Саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымалара. Киирии
←Саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымалара | Саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымалара (Киирии) Копырин Николай Захарович |
Аан дойду географическай эйгэтэ...→ |
Өссө ааспыт үйэҕэ литературалары тэҥнээн үөрэтии методын уһулуччулаах представителэ А. Н. Веселовскай араас омуктар искусстволарын ойуулуур ньымалара тус-туспа буолалларын бэлиэтээн турар (109—75, 210). Ол гынан баран уус-уран дьүһүннээһиннэри ордук тэҥнээн көрүү методын туттан чинчийии билигин да ырааҕынан ситэтэ суохтук ыытыллар.
Бөдөҥ советскай индолог академик А. П. Баранников «Индия поэзиятын дьүһүннүүр ньымалара» диэн үлэтэ 1947 сыллаахха бэчээттэммитэ. Бу үлэтигэр кини Индия төрүт олохтоохторо (индустар) бэрт былыргыттан үөскээн кэлбит ураты характердаах поэтическай дьүһүннээһиннэрин Индияҕа олорор мусульманнар уонна Европа норуоттарын литератураларын кытта кэрэхсэбиллээхтик тэҥнэтэлээн көрбүтэ.
Чинчийээччи Индия поэзията төрөөбүт айылҕатын, сирин-дойдутун кытта ыкса сибээстээҕин балиэтиир. Онно образка ханан эмэнэн кыттыбатах биир да олохтоох үүнээйи, кыыл, хайа, өрүс уо. д. а. суох. Ол оннугар ханнык да поэтическай дьүһүннээһин, образ урукку өттүгэр тастан киирбэтэх. Индия поэзиятын биир уратыта ити буолар эбит.
Өскө Индия поэзията бэйэтин ис эйгэтинэн муҥурдаммыт эбит буоллаҕына, Европа поэзиятыгар күннээҕи олоххо суох үүнээйилэр, кыыллар (холобур, тигр, хахай, эбисийээнэ, слон, лиана уо. д. а.) дьүһүннээһиннэргэ элбэхтик кытталлар. Европа литератураларыгар тастан киирбит, интернациональнай характердаах диэххэ сөп, дьүһүннээһиннэр элбэхтэр уонна ордук чаҕылхайдар. Ол оннугар сорох «олохтоох» кыыллар, холобур, сибиинньэ, ынах, бараан, куурусса, тураах уо. д. а. мөлтөҕү дьүһүннүүргэ, үөхсүү тылыгар киирэллэр.
Оттон Индияҕа тыһыынчаттан тахса сыл устатыгар олохсуйан олорор мусульманнар, кинилэр быдан үгүстэрэ ислам итэҕэлигэр көспүт хиндилэр буолалларын үрдүнэн, бэйэлэрин поэтическай дьүһүннээһиннэригэр Индия айылҕатын, литературатын үгэстэрин букатын киллэрбэттэрин дьиибэргиэххэ сөп.
Урду поэта, урду литературатын чинчийбит профессор Азат бу курдук суруйар: «Урду аал-луук маһа (ол аата Индия мусульманнарын литературнай тыла), санскрит уонна хинди кырыһыгар үүнэн баран, аҥардас Персия тылын салгыныгар силигилээбитэ. Ити түмүгэр хинди уонна урду икки ардылара халлаан сиртэн ырааҕын курдук буолбута» (104—51). Урду литературата Кришна, Рама курдук Индия былыргы эпоһын геройдарын оннуларыгар Рустем, Исфандияр, Сикандар курдук Персия литературатын геройдарын образтарын киллэрэр. Индияҕа ыллаабат соловейынан, урду тылынан ааҕааччылар уонна айааччылар хаһан да харахтаабатах розаларынан, нарцисстарынан, кипаристарынан, фиалкаларынан дьүһүннүүр эбит.
Тэҥнээн көрөр метод «поэтика сорох өрүттэрин олох да таарыйа илик. Поэтическай дьүһүннүүр ньымалары үөрэтиигэ кини букатын кэриэтэ туһанылла илик, оттон дьиҥинэн буоллаҕына образтааһыны тэҥнээн үөрэтии бэрт баай түмүктэри биэрэр кыахтаах» (104—62), — диир А. П. Баранников. Кини литературалар (ордук Арҕааҥылар уонна Илиҥҥилэр) национальнай дьүһүннээһиннэригэр бэлэмэ суох ааҕааччы сатаан өйдөөбөт бэрт улахан уратылаһыылара арыт баар буолалларын бэлиэтиир, тус-туспа историялаах, традициялаах норуоттар бэйэ-бэйэлэрин өйдөһөллөрүгэр, бэйэ-бэйэлэригэр чугасаһалларыгар литература уус-уран, дьүһүннээһин курдук уустук боппуруостарын иҥэн-тоҥон көрөр суолталааҕын ыйар.
