомнаах.
Балаһа-балаһа тикпит
Балаакка саҕа ырбаахылаах,
Быһыыта биллибэт
Былааччыйа сыыстаах,
Хайа бараары гыммыт
Харсыат туомнаах,
Уруккуларыттан уларыталаабыт
Ууруу соннордоох.
Сүүрүө суох сүһүөх,
Тиэтэйиэ суох тиҥилэх,
Бырдааттыа суох быһыы.
Маҥнай диэки
Матаҕар буоларга
Баҕалаах этэ,
Оттоку олукка
Соноон иһэрин,
"Суо хотун" дэтээри,
Сонургуур этэ,
Кэнники диэки
Кэмсиммитин иһин
Кэмин ааһан хаалбыт.
Күдээринэ дьон
Күлэ көрбүттэр,
Арыыйда дьон
Аһына санаабыттар,
Лиэкэр дьон
Эмтииргэ эппиттэр.
***
Маннык барахсан
Майгытын-суобаһын
Бадахтаан ыйыттаргыт:
Дьаһаллаах талыыта,
Көрүүлээх үтүөтэ,
Истиилээх бэрдэ.
Былыргылыы быһыылаах,
Уруккулуу тутунуулаах,
Эрдэтээҥилии идэлээх.
Астык аһатыылаах,
Балым маанылаах,
Болчум остооллоох.
Сылдьыбыт ыалдьыты сыаналыыр,
Киирбит киһини итиилиир,
Хоммут хоноһону тоторор.
Туому толоро турар,
Сиэри ситэрэн иһэр,
Суобаһы сокуон оҥостор.
Үгүс дьүдэйбити үтэлээбит,
Ахса суох аччыктаабыты аһаппыт,
Харса суох хара дьону харайбыт.
Кэргэттэр кэмэ суох кэпсииллэр,
Хамначчыттар харса суох хайгыыллар,
Уолаттар уулаах олорон умсуйаллар.
***
Сыбаайбаҕа сырыттаҕына,
Урууга угуйулуннаҕына,
Ыҥырыыга ыадаһыннаҕына, -
Олоппоско олорбот,
Кириэсилэҕэ киирбэт,
Кырабаат кыайбат.
Арай
Дьыбаан орону дьылҕалаан
Быһаҕаһын былдьыыр,
Онно олорон баран турбат,
Ааҥнаан баран арахпат.
Остоол турда диэн уолуйбат,
Үҥкүү турда диэн үөрбэт,
Кырыымпа тыаһаата диэн кыдьараҥнаабат.
Сиҥнэллэн олорон
Тэҥнээхтэрин кытта сэһэргэһэр,
Болтоллон олорон
Боччумнаахтары кытта ботугураһар,
Марҕаллан олорон
Барааларын кытта маанылаһар.
Бэркэбиссэр ыалыгар
Бииккэһиттээх олорон биэттиир,
Улахаҥҥа уурбут ыалыгар
Уолуһуйбакка олорон устууктуур,
Доҕордоһор ыалыгар
Дуоспуруннанан олорон лотуолуур...
Сэттис мэтириэт
[уларыт]Тура-олоро дьороһуйбут,
Киирэ-тахса биэрэстэммит,
Үрдэр антах
Өҕүрүйдэр бэттэх,
Сэбирдэхтээҕэр чэпчэки,
Тыаллааҕар сытыы,
Туппутун эрэ умнар,
Ылбытын эрэ ыһар,
Аҥар уһугуттан атастаах,
Содуорус бодуруугалаах;
Үҥкүү диэтэххэ
Өлөөрү гынар,
Кырыымпа тыаһаатаҕына
Кыдьырыҥнаан барар,
Хабалыар хаайдаҕына
Хараҥаҕа түһэр;
Сымала курдук
Сыстаҕас майгылаах,
Сотору үлүгэр
Солуна сойор,
Уот курдук омуннаах,
Күөс курдук төлөннөөх,
Абааһы курдук амарах,
Аанньал курдук аһыныгас;
Кэҕэ курдук
Сэлээр кэпсээннээх,
Сахсырҕа курдук
Сааҕынас саҥалаах,
Бытыгыныар курдук
Бычыгырас таллаах.
Биэчэргэ бэттэрэ,
Оонньууга ордуктара,
Сыбаайбаҕа сытыылара,
Сибээккэҕэ сиэдэрэйдэрэ,
Маасылыҥкаҕа бастыҥнара.
Ытаары ыксыы сытан
Күлэн төлө биэрэр,
Күлэн күлүмүрдүү туран
Ытаан сыҥсыйан барар;
Кыра аайыттан
Кыыһыран-тымтан барар,
Утаабакка уора аһаан
Оонньоон-күлэн турар.
О5олоругар олус бэрт,
Кыраларыгар кытыын бэрт;
Уордайдаҕына охсубутунан барар,
Кыыһырдаҕына кырбаабытынан барар,
Охсо туран
Уураабытынан барар,
Таптыы туран
Таһыйбытынан барар,
Сынньа туран
Сыллаабытынан барар.
Аналлаах артыалын,
Эрэмньилээх эрин,
Туһааннаах доҕорун
Моонньуттан кууспутунан,
Уоһуттан уураабытынан,
Сырайыттан сыллаабытынан
Сылдьар.
Ол оннугар
Кубулҕата-дьибилгэтэ
Куллухайдык киирэн
Куттаталаан ылар,
Эгэлгэтэ-бэтиэхэтэ
Эмискэ эргийтэлээн
Элбэхтик эрэйдиир,
Харах уулаах хаппырыыһа
Халыаннык киирэн
Хаарчахтаталаан ылар...
Кубун-дьибин,
Курбун-дьирбин,
Кубулуҥса-дьибилиҥсэ,
Куйааннаах куо-мэтэрис
Кыыс диэн буолар!
1904 с., Якутскай.