Г. Д. Гачев «Аан дойду национальнай дьүһүнүн туһунан» диэн 1967 сыллаахха «Азия уонна Африка норуоттара» диэн сурунаалга таһаартарбыт ыстатыйатыгар норуоттар эстетическэй көрүүлэрин киргизтэр ойуулааһыннарыгар олоҕуран ырытар. Кини «национальнай ураты үөскээбит төрдүн ырытарга быдан былыргыга, норуоттар доисторическай эпохаларыгар өтөн киириэххэ наада» диир, «аан дойдуну национальнай хараҕынан көрүүнү чинчийэргэ уус-уран айымньы ураты кыаҕы биэрэрин» ыйар (112—79, 81).
Нуучча реализмын поэтикатын үөрэтээччи Г. М. Фридлендер, ити Г. Д. Гачев ыстатыйатыгар сигэнэн туран, «кэнники кэмҥэ биһиги литературабыт үөрэҕэ» «аан дойду национальнай образтарын» ырытар саҥа наадалаах проблеманы күннээҕи боппуруос быһыытынан туруорда» диэн суруйар итиэннэ бу саҥа проблема, тылынан уонна суругунан поэзияны таһынан, проза поэтикатын үөрэтэргэ эмиэ көдьүүстээҕин ыйар (148—139).
«Литератураҕа национальнай образтааһыны үөрэтии туһунан» Л. С. Кишкин (1968 сыллааҕы) ыстатыйатыгар национальнай дьүһүннүүр өй уратытыгар, ол литератураҕа хайдах тыктарылларыгар болҕомто ууруллар. Кини проблеманы киэҥник ылар, нуучча, чех, словак уо. д. а. литератураларын образтааһыннарын тэҥнэтэлээн көрөр. «Национальнай образтааһыны литература күттүөннээх ураты бэлиэлэриттэн биирдэстэрин курдук көрүү ордук аан дойду литературнай сайдыытыгар норуоттар икки ардыларынааҕы сибээстэһии закономерноһын, характерын уонна суолтатын арыйан таһаарарга, биһиги санаабытыгар, методическай да өттүнэн кэскиллээх. Бу ньыма көмөтүнэн биһиги чинчийэр предмеппитин саҥа позицияттан көрөр кыахтаахпыт (120— 177)»,— диир Кишкин уонна бу боппуруос уустугун, элбэх чинчийээччи болҕомтотун эрэйэрин, маны бары өттүнэн научнайдык быһаарыы барыбыт иннибитигэр турарын өйдөтөр.
1974 сыллаахха, тохсунньуга критиктэр бүтүн Союзтааҕы сүбэ мунньахтарыгар А. М. Горькай аатынан Аан дойду литературатын институтун директора Б. Л. Сучков «Социалистическай реализм теорията уонна литература билиҥҥи процеһа» диэн дакылаатыгар «реалистическай ойуулааһыны» чинчийии боппуруостарыгар эмиэ бэрт улахан суолта бэриллибитэ. «Билигин социалистическай реализм теориятын биир саамай дьоһуннаах проблематынан реалистическай дьүһүннээһин кыахтарын чинчийии боппуруоһа буолар», — диэн дакылаакка бэлиэтэммитэ. Б. Л. Сучков этэринэн, «уус-уран дьүһүннээһин диалектичнайа мэлдьи олох бэйэтин диалектикатын көрдөрөрүн быһыытынан, хоһуйан этии формаларын, дьүһүннээһин формаларын уус-уран арааһа саамай кылаабынай боппуруос буолар» (144). Онон билиҥҥи кэмҥэ литература образтыыр, дьүһүннүүр ньымаларын үөрэтии суолтата улаатта. Бу, биир өттүнэн, литературалары тэҥнээн үөрэтэргэ, кинилэр уратылаһыыларын, хардарыта сибээстэһиилэрин, сабыдыаллаһыыларын уонна чугасаһыыларын арыйарга, иккис өттүнэн, норуоттар эстетичёскэй көрүүлэрин, психологияларын, өйдөрүн-санааларын характерын, олор хайдах уларыйан, байан иһиилэрин уо. д. а. билэргэ көмөлөөх.
Биһиги бу үлэбитигэр саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымаларын, олор уларыйыыларын-тэлэрийиилэрин, сайдан иһиилэрин хайан көрөргө холонобут. Литература уус-уран ойуулуур-дьүһүннүүр ньымата — киэҥ киэлилээх тема, онтон биһиги сыччах биир боппуруоһу, чуолаан тулалаан турар эйгэ, төрөөбүт айылҕа, климат, норуот үйэлэргэ муспут үгэһэ, абыычайа, дьарыга уус-уран дьүһүннээһиҥҥэ хайдах киирэрин ылабыт.
Национальнай дьүһүннээһини үөрэтэргэ норуот историятын, олоҕун-дьаһаҕын, тылын-өһүн, эстетическэй үгэстэрин уо. д. а. көрдөрөр элбэх чахчы хайаан да наада. Онон үлэҕэ этнографическай уонна лингвистическэй матырыйаал туһаныллара омнуоланыа суохтаах.
Үлэ бастакы главатыгар аан дойду тус-туспа литератураларын дьүһүннээһиннэрэ бэйэ-бэйэлэриттэн уратылаһар холобурдарын, олор хайдах норуот олоҕуттан, үөскээбит айылҕаттан силистэммиттэрин көрдөрөбүт. Бу саха поэзиятын дьүһүннээһиннэрин үөрэтэргэ кии-рии глава ааҕааччы национальнай ойуулааһыннар хайдах үөскүүллэрин уонна хайдах уратылаһалларын өйдүүрүгэр көмөлөһүөн сөп.
Бастакы главаттан уратыларга саха поэзиятын дьүһүннээһиннэрэ көрүллэллэр. Иккис главаҕа ордук бэлиэ саха былыргы төрүт (фольклорнай) дьүһүннээһиннэрэ тус-туспа объектарынан аттарыллан бэриллэллэр. Манна сурукка киирбит олоҥхолор, ырыалар, өс хоһоонноро уо. д. а. сүрүн матырыйаал буолаллар. Олорго саха төрүт эстетическэй көрүүлэрэ, образтыыр ньымалара арыллаллар. Фольклор образтааһыннарын көрдөрөр сорох холобурдарга А. Е. Кулаковскай ырыаларыгар П. А. Ойуунускай, Д. К. Сивцев - Суорун Омоллоон, В. М. Новиков-Күннүк Уурастыырап олоҥхолоругар уларыйбакка кииртэлээбит норуот хоһуйар үгэстэрин эмиэ туһанныбыт.
Суругунан поэзия дьүһүннээһиннэрин туһунан үһүс глава икки салаалаах: былыргыттан баар объектар суругунан поэзия дьүһүннээһиннэригэр туттуллуулара кэҥээһинэ, уларыйыылара-тэлэрийиилэрэ уонна урут фольклорга аанньа туһаныллыбатах «олохтоох» объектар суругунан поэзия дьүһүннээһиннэригэр кыттыылара. Манна суругунан поэзия төрөөбүт фольклору кытта уустук эстетическэй сибээстээҕэ, национальнай поэзия дьүһүннээһинин сайдыытыгар нуучча литературатын үтүө сабыдыала сырдатыллаллар.
Саха поэзиятын дьүһүннээһиннэрин уратылара үлэҕэ бүтүннүүтүгэр көрдөрүллэллэр буолан баран, дьон кэбэҕэстик өйдөөбөт, анал быһаарыылары эрэйэр сорох төрүт уратылар тустарынан туспа главаны суруйары наадалааҕынан ааҕабыт.
«Саха поэзиятын дьүһүннүүр ньымаларын сайдыыта» диэн тиһэх глава иккис, үһүс, төрдүс главаларга туох этиллибитин түмүктүүр соруктаах. Быдан былыргыттан бүгүҥҥү күҥҥэ диэри дьүһүннээһин хайдах уларыйан-тэлэрийэн, байан, сайдан испитин кылгастык түмэн көрөргө холонобут. Саха поэзиятын дьүһүннээһинэ сайдыытыгар нуучча литературатын, культуратын, Улуу Октябрьскай социалистическай революция үрдүк-үтүө сабыдыалларын көрдөрүүгэ улахан болҕомто ууруллар.
Тиһэҕэр кылгас уопсай түмүк уонна туһаныллыбыт литература испииһэгэ бэриллэр.